Баачаан аймах

Улуу Кыайыы укулаатын уһансыбыт өбүгэлэрбэр Баачааннарга, аҕам – Христофор Гаврильевич Чириков 100 сааһын туолуутугар ананар.

(Владимир Христофорович Чириков Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан ахтыыта. Үөһээ Дьааҥы).

2004 сыл бүтүүтүгэр «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Баачаан аймах (Род Баачаана)» диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу кинигэҕэ Адыаччы нэһилиэгин биир халыҥ аймаҕын төрүччэлэрин таай убайбынаан – Владимир Алексеевич Гороховтыын, бииргэ төрөөбүт эдьиийбинээн – Дария Христофоровналыын сүүрбэччэ сыл дьаныһан туран дьоммут, абаҕаларбыт Ыстапаан, Кириил, Ньукулай, эдьиийбит Аана Дмитриевна, мин аҕам Христофор Гаврильевич кэпсиир кэпсээннэрин, ахтыыларын, номохторун, үһүйээннэрин сурунан-бэлиэтэнэн, ол чахчылары архыыбы хасыһан бигэргэтэн, бу кинигэни таһаарбыппыт. Бу летопись-кинигэ саамай улахан суолталаах түмүгэ – Баачаан аймах төрүччүтэ буолар, үс үйэ тухары Үөһээ Дьааҥы Адыаччытыгар түөлбэлэнэн олорбут Чыырахап аймах историята. Оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана, биһиэхэ оҕолорго, Арамаанап ыраахтааҕылар династиялара Арассыыйаны үс сүүс сыл баһылаан-көһүлээн, салайан олорбуттара диэн кэпсииллэрэ, олор историяларын үөрэппиттэрэ, билигин да өйбүтүгэр иҥэн хаалбыт. История диэн – сурукка киирдэҕинэ оннук күүстээх. Оттон бу, туох да суруга-бичигэ суох саха омугар, маннык уһун историялаах төрүччүлэр ырытыллан-таҥыллан тахсаллара, саха омук киһиттэн киһиэхэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр фольклора: номохторо, үһүйээннэрэ, тойуктара, олонхолоро, уостан түспэт сэһэннэрэ наһаа кырдьыктааҕын, итэҕэтиилээҕин, хронологическай өттүнэн чуолкайын, архив дааннайдары кытта сөп түбэһэрин, уһулуччу научнай сыаннастааҕын көрдөрөр.

 

Баачааннар нуучча хаһаактарыттан төрүттэниилэрэ

Дьааҥыга нуучча хаһаактара 1638 (дьиҥинэн 1634 сылтан бастакылар кэлбиттэр, оттон Ленаҕа бастакы нуучча казактара 1623 сылтан биллибиттэрэ, Пянда Пантелей Демидович диэн хаһаак билиҥҥи Дьокуускай турар сиригэр диэри 40 киһилээх этэрээтэ 8 тыһ. биэрэстини сатыы-устан кэлэ сылдьыбыта. Пяндалар сэриилэспэтэхтэрэ, үтүөнэн сылдьыбыттара. Онтон дьэ 1632 сыллаахха Петр Бекетов 200 хаһаактаах кэлэн Өлүөнэ өрүс кытылыгар остуруок туппутун, ол историческай дата буолан бэлиэтэммитин историяттан билэбит) сыллаахха кэлэн, билиҥҥинэн Верхоянскай куорат утарыта турар «Аппыт» хайатын тэллэҕэр, Дьааны өрүс үрдүгэр остуруок олохтууллар. 1639 сылтан саҕалаан, биһиги төрүттэрбит түөлбэлээн олорбут Адыаччы — Туостаах үрэхтэрин сыыйан Индигииргэ, Кулумаҕа (Халымаҕа) түспүттэрэ үһү. Тура атынан, табанан, сатыы айан. Абытайдаах да, ыччакый да айан, дьэ. Ол «Ыраахтааҕы айанын суолун» мин Догдоҕо көмүс көрдөөһүнүгэр үлэлии сылдьан Синэкэндьэ, Быһыйа үрэхтэринэн кэрийэн көрөр этим: симиэбийэлэрин, далларын, хараалларын сэмнэҕин. Геологияҕа үлэлии сылдьан элбэх былыргы дьон олорбут, үлэлээбит сирдэрин көрдөҕүм, киһи этэ тардар, куйахата күүрэр дьулаан сирдэрэ бааллар, сорохторо.

1690-с сылтан Зашиверскай комиссарство киинэ олохтонон айан суолун оруола үрдээбитэ, маҥнайгы таҥара дьиэтэ эмиэ Зашиверскайга 1700 сыллаахха аһыллыбыта. “Хара Уоспа” дьаҥа туран имири эспит Зашиверскай куоратын туһунан маннык суруйаллар: “Тайны города-призрака Якутии. В 50-х годах прошлого века летчики, пролетая над Момским районом Якутии увидели древний город, затерянный среди северных гор. Перед ними открывалась мистическая картина: почерневшая от времени деревянная, удивительной красоты ЦЕРКОВЬ высится над городом-призраком: большинство строений разрушено до основания, улицы заросли тальником и высокой травой, рядом с часовней кладбищенские кресты напоминали о чем-то зловещем, что произошло в этих краях полтора века назад… Только ветер одиноко гулял и завывал среди печальных развалин, иногда он ударял в колокол, тогда тот гулко отзывался, звук шел как будто из небытия. Уныло глядели на мир пустыми глазницами оконные и дверные проемы. Это был позабытый, стертый из памяти людей таинственный город-призрак Зашиверск. В 1820 г. здесь был проездом полярный исследователь Ф.П.Врангель, который застал в угасающем Зашиверске всего пять жилых домов. В 1822 г город посетил шотландский путешественник Джон Крокер: “…Кровь застыла в моих жилах, когда я увидел, наконец, это место. Я … никогда и нигде не видел такой бесконечно печальной картины…”. В конце 1920 –х годов участники экспедиции Наркомвода СССР застали на месте Зашиверска двух людей, якутов по национальности, живших в амбаре. Это были рыбак Митрей Слепцов и его младшая сестра Евдокия Федоровна Слепцова. Слепцова говорила: “Мы были последними жителями города…”.

Ол ааһан иһэннэр, нуучча хаһаактара Кэнкэбэҕэ кыстаан, саха дьахтарыгар кыыс оҕону «бэлэхтээн» барбыттар. Ол кыыс удаҕан буолбут. Онон маҥнайгы төрүппүт удаҕан дьахтар 1690-с сылларга төрөөбүт буолуон сөп эбит. Дьэ бу нуучча хааннаах удаҕан кыыс сиэнэ аатын ааттаппат Улуу ойуун буолар. Ити удаҕан сиэнэ уол, аата ааттаммат ойуун уол 1770-72 сс. төрөөбүт уонна кырдьан баран 1840-45 сс. эргин өлбүт буолан тахсар. Кини туһунан үһүйээннэр бааллар, күөлү да “саары чаккылаах эмээхсин быһа туоруур гына быстыар” диэри көһөрбүт, уһун кураан сатыылаатаҕына «курулас ардаҕы» түһэрэрэ үһү, кырдьан баран Халыма аҕас-балыс удаҕан кыргыттарын кытта иирсэн, онтон улаханнык эмсэҕэлээбитэ үһү. Ытык кырдьаҕаһы эппитин толорон араҥаска, тумул үрдүгэр харайбыттар. Өбүгэ итэҕэлинэн, биһиги аймаҕы үс үйэ тухары араҥаччылыы, көмүскүү сытыахтаах эбит. Бэйэтэ сытар, араҥастаах тумуһаҕын ханныктаах да улахан баһаардарга таарыттарбакка көмүскэнэ сытар дииллэрэ оруннааҕын былырыыҥҥы (2019 сыллаах) алдьархайдаах баһаарга итэҕэттэ. Уонтан тахса киһиэхэ кыаттарбатах уот өбүгэлэрбит кистэнэ сытар Сайылык аттынааҕы киһи уҥуохтаах кырдалларын уонна “кырдьаҕаспыт” араҥаска сытар ойуурдаах тумулун бүрүммүтүнэн кэлэн баран, бэрт муокастык тумнан барбытын көрөн дьон сөхпүт. Онтон хас да хонон баран, Баачаан өтөҕөр Кэнкэбэҕэ тутуллубут сылгыбыт базатыгар, амырыын уот силбиэтэммитинэн ыган кэлбитигэр, икки чааһы быһа тохтоло суох «ыаҕастаах ууннан куккураччы кутар» ардах түһэн тохтоппут. Бу хантан кэлбитэ биллибэтэх «ыаҕастаах ардах» мантан икки биэрэстэлээх Эҥэ Сайылыгар төрүт да түспэтэх үһү, Бөтөҥкөскө эмиэ ардаабатах, Кэнкэбэҕэ эрэ түспүт буолан тахсар… Дьэ ити курдук, тумуһахха сытар “аата ааттаммат улуу кырдьаҕаспыт” биһигини араҥаччылыы, бэйэтин көмүс уҥуоҕун харыстана сытарын көрдөрөн турар.

Ойуун киһи, хаһан да буоларын курдук, соҕотох уоллаах — Василий Чириков диэн сүрэхтэммит, 1802 сыллаахха төрөөбүтүн туһунан 1850 сыллаах биэрэпискэ киллэрбиттэр. Кэргэнэ Татыйыына диэн, 1808 с төрөөбүт, үс оҕолоохторо суруллубут: кыыстара Екатерина – 1835 с төрүөх, улахан уола Егор – Лабайдыыр Дьөгүөр, 1840 с.т., кыра уола – Христофор, 1842 с.т. Бу оҕолортон Лабайдыыр Дьөгүөр кэргэнинээн Киристиинэлиин (Элгэстэн төрүттээх) түөрт оҕону улаатыннарбыттар. Лабайдыыр нууччалыы хааннаах, улахан, төрөл быһыылаах-таһаалаах, дьээбэлээх саҥалаах, элбэх сүөһүлээх, сорсуннаах булчут, 1895 с. оһолго өлбүт.

 

Улуу ойуун сиэнэ – Лабайдыыр Дьөгүөр

Лабайдыыр Дьөгүөрдэр улахан уоллара Чириков Христофор Егорович – сахалыы аата Кулчас Киристэпиэл, айылҕаттан айдарыылаах тойуксут, олонхоһут эбит. Анаан соруктанан ыллаатаана сибэккини, мутукчаны тилиннэрэр гына туойара үһү. Кини уола Миитэрэй («певец-импровизатор, тойуксут, уже с четырех, пяти лет от роду основательно как заправские певцы садился и начинал песню-импровизацию, давая верное описание чему-либо, поразившему ему» — диэн суруйар заслуженный учитель РС(Я), отличник просвещения РСФСР, ученица Анны Дмитриевны – Любовь Иннокентьевна Рожина) өлөрүгэр ыллаабыт аан ийэ дойдутун, бар дьонун кытта бырастыылаһар ырыата былыкка олорсон Адыаччы өрүһүн устунан, тоҕойдору кэрийэ көтөн, киэҥ халлааҥҥа лиҥкинии айаннаабыт. Кулчас Киристэпиэл бэйэтэ ду, уола Миитэрэй ду, Дьокуускайга кэмпириэнсийэҕэ дуу, сийиэскэ дуу ыҥырыллан кыттыбыта, ыллаабыта диэн баар.

Лабайдыырдар соҕотох кыыстара – Степанида, 1870 с.т. Табалаах сис ыалын Байдыкааннар улахан уолларыгар, Сэмэн Эверстовка кэргэн тахсан, сэниэ ыал аатыран олороннор, 1928 с кулаахтааһыҥҥа түбэһэллэр. Чуукаан Сэмэни ити сыл Дьокуускай куоракка ытан өлөрбүттэр. Ыстапаанньаны Дьокуускайтан төнүннэрбиттэр. Баачаан балта Ыстапаанньа Ээбирэстэптиин үс уолламмыттар, икки кыыстаммыттар. 1. Уйбаан оҕолоро Кэтит Киэсэ, Бааска, Степанида, Биэрэ. 2. Көстөкүүн оҕолоро: Старостин Дмитрий, Марфа, Костя, Анна, Христина. 3. Балльарай Ылльаа, биир уоллаах (Ленинградтан төннүбэтэҕэ). 4. Маарыйа оҕолоро: Перевалов Валентин, Люба. Валентин икки кыыстаах, Баатаҕайга олорбута. Биир кыыс Настя Ефимова икки оҕолоро кыраларыгар өлөн, оҕолору кэргэнэ Игнатий Слепцов (Сартаҥ) иккис кэргэнинээн Ульяналыын иитэллэр. Настя оҕолоро Захар Степанович Ефимов (Жора, икки уоллаах) уонна Филиппова Нина Игнатьевна (4 оҕолоох), үөрэхтээх дьон буолаллар, ЯГУ-ны бүтэрэллэр, Дьокуускайга олороллор. Нина Игнатьевна олоҥхоҕо биллэр улэлэрдээх учуонай, ЯГУ –га үлэлиир. «РСФСР Норуотун үөрэҕэриитин туйгуна», «СР Үөрэҕириитин үтүөлээх улэһитэ», «Учууталлар учууталлара» бочуоттаах званиелардаах. 2019 сыллаахха «Чуукаан Сэмэн» диэн кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыта. Маарыйа өссө биир кыыһа Даарыйа Арыылаахха Аммосов Соппуруоннуун уон икки оҕону төрөтөн, улаатыннаран удьуор төрдүн хаҥаппыттара: Лукиннар, Бурнашевтар, Колодинскайдар, Аммосовтар, Даниловтар. 5. Харитина – Харычыана, Сартаҥҥа кэргэн барар, наар уол оҕолонор: Бииктэр Силэпсиэп Боруулаахха олохсуйар, водопостка улэлиир. Үс о5олоох. Харычыана атын уолаттара Май, Кар, Манчыы Ньукулай, Улахан Киэсэ (Силэпсиэптэр) элбэх сыдьааннаахтар, Сартан, Барылас сис ыаллара. Биир кыыс – Роза.

Лабайдыырдар төрдүс оҕолоро – Куһуоччук Христофор, оҕо эрдэҕиттэн сытыы-хотуу өйдөөх, кыра үөрэхтээх, атыыһыт буолбут, 1929 с. репрессияламмыт. «Имеют 51 голов скот на двоих душ» (кэргэнинээн иккиэйэхтэр диэн этэллэр, оҕолоро суох эбит), «испекулянт» диэн суруйтар, бириигэбэригэр (атыыһыт диэн этэллэр). Верхоянскай куоракка киллэрэн ытан өлөрбүттэр. Мин аҕам кинилэргэ иитиллибит эбит, сытыы-дьорҕоот киһи тахсыыһы диэн, ааҕарга-суруйарга үөрэппит. Куһуоччук ытыллыбытын кэннэ аҕабын уонна Ыбыкы кыыһа Дуунньаны кини кэргэнэ Өнньуус эмээхсин көрбүт.

 

Баачаан Миитэрэй туһунан номох

Лабайдыыр Дьөгүөр оҕолоруттан саамай элбэх сыдьааны хаалларбыт, халыҥ урууну-аймаҕы тэниппит Чириков Дмитрий Егорович — Баачаан Миитэрэй (1863-1928 сс.) буолар. Баачаан Миитэрэй кэргэнинээн, Горохова Анна Евграфовналыын (Ойуун үрэхтэн төрүттээх Дьаҕараап кулуба кыыһа) аҕыс уол, икки кыыс оҕолоноллор. Хайаны кыйа сытар улахан күөллээх Кэнкэбэҕэ, эмиэ ып-ыраас уулаах ойбон күөллээх, оҕо-аймах бөҕөтө оонньообут улахан налыы хонуулаах Эҥэ Сайылыгар сүөһү-сылгы бөҕөтүн ииттэн, быр-бааччы олорбуттар.

Баачаан аҕыс уолаттара, бары төрөл-бөдөҥ дьон, улэни да, булду да кыайа туталлар эбит. Аҕалара бөдөҥ булду, тайаҕы-эһэни сойуолаһан туран олус бултуура үһү, эһэни сүүскэ тириэрдэн, ол айыытыгар суорума суолламмыта диэн буолар. Ол курдук олордохторуна, билигин номоххо сылдьар маннык моһол тахсар. Баачаан быраатынаан Куһуоччуктуун бултуу сылдьан, кутаа оттон, тыа быыьыгар, тумул көхсугэр, хараҥаҕа ылларан хонуктуу тохтообуттар. Ол олордохторуна, хочулуок оргуйуута, түҥ хараҥа ойуурга хабдьы саҥата бэбээрбит. Ону истэн «бээрэ ити күөскэ киирээри кэлэн биэрбит көтөру ытан кэлиим» диэн, Баачаан хап-сабар ойуурга ыстаммыт да эһэ часкыйыыта, киһи хаһыыта бөҕө буола түспүт. Куһуоччук саатын үрдүгэр түһэн, убайын быыһыы ыстаммыт, сүүрэн тиийэн киһини баттыы сылдьар эһэни биирдэ ытан хаалбыт. Эһэтэ табыллан орулаабытынан ычыкка түһэн, тыа диэки ыстанан барчалыы турбут. Соруйан иэстэһээри тоһуйбут моойторуктаах эһэни (сүүһүс эһэтэ диэн ааттыыллар) уолаттара кэлин аҕалара ыйбыт сиригэр эккирэтэн тиийэн дьаһайбыттара үһү. Баачааны эһэ куйахатын саралыы таппыт, уонна түөһүн сүрэҕэ көстө сылдьар гына хайа охсубут. Дьиэтигэр аҕалтаран, үс хонук сытан, кэриэһин этэн баран өлбүт, улуу булчут Баачаан Миитэрэй. Ол кэриэс тыллара биһиэхэ тиийбитэ маннык: «Туох барыта бу Орто Дойдуга кэмнээх, кээмэйдээх эбит… Аһары бултуур, таһынан барар аньыылаах, иэстэбиллээх буолар эбит. Ону хата бэйэбин толук ылбыттара эмиэ да сөп буоллаҕа, кинилэр диэтэх дьон син биир кэлэр кэнчээрилэргиттэн да ситэн ылыахтара турдаҕа. Онон дьэ, кэлэр кэнчээрилэрим, үүнэр көлүөнэлэрим айылҕаны харыстааҥ, айылҕа маанылаах кыылларын кыдыйыбаҥ, отун-маһын алдьатыбаҥ, сэттээх-сэлээннээх, иэстэбиллээх буолуо. Киһи киэбинэн, саха сиэринэн, айылҕалыын алтыспытынан олоруҥ». Баачаан Миитэрэй уолаттара бары даҕаны булчут, сааһыт дьон буолан баран, улахан булду букатын эккирэтиспэтэхтэрэ үһү.

 

Дьааҥы сахатын сүөһүтүн ахса коллективизация саҕаланыан иннинэ элбэх да эбит

Күн Ыраахтааҕы былааһын суулларан, үрүҥ-кыһыл саа-саадах тутан сэриилэһиитэ бутэн, Сэбиэскэй былаас тэриллэн, Баачааннар туох баар сүөһулэрин, сылгыларын, тутууларын, күрүөлэрин-хаһааларын маҥнай артыалга (1930 с), онтон колхуоска (1940 с) холбоон, саҥа былааһы утарбакка холбоспуттара. Биэрэпис мөккүһүллүбэт сыыппаралара көрдөрөрүнэн, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи былыргы Дьааҥы сахатын сүөһутун ахсын Сэбиэскэй саҕана, сопхуостар да туйгутаан олорор кэмнэригэр, букатын ырааҕынан сиппэтэхтэр эбит. 1930 сыллаахха Дьааҥыга ынах сүөһү ахса – 14 774 төбө (без скота Усть Янского и Саккырырского районов) ол аата биирдии ыалга 7-8-тыы сүөһү тиксэр, 1940 с. – 9 756, 1945 – 8 919 төбө, 1990 с – 9 838 төбө (билигин тохсунньу 1 күнүгэр, 2020 сылга – 2648 ынах сүөһүлээхпит, 1221 ыанар ынахтаахпыт, автор).

Бу дааннайдар көрдөрөллөрүнэн («История развития сельского хозяйства Верхоянского района за 1930 – 2003 годы, автор Петр Иванович Слепцов, заслуженный зоотехник ЯАССР), Дьааҥылар бэл уот кураан сэрии сылларыгар сүөһүлэрин ахсын улаханнык энчирэппэккэ ииппиттэр. Оттон 1930 сылтан 1940 сылга диэри сүөһү ахса аччааһына тугу көрдөрөрүй? Бу сыыппара көрдөрөрүнэн, Сэбиэскэй былаас кэлиэн иннинэ, Дьааҥы сахалара сүөһүлэрин ахсынан ылан көрдөххө адьас сэниэлээхтик олорбуттар эбит, онтон коллективизация саҕаламмытыгар (1930-40 сс.) холкуоска сүөһүлэрин барытын холбооботохтор быһыылаах, эбэтэр улаханнык (5000 төбөнөн) көҕүрэппиттэрэ көстөр. Бу сүөһү аҕыйыырыгар 1930-с сылларга ыытыллыбыт кулаахтааһын уонна дьадаҥы дьоҥҥо түҥэтии оруолу оонньообут буолуон сөп. Холобур, Куһуоччугу ыталларыгар, бириигэбэригэр иккиэйэх бэйэлэрэ 51 суөһүлээхтэр диэбиттэр, оччоҕо Баачаан уон оҕотун кытта син балайда сүөһүлээхтэрэ, сылгылаахтара эбитэ буолуо, оттон сорохторго аҕыйах уонна букатын да суох буоллаҕына, ону тэҥнии сатаан ордук сүөһүгүн сиэбитиҥ ду, туттубутуҥ ду ордук курдук буолан тахсар. Санаан-толкуйдаан да көрдөххө, дьону элбэх сүөһүлээххин диэн ыта турдахтарына, күүстэринэн сүөһүнү артыалга холбуу турдахтарына, сэниэ ыаллар сүөһүнү тутталлара, тэҥнииллэрэ биллэр. Ол иһин статистика көрдөрөрүнэн, оһуоба колхуостааһын иннинээҕи сылга: 1939 сылтан (12476 голов скота) 1940 сылга (9756 голов скота) элбэх көҕүрээбит.

 

Эҥэ Сайылыга – Киирэп колхуос олоҕо

1940 сыллаахха Эҥэ Сайылыгар киин уһаайбаланан Киирэп колхуос тэриллибитэ (ол иннинэ, 1930 сылтан табаарысыстыба, 1935 сыллаахтан сельхозартель диэн тэриллэн үлэлээбиттэрэ). Бэрэссэдээтэлинэн Баачаан иккис уола – Ыстапаан Дмитриевич талыллан, сэрии бүтүөр диэри бэрт таһаарыылаахтык салайбыта. Сэрии бүтэһик сылыгар Ыстапаан ыалдьан уурайар буолбутугар, колхуостаахтар мунньахтаан, оччолорго 25 эрэ саастаах, сытыы-хотуу, тыллаах-өстөөх аҕабын, Чаҥааскыны – Чириков Христофор Гаврильевыһы Киирэп колхуос бэрэссэдээтэлинэн талбыттар. Бу үлэтигэр аҕам дьон үтүө тылларынан ахтар гына үлэлээбит, улаханнык мөлтөөбүт быстар туруктаах дьону көрө сылдьан, хайдах кыалларынан өйөөн, көмөлөһө сатыыра, онон төһө да эдэрин иһин дьоно улаханнык убаастыыр, ытыктыыр буолбуттара диэн ахталлар эбит, кырдьаҕастар. Сэрии кэнниттэн колхуостаахтар дохуоттара үрдүүрүгэр, олохторо тупсарыгар эдэр бэрэссэдээтэл элбэх тэрийэр үлэни ыыппыт. 1945 сыл күһүнүгэр, райком I сэкиритээрэ Филиппов Егор Михайлович кэлэн үлэни билсибитигэр туһанан, колхуостаахтарым, дьонум-сэргэм, оҕо-аймах олус быстардылар, доруобуйалара мөлтөөтө, дьону аһатан хоргуйууттан быыһыахха диэн, мунньахха ылыннарыылаахтык тыл этэн, райком сөбүлэҥин ылан, тоҕус бөдөҥ сылгыны быраактатан, дьоҥҥо түҥэттэрэр. Ол туһунан былырыын (2019 с) сүүс сааһыгар өлбүт, нэһилиэк биир Ытык кырдьаҕаһа, Гатилова Евдокия Дмитриевна – Огдооччуйа, оччолорго алта киһилээх кырдьаҕас ыалтан соҕотох эдэркээн ыанньыксыт кыыс өлүү аска тиксэн, дьоннорун быыһаабытын туһунан улаханнык долгуйа-уйадыйа кэпсиирэ үһү.

Сэбиэскэй кэмҥэ Баачааннар салайар үлэҕэ дьоҕурдаахтарын көрдөрбүттэр эбит. Улахан Кыыс – Чирикова Мария Дмитриевна (1912-1966 сс.) 1930-1931 сылларга Эҥэ Сайылыгар тэриллибит табаарыстыбаҕа 18 эрэ саастаах эдэркээн кыыс биригэдьиирдээбит. Үлэтигэр толоругас, бэриниилээх кыыһы, салайар дьоҕурдааҕын бэлиэтээн 1934-1935 сылларга Маарыйа Адыаччы нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1966 сыллаахха балтыгар Верхоянскай куоракка Анна Дмитриевнаҕа олорон, ыарахан ыарыыттан суох буолбутугар күтүөтэ Сэргэй Хаабыһап Ааналыын Адыаччы туруу үлэһит киһитин Маарыйаны самолетунан Эҥэ Сайылыгар илдьэн, өбүгэлэрин ытык сирдэригэр көмүс уҥуоҕун көтөхпүттэрэ, харайбыттара. Бүгүн кини олоҕун кыыһа – Розалия Андреевна Чирикова, СР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана, Дьааҥы бочуоттаах олохтооҕо уонна кини сиэннэрэ салгыыллар.

Киирэп колхуос олоҕор, Эҥэ Сайылыгар 1932 сыллаахха Адыаччы нэһилиэгэр бастакы оскуола Куһуоччук атыыһыт балаҕаныгар арыллар. Бу оскуолаҕа Баачаан кыра кыыһа – Куччу Кыыс Аана, кыра уола – Дьаҕараап, сиэнэ – мин аҕам Христофор үөрэнэ киирэллэр. Оҕолору сэргэ ити оскуолаҕа улахан дьону кытта «ликбез» диэн ааттаан үөрэтэннэр, хата Сайылык, Мас Ураһа, Уҥуоргу Сыһыы, Айаан дьонноро үксүлэрэ ааҕа-суруйа үөрэнэн хааллахтара. Оҕонньоттор бары хаһыаты сөбүлээн ааҕаллара, боччумнаах баайытык тутан, ааҕа олорор буолааччылар. 1934 сылтан киин уһаайбаҕа Бөтөҥкөскө саҥа улахан типовой оскуола дьиэтэ (Адыаччы оҕолоро барахсаттар билигин да бу оскуола5а үөрэнэллэр) тутуллан, аны онно үөрэнэллэр. Онно үөрэнэллэригэр «Хатырык» диэн сиртэн сатыы сылдьан үөрэммиттэр, өрөбүллэригэр Кэнкэбэҕэ сүүрэллэр эбит, кырачаан Аана Христофордуун. «Убайым наар сүүрүүнэн сырытыннаран миигин спортсменка оҥорбута» — диэн, эдьиий Аана күлэ-үөрэ кэпсээччи. «Аата саҥа оскуола, кырааскатын сыта дыргыйан, килэйэн-халайан олох дыбарыас курдук буолааччы» – диирэ. Кыра кыыһы Аананы, саатар биир үөрэхтээх киһи таҕыстын диэн, убайа Киирэп Ыстапаана маҥнай Верхоянскайга, онтон Дьокуускайга үөрэттэрэ ыытан, үөрэммит Адыаччытын оскуолатыттан саҕалаан үлэлээн, үйэ аҥаара Учуутал урдук аатын сүкпүтэ. Анна Дмитриевна Чирикова, Баачаан аҕыс уол, икки кыыс оҕолоруттан саамай кыралара, саха ыалыгар оһоҕос түгэҕинээҕи оҕо дэнэр, бэйэтэ этэринэн – мурун бүөтэ оҕо эбит. Убайдарын, эдьиийин Маарыйа тапталларыгар убанан улааппыт оҕо. Эдьиий Аана – Анна Дмитриевна Чирикова элбэх көлүөнэ оҕону үөрэтэн таһаарбыт, 51 сыл педагогическай ыстаастаах учуутал, 1941-45 сс Аҕа дойду сэриитин сылларыгар «Килбиэннээх улэтин иһин» Улуу Сталин мэтээлин, сэрии юбилейнай мэтээллэрин кавалера, Учууталлар учууталлара, Россия үөрэҕириитин туйгуна, СР Гражданскай килбиэн бэлиэтин хаһаайката, Үөһээ Дьааҥы улууһун уонна Дьааҥы кырдьаҕас куоратын Бочуоттаах Олохтооҕо.

 

Дьааҥылар Уоттаах Сэрии сылларыгар сүөһүлэрин ахсын энчирэппэтэхтэрэ, сылгы, таба ахса эбиллибитэ

Саамай алдьатыылаах, уоттаах сэрии сут сылларыгар Дьааҥы оройуона барыта тыылга үлэлээбитэ, элбэх ыарахаттары, хоргуйууну, кыра да буруйга кыһалаҥ үлэҕэ Гулаг лааҕырдарыгар ыыталааһыны ааспыттара. Нэһилиэнньэ ахсаана улаханнык көҕүрээбитэ, сорох дааннайынан уоттаах сэрии сылларыгар икки аҥаар тыһыынча киһини сүтэрбиппит: 1941 сыллаахха – 6134 киһиттэн, Кыайыы буоларыгар 1945 сылга нэһилиэнньэ 4882 киһилээх тиийбитэ. Тыа нэһилиэнньэтин 20 % сүтэрбиппит – бу Дьааҥы оройуонун трагедията… Ити колхуостаах нэһилиэнньэ ахсаана, ону таһынан промышленноска үлэлиир нэһилиэнньэ ахса биир тыһыынчаттан ордук көҕүрээбитэ дииллэр. Бу аҕыйах хонуктааҕыта «Дьааҥы сылгыта – фроҥҥа» диэн төбөлөөх, өр сылларга Верхоянскай сопхуоһун, оройуон тыатын хаһаайыстыбатын салайбыт, СР Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Илья Ильич Колесов очерката тахсыбыта, онно этиллэринэн: 1942 с – 475 төбө сылгы, 1943 с – 51, 1944 с – 1829, 1945 с – 1053 сылгы барбыт Дьааҥы холкуостарыттан хомуллан Кылыгырга (Алдан төрдүгэр баарсаларга диэри илдьэр сирдэрэ), промышленноска уонна сэриигэ анаан барбыт. (Акимов Д.Н. кинигэтиттэн быһа тардыы):

«С.М. Киров” аатынан колхоз предс. Чириковка “Уураах № 199”. Үлэһит.депутат. Верхоянскай оройуоннааҕы советын сит.комитета, 26.06.1944 сыл . Саха АССР НаркомЗемын 13.06.1944 с. 3432 № — дээх телеграмматын олохтооһун туһунан Качмарчик В.Ф.: “Заготживконтора5а 1944 сылга 2200 сылгыны оройуон колхозтарыттан атыылыыр туһунан Райсоветынан киллэриллибит былааны бигэргэтэргэ. Ол иһигэр тэрилтэлэринэн:

  1. Джугджурзолотоҕа – 1000 сылгыны, о.и. үлэһит сылгы — 366, биэ -214 төбө.
  2. Наркомлеска – 1015 сылгыны, о.и. ат – 132, биэ – 301 төбө.
  3. Затон ГУСМП – 185 сылгыны, о.и. ат – 25, биэ – 145 төбө.
  4. Сылгы үүрүүтүгэр барар киһи ахсааанын колхозтарынан бу курдук быһарга: Кылыгырга барар Наркомлес 1015 сылгытын үүрүүтүгэр – 7 киһини, Усть-Тандаҕа барар Джугджурзолото 1000 сылгытыгар 40 киһини. Киирэп колхуос ити 1944 с сылгыны атыылааһын былаанын 100 % толорбут. Барыта ити сэрии эрэ сылларыгар – 3408 бастыҥ сылгыны сүүмэрдээн ылан, «Заготживконтора» нөҥүө сэриигэ, дальстрой тэрилтэлэригэр ыыталаабыттар. Ол үрдүнэн, архив дааннайа көрдөрөрүнэн, дьаанылар Сэрии сылларыгар сылгы ахсын элбэппиттэр: 1940 с – 7871 сылгылаах буоллахтарына, 1945 сылы 8678 сылгылаах көрсүбүттэр. Бу олус сөҕүмэр көрдөрүү: аҥаардас загоживконтораҕа 1942-1945 сылларга 3400 отбуорунай сылгыны үүрэн баран, сэрии иннинээҕи сыллааҕар сылгыларын ахса 800 төбөнөн эбиллибитэ (билигин 2020 сылга киириигэ дьааҥылар сылгыбыт ахса – 7229 төбө, автор). Ынах сүөһү ахсаана сэрии сут сылларыгар улаханнык энчирээбэтэх: 1940 с – 9756 төбө эбит буоллаҕына, 1945 сыллаахха 8919 ынах сүөһү баар эбит. Таба ахсаана улаханнык эбиллибит: 1940 с – 3828 буоллаҕына, 1945 сыллаахха – 7706 төбөҕө тиэрдибиттэр. Дьэ ити архив дааннайдарын билиҥҥи XXI үйэ 01.01.2020 сыллааҕы дааннайдарын кытта тэҥнээн көрүҥ: ынах сүөһү ахса – 2648 төбө (8919 сүөһү — 1945 сылга), сылгы ахсаана – 7229 төбө (8678 сылгы – 1945 сыллаахха), таба ахса – 2983 төбө (7706 таба – 1945 сыллаахха), хаардааҕынан. Аны туран, Дьааҥы историятын эмиэ сэргиир убайбыт, Илья Ильич маннык информацияны биэрдэ: Дьааҥы колхуостара 1944 сыллааҕы отчуоттарын көрдөрүүлэринэн 86 тыһыынча дьабарааскы тириитин, 370 тыһыынча куобах тириитин соҕотуопкалаабыттар. Бу маны этигэр таһаардахха элбэх эт тахсар. Уоттаах сэрии сут сылларыгар дьааҥылары куобахтара, дьабарааскылара, үүт астара, тардара улаханнык абыраабыта дииллэрэ оруннаах буолуо.

 

«1941-45 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн биир дьиэ кэргэнтэн 12 киһи наҕараадаланар

«Туох барыта фроҥҥа, кыайыы туһугар» диэн бэйэни харыстаммакка үлэлэрин сыаналаан, Сталин төбөлөөх, уордьаҥҥа холоонноох «1941-45 сс Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн номоххо киирбит улуу булчут Баачаан Миитэрэй сэрии бүтүүтүгэр тиийбит аҕыс оҕото бары наҕараадаланаллар:

Киирэп Ыстапаана 1894-1984 сс, Киирэп колхуос бэрэссэдээтэлэ, 4 оҕолоохтор: Зина, Дима, Ульяна, Тамара.

Адыаччылар. Улахан кыыһы Зинаны эдьиийэ Анна Дмитриевна опернай ырыаһыт оҥорор баҕалааҕа туолбатаҕа, үөрэххэ киирэн баран, кэргэн тахсан, төннөн кэлэн хаалбыта. Ол оннугар Зина эдьиийигэр олорон үөрэммит навыгынан эстраднай ырыаҕа элбэх фестивалларга лауреат буолбута. Соҕотох уол – Дима букатын эдэр сааһыгар Туостаахха мобильнай биригээдэҕэ оттуу сылдьан ууга былдьаммыта. Орто кыыс Ульяна (БАМ Уля) Бүтүн союзтааҕы комсомольскай путевканан аатырбыт БАМ тутуутугар үлэлээбитэ. Кыра кыыс Тамара үөрэнэ сылдьан Амма Болугуругар кэргэн тахсан, онно олорбута. Оҕолоро билигин туспа ыал дьон.

 

Амынньыар Кириил 1895-1985 сс., балачча үрдүк уҥуохтаах, эдэригэр кытыгырас (үрүҥ баанда баһылыга ийэтигэр кэлэн сөҕөн кэпсээбит: «хайа аннынааҕы ходуһаҕа оттуу турбут уол бэрт кыанар, кытыгырас уол эбит, сүүрбүтүн кубулуппакка хайаны өрө сүүрэн таҕыста диэн”), ыраас чэбэр туттунуулаах, сүрдээх наҕыл-сымнаҕас майгылаах киһи этэ.

Кадровай булчут, түөрт оҕолоох: 1). Улахан кыыс Маарыйа (уола — Атласов Кириил); 2). Кириил соҕотох уола Павел Кириллович Адыаччы, Табалаах оскуолаларыгар, учууталынан, директорынан үлэлээбитэ, эдэр сааһыгар былаҕайга былдьатар, кэргэнэ – Анна Петровна Местникова Учууталлар учууталлара, Дьокуускайга олорор, түөрт оҕолоохтор – Петр, Дмитрий, Нина, Маруся; 3). Үһүс оҕо Аана Кириилэбинэ – герой ийэ, кэргэнинээн Сэмэн Силэпсиэптиин уон биир оҕолоноллор, кэргэнэ эдэригэр өлөн, Аана оҕолорун бэйэтэ соҕотоҕун атахтарыгар туруортуур. Табалаахха олороллор (биирдэ устудьуоннуу сылдьан Табалаахха кыһыҥҥы каникулбар тиийэ сырыттахпына, Аана «кэл эрэ манна, Болуодьа» диэн хоһугар ыҥыран ылан, «үөрэхтээх, аҕаҥ курдук сытыы-дьорҕоот киһи буолаар” диэн, сыттыгын анныттан өрбөххө сууламмыт харчыны туттаран кэбиспитэ, үөрэхпин бүтэрэрбэр наһаа кынаттаабыт буолуохтаах; 4). Кыра кыыс – Дьөгүөрэп Ыстапаанньата үс оҕолоох: Бииктэр, Өрүүсэ, Киэсэ, Адыаччылар.

 

Хахыйаан Христофор 1897-1976 сс. (табаһыт, булчут, кэргэнэ – Чучунаа Маарыйачаан). Эдэр эрдэҕиттэн көс эбээттэри кытта табаҕа, булка сылдьар. Сырыыны-айаны кыайыгас, хорсун-хоодуот уол холкуостар табаларын көрөрө, биригэдьиирдиирэ. Икки төгүл эбээн дьахталларын ойох ыла сылдьыбыта биллэр.

Хахыйаан бастакы кэргэнэ Атласова Мария Павловна – Маарыйачаан (1896-1968).

Кини аҕата Атласов Павел Степанович – Байбалчаан (1873-1959) Табалаах нэһилиэгэр олоро сылдьыбыт эбээннэртэн биирдэстэрэ. Муома, Томпо Верхоянскай икки ардыларыгар Догдо Чыыбааҕылааҕынан, Тообунда күөлүнэн, Догдо үрэх устун бэрт элбэх киэҥ сиринэн көһө сылдьыбыт сырыыны кыайа туппут киһинэн биллэр. Кини туһунан эбээн биллиилээх суруйааччыта Василий Дмитриевич Лебедев “Язык эвенов Якутии”, “Фольклор эвенов Якутии” диэн кинигэлэригэр бэчээттэнэн тахсыбытын туһунан сиэнэ Майя Дыдаева ахтыытыгар суруйбута баар. Кини эдьиийэ Марыйачаан туһунан өссө бу курдук кэпсиирэ: “Мин аҕам Тимофей Павлович Атласов бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Маарыйа 18 саастааҕар ыстаадаҕа сылдьан эмискэ сүтэн хаалбыт. Ол кэннэ биир сыл эрэ буолан баран төннүбүт. Таҥаһа барыта имиллибит чубуку тириитэ эбит. Булатми (ис) таҥаһа эҥин букатын да суоҕа үһү. Хантан кэлбитин, сылы быһа ханна сылдьыбытын, тугу гыммытын ыйыталаһа сатаан кэбиспиттэр да, бастаан утаа тугу да кэпсээбэтэх. Наар тугу эрэ иһиллии, кэтэнэ сылдьар курдук туттара үһү. Нэдиэлэ курдук сылдьыбытын кэннэ, дьоно саҥа таҥас тигэн таҥыннарбыттар.

Биирдэ кыыстара уу баһа тахсан баран эмиэ сүтэн хаалбыт. Дьоно, аймахтара бары түмсэн көрдүү сатаабыттар да булбатахтар. Ол гынан баран кырдьаҕастар кыыстара өлбөтөҕүн, ханна эрэ чугас сылдьарын сэрэйэллэрэ үһү. Иккис сылыгар кыыстара дьонугар хат буолан төннөн кэлбит. Бу сырыытыгар туох да кэтэмэҕэйдээһинэ суох “киһилээхпин, кини наар хайаҕа сылдьар, хайа хаспахтарыгар олоробут” диэн кэпсээбит. Аҕата: “Хайа муҥун тымныы хайа хаспахтарынан сылдьыаххытый? Дьон дьон курдук манна кэлэн олоруоххутун”, – диэн ыҥырбытыгар, кыыһа сөбүлэспэтэх. Кини кэпсээбитинэн, ол киһитэ наар сиикэй этинэн аһылыктанар. Оттон кыыс хататтаах сылдьар буолан, эти уокка үтэн сиир, кэлин киһитин эмиэ буспут эти сииргэ үөрэппит. Ол курдук кыыс үс сылы быһа бара-кэлэ сылдьыбыт. Били киһитэ чугас үөмэн кэлэн иһиирдэ да, барсан хаалар эбит. Дьоно “күтүөттэрин” көрөөрү, кинини кытта тахсыһан олорор сирдэригэр барса сылдьаары гыннахтарына кыыстара: “Кутталлаах киһи, тугу баҕарар гыныан сөп”, – диэн бобон кэбиһэрэ үһү. Кыыс киниэхэ тиийдэ да киһитэ санныгар олордон баран, тыал курдук түргэнинэн элэс гынан хаалар эбит. Били хат буолбутун аҕыйах ыйдааҕар куоттарбыт. Ону били хаспахха олорор киһитэ наһаа улаханнык аһыйбыта үһү. Ол оҕотун бэйэтэ ытаан-соҥоон харайбыт. Эһэм оҕонньор биирдэ бэрт сэрэҕинэн “күтүөтүн” чуҥнаан көрбүтэ, эдэркээн бэйэлээх, сырдык хааннаах, улахан уҥуохтаах, уһун баттахтаах уолан киһи эбитэ үһү. Үһүс сылыгар дьахтар төннөн кэлэн баран “киһим уруккуттан өстөөҕүн кытта болдьоһон баран, ол үлэхтээх сиригэр охсуһа-өлөрсө барда, үс сылынан кэлбэтэхпинэ эн босхолоноҕун диэтэ” диэн кэпсээбит. Ол кэнниттэн хайа киһитэ букатын сүтэн хаалбыт.

Кэлин кинини ким да көрбүт сураҕа иһиллибэт. Маннык хайа хаспаҕар олохтоох дьону былыр эбээннэр “һээйэк, һээйэктэр” диэн ааттыыллара. Кэлин эдьиийим Мария Павловна Чириков Христофор (Хахыйааны этэр) диэн саха киһитигэр кэргэн тахсыбыта да, оҕоломмотохтор. Биһиги урут Догдо үрэҕин устун көһө сылдьыбыппыт. Маарыйа лаппа сааһыран да баран уучахтаах, икки сэтии табалаах Муоманан, Тополинайынан баран хаалар идэлээх эбит этэ. Ол курдук сири-дойдуну кэрийэн балтараалыы ый сүтэн хаалар идэлээҕэ. Саамай болбукталаах сиргэ табаларын баайталаан баран, ортолоругар киирэн утуйан хаалар эбит этэ. Ол сылдьарын тухары мэлдьи онтон-мантан булан дьонугар кэһиилээх, илии тутуурдаах кэлэрэ. Бэйэтэ сырдык сэбэрэлээх, ис-киирбэх дьүһүннээх дьахтар этэ. Дьон кини туохтан да куттамматыттан, сылдьар ыыра киэҥиттэн, сырыыны кыайарыттан бэркиһииллэрэ, сөҕөллөрө. Сорох дьон киниттэн “һээйэккэ ойох буола сылдьыбыт дьахтар” диэн куттаналлара. Мария Павловна бу сиртэн 83 сааһыгар барбыта. Маарыйачаан мин дьоммор сылдьара. Кэһиитин ыстаадаттан сугун аҕалара, ону ийэбит барыанньалыыра уонна пирог, бэрэски оҥорон сиэтэрэ. Маарыйачаан атаҕар олорон эрэ эмискэ эргичис гынар идэлээҕин өйдүүбүн. Билигин санаатахпына, арааһа, урукку олоҕо үйэтин тухары хаалбыт быһыылааҕа”.

Светлана Христофоровна Борисова ахтыытын салгыы ааҕыаҕыҥ: «Хахыйаан иккис кэргэнэ Неустроева Анастасия Николаевналыын уонча сыл ыал буолан олорбуттара. Мин кинини эбээ Настаа диэн ааттыырым, кини биһиэхэ олорбута. Кини кэпсииринэн, бастакы кэргэнэ эбээн киһитэ Муома диэки сэбиэтинэн үлэлээбит киһи эбит. Хас сыллаахха, төһө кэм устата үлэлээбитин чуолкайдаспатахпын. “Туостаах оскуолатын таһыгар көмүллэ сытар”, – диэбитэ. Хайдах эрэ бандьыыттар өлөрбүттэрин курдук кэпсиирэ. Эбээ Настаа иккис кэргэнэ нуучча киһитэ. Ол киһиттэн икки уол оҕолооҕо. Онтон кэргэниттэн арахсан баран, соҕотоҕун ыстааданан кыайан илдьэ сылдьар кыаҕа суох буолан, оҕолоро детдомҥа барбыттара. Улахан уола Илья Иркутскайга олорон, кэргэнинээн ийэтин кэлэн көрсөн барбыта. Ол кэмнэргэ ийэтэ, эбээ Настаа, биһиги дьиэбит таһыгар балаҕаҥҥа олорбута. Илья оҕо сааһыттан: Ийэм оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбитигэр кыһын “Үргэл” сулус ханна тиийбитинэн туруоран ыытара диэн ахтан ааспыта. Быраатын Якутскай пордугар үлэлиир, кэлэн иһэн көрсүбүттэр, кытта кэлсиэн баҕарбытын үлэтиттэн көҥүллээбэтэхтэр этэ. Детдомҥа иитиллибит да буоллаллар, сүрдээҕин ийэлэрин ахталларын, сааһыран баран сыал-сорук оҥостон көрсө кэлбитин наһаа сөҕө санаабытым. Кырдьар сааһыгар кэлин Чириков Христофор Дмитриевичка (Хахыйаан) кэргэн тахсыбыт, киниттэн оҕоломмотох. Ыстааданан көһө сылдьан бултаан-алтаан сылдьыбыттар. Бөһүөлэккэ киирдэхтэринэ, Элэһин диэн сиргэ табаларын ыытааччылар. Онно Настаа табаларын ыҥырдаҕына бэйэлэринэн тиийэн кэлэллэрин сөҕө-махтайа истэрим. Эбээ Настаа трудовойа суох буолан пенсияҕа кыайан тахсан биэрбэккэ, өр кэмҥэ пособиенан сылдьыбыта. Ыйга 28 солкуобайы ылара. Хата кэлин профсоюзнай кинигэтин булан, Н.Заболотнаяҕа көрдөрөн, кини онно олоҕуран пенсияҕа таһаарбыта. Кэлиҥҥи кэмҥэ нэһилиэк иһинэн тэриллибит кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорбута. Онно олорон өлөөхтөөбүтэ уонна Элэһинин буоругар көмүллүбүтэ.

Хахыйаан, кэлин кэпсииллэринэн, Аммосов Дмитрий Николаевич диэн уоллааҕа биллэр. Кини үс оҕолооҕуттан биир оҕото ыалдьан олохтон туораабыта, түөрт сиэннээх. Дмитрий Николаевич эдэригэр шофердаабыта, сыана бэтэрээнэ, улуус биллэр дуобатчыта. Киниэхэ аҕатыттан бэриллибитэ ууһута буолуо. Үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан маай каникулугар Маҥан харахха сөтүөлээн учууталыттан сэмэлэммиттээҕин өйдүүбүн”.

Эдьиийим Дария Христофоровна ахтыыта: “Хахыйаан наһаа ууһут этэ диэччилэр. Болльооҥкуйдуун үрэх ортотугар тиэрэ түһэн сыталлар үһү, кэпсэтэ-кэпсэтэ. Тоҕустааҕыттан Тааска күрээбитэ диэччилэр. Маҥнай Маарыйачааны Сайылыкка аҕалбытыгар, түөртүүр ыамҥа кийиит кыыс сарылаабытынан дьиэҕэ көтөн түспүт, “иннигэр муостаах кыыллар” кэллилэр диэн, онтукалара ыстанан тахсан көрбүттэрэ – бэйэлэрин ынахтара кэлбиттэрин эппит. Маарыйачаан биирдэ миигин хараҥа хоско киллэрэн эмтии сылдьыбыта, ийэм миигин ыарыйда диэн, эбээннии ботугуруур быһыылааҕа. Маарыйачаан убайа, Байбалчаан тоҥус ойууна, үкээгирдэртэн дуу, чукчалартан дуу уһуйуллубут. Аҕабыт эдэригэр Бөтөҥкөскө сэбиэт бэрэссэдээтэллии олорон эмискэ хаампат, босхоҥ буолан хаалар. Мордьос ойуун кэлэн эмтээн көрбүт да, кыаттарбатах. Онтон Космонавт Сэмэн Өрүүнэтэ Байбалчаан оҕонньор Таастан Табалаахха киирэ сырыттаҕына этэн, сөбүлэһэн кэлэн эмтээбит. Оҕонньор маҥнай кутуран баран, кыыран киирэн барбыт, онтон турукка киирэн ороннору өрө сүгэ сылдьан эккирээбит. Охтумаары нэһиилэ тутуһан сыппытым диир этэ. Онтон эмискэ тобугун харбыы түспүт, онно соһуйтуҥ буоллар үтүөрбэт этиҥ диэбит. Ыарытыннарбыт үөнүҥ бу сылдьар диэн, туох эрэ бөлтөхөйү туттаран көрдөрбүт. Куһаҕан маһы үктээбиккин диэбит. Онтон оһохтоох хоско уот иннигэр ийэбин моонньугар олордон олорон уокка алҕаабыт эҥин быһыылаах. Быһаҕы айаҕар уктан олорон куллугуруур, быһаҕын уга эрэ чөрөйөн көстөр этэ диир. Алҕаан баран үлдьү туруорбут, аҕам атаҕа үтүөрэн хаалбыт. Онтон ыла Атылааһап аймах эбээттэр биһиэхэ түһэр этилэр. Түмэппий, Сахаар диэннэр бааллара. Кыһын сыл бүтүүтэ хамнастарын аахса табаннан кэлэллэр, биһи дьэ ону күүтүү бөҕө эдьиийбинээн, Тамаралыын. Харчыларын аахтараллар, оччоҕо харчы солкуобайынан бэрсэллэр. Дьоннор итирдэн харчыларын эһиэхтэрэ диэн, аҕабыт бэйэтигэр түһэрэр этэ, дьиэттэн таһаартаабаттар, ол иһин биһигини тулуйаҕыт, кимиэхэ да кэпсээбэккит биһиэхэ эбээттэр баалларын, диир буоллаҕа. Аҕам хонтуораттан киллэртээн баран үлэтигэр барар, дьэ биһиги эбээннэрдиин айаарыы. Онтон бородуукталарын, ботуруоннарын, таҥастарын ылан биэрэн, Табалааҕы курдары ыстаадаҕа үлдьү ыыттарар быһыылаах”.

Эдьиийим Тамара ахтыытынан, Хахыйаан 1971 сыллаахха быһыылаах, Хахыйаан иккис кэргэнинээн Настаалыын (ити хаартыскаҕа Настаа Тамаралыын күлэн-үөрэн түспүттэр) Верхоянскай куоракка балтыгар Анна Дмитриевналаахха табанан кэлбиттэр. Кэпсэтинньигэ суох, орто уҥуохтаах киһи этэ, наар табаларын маныы бара турааччы. Мин наар Настааны ньээҥкэлэһэрбин өйдүүбүн, нууччалыы дьүһүннээх детдомҥа улааппыт уолаттарын хаартыскатын көрдөрөөччү, бириискэҕэ олорбут буолан хаартыскалара хата элбэх этэ.

 

Нуучча Ньукулай 1900-1976 сс. (кадровай булчут).

Нууччалыы дьүһүннээх, толуу көрүҥнээх, түөрт кырыы модьу харылардаах, күүстээх көрүҥнээх киһи буолан баран, оҕолуу үөрүнньэҥ, күлэн мүчүйэ сылдьар сымнаҕас майгылааҕа. Уҥуоргу Сыһыыга оҕо, эдэр ыччат биригээдэтэ оттуурбутугар Ньукулай Кучукаан оҕонньордуун туһунан өтөххө олорон оттообуттара. Ону дьэ ойуур саҕатыгар туран кистээн көрдөрөллөрө: Ньукулай хайдахтаах курдук оту “хара буоруттан ылларан” охсорун, дулҕа отун үчүгэй баҕайытык лэппийэн баран, дулҕатын үһүс охсуутугар сытыы хатыырынан быһа таһыйан “лэп” гыннаран ылан, мунньан иһэрин. Нуучча Ньукулай тутта сылдьарыгар, аһыырыгар барытыгар туох эрэ «светскай» культуура баара, наһаа наҕыллык, ураты дуоспуруннаахтык биилкэннэн, быһаҕынан туттан аһааччы.

 

Эчээ Баһылай 1902-1975 сс, сылгыһыт, булчут, туруу үлэһит, ортону үрдүнэн уҥуохтаах киһи, кэргэнэ суох.

 

Улахан Кыыс Маарыйа 1912-1966 сс. (сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, биригэдьиир, кыыһа – Розалия Андреевна, СР үөрэҕэриитин туйгуна, Боронук олохтооҕо).

Эдьиий Маарыйаны кытта кыра эрдэхпинэ Ылльыын моторкатынан Сайылыкка айаннаабыппытын үдүк-бадык өйдүүбүн. Маарыйа улаханынан, толуу көрүҥүнэн киинэҕэ көстөр бэрэссэдээтэл дьахталларга наһаа маарыҥныыра. Аара мотуор хаппырыыстаан, тиэрмэстэн чэйдээтибит. Оо онно минньигэс да сыттаах халбаһыыны килиэби кытта сиэтибит, ол халбаһыы сытын билигин да ахтабын. Уопсайынан, Сайылык оҕонньотторугар, биһиэхэ оҕолорго даҕаны, куораттан Улахан Кыыс Маарыйа, Куччу Кыыс Аана кэлэллэрэ улахан үөрүүлээх сабыытыйа, бырааһынньык курдук буолааччы.

 

Дьаҕараап 1917-1993 сс. (сэбиэт, холкуос бэрэссэдээтэллэрэ, оройуон боломуочунайа).

Баачаан кыра уола, Евграф Дмитриевич Чириков сэбиэскэй кэмҥэ улаатан, үөрэнэн-сайдан, оччотооҕу кэмҥэ кыахтаах салайааччы буолар. Кини 1938 сыллаахха Верхоянскай куорат сэбиэтин сэкиритээрэ эбит. Сэрии буолбутугар партия кинини 4 улахан холкуос холбоспут Адыаччы сельсоветын салайтара ыытар. Сэрии кэнниттэн оройуон РК боломуочунайынан үлэлиир. 1949 сыллаахха Верхоянскай куорат сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн быыбарданар, 1954 сылга диэри оччотооҕуга оройуон киинэ буолар куораты салайар. “1950-51-52 сылларга куораты тупсаран оҥорууга, хапытаалынай тутуулары ыытыыга, куорат хаалан турар коммунальнай хаһаайыстыбатын өрө тардыыга элбэх үлэлэр ыытыллыбыттара. Ол курдук куоракка мас тротуары оҥоруу, көҕөрдүүнү саҕалааһын, куорат сэбиэтин балансатыгар киирэр тэрилтэлэр бөдөҥ дьиэлэрин биир тииптээх көстүүлээх капитальнай олбуордаммыттара, бу үлэлэргэ нэһилиэнньэ наһаа активнайдык кыттара, службалаахтар, рабочайдар ону ааһан нэһилиэккэ тахсан үлэлээһиннэрэ тэриллэрэ» — диэн суруйбут Дьаҕараап бэйэтэ. 1954 сыллаахха оройуон салайар каадырдарыттан сүүмэрдээн баартыйа ыҥырыытынан 30 тыһыынчалаахтар кэккэлэригэр киирэн аан маҥнайгынан “Маленков аатынан” холкуоска ыытыллыбыт. Мин 1972 сыллаахха 9-с кылааска үөрэнэ тиийэрбэр Верхоянскай куорат атын бөһүөлэктэртэн, оройуон сыантыра Баатаҕайтан харахха быраҕыллар уратытынан куорат устатын тухары тротуардааҕа, тэрилтэ дьиэлэрэ, «Байхаал» күөл маҕан кырааскалаах штакетник олбуордаахтара, хатыҥ мас олордуулаахтара, политссыльнайдар памятниктара бааллара харахха быраҕыллара.

 

Куччу кыыс – Анна Дмитриевна 1923-2008 сс. (51 сыл педагогическай стажтаах учууталлар Учууталлара).

Кэргэнэ сэрии ветерана – Сергей Гаврильевич Габышев, биэс оҕолоохтор: Ия, Святослав, Рая, Саша, Наташа. “В 1942 году Анна, выпускница Верхоянской средней школы, возвращается в Адычу в качестве учителя, через два года учительствует уже в Верхоянске, откуда была направлена в двухгодичный учительский институт. Безукоризненно грамотная, прекрасно владеющая словом, Анна Дмитриевна Чирикова, за 51 год педагогической деятельности выпустила не одну сотню девушек и юношей, ни один из них впоследствии не забывал эту строгую, требовательную, но сердобольную, понимающую и запоминающую особенности каждого ученика учительницу. И я, также учившаяся у нее, воочию вижу первую встречу с ней, гибкой, спортивного вида учительницей в сером пальто, облегающем статную фигуру, в белом фетровом берете, резко выделяющемся на фоне иссиня черных волос и гладкой кожи. Никогда Анна Дмитриевна не хвалилась родной семьей. И это тоже часть исконно якутской семейной культуры: опасение сглаза, умение не выставлять все напоказ. Так, отличник просвещения РСФСР, работавшая заместителем директора школы, зам. председателя горсовета, неоднократно избиравшаяся депутатом Верхоянского горисполкома, директором вечерней школы рабочей молодежи, никогда громко не говорит ни о своих детях, ни о заслугах мужа, так и о достижениях и достоинствах своих детей, невесток и зятьев, великолепных внуков. Наверняка ей, приверженцу просвещения, по душе деятельность невестки Феодосии Васильевны Габышевой, стоящей во главе просвещенцев республики, например, шаги сделанные ею для повышения статуса родного языка” (из воспоминания Любови Иннокентьевны Рожиной). «Мы с классным руководителем исходили все окрестности Верхоянска, лазали на горы. Анна Дмитриевна научила нас встать на лыжи, сделать первые шаги, пользоваться палками – пошло поехало…Много лыжников появилось в школе. Еще помним повальное увлечение коньками! Все бежали в Сордоннохе наперегонки с Анной Дмитриевной на коньках. Бегала она посадив нас поочередно на санки. А что творилось в школе! Концерты, смотры, встречи, репетиции, хотела бы я посмотреть, как сейчас танцуют наши одноклассники-мальчишки матросский танец. Сравнили бы вы первую, вторую, третью репетиции. Неверные, неуверенные шаги и Анна Дмитриевна мгновенно превращается в матроса, подоткнув юбку под матросский клеш, она показывает такие “па”, что всем представляется палуба корабля. А возьми неверный тон пения, учитель тут же хватается за «дирижерскую палочку». О, как мы старались! И не зря…После походов все смотрели любительские фильмы, снятые на старом киноаппарате, непременном спутнике наших походов. Фильм за фильмом. Целая фильмотека. К сожалению, большинство из них одолжили у Анны Дмитриевны для просмотров и не вернули. А фотоснимки! Классный руководитель ходила с фотоаппаратом, как с биноклем. Многому нас научила она, читать, мастерить, чувствовать, помогать друг другу, выдерживать, преодолевать препятствия, быть самостоятельными, правдивыми и порядочными. Бесконечно благодарны и любим ее за все это! Когда делили класс на две группы, были и такие, кто с плачем уходил от нас. Видим ее нестареющей, энергичной, эмоциональной, для нас она и сейчас яркая путеводная звезда» — так написала о своем классном руководителе выпускница 1978 года, учительница французского языка Елена Трофимовна Кириллина в 2004 году.

 

Баачаан сиэнэ – мин аҕам, Христофор Гаврильевич 1920-1991 сс. (холкуос, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ).

Биэс оҕону улаатыннарбыттара. 1932 сыллаахха Сайылык оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Тулаайах хаалан бэһис кылааһынан уурайар. Киирэп холкуоска счетоводтыыр, биригэдьиирдиир. 1945 сыллаахха Эҥэ Сайылыгар Киирэп холкуос бэрэссэдээтэлинэн талыллар. 1949-1950 сылларга Адыаччыга сэбиэт бэрэссэдээтэллиир. 1950-51 сс Бөтөҥкөскө “Күүһү Түмүү» холкуос солбуйар бэрэссэдээтэлэ. Дьокуускайга холкуос бэрэссэдээтэллэрин куурустарыгар үөрэнэр. 1951-1959 сылларга Табалаахха бөдөҥсүйбүт “Саҥа Суол” холкуоһу салайар. 1959 сылтан дойдутугар Адыаччыга олорор, үлэлиир. Кировскай отделение управляющайа, Адыаччы сельсоветын бэрэссэдээтэлэ, пенсияҕа тахсан баран молокопуун сэбиэдиссэйинэн, Сэргэлээхтээҕи племенной табун старшай табунщигынан үлэлээбитэ.

 

Баачаан кийиитэ – Ыстапаан кэргэнэ Дьэбдьиэ (стахановец ыанньыксыт). Чирикова Евгения Егоровна 1924 с.т.

Элбэх саҥата суох, холкуоска, онтон сопхуоска үлэһит туйгуна. Дьэбдьиэ эмээхсин баар буолан Эҥэ Сайылыга “перестройка” сылларыгар букатын быстан хаалбакка, “бур-бур” буруо таһааран олорбута. 90-с сылларга өбүгэлэрэ, кэргэнэ, уола Дима көмүллэ сытар түөлбэлэриттэн — Сайылыктан бөһүөлэккэ көһөртөн кыккыраччы аккаастанан, “последний из могикан” буолан, суос соҕотоҕун адьас былыргылыы маһын мастанан, уутун-мууһун оҕуһунан тиэнэн, сүөһү бөҕөтүн көрөн, сайын оҕолорун мунньан, бэйэтэ кытта оттоһон Сайылыкка олорбута.

 

Баачаан кийиитэ – мин ийэм Потапова Анна Егоровна (үүт табаарынай ферматын сэбиэдиссэйэ, Киирэп холкуос бастакы депутата).

Ийэбит барахсан биһигини биэс кэнники оҕолору сааһыран да оҕоломмут эбит: эдьиийдэрбин 40-43 сааһыгар, миигин – 45 сааһыгар, мааны уолун Сеняны – 48-гар, кыра уолу Гириисэни 51 сааһыгар оҕоломмут эбит. Биһиги иннибитинэ үс оҕотун көмпүт. Эдэр эрдээнэ борохуот саһаанын кэрдиитигэр эр дьону кытта тэҥҥэ нуорманы толорор эбит. Биһигини букатын бытырыыс эрдэхпититтэн тыынан тиэйэ сылдьан оттотооччу. Бэйэтэ ааттаах үчүгэй суоллаах охсооччу, кыдамаһыт бэрдэ этэ. 83 сааһыгар араак ыарыыттан өлөрүгэр үс эрэ күн хотонугар тахсыбатаҕа, өлүөҕэр диэри икки ынаҕын ыан-көрөн олорбута, ол сайын оттообута. Миигин кыра эрдэхпиттэн мас кэрдэн оҕуһунан тиэнэргэ, кыһыҥҥы оту, мууһу уурарга, тиэйэргэ үөрэппитэ, кэлин бырааппынаан Сенялыын иккиэн тиэнээччибит. Сеня аҥаардас оҕус мииннэр манньаҕа от тиэйсэ барсааччы, дэлби кырыардар, тоҥнор да, олороохтуур буолар, оҕуска. Миигин ийэм хара үлэҕэ уһуйбута, ол миэхэ кэлин геологияҕа да, бизнеска да үлэлиирбэр улаханнык көмөлөспүтэ, үлэһит киһи ханныктаах да балаһыанньаҕа, эрдэттэн бэлэмнэнэн, дьаһанан өлөн-охтон биэрбэт эбит этэ. Кыраҕа үөрбүттэрин биллэрбэт, оҕону улаханнык хайҕаабат, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук ылынар дьон этэ, ийэлээх аҕабыт. Биирдэ, НГУ –ка үөрэнэ сылдьан, үһүс кууруска производственнай практикаҕа Үйээндигэ, Депутатскайга сайыны быһа үлэлээн баран, ЯнГРЭ-н хамнаспын биир тыһыынчаны уу харчынан ыламмын “киһи тэҥэ суох” буоллум, наһаа да астынным, үөрдүм. Аата элбэх да хамнастаах эбит – геология, дии санаабытым. Ол саҕана (1979 с.) Баатаҕайга цветной телевизордар саҥа атыыга кэлбиттэр, дьоммор цветной улахан телевизор, холодильник, кэһиибин ас-үөл атыыластым. Оо, онно ийэбит барахсан улаханнык үөрбүтэ биллибитэ, телевизор көрүүтэ буолбутугар, таҥаһын уларыттан, мэтээл бөҕөлөөх параднай көстүүмүн кэппитэ. Итинтэн үрдүк сыанабылы мин үйэбэр көрө иликпин.

 

Баачаан сиэн быраата – Чириков Николай Христофорович (Лоһуорай, Киирэп колхуос, Адыаччы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ).

Кэргэнэ Лоһуорай Маарыйата диэн ураты холку-намыын майгылаах киһи этэ. Уоллара Кулльуруут Юрка диэн, оҕо эрдээнэ оройуон бастыҥ тустууга, сылгыһыт. Уопсайа биир ыалтан 12 киһи Улуу Сталин мөссүөнэ моһуоннаах мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Дьэ бу историяҕа киирэр холобур буолар, хайдахтаах курдук саха дьоно бүтун ыалларынан кыайыы туһугар диэн бэриниилээхтик тыылга улэлээбиттэрин туоһулуур, көрдөрөр. Аҥаардас ликбезкэ эрэ үөрэнэн баран, оччотооҕу дьон колхуоьу, нэьилиэги салайбыттара киһини эмиэ сөхтөрөр. Баачаан улахан кыыһа, Улахан Кыыс-Маарыйа 1934-35 сс Адыаччы нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, Киирэп Ыстапаана 1940-45 сылларга Киирэп колхуоһу салайбыт, 1941-45 сс. сэрии сылларыгар Адыаччы нэһилиэгин сельсоветын бэрэссэдээтэлинэн Евграф Дмитриевич улэлээбит, Лоһуорай Ньукулай 1946 сылтан Адыаччы сельсоветын салайбыт. Мин аҕам Сэрии бүтүүтүгэр Киирэп колхуос бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир, 1949 сыллаахха Адыаччы сельсоветын бэрэссэдээтэлинэн, онтон 1950 сылга Киирэп, Кыһыл Маай, Күүһү Түмүү холкуостары холбооннор Бөтөҥкөскө бөдөҥсүйбүт холкуоска солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн бэрэссэдээтэл Бурцев Иннокентий Николаевыһы (САССР Верховнай Сэбиэтин депутата, Бочуот знага уордьан кавалера, Дьааҥы бастакы бочуоттаах олохтооҕо) кытта бииргэ үлэлээн, киниттэн элбэх уоппуту, сүбэни ылбытым диэн ахтара.

Баачаан Миитэрэй икки улахан уолаттара: мин эһэм – Улахан Хабырылла 1898 с.т. сэрии иннинэ ууга былдьанан, Гаврил Ильичтаах эһэлэрэ – Уһун Баһылай 1899 с.т. сэрии бүтэһик сылыгар ыалдьан өлөннөр Улуу Кыайыыга тиийбэтэхтэрэ. Уһун Баһылай — бэйэтэ айылҕаттан бөдөҥ-толуу киһи буолан, ханныктаах да үлэҕэ кыайыгаһынан аатырбыт. Икки оҕоттон кыыс 14 саастааҕар ыалдьан өлөр.

 

Баһылай уола – Илья Васильевич (Ылльыын) Адыаччы бастакы суоппардарыттан биирдэстэрэ.

Өр сылларга Адыаччы сопхуос механига, завгара, “Миниистир Ылльаа” диэн норуот таптал аат иҥэрбит сүгүрүйэр, ытыктыыр салайааччылара. Илья Васильевич оҕо эрдээнэ дьонноро өлөннөр, орто оскуолаҕа ситэ үөрэммэтэх, ол иһин эдэриттэн колхуос үлэтигэр эриллибит. Ону-маны билэ, үөрэтэ сатыыр дьоҕурдаах уолу убайа Христофор Гаврильевич суоппар куурсугар ыытан үөрэттэрбит. Онон Адыаччыттан Бөскөҥнүүн (аҕам аҕатын иккис кэргэниттэн, Өлөөнөттөн уола) бастакы суоппардар буолбуттар. Кэргэнинээн Өкүлүүнэлиин 10 оҕону улаатыннарбыттара, уолаттара бары механизатордар-суоппардар.

 

Илья Васильевич улахан уола – Гаврил Ильич Чириков.

Суоппартан саҕалаан баран, уон сыл Адыаччы сопхуоһун директорынан, Адыаччы нэһилиэгин баһылыгынан, 12 сыл оройуон уотун ситимин (Сахаэнерго Верхоянскай оройуоннаа5ы филиалын) дириэктэринэн, билигин Үөһээ Дааҥы улууһун баһылыгынан быыбарданан үлэ үөһүгэр сылдьар, Дьааҥылар биир күөн туттар, норуоттан тахсыбыт салайааччылара. СР үтүөлээх энергетига, СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СР бочуоттаах попечителэ. Быһа түһэн кэпсээтэххэ, кэнники көлүөнэ баачааннартан үрдүкү салайар үлэҕэ үлэлээбит, биллэр-көстөр туспа суоллаах-иистээх убайдарбын ахтан аһарыым.

 

Горохов Владимир Алексеевич (1945-2005 сс.), икки үрдүк үөрэхтээх.

Арыылаах, Боронук сельсоветтарын, Верхоянскай куорат горсоветын председателинэн, райсовет сэкиритээринэн, Верхоянскай оройуонун налоговай сулууспатын начаалынньыгынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. 1998 сыллаахха Дьокуускай куоракка Дьааҥы түмсүүтүн (землячествотын) төрүттээбит, тэрийбит киһинэн биллэр. Билигин Улуу туймаада ыһыаҕа ыытыллар “Үс Хатыҥар» улуустартан аан бастакынан Илья Михальчуктан сир өлүүлээн ылан, Дьааҥы улууһа туһунан мустар түһүлгэтин улуустартан биир бастакынан туттарбыта, тэрийбитэ. Ол иннинэ хонууга ыһыахтыыр этибит. Биһиги Дьоллоох Дьокуускай куоракка 1996 сыллаахха, сыантыртан үлэлииргэ кыайыылаах-хотуулаах, таһаарыылаах буоллун, оҕолорбут-бэйэбит сайдыахпыт диэн көһөн кэлбиппит. Онон убайбыт бэйэтэ инициатива көтөҕөн, элбэхтик сүүрэн-көтөн Землячествоны тэрийэригэр, сайын Ыһыах, кыһын-саас «Землячество» түмсүүлэрин, Дьааҥы ол саҕанааҕы лидердара уонна активистара кыттыылаах (Иван Иванович Горохов, Степан Николаевич Стручков, Святослав Сергеевич Габышев, Николай Николаевич Дьячковскай, Афанасий Афанасьевич Юмшанов, Иннокентий Слепцов – Баян Киэсэ, Семен Горохов – Сэмэн Сахаарабыс, Егор Аммосов – Сүүрүк Гуоса, Марфа Егоровна Федотова, Любовь Никитина уо.д.а.) күүспүтүн, кыахпытын, сатыырбытын барытын бииргэ түмэн, сомоҕолоһон ыытааччыбыт, оҕолорбутун (биһи кыргыттарбыт «Мозаика» оҕо үҥкүү ансаамбылыгар үҥкүүлээччилэр) ким туох талааннааҕынан көрөн, кытта түһүлгэҕэ кытыннарааччыбыт. Ол убайбыт үөрэппит үтүө бачыымын тутуһан, кэргэмминээн Елена Васильевналыын дьааҥылар ыытар тэрээһиннэригэр өрүү кэриэтэ билигин да кыттабыт. Владимир Алексеевич Баачаан аймах төрүччүтүн (генеалогическое древо) таҥмыт саамай ытыктыыр, күөн туттар убайбыт буолар. Кини көҕүлээн, дьаныһан туран өбүгэлэрбит туһунан сибидиэнньэлэри хомуйан, хомуйтаран “Баачаан аймах” кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Убай Болуодьа наһаа киэҥ кругозордаах, ырааҕы толкуйдуур, сытыары сымнаҕас майгылаах, маанытык, дьоһуннук тутта сылдьар Дьааҥы биир чулуу дьонноруттан биирдэстэрэ этэ. Нолуогабай сулууспаҕа үлэлииригэр, оччотооҕу тэрилтэлэргэ, сопхуостарга «перестройка» — уларыта тутуу моһуохтардаах кэмнэригэр элбэхтик көмөлөспүтэ дииллэрэ. Владимир Алексеевичка төрөөбүт дойдутугар оҥорбут үрдүк таһаарыылаах үлэтин, үтүөлэрин сыаналаан Үөһээ Дьааҥы улууһун уонна Верхоянскай куорат Олохтооҕун, СР нолуогабай сулууспатын Бочуоттаах Ветеранын бочуоттаах ааттара иҥэриллибиттэрэ.

 

Габышев Святослав Сергеевич (1953-2019 сс.), 1986-1996 сылларга САССР Госкомспордун бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, СР туризмын уонна спордун министиэристибэтин миниистирин солбуйааччытынан ситиһиилээхтик үлэлиир.

Онтон кэлин СР Ил Түмэнин аппаратыгар, СР Президенин уонна Правительствотын аппаратыгар үлэлиир. Росгидромет сулууспа Дьааҥы куоратын «Тымныы оройунан» (Полюс Холода северного полушария) билинэрин ситиспит уонна оннук официальнай суругу аҕалбыт киһинэн биллэр. («в 2006 году вице-президент Якутии обратился с просьбой рассудить спор «хозяйствующих субъектов» Верхоянска и Оймякона к начальнику Росгидромета и на тот момент Президенту Всемирной метеорологической организации Александру Бедрицкому. Самый главный метеоролог мира в официальном ответе якутскому вице-президенту написал: «Данные инструментальных измерений подтверждают, что полюс холода Северного полушария — место, где зарегистрирована самая низкая температура (-67,8 С), находится в г. Верхоянске» Коммерсанть).

Киэн туттар, ытыктыыр убайбыт, Святослав дэгиттэр спортсмен быһыытынан биллэрэ, көҥүл тустууннан, самбоннан, каратэннэн, парашютнай спордунан дьарыктанара. Көҥүл тустууга саамай элбэх тэҥ күүстээхтэр тустар 68 кг ыйааһыннарыгар Н.Н. Тарскай бирииһигэр ыытыллар республика чемпионатын боруонса призера, маастарга кандидат, РФ уонна СР физическай культураҕа уонна спортка Туйгуна, СР национальнай спорт көрүҥнэригэр үтүөтүн иһин бочуоттаах бэлиэлэринэн бэлиэтэммитэ. Дьааҥы кырдьаҕас куората “Тымныы Чыпчаала” буоларын, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри туруулаһан, иннин биэрбэккэ көмүскээбит, дьааҥылар чулуу киһилэрэ буолар. 2005 сыллаахха Ытык Дьааҥы куоратыгар “Тымныы Чыпчаала” республиканскай таһымнаах фестивалы, муҥутуур тымныы бэлиэтэммитэ 120 сылыгар анаан ыыппыта. Бу тэрээһиҥҥэ Метео тэрилтэлэр аан дойдутааҕы холбоһуктарын Президена – А.И.Бедрицкай Слава ыҥырыытынан илэ бэйэтинэн кэлэн, тымныы оройо манна регистрацияламмытын туоһулуур памятнай билиитэни аҕалан уурсан барбыта. Убайбыт Святослав араас уровеннаах общественнай, научнай, туристическай хабааннаах тэрээһиннэри ыытыыттан хаһан да туора турбата. Биллиилээх учуонайдар, чинчийээччилэр: А.И. Новгородов, И.А. Худяков республиканскай таһымнаах үбүлүөйүнэй тэрээһиннэрин көҕүлээн, салайан ыыппытын, кинилэр рукопистарын, научнай үлэлэрин иккистээн тилиннэриигэ ис сүрэҕиттэн дьаныһан туран ылсыбытын, тиһэҕэр тиэрдибитин үгүс киһи астыммыта.

2003 сыллаахха саас Верхоянскай куоратын 365 сылыгар анаан Святослав Сергеевич идеятынанан, инициативатынан үтүө үгэскэ кубулуйуохтаах, “Полюс Холода – г. Верхоянск” фестивалын ыыппыта. Ити үөһээ кэпсээбитим курдук, бу тэрээһин икки сылынан республиканскай таһымнаммыта. Бу бастакы тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт, СР Урбааҥҥа уонна Туризмҥа миниистирин А.Н. Скрыбыкины убайым миэхэ задание биэрэн, арыаллаан илдьэ сылдьыбытым. Эһиилгитигэр, 2004 сыллаахха хас да оройуон тыҥааһыннаах киирсиилэрин кэнниттэн “Азия оҕолорун” Аан дойдутааҕы оонньууларын уотун “Ытык Киһилээх” хайатыттан уматар чиэскэ биһиги дьааҥылар тиксибиппит. Бу оҕо олимпиадатын курдук толкуйданан, түөрт сылга биирдэ ыытыллар, “Азия оҕолорун” оонньууларын уотун аан дойдуну аймаабыт олимпийскай чемпионнарбыт: Роман Дмитриев, Павел Пинигин уонна Дьааҥыттан Россия уолаттарга чемпиона Тимофей Болтунов умаппыттара уонна кэнники сылларга Олимпиада уотун “Олимпия” хайатыттан уматалларын курдук үтүө үгэскэ кубулуйбута. 2005 сыллаахха Ытык Дьааҥы куоратыгар “Тымныы Чыпчаала” фестивалын республиканскай таһымҥа таһааран, муҥутуур тымныы бэлиэтэммитэ 120 сылыгар анаан ыыппыта. Бу тэрээһиҥҥэ Метео тэрилтэлэр аан дойдутааҕы холбоһуктарын Президена – А.И.Бедрицкай Слава ыҥырыытынан илэ бэйэтинэн кэлэн, тымныы оройо манна регистрацияламмытын туоһулуур памятнай билиитэни аҕалан уурсан барбыта. Биирдэ убайым миэхэҕэ, хаһан да буоларын курдук, эмиэ, эмискэ баайы сорудахтаата: “Тамбовские волки” диэн икки киһилээх экстремал айанньыттар группалара Советскай Союз геройа Артур Чилингаров заданиетынан тымныыны уста кэлэллэр, ону көрдөрүөххэ диэн. Ону Саҥа Дьыл кэнниттэн мин камазтарбар олордон Дьокуускайтан Верхоянскайга диэри ыыттыбыт, -61 С кээмэйдээн, дьиҥнээх кыһыҥҥы трасса бары моһоллорун эттэринэн-хааннарынан ааһан, улаханнык астынан, матырыйаал бөҕөтүн устан барбыттара. Ол сырыы бэлиэтэ, Артур Чилингаров аатыттан “Махтал Сурук” мин ааппар кэлбитэ, ол дьоннор билигин даҕаны өссө да кэлиэхпит диэн суруйсаллар. Биир кэмҥэ, убайбыт Святослав норуот итэҕэлин ылан, салалта уонна общественность быһаарыытынан Дьааҥы землячествотын салайа сылдьыбыта. Хаһан баҕарар көрүстэххэ наар туох эрэ саҥа идеянан өйө-санаата ытылла сылдьар буолара.

Өбүгэлэрбит маанылаах үрэхтэригэр “Туостаахха”, таайдара “Нуучча Ньукулай” уонна “Амынньыар Кириил” бултуур түөлбэлэригэр “Төрүткэ” бултуур, балыктыыр, кустуур, куобахтыыр – сынньанар дьиэ туттаран, онно саас-күһүн буолла эрэ кэлэн сынньанан барааччы. Бу дьиэтэ «Ягоднай хайаны” утары турар буолан, Адыаччыларга элбэх киһиэхэ дурда-хахха, хонор-сынньанар сир буолан турдаҕа, убайбыт өбүгэлэрбит үгэстэринэн куруук аһаҕас турдун диэн хататтарбат буолааччы, “дьон туһаннын ээ” – диэччи. Дойдутун булдун чыыбааҕы куобаҕын, ээмиллэни, куһу-хааһы, дьарҕааны, быйыты, майаҕаһы, бил балыгы доҕотторугар элбэхтик амсаппыт киһи буолуо.

Уонна оттон, Слава дойдутугар оҥорбут үтүөтэ наһаа элбэх, Табалаах, Адыаччы, Верхоянскай куорат социальнай, спортивнай-культурнай тутууларын, тутулуннахтарына содержаниеларын боппуруостарын туруорсарга сүүрбүтэ-көппүтэ тугунан да кыайан сыаналаммата буолуо дии саныыбын. Святослав Сергеевич дойдубут социальнай-экономическай сайдыытыгар, спортивнай олоҕор киллэрбит үгүс кылаата үрдүктүк сыаналаммыта: РФ олимпийскай кэмитиэтин”За заслуги в развитии олимпийского движения в Российской Федерации”, «370 лет России», СР “Гражданскай Килбиэн” бэлиэлэр хаһаайыннара, Советскай Союз үс төгүллээх Геройун А.И. Покрышкин мэтээлин кавалера, Дьааҥы оройуонун уонна Дьааҥы кырдьаҕас куоратын бочуоттаах олохтооҕо.

 

Чириков Петр Павлович, СГУ-н учууталлыы сылдьан кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн баран Кустуурга, Сартаҥҥа оскуола директорынан үлэлиир.

1992-1998 сылларга Верхоянскай оройуон администрациятыгар приватизация комитетын салайбыта, оройуон баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 1998-2002 сылларга СР Президенын администрациятыгар Территориальнай уокуруктар бэрэстэбиитэллэрин управлениятын салайааччытынан үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Петр Павлович СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР «Гражданскай килбиэн» бэлиэтин кавалера, Үөһээ Дьааҥы уонна Эбээн Бытантай улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо.

 

Чириков Владимир Христофорович, Баачаан хос сиэнэ. 1976-1981 сылларга Новосибирскай госуниверситетын бүтэрэр. 1981-1993 сылларга Янскай геолого-разведочнай экспедицияҕа үлэлиир. 1993 сылтан бизнес эйгэтигэр үлэлии сылдьар.

Киһи бары салайааччы буолбат. Оннук талаан киһиэхэ барытыгар бэриллибэт даҕаны, уонна киһиэхэ барытыгар эн бу – салайааччы буол диэн элбэхтик сыҥаламмат да быһыылаах. 1981 сыллаахха НГУ геолого-геофизическай факультетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, бииргэ үөрэммит оҕолорбутуттан төрдүө буолан «престижнай распределение”-ҕа тиксэн үөрэн-көтөн, учуонайдар олорор аатырбыт академгородоктарыгар НИИ геологии и геофизики СО АН СССР ананныбыт. Онтон учуонай буолбат дьылҕам тардан, тэҥҥэ улааппыт, бииргэ оттообут таптыыр кыыспын кэргэн ылаары, РСФСР үөрэҕин министиэристибэтигэр сайабылыанньа суруйан, икки ый эппиэт күүтэн, Саха сиригэр перераспределение оҥотторон, үс ый институтка үлэлээн баран, маҥнай Дьокуускайга ЯТГУ-га направлениеланан кэллим. Территориальнай геологическай управление каадырдарын отдела үс вакансия баар оройуоннарын таллардылар: Мииринэй куоракка “Якуталмаз” тэрилтэҕэ, Усуйаанаҕа саҥа тэриллиэхтээх “Полярнай экспедицияҕа” уонна баҕалаах сиргэр «Янскай ГРЭ” –ҕэ барыаххын сөп. Ыксаама диэтилэр, үс күн толкуйдуурбар бириэмэ биэрдилэр. Оҕо эрдэхпиттэн, саха аатырбыт суруйааччыта Николай Якутскай “Алмааһы көрдөөччүлэр”, “Алмаас уонна таптал” диэн 1969 сыллаахха тахсыбыт ураты күүстээх айымньыларыгар көҕүйэн, алмааһы хостуохпун баҕарбыт баҕам дьэ туолуох курдук буолан, харааччы буккуллан хааллым. Ол гынан баран, Дьылҕа хаан ыйааҕын утары барбыт суох дииллэрэ кырдьык быһыылаах, түүннэри түһээн көрөр күлүмүрдүү умайар алмаас тааспын хаалларан, таптал уотунан тымтыктанан, аналлаахпар тиийээри, дойдубун таллаҕым.

ЯнГРЭ-ҕа тиийбиппэр үөрүүнэн үлэҕэ ыллылар, Бургочанскай геолого-разведочнай баартыйаҕа ананан, Ыыннаах Хайа анныгар баар “Кэрбэнг” диэн учаастакка участковай геологунан ананан үлэлээбитинэн бардым. Почти суббота аайы тапталлаахпар Бөтөҥкөскө кэлэ турарым, түөрт көс сири биэс аҥаар чааһынан –55-60 кыраадыска сүүрүүнэн кэриэтэ түһэрим. Бөһүөлэк барахсан ол саҕана тигинээн-таҕынаан, уота-күөһэ күлүмүрдээн, бырааһынньыга, кэнсиэрэ, таансыта элбэҕинэн сүрдээҕин киһини угуйар курдук буолааччы. Кэрбэнг-Бөтөҥкөс, Кэрбэнг-Баатаҕай, Баатаҕай-Бөтөҥкөс икки ардыгар оччо наһаа тырааныспар көрдьөөн, ол саҕанааҕы эдэр киһи бириэмэни ыыппат буолааччыбын, үрүксээхпин сүктүм да сатыы хаама турааччыбын. Чинчийэр разведкалыыр үлэбит диэн: динамитынан тоҕо тэптэрэн, 40-нуу миэтирэ дириҥнээх шурфалары хаһабыт, 500 мм диаметрдаах 1.5 тн ыйааһыннаах снарядынан тоҥ тааҥы үнтү сынньар самоходнай буровой станогынан киһи батар дьөлөҕөстөөх скважиналары үүттээтибит. Маннык дириҥнээх шурфа түгэҕиттэн, күнүстэри халлаан сулуһа көстөр. Документациялыы лебедканан бадьыйа иһигэр аҥаар атаххын уган, аҥаар атаҕыҥ салгыҥҥа ыйанан, аҥаар илиигинэн тростан тутуһан, аҥааргынан истиэнэттэн тутуспутунан аллараа сурулуугун. Биирдэ ити буровой снарядпыт трос быстан 27 миэтирэ дириҥҥэ хаалбытыгар, Баатаҕайтан хамыыһыйа бөҕөтө кэлбитэ. Аммониттаах ыскылааппытын киинэҕэ курдук түүннэри-күннэри саа сүгэһэрдээх чүөчэлэр харабыллыылларын онно көрөн күлэ санаабытым (ити Баатаҕайга олорон аммонитканы “харабыллаан” хамнас ыла сытар кимнээх эрэ ийэлэрэ, тещалара буолаахтыа). Ол түүн буровиктар Мишка Шабутов диэн биир саамай имигэс, харса суох бурильщигы төбөтүнэн таҥнары уган, торуоһу сваркалаан баран, бу снаряды ороон таһаараннар, хамыһыйа аакта бөҕөтүн суруйан баран, онтун хайа тардан иччитэх төннүбүтэ. Ону таһынан, победитовай коронканан тааһы быһа эрийэр колонковай буровойунан 70-80 м дириҥнээх скважиналары үүттүүбүт. Дьэ сир-халлаан барыта өрө ньиргийэ олорор үлэтэ.

Ол курдук үлэлээн тигинэтэ сырыттахпытына, арай биирдэ райком Газ-ига сүүрдэн кэллэ диэтилэр, эйиигин ыла кэлбиттэр диэн, буровойга сырыттахпына сүүрэн кэлэн эттилэр. Хомунан барыстаҕым дии. Саҥа Дьыл саҕана этэ, Баатаҕайга киэһээ аҕыс чаас эргин ыыс-быдаан туман быыһынан ыстаннаран киирдибит. Суоппарым, «мой шеф Илья Филиппович на работе, в его кабинете свет горит, может сейчас зайдешь» — диэтэ, ону сөп диэн киирдим. Илья Филиппович Михальчук диэн, райкомол I сэкиритээрэ эбит. Эн автобиографияҕын барытын билэбит, аан маҥнай Чириковтартан сэрии саҕана салайар үлэҕэ үлэлээбит көлүөнэни ахтан соһутта, аҕабын, Анна Дмитриевнаны билэттиирин аҕынна. Онтон билиҥҥи кэмҥэ салайар үлэҕэ үлэлии сылдьар убайдарбытын: Владимир Алексеевич Гороховы, Святослав Сергеевич Габышевы, Петр Павлович Чириковы ааттаталаата, бары ССКП чилиэттэрэ диэтэ. Короче, райкомолга иккис секретарынан ылабыт, комсомольскай сыбаайба тэрийэбит, Парковай уулуссаҕа икки уровеннаах квартира биэрэбит, партияҕа киирэҕин, высшай партийнай оскуолаҕа үөрэххэ ыытабыт, мин Дьокуускайга обкомол бастакы сэкиритээринэн үлэлии барабын, онно олорон барытын дьаһайа, хонтуруоллуу олоробун диэн, бэрт “радужнай” туох да “предельно яснай” эҥкилэ суох күүстээх “хартыынаны” уруһуйдаата. Эмиэ үс хонугу толкуйданарга бириэмэ биэрдэ…

Бөтөҥкөскө звони гынаммын, тапталлааҕым Иэликэм Баатаҕайга кэллэ. Райкомолга үлэҕэ ыҥырбыттарын, комсомольскай сыбаайба оҥоруох, икки этээстээх квартира биэриэх, үөрэххэ ыытыах буолтарын наһаа улахаҥҥа уурбата: “оҕолор улаата түстүннэр, сыбаайбаны Адыаччыга да оҥоруо этибит, чэ бэйэҥ бил”- диэтэ. Биһиги олох киэҥ аартыгар саҥа үктэнэр дьон, ол саҕана барыны-барытын күн аайы буолуохтааҕын курдук санаахтыырбыт, итинник түгэннэр киһи олоҕор биирдэ эмитэ буолалларын билээхтээбэт буоллахпыт. Дьэ болдьохтоох үс хонук биллибэккэ аастаҕа. «Миигин судаарыстыба 15 сылы быһа оскуолаҕа, университекка босхо үөрэттэ, билии-практика бөҕөтүн ылбыт специальноспар саатар аҕыйах сыл үлэлии түһүөм дуу» — диэн быһаарынным диэтим. Дьэ ол курдук бу сырыыга аны «кыһыл көмүс кытахтан» төкүнүйэн турабын. Итинник “судьбоноснай моменнарга”, киһи инники олоҕун түстүүр түгэннэригэр, төһө да “бэйэҥ быһаар диэтэр”, наар олоҕум аргыһа буолбут киһим оруолу оонньообут эбит диэн, томоһордуубун.

Букатын дэҥҥэ, ардыгар, “салайааччы буолбутум буоллар, төһө эрэ элбэҕи оҥорбут буолуо эбитим буолла”, — диэн санаа кииртэлиир…Ол гынан баран, саха саныырынан, өбүгэ итэҕэлинэн, хас биирдии киһиэхэ дьылҕата, анала, баайа барыта Үөһээттэн ыйыллан, ааҕыллан түһэр, ону аһара түспүт суох диэн өйдөбүллээхпин. “Киһи киһиэхэ тэҥнэспэт, сүөһү сүөһүгэ тэҥнэспэт” сиэринэн, киһи тэҥнээхтэрин кытта «эн-мин» дэһэн, урут-аллара нөҥүөлээбэккэ, бэйэ кыаҕын иһинэн сылдьара оруннаах. Тойону оттон-мастан оҥорботтор. Кинилэр сирдээҕи олохторун оҥкулун үрдүкү айыылар быһаллар. Киһи бары тойон буолбат. Аны туран, саха оҕото кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ уһуйуллан үлэһит киһи гына иитиллэр, үлэлээн киһи-хара буолар, ол гынан баран маннык өс хоһооно баар: «үлэлээн байбыт диэн суох» диэн этэллэрэ, бу – дириҥ түгэхтээх толкуй. Бастатан туран, сахаҕа төрүт уус удьуор баай (үөһээттэн сирэй ананан түһэр баай) уонна күннээҕинэн байымсыйыы диэн өйдөбүл баар. Үөһээттэн бөҕө этитиилээх киһи баайын күннэтэ үүннэрэр, үөскэтэр мөккүөрдээх. Кини «айка, сөп буолла” диэн сир ортотугар тохтоон хаалбат, баар баайын сыа-арыы курдук тутан, кыаҕын иһинэн хаҥатан, дьон туһа буоллун диэн тугу эмэ айан-тутан, куруук иннин диэки күрдьэн бара турар мөккүөрдээх. Маннык киһини үөһээттэн этитиилээх, саха дьолугар төрөөбүт киһи диэн ааттыыллар. Оттон туора дьон киэнин албыннаан-түөкэйдээн, биирдэ эмэ тоҕо хорон, эбэтэр хаартылаан, халаан байбыт баай өр барбат… Онон бу орто дойду олоҕор киһи барахсан олох олорон ааһыыта барыта үөһээттэн айдарыылаах, кэлэн барара да кэмнээх, олоруута да болдьохтоох. Киһи оҥоһуутун үөһээ айыылар кини удьуорун-хаанын, сирин-уотун түөлбэтин үөрэтэн-ырытан баран таҥаллар дэнэр. Киһи бу сиргэ тугу ситиһэрэ, дьолун, олоҕун, баайын кээмэйэ барыта үөһээ айыылар төһөнү биэрбиттэринэн, тугу-ханныгы, хаһы өлүүлээбиттэринэн буолар диэн буоллаҕа. Илин Хаҥалас баайа-кулубата Чоочо Солобочукуоп сэттэ уоллааҕа, тоҕус сүүс тоҕус уон тоҕус ынах сүөһүнү ииппитэ үһү, тыһыынчатын биир сүөһү кыайбатах. Кини биир сүөһүнү дьонтон булан аҕаллаана, бэйэтин сүөһүтүттэн отут-сүүрбэ сүөһү өлөн итэҕэстэнэ турар эбит. Ол иһин сахаҕа сиргэ түспүт силик (сэрэбиэй), окко түспүт оҥоһуу диэн мээнэҕэ этиллибэт. Бу олоххо буолар куһаҕан да, үчүгэй да, бу — эн оҥоһуллан түспүт ыйааҕыҥ буолаллар, онон куһаҕан буолла диэн кэнэнэн хаалбакка, ыарахан кэмнэргэ бэйэ бодоҕун тардынан, киһилии киһи киэбинэн, киһи буолбут аналгын толорон, оҕо-уруу төрөтөн, дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэтэн, өбүгэлэриҥ тэлбит аартыктарынан, кинилэр оҥорботохторун оҥорон, олоҕуҥ суолун устун аа-дьуо айаннатан, киһи тэҥэ сананан, нус-бааччы олорон, сирдээҕи дьолго тиксиэхтээххин диэн өйдөбүлүнэн олорон кэллибит. Олох сайдар, салҕанар аналлаах, үтүө үгэс үтүктүллэр үтүө өрүттээх, биһиги оҥорботохпутун оҕолорбут оҥоруохтара, сиппэтэхпитин сиэннэрбит ситиэхтэрэ диэн, өбүгэлэрбититтэн бэриллибит бүччүм санааннан сирдэтэн олордохпут.

 

Новатор салайааччы – Евграф Дмитриевич Чириков туһунан

Сэрии ыарахан сылларыгар Адыаччы нэһилиэгин, холку-наҕыл, ураты көнө майгытынан, оччотооҕу дьон кутун туппут, салайааччыларга да тэҥҥэ аахсарынан ытыктаппыт киһи, Евграф Дмитриевич Чириков салайбыт. Сэрии иннинэ Дьаҕараап Верхоянскай куорат горсоветын сэкиритээринэн улэлээбит, сэрии буолбутугар улахан уоппуттаах салайааччы быһыытынан, үс улахан холкуостаах Адыаччыга сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ыытыллыбыт. Адыаччы кэнниттэн Евграф Дмитриевич оройуон боломуочунайынан, кэлин партия ыйыытынан Боруулаах, Боронук, Верхоянскай куорат (оройуон киинэ эрдэ5инэ) сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн бэрт таһаарыылаахтык улэлээбитэ. Улэлээбит сирин ахсын Дьаҕараабы дьон наар саҥаны — сырдыгы тобулар салайааччынан ахталлар, новатор киһи быһыытынан номоххо киирбит салайааччы эбит.

1949-54 сс Верхоянскай куорат сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, кыайан үлэлэтиллибэккэ быраҕыллан турбут 25 ат күүһэ күүстээх локомобильнай элекростанцияны, хапытаалынай ремоҥҥа диэн харчы көрөн, оҥотторон, онтон ыла куоракка уот быыстала суох кэлэрин ситиспит. Бу оччотооҕу кэмҥэ сөҕүмэр рискованнай дьаһал эбит, Сталин саҕана маннык дьаһалы бэйэтин улаханнык эрэнэр, дьиҥ чахчы нэһилиэнньэтин туһугар кыһаллар салайааччы дьаһанар. Кини үлэлиир сылларыгар Верхоянскай куоракка, кэлин оройуон оҕотун барытын үөрэппит, икки этээстээх оскуола, тэрилтэлэр дьиэлэрэ, сберкасса-баан дьиэтэ, Аппыкка туббольница тутуллубуттар. Куораты түргэн тиэмпэнэн уларытан-тупсаран тутуу барыытыгар аан маҥнайгы строительнай-монтажнай хонтуораны (СМУ) арыйбыппыт улахан олук буолбута диэн ахтар эбит, Дьаҕараап бэйэтэ. Маны таһынан, общественность актыыбынай кыттыылаах, бу дьиэлэри биир тииптээх олбуордааһын, уулуссалары көҕөрдүү, куораты тупсарыы үлэтин күүскэ ыыппыт. 1952 сыллаахха Верхоянскай куоракка аан бастакы боруонса пааматынньык улуу революционер И.В. Бабушкиҥҥа ананан туруоруллубутун, ол үөрүүлээх аһыллыытын туһунан Бүтүн Союзтааҕы радио аналлаах биэриини оҥорбут. Сотору соҕус партия РК – гар Иван Бабушкин огдооботуттан Харьков куораттан сурук кэлбит: «хаартыскатын ыытыҥ дуу диэн».

Бу сылларга, Евграф Дмитриевич Чириков РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын бастыҥнарын сүбэ мунньаҕар Москва куоракка Кремльга ыҥырыллан кыттыыны ылбыта, кини кыахтаах салайааччы буола үүммүтүн, сиппитин-хоппутун туоһулуур. Онтон оройуон сэбиэтэ каадырдары сүүмэрдээн экэнэмиичэскэй өттунэн мөлтөөбүт колхуостарга ыыталыыр политикатыгар олоҕуран, партия Бүтүн Союзтаа5ы «30 тыһыынчалаахтарын» кэккэлэригэр киирэн, Боруулаахха «Маленков аатынан» холкуоска бэрэссэдээтэлинэн ыытыллыбыт. Боруулаахха билигин аатырдар Көдөй диэн оҕо лааҕыра («Көдөй» оҕо лааҕырын Степан Иннокентьевич Юмшанов маҥнай тэрийбитэ) оттуур сирин кини солотон, хоруу хастаран, ньүөлсүтэн, сайын аайы оттонор ходуһа сирэ оҥотторбута диэн Боруулаах кырдьаҕастара ахталлар эбит. Сир үлэтин улаханнык кыайа туппут. Олоҕун аргыһа уолбут, нуучча кыыһа — Биэлсэр Нинаны, Боруулаахха сыбаайбалаары олорор кыыһы кавказтар курдук күрэтэн ылбыта, эмиэ туһунан номох курдук кэпсээҥҥэ сылдьар.

Дьааҥы куоратын 320 сыла туолар үбүлүөйүнэн сибээстээн, 1958 сыллаахха Бүгүйэх күөлугэр аан бастакынан 200 собо балыгы Кэбээйиттэн, Боронук колхуоһун хаассатыттан аҕыс аҥаар тыһыынча харчы көрөннөр, самолетунан аҕалтарбыттар, үс киьи сүбэлэһэннэр: сэбиэт бэрэссэдээтэлэ – Евграф Дмитриевич, колхуос бэрэссэдээтэлэ Иван Иннокентьевич Аммосов уонна колхуос буҕаалтыра – Ефимов Василий Иванович. Бастакы собону аҕалан үөскэтии туһунан Евграф Дмитриевич Верхоянскай куорат 350 сылын туоларыгар, бэйэтин илиитинэн суруйбут ахтыы суруга Верхоянскай куорат «Тымныы Чыпчаала» музейыгар хараллан сытар. Онон бу үс киһи Дьааҥыга (республикаҕа эмиэ бастакы уоппут) бастакы собону Верхоянскай куорат 320 сылын туолар үбүлүөйүгэр анаан 1958 сыллаахха ыыппыттара мөккүөрэ суох.


Онтон кэлин, 1960 с. ученай ихтиологтар кэлэн собо тарҕанан үөскээн эрэрин, акклимитизацияны үчүгэйдик ааһан эрэллэрин үөрэппиттэр. Учуонайдар (сотрудники лаборатории ихтиологии ЯФ СО АН СССР Ф.Н. Кириллов и А.Г. Немчинов, НИИ озерного и речного рыбного хозяйства Ф.Ф. Иевлев) 1961 сыл сайын 570 собону Нам Лүксүгүнүттэн аҕалан ыыппыттар. Үгүстэр бу 1961 сыллаах ыытыыны сыыһа бастакы аҕалыы курдук өйдүүллэр. Онтон кэлин өссө аҕалан ыыппыт дьон бааллара эмиэ кэрэхсэбиллээх: куорат 325 сылын туолар үбүлүөйүгэр 1963 сыллаахха Татаринов Гаврил Михайлович, зампредседателя райсовета, соболору аҕалан ыыппытын туһунан Ньурбаттан кыыһын Евдокия Юмшанова ахтыыта баар. “Вести Верхоянья”, №100 от 17.09.2013 г.: «По просьбе учительницы Екатерины Потаповой отправляю статью для опубликования о жизни и работе отца в Верхоянском районе, которая затрагивает одну из интересных моментов из жизни отца. В 1963 году отец из Кобяйского района на самолете привез несколько бочек мальков карасей и запустил их в озера Верхоянского района. Чиста природа, система озер способствовали тому, что караси не только выжили, но и расплодились, заселили все озера… А в Верхоянском районе в то время хорошо работал народный контроль и отца вызвали на заседание бюро ОК КПСС, где предложили исключить коммуниста Татаринова за разбазаривание народных денег, “истраченных на перевозку воды в бочках из района в район”. Но оказалось, что во время командировки в Кобяйский район перевозку мальков он оплатил из собственных отпускных денег и показал квитанции в ОК КПСС. Вопрос закрыли, об этом рассказала мне мать за несколько лет до смерти. Верхоянску исполняется 375 лет. Я горжусь своим отцом, его мудростью и умением заглянуть в будущее. Очень рада тому, что именно ему верхоянцы обязаны появлением карасей в северном крае далеко среди верхоянских гор, многие старые люди помнят до сих пор”. Вот такое трогательное письмо, люди пишут исторические факты. Бу да кэнниттэн собону аҕалан ыыппыт, тарҕаппыт энтузиастар элбэхтэр быһыылаах. Сорохтор ыытыллыбыт сылын, дьылын да булкуйаллар. Собону аан бастаан ким аҕалан Дьааҥыга үөскэппитин туһунан мөккүһүүлэр тахсыталыыллар, хаһыаттарга араас ыстатыйар бэчээттэнэллэр, ону барытын итэҕэйэр, ыраас лиискэ уурар сыыһа дии саныыбын. Биһиги билиҥҥи көлүөнэ бу аҕалан үөскэппит дьоҥҥо барыларыгар сүгүрүйүөхпүтүн наада. Дьаҕараап ити 1988 сыллаа5ы Верхоянскай куорат 350 сылын туолар үбүлүөйүгэр анаан суруйбут ахтыы суруга туоһулуурунан собону аан бастаан аҕалтаран ыыппыт дьонунан бу аллараа ааттаммыт үс киһи (Евграф Чириков – сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, Иван Аммосов – колхуос бэрэссэдээтэлэ, Василий Ефимов – колхуос бухгалтера) буолаллара мөккүөрэ суох: “Куорат 350 сыла туолар юбилейынан сибээстээн 1958 сыллаахха куорат таһыгар “Бүгүйэх” диэн күөлгэ оройуоҥҥа аан маҥнай собо балык аҕалан үөскэтиллибитэ. Бу собону аҕалан үөскэтиигэ оччотооҕу Бабушкин аатынан колхоз председателинэн үлэлээбит Иван Иннокентьевич Аммосов, манна маҥнайгы боппуруоһу көтөхпүт, ити бириэмэҕэ колхоз бухгалтерынан үлэлээбит, билигин Боронукка пенсияҕа олорор Ефимов Василий Иванович, мин онно Совет исполкомун председателинэн, партийнай тэрилтэ секретарынан үлэлиирим. Биһиги үһүөн сүбэлэһэн баран, 8500 солкуобайы колхуостан төлөөн туран ити собо аҕалыллан ыытыллыбыта 30 сыл устатыгар, бу собо үөскээн-ууһаан оройуон үгүс нэһилиэктэрин дьонун аһаппыта-сиэппитэ үөрдүбүтэ буолуой. Инникитин кэскилэ кэҥээн иһиэҕэ. Бу собо куорат үбүлүөйүн остуолугар бастыҥ аһынан туруоруллара буолуо. Онон билигин баар киһини, маҥнайгы инициативаны көтөхпүт киһини Ефимовы умнумуохха наада” – диэн. Дьаҕараап ити суругар эппитин курдук, собо барахсан кэскилэ кэҥээн, улууска киэҥник тарҕанан, дьааҥыларга куобаҕы, сылгы этин кытта тэҥҥэ бастыҥ остуолга ууруллар мааны аһынан буолла. Бу ыытыллыбыт соболор, Дьааҥы өрүс халааннаатаҕын ахсын үрэхтэн үрэххэ, күөлтэн күөлгэ түһэн, бэрт тургэнник нэһилиэктэргэ тарҕаммытынан барбыттар. Манна Дьааҥы ландшаба, элбэх күөллээҕэ, үрэхтээҕэ уонна кэлин даҕаны собону бэйэлэрин кыахтарынан, баҕаларынан тарҕатар дьон улахан оруолу оонньообут буолуохтаахтар, итиннэ биһи дьоммут дойдуларын ландшабын барытын билэр буолан, ааҕан-суоттаан, толкуйдаан ыыталлар. Билигин мин саныырбынан, Дьааҥы собото минньигэһинэн, бөдөҥүнэн Кэбээйи, Бүлүү соболорун кытта биир кэккэҕэ турар. Ол аата күөллэрбит собо үөскүүрүгэр бары өттүнэн эппиэттиир буоланнар, билигин Дьааҥы собото бөдөҥүнэн, эмиһинэн аатыран эрэр.

Аҕыйах сыллааҕыта НВК “Саҥа күн” передачатыгар Дьааҥы соботун туһунан биэриитигэр мин Адыаччы “Киһи Күөлүн” соболорун көрдөрбүтүм. Бөтөҥкөстөн аҕыс эрэ км тэйиччи сытар «Киһи Күөлүн”мин бэрткэ билэр сирим, 1975 сыллаахха манна бэһиэ буолан Кучаа Бүөтүр биригээдэтэ оттообуппут, сайыны быһа күн аайы уһаты-туора тыыннан эрдибит аҕай күөлүм. Бу сир хайа баран сиҥниитигэр үөскээбит дириҥ “карстовай күөл”, түгэҕэр элбэх бөдөҥ тиит мастар үөрбэлэнэн тураллар, олорго долгуннаахха көрүмүнэ тыынан элбэхтик ыйанааччыбыт. Ол саҕана барыта бөдөҥ алыһар, сордоҥ балыктаах буолааччы. Собо кэлин үөскээбитэ. НВК –лар биһиэхэ бөдөҥ собо баарын “Кыым“ хаһыаттан истэн кэлбиттэрэ. Саҥа Дьыл кэнниттэн буолан, дойдубут барахсан бөдөҥ собото сиэнэн бүтэн эрдээнэ кэлтэрэ да буоллар, куул аҥаара ордубутуттан тоҕо хаһан, син 2.3 кг ыйааһыннаах, 40 см усталаах собону кэргэним Елена Васильевна киллэрэн, миигиттэн интервью ылар кэмнэригэр, 35 мүнүүтэннэн электродуховкаҕа сап-саһархай, сыата тамалыы сылдьар гына буһара охсон, сиэппиппит, көрдөрбүппүт, боруобалапыппыт, наһаа сөҕөннөр, сөбүлээннэр үлэбитигэр НВК – ҕа коллегаларбытыгар амсатыахпыт, итэҕэтиэхпит диэн ылан барбыттара. Ураты минньигэһиттэн «рецепт и секрет приготовления” ыйыта сатаабыттара. Ону биһиги Дьааҥыбыт сылгытын этэ, куобаҕа, собото барыта оһуобай атын амтаннаах буолар, биричиинэтэ – ураты атын айылҕабытыгар сытар диэбиппит. Ол собо ойоҕоһун уҥуоҕа куобах ойоҕоһун саҕа эбит диэн сыаналаабыттара. Дьааҥыга собону уөскэтээһин уоппутугар олоҕуран, кэлин М.Е. Николаев президенныыр сылларыгар, Саха сирин элбэх улуустарыгар тарҕаппыттара диэбиттэрэ, ол собо атын улуустарга төһө тэнийбитэ, үөскээбитэ, төһө бөдөҥө-эмиһэ буолла…Билигин 2020 сылга олох, наука сайдан, Чернышевскай курдук рыбзаводтар баар буолан, чыыр балык ыаматын мөлүйүөнүнэн устууканы Бүлүү өрүһүгэр ыыттылар, ол үлэ түмүгүн аны уонча сылынан билиэхпит турдаҕа. Оттон Дьааҥыга собону үөскэтии уоппута, үтүө холобур буолан научнай үлэлэргэ, диссертацияларга, историческай кинигэлэргэ куруук сурулла-ахтылла турар даҕаны, инникитин сурулла-ахтылла туруо даҕаны.

Эмиэ бу — 50-с сылларга Дьаҕараап бэрэссэдээтэл оҥотторбут биир сөҕүмэр бырайыагын, модун санаатын, күүстээх дьаһалын туһунан кэрэ кэпсээн, номох оҥостон, норуот киэн туттан, сөҕөн-махтайан ахтыытыгар сылдьар. Арай биир дьыл, кураан сыллар сатыылаабыттарыгар, Дьаҕараап Дьааҥы өрүһүн саамай сүрүн салаатын Дулгалаах үрэҕин курдуу муус-балбаах-таас кумах-тиит мас баайыылаах, поезд тимир рельсата баҕаналаах аарыма муус быһыты оҥотторбут. Дьэ уонна сааскы хаар уонна көмүөл уутун Мачах, Боронук сыһыыларыгар тэптэрэр баламат былааннара «чуут-чуут» туолбатаҕа диэн кэпсээҥҥэ сылдьар. Охторуу, намыһах сирдэринэн ууну тэптэрбиттэр холоонноох.

“Меня уже тогда поразила колоритность ее (про Анну Дмитриевну) облика. У тети Варвары (жена завуча Хрисанфа Софроновича Протопопова) я узнала, что она младшая сестра Евграфа Дмитриевича, приезжавшего не раз к нам в колхоз имени Л.М. Кагановича, в котором председательствовал тогда мой отец Рожин Иннокентий Герасимович, в качестве уполномоченного из райцентра и непременно останавливался у нас. Я робела перед ним, этим дородным, высоким немногословным человеком, который по вечерам долго беседовал с отцом за столом. И я школьница-пятиклассница теперь заметила значительность их облика и рослость” – диэн ахтыбыт, Любовь Иннокентьевна Рожина (СР үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕэриитин туйгуна, Дьааҥы бочуоттаах олохтооҕо). Дьаҕараабы кырдьан да баран сырыттаҕына, Дьокуускай Табаҕатыгар олордооно, хаста да хонуктуу баран, сылдьан кэпсэтэн иһиттэхпинэ-көрдөхпүнэ: сахаҕа тойоннуу киэптээх, маҥнай көрө түстэххэ эппит тылын энчирэппэт сымара таас курдук кытаанах быһыылаах буолан баран, кэпсэтэн киирэн бардахха олус дуоспуруннаах, муударай кэпсээннээх, киһи быһа туспэккэ сэҥээрэн истэр гына сахалыы ыпсаран, ылыннарыылаахтык сэһэргиирэ. Дьоннор, сирдэр ааттарын өйдүүрүн оҕото сыттаҕа, сээркээн сэһэнньит да эбитэ буолуо, ону ол саҕана үһүйээннэри кэпсээ диэн ыйыппыт суох. Миигин геолог киһи эн көрдьөөн булуо этиҥ: «Асхар диэн Мэйии диэкки олорбут улахан баай кистэппит толору көмус манньыаттаах көһуйэлээх кылаатын, Уҥуоргу Сыһыы Кирилэтэ көмтөрбүт икки сүдү улахан уу оҕуһун (мааман) муостарын» — диэн, күлээччи.

Номохтор, үһүйээннэр, остуоруйалар суолталара.

Билигин Мэҥэ Хаҥаласка олорор биир дойдулаахпыт Илья Колосов Дьааҥы үһүйээннэрин балайда билэр киһинэн аатырар, киин хаһыаттарга бэчээттэтэрин дьон бары сэргээн ааҕабыт. Кини убайынаан Артурдуун Кэнкэбэҕэ Баачаан кэргэнин быраатыгар, Дьаҕараабыс Ньукулайдаахха олоро сылдьыбыттар, ол Дьаҕараабыс буоллаҕына аатырбыт сээркээн сэһэнньит киһи эбит диэн сылыктыыбын. Эмиэ кулаахтанан сыылкаҕа баран кэлбит эбит Дьаҕараабыс Ньукулай. Ньукулайдаах бэйэлэрэ оҕолоро суох ыалаттар, иитиэх кыыс оҕолоохтор эбит. Бу кыыһы мин аҕам Сэмэн Куолаһапка сыбааттаан, холбоһоннор Артурдар, Ылдьаалар төрүүллэр. Дьаҕараабыс Ньукулай кинилэргэ эһэлэрэ буолар. Артур Колосов да Дьааҥы сонуннарыгар, кинигэлэргэ элбэх үһүйээни, кэпсээни билэрин суруйан, бэчээттэнэн ааҕааччы болҕомтотун ыла олорор.

«Сурукка киирбит суораллыбат». Ити курдук саха номохторо наар киһиттэн киһиэхэ бэриллэн, сурукка тиһиллэн иһэллэрэ наһаа кэрэхсэбиллээх, суолталаах. Холобур, Верхоянскай куорат сыылкатыгар олорон политссыльнайдар Иван Худяков, Вацлав Серошевскай Дьааҥы остуоруйаларын, олонхолорун, номохторун, абыычайдарын, дьааҥы сахаларын олохторун, таҥастарын, туттар тээбириннэрин ойуулаан, сурукка тиһэн хааллараннар, кинилэр ойуулааһыннарынан саха омук историята, фольклора, традицията, итэҕэлэ, таҥаһа-саба, туттар тээбиринэ, сахалыы уус-уран тыла, номоҕо, үһүйээнэ биһиэхэ бэриллибитэ. Кинилэр суруйан хааллараннар, билигин ити «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» диэн дьааҥылар остуоруйаларыгар олоҕуран суруллубут киинэни көрө олордохпут, «Таал – таал Эмээхсин» диэн Баачааннар остуоруйаларын истэ олордохпут. Ону таһынан, М.Н. Горохова – Муойа, Даарыйа Томская – Чаайка олонхолоро, сүүс сааһыгар чугаһаабытын кэннэ да буоллар, бэйэтигэр олоҥхолотон, сурукка тиһиллэн – «мировой шедевр устного и нематериального культурного наследия человечества», – диэн ааттана сылдьаллара истиэххэ кэрэ, саныахха астык. Дьааҥыга революция саҕана уонна кэнниттэн 68 олоҥхоһут баара биллэр, Даарыйа Томская 27 сааһыгар, 1940 сыллаахха Дьааҥыга бастыҥ олонхону толорооччу аатын ылан баран, 90 – гар диэри улаханнык дьарык оҥостон олоҥхолообокко сырыттаҕа диэтэххэ, бу саха олоҥхоһуттара компьютер курдук ураты памяттаах буолан тахсаллар.

Мин абаҕаларым, Амынньыар Кириил, Нуучча Ньукулай, Киирэп Ыстапаана, Дьаҕараап, эдьиийдэрбит Анна Дмитриевна, Огдооччуйа Горохова (аҕам бииргэ төрөөбүт балта), аҕам буоланнар, бары дааны биһиэхэҕэ, оччотооҕуга оҕолорго, наар былыргыны кэпсии сатыыллар эбит, төрүттэрбит тустарынан. Ону ол орой мэник оҕо сааска, өйдөөн хаалбыппыт аҕыйах да эбит дии саныыбыт. Сороҕун син өйдөөн хааллахпыт. Мин харахпар билигин бу баардыы көстөр ээ: Сайылык сибэккинэн толору симэммит, хойуу да, хойуу ньыгыл күөх оттоох хонуута, абаҕаларым Ыстапаан, Кириил, Ньукулай, саҥаспыт Дьэбдьиэ, эдьиий Аана, убайбыт Ылльыын, аҕам бары мустан, Ыстапаан дьиэтин тэлгэһэтигэр, наһаа учугэй сыттаах түптэ тула олорон, күлэ-сала кэпсэтэ олороллоро. Сайылык олохтоохторо, биир-биир сис туттан баран бары кэлитэлээн, сыыйа-баайа Сайылык дьоно бары мустаннар уһун кыһыннааҕы сонуннарын, уөрүүлэрин үллэстэллэрэ. Бу дьоҥҥо хаһан да кир-хах, албын-көлдьүн, санаарҕабыл-кыһалҕа суоҕун курдук өйдуубун, кэпсэтиилэрэ барыта өрө күүрүүлээх, кулуулээх, эбэтэр дуоспуруннаах буолааччы. Эдьиий Аана, аҕам (отделение управляющайа, сэбиэт этэ) кэллилэр да, киэһээ эбэһээт убаһа идэһэ өлөрүллэн, Сайылык олохтоохторугар, отчуттарга барыларыгар эт, ис түҥэтиллэр эбит диэн өйдуубун, бу былыр былыргаттан дьааҥы сахалара илдьэ кэлбит угэстэрэ, ыраахтан өр буолан баран кэлбит ыалдьыты көрсөр сиэрдэрэ-туомнара буоллаҕа.

Оҕо эрдэхпитинэ, биһиэхэ Бөтөҥкөскө да олордохпутуна эмискэ баайы, уксун туун буолааччы, таптыыр кутуөттэрбит командировкаҕа сылдьаннар, массыынанан айаннаан иһэн киирэн кэлээччилэр: ардыгар Аана кэргэнэ – Сэргэй Хаабыһап, сороҕор Огдооччуйа кэргэнэ Өлөксөй Хоруохап. Дьэ оччоҕо, тургэн улугэрдик оһох тигинэччи оттуллара, бадабаалтан, хоспохтон ас үтүөтэ хостоноро, остуолга дэҥҥэ көстөр кэһии астар – халбаһыы, кэмпиэт, бэрээнньик ууруллан, оҕо аймах бары туран кэлэн, кыраһыын лаампа сырдыгар, сонурҕааһын, көрүү-истии бөҕөтө буола түһээччи. Дьиэ иһэ соһуччу дьолунан-уөрүүнэн туолара. Кэлин өйдөөтөххө, оҕо аймаҕы туораппакка, куруук улахан дьону кытта чугас бииргэ тутан, кэлэр көлуөнэни иитии-такайыы, өбугэлэртэн бэриллибит үтүө үгэстэри тутуһуу майгыта буолар эбит.

 

Аҕам – Христофор Гаврильевич Чириков, аттан түспэт сыыдам сырыылаах салайааччы

Аҕам аҕата Хабырылла кэргэнэ – Горохова Христина Герасимовна, Кэрэ Кириһиэн, «Ойуун Үрэҕиттэн» төрүттээх, Чолбоо Дьарааһын (1872 с.т., булчут) кыыһа. Чолбоо Дьарааһын бииргэ төрөөбүт убайа – Нохоо Ньукулай (Горохов Николай Григорьевич, 1860 – 1920 сс) оҕолорун оҕолорунан элбэх аймахтардаах буолабыт, Бэрхэйээн, Боронук, Остуолба, Саккырыыр диэкки.

Хабырылла Кириһиэнниин үс оҕолоноллор:

1) Чириков Христофор Гаврильевич – таптал аата Чаҥааскы (1920 -91 сс).

Кэргэнэ – Потапова Анна Егоровна (1912 – 1995 сс), Алыһардаахтан төруттээх, ийэтинэн Божедоновтар, Слепцовтар диэн халыҥ аймахтар. Биһигини биэс оҕону улаатыннараллар.

2) Горохова Евдокия Гаврильевна – Огдооччуйа (1920 – 1996 сс.), герой – ийэ.

Кэргэнэ Горохов Алексей Дмитриевич (1917 – 1985 сс.), Остуолбаттан төрүттээх. Боронукка олохсуйаллар. Уон оҕолоноллор. Уон оҕо бары бэйэлэрэ элбэх оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр.

3) Горохов Николай Гаврильевич – Саар Ньукулай (1935 – 1996 сс).

Кэргэнэ Амматтан төрүттээх Артемьева Елена Ивановна. Үс оҕоломмуттар, Элгэскэ олохсуйбуттар. Эдьиийинээн Огдооччуйалыын ийэлэрин Кэрэ Кириһиэни кытта Остуолба диэкки көспүттэр эбит. Онтон ийэлэрэ өлөн Коляны оҕо эрдээнэ эдьиийэ Огдооччуйа көрбүт. Улахан уол Болуодьа Элгэскэ олорор, түөрт оҕолоох. Иккис уол Андрей Үөһээ Бэстээххэ олорор, үс оҕолоох. Кыра кыыстара Мария Баатаҕайга олорор, биир кыыстаах. Саар Ньукулай Адыаччыга аҕам өлбүтүгэр тиһэх суолугар атаарса кэлэн барбыта, онно Адыаччылар наһаа соһуйбуттара, оруобуна дьүһүнүнэн биһи аҕабытыгар маарыҥныыр бырааттааҕын саҥа билэннэр, көрөннөр. Биһиги билбэппит-көрбөппүт элбэх буоллаҕа, былыргы дьон дьылҕатын, олоҕун. Аҕабын тиһэх суолугар атаарарга өлбүгэ убаһатын көрдьөөбүппүт иккис күнүтүгэр булан, “Балаҕаннаахха” үлдьү сүүскэ охсон, үөһүн тардан баран, массыына

 

Мин аҕам, Чириков Христофор Гаврильевич (1920-1991 сс) биэс кылаас уөрэхтээх, салгыы ийэтэ суох хаалан кыайан үөрэммэтэх, Куһуоччук ытыллыбатаҕа буоллар «Христофору үөрэттэриэ эбитэ буолуо» диэччилэр. Аҕата – Баачаан Миитэрэй улахан уола, Хабырылла (1892 – 1939 сс), Адыаччы эбэни тыыннан туораан иһэн, таттаран ууга түһэн өлөр. Өлүөн аҕай иннинэ Хабырылла дьонугар кэпсээбит: «уһаабат киһи буоллум быһыылаах, түһээммин Улахан күөлгэ куһу ытаары кыҥаабытым, тумуһахха сытар «аата ааттаммат кырдьаҕаспыт» араҥаска ууруллан турар дьэс алтан хочулуоҕа буолан хаалла» — диэн. Ол кэмҥэ, Адыаччыга сэбиэттии олорор Дьаҕараап Кэнкэмэҕэ сүүрүүнэн кэлэн, аҕылаабытынан дьиэ оттотугар биирдэ баар буола түспүт, ону ийэтэ Анна Евграфовна эмээхсин: «хайа тукаам, туох буолан сүүрүүнэн сылдьаҕын» — диэбитигэр, «ээ бэйэм, дьиэбэр кэлэ охсоору сүүрэбин, ийээ» — диэбит. Ол буоллаана, Аччыгый Хайа аннынан ааһан истээнэ, ойуун түҥүрүн тыаһа өрө лоһугуруу туспут, сарсыныгар Хабырылла ууга былдьаммыт. Онон, өбүгэбит куһаҕан буолаары гыннаҕына биллэрэ сытар диэн кэпсииллэрэ.

1932 сыллаахха Эҥэ Сайылыгар абаҕабыт Куһуоччук атыыһыт дьиэтигэр Адыаччы нэьилиэгэр бастакы оскуола арыллар. Онно үөрэнэ Кыра Кыыс – Аана (Анна Дмитриевна), аҕам Христофор, абаҕабыт Евграф үөрэнэ киирэллэр. Оҕолор Адыаччыттан, Табалаахтан, Чолбонтон кэлэн үөрэнэллэр, ону таһынан ликбез диэн ааттаан улахан дьону үөрэтэллэр. Табалаахтан сурукка киирбит поэт, ырыаһыт-хоһоонньут Варвара Ээбиристэбэ ахтыытыгар суруйар: «Анна Евграфовна диэн Христофор эбэтигэр Кэнкэбэҕэ бэрт элбэх оҕо буолан олорон үөрэммиппит, олох интиринээт курдук этэ. Чириковтар бары дааны сытыы, мэник, дэгиэ оҕолор этилэр. Үөрэхтэригэр бары үчүгэйдэрэ. Анна Дмитриевнаны убайа Ыстапаан аһатан – таҥыннаран Верхоянскайга салгыы үөрэммитэ, сайдыылаах чулуу учуутал киһи буолбута. Христофор Гаврильевич тулаайах хаалан кыра үөрэхтээх да буоллар, бэйэтин өйүнэн, билиитинэн холкуостарга наар салайар үлэҕэ сылдьыбыта. Табалаах дьоно улаханнык сөбүлээбит, ытыктаабыт киһилэрэ этэ. Боростуой, улаатымсыйбат, ыпсарыылаах, дьаһаллаах салайааччы. Киһини мөҕөн–этэн буруйга–сэмэҕэ тардыбат да буоллар, тылын–өһүн ылыннарар, дьаһалын толорторор буолара. «Табалаах киһитэ – сүөһутэ, сирэ учугэй дойду, сатаннаҕына өссө үлэлии кэлиэм» — диэбитэ да, кыаллыбатаҕа…».

Аҕам саамай таһаарыылаахтык үлэлээбит кэмнэрэ — 1951 сылтан 1959 сылга диэри Табалаах нэһилиэгэр бөдөҥсүйбүт «Саҥа Суол» колхуоһу салайан улаханнык аатырдыбыта, кыаҕырдыбыта диэн ахталлар. Мантан аллараа Табалаах бэтэрээннэрин сөбүлээбит, ытыктаабыт бэрэссэдээтэллэрин туһунан ахтыыларын киллэрэбин (саамай кырдьыктаах, итэҕэтиилээх өйдөбүлү, сыанабылы туора дьон ахтыыта биэрэр диэн саныыбын):

 

Аатырбыт сылгыһыт Прудецкай Афанасий Игнатьевич ахтыыта

«Мин 1934 с 4-с кылааһы бүтэриэхпэр диэри Христофордуун бииргэ үөрэнэммит улахан доҕордуу этибит. Оччолорго да кини наһаа сытыы, мэник, тэбэнэттээх оҕо этэ, уруокка тэһийэн олорбоккобут элбэхтик мөҕүллэр этибит. Үөрэҕэр аһара дьоҕурдаах этэ, мин киниттэн элбэхтик дьиэтээҕи үлэлэри устубут киһибин, кэлин да бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрин умнубат буолара. Табалаахха кэлэн тутуу бөҕөтүн ыыттарбыта, быыс бүтэйдэри, быһыттары сир аайы оҥотторон мэччирэҥ ходуһа сирдэр толору туһалыыр буолбуттара, дьаһал, саҥа–иҥэ сүрдээх киһитэ этэ. Учааскалары барытын тилэри кэрийэр, ат үрдүттэн түспэт сыыдам сырыылаах салайааччы этэ, быстарыыга киирэн эрэр үлэһиттэрин көрө сылдьан этинэн-арыынан көмө оҥорон үөрдэрэ. Кини үлэлиир кэмигэр саһыл ферматын тэриттэрбитэ. Сэргэлээхтэн ыал бөҕөтө көһөн кэлбитин дьиэлээн-уоттаан, тутуу тутан олохсуппута. Оччолорго таба букатын аҕыйаҕа, Сэргэлээхтэргэ эрэ баара, онон кини туруорсан Омолойтон 700-чэ бөдөҥ табаны көһөрөн аҕалан ыстаада тэрийбиттэрэ. Ол кэлин Адыаччы сопхуос табатын төрдө буолбута, муҥутаан 7000 төбөттөн элбэтэ сылдьыбыттара, ону билигин олох эһэн бэрт аҕыйах төбө чааьынайдарга эрэ хаалла быьыылаах. Ити 1950-с сылларга мин табанан ындыы тардыытыгар сылдьан Ойуун Хомотун базатыттан Верхоянскайтан, Затон Янскайтан куруус аҕалар этим. Доҕорум, салайааччым дойдутугар көспүтүн улаханнык суохтаабытым» — диэн ахтыбыт, Охонооһой оҕонньор.

2004 сыл, Табалаах. Холкуоһунай-сопхуоһунай тутуу бэтэрээннэрэ, 1941 с улэлээбит Ефимов Петр Иванович, 1952 с үлэлээбит Ефимова Христина Лукинична ахтыылара: «Чириков Х.Г. 1955 сыллаахха биһиги ыал буоларбытыгар холкуоска бэрэссэдээтэллиирэ. Саҥалаах – иҥэлээх, бэрт дьаһаллаах салайааччы этэ. Кини улэлиир сылларыгар кураан бөҕөтө буолбута. Сир оҥоһуутугар бэрт дьоҕурдааҕа. Элбэх быһыты онорторбута, хоруу, нээкирик бөҕөнү хастарбыта, олор омоонноро билигин да биллэллэр. Илин Сыһыыга Хотоҕор күөлүн сиэннэригэр туттарбыт быһыта билигин да томтор курдук үллэ сытар. Холкуоска сүөһуну элбэтиигэ күүскэ ылсыбыта. Сэргэлээх сиригэр, Хаастаах үрэҕэр «Атылааьап Сайылыга» диэн сиргэ субан сүөһуну, Сэргэлээххэ бэйэтигэр биир үөр 350-ча сылгыны илтэрэн сайылатара, Туостаах үрэҕэр Ньаачыкыга күһүн мэччирэҥҥэ ыытара.

Табаны элбэтэр, мэччирэҥи кэҥэтэр туһугар биир таба ыстаадатын «Хара Салааттан» (Туостаах баһа) «Муолаҕа» көһөртөрбүтэ. Онно ыстаарсайынан Стручков Гаврил Христофорович диэн, кэлин аатырбыт табаһыт буолбут киһи барбыта. Тутуу улэтин күүскэ ыыппыта, кулуубу, саҥа балыыһа дьиэтин, ыстаансыйаны, Көлүйэ учаастагар икки улахан саҥа хотону туттарбыта. Биирдэһэ билигин иччитэх турар, бүүс бүтүн, ол саҕана тигинэччи үлэлээтэхпит дии. Холкуостаахтарга анал биригээдэ тэрийэн көлөһүн күнүгэр элбэх чааьынай дьиэни туттарбыта.

Дьааҥыга аатырбыт уус Слепцов Егор Иванович (Уус Дьүгүөр) Боронукка Бабушкин аатынан холкуоска үлэлии олордоҕуна, холкуос массыынатынан көһөрөн ылбыта. Бэйэтэ тиийэн агитациялаан, Бабушкин сэбиэт бэрэссэдээтэлиттэн, убайыттан Чириков Евграф Дмитриевичтаан кистээн көһөрбүтэ. Партия обкомун оччотооҕу аатырбыт I секретара Борисов Семен Захарович кэлэ сырыттаҕына учаастактары, фермалары кэрийбиттэрин өйдүүбүт. Кини үлэлиир кэмигэр бастакы паровой электростанцияны үлэлэппиттэрэ, ЗИС -5 массыынаны ылбыппыт, суоппар Миитэрэйи үөрэттэрбитэ Эһэ Хайаҕа ыытан. Холкуос тутуутун маһын тиэйиигэ Эһэ Хайа автобазатыттан саас ахсын трактор эттэһэн аҕалан үлэлэтэр этэ».

«Ытык кырдаҕас этэ» диэн ахтар эбит Д.К. Старостин, «Табалаах совхоз директора, 2004 с.

«Мин Чириков Х.Г. оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан көрөрүм. Оскуола таһыгар олорбуттара. Улахан, чуор баҕайы куоластаах, өрө тарааммыт бэскилээх, мааны баҕайы киһини толло көрөрүм. Улаатан, үлэһит киһи буолан баран, 1981 с. «Адыаччы» совхоз Сэргэлээхтээҕи племенной сылгытын үөрүгэр учуот ыыта кинини кытта сылдьыспытым.

Ол сыл Намҥа уонна Уус Алдаҥҥа 15 племенной соноҕоһу атыылаан атаарбыппыт. Ыам ыйа бүтүөр диэри сылдьыбыппыт. Онно үтүөлээх зоотехник Аммосов Гавриил Алексеевич, зоотехник Ульяна Яковлева, ветфельдшер Татьяна Сметанина уонна мин учуот ыыппыппыт. Киэһэ ахсын Христофор Гаврильевич кэпсээнинэн, дьээбэтинэн сааранарбыт. Кырдьаҕас да киьи буоллар, ыстаарсай табунщигынан үлэлии сылдьара. Дьаһала, сүбэтэ-амата, ыйара-кэрдэрэ лоп-бааччы чуолкай буолааччы. Урут уһун кэмҥэ холкуостар, сэбиэт бэрэссэдээтэллэринэн, отделение управляющайынан үлэлээбитэ биллэрэ. Дьону кытта кэпсэтэрэ, дьаһайара, сүбэлиирэ астык, өйдөнүмтүө буолара».

 

«ҮТҮӨ КИҺИ ӨСПӨТ ӨЙДӨБҮЛЛЭЭХ», – диэн Дьааҥыттан аатырбыт суруйааччыбыт, СР государственнай бириэмийэтин лауреата буолбут, биллиилээх спортивнай журналист Степан Иннокентьевич Юмшанов ахтыыта

«50-с сыллар саҕаланыыларыгар төрөөбүт Сэргэлээхпиттэн Табалаахха көһөн кэлэн, эбэбит кэҥэс балаҕаныгар олохсуйбуппут. Арыый улаатан оскуолаҕа киирэн, төһө даҕаны оройбунан көрбүтүм уурайбатаҕын иннигэр, холкуоспут бэрэссэдээтэлэ Христофор Гаврильевич Чириков диэн киһи буоларын син өйдөөн-дьүүллээн хаалбыппын. Христофор Гаврильевич күллэ5инэ-үөрдэҕинэ сирэйин-хараҕын кистии туттубакка, төбөтун үөһээ туттан ис-иһиттэн сырдаан олорорун өйдүүбүн. Төһө даҕаны тоҥ нууччалыы көстүүтэ суоҕун иннигэр, кини дьүһүнүгэр-бодотугар атын омук хаана баара биллэрэ. Олус ыраастык-чэбэрдик тутта сылдьар киһи быһыылааҕа. Арай ол кэмнээ5и оҕо сааспар дойдубар буолбут улахан уларыйыылар, биллэн турар, кини аатын кытта быһаччы ситимнээхтэрин билигин эрэ өйдүүр кыахтаахпын. Биһигиттэн чугас Сайылык улахан күөлун арҕаа иэдэһигэр «Таала» диэн кыстыыр ферма баара. Онно биир сайын элбэх киһи мустан улахан ферма хотонун туппуттара. Хотону автопоилкалаан, ортотунан рельса тэлгэтэн, тимир көлүөһэлээх чох таһар тэлиэскэлэри аҕалан, ынах сааҕын таһаарар, от киллэрэр этилэр. Сайын ферма сайылыкка көспүтүн кэннэ, биһиги оҕолор ол тэлиэскэлэргэ олорон хатааһылыы оонньуур этибит. Учаастакка дизельнай электростанция, эргиэн ларега баар буолбуттара. Билигин ол сир өтөх буолан турарын көрдөхпүнэ, кэхтии илэ көстүүтүн курдук санаан ылабын. Кини үлэлиир кэмигэр Табалаахха аан бастаан локомотив аҕалан электричество диэн тугун билбиппит. Радио саҥатын дьиэ аайы истэн сөҕөн-махтайан хаалбыппыт. «Север» диэн суруктаах репродуктор ыал аайы тиийбэккэ, чугастааҕы ыалларбыт киэһэ биһиэхэ радио истэ киирэллэрэ. Слепцов Миитэрэй – Суоппар Миитэрэйи Эһэ Хайаҕа үөрэххэ ыытан аан бастаан холкуос массыыналаммыта эмиэ умнуллубат түгэн этэ. Биирдэ, хайа тухары сыарҕанан олорон кыаныахпытый диэн, аҕабын Эһэ Хайаҕа таһаҕас ыллара ыыппыта. Толору таһаҕастаах икки Татра массыына кэлбиттэрэ. Массыыналар кэлиэхтэрин иннинэ, оскуолабыт директора Павел Кириллович Чириков, барыбытын стройдатан, массыынаттан сэрэхтээх буолар туһунан кэпсээбитэ: массыына иннигэр 200 м чугаһынан туоруо суохтаахпыт, кэнниттэн 50 м сылдьыахтаахпыт туһунан эппитэ. Ону истиэхпит баара дуо, массыыналар кэлээттэрин кытта кэннилэригэр ыйаастыбытынан барбыппыт. 1957 с аан бастаан хайыһардаах самолет кэлэн күөл мууһугар түспүтэ, кинилэр кыыстарын улаханнык ыалдьыбытыгар ыла кэлбитэ, ол кыыс өлбүтэ. Онтон ыла бөһүөлэк таһыгар самолет түһэр площадкатын оҥороору бүтүн нэһилиэгинэн тахсан, хас да сайын субуотунньуктаабыппыт. Онно Христофор Гаврильевич дьону кытта тэҥҥэ күрдьэҕинэн буору наһыылкаҕа кута турарын өйдүүбүн. Баатаҕайтан саас аайы тыраахтар кэлэн тутуу маһын тиэйэн биэрэрэ. Сотору Верхоянскайтан Уус Дьөгүөрдээх көһөн кэлэн, пилорама туруоран, илиинэн үөһээ-аллара тардан хаптаһыны эрбиир ыар үлэттэн босхолообута. Ити курдук нэһилиэк олоҕор ураты суолталаах бары сүҥкэн уларыйыылар Христофор Гаврильевич холкуоһу салайар кэмигэр ыытыллыбыттара. Кинини холкуос бэрэссэдээтэлиттэн ууратыылара туспа остуоруйалаах этэ диэн аҕам кэпсиирэ. Биэс уонус сыллар бутуулэригэр холкуостары бөдөҥсүтүү, сопхуостааһын политиката ыытыллыбыта. Табалаах бастын холкуос буолан, оччотооҕу обком бастакы сэкиритээрэ Семен Захарович Борисов илэ бэйэтинэн Табалаахха атынан айаннаан кэлэн хаһаайыстыбаны көрөр-истэр, бөдөҥсүтүү уопсай мунньаҕын ыытар. Оччотооҕу сайдыы таһымынан, бу олус киэҥ сиринэн тайаан сытар сири, Адыаччыны кытта биир холкуос оҥоруу угус ыарахаттардаах буолуоҕун быһааран, олох чахчыларын дакаастаан Христофор Гаврильевич холбоһууну утаран тыл эппит. Ону быраата, оскуола директора П.К. Чириков өйөөбүт. Мин аҕам матыаҕа дуо, хонуу биригэдьиирэ эмиэ кыттыспыт. Элбэх киһи утарбыт. Сотору холкуос бэрэссэдээтэлэ уонна оскуола директора үлэлэриттэн босхоломмуттара. Саҥа уларыйыылар саҕаламмыттара, салалтаҕа эдэр дьон кэлбиттэрэ. Христофор Гаврильевичтаах дойдуларыгар Адыаччыга көспүттэрэ. Аҕам куруук кинини холобур оҥостон, кэлин элбэхтик ахтара. Ордук кэлин, сопхуос буолбутун кэннэ салайыы сыыһатын элбэхтик кириитикэлээн, салалтаны кытта тапсыбат буолбута. Барыта үлүннэрии, оту үрдэтэн тутуу, баайга-дуолга дьалаҕайдык сыһыаннаһыы, государство моонньугар сигэнии күүһүрбүтүттэн муҥатыйара, хараастара…Хас биирдии үлэ күнүн сыанатын учугэйдик өйдүү үөрэммит киһиэхэ, саҥа уларыйыылар өйүгэр-санаатыгар баппат быһыылаахтара. Кэлин Х.Г. Чириков дойдутугар тиийэн маҥнай биригэдьииринэн, онтон сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, отделение управляющайынан син биир ситиһиилээхтик үлэлээбитэ дииллэрэ. Кини салайар кэмигэр Кировскай отделение Бүтүн Союзтааҕы социалистическай күрэххэ бастакы миэстэҕэ тиксэн көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамянан наҕараадаламмыта. Кини Табалаахха уонча сыл үлэлээбит кэрдиис кэмиттэн үйэ аҥаара аастаҕа. Ол эрээри, Христофор Гаврильевич Чириковы — БҮГҮҤҤҮ КҮН ДЬИҤНЭЭХ САЛАЙААЧЧЫТА КИНИ ОЛОРОН ААСПЫТ ЭБИТ ДИЭММИН – ырыҥалыы саныыбын» (Степан Юмшанов, 2004 сыл).

 

Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Иннокентий Дмитриевич Прудецкай (1935 с.т.) ахтыыта, 2019 сыл

« Кини үлэлиир кэмигэр «Саҥа Суол» колхуос миллионер аатын сүкпүтэ. Колхуос сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыта. Красноярскайтан тиийэн хара саһыл аҕалтарбыта. Армияттан кэлэ сылдьар киһини, икки хонооппун кытта, тылыгар киллэрэн, ыстаадаҕа таба ааҕыытыгар ыыппыта. Онно эбит этэ чуолкай ааҕыы диэн: ааҕыллыбыт табаны ойоҕоһун бэлиэтээн иһэллэр, ол иһин таба хат-хат кыайан ааҕыллыбат. Аҕыйах таба суох буоллаҕына, булан аҕалаллар да аҕалаллар этэ. Ыстаадаттан кэлээппин кытта, күһүн Баатаҕайга мас кэрдиитигэр нууччалыы билэр киһи диэн эрэнэн, биригэдьииринэн ыыппыта. Ол саҕана таас чох кэлбэт буолан, барыта маһынан оһохторун оттуналлара. Ол маспытын туттаран, колхуоска үп-харчы киллэринэллэрэ. Ону биһиэхэ көлөһүн кунунэн төлүүллэрэ. Иккис сылбытыгар Адыаччыттан уон буолан үлэлээбиппит. Кыһын ортото бу үлэбитин председательбит Чириков баран көрөн истэн кэлэрэ. Күһүн тоҥот кэмигэр сүүһүнэн сүөһү үүрүүтэ баар этэ, ыарахан үлэ. Мээтистэн Сэргэлээххэ кыстата илдьэрбит. Христофор Гаврильевиһы быстах кэмҥэ управляющайынан солбуйан үлэлии сылдьыбытым. Миигин Адыаччыга ыҥыран көмөлөһөөччү биригэдьииринэн ылбыта, 3-4 ый үлэлээбитим. Экономист-нормировщик диэҥҥэ көһөрбүттэрэ. Ол сааһыгар Иван Ивановиһы Адыаччыга кылаабынайынан ылбыттара, мин Табалаахха бухгалтерынан кэлбитим. Оройуоҥҥа мунньахтарга атынан барыталыыра, ол сылдьан тэрилтэлэринэн туох баар наадаларын ситиһиилээхтик кэпсэтэн, дьаһанан кэлэрэ. Саамай бастакы улахан типовой хотону Христофор Гаврильевич Хоту Таала учаастагар туттарбыта. Оччолорго маннык улахан типовой хотон ханна да суоҕа, автопоилкалаах, рельсалаах. Күкүүр кэннинэн оту тарҕаталлара, муннуларын анныгар уулара бастайааннай турар, саахтарын харыытаҕа түһэрэн, онтон сыарҕалаах оҕуһунан сылдьан хомуйан таьаараллара. Оннук хотону кэнники Мээтискэ туттарбыта. Билигин оннук хотоннору телевизорга эрэ көрөбүн. Оччолорго бу улахан ситиһии дии саныыбын. Балары таһынан улахан сибиинньэ хотонун туттаран онно төһө эмэ сибиинньэ туруоран икки эрэ үлэһити тутан, дохуот бөҕөтүн киллэртэрэрэ. Бу үлэлэри барытын кини кэлэр өттүгэр колхуос сайдыытыгар, колхуостаахтар олохторо тупсарыгар туһалаах буолуохтааҕын толкуйдаан, ырыҥалаан тэрийэр эбит. Колхуостаахтар олохторо, культуура өттүнэн сайдарыгар кулууп дьиэ туттарбыта билигин да үлэлии турар. Христофор Гаврильевич барыаҕын олох баҕарбатаҕа. Адыаччыга биригэдьииринэн анаммыта, онтон сопхуос тэриллэн управляющай буолта. Бэйэтин кыаҕынан отделение управляющайынан, сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит этэ. Адыаччыга көһөн баран, Табалааҕын наһаа ахтара. Тиийэ сырыттахпына дьон-сэргэ хайдах олорорун, ынах сүөһү, сылгы, таба, саһыл туруктарын, от-мас төһө баарын ыйыталаһара. Табалаах киһитэ буолуохтаах этим диэн, Табалааҕын наһаа күндүтүк саныыра, ахтара. Киһи быһыытынан куруук күлэ-үөрэ, кэпсэтэ-ипсэтэ, кэрэ сэбэрэтин ыһыктыбакка, санаатын күүһүн сүтэрбэккэ сылдьара. Киһиэхэ тылын ылыннарымтыа, туохха барытыгар көнөтүнэн сылдьара. Үөрэхтээҕэ буоллар улахан салайааччы буолар киһи хаалбыта диэн томоһордуубун» (Прудецкай И.Н., 2019 с).

 

«Христофор Гаврильевиһы кэлиилээх-барыылаах сырыылаах киһи диэччилэр. Манна оҕонньорбор сылдьааччы, онно эрэ көрөрүм. Отчуттарынан, сүөһү фермаларынан, учаастактарынан бииргэ сылдьыбыттара. Үлэ хаалар диэн дьиэҕэ-уокка көмөлөһүү диэн суох, тура үлэ дьоно буоллаҕа. Миллионер колхуос оҥорбуттара. Оҕонньорум сүөһү биригэдьииринэн өр кэм улэлээн, өлүөҕэр диэри ааҕара ынах сүөһүнү хаска диэри тиэрдибитин. Хаардааҕынан (940-950) буолта диирэ. Сылгылара 1050 төбөҕө тиийбитэ үһү», – диэн ахтар үлэ, тыыл бэтэрээнэ Горохова Ульяна Васильевна (1931 с.т.).

 

«Чириков Христофор Гаврильевич үчүгэй үлэһит киһи этэ. Үлэтин барытын инники өттүгэр туох туһалааҕын толкуйдаан, көрөн кичэллээхтик оҥоттороро. Ол курдук Үөһээ Баҕалаа5ынан Сатаҕайга тиийэр гына, Таала үрдүнэн күрүө тутуутун саҥалыы туттараары аҕабын мас, сиэрдийэ кэттэрбитэ. Хаппытын кэннэ иккис сайыныгар туттарар былааннааҕа. Ону үлэтиттэн уурайан, барарга күһэллэн, ол былаана тохтубута. Саҥа управляющай кэлэн уокка оттор маска тиэттэрбитэ. Чыырахап дьаһалы мөҕө-этэ барбакка, дьаһалы дьаһал курдук дьаһайааччы. Аҕам табаарыһа этэ. Баҕалаахха хонон барааччы. Кэргэним Кириһиэн кинилэргэ оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, олорон оҕоһуттаабыта. Правление мунньаҕар сылгыһыттары ыҥыртаан, төһө убаһа кыстыырын, ханнык сирдэринэн аһаталларын, мэччитэллэрин, хастаралларын кэпсэтэннэр, кэнкириэтинэ дьаһал биэрэрэ. Баргы үксүгэр тарыҥ буолан, сылгы аһылыга тоҥон хаалара. Биирдэ Адыаччыттан Кулумтааннар субан сүөһүнэн кэлэн кыстаабыттара. Улахан курааҥҥа Барыласка тиийэн оттууллара. Онно Балбаара, Барыскыа бара сылдьыбыттарын өйдүүбүн, онно мин 12 саастааҕым. Христофор Гаврильевич күлэн-салан оонньуулаах киһи буолааччы. Уопсайынан, дьоҥҥо үчүгэй майгылаах, киһи үтүөтэ киһи этэ», – диэн ахтар Табалаах ытык кырдьаҕаһа Петр Иванович Ефимов (1925 с.т.).

 

Үлэ бэтэрээнэ Потапова Анна Яковлевна (1934 с.т.) кэпсиир

Чириков Христофор Гаврильевич бэрэссэдээтэллиирин саҕана мин Араҥастаахха ыанньыксытынан үлэлиир кэмим этэ. Сотору-сотору мунньахтыы тиийэрэ. Кыһыҥҥы кэмҥэ таба сыарҕатынан, сайынын ыҥыыр атынан кэлэрэ-барара. Ол кэлэн үлэ-хамнас, ынах, сылгы, таба, саһыл туруктарын, төрөөһүннэрин туһунан кэпсиирэ. Төһө тутуу тутуллубутун, ханнык үлэлэр өссө эбии ыытыллыахтаахтарын, инники былааннары билиһиннэрэрэ. Бөһүөлэккэ уонна Мээтискэ икки улахан кыстыыр хотоннору туттарбыта. Бөһүөлэк хотонун маһын Эверстова Варвара Иннокентьевна уонна эдьиийим Бокуоп Өкүүчэтэ буоланнар оҕуһунан тиэйтэрэ. Үлэ бөҕөтун үлэлэтэрэ да, үлэлиирэ даҕаны. Былыргы тойон хотоҥҥо сылдьыбакка, көрбөккө буолбат этэ. Эгэйтэн ууну Хоту Таалаҕа тиэйэн сүөһулэрбитин уулатарбыт. Үлэбит быыһыгар хараҥаннан сискэ тахсан мас кэрдинэн, тиэнэн, мас мастаан, буруо таһаарынан олорорбут. Чыырахап үлэлиирин саҕана сайынын Баргыга дьон чулууларын ыытан оттоторо уонна хотон оҥотторон, онно сүөһуну үрдүттэн туруоран кыстаталлара. Кэлин өссө сылгыны хастарар, аһатар буолтара. Чыырахабы барарыгар атааралларыгар, бөһүөлэк киһитэ бары мустан, дьон бөҕө сайыспыта».

 

«Чириков Христофор Гаврильевиһы наһаа үчүгэйдик чугастык билбэппин буолан баран, оҕонньорбун Баһылайы кытта үлэлии сылдьыбытынан билэбин. Үлэ бөҕөтүн үлэлииллэрэ. Дьиэҕэ аҕыйахтык көстөллөрө. Мин библиотекаҕа үлэлиир кэммэр кулуупка мунньах бөҕө буолара, хастыы эмит күнү быһа буолара. Кубуорум туолбатаҕына, дьону ыҥыттараллара. Мунньах ортотугар чэй киллэттэрэн иһэллэрэ. Онон сотору-сотору чэй оргутар түбүгэр түһээччибин” – диэн ахтар билигин 85 саастаах үлэ бэтэрээнэ Люция Михайловна Романова.

 

Табалаахтан ветераннар «Илгэ» түмсүүлэрин салайааччыта, Борисова Светлана Христофоровна

архивтан хомуйуутунан “Саҥа Суол” холкуос 1958 сыллааҕы аҥаардас тутууга үлэтин түмүгүн көрүөҕүҥ… Толорулунна:

  • Олорор дьиэ тутуута – 11
  • Участковай больница тутуута – 1
  • Типовой хотону ситэрии – 1
  • Боростуой хотон тутуута – 1
  • Кирпииччэ үктээһинэ – 30 тыһ.устуука
  • Плиталааһын – 4 ыал

— Олбуордааһын – 6 ыал.

Сельскай кулууп тупсаран оҥоһулунна. Манна 10000 солк. үбү биэрдибит. Сэттэ кылаастаах оскуоланы ремоннаан оҥорууга к/к ороскуоттанна. Электростанцияны кэҥэтэн оҥоһулунна. Колхуос барыстаах уонна табыгастаах салаатыттан саһылы иитиититтэн ылбыт дохуота – 153251 солк»…

Бу аҕыйах суруктаах отчуот көрдөрөр сыыппараларыгар хайдахтаах элбэх үлэ ыытыллыбыта таайыллар эрэ. Өйдүүр киһи — син өйдүүр. Ол гынан баран — аныгы киһи өйүгэр баппат элбэх үлэ. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ биир эмэ типовой хотон тутулуннаҕына телевидение, миниистирдэр, депутаттар син бары үтүөлээх-өҥөлөөх буолан, сууласпытынан тиийэллэр, телевидение, интернет, СМИ нөҥүө информация, реклама бөҕөтө барар. Ол сөп дааны курдук, ханнык баҕарар тутуу элбэх сыранан, баһаам киһи кыттыылаах тутуллар. 1958 сыллаахха икки хотон, балыыһа дьиэтэ (билигин да ону салҕааннар, балыыһа ол зданиеҕа үлэлии олорор), 11 олорор дьиэ туталлар, ону таһынан кулууп, оскуола, ыстаансыйа хапытаалынай өрөмүөннэрэ ыытыллаллар. Сөҕүмэр элбэх үлэни оҥороллор эбит оччотооҕу холкуостар. Аатырдар сопхуостарын саҕана тыа дьоно колхуостар туппут дьиэлэригэр олорбуттара, билиҥээҥҥэ диэри олороллор. Сопхуостар саҕана аҕыйах түөртүү кыбартыыралаах типовой наһаа кыараҕас икки хостоох, кирпииччэ оһохтоох дьиэлэр тутуллубуттара, ол да дьиэлэр сулууспалаахтарга, учууталларга үксүн бэриллээччи. Сопхуостаахтарга анаан олорор дьиэ тутуута ыытыллыбатаҕа. Оттон колхуостар бэйэлэрин дохуоттарынан сылга уон биирдии дьиэни туталлара, өссө төгүл этэбин – сөҕүмэр. Ити аҥаардас Табалаахха 1951-59 сылларга элбэх дьиэ тутуллубут буолуохтаах, Сэргэлээхтэн “Сырдатыы” колхуос 165 киһилээх көһөн кэллэҕэ. Миэхэҕэ, В.А. Штыров 2008 сыллаахха Баатаҕайга кэлэ сылдьан эппитэ, өйбөр хаалан хаалбыт: “самыми эффективными, высокопроизводительными хозяйствами были – колхозы, мы должны их возродить” – диэн турар, бу адмирал уола, промышленноска үлэлээбит киһи. Биһиги буоллаҕына бэлиэр умуннубут колхуостар үлэлэрин, ситиһиилэрин. Сэрии сылларыгар, сэрии кэнниттэн кинилэр оҥорбуттарын — биһиги билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ олорон, хайдах да сиппэт эбиппит. Сопхуостар да саҕана, үлэ геройдара бөҕө тахсыбыттара, ол быыһыгар кыра-хара үлэһит дьон күлүккэ сылдьыбыттара эмиэ баара. Сопхуостар наһаа элбэх бородууксуйаны: эти, буотараҕы, үүтү, сүөгэйи, арыыны оҥороллор этэ буолан баран, тыа дьонугар ити бородууксуйа бэйэлэригэр атыыламматын тэҥэ этэ, барытын мясомолпром нөҥүө тиэйэн барааччылар. Ол оннугар промышленнай бөһүөлэктэргэ, куораттарга эт, халбаһыы, арыы, үүт ас маҕаһыыннарга толору буолааччы. Оттон промтовар, миэбэл, телевизор, холодильник “разнарядканан” эрэ атыыланар диэн буолааччы, ол аата «по блату» эрэ тиксээччигин. Бастыҥнарга, передовиктарга “фонда” диэн “аптаах”, дьоллоох тылынан мотоцикл, мотуор, миэбэл бириэмийэ бэйэҥ харчыгар атыылаһарга бэриллээччи. Мин аҕам Адыаччыга управляющайдыы олорон Кировскай отделениета бүтүн союзтааҕы социалистическай күрэххэ бастаан, көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны ыларыгар, Урал мотоцикл фондатыгар тиксибитэ. Ол улахан үөрүү буоллаҕа.

Бары коммунизмҥа тиийдэхпитинэ «каждый по способностям, каждому по потребностям» олоруохпут диэн эрэнэр этибит. 1920-30 –с сылларга Баачаан, Куһуоччук сүөһүлэрэ, сылгылара бастаан колхуоска (1930-1961сс) «добровольно-принудительном порядке» холбоноллор, онтон Н.С. Хрущев политикатынан сопхуостар диэн тэриллэннэр (1961-1991 сс) государственнай собственность буолан хаалаллар.

Онтон 1991 сыл кэнниттэн туох буолбутун бары бэрткэ билэҕит, ынах сүөһү-сылгы эстэргэ барбыта, тобоҕо приватизацияламмыта. Өбүгэлэрбит үйэттэн үйэлэргэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн, күүрээннээх үлэ өрө оргуйан, тигинии-таҕыныы олорбут түөлбэлэрэ Эҥэ Сайылыга, Кэнкэбэ, Уҥуоргу Сыһыы иччитэхсийбиттэрэ, тулаайахсыйбыттара. Ону, хойутаан да буоллар өйдөөммүн, бу өбүгэлэрим түөлбэлэригэр сылгы ииттэн, өбүгэлэрбит олорбут, үлэлээбит сирдэрин тилиннэрэр, кинилэр ааттарын ааттатар баҕа санаалаах саҕалаабытым. 2003 сыллаахха, соҕотоҕун былыргы көлүөнэттэн ордон, өбүгэ ситимин, култууратын, итэҕэлин, үгэһин биһиэхэ тириэрдибит киһибит, Анна Дмитриевна Чирикова, 80 сааһын бэлиэтээбиппит. Бу Верхоянскай куоракка буолбут улахан тэрээһин үгэнигэр, саамай ытыктыыр эдьиийбэр тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн (кэргэним Елена Васильевна Дьокуускайтан анаан ыыппыта) кытта тыыннаах сылгы сертификатын туттаран, Баачааннар түөлбэлээн олорбут Кэнкэбэлэригэр, кинилэр ааттарын үйэтитээри сылгы ииттэр санаалаахпын этэн туран, сылгым хаһаайыстыбатын “Баачаан” диэн ааттаары гынарбын, көҥүллүүрүгэр көрдөспүппүн, эдьиийим барахсан хараҕыттан уу баста долгуйан туран алгыһын, кэс тылын эппитэ. Саха саныырынан, саха итэҕэлинэн өбүгэ аатын мээнэ туттубаттар, туттар да буоллаххына туһунан сиэрдээх-туомнаах, өлбүгэлээх буолар эбит этэ. Ол күһүн, Бокуруоп саҕана, сэттэ икки саастаах тыйдар муус уйубуна ууга түстүлэр диэтилэр, ону мин аҕыс буолбатах дуо диэбитим, кырдьык аҕыс буолбута. Санаабар, Баачаан аҕыс уоллаах этэ, олор мииннэр миҥэлэрэ диэн толук ылтара диэн өйдөбүллээхпин. Былыргы баайдар, сылгыларын үөһээ айыыларга толук биэрэн, үөһээ кыйдыыр сиэр-туом толороллоро үһү, сылгыны элбэхтик үөскэтээри. Биһиги оннук сиэри-туому сатаабат буоллахпыт, ол да иһин сүөһүнү, сылгыны орто кэрдии эһэ һыыстыбыт быһыылаах.

 

Адыаччы нэһилиэгин кырдьаҕас олохтоохторо, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһиттэрэ, Дьааҥы оройуонун бочуоттаах олохтоохторо Слепцов Николай Захарович (сэбиэт), Потапов Василий Васильевич (сорсуннаах булчут, от охсуутугар республика чемпиона, бары үлэтигэр передовик, киһи киэнэ кэрэмэһэ, кэпсээнньит бастыҥа, өй хаата киһи) ахтыыларыттан:

«Сэрии бутэһик сылларыттан саҕалаан Киирэп колхуоһу олус бэрткэ салайан, Адыаччыга Иннокентий Бурцевка солбуйааччынан үлэлээн, сэбиэткэ бэрэссэдээтэллээн, салайар үлэҕэ балайда уоппутуран, оройуон саамай улахан нэһилиэгэр, Табалаахха, эмиэ бөдөҥсүйбүт колхуоска быыбарданан, тоҕус сыл устата үлэлээн колхуоһун, нэһилиэгин улаханнык аатырдыбыта. 1961 с сопхуос буолуутугар кыаҕырбыт хаһаайыстыба буолан тиийбитэ. Христофор Гаврильевич төрөөбүт нэһилиэгэр төннөн кэлэн баран, бастаан сүөһү иитиитин биригэдьииринэн, онтон сопхуоска Кировскай отделение управляющайынан, нэһилиэк сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, сааһыран пенсияҕа тахсан баран сопхуоска үүт тутар пуун, ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 80-с сылларга «Адыаччы» сопхуос Сэргэлээхтээ5и племенной үөругэр салайааччынан сылдьыбыта. Эдэр эрдэҕинэ Христофор Гаврильевич ат көлөну олус сөбүлүүрэ. Киров колхуос бэрэссэдээтэлинэн уонна Адыаччыга, Табалаахха үлэлиир сылларыгар Гатилов элэмэһэ «Чуоҕурка» диэн сэлиик сүүрүк атынан Табалаахтан Верхоянскай куоракка 22-24 көстөөх сирдэри биир күнүнэн сылдьар идэлээҕэ. Кини аттарын кытта атын аттар кыайан тэҥҥэ айаннаабат этилэр диэн кырдьаҕастар кэпсииллэр. Биһиэхэ Христофор Гаврильевич үлэ быыһыгар, сынньалаҥ бириэмэҕэ кэпсэтии, санаа атастаһыыта буоллаҕына олус киһини күллэрэрэ. Сороҕор сүрдээх дьээбэни-көрү дьэ сатаан кэпсээччи, нэһилиэгэр бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьонун туохха дьоҕурдаахтарын, хайдах майгылаахтарын үчүгэйдик билэрэ. Республика салайааччыларыттан, кэлин Совмин солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Степан Николаевич Платоновтыын Табалаахха үлэлии сылдьан Дьокуускай куоракка курска бииргэ үөрэммитин, киһи быһыытынан сөбүлээбитин истиҥник этэн аһарара.

Кэлин 1970-с сылларга Степан Николаевич командировка5а кэлэ сылдьан, наһаа да үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Оройуон салайааччыларыттан ССКП райкомун бастакы сэкиритээрэ Ивасих Павел Павлович, райсовет бэрэссэдээтэлэ Гуляев Петр Хритофорович, Фролов Петр Михайлович, бииргэ үлэлээбит дьонноруттан сопхуос директора Пермяков Василий Михайлович уо.д.а. тустарынан олус үчүгэй өйдөбүллээҕэ, үгүстүк бу дьону ахтара. Билигин Христофор Гаврильевич оҕолоро: Тамара, Дария, Болуодьа, Сэмэн, Гириисэ, аҕаларын курдук үлэһит, чиэһинэй, киһи туһугар мэлдьи болҕомтолоох дьон буолан, кэлин да бэйэлэрин ааттатар дьон буолалларыгар, кинилэргэ дьоллоох-соргулаах олоҕу баҕара хаалабыт. (Слепцов Н.З. – Адыаччы сельсоветын бэрэссэдээтэлэ, Потапов В.В. – үлэ ветерана, Кыһыл Знамя уонна Бочуот Знага орден кавалера, 2004 сыл, Бөтөҥкөс бөһ.).

 

«Биир дойдулаахпыт сырдык кэриэһигэр»  диэн Россия үөрэҕэриитин туйгуна, СР үтүөлээх учуутала, учууталлар учууталлара, СР үөрэҕэриитин бочуоттаах үлэһитэ, Мария Дмитриевна Гатилова ахтыыта, 2004 сыл

“Христофор эдэриттэн дьээбэлээх-күлүүлээх уол эбит. Ол саҕана Адыаччынан маһынан оттуллар борохуоттар ас-таҥас, туттар тэрил тиэнэн Бөтөҥкөскө, Ойун Хомотугар факторияҕа ааһаллара. Аара саһаан, ыһык ылаары Эҥэ Сайылыгын биэрэгэр эбэһээт тохтоон бараллара. Олохтоохтор борохуоттарга сүөгэйдэрин, үүттэрин, арыыларын киллэрэн чэйгэ, табахха, таҥаска-сапка атастаһаллара. Аны хаһан кэлиэхтэрин болдьоһон, ол күннэригэр сүөгэйдэрин бэлэмнииллэрэ. Ону билэ сылдьан, Христофор дьээбэтэ тэһэ кэйэн, эмээхситтэри албыннаан аймаабыт. Биир сылаас ылааҥы күн, сайын ортото үһү, түөртүүр ыам кэнниттэн, дьиэтин ойуурун быһа түһэн, “Улахан Сыһыы” киэҥ хордолугар киирэн, эргэ саа көҥдөй сүнньүн үөһээ тутан баран (үүт үкчү пионер горнатын курдук), күүскэ баҕайытык хаста да төхтөрүйэн үрэн доргуппут. Хата онто оруобуна борохуот уһуутуурун курдук буолбут. Дьэ ону истэн дьон бары хоспоххо түһэн ыһыктарын харбаат, борокуокка тэбиммиттэр. Тиийбиттэрэ борокуоттара хантан кэлиэй, дьүһүн-бодо буолан төннүбүттэр.Ол сүөгэйдэрин ханна гыныахтарай сиэтэхтэрэ дии, Христофор ону күлэ-үөрэ дьэ сиэтэҕэ дии. Христофор Гаврильевич киһиэхэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһара, киһититтэн көрбөтө – араарбата. Мин 50-с сылларга кыайан үөрэнэ барбатаҕым. Оҕолортон хаалан, 7-кэ үөрэниэхтээх киһи Айаан ферматыгар эдьиийдэрим көмөлөрүнэн балбаах, уу тиэйэн кыстаабытым. Биир сааскы ылааҥы күн оҕуспун миинэн, сыарҕабар уу тиэйэр иччитэх буочука тиэйиилээх, тигинээн-таҥкынаан үрэхтэн уу баһа баран иһэн, “Дьыбардаахха” Христофор Гаврильевыһы көрсө түстүм. Кини Эҥэ Сайылыгыттан аллаах атара сэлиик атынан өрө тэптэрэн аххан иһэр эбит. Атын хантаччы тардан, тоҥуу хаарга тохтотон, кэпсэттэ. Онно эппит тылларын күн бүгүн да, бу баардыы өйдүүбүн: «Маасаа, бу курдук үлэлээн туһа тахсыа суох. Аны күһүн үөрэххин салгыы бараар, даһайан ыытыахпыт. Үөрэнэн учуутал буол» — диэт өрө тэптэрэ турбута. Кырдьык күһүн үөрэнэр оскуолабар илдьибиттэрэ. Онтон Верхоянскай орто оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпына, маҕаһыын таһыгар көрсүбүтүм. Кини ханнык эрэ мунньахха Адыаччыттан кэлэ сылдьар быһыылааҕа. Хас да кыыс оттотуттан таба көрөн, «хайа-а, бу бэйэм киһим сылдьар эбиккин дуу?” – диэн ыҥыран ылбыта, уонна дьонум, дойдум туһунан аҕыйах тылы кэпсээбитэ, хайдах үөрэнэрбин сураспыта. “Бэлэм аска-таҥаска, интернакка олорор киһи, үөрэххин кичэй, кыһанан үөрэн» — диэн барбыта. Христофор Гаврильевич ити иккитэ убай курдук сүбэ биэрбитэ,кэлин үөрэнэрбэр олук, үктэл, кэс тыл буолбута буолуо дии саныыбын. Христофор Гаврильевич тиийиммэт, дьадаҥы, кыһалҕалаах дьоҥҥо ордук болҕомтотун уурара. Ол курдук, Киэсэ, Даарыйа Гатиловтар Таалаҕа саһыл ферматыгар үлэлии олордохторуна, сопхуос тэриллэн саһылларын Табалаахха көһөрөн, үлэтэ суох хаалтара. Ону көрөн, Даасаны ыҥыран ылан, Бөтөҥкөскө көһөллөрүгэр сүбэлээбитэ, уонна ол сыл балыыһаҕа үлэҕэ киллэрбитэ. Ол балыыһаҕа 25 сыл эҥкилэ суох үлэлээн, пенсияҕа тахсыбытын туһунан, билигин 76 саастаах, үлэ ветерана, Дарья Константиновна ахтар. Дьиҥнээх коммунист, ирдэбиллээх салайааччы, үлэһит үтүөтэ Христофор Гаврильевич уонна сэмэй майгылаах, чиэһинэй үлэһит, иэйиилээх ийэ, эҥкилэ суох эбэ, Анна Егоровна сырдык ааттара өрүү ахтыллыахтара».

 

«Сэрии сылларын сүппэт туоһулара» диэн Адыаччы нэһилиэгин сэрии сылларыгар кыайыыны уһансыбыт дьоннорун туһунан икки томнаах хомуурунньугу суруйбут Дмитрий Акимов аҕам туһунан ахтыытыттан быһа тардыы

«Норуоттан тахсыбыт салайааччы» — «Кини дьоно эһэтин-эбэтин саҕаттан сүүстэрин көлөһүнүн тиҥилэхтэригэр, тиҥилэхтэрин көлөһүнүн сүүстэригэр аҕаан, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан бултаан-балыктаан, айан аартыгын айаҕар олорор буоланнар эргинэн, оччотооҕу кэмҥэ бэйэлэрин көрүнэн олорор сэниэ ыалаттар этилэр. Ол да иһин, Христофор Гаврильевич оҕо сааһыттан үлэ диэн тугун билэ улааппыта, дьоно киэһэ-сарсыарда буоллун, сайын-кыһын буоллун, дьыл-хонук ханнык кэмигэр туох оноһуллуохтааҕын, сири-ходуһаны оҥордохторуна тугу ситиһиэхтэрин кэпсэтэллэрин көрөн-истэн үөрэнэн, үлэ үлэни ситэрэрин, үлэттэн аһаан-таҥнан, үлэннэн олоҕу оҥостон олорору толору билэн, үлэни өрө тутан улааппыта. Табалаах «Саҥа Суол» уонна Адыаччы «С.М. Киров» аатынан колхуостарын холбоон бөдөҥсүйбүт колхуоьу тэрийии буолбутугар утарсан, Партия Саха обкомун I сэкиритээрэ С.З. Борисов бэйэтинэн кыттыылаах колхуостаахтар уопсай мунньахтарыгар туран тыл этинэн – «Суола – ииһэ суох, ыраах тайаан сытар сирдэрдээх, элбэх киһилээх, аһын-таһаҕаһын, үбүн харчытын тыырсан салайан, кэлэн баран үлэлииргэ ыарахаттардаах буолуоҕун, үлэҕэ-олоххо улахан уоппуттаах салайааччы быһыытынан туруорсубутун өйөөн, үгүс колхуостаахтар утарбыттара колхуоһу бөдөҥсүтүүнү. Ону оскуола директора П.К. Чириков эмиэ утаран тыл этиммит. Бу икки салайааччы оччотооҕу кэмҥэ партия, правительство ыытар политикатын утардылар диэн, үлэлэриттэн ууратан кэбиспиттэр. (Билигин үгүстэр аҕабын оччотооҕуга партия ыытар политикатын утаран “репрессияланан” Адыаччыга үлэлии кэлтэ дииллэр буолан баран, биһиги эдьиийбинээн Дария Христофоровналыын ону наһаа «ыраас мууска” уурбаппыт, дьоммут Табалаахха олорбуттарын, үлэлээбиттэрин наһаа истиҥник, астына кэпсээччилэр). Инньэ гынан кэккэ сылларга үлэлээбит, бэрт элбэх инникилээх былааннаах, үгүс дьон норуот тапталын, ытыктабылын ылбыт салайааччы, төһө да ыытыахтарын баҕарбатахтарын иһин, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн, партия ханна аныыр ыытар да, онно баран үлэлииргэ тиийбитэ. Х.Г. Чириков дойдутугар Бөтөҥкөскө көһөн кэлэн, бастаан биригэдьиирдээн, сэбиэттээн, онтон сопхуос буолбутугар управляющайдаан, эт-үүт комбинатыгар маастар-приемщиктаан, онтон олоҕун бутэһик сылларыгар диэри Сэргэлээхтээҕи племферманы салайбыта. Христофор Гаврильевич ханна да үлэлээбитин иһин үлэтигэр ирдэбиллээҕин, бэриниилээҕин, итэҕэһи-быһаҕаһы сырайга этэн, көрүллүбүтү туруорсан кэпсэтэн, толотторон баран тэйэр салайааччы буолан, үлэһиттэргэ улахан ытыктабылынан, аптарытыатынан сыаналанара. Оттон үөһээҥҥи салалтаҕа баар итэҕэһи ханнык да мунньахха, ким да баар буоллун, аһаҕастык кириитикэлэһэр буолан кырыы харахтарынан көрөллөрө, кынчарыллара. Ол да иһин дьиҥнээхтик үлэлээн ылыахтаах да чиэһигэр-бочуотугар наҕараадатыгар тиксибэтэҕэ диэн бииргэ үлэлээбит дьонноро хом санааларын этээччилэр. Христофор Гаврильевич туйаҕын хатаран тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ортоку уола, норуот таптыыр салайааччыта Семен Христофорович (1960-2011 сс, автор) таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар, биэс оҕо аҕата, элбэх сиэннэрдээх. Улахан уол – Владимир Христофорович геолог үөрэхтээх, төрөөбүт Дьааҥытын сиртэн хостонор барҕа баайын дьонун-норуотун сайдыытын туһугар арыйан үлэлэспит, ЯнГРЭ биир тарбахха баттанар геолога. Кини билигин аччыгый бизнеска үлэтинэн Саха сиригэр эрэ буолбакка Арассыыйаҕа тиийэ билиннэ. «Норуоттар килбиэннэрэ» уордьан кавалера, Аан дойдутааҕы благотворительнай хамсааһын «Добрые люди мира» Кыһыл көмүс бэлиэтин хаһаайына, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СР бочуоттаах мецената, Дьааҥы оройуонун уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Ийэ дойдутугар үтүө суобастаах үрдүк көрдөрүүлээх үлэтин иһин Сэбиэскэй Правительство уонна партия Христофор Гаврильевич Чириковы «1941-45сс Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Килбиэннээх үлэтин иһин», «В.И.Ленин 100 сааһын туолуутугар үлэҕэ туйгунун иһин», «Улуу кыайыы 30-с, 40-с сылларын туолар үбүлүөйүнэй”, “Үлэ ветерана” мэтээллэринэн наҕараадалаабыта. Үлэҕэ үрдүк ситиьиилэрин иһин үс төгүл Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумын Бочуотунай грамотатынан бэлиэтэммитэ. Кини «Коммунистическай үлэ ударнига», «Үлэ тыыл ветерана» бэлиэлэр хаһаайыннара. Христофор Гаврильевич Чириковка 1972 сыллаахха Адыаччы нэьилиэгиттэн аан бастакынан «Дьааны оройуонун бочуоттаах олохтооҕо» Ытык аат иҥэриллибитэ. Норуоттан тахсыбыт, бэйэтин кэмигэр биир саамай чаҕылхай салайааччы, Адыаччы сирин уһулуччулаах уола, Христофор Гаврильевич Чириковы дойдутун кэнчээри ыччата үйэлэргэ кэриэстиэ, киэн туттуо» — диэн түмүктээбит Адыаччыттан оройуон Сэбиэтин депутата Дмитрий Николаевич Акимов («Сэрии сылларын сүппэт туоһулара”, 2010 с).

 

Эмиэ бу – «Сэрии сылларын сүппэт туоһулара» кинигэҕэ Дмитрий Акимов ийэм туһунан “Киирэп холкуос бастакы депутата” диэн төбөлөөх ахтыытын киллэриэм: “I Байды нэһилиэгин Алыһардаах Дэриҥэтин төрүт олохтооҕо Дьөгүөр Батаахап Сүөкүлэтинээн хаста да оҕоломмуттарыттан ордон хаалбыт икки оҕотуттан биирдэстэрэ Нэҥнэ Аана – Потапова Анна Егоровна этэ, ити дьоно төрөппүттэрэ биэрбит сахалыы таптал аата, балта Потапова (Третьякова) Мария Егоровна – Мөөймөөр Мааса диэн сахалыы таптал ааттааҕа.

Мааса кыыс кыра эрдэҕиттэн кытаанах характердаах оҕо эбит. «Эдьиийим Аана дьоҥҥо кистээн тары, сүөгэйдээбит үүтү бэрсэр”- диэн дьоҥҥо кэпсээбитэ иһиллэн хатыс быанан таһыллан, куотан баран баран 40- ча сааһыгар эргиллэн кэлэн Адыаччыга аҕыйах сыл олоро сылдьыбыта. Аҕалара Дьөгүөр кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын билэр суох. Оттон ийэлэрэ Сүөкүлэ – Божедонова Фекла Николаевна Дыддыйа Ньукулай кыыһа этэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ Божедонов А.Н. – Тоһур Өлөксөй, Божедонов И.Н.,Божедонов Г.Н. – Тыны Дьарааһын. Аана кыра эрдэҕиттэн дьиэҕэ-уокка туһалаах үлэһит бастыҥа буола улааппыта. Ол саҕана холкуос диэн суоҕа, боростуой табаарыстыба баара да, элбэх үлэһити ылбата, үлэлэппэтэ. Аана Атыыһыт Баһылайдаахха олорон, ийэтэ өлөн тулаайах хаалбыт Бааска уолу оҕолуура — Потапов Василий Васильевич (Тэллэй Бааска, 1935 – 2009 сс), Кыһыл Знамя, Бочуот Знага орденнар кавалердара, СР норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх Үлэһитэ буолбут, Адыаччы нэһилиэгин чулуу үлэһитэ. Кэлин сааһын ситэн Эҥэ Сайылыгар олохтоох Мэхээлэ Батаахап уолугар Хабдьыга – Потапов Афанасий Михайловичка (1910 -1946 сс) кэргэн тахсан онно көһөн барбыта. Оҕолообут оҕото, быраатын тэҥэ киһитэ Бааска иитиллибит, көрдөрбүт киһитин сайыһан ытаабытын, Аана кырдьан олорон ахта кэпсиирэ. Аана саҥа тэриллибит «С.М. Киров” аатынан колхуоска үлэҕэ киирбитэ. Дьоно Батаахаптар Сайылык Түбэтигэр олохтоохторо. Холкуоска сүөһү үлэтигэр сайылыкка үлэлээбитэ, кэргэнэ Охонооһой холкуос счетовода этэ. Сэрии саҕаланан ас – таҥас кэмчитийбитэ, барыта нуорма-кээмэй буолбута. Үлэ-хамнас былаанынан, күннээҕи норманан, чааһынан кэмнэнэрэ. Колхуостаахтарга нолуок үөһээ нолуок түспүтэ, көлөһүн күнүн нуормата олохтоммута, госпоставка хомуура, госзаемҥа сурутуу эппиэттээх үлэлэрэ саҕаламмыта. Ирдэбил, эппиэтинэс кытааппыта, сэрии иккис сылыгар кэргэнэ Охонооһой итэҕэстэнэн икки сылга Эһэ Хайа хаайыытыгар барбыта, онтон сыккырыыр дууһата эрэ кэлбитэ. Быстар быһаҕаһа, х-айдар аҥаара хаалбыт ыарыһах киһи уһаабатаҕа, сотору ыалдьан өлбүтэ. Аана үүт табаарынай ферматын биригэдиирэ сороҕор оту-маһы бэйэтэ да тиэйэ барара. Охонооһуйуттан уол оҕоломмута, Оппуонньа диэн ааттаабыта, ол оҕотун оһох иннигэр олоппоско баайан, таҥаһынан үллүйэн, оһоҕун оттон баран үлэтигэр барара. Киэһээ биирдэ кэлээхтиирэ, оҕото онно олорон ытаан-соҥоон, таҥаһа дэлби илийэн, тоҥон, аччыктаан олорор буолара. Ол курдук Кыайыы туһа диэн үлэлиирэ, тус олоҕун да көрүммэтэ, сотору уола тымныйан ыалдьан өлөн хаалаахтаабыта. Алдьархайдаах сэрии уһук хоту тыа сирин олохтооҕун олоҕун огдолоппута, кэргэниттэн, оҕотуттан мэлийэн сир-халлаан икки ардыгар соҕотох туран хаалбыта. Аана барахсан өллүм-хааллым диэн ытаммакка,ыарыйдым диэн ыараабакка үлэни аҥаар кырыытыттан үлэлээн сэрии сылларыгар «Стахановец” бочуоттаах аатын ылбыта. Сайылыкка Үүт сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, кыраҕа ымыттыбат, долгуйбат, кытаанах көрүҥнээҕэ, салайааччыга туруорсар ылыннарыылаах этиитинэн дьонугар-сэргэтигэр дурда-хахха буолара. Сэрии сылларыгар үлэлээбит колхуостаахтар ахталларынан Аана дьонугар олус үчүгэй сыҥыаннааҕа, дьиппиэн көрүҥүн иһин, ийэлии аһыныгас, амарах майгылааҕа. Элбэх оҕолорго, кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөрө, кинилэргэ сөптөөх үлэни аныыра, сорох үлэтин кыайан толорботоҕуна бэйэтэ кытта үлэлэһэн көмөлөһөрө, ол да иһин үлэһиттэрэ биир санааннан ылсан үлэлээн бэриллибит сорудаҕы, былааны толороллоро. Туулаан бултаабыт балыктарын, дохуот астарын, булт кыра да буоллар, этин уостарынан үллэстэллэрэ. Ол барыта Аана дьону үөрэтиитэ-такайыыта, үүт-ас биэрэн түҥэтиитэ элбэх киһини хоргуйууттан быыһаабыта. СР үтүөлээх учуутала, учууталлар учууталлара, Гатилова Мария Дмитриевна ахтыыта баар: «Арай биирдэ, Анна Егоровна хаһан да буоларын курдук, миэхэҕэ дьоҥҥор илт диэн бытыылкалаах үүтү фермаҕа куду анньан биэрбитин таҥаспар сөрөөн баран сүүрэн истэхпинэ доҕоор, утары бэрэссэдээтэл Степан Дмитриевич илэ бэйэтинэн сис туттан баран иһэр эбит. Сүрэҕим оҕото сэлибирэс буолла, ыксааммын ханна да барар сирэ суох буолан, хата дьолго дьабарааскы иинэ көстөн, ону хаспыта буолан олорон хааллым. Ыстапаан көрбөтөх курдук сис туттубутунан ааһа турбутугар аата үөрбүппүн наһаа өйдүүбүн. Аана эдэр эрдээнэ, оччолорго кыраһыабай да эбит: биһиэхэ сайыҥҥы сайылыкпытыгар Аартыкка кэлэн хоннооно, сарсыарда күөл үрдүгэр ортону үрдүнэн, көбүс-көнө дьылыгырас уҥуохтаах кыыс-дьахтар хойуу да хойуу, кугастыҥы уһун суһуоҕун тараанан унаарда турарын өйдүүбүн». Сэрии сылларыгар нэһилиэк сэбиэтигэр биирдии колхуостан биирдии чулуу актыыбынай үлэһити дьокутаатынан талаллара. “С.М. Киров” аатынан колхуос үлэһиттэрин уопсай мунньаҕар дьокутаатынан быыбарданан, талыллан, ҮТФ сэбиэдиссэйэ Анна Егоровна Потапова нэһилиэк ыытар үлэтин дьаһайсан үлэлээн барбыта. Борохуот саһаанын бэлэмнииргэ, мас кэрдиитигэр, от охсуутугар куруук бастыҥ көрдөрүүлээх стахановецтар кэккэлэригэр сылдьара. Барытын фроҥҥа, барытын кыайыы туһугар диэн ыҥырар-угуйар тылларынан кынаттанан Улуу Кыайыы туһугар күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. “С.М. Киров” аатынан колхуос чулууттан чулуу үлэһиттэрин кэккэтигэр киирэн 1947 сыллаахха Ийэ дойдутун ыарахан кэмигэр бэйэтин харыстаммат үлэтэ сыаналанан «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн ҮТФ сэбиэдиссэйэ Анна Егоровна Потапова на5араадаламмыта. Сэрии кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэрэр күүрээннээх үлэлэр саҕаламмыттара, Аана онно үлэ үөһүгэр түспүтэ. Эйэлээх олоххо төннөн, олоҕун доҕорун көрсөн, Чириков Христофор Гаврильевичка кэргэн тахсыбыта, киниэхэ салайар үлэҕэ үлэлииригэр бөҕө тирэх-көмө буолан көмөлөспүтэ. Ааналаах Христофор сэттэ оҕоломмуттара. Икки улаатан эрэр кыргыттарын Табалаахха көһөн тиийэн үлэлиир сылларыгар сүтэрбиттэрэ. Сэрии ыар тыынын этинэн-хаанынан билбит, Улуу Кыайыы туһугар элбэх чугас дьонун сүтэрбит, холкуоһунай-сопхуоһунай тутуу бэтэрээнэ, Анна Егоровна Потапова үйэлээх үлэтин сыаналаан: 1975 сыл “Фашистскай Германияны Кыайыы 30 сыла, 1985 сыл “Улуу кыайыы 40 сыла”, “Үлэ бэтэрээнэ” мэтээллэринэн, “Коммунистическай Үлэ ударнига” бочуоттаах аатынан бэлиэтэммитэ, Саха АССР Верховнай сэбиэтин Грамотатынан хас да төгүл наҕараадаламмыта. 1995 сыллаахха 83 сааһыгар олорон, ыарахан ыарыыттан «Киирэп» холкуос чулуу үлэһитэ, бастакы депутата, амарах дууһалаах Чыырахап Ааната — Анна Егоровна Потапова олохтон туораабыта».

2005 сыллаахха саас «Баачаан аймах» кинигэ презентациятын оҥоро Баачаан сыдьааннара мустан Табалаахха бара сылдьыбыппыт: эдьиийим Дария Христофоровна Чирикова (ветераннар оройуоннааҕы сэбиэттэрин председателя, Дьааҥы Бочуоттаах олохтооҕо, СР бочуоттаах бэтэрээнэ), Чириков Дмитрий Павлович (Адыаччы, Үөттээх, Боронук нэһилиэктэрин администрацияларын баһылыгынан, Верхоянскай куорат главатынан үлэлээбитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор) кыыһынаан Анялыын, Максимова Галина Алексеевна (оройуоннааҕы оҕо киинин салайааччыта, РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕэриитин Үтүөлээх Үлэһитэ уонна Туйгуна), Габышева Наталья Сергеевна (Верхоянскайдааҕы “Тымныы Чыпчаала” музей директора, куорат сэбиэтин депутата, мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ), Адыаччыттан Васильева (Егорова) Өрүүсэ, уонна оччотооҕуга оройуон уотун ситимин салайааччытынан үлэлии сылдьар Гаврил Ильич Чириков (СР энергетикатын Үтүөлээх үлэһитэ, Дьааҥы оройуонун уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо) үлэтигэр кыһарыттаран, Табалаахха успейдаабатаҕа, ол оннугар Табалаахтан төннөн истэхпитинэ Баачааннар олорбут сирдэригэр барарбытыгар тоһуйан, бары бииргэ тиийэн, сирбитин-уоппутун аһаппыппыт, өбүгэлэрбитин олохторугар тиийэн Кэнкэбэҕэ сылдьыбыппыт, саамай кырдьаҕас саҥаспытыгар Сайылыкка олорор Дьэбдьиэҕэ тиийэн ахтыһыы киэһээтин ылбыппыт.

Табалаахтааҕы Музыкальнай оскуола дьиэтигэр аҕабын кытта бииргэ үлэлээбит, түөстэрэ толору мэтээл-уордьан бөҕөлөөх ытык кырдьаҕастар мустубуттара, наһаа үөрүүлээх, истиҥ, дириҥ ис хоһоонноох ахтыһыы киэһээтэ буолбута. Дьоммут тустарынан, оччотооҕу стахановскай үлэ-хамнас туһунан элбэҕи истибиппит, билбиппит. Табалаах нэһилиэгин салгыы сайдар олуга Христофор Гаврильевич үлэлиир сылларыгар ууруллубута диэн кэпсээбиттэрэ. 1959 сыллаахха дьонум Адыаччыга көһөллөругэр, Табалаах дьоно бары тахсан атаарбыттар, сайыспыттар, ытаспыттар. Миигин икки саастаах оҕону мас холбукаҕа уган, эдьиийдэрим Даша түөртээх, Тамара сэттэлээх оҕолор мэҥэһиккэ олорон сэттэ көстөөх кута-бадараан суоллаах сири сай оттото атынан айаннаан кэллэхтэрэ. Аны эбиитин Табалаахха үлэлиир сылларыгар икки кыыс оҕолорун сүтэрэллэр. Ону барытын саҥата суох тулуйан сылдьаахтаатахтара. Ол иһин ийэлээх аҕабытыгар сааһырдахпыт ахсын сүгүрүйэрбит күүһүрэн иһэр. Биһиги кыра эрдэхпитинэ Бөтөҥкөс Адыаччы сопхуос киинэ буолан, Табалаах дьоно-сэргэтэ биһиэхэ наһаа түһэллэрэ үһү.

 

Төрүттэрбитин кэриэстээн үлэбитин дойдубутугар туһулаатыбыт

Кэлин сылларга, кэргэмминээн Елена Васильевналыын төрөппуттэрбитин кэриэстээн, улэбитин-хамнаспытын наар дойдубутугар туһулаатыбыт. Кэргэним ийэтэ – Слепцова Мария Трофимовна 11оҕолоох Герой Ийэ, аҕата – Слепцов Василий Николаевич, таайдара Трофим Трофимович, Петр Трофимович (Дьуһаал, сылгыһыт), Иннокентий Трофимовичтар (Тороппуунабыс Киэсэ) төрдүөн “1941-1945 сс Аҕа дойду сэриитигэр Килбиэннээх үлэлэрин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттара, оттон Тороппуунабыс Киэсэ сылгы иитиитигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Бочуот Знага орден кавалера буолбута. Өбугэлэрбит, дьоммут ааттарын үйэтитэр сыалтан, бэйэбит кыахпытынан син элбэҕи туттубут-айдыбыт, өссө да оҥоро-айа туруохпут буоллаҕа дии саныыбын.

Аан бастаан, өбүгэбит Баачаан Миитэрэй кэриэһин толорон, төрүттэрбит бултаабыт-алтаабыт маанылаах үрэхтэригэр – Туостаахха 2006 сыллаахха турбаза тутаммыт, тулалыыр айылҕабытын бултаан — алтаан, кэрдэн – кэҕирдэн, хостоон — сүргэйэн эрэ буолбакка, атыннык туһанарга дьону үөрэппиппит, угуйбуппут. Өбугэ саҕаттан сүгүрүйбүт, Айыылар аартыктарын арыйбыт, Айыылар тыыннарын иҥэрбит Ытык хайабытыгар Киһилээххэ Аан дойду уонна Арассыыйа араас муннуктарыттан (Англияттан, Францияттан, Германияттан, Чехияттан, Швейцарияттан, Турцияттан, Японияттан, Кытайтан, Бирматтан, АХШ – тан уо.д.а. дойдулартан) турист бөҕөтө кэлэн сөҕөн – махтайан, дуоһуйа сынньанан, ыраастанан, арчыланан бараллар. Ураты кэрэ айылҕалаах, кырылас таас кытыллаах, эрилийэ устар сууруктээх, “Дьааҥым сирин Чөмчүүгүнэн” ааттаммыт – Туостаах эбэ хотун тирэҕинэн симэммит, толуу мастаах тоҕойугар элбэх киһини туһэрэр аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах көстүүнэй дьиэни, Кэнкэбэҕэ ордон турар Баачаан балаҕанын үтүгүннэрэн Арчы дьиэтин туттарбыппыт. Киһилээх хайатын оройугар туристарга анаан гостевой дьиэ тутуллубута. «Туостаах-Киһилээх» туристическай комплекс уонна маршрут 2008 сылга «СР бастыҥ туристическай объега» ааты ылбыта, 2012 сыллаахха «Лидеры туриндустрии» диэн ХII международнай Бириэмийэ лауреатынан буолбута. 2011 сылга “Лучшие товары и услуги Дальнего Востока” диэн Гемма-2011 конкурс саамай үрдүкү наҕараадатын “Кыһыл көмүс статуэткатын” Саха сириттэн бастакынан ылары ситиспитэ. 2017 сыллаахха “Горы Киһилээх – Северная Шамбала» диэн видеоролигынан бүтүн Россиятааҕы «Диво России» конкурска 300-тэн тахса объект кыттыбытыттан финалга киирэн иккис миэстэни ылбыта – биһиги дойдубутун сатаан биллэрдэххэ, көрдөрдөххө, рекламалаатахха Арассыыйаҕа уонна Аан дойдуга да ураты кэрэхсэнэрин, биһирэнэрин көрдөрөр.

Аҕам өлөрүгэр кэриэһин миэхэ анаан «Дьыбардаах» диэн үөр атыырын анаан хаалларбыт этэ, ол атыыры сылгыһыттар туттан кэбиһэн баран этибинэлэр, үс сылы быһа көрдьөөбүппүт. Онон, аҕам миигин төрүттэрбит курдук сылгы иитиннин диэн ити атыыры хаалларбытын өйдөөн уонна туруу үлэһит удьуордаах Баачаан аймах аата ааттаннын диэн санааннан салайтаран, 2002 сылтан саҕалаан өбүгэлэрбит өтөхтөрүгэр Кэнкэбэҕэ ООО «Баачаан» диэн тэрилтэ тэринэн сылгы иитиитин саҕалаабытым.

Аан бастаан 15 дьааҥылыы ыраас хааннаах убаһаны Сартаҥ сылгы собуотуттан атыылаһан аҕалан, манна Кэнкэбэҕэ олохтоох сылгыны кытта бииргэ үөрдээн саҕалаабытым. Онтон кэлин Остоолбо, Арылаах, Сэргэлээх, Боруулаах, Табалаах сылгыларыттан ылан, улаатыннаран, хаан уларытар этибит. Былырыын икки сүүс төбөҕө тиэрдэн, Дьааҥылыы тииптээх сылгыны иитэр-тарҕатар племенной хаһаайыстыба буоллугут диэн, Россия тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бирикээһинэн, ону туоһулуур Сертификат туппуппут. Дьокуускайдааҕы племхолбоһук специалистара үс сыл бонитировка оҥорон бу Кэнкэбэ сылгытын үөрэтэннэр, саха сылгытыгар бөдөҥ, тулуурдаах сылгыны иитэн таһаарбыккыт диэн астынан барбыттара. Атыырдарбыт 100%, биэлэрбит 85% «элита» кылаастаах буолбуттара. Элита биэлэрбит тыыннаах орто ыйааһыннара 503 кг буолбута. Аны туран, биир саамай кэрэхсэбиллээҕэ, бу олохтоох билиҥҥи Кэнкэбэ сылгытын уонна «Баатаҕай Кратерыттан» көстүбүт былыргы палеолит сылгытын (2017 с. раскопка) генетическай кодтарын тэҥнээьин научнай-чинчийэр чинчийиитин саҕалаатыбыт. Манна Москва, Австрия, Саха сирин ученайдара кыттыахтара. Бу бырайыак сүрүн сыала – дьааҥы сылгыта кэлии сылгы буолбатах, палеолит саҕанааҕы былыргы сылгы удьуора, муус үйэ саҕанааҕы «Мааман сылгыта» диэн дакаастааһын. Маны дакаастаатахпытына наукаҕа улахан арыйыы буолар, Пржевальскай сылгытын курдук, былыргы сылгы Саха сиригэр ордон хаалбытын Аан дойдуга биллэриэ этибит.

2018 сылтан саҕалаан Адыаччы, Табалаах, Боруулаах, Эҥэ нэьилиэктэригэр уонна оройуон сыантырыгар Баатаҕайга аныгылыы технологиянан үүттэн, эттэн, балыктан араас аһы оҥорон таһаарар минисобуоттары үлэлэтэн, олохтоох бородууксуйанан нэһилиэнньэни хааччыйар бырайыак толкуйдаан үлэлии сылдьабыт. Уоттаах сэрии, кураан, сут сылларыгар, Дьааҥым дьонун бэйэлэрин олохтоох, ураты иҥэмтэлээн, үгүс ыарыыттан эмтиир, көмүскүүр үүт, эт, балык бородууксуйалара быыһаабыта диэн, сорох историктар уонна кырдьаҕастар ахтыыларыгар баар. Онон, бу албын, бары өттүнэн буортулаах, арҕааҥҥы дойдулартан кэлбит аһы бэйэбит төрүт аспытынан солбуйуохха диэн үлэ барар, оннук сыал – сорук турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Боруулаах, Табалаах, Адыаччы, Эҥэ нэьилиэктэригэр үүт мини собуоттарын аҕалан туруораммыт сүөгэй, кефир, йогурт, творог, арыы, быырпах, суорат, пастеризованнай үүт оҥоробут, салгыы кымыс, сыыр оҥоруохтаахпыт. Сыыйа итинник миниустановкалары Алыһардаахха, Токумаҕа, Черюмчэҕэ, Элгэскэ, Оһохтооххо киллэриэхпит диэн баҕа санаалаахпыт. Быйыл Баатаҕайга үүттэн, эттэн, балыктан полуфабрикат бородууксуйалары, килиэби, кондитерскай оҥоһуктары оҥорон таһаарар производственнай сыах реконструкциятын бүтэрэн, бастакы бородууксуйатын таһаарар былааннаахпыт.

Открытие Алысардахской школы-сад.

 

Алысардахская школа-сад на 25 мест.

 

Палеонтологический музей в с.Бетенкес.

 

4-х квартирный жилой дом для погорельцев.

2006 сыллаахтан саҕалаан, маҥнай биһигини суон сурахтаабыт «Туостаах-Киһилээх» турбазатын тутаммыт, онтон эр ылан, Адыаччыга, Табалаахха, Боруулаахха, Арыылаахха, Верхоянскай куоракка, Баатаҕайга эргиэн-атыы дьиэлэрин, оройуон сыантырыгар элбэх таҥас, араас мал атыылыыр павильоннар, кредитнай, страховой тэрилтэлэр офистара, парикмахерскай, аптека үлэлиир икки этээстээх ырыынак дьиэтин, 20 миэстэлээх гостиницаны, остолобуой-кафены, Алыһардаахха оскуола-саады, Адыаччыга аҕыс кырыылаах музей дьиэтин, баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ түөрт квартиралаах таас дьиэни тутаммыт, элбэх киһини улэ миэстэтинэн хааччыйдыбыт, Баачаан аймах аатын, инникитин Дьааҥым дьоно ытыгылаан, киэн туттан ахталларыгар бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрдибит, суолбутун-ииспитин хааллардыбыт, олук оҕустубут дии саныыбын. Олох салҕанар, салгыы сайдар аналлаах, биһиги бу саҕалаабыппытын, оҥорбуппутун кэлэр кэнчээрилэрбит өссө салгыахтара турдаҕа. Онон Баачаан аймах үтүө аата үйэлэртэн үйэлэргэ ааттана турдун диэн, баҕа санаабын этэн туран, аҕам 100 сааһын туолуутунан, Кыайыы 75 сылын туолар үбүлүөйүнэн сибээстээн өбүгэлэрим тустарынан ахтан аһардым.

 

Гостевой дом “Киhилээх».

 

Бизнес-центр “Арктика”.

 

Кафе-столовая “Туостаах».

 

Магазин «Все для Дома»

 

Мебельный салон в п.Батагай

 

«Все для Дома» в г.Верхоянск.

 

«Все для Дома» в с.Борулах.

 

«Все для Дома» в с.Бала.

 

«Все для Дома» в с.Улахан-Кюель.

 

Владимир Христофорович Чириков 1957 сыллаахха Табалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1974 сыллаахха Верхоянскай орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1981 сыллаахха Новосибирскай государственнай университетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ.

1981-1993 сылларга дойдутугар Янкай ГРЭ-ҕэ геологунан үлэлээн элбэх сир баайын арыйсыбыта. Бэйэтэ ахтарынан, бу геологияҕа үлэлиир сылларыгар дьиҥнээх буһуу-хатыы оскуолатын ааспыта. 1990-с сыллартан «перестройка” саҕаланан, судаарыстыбаннай геология салаата эстэргэ баран, таптыыр үлэтиттэн барага күһэллибитэ.

Инньэ гынан, 1993 сылтан саҕалаан предприниматель буолан, күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри кэргэнинээн Елена Васильевналыын, оҕолорунаан элбэх тэрилтэни арыйан үлэлэтэ сылдьаллар. Төрөөбүт дойдуларыгар — Дьааҥы улууһугар туһуламмыт киэҥ хабааннаах үлэлэрин, элбэх социальнай суолталаах тутууларын, үгүс киһини үлэ миэстэтинэн хааччыйбыттарын сыаналаан кинилэр ааттара бүтүн Арассыыйа “Лучшие люди России” энциклопедиятыгар, СР “Золотая Книга меценатов и попечителей РС (Я)” диэн кинигэтигэр кыһыл көмүс буукубанан сурулуннулар.

Владимир Христофорович Чириков Ийэ дойдута сайдарын туһугар сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта – «Норуоттар килбиэннэрэ (Слава Нации)» уордьан кавалера, «Добрые люди мира» кыһыл көмүс бэлиэ хаһаайына, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СР бочуоттаах мецената, Үөһээ Дьааҥы улууһун уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

2020 сыл.

(«АХТЫЫЛАР», 25.10.2024 с.)

Баачаан аймах: 1 комментарий

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *