Утум ситимэ

УТУМ СИТИМЭ

Киирии тыл

Төрөөбүт-үөскээбит, биһикпитин ыйаабыт, оонньоон-көрүлээн, куорсун анньыммыт сирбит – Уһун Күөл бөһүөлэгэ, Арыылаах нэһилиэгэ. Хаһан да, ханна да сырыттарбыт мэлдьитин саныыбыт оҕо сааспыт ааспыт, ийэ буоругар күөлэһийбит, көй салгынынан тыыммыт Уһун Күөлбүтүн, алаһа дьиэбититтэн олох киэҥ аартыгар көччөх гынан көтүппүт күндү төрөппүттэрбитин, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан походтарга элбэхтик сылдьыбыт Кулуһуннаахпытын, оттообут, сир астаабыт, өбүгэлэрбит түөлбэлээн олорбут Тыһакыыспытын…

Хас биирдии бу орто дойдуга төрөөбүт киhи туох эрэ аналлаах, бэйэтэ туhунан санаалаах-оноолоох айыллан кэлэр буоллаҕа. Сыл-хонук аастаҕын аайы киһи аата умнуллуохтааҕар, кини оҥорбут дьыалатын, айбыт-туппут бэлиэтин кытта махталлаахтык ахтылла туруохтаах. Былыргы төрүттэрбит, төрөппүттэрбит үтүө ааттарын үйэтитии биhиги мүччүрүйбэт ытык иэспит буолар. Урукку дьон былыргыны хасыhары сөбүлээбэттэр быhылаах эбит, биhиэхэ ким да өбүгэлэрбит туhунан кэпсээбэт этэ. Онтон биhиги төрөппүт ийэбит, аҕабыт да ийэлэрин, аҕаларын туhунан бэрт быстах, суоҕун да кэриэтэ өйдөбүллээхпит. Арай билигин дьэ ирдэhэн, муҥ саатар ийэбит-аҕабыт дьоннорун билиэхпитин баҕарабыт. Син дьон-сэргэ төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан аастахтара. Кинилэр ыччаттара, сиэннэрэ билигин кэҥээн, тэнийэн син балачча буоллубут. Биһиги ийэлээх аҕабыт төрөппүттэрин, бииргэ төрөөбүттэрин, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин ити оҥоһуллубут таблицаҕа көрүөххүтүн сөп. Ийэлээх аҕабытыгар элбэх оҕону төрөтөн, аһатан-таҥыннаран, үөрэттэрэн, киһи гыммыттарыгар биһиги махталбыт улахан. Кинигэҕэ кыра сыыһа-халты баар буоллаҕына баалаабаккытыгар көрдөһөбүт.

Светлана Петровна Шкулёва (Пахомова). Дьокуускай.

 

Өбүгэлэрбит

Ааспыт үйэ 30 сылларыгар Саха сиригэр кытайдар, кэриэйдэр кэлэн үлэлиир буолбуттара. «Сталин суола» холкуоска Ким диэн кырдьаҕас кэриэй кэлэн киирбит. Ити кэриэйи кытта үлэлээн биһиги ийэбитинэн хос эһэбит Прокопьев Николай Семенович-Сокко Ньукулай бастыҥ оҕуруотчут аатын ылбыт. Оҕуруотчуттар биригэдьиирдэринэн үлэлии сылдьан 1938 сыллаахха 0,77га иэннээх сиртэн эрдэ ситэр хаппыыста үүнүүтүн гектарга таһаардахха 318,77 ц ылан, Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкаҕа кыттар чиэскэ тиксэн баран, бэйэтэ сөбүлэспэккэ, барбакка хаалбыт. Сунтаар улууһун архыыбыгар (Ф.1,оп.1,д.2.) “Постановление комитета Сунтарского райсовета от 28.01.1940с.” диэн докумуоҥҥа “Сталин суола” холкуос звеньевойун Прокопьев Николай Семеновиһы Бүтүн Сойуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар ыытары бигэргэтэргэ”диэн сурулла сылдьар. Аатырбыт оҕуруот аһын олордооччу, үс оҕолоох Сокко Ньукулай иккис кэргэнинэн буолар Прокопьева Мария Гаврильевна. Сокко Ньукулайтан биир оҕолоно сылдьыбыт да, онто кыратыгар ыалдьан өлбүт. Олус көнө, сымнаҕас майгылааҕа. Сиэнигэр Валерия Макаровнаҕа олоро сылдьан сатыы хаамарын, кулуупка киинэ көрөрүн сөбүлүүрэ. Хос эбэбит биһиэхэ өр кэмҥэ олорбута. Дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөр этэ. Сылгы кылынан ньилбэгэр ууран илиитинэн эрийэн сап хатар этэ. Онтуларын өрөн, холботолоон ньирэй, ынах быата, күтүөтүгэр сылгы үүнэ, тэһиинэ, ат буоһуута буолар быалары оҥороро. Дьэ, ол быалар сүрдээх бөҕө буолаллара. 90-ча сааһыгар сылдьан биһигини кытта отоннуу тыаҕа тахсара. Иһитин толоро илигинэ тыаттан отой киирбэтэ. Ол иһин биһиги, оҕолор, дьиэбитигэр бара охсор баҕаттан иһиппитин толоро охсон баран эбэбит иһитин толороругар бары көмөлөһөрбүт. Кини 101 сааһыгар диэри олорбута.

Эбээлэрбит Прокопьева М.Г., Токосова К.Н.

Эбээбит Прокопьева М.Г., эһээбит Токосов М.Г.

Аҕа дойду улуу сэриитигэр “Тыһакыыс” холкуостан 40ча холкуостаахтар уонна сулууспалаахтар аттаммыттара. Үгүстэрэ күүстэрин-уохтарын үрдүгэр сылдьар эдэркээн уолаттар этилэр. Фашистары утары кыргыһыыга араас фроннарга сылдьан хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Олор истэригэр биһиги эбэбит бииргэ төрөөбүт быраата Прокопьев Данил Николаевич баара. Кини сэрииттэн эргиллибэтэҕэ.

Ийэбитинэн эhэбит Токосов Макар Гаврильевич 1902 сыллаахха төрөөбүт. Кэпсииллэринэн Өлүөхүмэ Токотуттан төрүттээх. Нууччалыы син саҥарара үһү. Орто уҥуохтаах, сытыы-хотуу, иҥиир-ситии киһи эбит. Оҕолоро кыра эрдэхтэринэ эһэбит дьоннору кытта кыттыһан кыһын атынан таһаҕас таһан, саас Өлүөхүмэнэн, Алданынан таба бырааһынньыгар баран эти, арыыны эргинэн куһуок саахар, бурдук, мыыла, лампысыай кэмпиэт, бэчиэнньэ, таҥас-сап аҕалаллара. Колхуос мунньахтарыгар санаатын этэр, сэрии кэмигэр “Тыһакыыс” колхуоска биригэдьиирдээбит, завхозтаабыт. “Кыһыл былаах” колхозка председателлии сылдьыбыттаах, онон бронь биэрэннэр сэриигэ барбатах. Ханнык да үлэттэн толлон турбат: булууктааһыҥҥа, от оҕустарыытыгар, бурдук кыртарыытыгар барытыгар инники күөҥҥэ сылдьара. Кэнники совхоз буолбутун кэннэ сүөһү көрбүтэ, сайынын оттуура, эдэр дьоҥҥо үөрэтэ-такайа сылдьар олус үлэһит кырдьаҕастартан биирдэстэрэ этэ. Кэргэнэ Ксения Николаевналыын алта оҕону төрөтөн: Татьяна (биһиги ийэбит 9 оҕолоох), Мария (10 оҕолоох), Валерия(4 оҕолоох), Саргылана (3 оҕолоох), Мотрена(4 оҕолоох), Александр (1 оҕолоох), иитэн-үөрэттэрэн кыһыл көмүс сыбаайбаларын 1981 сыллаахха бэлиэтээбиттэрэ. Кэргэнин Ксения Николаевнаны кытта 56 сыл бииргэ элбэх сиэн, хос сиэн тапталыгар угуттанан, бар дьон махталларын ылан олорбуттара. Эһэбит 1986 с. 84 сааhыгар сылдьан өлбүтэ. Эбэбит Прокопьева Ксения Николаевна 1989 с. 86 сааhыгар өлбүтэ.

Кэргэннии К.Н., М.Г.Токосовтар.

Аҕабытынан эбэбит Пахомова Прасковья Федоровна. Бастакы кэргэниттэн икки уол оҕону төрөппүт: Николай уонна Петр. Кэргэнэ эрдэ өлөн Пахомов Данил Алексеевич диэн киhиэхэ кэргэн тахсыбыт. Пахомов Данил Алексеевич (Таас Дайыыла) – оҕото суох киhи, икки уол оҕолоох Бороскуойаны кэргэн ылан, Бүөтүр диэн уолун бэйэтин аннынан суруттарбыт. Онон биhиги аҕабыт Пахомов Петр Данилович буолбут. Улахан уол – Алексеев Ньукулай, нуучча кэргэннэнэн Алтайскай кыраайга Барнаул куоракка олохсуйбута. Икки уоллаах кыыс оҕолоох этэ. Бастаан утаа убайдыы-бырааттыылар сибээстэрин быспакка суруйсаллар этэ. Кэнники сүтэрсэн кэбиспиттэрэ. Бороскуой бастакы кэргэнэ Эрэдээк диэн киhи үһү. Эрэдээк тугу эрэ уорбутун иhин Тойбохойго сууттанан хаайыыга баран өлбүт. Оччолорго ас-таҥас кэмчи кэмигэр сокуон кытаанах этэ, сорох дьон кыра да буруйга түбэhэн итинник дьылҕаланаллара. Эбэбит үһүс кэргэнэ Туман Миитэрэй — Прокопьев Дмитрий Афанасьевич (1890-1977 сс.) диэн киhи этэ. Кини 4 оҕолоох огдообо киhи этэ. Киниттэн биир уол оҕоломмута: Прокопьев Василий Дмитриевич, (11.07.1947 c.). Василий кэргэннэммэтэҕэ, Сунтаарынан, Арыылааҕынан сылдьан суоппардаабыта, трактористаабыта, сварщиктаабыта. 2016 с. Ньурбатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр олорон өлбүтэ. Эбэбит Прасковья Федоровна 1977 с. Уһун Күөлгэ олорон өлбүтэ.

Эбээлэрбит Токосова К.Н., Пахомова П.Ф. уола Бааскалыын.

Пахомова П.Ф.сиэнинээн.

  

Ийэбит балта Осипова Саргылана Макаровна бэйэтин оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин ааттарыттан ахтыыта

Төрөппүккэ – көлүөнэ махтала

Биһиги төрөппүттэрбит: аҕалаатар аҕабыт Токосов Макар Гаврилович, (1902 с. төрүөх), ийэлээтэр ийэбит Токосова Ксения Николаевна (1903 с. төрүөх), эдэрдэригэр ыал буолан, алаһа дьиэни тэринэн “Тыһакыыс” диэн сиргэ олохсуйан, үлэлээн- хамсаан, элбэх оҕону төрөтөн, колхуоска үлэлээбиттэрэ. Аҕабыт биригэдьиирдээн, суотчуттаан, кэлин атынан от оҕустаран, кыһынын биригээдэнэн ат бобуоскатынан таһаҕас тасыһан эт, арыы уо.д.а. Өлүөхүмэнэн, Алданынан сылдьыспыта. Ийэбит биһиги кырабытыгар колхуоска ыанньыксыттаабыта. Сайынын сайылыкка тахсан сүөһү көрөллөрө, от оттууллара. Биһиги эмиэ тахсыһан сайылык оҕолорунаан ньирэйдэри аһатан көмөлөһөрбүт, сөтүөлүүрбүт. Улаатан оскуолаҕа барарбыт саҕана дьиэ туттаннар Уһун Күөл бөһүөлэгэр көспүппүт. Биһиги төрөппүттэрбит иллээх-эйэлээх, олус киэҥ-холку майгылаах, үлэһит үтүөлэрэ этилэр. Биһигини кырабытыттан үлэҕэ, үөрэххэ, олоххо сыһыаран ииппиттэрэ, улаатыннартаабыттара. Ийэбит аһара асчыт, иистэнньэҥ, үтүө майгылаах этэ. Аһылыга мэлдьи сылаас, минньигэс буолара. Алаадьытын чохтоох таҕааҥҥа хобордооҕу ууран баран, ынах сыатынан (итир сыата) оҕунуохтаан сап-саһарчы буһарара, ынах туйаҕыттан дырыһааҥкы астыыра. Эчи минньигэһэ бэрдэ! Чэйин улахан алтан сылабаарга мас туорааҕынан оргутара. Иллэҥ кэмигэр илиинэн иистэнэрэ, быысапкалыырын сөбүлүүрэ. Ийэбит үөрэппитэ, сүбэлээбитэ олохпутугар улахан көмө буолбута. Ол да иһин буолуо мин эдьиийбинээн Валерия Макаровналыын иккиэн иистэнньэҥ идэтин талан таһаарыылаахтык үлэлээбиппит. Аҕабыт дьиэ аҕа баһылыга буолан отун-маһын хааччыйара. Маһын илии эрбиитинэн (бэйэтэ оҥостубута) соҕотоҕун эрбээн кэбиһэрэ. Кустаан, куобахтаан, ардыгар улахан булка “Бочооной” үрэҕэр дьоннордуун тахсыһан бултаан дьиэ кэргэнин аһатара. Латыынныы ааҕара, суруйара. Оҕолорун, сиэннэрин мэлдьи көрө-истэ, сэҥээрэ-кэпсэтэ сылдьара, араадьыйанан истибит сонунун тото кэпсиирэ. Хаһан да мөҕүттэ-кыыһыра сылдьыбата, олохтон дуоһуйара, үөрэрэ. Хаhан баҕарар “Харчы мөлүйүөн» диэн тыллаах буолааччы. Ийэбитинээн пенсияларыттан сиэннэригэр киинэҕэ сылдьалларыгар диэн сэмсэ харчы биэртэлииллэрэ. Биһиги төрөппүттэрбит дьоллоох олоҕу олорон элбэх оҕону, сиэннэри көрөн-харайан улаатыннартаабыттара. Бииргэ олорбуттара 50 сылын, Көмүс сыбаайбаларын бары мустан бэлиэтээбиппит. Дьоммутугар ийэлээх аҕабытыгар эһээлээх, эбээбитигэр биhиги тапталбыт, махталбыт муҥура суох. Үйэлэр тухары ытыктыы- ааттыы туруохпут! Билигин баар кыргыттартан Валерия Макаровна (1947 с. төрүөх) Егоровтар дьиэ кэргэҥҥэ түөрт уол ийэтэ, элбэх сиэн эбээтэ, Үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Орто кыыс Саргылаана Макаровна(1949 с. төрүөх) Осиповтар дьиэ кэргэҥҥэ үс оҕо ийэтэ, алта сиэн, биир хос сиэн эйэҕэс эбээтэ, Үлэ бэтэрээнэ. Кыра кыыс Мотрена Макаровна (1951 с. төрүөх) Васильевтар дьиэ кэргэҥҥэ түөрт уол күн-күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эбээтэ.


 

Аҕабыт сыралаах үлэтэ сыаналаммыта

Аҕа дьиэҕэ баарыгар

Аал уот үөрэ умайар,

Ас минньигэһэ астанар,

Атах таҥаһа куурдуллар.

Аҕа дьиэҕэ баарыгар

Аймах-билэ мунньустар,

Атас-доҕор аараан ааһар

Араас үлэ көҕүлэнэр.

Аҕа дьиэҕэ баарыгар

Аймана үөрэллэр оҕолор,

Алаадьылыыр ийэбит,

Алгыс баһа сыаланар.

Кэтии Лэчил. Сунтаар.

Сунтаар оройуонун, республика биллиилээх сылгыhыта Пахомов Пётр Данилович “Тыһакыыс” колхуоска 1932 сыл олунньу 17 күнүгэр төрөөбүтэ. Пахомова Прасковья Фёдоровна уонна Пахомов Данил Алексеевич дьиэ кэргэнигэр иккис оҕо этэ.

1950 c. Хабаровскай кыраайга Советская Гавань диэн куоракка Армияҕа ыҥырыллан барбыта. Итиннэ стройбатка биир сыл сулууспалаан баран Донецкай уобалас Горловка диэн куоратыгар 1953 с. диэри салгыы сулууспалаабыта. Армияттан кэлэн баран 1954 сыллаахха олоҕун аргыhын Токосова Татьяна Макаровнаны көрсөн ыал буолан, 30 сыл бииргэ олорон 9 оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн үлэhит оҥортообуттара. Ол курдук билигин баар оҕолоро бары талбыт идэлэринэн ситиhиилээхтик үлэлии сылдьаллар, оҕо-уруу тэнитэн бэйэлэрэ эhээ, эбээ буолан ытык-мааны ыал дэтэллэр.

Пётр Данилович аҕыйах сылга Тыhакыыска сүөһү көрөөччүнэн үлэлээн баран Тойбохой совхоз Арыылаах отделениетыгар 1963 сылтан 1983 сылга диэри тохтоло суох сылгыhытынан үтүө суобастаахтых үлэлээбитэ.

Үлэлээбит сылларыгар Уhун Күөл «Кубалааҕар» сылгы базатын тэрийбитэ. Саха сылгытын ууhатыыга, иитиигэ элбэх сыратын биэрбитэ. Ол курдук сылгытын үөрдэрин үүрэ сылдьан хаhыылардаах сирдэргэ мэччитэрэ, базатыгар сылгыларын манаан эбии аhатар, кэтээн кыhыҥҥы тымныыларга төрөтөр этэ. Кыс устата сылгы түүтүн кыhыахтаан ыраастыыр, сайын үөн-көйүүр хойуу кэмигэр түптэлээн көрөн-харайан түбүгүрэрэ. Кини сылгыларын үөрдэрэ «Куба уйата», «Ыарҕа», «Тыhакыыс», «Мүөхэй», «Кэҥэрииттэ», «Харбалаах» диэн сирдэринэн тайаан турбуттара.

Сылгыhыттар салайааччылара буоларын быhыытынан бу үөрдэри күн аайы эргийэн, ахсааннарын ааҕан, эбии аhатан кэлэллэригэр үлэhиттэрин сатабыллаахтык аттаран туруортуура. Кинини кытта тэҥҥэ алтыhан сылгыhытынан үлэлээбиттэрэ: Спиридонов Данил Егорович, Габышев Октябрин Степанович, Чириков Иннокентий Федорович, Алексеев Евгений Евсеевич. Ол быыhыгар сайынын от оттуур биригээдэни салайара, бултуура-алтыыра. Үлэтигэр сарсыарда халлаан сырдыыта баран баран киэhэ хойут кэлэрэ. Бу сыралаах үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буолбута. Ол курдук 1976-79 сылларга үс сыл тохтоло суох 100% төрүөҕү государствоҕа туттаран «Чемпион-сылгыhыт» аатын ылбыта уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаламмыта. Бөһүөлэктэн бастакынан «Запорожец» массыына фондатынан наҕараадаланан сыралаах үлэтэ сыаналаммытыттан дуоhуйууну ылбыта. Ити сылларга Москваҕа Тыа Хаhаайыстыбатын быыстапкатыгар (ВДНХ) баран кыттыыны ылар чиэскэ тиксибитэ.

Пётр Данилович аата оройуон Бочуотун Кинигэтигэр киллэриллибитэ. 1977 сыллаахха «Үлэҕэ килбиэнин иhин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Биhиги аҕабыт сылгы иитиитигэр кэтээн көрүүлэрин, бэйэтин үлэтин опытыттан биир идэлээхтэрин кытта үллэстэрэ. Ол курдук оройуон хаhыатыгар (оччотооҕуга «Ильич уоттара» диэн этэ) сылгы иитиитигэр аналлаах бэйэтин үлэтин туhунан элбэх ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Общественнай корреспондент этэ. “Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта” ааты ылбыта.

Итини таһынан совхоз кадровай булчута этэ. Совхозка былаан быһыытынан түүлээх бултаан туттарара. Сайын ахсын “Бочооной” үрэҕэр тахсан оттууллара, бултууллара. Кинини кытта кэккэ сылларга үлэлээбиттэрэ Аввакумов В.С., Аввакумов Валерий Семёнович, Иванов И.П., Илларионов А.М., Илларионов В.М., оҕолортон бэйэтин уолаттарыттан ураты Павлов Саша, Павлов Кирилл, Чириков Cергей, тракториһынан Фёдоров Г.В.. Биhиги аҕабыт ыарахан ыарыыттан 51 сааһыгар, 1983 сыллаахха суох буолбута.

Пётр Данилович сылгыны көрүүгэ-харайыыга уhуйбут киhитинэн оройуон, нэhилиэк биллиилээх ат сүүрдээччитэ Алексеев Евгений Евсеевич буолар. 2015 сыллаахха Улуу Кыайыы 70 сылын көрсө Уулаах Атахха буолбут улуустааҕы «Саргы ыhыаҕар» ат сүүрдүүтүгэр бириистээх миэстэҕэ тиксибитинэн Алексеев Евгений Евсеевичкэ Пётр Данилович оҕолоро аҕабытын, республика, оройуон «чемпион-сылгыhытын» кэриэстээн кини аатынан сыаналаах анал бириис туттарбыппыт.

Пахомовтар дьиэ кэргэннэрэ.

Аҕабыт бииргэ төрөөбүт убайа Алексеев Николай кэргэнинээн. 1959 c.

Алексеевтар оҕолоро Наташа (биир саастаах, 1962 с.) уонна Павлик (түөрт саастаах, 1967 с.) Барнаул куорат.


 

Ийэбит барахсан тугу барытын сатыыра

Ийэ дьиэҕэ баарыгар

Иэримэ дьиэ иччилэнэр,

Иэдьэгэй кытта минньийэр,

Иэйиэхсит хотун үөрэр.

Ийэ дьиэҕэ баарыгар

Иилии кууһар үөрүү,

Итии-истиҥ сыһыантан

Илгийэр тула өттүҥ.

Ийэ дьиэҕэ баарыгар

Оҕо-аймах дьоллонор,

Остуол аһа хотойор

Дьол-соргу тосхойор.

Кэтии Лэчил. Сунтаар.

Ийэбит Пахомова (Токосова) Татьяна Макаровна 1931 с. тохсунньу 30 күнүгэр Өлүөхүмэ улууhун 1 Нөөрүктээйи нэhилиэгэр төрөөбүт. Онтон дьоно Сунтаар Тыhакыыhыгар көһөн кэлбиттэр. Кэнники оҕолор бары Тыhакыыска төрөөбүттэр. Бииргэ төрөөбүттэр алтыалар этэ. Биhиги ийэбит саамай улаханнара: Татьяна, Мария, Валерия, Саргылана, Мотрена уонна бырааттара Александр. Билигин 3 кыыс бааллар.

Ийэбит кыра сааһыттан оҕо звенотугар үлэлээбит, онтон ыанньыксыттаабыт. 1950 сыллаахха Пахомов Григорий Николаевичтыын ыал буолбуттар. 1951 сыллаахха кыыс оҕоломмуттар, иккис оҕотун ыарахан сырыттаҕына кэргэнин “бурдугу уордуҥ” диэн балыйан хаайыыга ыыппыттар.

1954 сыллаахха иккиһин биһиги аҕабытыгар Пахомов Петр Даниловичка кэргэн тахсан сэттэ оҕону төрөппүттэрэ. 1964 сылтан пенсияҕа тахсыар диэри оскуолаҕа муоста сууйааччынан үлэлээбитэ. Биhиги ийэбит 2003 сыллаахха Эдьигээҥҥэ кыыhыгар Парасковьяҕа олорон өлбүтэ.

Ийэбит сүрдээх сытыы-хотуу, ханнык да үлэттэн чаҕыйан турбат туруу үлэhит этэ. Эдэригэр ыанньыксыттаан баран кэнники оскуолаҕа остуорастаабыта. Эдэр сылдьан кулуупка пьесаҕа оонньуура, общественнай үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттара. Ынах, сибиинньэ, куурусса ииттэн дьиэ кэргэнин иитэрэ. Кыhынын сүөһү өлөрүүтүгэр ис ырытан нуорма өлүүтүн ылара. Оччоҕуна биһиги бары остуол тула туран ис кырбаан биирдии буһарыынан тоҥортоон кыhыҥҥыга хаhаанарбыт. Сайынын сарсыарда эрдэ туран ынахтарын хомуйа таарыйа тэллэйдээн кэлэрэ. Түүнүн оҕолоро утуйбуттарын кэннэ таҥас абырахтыыра, үтүлүк, этэрбэс тигэрэ. Хаһан утуйан-туран сылдьарын туох билиэй?

Дьиэ үлэтигэр аҕабыт үлэтинэн сибээстээн улахан сыhыана суоҕа, барытын ийэбит быhаарара. Ийэбит наhаа кэhиимсэх этэ. Аҕабыт бултаан кэллэҕинэ чугастааҕы ыалларыгар хайаан да бэрсэрэ. Сунтаарга кэлэр-барар киhинэн хотунугар, балтыгар хайаан да кэhии ыыталыыра.

Кэргэннии Пахомовтар: Татьяна Макаровна, Петр Данилович.


 

Мин эдьиэй Таанньам

Пахомова (Токосова) Татьяна Макаровна орто балта Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, “Сунтаар улууһун сайдыытыгар сүдү кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката, элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ Егорова Валерия Макаровна ахтыыта

– Биһиги алта бииргэ төрөөбүттэртэн эдьиэй Таанньа улахан эдьиийбит. Төрөппүттэрбит холбоон уон түөртэ оҕоломмуттар. Биһиги дьоммутугар уол оҕо турбат ыала курдук кэпсэтэллэр этэ, дьон. Мин икки улахан эдьиийдэрбиттэн ордук эдьиий Таанньалыын тапсар этибит. Эдьиийим оҕо сылдьан олус сытыы, оҕуһу туора миинэн баран абааһы кыыһын тойугун туойан биһигини куттаталыыр этэ. Кини от үлэтиттэн иһэрин ыраахтан билэр этибит. Мин кыра сылдьан сайын аайы эдьиий Танньаҕа Уһун Күөлгэ Тыһакыыс диэн кыра сүөһү көрөр аҕыйах ыаллаах сиргэ баран сайылыырым. “Куба уйата” диэн сайылыкка сайылыыр этибит. Эдьиийим онно ыанньыксыттыыр этэ. Онно олорон эдьиийбин кытта күһүн кус оҕолуур этибит. Туппут куһун оҕолорун миигин батыһыннара сылдьан ырбаахым тэллэҕэр угара. Ол курдук биирдэ эмиэ идэбитинэн кус оҕолуу бардыбыт. Эмискэ ырбаахым тэллэҕэр баар кустартан биир кус оҕото көтөн тахсыбытыгар, мин соһуйан сарылыы түһэн баран баар кустарым оҕолорун барытын ууга ыһан кэбистим. Уонна ол кэнниттэн кус оҕолообот буолбутум…

Эдьиийбиттэн биирдэ да мөҕүллүбүппүн өйдөөбөппүн. Кини олус үлэһит, турбут-олорбут сытыы дьахтар этэ. Мин кыра эрдэхпинэ эдьиийим икки кыра кыыстааҕа – Валя уонна Рита. Онтон иккис кэргэнэ Пахомов Петр Данилович диэн булчут, сылгыһыт киһиэхэ кэргэн тахсан сэттэ оҕоломмуттара. Күтүөм Бүөтүр чулуу сылгыһыт аатын ылан массыына фондатынан наҕараадаламмыта. Эдьиэй кэнники да миэхэ көмөтө олус улахан. Ол курдук кэргэним, оҕолорум атахтарын таҥаһын, үтүлүктэрин, бэргэһэлэрин тигэн абырыыр этэ.

Эдьиийим олус үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах, кэлбит ыалдьыты кэһиилээх ыытарын наһаа астынара. Сүөһү, куурусса, сибиинньэ тутар этилэр. Элбэх оҕолоох ыал буолан остуол куруук толору астаах-үөллээх, баай-талым олохтоох этилэр. Ол биллэн турар, элбэх сыранан ситиһиллэрэ. Күтүөм Петр Данилович булчут буолан сыбаайбабар кыһыл саһыл бэлэхтээбитэ. Ол саҕана түүлээх көстүбэт кэмэ этэ. Ол курдук, бастакы киис бэргэһэ диэни эмиэ күтүөм кэтэппитэ. Эдьиэй иистэнньэҥ буолан булчут, сылгыһыт оҕонньорун таҥаһын олус кичэллээхтик имитэн, тигэн таҥыннарара. Күтүөбүттэн бултуу-алтыы сырыттаҕына атын булчуттар ыйытар эбиттэр “тоҥус ойохтооххун дуо?” диэн. Эдьиэй күһүҥҥү идэһэтин бэйэтэ өлөрөн-сүлэн, астаан-үөллээн кээһэр этэ. Дьиэтин быыһын, муостатын бэйэтэ саайара.

Эдьиийдээх күтүөтүм үтүө да дьон төрөөн-үөскээн ааспыт эбиттэр. Оҕолоро бары үөрэхтэнэн, ыал ийэтэ-аҕата, эбээтэ-эһээтэ буолан быр-бааччы, үгүстэрэ куоракка олороллор. Ийэ, аҕа ууһа салҕанан эдьиийдээх күтүөтүм элбэх сиэннэннилэр, хос сиэннэннилэр.

Балтыта Егорова Валерия Макаровна.


 

Күтүөппүт, Саха Республикатын доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Афанасьев Гаврил Николаевич ахтыыта

– Мин кэргэммин Тамара Петровнаны кытта Дьокуускай куоракка 1976 сыллаахха кулун тутар ыйга медицинскэй училищеҕа үөрэнэ сылдьан билсибитим. Бэйэм Эдьигээнтэн элбэх оҕолоох ыалтан төрүттээхпин. 1977 сыллаахха каникулбутугар кэргэним төрөөбүт дойдутугар Уһун Күөлгэ күтүөт буолан билсиһэ барбытым. Аан маҥнай Татьяна Макаровнаны, Петр Даниловиһы кытта онно билсибитим. Сүрдээх киэҥ аймах этилэр: эбээлэрэ, эһээлэрэ, хос эбээлэрэ, бырааттар, балыстар, убайдар, эдьиийдэр. Төрөппүттэрбит олус истиҥ, үлэһит дьон этилэр. Күн устата үлэлээн түбүгүрэн тахсаллара. Элбэх ынах, сибиинньэ, куурусса иитэллэрэ. Хаһан үлэлэрин барытын бүтэрэллэрин-оһороллорун туох билиэй? Кэргэммин кытта маарыннаһар өрүттэрбит олус элбэхтэр: ол курдук, иккиэн элбэх оҕолоох ыал оҕолоро этибит, дьиэ кэргэммитигэр иккиэн алтыс оҕонон төрөөбүппүт, кэргэним биэс балыстаах, эдьиийдээх, үс бырааттаах, оттон мин биэс убайдаах, үс эдьиийдээх, балыстаах этим. Ханна да олордорбут, ыраах Бэстээххэ да, Эдьигээҥҥэ да буоллун төрөппүттэрбитин, аймахтарбытын кытта куруук сибээстэһэ турар этибит. Кэргэммин кытта сарын-сарыммытыттан, сүүс-сүүспүтүттэн өйөһөн дьоллоохтук, кэргэним бу орто дойду олоҕуттан барыар диэри 40 сыл олорбуппут. 4 оҕолоохпун, 3 сиэннээхпин. Биһиги олохпутугар төрөппүттэрбититтэн үтүө холобур ыламмыт сүрдээх эйэлээхтик олорбуппут. Кинилэринэн киэн туттабыт, суохтуубут…


 

Аҕабыт өр сылга бииргэ алтыспыт үөрэнээччитэ, табаарыһа Аввакумов Валерий Семёнович ахтыыта

– Мин Петр Даниловиһы отой кыра эрдэхпиттэн билэбин. Кини аармыйаттан кэлиэҕиттэн алтыһан барбытым. Сайын окко биир звеноҕа үлэлиир этибит: улахан дьон от охсоллор, биһиги кыра соҕус буоламмыт от мунньар этибит. Онтон арыый улаатан баран от охсуутугар, от тиэйиитигэр сылдьарбыт. Бүөтүр Татыйаана Макаарабынаны кэргэн ылан фермаҕа иккиэн үлэлии барбыттара. Мин аармыйаҕа ыҥырыллан икки сылтан ордук сулууспалаан баран кэлэрбэр сылгыһытынан үлэлии сылдьар этэ. Мин совхозка суоппардаабытым. Сайын суол суоҕар окко Бүөтүр звенотугар оттоһор этим. Бүөтүр бииргэ үлэлииргэ олус көрдөөх кэпсээннээх, киһини чуҥкуппат киһи этэ. Биһиги наар күлэ сылдьарбыт. Кини баар буоллаҕына үлэ да күөстүү оргуйара. Үлэтигэр олус кыһаллыгас, наар сылгы туһунан кэпсии, кыһалла сылдьар буолара. Иккиэн Тыһакыыс эбэ кытылыгар үөскээбит буоланнар Таанньатыныын маарыннаһар майгылаах этилэр. Таанньа барыны бары сатыыр туох да олус сытыы дьахтар этэ.Туох да үлэтин сатаабатаҕа диэн суоҕа, бэл сүгэни кытта уктуур буолара. Оттон бойняҕа сүөһү астааһыныгар тэҥнээҕэ суох этэ. Биһиги сүөһү өлөрүүтүгэр ыалынан бииргэ үлэлиир этибит. Онно сылдьан Таанньа мин кэргэммин сылгы, ынах иһин астыырга олус үчүгэйдик үөрэппитэ. Оттон Бүөтүр миигин булка, аты көрөргө-харайарга такайбыта. Улуу “Бочооной” үрэҕэр оттуу тахсарбыт. Күһүҥҥү өттүгэр, массыына суола тоҥуор диэри тииҥнэһэр этим. Бүөтүр онно отой оҕо эрдэҕиттэн сылдьыбыт буолан сирин-дойдутун олус үчүгэйдик билэрэ. Окко тахсарга совхозтар котловой диэн тайах билиэтэ биэрэр этилэр. Ону булуу үксэ Бүөтүр кыһалҕата буолара. Дьэ ол иһин үчүгэй тайахсыт, киисчит ыттары иитэрэ. Кини ыттара элбэх киһини хара аһынан аһаппыт буолуохтаахтар. Улахан булка Бүөтүрү элбэхтик батыстаҕым буолуо. Куска, куобахха эмиэ олус көхтөөх буолара. Биир айахтаах саанан икки айах саалаах киһитээҕэр түргэнник ытара. Олох араас түгэннэрин тупсаран, кырааскалаан кэпсиирэ олус көрдөөх буолара. “Пиэнсийэҕэ тахсан баран эмээхсини кытта Бочоонойго тахсан дьиэ туттан олоруллуо, уолаттар, тахсан миэхэ сытан бултаарыҥ”, – диир буолара. Кини улахан булду соннук күүскэ сөбүлүүрэ. Бүөтүрү кытта сылдьан улахан булт арааһын бултаспытым. Пиэнсийэҕэ тахсар сааһыгар тиийбэтэҕэр олус хомойбуппут. Ол сааһыгар тиийбитэ буоллар, арааһа, тылын толоруо эбитэ буолуо… Таанньалаах Бүөтүр элбэх оҕону төрөтөн, иитэн киһи гынаттаабыттара. Олор билигин үлэ бөҕөнү үлэлии-хамсыы, дьоннорун ситэ олорботох олохторун салгыы сылдьаллар.


 

Аҕабыт сылгыны көрүүгэ-харайыыга уhуйбут киhитэ Алексеев Евгений Евсеевич ахтыыта

– Тойбохой совхоз Уһун Күөл отделениетын чулуу сылгыһытын Пахомов Петр Данилович – Бохуом Бүөтүр туһунан ахтан-санаан ылыахха. Бүөтүр оҕо сааһа сэрии кэмнэригэр ааспыт. Онон үлэни-хамнаһы оҕо эрдэҕиттэн билэн улааппыт. Ханнык баҕарар үлэни көрөн турбат хоһуун үлэһит киһи этэ. Спиридонов Данил Егоровичтыын өр кэмнэргэ Тыһакыыс биригээдэтигэр сылгыһытынан үлэлээбиттэрэ. Оройуоҥҥа хаста да чемпион сылгыһыт аатын ылбыттара. Ити сылларга мин Иванов Николай Иннокентьевичтыын Уһун Күөл биригээдэтигэр сылгыһытынан үлэлээбиппит. Ити кэмнэргэ сылгы иитиитэ, биэлэр төрөөһүннэрэ, кулуну ылыы биһиги совхозка оройуон үрдүнэн саамай муҥутуур үрдээбит сыллара этилэр. Төрүөх, сылгыны тыыннаахтыы иитии 90-95-98%-тан түспэт кэмнэрэ этэ. Биһиги Бүөтүрдээхтиин өр кэмнэргэ ,биригээдэнэн куоталаһан наһаа көхтөөхтүк, дьулуурдаахтык үлэлээбит кэмнэрбит ааспыт үйэ 70-80-с сыллара этэ. Үлэҕэ, олоххо үөрэппит үлэһит, хоһуун дьоннорбун билигин да ахтан-санаан ааһабын. Ол үлэлээбит күннэрбин-дьылларбын олоҕум биир кэрэ-бэлиэ кэмнэринэн ааҕабын. Бүөтүр Татьяна Макаровналыын дьоллорун холбоон, тоҕус оҕону төрөтөн атахтарыгар туруорбуттара. Хомойуох иһин, бу үтүө-мааны дьон билигин суохтар. Бүөтүр олорбут олоҕо, үлэлээбит үлэтэ, ситиһиилэрэ үйэлэртэн үйэлэргэ ахтылла, сырдатылла туруохтун. Үлэни өрө туппут дьоҥҥо албан аат буолуохтун. Кинилэр олохторун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар. Олох салҕанар.


 

Николай Захарович Мырьянов – СР культуратын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, Үлэ бэтэрээнэ, СР Национальнай библиотекатын директорын солбуйааччы

– Мин дьиҥинэн ыллахха, Пахомов П.Д. туһунан элбэҕи билбэппин эрээри, биир сайын хайдах курдук үлэлээбиппитин ахтан аһарыахпын наада уонна кини уолун Леонид Петрович көрдөһүүтүн толорон суруйдум. Ол саҕана мин бэһис эрэ кылааһы бүтэрбит оҕочоос этим. “Ленин” аатынан колхоз Арыылаахтааҕы учаастагын салайааччылара оҕолору, дьахталлары, кыанар-кыаммат дьону барыларын мындырдаан, тэҥнээн, олохторун укулаатын учуоттаан наһаа үчүгэйдик аттаран үлэлэтэллэрэ. Дьэ ол курдук ийэбин фермаҕа арыыһытынан, миигин оҕуһунан үүт тутар пууҥҥа сүөгэйи тиэйээччинэн ыраах, хаһан да сылдьыбатах “Ыарҕа үрэҕэ” диэн биэс ыанньыксыттаах сайылыкка анаталаан кээспиттэр этэ. Биһигини кытта бааллара: Бүөтүр Пахомов бостуугунан ыанар ынахтарга уонна кыра саастаах субай сүөһүлэргэ (субай сүөһүлэри сайыны быһа уотан, торолутан баран күһүнүн “Бочоонойго” ыыталыыллара), Бүөтүр кэргэнэ Таня Токосова, Николаева Маруся уонна өссө икки дьахтар – ыанньыксыттарынан, икки ньирэй көрөөччү. Аны бу дьахталлар оҕолоро биэс-алта үһүс, төрдүс кылааһы бүтэрбит кыра кыргыттар. Син дьоннорбутугар этии-үөрэтии күүһүнэн көмөлөһөрбүт. Ынах ыанар кэмигэр титииккэ киллэрсэн, ньирэйдэри бөлөнөҕүнэн аһатыһан. Мин сүөгэй тиэйбэт күммэр чугастааҕы бүтэйгэ ньирэй үүрсэбин. Саамай эрэйдээҕэ оҕуһунан оттор мас, буочукаҕа уу тиэйии этэ. Биһиги оҕолордуун сынньалаҥҥа сөтүөлүүрбүт, сир астыырбыт, мурукулуурбут, гербарий хомуйарбыт, тиргэлиирбит, сасыһа оонньуурбут, ону-маны оҥостубута буоларбыт. Мантан көстөрүнэн бүтүн уонча киһилээх улахан сайылыкка икки эрэ эр киһи баар этибит: Бүөтүр уонна мин. Үлэ олус элбэх этэ. Ардыгар Бүөтүр көмөлөһүннэрэ ыҥырара. Дьэ оччоҕо мин, аҕата суох улааппыт киһи, астынабын аҕай. Ол курдук эдэр сүөһүлэр миэстэлэрин мэччирэҥнээх Нээлим үрэҕин тардыыларыгар көһөрөбүт. Ардыгар күрүөйэх, тэллэйи батыһан барбыт ынахтары көрдөһөбүн. Оҕуһум ынахтары аһары булааччы. Бүөтүр миэхэ атын уларыстаҕына наһаа үөрэр этим, бэйэбин ковбой курдук сананабын. Кини оҕуспун ылан ынах үөрүн ыҥыртаан батыһыннарар этэ. Өссө саалаах буолааччы. Онон аатырбыт атыыр көҕөннөрү, кустары өлөрөн эбиэттэтэр, ордугун дьоммутугар уопсай күөскэ буһаттаран сиирбит. Ол сылдьан киһим сүбэтэ-амата элбэх буолааччы: хайдах сиргэ хайдах от үүнэрэ, онно сүөһү, сылгы төһө уойара. Саҥа сиргэ кэллэххэ сири-уоту аһатарга, кутаҕа, көҥүскэ көрөн-билэн баран киирэр наадатын, мээнэ курдарылыыр суолу көрдөөбөт буол, туохха баҕарар түбэһиэххэ сөбүн кэпсиирэ. Көтөрү, кыылы көрдүҥ да ытыалаан испэт буол диэн сүбэлиирэ. Бүөтүр чахчы дьаныардаах, мындыр үлэһит этэ. Урут ынаҕы үстэ ыыллара. Ол иһин сарсыарда эрдэ туран үүртэлээн аҕалан сарсыардааҥы элбэх үүттээх ыамы тоҕус чааска бүтэртэрэрэ. Онтон эмиэ биир чааска диэри үүртэлээн мэччитэн, уулатан аҕалтыыра. Ол кэнниттэн киэһээҥи ыамҥа диэри ынахтарын сынньатар, сөрүүн сири булларар, күүскэ аһатар. Кини мэччирэҥнэрин мэлдьи уларыта сылдьан аһатара, бастаан аһаабыт сирдэрин кэнчээрилэтэрэ. Биһиги эр дьон ампаарга утуйабыт, ыам быыһыгар Бүөтүр сынньанан утуйа охсон ылар этэ. Ардыгар онно кэпсээммит тиллээччи: кини өтөхтөрү, тыалары, «Бочоонойу”, абааһылаах, ой дуорааннаах сирдэри кэпсээтэҕинэ мин ылы-чып барарым. Мин сүөгэй тиэйэр оҕуһум Батый диэн олус күүстээх, Арыылаахха да, Бордуолаахха да тэҥнээҕэ суох оҕус этэ. Маслопууҥҥа ыаллыы сайылыктартан оҕустаах уолаттар мустарбыт уонна күрэхтэһиннэрэрбит. Мин оҕуһум ыраахтан арҕаһа кытаран чорбойон көстөөччү уонна кыра оҕустары сиэлийтэлээн кэбиһээччи. Бүөтүр кэпсииринэн, бу маҥнайгы кэлбит племенной семенной оҕустартан саамай үчүгэйдэрэ эбит. Ыйааһына олус ыараханын иһин Аввакум оҕонньорго аттатан кэбиспит эбиттэр. Онон саамай ыарахан үлэҕэ анаммыт: бэрэбинэ түрүлүөпкэтигэр, тыраахтыр саас тиийбэт сайылыктарыгар таһаҕас тиэйиигэ, сүөгэй таһыытыгар, от-мас, саах тиэйиитигэр. Маҥнай билсэрбитигэр оҕуһум миэхэ муоһун тоһуйа сылдьар буолара, бурҕалдьытын устан кэбиһэрэ, миинээри гыннахпына эргийэн биэрэрэ. Эрэй бөҕөбүн эрэйдээбитэ. Маны көрө сылдьан Бүөтүр миэхэ бу оҕуһу хайдах көлүнэргэ нэдиэлэ курдук үөрэппитэ. Кини сүөһү-сылгы быһыытын-майгытын наһаа билэрэ. Кэлин Батыйбын кытта наһаа тапсар буолбутум. Бэл диэтэр уҥа муоһугар уҥа атахпынан үктэннэхпинэ төбөтүнэн илгистэн үрдүгэр таһааран биэрэрэ. Соруйдахха холлоохтук атаралаан аты кытта тэҥҥэ барсара. Аны Бүөтүргэ биэрбит аттара куччугуй, нэс, ырыган этэ. Кыаҕа суох диэн сирэн от, бурдук үлэтигэр ылбатах аттара. Хата, аппыт нэдиэлэттэн эрэ ордугунан бөкүнүйэн уойан хаалбыта, Бүөтүр олордо да тэйиэккэлии сылдьар буолбута. Үүппүт элбэҕинэн, сүөгэйбит сыата үрдүгүнэн соцкүрэххэ наар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыппыт, биһиги сайылык дьоно. Николаева Маруся олус үчүгэй көрдөрүүлэнэн Бүтүн Союзтааҕы ВДНХ быыстапкатыгар баран кыттар чиэскэ тиксибитэ. Мин билигин да толкуйдуубун, оччолорго ис турукпунан да сэрэйэр этим, Бүөтүр курдук мындыр, дьаныардаах бостууктара суоҕа буоллар аһаабатах, уулаабатах ынахтартан элбэх үүт ылаллара саарбах этэ… Ону атын да сайылыктар үлэлэрэ көрдөрөрө. Бүөтүр санаабытын, тугу сөбүлээбэтэҕин ким да буоллун, этэ сылдьар көнө, принципиальнай киһи этэ. Ол иһин хонтуоралар соччо сөбүлээбэттэрэ. Күһүн буолан үөрэх саҕаламмытын кэннэ, биирдэ оскуолаттан дьиэбэр ойон-тэбэн истэхпинэ ким эрэ: “ Коля, хайа хайдахпытый?” – диэн ыйытта. Көрбүтүм, били Бүөтүр бөкүнүк атынан бурҕатан иһэр эбит, ким да сэнээбэт ата буолбут. «Ыарҕаҕа” сайыҥҥы таҥастарбыт хаалбыт этилэр. Ону аҕалыаҥ дуо, диэн Бүөтүртэн көрдөстүм. Киһим, үөрүөм быатыгар, бардыбыт диэтэ. Мин суумкабын Валентин диэн табаарыспар хааллардым, ийэбин сэрэтээр диэтим. Мэҥэстэн Отордообукка тиийэн чэйдээтибит. Бүөтүрү хотоҥҥо туохпут эрэ сиппэтэх оҥорон кулу диэн көрдөстүлэр. Киһим сөбүлэспитигэр “мин дьэ барбат буоллубут” дии санаатым. Онуоха киһим: “ Чэ билэр сириҥ, билэр атыҥ, бэйэҥ баран кэл” диэбитигэр үөрүүнэн таһырдьа ыстанным. Күһүҥҥү көмүскэ күөх халлаан аннынан, билэр сирбэр, сайыны быһа үчүгэйдик үлэлээбит аҕай миэстэбэр дуоһуйа кэрийэн кэлбитим. Дьэ ити курдук, туох да аймаҕа буолбатах уолчааны биир сайыны быһа такайан, оҕолоһон улаатыннарсыбыта саныахха астык. Биһиэхэ маннык дьон элбэх этилэр.

 

Емельянов Олег Павлович, ийэбит балтын уола, сүүрүк аттары баайааччы

– Ат барахсан саха киһитин мииниллэр миҥэтэ буолан түөрт түөрэм туйаҕа лочугураан хоту-соҕуруу сындалҕаннаах айан суолун сыыйдаҕа. Саха норуота түҥ былыргы хас да үйэттэн илдьэ кэлбит, саханы саха дэппит, баайбыт дуолбут, атаспыт-доҕорбут, сылгы буолара биллэр. Миэхэ сылгыны таптыырга, сылгыны кытта үлэлииргэ олук уурбут киһинэн күтүөм Бүөтүр буолар. Олох кыра сааспыттан күтүөбүн кытта сылгы базатыгар сылдьар этим. Саас ахсын бастакы кулунчук төрүүрүгэр миигин хайаан да “Кубалаахха” баар базатыгар илдьэ барара. Маҥнайгы кылааска үөрэнэрбэр оскуолаттан кэлэн иһэн күтүөм аахха таарыйан ааһааччыбын эбэтэр киэһэ анаан хоно кэлээччибин. Ол биричиинэтэ биир буолара: сакалаат кэмпиэт сиэри. Күтүөтүм дьээбэлэнэн ат сакалаатынан саахтыыр диирин олус да итэҕэйэр этим. Хайаан да ат баайыллан турар буоллаҕына көрөн киирэрим, сакалаат сытар дуу, суох дуу диэн. Суох буоллаҕына күтүөм Бүөтүр этээччи: “ эдьиийиҥ аҕыйах эбиэһи сиэппит быһылаах, ол иһин саахтаабатах”- диэн. Ол курдук миэхэ наар сакалаат кэмпиэт кэһиитин уурара. Убайым Коляны “ыл уолгар ат кэнниттэн сакалаатта ылан биэр” диэн соруйара. Мин итэҕэйии бөҕө. Оччолорго кэмпиэт олус күндү буолар этэ. 1990 с. оскуоланы бүтэрэн баран суоппар идэтигэр үөрэммитим, армияҕа сулууспалаан кэлэн баран салгыы водовозкаҕа, автобуска, улахан массыыналарга суоппардаабытым. Сылгыны кытта үлэлиир баҕам баһыйан 2009 сыллаахха Уһун Күөлгэ “Тоҕой Сэлэ” диэн сылгы заводугар икки сыл сылгыһыттаабытым. Хомойуох иһин, кэнники ол завод эстибитэ. Онно үлэлии сылдьан Саха сирин биллиилээх тренерын Сергей Петрович Ядреевы билсэн сүүрүк сылгыларга үлэлэһэр буолбутум. 2010 с. Президент бирииһигэр ат сүүрдүүтүгэр Спид-Стар диэн сылгыннан кыайбыппыт. 2011с. Президент Кубогын эмиэ Спид-Стар диэн сылгыбыт ылбыта. 2016-2017 сс. Уус Алдан улууһугар эмиэ сүүрүк аттарга үлэлэспитим. Билигин Чурапчы улууһугар Одьулуун диэн дэриэбинэҕэ эмиэ сүүрүк сылгыларга үлэлэһэ сылдьабын. Икки саастаах эдэр сылгылары баайабыт. Күтүөппүн олус суохтуубун. Билигин баара буоллар өссө да элбэх сүбэ-ама биэриэ этэ, өссө да элбэххэ үөрэниэ этим дии саныыбын.


 

Историк этнограф: Вильям Федорович Яковлев – Түһүлгэн ахтыыта:

Атаһым Бүөтүр наукаҕа өҥөтө

Ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар республикатааҕы музейга этнография салаатыгар үлэлии сылдьан, күһүн аайы уоппускабын ылаат, дойдубар тыаһыттары кытта Бочооной үрэҕэр тииҥнии тахсыһарым. Оччолорго эдэр киһиэхэ булт кистэлэҥнэрин билэр, Аар тайҕа мүччүргэннээх сырыыларыгар эриллибит аҕа табаарыһым Бүөтүр көмөтө, сүбэтэ улахан суолталаах этэ.

Ол сылдьан бадаҕа “Кыыс маарыгар” быһыылааҕа. Сир тоҥон, үрэхтэр мууһуран турдахтарына, атынан тииҥи сонордоһо сылдьан, үрэҕи туораары, хооҥкуга түһэн хааллыбыт. Хата аллара үрэх уута дьара этэ. Хооҥку иһигэр үөһэ тахсарга табыгастаах мас сытарыгар саҕанан тахсан, көмөҕө дьоннорбун ыҥыран хаһыытаатым. Дьолго Бүөтүр тыал хоту киһи хаһыытын истэн, бу тиийэн кэллэ. Аллара аппытыгар Бүөтүр атын холбоон, таттаран көрдүбүт да, быабыт быстан, иккиэн хара муҥунан аппытын үөһээ кытыыга таһаардыбыт. Онно Бүөтүр ыксаатаҕына бэйэтиттэн таһынан кыахтанарын, хайдах эрэ умнубаттыы билбитим.

Маны таһынан, булка бииргэ сылдьан билгэлиирбинэн, Бүөтүр туох эрэ айылҕа дьиктилэрин кытта алтыһыылаах быһыылааҕа.

Ол маннык этэ, Бүөтүрдээх ити сыл биһигиттэн хаалан, сир тоҥорун кэтэһэн таһаҕас аҕалыахтаах этилэр. Арай биир күн киэһэлик айан суолун диэккиттэн Бүөтүр саҥата, сыарҕаларын тыаһа бу баардыы иһилиннэ. Дьэ дьоммут кэллилэр диэн буолла. Онтубут Бүөтүрдээх икки хонугунан түүн тиийэн кэллилэр.

Аны туран “Татаар айаанын” үүтээнин таһыгар улахан тиит төбөтүгэр олорон, олохтоох суор чугастык ыалдьыттаһар этэ. Ону Бүөтүр ытыгылаан, болҕомтотугар ылан, “ыалдьытын” ас маанылааҕыттан ордорон остуолба төбөтүгэр ууран суорун маанылыыра. Суор саха итэҕэлигэр Байанайы кытта алтыһылааҕын ааһан, төрөөбүт-үөскээбит дойдутуттан ханна да барбат, дойду иччитин курдук сирин-тыатын мэлдьи иччилии көрө-истэ сылдьар бэйэбит олохтоох ытык көтөрбүт. Үс сылынан үүтээммитигэр кэлбиппит суорбут үөрэн-көтөн көрсүбүтэ, хайдах эрэ кыһын оһох үөлэһиттэн уот кыыма ыһыахтанан көстөрүнүү суорбут мутуктан мутукка ыстаҥалаан саҥа-иҥэ буолтун бары сылаастык ылыммыппыт.

Кэлин даҕаны аҕа атаспынаан алтыһарбыт элбэх этэ. Мин идэбинэн дойдубар кэллим да өбүгэлэрбит олохторун үөрэтэр үлэбэр Бүөтүр солун сэһэннээх, кэпсээннээх көрсөөччү. Кини көмөтүнэн Тыһакыыска “Ураһалаахха” турар ытык сылгы араҥаһын уонна “Быыйык дулҕалааҕар” бүтүн турар ытык сылгы араҥастарын булан көрдөрөн Саха итэҕэлин чинчийиигэ биир биллэр көмөнү оҥорон турар. Мантан да атын “Таас үрэҕинэн” хас да ытык сэргэлэри, куочай кэрэхтэри, Байанай түһүлгэлэрин булан көрдөртөөн, быйыл (2018 с.) оҥоһуллубут Сунтаар этнографическэй атлаһыгар сэргэх сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах арыйыылары киллэрбитэ.

Сылгы араҥаһын таһыгар


 

Оҕо сааспытыгар өйдөнөн хаалбыт түгэннэртэн ахтыылар…

Саввинова В.Г.

Мин Саввинова (Пахомова) Валентина Григорьевна Токосовтар улахан кыыстарын Татьяна Макаровна улахан кыыһабын, Токосовтарга улахан сиэннэрэбин. Мин үс саастаахпар, балтым Рита икки саастааҕар ииппит аҕабыт Пахомов Пётр Данилович маамабытын кытта ыал буолбуттара.Тыһакыыска олорбуппут, маамабыт ыанньыксыттыыра, аҕабыт араас үлэҕэ сылдьыбыта. Кыра кылааска Тыһакыыстан Аллаҥаҕа сатыы хааман үөрэнэ сылдьан, ыалдьан Сунтаарга Лесной оскуолаҕа төрдүс кылааска үөрэммитим. Ол кэнниттэн Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим. Дьоммут Тыһакыыстан Арыылаахха көһөн кэлбиттэрэ. Маамабыт оскуолаҕа дьиэ сууйааччынан үлэлии киирбитэ. Сыллата кэриэтэ тоҕуста оҕоломмута. Онтон биир уол биирин туолан иһэн, биир уол алтатыгар сылдьан төннүбүттэрэ. Дьиҥинэн, маамабыт сокуон быһыытынан Герой-ийэ буолуохтаах этэ. Оччолорго үлэлии олорбут сельсоветтар мөлтөх үлэлэриттэн ол ыра санаата туолбатаҕа. Мин кэнники секретардыы олорон туруорса сатаабытым да хойутаабыккын диэбиттэрэ. Балтым Риталыын маамабытыгар оскуола сууйсарбыт, оҕо көрсөрбүт. Оскуолабыт аҕыс кылаастаах буолан орто оскуоланы Бүлүүчээҥҥэ бүтэрбитим. Син ортоһуор үөрэнэрим, ол иһин онус кылаас кэнниттэн оскуолам үөрэххэ бар диэн направление биэрбитэ. Ону балтым Рита ахсыһынан үөрэххэ барар буолан аккаастаабытым. Ол саҕана дьоммут икки оҕону тэҥҥэ үөрэттэрэр кыахтара суох этэ. Дойдубар кэлэн икки сыл ыанньыксыттаабытым, онтон бииргэ үөрэммит уолбар Саввинов Мир Петровичка кэргэн тахсан икки кыыс, икки уол оҕоломмуппут. Оҕолорбут бары үөрэхтээхтэр, үлэлээхтэр. Бары ыал буолан миэхэ уонча сиэн бэлэхтээтилэр. Билигин пенсияҕа олоробун.

                                        *  *  *

Шкулева С.П. ахтыыта

Ийэлээх аҕабыт элбэх оҕолоох ол кэм үгүс ыалын курдук судургу олохтоох ыал этилэр. Оччотооҕу дьон үлэлэригэр муҥура суох бэриниилээх буолаллара. Бастакы күөҥҥэ үлэ турара. Күннэтэ аҕабыт сылгыhыт буолан хара сарсыардаттан киэhээҥҥэ диэри ат үрдүгэр сылдьара, ийэбит оскуолаҕа дьиэ сууйааччынан үлэлиирэ. Биhиги оҕолор дьиэбит ис-тас үлэтин бүтэрэр этибит. Улахан эдьиийдэрбит Валялаах Рита оскуоланы бүтэрэн дьиэлэриттэн куорсун анньынан көппүттэрэ. Рита Якутскайдааҕы тыа хаhаайыстыбатын техникумугар лесник идэтигэр ахсыс кылаас кэнниттэн үөрэнэ киирбитэ. Валя ахсыс кылаас кэнниттэн Бүлүүчээҥҥэ баран онус кылааhы бүтэрбитэ. Оччолорго Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолалаах этэ. Мин балтым Томаны, быраатым Петяны кытта сыллата төрөөбүт оҕолор буолабыт. Онон атын бырааттарбынааҕар, балтыларбынааҕар ордук чугас этибит. Совхоз күүстээх үлэтигэр сылдьар дьоммут үс кыра оҕону көрөллөрө ыараханыттан буолуо, миигин алта сааспар диэри эбээлээх эhэм (аҕам дьоно) ииппиттэрэ. Уопсайынан икки өттүттэн эбээлэрбит барахсаттар барыбытыгар көмөлөспүт дьон. Оскуолаҕа киирэрбэр дьонноруттан олус тэйэн хаалыа диэннэр төрөппүттэрбэр аҕалбыттара. Онтон ыла үһүөн игирэ оҕолор курдук улааппыппыт. Аҕабыт сэттэ кылаас үөрэхтээх, суругу олох сыыhата суох суруйар киhи этэ. Армияҕа Хабаровскайга, Донбасска сулууспалаабыт буолан буолуо нууччалыы үчүгэйдик саҥарара да суруйара да. Алтайскай кыраайга Барнаул куоракка олорор убайын кытта нууччалыы суруйсаллара, оройуон хаhыатын общественнай корреспондена этэ. Саамай улахан баҕа санаата: оҕолоро бары үөрэхтээх дьон буола улааталларыгар этэ. Ол иhин да буолуо киэhэ улэтиттэн арыый да эрдэ кэллэҕинэ, эбэтэр биирдэ эмит өрөөтөҕүнэ биhиэхэ диктант суруйтарар этэ, кинигэ аахтарара, дуобаттыырбыт. Аҕабытын хаhан да дуобакка кыайбат этибит, биирдэ эмит тэҥнэстэхпитинэ дьоллонорбут. Хаhан да мөҕө-этэ сылдьыбат этэ. Ол да буоллар толлор этибит. Туохха эмит көҥүллэтии буоллаҕына ийэбит аҕаҕытыттан ыйытыҥ диир буолааччы. Сарсыарда аайы оhоҕун оттон дьиэ сылыйбытын кэннэ туруортуура. Эдьиийдэрбит зарядка оҥотторор этилэр. Сороҕор көрүдьүөстэнэн киэhэ быстах утуйан хаалбыппыт кэннэ туруоран зарядкалаталларын өйдүүбүн. Арыый да улааппыппыт кэннэ Томалаах Петя ийэлэригэр көмөлөһө оскуола сууйа бараллара, мин кырдьаҕас хос эбэбитин кытта түөрт кыра оҕобутун көрө хааларым. Саас буоллаҕына кыһын оттунар маспытын бэлэмнии аҕабытын кытта саһаан туруора атынан сыарҕаҕа олорон барааччыбыт. Сайын окко буоллун, сир астааhына буоллун, дьиэ ис-тас улэтэ буоллун мэлдьи бииргэ сылдьарбыт, күн солото суох буоларбыт. Ол курдук улаатан Тома аҕыс кылаас кэнниттэн Якутскайдааҕы медицинскэй училищеҕа киирбитэ, Петя биhикки онус кылааhы бүтэрэн «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн девиhинэн салайтаран совхозпутугар икки сыл улэлээбиппит. Хомойуох иhин, бырааттаах балтым билигин биhиги кэккэбитигэр суохтар. Аҕабыт баҕа санаатын толорон оҕолоро бары оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэн, орто, үрдүк үөрэх кыhаларын бүтэрэн бары үлэhит бэрдэ буолан билигин эбээ, эhээ дэтэн олороллор. Сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эмиэ үгүстэрэ оскуоланы үрүҥ, кыһыл көмүс мэтээллэринэн, үрдүк үөрэх кыһаларын кыһыл дипломунан бүтэртэлээтилэр. “Өскөтүн дьиэ кэргэн, оҕолоругар кыһанан, үөрэхтээх, үлэһит дьон буола улааталларын ситистэҕинэ, ол аата бүтүн дьиэ кэргэн, аймах-билэ дьон бүттүүннэрэ инники кэскиллэрэ эрэллээх буолар”, – диэн Саха Республикатын бастакы Президенэ М.Е.Николаев этэн турар.

 

Воробьева П.П. ахтыыта

Аҕабытын кытта кыhыҥҥы оттук мас бэлэмигэр, саас саhаан туруорарга эрэ бары семьянан сылдьарбыт, атын кэмнэргэ сайын, күһүн үрэхтэргэ сылгыларын кытта наар сайылыыра, күһүн хойукка дылы. Үрэхтэн наар ындыыга ас, кэhии бөҕөлөөх кэлээччи. Ону утуктаан, кэлэр күнүгэр утуйан хааларбыт уонна маамаҕа эбэhээт туруораар диэн үлэhэн утуйарбыт. Дьэ кэллэҕинэ ол бырааhынныга буолааччы. Бригаданан сайын баралларыгар дьиэ тиэргэнигэр остуол тардан аhаан атаарааhын. Кэлэллэригэр вертолетунан кэлэрин кэтэhии бөҕөтө буоларбыт. Кыhын сарсыарда 6 чааска баран баран, киэhэ 8-9 чааска тиийэн кэлээччи. Атыгар олорон сылгыларын барыларын аhаталаан, кэрийтэлээн. Ол саҕана саҥа телевизор үөдүйбүтүгэр «Семнадцать мгновений весны» диэн Штирлиц туhунан сериалы семьянан көрөрбүт, онно ыксаан буолара биэс эҥин мүнүүтэ хаалбытын кэннэ сүүрдэн кэлээччи. Онно ким тапочка, ким сүөгэйдээх үүт биэрэр бэлэмигэр түhээччибит. Сериал эрэ кэннэ бары олорон киэhээҥҥи аспытын миин иhээччибит. Аҕабыт наар үөрэхпит, бэрээдэкпит туhунан ийэбитигэр отчуоттатар этэ, ыраахтан кэллэ да. Наар «үөрэҕэ суох киhи горшок эрэ сууйар, таhар үлэлээх» диирин өйдүүбүн. «Уол оҕо кыыстааҕар күүстээх, үөрэҕи кыайан ылбатаҕына, харытынан да улэлиэ, онтон эhиги кыргыттар, эбэhээт идэлээх буолуохтааххыт» диирин элбэхтэ истибитим. Ол иhин да буолуо 1 кылаастан ыла бэрээдэк бөҕө, үөрэххэ кыhаллыы кыhалҕата буолар этим.

Ийэбит аспытын наар өлүүлээн үллэрэн биэрэр этэ. Ону улаатан баран дьэ биирдэ өйдөөбүтүм. Элбэх оҕолоох ыал аhын уопсай уурбатын, тоҕо диэтэххэ, кыра оҕолоруҥ улахаттары кытта кыайан түргэнник аhаабаттар эбит. Биир куһуогу сиэхтэригэр дылы улаханыҥ үс куhуогу сиир. Уол аймах дьиэ тас үлэтигэр, кыыс аймах дьиэ ис үлэтигэр үлэлэтэ үөрэппиттэрэ. Ону таhынан мин эбээhинэспэр үс кыра саастаахтар көрүүлэрэ этэ. Онон онно-манна быыс буолан баран оонньуур да бириэмэм суоҕа. Эбээhинэстээх үлэҥ бүтэ илигинэ ханна да оонньуу-көрүлүү барбаккын. Киэhэ уруок үөрэтиитэ бүттэҕинэ, уулуссаҕа бары ыал оҕолоро мустан оонньуурбут. Аттыбытыгар баар ыаллар бары 9-10 оҕолоох этилэр, онон элбэх оҕо мустара. Мин аныаха дылы, итиччэ элбэх оҕону аhатан, таҥыннаран, үөрэхтээн мындырдык иитэн кэлбиттэрин олус сөҕөбүн. Билигин оҕо төрөөн күн сирин көрүө эрэ кэрэх, араас сулууспа бары кэтээн-манаан, араас үрдүк үөрэхтээхтэр иитэ-үөрэтэ, такайа сатааhыннара олус элбэх. Бу оруолу барытын урукку кэмҥэ аҥаардас төрөппүттэр эрэ толорбуттар эбит диэн санааҕа кэлэбин уонна олус диэн махтанабын төрөппүттэрбэр, киhи сиэринэн, хайдах сатыылларынан, өйдүүллэринэн иитэн таhаарбыттарыгар. Аҕабыт пенсияҕа да тахсыбакка эрдэ өлбүтэ. Өлөрүгэр ыҥыран ылан, кыра балтыбын Таняны үөрэхтэтиэм диэн тылбын ылан хаалбыта. Ол биэрбит тылбын толорбутум.

Ийэм, мин кэргэним өлбүтүн кэннэ, Анаабырга көсүhэн барбыта, ол кэннэ кырдьан өлүөр диэри миигинниин олорбута. Дойду сириттэн барбыт, үлэ бөҕөнү үлэлии сылдьыбыт киhи биир квартира иhигэр сатаан үлэтэ суох батан олорбот буоллаҕа. Анаабыр курдук туундара сиргэ, квартира иhигэр түннүккэ кытта үүннэрэн, саамай эрдэ мин оҕом оҕурсу, лук, укроп сиир этэ, Анаабыр үрдүнэн. Ол иhин Эдьигээҥҥэ көһөн баран сыалай «фазенда» атыылаhан биэрбитим, дьэ онно хайа баҕарарынан сиэнин сиэтэ сылдьан, сибиинньэ, куурусса тутан, сайынын теплицаҕа оҕуруот аһа үүннэрэн, отой ас үрдүгэр олорбуппут. Ордубутун өссө атыылыырбыт. Хоту дойдуну балык, таба этэ дэлэйин иhин аhара сөбүлээбитэ.

 

Пахомов Н.П. ахтыыта

Оҕо сылдьан ыалдьан тахсар этим, ол иһин дьааһылаҕа, детсадка түптээн сылдьыбатаҕым. Икки атахтарым сүһүөхтэрэ улаханнык иһэн хаампат буолан хааларым. Балыыһаны кэрийэн тахсарбыт. Эдьийим Тамара улаханнык оҕолоспута: кыһынын салаасканнан соһоро, сайынын көтөҕө сылдьааччы, эдьийим барахсан. 1973 сыллаахха бастакы кылааска барбытым, бастакы учууталым Николай Алексеевич, бу санаатахха, үлэтигэр сүрдээх бэриниилээх, эппиэтинэстээх киһи эбит, кыһаллан туран үөрэтэрэ. Бэрээдэккэ, дьиссиппилиинэҕэ сыһыанын билигин сааһыран баран сөҕөбүн. Биир түгэни үчүгэйдик өйдөөн хаалбыппын: табаарыспын Аркадийы кытта үһүс кылааска перемена бириэмэтигэр туалекка табаахтаан киирбиппит, ону табаахтаабат киһи Николай Алексеевич киирэн истэхпитинэ билбит буолуохтаах, уруок кэнниттэн хаалаҕыт диэн буолла, дьэ ыарахан кэпсэтии онно барбыта. Күн бүгүнүгэр диэри табаахтаабакка сылдьабын, махталым муҥура суох. Ол оннук ыалдьан, балыыһаны кэрийэн төрдүс кылааһы бүтэрдим. Бүтэрбит сылбар сайын ытаан туран аҕабын кытта “Бочооной” диэн үрэххэ от оттуу, бултуу-алтыы 300 км-даах сиргэ вертолетунан, чэй өрөөччүнэн таҕыстым. Ийэм утаран ыытымаары гыммыта (билээхтиир буо ыалдьарбын), ону аҕам эр киһи курдук кытаанах хараахтырдаах буолан илдьэ барарга сөбүлэспитэ. Сайынын үчүгэй баҕайытык ыалдьыбакка күһүҥҥэ диэри сылдьан киирдим. Ол курдук бэһис кылааһы ыалдьыбакка үөрэнэн бүтэрбитим. Дьэ уонна онуc кылааһы бүтэриэхпэр диэри сайын ахсын “Бочооной” үрэхтэн арахсыбатаҕым. Ыарыым ханна эрэ сүтэн хаалбыта. Айылҕа барахсан күүс-көмө буолбута буолуо…

Биһиги аҕабыт Пахомов Пётр Данилович сүрдээх мындыр, талааннаах уонна дьээбэлээх буолара. Пахомовтартан аҕабын кытта элбэхтик алтыспыт мин эрэ баарбын. Үһүс кылаастан саас аайы акка мэҥэстэ сылдьан сайылык, бурдук ыһыллар буола күрүөлэрин сабарбыт. Ол сылдьан булт абылаҥар ылларбытым, күн устата олох уустуктарын, кэрэтин кэпсиирэ. Кини такайбыт тыллара, сүбэлээбит сүбэлэрэ инники олохпор улахан көмө буолбуттара. Аҕабын кытта 1983 сыллаахтан кини орто дойду олоҕуттан барыар диэри, үрэҕи-үрэҕинэн бииргэ сылдьыбыппыт. Дьээбэлээх этэ, ол гынан баран миигин хаһан да дьээбэлээбэт, отой улахан киһи курдук кэпсэтэрэ, сүбэлии, такайа сылдьааччы. Ол оннугар Олег диэн (ийэм балтын уола, мэлдьи биһиэхэ хоно-өрүү сылдьааччы) кыра бырааппын дьээбэлээн тахсара: атынан дьиэтигэр кэлэн баран ат эмэһэтин аттыгар сакалаат кэмпиэт быраҕара уонна Олегка киирэн этэрэ: бүгүн атым эмиэ сакалаатынан саахтаабыт, тахсан көр эрэ диирэ. Ону уолбут итэҕэйэр да буолара, дьэ уонна күтүөтэ кэлэрин кэтэһэр да этэ. Биһиги аҕабыт улахан кытаанах хараахтырдаах буолара, ол да буоллар ийэбэр сыһыана олус истиҥ этэ, хаста да көрөн турабын ийэбин сыллыырын. Баҕар билигин боростуой курдук көстөрө буолуо, урут дьахтары сыллааһын улахан итэҕэлтэн, эрэлтэн тахсара. Ийэм Пахомова Татьяна Макаровна сүрдээх эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ буолара, миигин мөхпүтүн өйдөөбөппүн. Ыарыһах буоламмын буолуо, наар көмүскэһэрэ. Уһуннук ытаатым да иэрийэн уҥан хааларым. Баҕар, мин иннибинэ төрөөбүт Федя диэн убайбын 6 саастааҕар ыарахан ыарыыттан күн сириттэн сүтэрбит абатын саныыра буолуо. Оҕо сылдьан арыылаах килиэби тута сылдьан сиирбин астынарым, бэйэм сатаан арыыны сыбаабат буоламмын кими эмит көрдөһөрүм. Эдьиийдэрим, убайым бары куотан хаалааччылар, тоҕо диэтэххэ миигин хомоттулар даҕаны мөҕүллэр этилэр. Ол килиэп сыбааһыммыт кэккэ уустуктардаах буолааччы, мин ирдэбилбинэн: килиэп сыбанар өттө биир да быыһа суох, килиэп көстүбэт гына, барыта үрдүгэр арыы, аны туран арыыта аһара халыҥ буолуо суохтаах, барыта тэбис-тэҥ. Киһи да күлэр аны санаан, ол оннук хаппырыыс оҕо этим. Үксүгэр ийэм сыбаан биэрээччи, ийэбэр оннук улахан ирдэбил турбат этэ. Улаатан баран ардыгар ийэбин кытта ар-бур да дэһистэрбит, мэлдьи биир тылы буларбыт. Олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри ийэм биир да тылын быһа гыммакка, эйэ-дэмнээхтик олорбуппут. Эдьигээҥҥэ үүнээйи олордон, отонноон, сугуннаан, сибинньэ тутан аатыран олорбуппут. Ийэм оҕурсуу үүннэрэн ыалларын барытын кэриэтэ хааччыйара, онтуттан сүрдээҕин үөрэрэ. Ыарахан ыарыыга ыалдьа сытан кэриэһин эппитэ: сир барыта биир, көмүс уҥуохпун манна харайаарыҥ диэн. Ийэ барахсан бүтэһигэр диэри оҕолорун санаан бу курдук эппитэ буолуо дии саныыбын. Биһиги таптал, олох, киһи киһиэхэ сыһыана диэҥҥэ эбэлэрбититтэн, эһэбититтэн, ийэбититтэн, аҕабытыттан үөрэнэн бу олоххо олоробут.

 

Пахомов Л.П. ахтыыта

Тээтэм Пахомов Пётр Данилович сылгыһытын таһынан «Сахабулт» тэрилтэ кадровай булчута этэ. Сыл ахсын договорынан бултаан күндү түүлээхтэри туттарара. Булчут киһиэхэ биллэрин курдук саа арааһа баара. Дьэ ол саалара бары шифоньерга таҥастар быыстарыгар хараллан тураллара. Ол кэмнэ тоҕо сейфэни ирдээбэттэрэ эбитэ буолла? Билигин ол чааһыгар кытаатан тураллар. Тимир сиэйфэҥ суох буолла да сааланарыҥ көҥүллэммэт. Дьэ, ол курдук, биирдэ, кыра Таня диэн балтыбынаан (1 сыл балыс миигиттэн) хоско оонньуу сырыттыбыт. Онтон ыскаап иһиттэн дьэ саа бөҕөтүн хостоотубут уонна утарыта олорон сааларынан оонньоон бардыбыт. Арай көрбүтүм балтым Таня биир учугэй баҕайы сааны тутан олорор (онтум карабин эбит). Мин икки уостаах курковай сааны тутан олорор этим. Курогун тардыалыы сатаан баран, кыра киһи хантан кыайыахпыный, балтыбар ону биэрдим уонна кини тутан олорор карабинын ыллым. Онтон доҕоор, чыыбыһын тардааппын кытары саа эстэн дэлби барбата дуо? Буулдьа балтым атаҕын аттыгар түһэн муостаҕа дьөлө киирбит этэ. Дьэ ол кэннэ улаханнык таһыллыбыппын өйдүүбүн. Дьиҥинэн, итинниккэ улахан дьон сыыһалара буоллаҕа. Ботуруону хостообокко эрэ ууран кэбиспит этилэр. Баҕар өлбөт быабар буолан карабины балтыбыттан ылбытым буолуо.

Биирдэ сайын эмиэ балтыбынаан дьиэ үрдүгэр оонньуу сырыттыбыт. Араа-бараа буолан буолуо, наар бииргэ оонньуур этибит. Убайым Коля миигиттэн икки сыл аҕа, онон улахан киһи буоллаҕа буолан, биһигини кытары буккуһааччыта суох. Биирдэ эмит, үчүгэй баҕайытык оонньуу сырыттахпытына кэлэн ыһыталаан кэбиһээччи. Ол оонньуу сырыттахпытына хотоҥҥо кууруссалар айманнылар, ыт эккирэтэрин курдук. Маамам сайын аайы сымыыт баттатан чоппууска бөҕөтүн таһаарааччы. Кууруссалар сымыыттарын хомуйуу, чоппуускалары көрүү биһиги эбээһинэспитигэр киирэрэ. Дьэ онно ыксаан халахайданан кирилиэспин сыыһа үктээн биирдэ сиргэ баар буола түстүм. Дөйбүт быһыылаахпын, өйдөммүтүм аттыбар балтым тула холоруктуу сылдьар этэ. Тыына сатыыбын, салгыным тиийбэт. Балтым буоллаҕына кэлэ-кэлэ сирэйбэр үрэр. Онтон дьиэҕэ сүүрэн киирэн маамабар этэн өрүһүйбүттэрэ. Кирилиэс анныгар саһаанныыр этибит, ол хатырыгар кэлэн «сымнаҕастык» түспүт эбиппин. Син өр эмтэммитим. Кэнники балтыбын күлүү гынабын: «Тоҕо киһи сирэйигэр үрбүккүнүй?» диэн. Хата онтуҥ эппиэтэ бэлэм: «Акаары, мин үрэн эйиэхэ тыын киллэрбэтэҕим буоллар, өлүөҥ этэ» диэннээх. Дьэ оннук «өлүүттэн” быыһаан турардаах.

 

Никитина Т.П. ахтыыта

Кэм-кэрдии аастаҕын аайытын оҕо саастарыҥ кэмнэрэ ордук күндүркэйэн, үтүө өйдөбүл буолан хаалаллар. Мин ыал кыра оҕото буоламмын буолуо, тээтэбэр отой “мурун бүөтэ”, наһаа атаах этим. Кини баарыгар убайдарбар «киэптиир” этим барыларыгар, төбөлөрүн тыгыалааччыбын. Ол гынан сарсыныгар убайдарым бэйэбин “кэһэтээччилэр”. Тээтэбин күн аайы үлэтиттэн кэлэрин күүтэр этим, түннүк нөҥүө. “Кэрэкэттэ” диэн маҕан ата кэлэн иһэр буоллаҕына сүүрэн тахсааччыбын. “Кэрэкэттэ” барахсан, үчүгэй чычаас да ат этэ, мап-маҕан, билигин ардыгар түһээн кытта көрөбүн ол аты. Тээтэм биирдэ эмит маҕаһыыҥҥа бардаҕына миигин хайаан да илдьэ барааччы. Онно тугу эппиппин наар ылан биэрээччи. Биирдэ хаамар куукула ылан биэрбитэ, ол куукулам почти бэйэм саҕа этэ, тэҥҥэ тутуһан баран хаамааччыбыт. Киэһээ аһылык кэнниттэн сытан сынньанар идэлээх этэ. Мин онно төбөтүн туһунан олорон иннинээҕи уһун баттаҕын өрөрбүн сөбүлүүрүм, лиэнтэнэн баайан баанчыктыырым. Москваҕа ВДНХ-ҕа бара сылдьан миэхэ наһаа үчүгэй уоттаах, эргийэ сылдьар киһи бэйэтэ салайар танкетка аҕалбытын өйдүүбүн. Оччотооҕу оонньуур кэмчи кэмигэр олус күндү оонньуур этэ. Кэнники арыый улааппытым кэннэ Тойбохой, Сунтаар ыһыахтарыгар илдьэ барара. Сайыһарым оччото буолуо. Оччолорго массыыналар сылдьар суоллара Уһун Күөлгэ диэри оҥоһулла илик этэ. Кэлии-барыы барыта атынан мэҥэстиһэн барыы. Биирдэ ол курдук Сунтаарга ыһыахтыы барбыппыт: мин, тээтэм, убайым Лёня, аҕам табаарыһа Моисей уонна Данил диэн киһи. Сунтаарга атынан. Үс күн айаннаабыппыт, ол устата акка олорон испит оҕо атаҕым, олорор сирим аалыллан ыһыахтаабатаҕым, эдьиэй Полиналаахха дьиэлэригэр сыппытым. Ол курдук ыһыахтаабакка эрэ эмиэ үс күн төттөрү айаннаабыппыт.

Аҕабыт ыраахтан бултаан-алтаан кэллэҕинэ биһиги түүн да буоллун бары туран көрсөөччүбүт, аны санаатахха үрэхтэн эҥин кэлэр эбит. Туран көрсөрбүтүн билэр буолан тииҥ буһаран, эт үтэһэлээн аҕалааччы. Ону астына-астына сиирбин өйдүүбүн. Эбэһээт сакалаат кэмпиэт кэһиилээх кэлээччи. Аара кэлэн иһэн атыылаһара буолуо. Убаһа өлөрүүтэ туспа бырааһынньык буолааччы. Барыбытыгар тоҥ убаһа этэ, эт кырбыыр дуоска, быһах биэрээччилэр. Ону сиэччибит, наһаа да минньигэс буолааччы, онтон тээтэм силии охсуталаан биэрээччи.

Саас биэлэр төрүүр кэмнэригэр тээтэм хайаан да хоно сылдьан кэтиирэ. Саас ахсын биһиги эмиэ тээтэм базатыгар “Кубалаахха” барсааччыбыт, кулунчуктар хайдах төрөөн тахсалларын көрө. Ол курдук биирдэ “Кубалаахха” барбыппыт. Биир биэ төрөөрү өлөн хаалбыта, оҕото тыыннаах хаалбытын тээтэм дьиэтигэр аҕалбыта. Ол кулунчугу өргө диэри суосканан аһаппытым, киһини ыт оҕотун курдук сырса сылдьар буолбута. Онтон улааппытын кэннэ уопсай сылгыларга илдьэн биэрбиппит. Өссө биирдэ кулунчук төрөтүспүтүм, кып-кырачаан атахтаах этэ, онтукабыт төрөөт, чаас да буолбакка сүүрэн киирэн барбыта. Тээтэм сиргэ сылдьан наһаа да минньигэс отуу миинин буһарааччы. Наар миигин уонна Өлүөгү илдьэ сылдьааччы, Өлүөк ытыы-ытыы батыһааччы. Биирдэ айаннаан истэхпитинэ ат сыарҕатыттан түһэн хаалбыт этэ, биһиги син ыраах баран баран киһибит суоҕун өйдөөн көрбүппүт. Кэлбиппит киһибит тоҥуу хаарга ытыы олорор этэ, кыыһырбыт, «түүтүҥҥүтүүй» диэн хаһыытыы сатаабыт да истибэтэхпит. Онно сылдьан аан маҥнай сыал ытарга үөрэммитим, биир уостаах кыра үчүгэй баҕайы саа баар этэ.

Маамабытын кытта бойняҕа ынах өлөрүүтүгэр барсааччыбыт. Дьиэбитигэр кэллибит да маамам тута хаан кутан, ону бырылаччы буһаран сиэччибит. Харыҥ бүүрүгүн оһоххо үтэн сиирбин наар саныыбын, билигин да аҕыннахпына үтэн сиибин. Улуу Өктөөп бырааһынньыгар маамам наар бэрэски буһарар этэ.

Дьиэҕэ хааллахпытына «оскуолалаһа” оонньооччубут. Эдьиийбит Паша биһигини буукубаҕа, ахсааҥҥа үөрэппитэ. Хара чымыдааны паарта гынааччыбыт, онно кини урок биэрээччи. Элбэх оҕолоох ыалга оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр дииллэрэ кырдьык. Биһиги үс кыра оҕону көрбүт-харайбыт киһинэн эдьиийбит Паша буолар.

 

Сиэн кыыс Тапыева Лидия Мировна ахтыыта

Эбээ, эһээ диэн тыллар хас биирдии киһиэхэ улахан суолталаах тыллар. Эбээ, эһээ биһиги төрөппүт дьоннорбут таптыыр ийэлэрэ, аҕалара буолаллар. Мин ийэм өттүттэн ордук истиҥник саныыр киһибинэн эбээм Татьяна Макаровна Пахомова буолар. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар эбээбэр сылдьарбын наһаа өйдүүбүн. Эбээм барахсан мэлдьи үөрэ-көтө көрсөрө, үүттээх чэйинэн, минньигэс аһынан күндүлүүрэ. Чэй иһэ-иһэ ону-маны кэпсэтэрбитин өйдүүбүн. Уһун Күөлгэ эбээм бастакынан теплицаҕа оҕурсуу, помидор олордубута диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Саас эрдэ түннүктэргэ рассада бөҕө үүннэрээччи, теплицатын тахсан көрдөрөөччү, дьиэбэр оҕурсуу кэһиилээх ыытааччы. Эбээм тэллэй хомуйарын наһаа сөбүлүүр этэ. Хомуйан хортуосканы кытта минньигэс баҕайытык буһарааччы уонна маринуйдаан амсатар этэ. Уһун Күөл эбэҕэ убайдарым туу быраҕан мунду бөҕөтүн хаптарбыт буолааччылар. Ону эбээм наһаа минньигэстик ыһаарылааччы. Билигин мунду сиэтэхпинэ эбээм буһарбыт мундутун амтанын санаан кэлээччибин. Эдьиэй Света, Тамара, Паша, Коля суруйбут суруктарын аахтарар этэ уонна эппиэттээн сурук суруйар этибит: эбээм этэн биэрбитин суруйарым. Эдьиийдэрбит, убайдарбыт кэллэхтэринэ үөрүү-көтүү, көрсүһүү, кэһии тутааһына бөҕө буолааччы. Биирдэ эдьиий Паша улахан баҕайы ыыһаммыт эт аҕалбытын өйдүүбүн. Эбээм убаай Бааскалыын унтуу уллараллар этэ. Оскуолаҕа сылдьан унтуу, этэрбэс арааһын кэтэр этибит: эҥин араас үчүгэй билэлэрдээх тыс, суппуун этэрбэстэри.

Ийэм ас астаатаҕына, идэһэ өлөрүлүннэҕинэ, эһээм Бүөтүр (паапабыт аҕата) балыктаатаҕына эбээҕэр илдьэн биэр диэн соруйдаҕына түргэнник баран кэлэрбин өйдүүбүн. Биирдэ эһээм Бүөтүр эбээҕэр балыкта илдьэн биэр диэбитэ уонна эппитэ: “Чэккэллэ чэккэтин аҕаллым диэр”, – диир. Мин эбээбэр тиийэн инньэ диэтэҕим дии. Онуоха эбээм мөхтө: “ Һоо, бу кыыс хайдах эһээҕин ыыстыы тураҕын?» Мин онно саҥа билбитим эһээм хос аата “Чэккэллэ” диэн эбитин.

Эбээбин кытта элбэхтэ сир аһыгар сылдьыбытым: отоҥҥо, моонньоҕоҥҥо, хаптаҕаска. Отоннуу ыраах сатыы хааман барарбытын өйдүүбүн. Эбээм мэлдьи илдьэ сылдьар от күөх өҥнөөх балык иһиттээҕэ. Онтун туора сүгэн баран барара. Моонньоҕону хайдах түргэнник хомуйарга үөрэппитэ: хамсаппакка сэрэнэн аллараа өттүгэр былаат уурара уонна хомуйара. Тоҕо диэтэххэ буспут моонньоҕон таарыйдыҥ да сиргэ түһэн хаалара. Ол былаакка түспүт отоннорун иһитигэр кутара. Ол саҕана ким даҕаны өрүсүһэн эрдэ буһа илик моонньоҕону билиҥҥи курдук хомуйбаттар этэ. Хап-хара минньигэс баҕайы буолааччылар. Эбээм Кубалаахха от оттуур моой сирдээх этэ. Онно сайын аайы оттуура. Мин бэрт кыратык онно окко сылдьыспытым. Кубалаахха эбээм ол сирин кэлин хойукка дылы оттообуппут.

Билигин эбээлээх эһээбит биһиги кэккэбитигэр суох да буоллаллар куруук саныыбыт, ахтабыт. Кинилэр сырдыкка-кэрэҕэ уһуйбут тыллара, үтүөлэрэ, үлэҕэ-үөрэххэ сирдээбит өҥөлөрө биһиэхэ холобур буолуохтаах. Биһиги кинилэри өрүү үчүгэй тылынан, сырдык санаанан ахтан аһарыахтаахпыт.

 

Дьиэ кэргэттэр

Саввиновтар

Эдьиийбит Валентина Григорьевна 1951 с. олунньу 3 күнүгэр төрөөбүт. Арыылаах оскуолата аҕыс кылаастаах буолан орто оскуоланы Бүлүүчээҥҥэ бүтэрбитэ. 1970 сыллаахха 10 кылааһы бүтэрэн «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн комсомол ыҥырыытынан совхозка икки сыл ыанньыксыттаабыта.1972 сыллаахха Саввинов Мир Петровичка кэргэн тахсан икки кыыс, икки уол оҕону төрөппүтэ. Кэргэнэ совхозка араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. Эдьиийбит кулуупка дириэктэринэн, маҕаһыыҥҥа, олохтоох сэбиэккэ сэкиритээринэн үлэлээбитэ. Хас да ыҥырыыга депутатынан талыллан үлэлээбитэ. Кэнники сылларга оскуолаҕа делопроизводителинэн, лаборанынан, интэринээккэ, оскуолаҕа дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттар, ыытыллар тэрээһиннэргэ кыаҕа баарынан көмөлөһөр, быыһыгар маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр. Ынах сүөһү, куурусса ииттэн оҕолоругар, аймахтарыгар үүтүнэн, этинэн көмөлөһө олорор. СӨ вице-президиэниттэн Бочуотунай хайҕал суруктаах, СӨ 2007 сыллаах Киин быыбардыыр кэмитиэт аатыттан махтал суруктаах, улуус үөрэҕин салаатыттан элбэх хайҕал суруктарынан наҕараадаламмыта, үлэ бэтэрээнэ. Кэргэнэ 2001 сыллаахха ыарахан ыарыыттан суох буолбута.

Оҕолоро: 1. Саввинова Лилия Мировна (13.04.1974 г), Дьокуускайдаа5ы финансовый техникуму, ЯГСХА-ны бүтэрбитэ, идэтинэн экономист, Сунтаар улууhун статистика отделыгар сүрүннүүр экономиhынан үлэлиир, биир кыыс оҕолоох — Анастасия, 13 с., Сунтаар лицейин 7 кылааhын үөрэнээччитэ.

2.Тапыева Лидия Мировна,(12.09.1975), ЯГУ педагогическай факультетын, СВФУ Пединститутун бүтэрбитэ, Дьокуускай куоракка «Катюша» уhуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир. Кэргэнэ Тапыев Александр Анатольевич МВД автохаһаайыстыбатыгар суоппардыыр. Үс о5олоохтор: Сергей 20 саастаах, СВФУ ИЕН химическэй отделениетын 3 курсун студена; Анна 12с., ЯГНГ 6в кылааhыгар үөрэнэр; Михаил 10 саастаах, Дьокуускай куорат №10 оскуола 3б кылааhыгар үөрэнэр.

3. Саввинов Андрей Мирович, (10.10.1976), Сунтаардааҕы СПТУ суоппар үөрэҕин бүтэрбитэ, үс о5олоох: Виолетта — ЯГСХА 2 курсун студентката, Ванесса — Сунтаар лицейин 10 кылаас, Мирослав Дьокуускай куорат №9 оскуолатын 4 кылааhа.

4. Саввинов Анатолий Мирович, (13.02.1980), СВФУ Мирнэйдээҕи филиалын политехническэй институтун бүтэрбитэ, Сунтаарга РЭС-кэ электриктиир. Кэргэнэ Дарья Ильинична Сунтаардааҕы политехническэй лицейгэ английскай тыл учууталынан үлэлиир. Икки оҕолоохтор: Артур, Сунтаар начальнай оскуолатын 3 кылааhа, Дамир уhуйаан иитиллээччитэ.

 

Ефремовтар

Эдьиийбит Маргарита Григорьевна алтынньы 7 күнүгэр 1952 с. төрөөбүт. Аҕыс кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы тыа хаhаайыстыбатын техникумугар үөрэнэн лесник идэтин баhылаабыта. Идэтинэн үлэлии сылдьан Тойбохойго Ефремов Евгений диэн киhиэхэ кэргэн тахсан 5 оҕоломмуттара. Кэргэнэ армияҕа сулууспалаабыт сиригэр Читаҕа баран олохсуйбуттара. Оҕолоро, сиэннэрэ онно олороллор.

Улахан кыыс Городилова Марта Евгеньевна (02.03.1976г): Забайкальскайдааҕы инбэлииттэр обществоларын региональнай тэрилтэтигэр инструкторынан үлэлиир, Забайкальскай кыраай общественнай палататын чилиэнэ, Чернышевскай аатынан Забайкальскайдааҕы педагогическай университеты бүтэрбитэ, кэргэнэ -Городилов Юрий Вячеславович, суоппар, биир уоллаах — Цындуев Михаил Дашиевич (13.04.1996 г), 2017 с. Армия кэккэтигэр сулууспалаан кэлбитэ. Кыраайдааҕы культура училищетын бүтэрээри сылдьар.

Иккис кыыс: Кудрявцева Мария Евгеньевна (08.03.1980г.) — «Караван» эргиэн ситимин менеджера, үрдүк педагогическай үөрэхтээх, кэргэнэ — Кудрявцев Вадим Эдуардович, биир уоллаах – Павел (10.12. 2010г).

 

Үһүс кыыс: Ярославцева Елизавета Евгеньевна (09.03.1982г.), орто спец.үөрэхтээх, Читатаа5ы психоневрологическай интернакка дезинфекторынан үлэлиир, кэргэнэ — Ярославцев Денис Сергеевич, ыскылаат сэбиэдиссэйэ, оҕолоро: Маргарита (26.06.2003 г.), Сергей (24.11.2004 г.).

Улахан уол Егор (09.06.1983г.), кыра уол Максим 9 кылааска үөрэнэ сылдьан суол оhолугар түбэhэн суорума суолламмыта. Эдьиийбит 2003 cыллаахха соһумардык суох буолбута.

 

Шкулевтар

Светлана Петровна 1959 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Благовещенскайдааҕы пединституту 1983 сыллаахха бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран Сунтаар аҕыс кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабыта. 1987 сыллаахха олоҕун аргыһын Шкулев Анатолий Алексеевиһы көрсөн ыраах Абый улууһугар баран олохсуйбута. Оскуолаҕа учууталынан, директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа Дьокуускай куоракка олорор. Кэргэнэ идэтинэн суоппар. Биир кыыс оҕолоохтор: Макарова Мария Анатольевна (02.12.1987с), 2005с В.П.Ефимов аатынан Үрүҥ Хайатааҕы гимназияны кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, СВФУ филологическай отделениетын журналистика салаатын 2010с. кыһыл дипломунан, Математика уонна информатика институтун 2014 c.бүтэрбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Госалкогольконтроль управлениетын сүрүннүүр специалист- пресс-сэкиритээринэн үлэлиир. 2012сыллаахха Макаров Исай Николаевичка кэргэн тахсыбыта. Билигин оҕотун көрөр уоппускаҕа олорор. Кэргэнэ идэтинэн электрик. Икки оҕолоохтор: Миша (05.01.2015), Мира (07.11.2017).

 

Афанасьевтар

Тамара Петровна 1960 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн киириилээх-тахсыылаах, сытыы-хотуу буолан ахсыс кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы медучилищеҕа туттарсан үөрэнэ киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыhын, бииргэ үөрэнэр уолун Афанасьев Гаврил Николаевиhы көрсөн, 1978 сыллаахха студенческай сыбаайба оҥорбуттара. 4 оҕону төрөтөн, толору дьоллоохтук олоҕун тиhэх күннэригэр дылы олорбута. 1979 сылтан 2001 сылга диэри Сунтаарга, Эдьигээҥҥэ фельдшеринэн, сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. 2001 сылтан Дьокуускай куоракка көһөн кэлэн 1,3 нүөмэрдээх поликлиникаларга старшай медсестранан, процедурнай кабинекка, функциональнай диагностика отделениетыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 2015с. Саха Республикатын доруобуйатын харыстабылын туйгуна буолбута.

Оҕолоро: 1. Афанасьева Ньургустана Гаврильевна (08.06.1978) – урбаанньыт, икки кыыстаах: Ангелина (04.04.1999) Покровскай №4 оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, ЯГСХА 2 курсун студентката, Настя (16.09.2005) Покровскай №4 орто оскуолатын 6 кылааһыгар үөрэнэр.

  1. Афанасьев Анатолий Гаврильевич (30.08.1979), идэтинэн суоппар, биир уоллаах Богдан (26.02.2004), Дьокуускай куорат №25 оскуолатын 7 кылааһыгар үөрэнэр,
  2. Афанасьев Гаврил Гаврильевич (22.09.1991), урбаанньыт, ЯЭПИ 2015с.бүтэрбитэ, 2015-2016 с. армия кэккэтигэр сулууспалаан кэлбитэ.
  3. Афанасьева Тамара Гаврильевна (31.10.1998) – 2016 с. Дьокуускай №14 гуманитарнай лицейин бүтэрэн Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжка фельдшерскэй салааҕа үөрэнэр.

 

Пахомовтар

Петр Петрович 1961 сыллаахха кулун тутар 30 күнүгэр төрөөбүтэ. 1968 с. маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ. Оскуола кэнниттэн “ Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн девиһинэн салайтаран совхозка үлэлии хаалбыта. 1979 с.армияҕа ыҥырыллан алта ый Амурскай уобаласка үөрэниигэ сылдьыбыта, ол кэнниттэн Южносахалинскайга баран сулууспатын түмүктээбитэ. 1981 сыллаахха армияттан сулууспалаан кэлбитэ уонна төрөөбүт совхоһугар араас үлэлэргэ, онтон тракториһынан үлэлээбитэ. 1984 с. Яковлева Антонина Петровналыын ыал буолбуттара. Бырааппыт 1991 с. 30 эрэ сааһыгар ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан күрэммитэ.

Бэйэтин кэнниттэн икки оҕону хаалларбыта: 1. Пахомова Катерина Петровна (22.09.1985). 2008 с. ЯГУ физико технический институтун физический факультетын кыһыл дипломунан, 2015 с. Москватааҕы Профессиональнай инновация институтун юриспруденция салаатын бүтэрбитэ. Кэргэннээх, икки оҕолоох: Алеша (11.03.2007), Богдан (27.11.2013). 2. Пахомов Степан Петрович (30.05.1987), 2010 с. СГУ Мирнэйдээҕи филиалын политехническай институтун бүтэрбитэ. Үс оҕолоох: Алина (10.07.2004), Давид (18.03.2006), Виктор (17.05.2012).

 

Воробьёвтар

Парасковья Петровна тохсунньу 16 күнүгэр 1963 с. төрөөбүтэ. 1970 с. маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ. 1980 с. оскуоланы бүтэрэн баран «Оскуола — производство — үрдүк үөрэх» диэн путевканан «Сардаҥа» эдэр ыччат ферматыгар үлэлээбитэ. Ити сыл Коммунистическай партия кэккэтигэр киирбитэ. 1982-1984 сс. Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар зооинженернай салааҕа үөрэммитэ. 1984-1986 сс. Арыылаахтааҕы сельсовекка исполком сэкиритээринэн үлэлээбитэ. 1986-1988 сс. Фадеев И.И. аатынан Дьокуускайдааҕы финансовай техникумҥа финансист идэтигэр үөрэммитэ. 1988-1994 сс. Анаабырга финансовай отделга сүрүннүүр специалиһынан, ол кэннэ финансовай управление сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1994-2004сс. Эдьигээҥҥэ көһөн кэлэн бастаан администрацияҕа учуот уонна былааннааһын отделын начаалынньыгынан, онтон авиапортка расчетнай бухгалтерынан, Эдьигээн ЖКХ-тыгар сүрүннүүр экономиһынан үлэлээбитэ. 2004с. Дьокуускай куоракка көһөн кэлбитэ уонна күн бүгүнүгэр дылы ГУП ЖКХ РС (Я) плановай управлениетын сүрүннүүр специалиһынан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Үлэлээбит кэмнэригэр Министерство элбэх хайҕал суруктарынан наҕараадаланна: “Почетная грамота Минжкх и Э РС (Я) № 02-12/365 от 28.07.2006г” ; “Благодарственное письмо ЖКХ РС (Я)-№17/01-1156 от 21.12.2011г”; түөскэ анньынар бэлиэ «За заслуги в развитии ЖКХ и Э РС (Я)» №17-01/616 от 19.06.13г. “ Благодарственное письмо Министерства строительства и ЖКХ Российской Федерации-№260/пр от 29.05.14г” 2014 сылтан Үлэ бэтэрээнэ. Үлэтин ыстааһа 36 сыл, ол иһигэр ЖКХ салаатыгар 19 сыл. 1989с Воробьев Владимир Леонидовичка кэргэн тахсыбыта.. Кэргэнэ Украина Донецкай куоратыттан төрүттээх, идэтинэн инженер-радиотехник этэ. 1984-1993 сс. Анаабыр телевизионной станциятыгар-инженеринэн үлэлээбитэ. 1993 с. орто дойду олоҕуттан барбыта.

Биир уоллаах: Воробьев Ладомир Владимирович (10.01.1990), 2008 с. Дьокуускай куорат №19 оскуолатын бүтэрбитэ, «Инкотрейд» фирмаҕа системнай адинистраторынан уонна бухгалтер-калькуляторынан үлэлиир. 2014с Воробьева Анастасия Александровналыын холбоспуттара. Кэргэнэ «Майтона» фирмаҕа программирование отделын начальнигынан үлэлиир. Биир оҕолоохтор- Воробьев Ярослав Ладомирович.( 20.09.2017)

 

Пахомовтар

Николай Петрович 1966 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. 1983 сыллаахха Арыылаах орто оскуолатын бүтэрбитэ. Онус кылаас кэнниттэн “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” диэн ыҥырыынан совхозка таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ити сыл элбэх хайҕал суруктары, сыаналаах бириистэри ылбыта. 1984 сыллаахха күһүн Армияҕа ыҥырыллан, Бурятияҕа Телемба диэн дэриэбинэҕэ радиотехническай чааска сулууспалаан 1986 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. 1995 сыллаахха Эдьигээҥҥэ ийэлээх эдьиийигэр тиийэн онно олохсуйбута.1996 сыллаахха Эдьигээн кыыһын билсэн ыал буолбута. Ити сыл олохтоох аэропортка үлэҕэ киирбитэ. Дьокуускайдааҕы сибээс техникумун кэтэхтэн үөрэнэн 1998 с. бүтэрбитэ. АТС технигэ диэн идэни баһылаабыта. Ити идэтинэн 2012 сылга диэри сибээскэ радиотехнигинэн, технигинэн, дизелиһинэн үлэлээбитэ. 2013 сыллаахха куоракка көһөн кэлбитэ. Билигин охраннай агентствоҕа үлэлиир. Биир кыыс оҕолоох: Саргылана (26.02.1997 с.) – 2015 сыллаахха Эдьигээн орто оскуолатын бүтэрэн Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар киирбитэ, быйыл 2018 сылга үөрэҕин бүтэрэн салгыы ХИФУ-га туттарсар баҕалаах.

 

Пахомовтар

Леонид Петрович 1968 сыллаахха олунньу 1 күнүгэр ахсыс оҕоннон төрөөбүтэ. 1985 сыллаахха Арыылаах орто оскуолатын бүтэрбитэ. Оскуоланы бүтэрэн баран совхозка сүөһү көрүүтүгэр улэлээбитэ. 1986-88 сс Советскай Армия кэккэтигэр Чита куоракка сулууспалаабыта. 1989-1992 сс Красноярскай куоракка студеннаабыта. Үөрэнэ сылдьан 1991 сыллаахха ыал буолбута. Кэргэнэ- Бубякина Роза Петровна Уус-Алдан улууһун Суоттутуттан төрүттээх. Идэтинэн медик. Леня 1994-1996 сс. Дьокуускайдааҕы кооперативнай техникуму «Организация и управление кооперативом» диэн идэни бүтэрбитэ. 1997-2005 сс. Ис Дьыала министерствотыгар үлэлээбитэ. 2000-2005 сс. Дальневосточнай юридическай институт юрист идэтин кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. 2005 сылтан Охраннай агентствоҕа араас дуоһунастарга үлэлээбитэ. Билигин охраннай агентствоҕа дириэктэрдииир.

Икки оҕолоох: кыыhа Айыына (21.09.1992 с.), 2-с номердаах национальнай политехническай оскуоланы бүтэрбитэ. Үөрэҕин кэннэ ХИФУ финансово-экономическай институтун кыһыл дипломунан бүтэрэн Арктический инновационный центр диэн тэрилтэҕэ сүрүннүүр специалиһынан үлэҕэ киирбитэ. Билигин оҕотугар олорор, кэргэннээх. Кэргэнэ Саввин Прокопий Николаевич историк идэлээх, куоракка 27 номердаах оскуолаҕа учууталынан үлэлии сылдьар, кыыс оҕолоохтор: Тайаана (06.01.2016с); уола Айсен (02.04.1998 с), 2-с номердаах национальнай политехническай оскуоланы бүтэрбитэ. ХИФУ педагогическай институтун 2-с курсун студена.

 

Никитиннэр

Татьяна Петровна бэс ыйын 29 күнүгэр 1969 сыллаахха төрөөбүтэ. 1986 с. Арыылаах орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн Дьокуускайдааҕы финансово-экономическай техникумҥа үөрэнэ киирбитэ. 1988 с.техникуму кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын экэнэмиис салаатын кэтэхтэн үөрэнэн 2003 бүтэрбитэ. 1988 с.Никитин Юрийга кэргэн тахсан икки кыыс оҕону төрөппүтэ. 1999с.Эдьигээҥҥэ ийэтигэр, эдьиийигэр көһөн тиийэн онно олохсуйбута уонна күн бүгүнүгэр дылы бэйэтэ икки маҕаһыын арынан урбаанньытынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Урбаанньыт быһыытынан нэһилиэнньэҕэ спонсорскай көмө оҥорор. Ол курдук, « Бичиккэ» сыл аайы 6 оҕоҕо төлөөн сурунаал суруйтарар. Спортсменнарга, кыамматтарга биир кэмнээх көмө оҥорор. Ону таһынан нэһилиэнньэҕэ анаан тренажернай зал арыйан үлэлэтэр, дьоннор кэлэн күн аайы дьарыктаналлар. Үс сиэн тапталлаах эбээтэ. Оҕолоругар, сиэннэригэр атахтарыгар туралларыгар күүс-көмө буолар.

Оҕолоро: 1. Никитина Виктория Юрьевна (30.04.1989 г) Уһун Күөлгэ төрөөбүтэ. 2006 с. Эдьигээн орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. 2011 с. М.К.Аммосов аатынан Саха Государственнай университетын финансово-экономическай салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. 2011 сылтан Эдьигээннээҕи ГКУ РС(Я) «Центр поддержки предпринимательства РС(Я)» сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Икки кыыс оҕолоох: Валерия (2007 с.), 4 кылааска үөрэнэр, искусство оскуолатыгар үҥкүүгэ дьарыктанар. Анастасия, (2013 с.), «Ёлочка» уһуйаан иитиллээччитэ. Кэргэнэ Исаенко Максим Андреевич. Булдунан, балыктааһынынан дьарыктанар. Республикаҕа, улууска мас тардыһыытыгар ыытыллар күрэхтэһиилэр призердара.

Яковлева Светлана Юрьевна (09.08.1992). 1999-2004 сс. Эдьигээн орто оскуолатыгар үөрэммитэ, 2004-2008сс Алексеева авторскай оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Екатеринбург куоракка Ельцин аатынан Ураллааҕы Федеральнай Университет менеджмент салаатын 2013с., 2014с. ити университетка экономика управления предприятием диэн салаатын кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Кэргэнэ Яковлев Айсен Андреевич, (29.04.1993), Якутскэнерго тэрилтэтигэр юриһынан үлэлиир. Биир кыыс оҕолоохтор: Карина (19.05.2015с)

 

Уһун Күөл бөһүөлэгин олохтоох автора Еремеев Эдуард Данилович (Ээдьик) суруйбут кэпсээниттэн:

Ыраах Бочооной үрэҕэр торҕоннообут адьырҕа кыылга соһуччу түбэһии…

Бүлүү өрүскэ Сунтаар сэлиэнньэтиттэн өрө өксөйдөххө Илин-Дьэли үрэх тус соҕурууттан тардыыланан кэлэн түһэр. Үөһээҥи уҥа салаата Сэргэлээх үрэҕэ диэн ааттанан баранар баһа улахан өрүскэ – Өлүөнэҕэ түһэр Өргөдьөй үрэҕин баһын диэки тахсан ыйанар.

Улахан үрэх аҥаардас хаҥас салаалара: Бэс үрэҕэ, Тоҥус үрэҕэ, Харыйа, Доҕооной, Бочооной уонна Батар диэн үрэхтэргэ былыр-былыргыттан, инньэ Екатерина вторая ыраахтааҕы саҕаттан Хочо улууһун баайдара сүөһүлэрин, сылгыларын үүрэн таһааран кыстатар, сайылатар даҕаны эбиттэр. Ити үрэхтэр толоонноро, салаалара барыларын кэриэтэ оттонор ходуһалардаах, кыстык-сайылык дьиэлэрдээх, күрүө-хаһаа муҥунан сылгы, субай сүөһү үлүгэрэ бүөбэйдэммит сирдэрэ буоллахтара.

Айылҕата кэрэтинэн арааһа Кавказ кытыы өттүнээҕи сирдэрин санатар: аата-ахсаана биллибэт үгүс үрүйэлэр субуруһан киирэллэр, уҥуор-маҥаар үрэх сирэйдэригэр кэккэлэспит хайалары санатан онон-манан үрдээн, намтаан даҕаны ыла-ыла харах ыларынан хотоҕостуу субуллан, көҕөрүмтүйэн көстө-көстө сыҕарыйбаттыы сааһыламмыт курдук эрийэ-буруйа көстөннөр баран иһэр курдуктар…

Кэриилэрэ кугастыҥы араҕас сотолордоох биир тэҥ үрдүктээх хойуу бэс мастар, чагдалар үөһээ диэки этээс-этээс үктэллэнэн тахса тураллара. Көтө-көтө диэбит курдук ходуһа ортотугар суугунуур, тэлибириир хатыҥ арыылара, үрэх көҥүһүн устун анаан-минээн сырсыакаласпыкка дылы курдары көстөр чараас хатыҥ чараҥнара киһи хараҕын сымнаталлар. Арыт арбаҕар үөттэр көҕөрбүтүнэн сэлэлии үүнэн кэккэлэспит сирдэрэ, үөһээ соҕус иһирдьэ киирдэххэ арыы-арыы бүтүннүү тэтиҥ буолбут иһийэн турар миэстэлэрэ көстөллөр.

Хайа да диэки барбытыҥ иһин кур сэбирдэхтэринэн дьапталлыбыт сымнаҕас үктэллээх эрээри, быыһа-арда суох туора-маары түспүт дьиикэй сиһик талахтарын иһэ хайдахтаах даҕаны өҥүрүк куйааска сөрүүнүнэн сайа биэрэрэ. Халлааҥҥа харбыалаһар лиҥкиниир тиит ойуурдарын туһунан санатыллыбат даҕаны.

Чахчы даҕаны киһи-сүөһү кутун тутар ахтылҕаннаах, эмиэ даҕаны абылаҥнаах кэрэ дойдунан аатырара – биһиги Бочоонойбут!

Тайах барахсан тамайа сиэлэр маардара, кыыл табалар үөрүнэн субуруһар лабыкталаах чагдалара, хара тыа маанылаах адьырҕалара аа-дьуо дьаарбаһар эмпэрэ сыырдара, арыт сур бөрөлөр сундулуһар хапчааннаах үрүйэлэрэ, мас көтөрүн арааһа, түгэҕэ биллибэт дириҥнээх чүөмпэлэригэр ат адаҕатын саҕа кээмэйдээх соболоро – барыта манна бааллара.

Аны туран урукку улахан айан аартыктара эмиэ Бочооной үрэҕин туораан ааһаллара. Иркутскай губерниятыттан төрүттээх аҕабыт Попов Мисаил Павлович (Сунтаар Сиэйэтин оскуолатын төрүттээччи) 1867 сыллаахха бэскэ суруйан хаалларбыта сибилигин даҕаны турар. Ити иннинээҕи кэмнэргэ өрө турууну салайбыт Салават Юлаев уолаттарын ыраахтааҕы Екатерина вторая ыйааҕынан башкир-татаардары көскө ыыталаабыттара син өр кэмҥэ Бочоонойго олохсуйбуттара биллэр. Татаар айаана, Курас – Кураш диэн сирдэр ааттара билигин даҕаны оччотооҕу кэмнэри туоһулууллар.

Ити курдук улахан баай остуоруйалаах буолар эбит, билигин иһиллээбиккэ дылы буолан баран иһийэн турар дойдубут – Бочооной!

Төһөлөөх киһи-сүөһү субуллубута буолуой? Сис тыаларыттан хас эрэ мөлүйүөнүнэн ааҕыллар күндү түүлээх бултанна? Ыйааһын хараҕынан кэмнээтэххэ хас эрэ сүүс тыһыынча туонна булт этэ государствоҕа туттарылынна, дьоҥҥо үллэһиккэ барда? Остуоруйа дойдута – Бочооной барахсан быттыгыттан-хоойуттан барбах быктартаан, араас кэмнэргэ бэлэхтэтэлээбит быйаҥнарын ити курдук киһи ааҕан сиппэтин туһунан билинэбит эрэ.

– Мин билигин эһиэхэ кэпсиэхтээх түбэлтэм буолбута 42 сыл анараа өттүнээҕи кэм этэ эрээри, сыл – хонук. Күн бэҕэһээҥи курдук саныыбын, – диэн кэпсиир Сунтаар Уһун-Күөлүн олохтооҕо, билигин 71 саастаах Аввакумов Валерий Семёнович.

Бэйи, доҕор, тохтоо… Хаһан этэй? Хайдах этэй?

Торҕоннообут, ол аата арҕахха киирэр санаата суох аарыма адьырҕа кыылга – эһэҕэ соһуччу баҕайы көһүппэтэх өттүлэриттэн, түһээн даҕаны баттаппакка сылдьан биһиги – уһун-күөллэр үс тумус туттар дьоммут түбэһиилэрин туһунан мантан аллараа дьэ хайдах баарынан эһиэхэ, ааҕааччыларга, киһим бэйэтин кэпсээниттэн харыс даҕаны халбарыйан көрбөккө тириэрдэргэ кыһаныам.

1976 сыл, алтынньы ый бүтүүтэ. Оччотооҕу «Тойбохой» сопхуос кадровай булчуттара түүлээххэ, эккэ дуогабардаһан «тыалыы» тахсар кэмнэрэ этилэр.

Биһиги Уһун-Күөлбүтүттэн кадровик-булчут Максимов Данил Петрович – Тоҥус Дайыыла, 66 саастаах; Пахомов Пётр Данилович – сылгыһыттар звеньевойдара, 44 саастаах; Аввакумов Валерий Семёнович – сопхуос дальнобой суоппара, 29-таах эдэр киһи уонна биһиги бөһүөлэктэн төрүттээх эрээри куоракка олорор, «Ем.Ярославскай» аатынан музей үлэһитэ Яковлев Вильям Фёдорович, 31 саастаах; кадровай булчут үөрэнээччитэ диэн былырыын саҥа онус кылааһы бүтэрбит 18 саастаах Спиридонов Владимир Ильич буоланнар ыраах 20 көстөөх Бочооной үрэҕэр тахсыахтаахтар.

Үөһээ ааттаммыт үс киһи аттары сэтиилэммитинэн урут аттаммыттар. Биригээдэ кэнники икки киһитэ кэлин бөртөлүөтүнэн ыһыктарын кытта аттарын сыарҕаларын көтүтэн тиийэллэрин курдук кэпсэтии барбыт. Кинилэри кытта холбуу тойбохойдор бааллара үһү. Аттаахтарбытыттан биир күн хойутаан Егоров Федот Константинович салайааччылаах тойбохойдор биригээдэлэрэ аттаммыт.

Уһун-күөллэр Татаар айааныгар, анарааҥылар Тобох күөлүн дьиэтигэр түһүүлэниэхтээхтэр диэн буолбут. Дьиэлэр икки ардылара биэрэстэттэн эрэ ордук курдуга.

Атынан айаннааччылар, биһиги дьоммут, бастакы күннэрин Аллыҥа Дабдыр маарыгар кээһиилээх окко хастан киирэн хоммуттар. Үһүөн Сэбиэскэй Сойуус устун араас кэмнэргэ сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт, айан бөҕөтүн кыайа туппут, оччотооҕу кэмҥэ киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьон ахсааннарыгар киирсэр эбиттэр, бу бииргэлэһэн иһэр дьоммут.

Атынан айаннаан иһээччилэр тустарынан, кинилэр сылдьыбыт сырыыларын Бочоонойго айаннаан тиийиэхтэригэр диэри сиһилии билиһиннэрэр ордук эбит дии санаатым.

Тоҥус Дайыыла Чернышевскай муоратын анныгар тимирбит урукку Садын улууһуттан төрүттээх, омугунан чахчы эбэҥки эбит. Уоттаах сэрии төһө эмэ иннинэ биһиги дойдубутун булбут курдук кэпсииллэр. Оҕонньор сэриигэ иккис ыҥырыкка хабыллан 1942 сыллаахха Молотов, билиҥҥинэн Пермь куоракка байыаннай үөрэххэ түбэһэр.

Манна сылдьан дьэ эрэй бөҕөтүн көрсүбүт. Чаастарыгар «брюшной тиф» эпидемията тарҕанан букатын иэдэйбиттэр. Эбиитин кулакыга, быкка ыстараннар саллааттар эрэйдээхтэр кыһалҕалара эбии үксээбит. Дайыыланы кытта бииргэ Тойбохойтон сарсыныгар атынан хоҥнуохтаах Федот Егоров — Өрө тэбэр сылдьыспыта үһү.

Күнүскү үөрэх кэнниттэн тохтобулга таҥастарын устаннар көһөҥө тааска бүүрүктэринэн ууран баран, боростуойдук тааһынан үнтү охсуталаан маҥнай куруппаны ыһан кэбиспит курдук быттарын сааҕын мэһийэннэр санааларыгар көҕүрэтэллэрэ үһү диэн буолар. Полк улахан аҥаара иһинэн булларбыт. Киһи киһиэхэ кэпсээбэт балаһыанньата үөскэтэлээбит курдук буолар. Ол курдук мээнэ «ыыта» сылдьар буолаахтаабыттар. Бууттарын ис өттүнэн сылаас эрэ сүүрэрин билэллэр, мэктиэтигэр саппыкылара кытта туолара дииллэр.

Аҕыйах хонугунан хамыыһыйа кэлэн тыыннаах хаалбыттары (үгүстэрэ өлөөхтөөбүттэр) дьиэлэригэр төттөрү ыыталаабыттар. Федот хайдах эрэ арыыланан хаалан доруобайдарга киирсэн Арҕаа фроҥҥа аттанар, Данил дойдутугар сыккырыыр тыына эрэ ордон хайдах тиийэн кэлбитэ эмиэ туһунан остуоруйалаах буолуохтаах. Дьиэтигэр Тыһакыыска кэлэн холкуос үлэтигэр умса-төннө түһэр. Булт өттүгэр төрүү сыһыаннаах буолан мэлдьи ойууру кэппитин туһунан сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Ханнык кэмҥэ, хайа күҥҥэ бириэмэтиттэн көрөн кыыл ханна тохтуохтааҕын, ааһар сирин эндэппэккэ билэр, быһаарар ураты дьоҕурдааҕын туһунан элбэхтик кэпсииллэрин мин эмиэ истэр этим. Оннук мындыр, киитэрэй өйдөөх булчут быһыытынан сыаналанара мээнэҕэ буолбатах. Куоска курдук сыбдыйан тыаһа суох хаамара кытта кэпсэлгэ сылдьара. Оҕонньор бэйэтин кыанарын туһунан этэ да барыллыбат, оннук чэпчэкитик туттара-хаптара үһү.

Бүөтүр Пахомов. Үс сыл армияҕа сулууспалаабыт. Бастаан утаа Хабаровскай кыраай Советская Гавань куоратыгар стройбакка сылдьыбыт. Ити арааһа 1950-с сыллар саҥа саҕаланыыларыгар быһыылаах.

Онтон билиҥҥи айдааннаах Донбасска командировкаҕа сулууспатын түмүктүүр курдук сыаллаах айаннаан тиийэллэр. Сахалар үстэр үһү. Үһүөн сытыы-хотуу уолаттар буолан, көҕүһэн диэбит курдук бары биир кэмҥэ кэриэтэ кырасыабай хохлушкалары ойох ылаттаан кэбиһэллэр! Биһиги киһибит кэпсээнинэн арааһа дойдутун ахтылҕана баһыйан буолуо, сулууспата бүтэрин саҕана биир үтүө күн, получка кэнниттэн соҕотох чымыдааныгар сээкэйин хомунаат күрээн кэриэтэ дойдутун диэки түһүнэн кэбиһэр!

Кэлин биллибитинэн, билиҥҥи оҕолорун дьылҕалара тардыбытын күүһэ оччо буоллаҕа. Дойдутугар кэлэн ойохтонон оҕо-уруу бөҕөтө буолар. Сыспай сиэллээҕи илиитин иһинэн тутаттаан, устунан сылгыһыт идэтин баһылыыр. Кини кэпсээннэрин ис хоһооно мэлдьи нуучча омук күлүүлээх анекдоттарыгар майгынныырын өйдүүбүн.

Балыарый Аввакумов. 1966 сыллаахха ахсыс кылаас кэнниттэн уон аҕыһын туолаат армияҕа ыҥырыллар. Бастаан Челябинскайга тиийэн авторотаҕа түбэһэр. Манна үөрэнэн водительскайын биир бастакынан ылар. Оччотооҕу түгэх сир дэриэбинэтин уолугар – сахаҕа улахан ситиһии буоллаҕа!

Салгыы Свердловскай куоракка, онтон таһынааҕы чааска суоппарынан сулууспалыыр. Онно сылдьан ууну-арыыны араарбат аҥала аҥаардаах уолаттар эмиэ баалларын туһунан сөхпүтүн кэпсиир буолара. Киэҥ сиргэ суоппардаабыт эдэркээн уол «барааҥкатын» ыһыктыбакка сопхуос тиэйэр-таһар үлэтигэр кыттыспытынан барар.

Булчуттар Дабдыр маарыттан сарсыарда 6 чаас саҕана кээһиилээх отторуттан оронон тахсан, чэй өрүнэн иһээт салгыы айанныыллар. Түүн тоҥнум, аччыктаабыт эбиппин диэн тоҕо эрэ ким даҕаны үҥсэргээн саҥа таһаарбат. Арай аһыахтарын иннинэ, хоҥноору туран Тоҥус Дайыыла анал ынах муоһуттан хаһан оҥоһуллубут өссө ойуулаах, оһуордаах сиэпкэ уктуллар үрүүмкэтинэн кэмнээн испиири дьонноругар тыыннаахтыы иһэрдитэлиир эбит. Эмп курдук эрэсииминэн иһэн, баҕар, ол иһин тоҥмотторо буолуо.

Аара баран иһэннэр Бүөтүрдээх Балыарый элбэх саҥалаахтарынан бэйэлэрэ күө-дьаа кэпсэтэр буолуохтаахтар. Оҕонньор үөгүлүүрүн даҕаны аньыыргыыр улахан сэмэй майгылаах, сэмээр быһыта-баттаталаан сабыта саҥартыыр идэлээҕэ. Сэргээтэҕинэ күлэн мүчүҥнүү-мүчүҥнүү киэр хайыһара. Дьонноро онон-манан аһара ырааҕынан эрдэн бардахтарына буойталыыра даҕаны үһү.

Иккис хонуктарын дьоммут өрүс уҥуор эмиэ оттоох күрүөҕэ хонон тураллар. Хаар түһэн кыыдамныыр. Уулларын саҕана сытыйыы-ымыйыы да баара.

Үһүс хонуктарын Сунтаар Толстуойун анараатыгар Одо диэн сиргэ дьиэҕэ куурдунан-хайаан, арыый киһилии хоноллор. Мантан 7-8 көстөөх Татаар айааныгар Бочоонойго киэһэлик сөпкө тиийэр курдук суоттанан, өссө эрдэ тураннар сып-сап хомунаат салгыы айанныыллар. Бүөтүр уончалаах атыыры (урут миинньиллэ сылдьыбыт) көрүҥүн сөбүлээн буолуо, антах таһааран айааһыам диэн сэтиилэнэн иһэр. Оҕонньору кытта Балыарый эмиэ биирдии ат сиэтиилээхтэр, тахсыахтаах икки киһилэрин аттарын.

Айаннаан-айаннаан, сорохторун эмэһэлэрэ ыҥыырга аалыллан элэйбитэ хаҕыланан түһэрин саҕана, хабыс-хараҥаҕа киэһэ 7-8 чаас диэки дьэ тиийэн кэлэллэр – Татаарга, дьиэлэригэр.

Үлэлэрин үллэстэн бары саба түһэн ким туоҕу кыайарынан түбүгүрэн бараллар. Балыарый аттар хонук отторун кээһиилээх оттон түһэрээри гыммыта, күһүҥҥү ардахтар кэннилэриттэн тута тоҥорон кэбиспитэ моһуоктаабыт. Эргичиҥнии сылдьар уктаах атырдьаҕынан тардыалаһан көрбүтэ кыаллыбатах. Илиитинэн хастыы-хастыы дьиэтигэр сүүрэн киирэн хаста даҕаны аккаастыырын биллэрбит эрээри, оҕонньор сэмэй дьаһалыттан уоскуйан сөптөөх отун чааһы супту бадьыыстаһан син бэлэмнээбит. Сарсыныгар тойбохойдор дьиэлэриттэн от бириэстээччилэр тордуохтарын сылгылаан кэлиэх буолан кэпсэппиттэр. Айантан илистибит дьон аһаан баран «утуйбуттаахха» бараллар.

Таһырдьа ыттара кумуччу туттан, түүрүллүбүтүнэн онон-манан тарҕанан сыталлар. Оһох буруота туруору тахсар, халлааҥҥа сулустар бачыгыраспыттар. Ол аата түүн тоҥорон хачыгыратыыһы…

Сарсыарда 5-кэ оҕонньор туран оһоҕун эбэн биэрэр, чэй оргута уурар. Халлаан тоҥорбутун туһунан сибикилээбитин кыратык ботугуруурга дылы. Эдэр киһи Балыарый сэлээннэнэн диэбит курдук суорҕанын иһигэр эбии кирийэр. Бүөтүр тураары өгдөҥөлүүр. Оҕонньор эбии чүмэчи уматтан, ачыкыытын кэтэн баран сутуруотун абырахтанан барар.

Бүөтүр аттарыгар эбии от быраҕан киирдэ. Сыыйа-баайа туран, бэҕэһээ бэлэмнээбит ыттарын аһылыгын үллэртээн биэрдилэр. Кэлэн иһэннэр тииҥ суола элбэҕин көрөн санаалара көммүккэ дылы. Быйыл тииҥнэрэ бэскэ аһыыра биллибит.

Халлаан сырдаата. Бүөтүр мас хайыта хаалла. Оҕонньор бэйэтэ билэринэн эмиэ түбүгүрэр, киирэр-тахсар. Балыарый туоһапкатын туора сүгэн баран ыта «Васяны» батыһыннаран Тобох дьиэтигэр от тардар тордуоҕун сылгылаһа барар. Өссө кэннилэриттэн Бүөтүр ыта Тыраха сырсан иһэр.

Сотору ыттара харах далыттан сүтэллэр, иннигэр турар дьиэҕэ чугаһаан истэҕинэ бэйэтин ыта улаханнык уордайбыт куолаһынан айдаан бөҕөтүн түһэрбитинэн барар! Уол туоһапкатын эһэ тардан ылбытын билбэккэ хаалар, ботуруон уктар.

Чугаһаан тиийэн көрбүтэ биир ыта Тыраха ыраах тэйиччи кэриигэ билбэтэх-көрбөтөх курдук ону-маны тиҥсирийдэх буола сылдьар. Онтон «Васята» ампаар улахан түннүгэр өрө тура-тура айаҕыттан күүгэн аллыбытыгар онтугар харан ылар курдук бөтө-бөтө, арҕаһын түүтүн туруорбутунан, кутуругун эйэҥэлэтэн көрө-көрө тохтоло суох үрэр. Ардыгар иччитин диэки “хайыыбытый” диэбиттии хараҕын кырыытынан көрбүтэ буолар.

Балыарый түннүк таһыгар соҕотох бэс турарыгар сөрүөстэ охсор, ампаар иһигэр туох бэйэлээх саһа сытарын көрө охсоору бүтүннүү кулгаах-харах буолан турдаҕына, доҕоттоор… Атын күтүр бэйэлээх сирэйэ марбас гына түспэт дуо!

Улахан уһаат айаҕын саҕа сирэйигэр икки мутук төрдүлэрин курдук кугас харахтар уолу тобулу көрбүттэр! Ньылайбыт икки кулгаах дуомнара көстөллөр. Туһунан туллаҥныырга дылы эриллэҥниир киэҥ таныылардаах хап-хара мунна хаһыҥырыы-хаһыҥырыы уҥа-хаҥас быраҕаттанарга дылыта. Түннүк аллараа холуодатыгар ыстанарга бэлэмнэнэн уурбут икки баараҕай баппаҕайдарын тыҥырахтара тачыгыраһан тыаһыыллар… Биир хадьырыйыы барытын быһаарарын курдук кып-кыһыл өҥнөөх, араҕас аһыылардаах атан көрдөрбүт айаҕын иһигэр киһи төбөтө бүтүннүү даҕаны батыах айылаах. Көхсүн иһигэр саҥа таһааран уордаахтык киҥинийэр…

Онуоха эбии уоран сии сытар бурдугар улахан марбаҕар сирэйэ, инники илин атахтара миккиллибитэ дьэ кырдьык ынырык дьулаан кыыл эмискэ көһүннэҕэ!

Биһиги киһибит тоҕо эрэ бэһиттэн тэйэн, түннүк таһыгар турар буолан хаалбыт. Ханна эрэ, кимтэн эрэ, хаһан эрэ истибит дойҕоҕун саныы биэрбит, хата маладьыаһыҥ! Кыылы кытта эмискэ утары көрсөр түгэҥҥэ хаһан даҕаны эргиллээт куотума, утары көрбүтүнэн сэмээр кэннигинэн тэйэ хаамаҕын диэни тутуһан, бастаан бэһигэр төттөрү тиийбит.

Ыта барахсан иччитигэр адьырҕатын ыыппат сыалтан өссө ордук уордайан түннүккэ сабыта түһүөлээн, эриллэҥниир муннуну сыыһа-халты хабыалаан, салыннаран иһирдьэ төттөрү киллэрбит.

Бу түгэни мүлчү туппакка, биһиги киһибит тэйиччи соҕустан эргиллэ биэрээт муҥ кыраайынан дьонугар сүүрэн атаралыыр. Ыт обургу адьырҕатын ампаартан таһаарбакка айдаан бөҕөтүн түһэрбитинэн хаалар.

Дьонугар тиийэн Бүөтүрэ мас хайыта турарыгар ааһан иһэн: «Ампаарга эһэ сылдьар, тордуоҕу бэйэҕит сылгылааҥ», – диэбитинэн дьиэҕэ ойон киирэр. Дьиэлэрин иһигэр оҕонньор сол даҕаны сутуруотун абырахтанан бүтэ илигэ үһү.

– Бэйэҥ тордуоҕу баран сылгылаа, эһэ ампаарга киирэ сылдьар, – диэн эмиэ өс саҕа буолардыы хатылаабыт.

– Эһэ даа? – диэбитинэн ачыкыытын аннынан көрөн баран: – Дьэ, үчүгэй эбит! – диир кырдьаҕас. – Тэринэн, хомунан бардахпыт дии… Аттары тутаттааҥ, ноколор, – диэн наҕыл баҕайы куолаһынан киһилэрэ дьаһайар. “Туоҕун атай-тайматай, сатыы барбаппыт дуо”, – диэбиттэригэр:

– Били айаас атыыргытын кытта холбонуҥ, – диэн оҕонньор куолаһын соноппутугар тахсан аттарын бэрийбиттэр.

Үөһээ саа уурар туорай мастартан оронун үрдүгэр баар бүк түһэр курковай элбэрээктээх 16-лаах икки айах сааны Дайыыллара ылан, стволун дьөлөҕөстөрүн үрбүтэ буолан баран сүүрбэччэ иитиилээх тимир сүнньүөхтээх ботуруоннары саатыгар уган көрө-көрө бүк түһэртээн бэрэбиэркэлээбит. Сиргэ босхо түһэр ботуруоннартан тоҕо эрэ үс устууканы эрэ талан ыстаанын сиэбигэр уктубут. Тоҕо аҕыйаҕай, кэмчитэй диэҥҥэ эппиэт иһиллибэтэх.

Начаас икки ардыгар аттарын миинньэн, айаас атыырдарын сөбүлээбэтэллэр даҕаны сэтиилэнэн хоҥнооһун буолар. Оҕонньор тоҥкуруун ыта батыһан иһэр. Антах ыт саҥата сүрдээх…

Дьиэттэн тэйиччи кэриигэ аттарын баайталыыллар. Иккис ыт тиийэн саҥалара өссө хойдон сарылаһыы, ардьыгынаһыы аҥаардаах айдааны түһэрбэттэр дуо!

Дьоммут сэмээр үһүөн субуруһан, сааларын бэлэм тутан били бэскэ чугаһыыллар. Дайыыл уон алталаах икки айах саатын өрө тута сылдьар. Бүөтүр охот-карабиннаах. Балыарый маҕаһыына суох туоһапкалаах эбиттэр.

Ампаардарын аҥайбыт түннүгүн одуулаһа туран оҕонньор сэмээр Балыарыйыттан:

– Ноко, ампаар аана аһаҕас этэ дуо? – диэн ыйыппытыгар:

– Суох-суох, көрбөтөҕүм… – дэһии буолбут.

Иһирдьэ баар кыыллара баарын биллэрэн эргэ ампаар илигириэр диэри ырдьыгынаан тоҕо бараат, түннүгүнэн эмиэ бу былтас гына түспүт!

Дайыыллара инники туран отой даҕаны дьэ наҕылыйан: “Бэйи, тохтоо…” – дии-дии өссө бытаарбыкка дылы буолан, сэмээр сапсыйан Бүөтүрү аан чугаһынааҕы муннукка ыытар, бэйэтэ эмискэ баҕайы… Балыарыйа:

– Ыт, ыт! – диэн кэнниттэн өҥөҥнүү турдаҕына түннүк аннынааҕы муннукка аҕыйахта ыстаҥалаан эрэрэ баара, эһэлэрэ түннүгүнэн сулбу ыстанан эрэр курдуга… Ыттар сарылаһыылара-орулаһыылара, ону кытта даҕаһан саа тыаһа биирдэ соҕотохто дэлби бараатын кытта бүтүннүү дыымнай буорах буруота иннилэрин саба бүрүйэ охсор!

Уу-чуумпу сатыылыыр. Буруо дьарҕарыыта көрбүттэрэ ыттар адьырҕаларын үөһэ сүүрэкэлэһэллэр, убахтаһаллар. Киэҥ сири тайаан, умса сытар кыылларын моонньун икки өттүнэн хара хаан өрүтэ тыгыалыыр…

Ити барыта аҕыйах сөкүүндэ иһигэр, этэргэ дылы аҕыйахта чыпчылыйыах аҕай иннинэ быһаарыллыбыт түгэн син добуочча сыһыллан-соһуллан, бытаардыллан ойууланна-дьүһүйүлүннэ дуу…

Бүтүөх бүппүтүн кэннэ үөрүү-көтүү муҥура суоҕа билиннэҕэ дии. Сиэр-туом тутуһуллан Бүөтүрдээх Балыарый сэбилэммит кыылларыгар эмиэ «тыаһыыллар», аны астааһына хаалар. Сүлэ сылдьан көрбүттэрэ киһи сиэбэт кыыла аатырар. Былчыҥнарын быыстара хара синньигэс чиэрбэлэринэн туолбут. Ардай аһыылара букатын мүлүрүйэн хаалаахтаабыттар.

Маннык турукка киирэн, кырдьан, арҕах кыайан хастыбакка эһэ торҕоннообут эбит диэн быһаарбыттар. Этин-сиинин толору тута сылдьыбыта буоллар 500-тэн итэҕэһэ суох ыйааһыннаах буолуо эбит диэн Дайыыла оҕонньор быһаарбыт. Ампаартан чугас этин араҥастааннар харайбыттар.

Оҕонньор онтон:

– Бэлиэрий, ыл, ити баҕайыҥ тириитин били киэптиир айаас атыыргыт үрдүгэр саба быраҕан, ыырдан кэбис, – диэбитигэр дьэ Бүөтүрүнээн өйдөөннөр, киһилэрэ муударайын өссө төгүл итэҕэйбиттэр. Атыырдара хамсаан да көрбөтөх. Солко курдук сымнаан, онтон ыла чычааһа бэрт буолан хаалбыта үһү.

Сарсынын киэһэтигэр тойбохойдор, Федот Егоровтаах атынан Татаарга туораабакка Тобоххо көнө ааһаллар. Арай от тордуоҕун Балыарый кэлин сылгыласпыт буоллун! Тойбохойдор киэһэ тиийэн кэлэннэр, манаан сытар адьырҕалыын бэлэмэ суох хараҥаҕа эмискэ хапсыһаллара эмиэ туһугар улаханнык уустугуруон сөптөрдөөххө дылы. Ааспытын кэннэ санаатахха өссө амырыын быһылааннар буолаллара хаалбыт…

Өйүүнүгэр суолун баттаһа ыксаан, куоратын таҥаһын уларыттыбакка даҕаны оччолорго музей үлэһитэ Вильям Фёдорович хаалтыстаах бөртөлүөттэн түһэн соһуталыыр. Кылгас кэмҥэ «хаалтыстаах булчут» аатырар. Булка үөрэнээччи уол Болуодьа Спиридонов ити кэмнэртэн саҕалаан эмиэ элбэххэ үөрэммит, уһуйуллубут буолуохтаах.

Ити дьыл биһиги дьоммут түүлээхтэринэн элбэхтик бултуйбуттар. Арҕахтан өссө биири «хостообуттар». Балыарый эрэллээх доҕор ыта «Вася» кэлиҥҥи кэмнэргэ хаһаайыныгар, бииргэ бултуур дьонноругар өссө элбэҕи тэбэн биэрбитэ дэһэллэр. Эрдээх ыт ыарҕа талахха сөрүөстэн биэрэн тайахха тэптэрэн, онтон мөлтөөн дойдутугар киирэн оһоллонон өлөөхтөөбүт. Иччитэ кэриэстээн Бочоонойго таһааран, аныгылыы араҥастаан тимир буочукаҕа уган баран үөһээ баараҕай хатыҥҥа ыйаабыта билигин даҕаны турар.

Ытын аатын үйэтитээри кэлин икки көлүөнэ ыттарга «Васятын» аатын биэртэлээбитэ. Онтулара эмиэ аатырар-сураҕырар Бочоонойбутун элбэхтик уһаты-туора мээнэҕэ сүүрэккэлээбэтэхтэрэ биллэр.

Дьэ, хайдаҕый? Торҕоннообут эһэ төбөтүн уҥуоҕа Дьокуускайга «Ем.Ярославскай» аатынан краеведческай музейга харалла сытар. Санкт-Петербург куоракка быыстапкаҕа кытта илдьэн көрдөрбүт сурахтара баара…

Ээдьик. Уһун-Күөл. Сунтаар. 2018 сыл.

Олороллор (хаҥастан уҥа): Максимов Д.П.-Тоҥус Дайыыла, Аввакумов В.С., тураллар: Аввакумов Валерий С., Пахомов П.Д., Чириков И.Ф.

Түмүккэ

Оҕолорбут эбэлэрин, эhэлэрин, аҕаларын, ийэлэрин утумнаан үчүгэй үлэhит буолуохтарын, суох буолбут дьоммут сырдык ааттарын кэриэстиэхтэрин, өбүгэлэрин олохторун салҕаан үөрэтиэхтэрин баҕарабыт. Оҕолорбут, сиэннэрбит, үүнүөхтээх үнүгэс ыччаттарбыт бу кинигэбитин ситэрэн, кэҥэтэн, дириҥэтэн, саҥаттан саҥа тыыннаан, үйэлэри уҥуордаталыыр, көлүөнэлэри ситимниир олохпут көстүүтүн кэрэhитэ оҥоруохтара диэн бүк эрэнэбит.

*  *  *

Кинигэни хомуйан оҥордулар:

Шкулева С.П., Пахомов Л.П.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *