Оскуолаттан саҕалаан
Олус наһаа кыһаллан,
Олуктаахтык сирийэн,
Олохтоохтук кичэйэн
Орто сыананан кичэллээхтик үөрэнэн,
Олус чиҥ билиини мунньуммут.
Онтун төрүт оҥостон
Нуучча сиригэр тиийэн
Олоҕун устата айаҕын ииттибит,
Төрүт идэтин булунан
Үрүҥ-хара үлэ диэн
Үллэн-таалан хаалбакка,
Сирэ-тала барбакка,
Сүүрүү-көтүү былаастаах
Сирилэччи мөхсөөччү,
Күүстээх үлэ кэмигэр
Дуоһунастана сылдьан
Тойон буолан, киэбирэн
Топпой-типпэй туттубатах
Үтүө үлэһит бэрдэ!
Көнө, үтүө майгылаах
Күндү Баанньа!
Туора-маары чолойбот
Кэргэн киэнэ мааныта.
Аҕа киэнэ бастыҥа,
Эһээ киэнэ күндүтэ,
Көнө, үтүө майгылаах
Күндү Баанньа!
Татаар күөлүн соботунан,
Амма өрүс сордоҥунан,
Софронов күөлүн андытынан,
Томпо сирин-уотун хааһынан,
Сайыны көрсөр
Сайылыкка көһүү күнүгэр
Сандалы ньууругар толору
Томточчу үллэммит үөлүнэн
Бииргэ үөрэммиттэрин
Эҕэрдэлиир идэлээх.
Саха сирин тымныытыттан толлубакка
Күндү түүлээҕи эккирэтиһэн
Түҥ тыаны кэриийээччи,
Өттүк хараланан чугас дьонун кэрэһэлээччи
Урааҥхайдыы дууһалаах, сахалыы эйгэлээх
Күндү Баанньа!
Эн-мин дэһэр доҕотторгор
Кэккэ сыллар тухары
Күлэ-үөрэ кэпсэтэр,
Киирэ-тахса өй угар дьоһун киһибит!
Биир кылааска үөрэммит оҕолоргун кытта
Биһиги Айаннар диэн бөлөх тэринэн
Үөр ат күүһэ күүстээх
Көлүөһэлээх тимир көлөнөн
Сарсыардааҥы аһылыкка
Чуумпу Акыйаан биэрэгэр
Күндү балыктар хара-кыһыл искэхтэрин амсатан
Күүс-уох киллэрбит,
Күнүскү аһылыкка
Бүрээт аймак Баай күөлүгэр тиэрдэн
Атын омук итэҕэлин билиһиннэрбит.
Эбилик аһылыкка
Тыва эмтээх сылаас уулаах дьүктэтигэр
Сөтүөлэтэн ис турукпутун көннөрбүт.
Киэһээҥи аһылыкка
Монгол истиэбэр тэбиэннэри, яктары көрдөрбүт
Киппэ өһүө киһибит –
Күндү Баанньа!
Үтүө-мааны киһиэхэ,
Күндү доҕорбор, эйиэхэ
Ыкса-билэ дьонноргор,
Ыччаттаргар-сиэттэргэр
Кэлэр кэми кэскиллээн,
Үүнэр кэми үтэлээн
Үлүскэнник, үрдүктэн
Үтүө-дьол, уйгу-кэрэ, эрэ сыдьаайдын!

Киһи дьоһун сааска кэлэн баран ону-маны анааран көрөр. Ханнык баҕарар түгэни, кэмэ ааспытын кэннэ, кэнниҥ диэки хайыһан көрдөххүнэ эрэ кими кытта, ханнык кэмҥэ алтыспыккын ыараҥнатан, ыйааһыҥна ууран көрөн баран сыана биэрэн туран ахтар эбиккин. Онон манна суруллубут хас биирдии тылым дьиҥ чахчыны ыйаллар. Бииргэ алтыспыт кэмнэрбэр доҕордоспут, олохпут суолун устата элбэхтик эн-мин дэспит өйдөбүллэрбэр олоҕуран, атын сиикэй тыллары кыбыппакка, бүгүн эн тускар дьиҥнээх махтанар тыллары суруйабын. Үчүгэй киһи туһунан суруйар чэпчэки. Онон-манан эргиппэккэ туох баарынан, хайдах бииргэ сылдьыбыккынан суруйар буоллаҕыҥ!
Биһиги саҕанааҕы өйдөбүлүнэн саба бырахтахха “Райпо” томторун олохтоохторо бары кэриэтэ Тоскиннар, Петровтар, Заболоцкайдар. Диодоровтар, Ефремовтар, Романовтар Бабаҕа, Одьулуун, Мындаҕаайы төрүттээхтэр олохсуйбут сирдэрэ этэ. Аҕам Романов Пётр Семёнович кэпсэлиттэн өйбөр хаалбытынан Софроновтары кытта Романовтар төрүт сирбитинэн “Табыйык”, “Балыктаах”, “Локуоралаах”, “Софронов”, “Дулҕа” толоонноро, “Бабаҕа” үрэҕин орто сүнньэ, алаастара буолаллар. Онон отой кэккэлэһэ, дьукаахтаһа олорбут биир төрүттээх аймах ууһа буолабыт.
Бу сирбит 1930 сыллааха диэри Амма улууһун Сулгаччы нэһилиэгин сирэ эбит. Онтон Уот Субуруускай туруорсан Чурапчы улууһун сирэ буолар, колхуостааһын кэмигэр Табыйык киин буолан чугастааҕы ыаллар онно түмсэллэр. Онон мин Ваняны кытта биир хааннаах буолан, олус түргэнник биир тылы буолан доҕордоспуппут.
Аҕыйах тылынан этэр буоллахха Ваня – үтүө киһи. Ваняҕа быһа сыана биэрэр буоллахха – кини үөһээҥи айыылар быһаарыыларынан бэйэтин киинин түһэрбит дойдутугар – төрөөбүт Чурапчытын оройуонун уонна Саха сирин сайдыытын туһугар араас таһымнаах тэрилтэлэргэ, эҥин араас дуоһунастарга дьаныардаахтык уонна дьулуурдаахтык үлэлээн бэйэтин үтүө аатын олох суолугар өрөгөйдөөхтүк өрө тутан иһэр киһинэн ааҕабын.
Киһи быһыытынан үтүөнэн эрэ ахтыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ Ваня ханнык баҕарар киһиэхэ дуоһунаһыттан, чыыныттан-хааныттан тутулуга суох, хара үлэһит диэн үөһээнэн көрөн ааспакка биир тэҥнэ сыһыаннаһар. Доҕотторун чөмөхтөөн отоҥҥо-булка бииргэ сылдьар. “Айан” диэн бөлөх тэринэн чугас-ыраах сирдэринэн дьиэ кэргэнинэн сырытыннарар, барыларыгар үтүөнү эрэ саныыр майгылаах саха саарына буолар. Быһатын эттэххэ оҕону кытта оҕо, дьахтары кытта дьахтар, эдэри кытта эдэр, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас кини буолааччы.
Бэрт туруору көнө, ыгым соҕус майгылаах эрээри бары түгэҥҥэ сиэрдээх хамсаныылаах, олохтоох тыллаах-өстөөх. Үтүө-мааны ыал туллубат тутааҕа, эрэнэр тирэҕэ-эркинэ, дьон-сэргэ ытыктыыр-убаастыыр киһитэ буолар. Дьэ уонна манан бүтэрэн кэбиһиэххэ сөп этэ.
Ол гынан баран, кини туһунан күн тахсыытын көрөн олорон оллоонноон суруйар буоллахха…
«Сыл – хонук» дииллэрэ кырдьык даҕаны. Санаабар аҕыйах хонуктааҕыта оскуолаҕа үөрэнэн тиритэ-хорута, күлэ-үөрэ, сүүрэ-көтө, билэ-көрө, доҕордоһо, эн-мин дэһэ сылдьарбыт бу баарга дылы.
Ол курдук Баанньаны кытта сүрүннээн ахсыс кылаас кэнниттэн Чурапчыга үөрэнэ киирбитигэр ыкса билсибитим. Ол иннинэ быстах Софронов Мэхээлэлээххэ, аҕатын быраатыгар Одьулуунтан ол-бу кыһалҕанан кыһарыйтаран, сүрүннэээн ыһыах кэмигэр киирэр-тахсар этэ. Ол кэмнэргэ оҕо-оҕо курдук, биһиэхэ Райпо томторун оҕолоругар кэлэн сыстыһан бииргэ оонньоһоро. Онтон Одьулуун аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран Чурапчы сүрүн оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Онон эмискэччи бииргэ үөрэнэр одноклассниктар буола түстүбүт.
Санаабар охсулунна барыта – оҕо саас, Райпо томторо, буорах ыскылаата, оскуола!
Каапка, Ньооппуус, Эһэ Мымый, Дьуоргуй, Ньоох, Матвеев Феликс, Софронов Ваня, Томторук Боруонньа, Лёня Сивцев, Ганя, Ваня, Юра, Федя Тоскиннар, Хоос Оппуонньа, Гриша, Гоша Рязанскайдар уонна нуучча уолаттара Коля Павлов, Вова, Валера, Жека Кузмицкайдар «Райпо» томторун уолаттара, убайдарбыт Тоскин Ваня, Володя, Тима, Лука, Романов Петя, Ефремов Митя, Мэхээчэ харахпар илэ көстөн аастылар. Кыһалҕа диэн тугун билбэккэ көрүлээн сылдьыбыт кэмнэрбит! Үчүгэй да кэмнэр этилэр…
“Өтөхтөөх” күөлүгэр киирэн уолаттары кытта хаатыҥкаларбытын ойбоҥно уган сиигирдэн, тоҥорон мууһунан бүрүллүбүтүн кэннэ ону хаҥкы оҥостон, балык кэнсиэрбэтин эбэтэр сылгы сааҕынан шайба оҥостон хоккейдаабытынан барарбыт. “Буорах” ыскылаатыгар тиийэн “Александр Невский” туһунан киинэни көрөн баран биэдэрэлэри төбөбүтүгэр кэтэ-кэтэ немец рыцардара буолан саабылалаһа оонньуурбут. Ыһыах кэмигэр сымыыт сүүйсүүтүгэр, биир сыл Каапкалаах хаастарын сымыытынан үгүс сымыыты тобулу сынньан сүүйбүппүт. Олорор сирбит томтордорунан арахсан, оҕо аймах бөлөх тэринэн титирик мас саабылалаах киирсиигэ күөн былдьаһан эн-мин дэһэрбит. Билигин санаатахха улахан тэрээһиннээх хамсааһын эбит, оройуон киинин оҕото бүтүннүү кыттара.
Үс туман түһүөр диэри саабыла, лапта, үспүйүөн-милииссийэ, илиибитигэр хатыҥ туоһун кэтэн баран хайыта тардыһа оонньуурбут. Ол кэмҥэ сайынын Чурапчы сэлиэнньэтигэр хас алаас, кырдал, томтор аайы волейбол сетката тардыллан турара. Онно тиийэн Ванялыын волейбол оонньоон ыларбыт. Биһиги эрэ буолуо дуо, дьон-сэргэ бары түүннэри мээчик көстүбэт буолуор диэри сылдьаллара.
Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн дойдубут саҥардыы кыаҕыран атаҕар туран эрэр кэмэ буолан, олох чэпчэкитэ суоҕун да иһин бэйэ-бэйэбитигэр олус үчүгэй сыһыаннаах этибит. Оҕо эрдэхпитинэ биһиги көлүөнэ оҕолоро үчүгэйдик даҕаны бары бииргэ сылдьыбыппыт. Билиҥни курдук баайынан, ким харчылааҕынан хайдыһыы суоҕа. Бары бииргэ үөрэнэн, оонньоон, дойду кыаҕын ылан истэҕин аайы ону кытта тэҥнэ сайдан испиппит.
Бу кэмҥэ куобах мэнээҕэ буолан Хондунан, Тааттанан, Хатыҥ үрэҕинэн, Тимир умайбытынан киирэн хара тыаны кэрийэн куобахтыырбыт. Ол сылдьан орон анныгар түһэн тутааччылартан куоппуппут.
Оҕо эрдэхпиттэн бииргэ улааппыт доҕорбун Тоскин Ганяны кытта Бөтүгүттэҕэ лууктуу сылдьан дьикти көстүүнү көрбүппүт. Ол курдук биир да былыта суох ыраас күн куйаастан куотан күөл кытыытыгар турар дурдаҕа үссэнэ киирдибит. Ол олорон этиҥ этэр тыаһын истэн үөһээ хаҥтас гыммыппытыгар халлаан оройуттан үөһээттэн хара эттиктэр юла курдук эргичийэ-эргичийэ халлаантан таммалаан эрэллэрин көрдүбүт. Онтукаларбыт андылар эбит. Андыларбыт күөл ортотугар түһэн баран дурда иннигэр төбөтө суох икки дулҕа мончуук баарыгар тартаран, биһиги диэки устан таҕыстылар. Биһиги дурда иһигэр ньимис гынан баран, хайаҕас баарынан андыларбытын чуҥнуубут. Ол сытан саа былдьаһыыта буолла. Отут икки калибрдаах саалаахпыт, онтукабытыгар үс ботуруоннаахпыт.
Мин саам, онон маҥнай мин ыттым. Иитэ охсоот Ганяҕа биэрдим. Кини ытта, үһүстээтэ. Отучча андыттан дурда иннигэр үс анды өлө сытар уонна уонтан тахса анды күөл устун тарҕанан уста сылдьаллар. Атыттара көтөн хааллылар. Бэйэбит икки ардыгар сүбэлэһэн баран Ганя билисипиэтин үрдүгэр түстэ да Чурапчылаата, мин күөл аттыгар чуҥнуу-кэтии хааллым. Өр-өтөр буолбата, Тоскин Лукааскы Мэхээчэлиин водовоз массыынаҕа тыы тиэммитинэн тиийэн кэллилэр да күөлгэ киирэн андылары бултаспытынан бардылар. Ол кэмҥэ Ганя тиийэн кэллэ. Дьоммут туох да омуна суох күн аҥаарыттан ордук бултастылар. Уопсайа уон сэттэ андыны ылбыппыт.
Онтон Софронов Ванялыын күһүҥҥү куска Одьулуун дьүөдьэлэрин кэрийтэлээн, түөртүү-биэстии кустаах суолбутун кылгатан быһа түһэн Бэрэ күөлүгэр таҕыстыбыт. Билигин сааһыран баран толкуйдаатаахха Баанньа куһу кэрийэн бултуурун оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүр эбит. Арай көрбүппүт күөл быһытыгар “Москвич” массыына турар. “Туолбут” сайылыгын ферматын диэки күөл атаҕар биир киһи илимнии сылдьар. Бэйэбит толкуйбутугар, баҕар Чурапчыга бырахтарыахпыт диэн толкуйдаахпыт. Ол иһин массыына аттыгар кэлэн баран ол киһи биэрэккэ тиксэрин кэтэстибит. Арай киһибит биэрэккэ устан кэлбитигэр көрбүппүт Яковлев Василий Семёнович — Далан учууталбыт буолан биэрдэ. Соһуйуу буолла, мух-мах бардыбыт. Ону бэлиэтии көрөн учууталбыт бэйэтэ көх-нэм буолан, балачча өр сүрдээх истиҥник биһигини кытта кэпсэттэ. Түмүгэр хайҕанныбыт.
– Чурапчыга илдьэ барабын дуо? – диэбитин үрдүнэн, биһиги толломмут: – Уу көрө-көрө барыахпыт, – диэн аккаастаммыппытын оҕо сааһым түгэннэрин барытын биир киинэ лиэнтэтин курдук көрөн аастым.

Ити курдук ордук-хоһу санаспакка, бэйэ-бэйэбитин хардарыта көмүскэһэн, харыстаһан, үөхсүбэккэ-этиспэккэ бииргэ оонньоон-көрүлээн, бары тэбис-тэҥҥэ үөрэн-көтөн, биир ыал оҕолорун курдук – убай-эдьиий, быраат-балыс курдук санаһан эмдэй-сэмдэй улааппыппыт-иитиллибиппит! Сааһыран иһэн санаатахха олус да үчүгэй.
Умнуллубат онус кылаас.
Бириэмэттэн бириэмэҕэ саһарбыт эргэ хаартыскалары бэрийэ олордоххо, мэник-тэник оҕо сааһыҥ, оскуолатааҕы алтыспыт доҕотторуҥ, өйгөр-санааҕар хатанан хаалбыт өйдөбүллэр киһи дууһатын манньытар, санааны көтөҕөр иэйии киһиэхэ барытыгар биллэрэ буолуо. Сааһыран баран ханнык баҕарар киһи олорбут олоҕун эргиллэн көрөр. Ол көрүүтүгэр күндүттэн күндү, кини сүрэҕин-быарын сылытар, аан бастаан билии дьикти дойдутугар үктэннэрбит, куруутун сырдыгынан сыдьаайар дьонноругар муҥура суох махтанар. Оннук киһибитинэн биһиэхэ Татьяна Васильевна Максимова уонна Сивцева Валентина Ивановна – маҥнайгы кылааска көрсүбүт уонна онус кылааһы бүтэртэрбит үтүөкэннээх учууталларбыт буолаллар.
Аҕыйах тылынан этэр буоллахха, кинилэр биһиги ортобутугар сомоҕолуур үлэни сөпкө аттаран туруоран ыыппыттарын түмүгэр билиҥнэ диэри биир кэлимсэ буолан, эн-мин дэһэ сылдьабыт. Олус түмсүүлээх доҕордуу дьоммут.



Санаан кэллим бииргэ үөрэммит кыргыттарбын! Кылааспыт бастыҥ киһитин, комсорбут Макарова Марианнаны, Бабаҕаттан төрүттээх, Райпо томторуттан олохтоох Ефремова Еляны, биир араспаанньаны тута сылдьар эдьиийбин Романова Дашаны, сэмэй-нарын майгылаах Турантаева Айтаны, үрүҥ муос мээчиги лаппаакынан үнтү сынньа сылдьар Башарина Светаны, нууччалыы хааннаах бааһынай кыыһын Макарова Ларисаны, атаһым, убайым балтын Баишева Машаны, олус намчы-нарын дууһалаах Дьячковская Машаны, тыаһа-ууһа суох барытын дьаһайса сылдьар Слепцова Шураны, кэпсээн-ипсээн сэҥээрдэр Санникова Устяны, күлэн-үөрэн саататар Николаева Зинаны, баара-суоҕа биллибэт Ефимова Ираны.




Умнубаппын бииргэ үөрэммит уолаттарбын! Бэрт түргэн хамсаныылаах, сылбырҕа Петя Наумовы, үһүө-төрдүө буолан тустууга көмөлөөн охторбот буоларбыт Коля Давыдовы, кыра уҥуохтаах, сэмэй-көнө майгылаах Макаров Афоняны, будьурхай баттахтаах, гимнастиканан дьарыктаммыт, техника тойоно Кузьмин Афоняны, хаартыска иччитэ, фотоаппарат доҕордоох, сэһэн-кэпсээн кэһиилээх Попов Сашаны, бэйэтин бэркэ кыанар, олус үчүгэйдик волейболлуур, куһаҕана суох баскетболлуур, бэрт көнө-туруору майгыннаах Софронов Ваняны!
Мин Ванялыын биир томторго кэккэлэһэ олорбут уонна биир кылааска үөрэммит буоламмыт убайдыы-быраат курдук сылдьыбыппыт. Оскуолаҕа үөрэнэ барарбытыгар Мэхээчэ билиҥҥи дьиэтэ турар үрдэлиттэн кыһын хаардаахха кинигэлээх, тэтэрээттээх бартыбыалларбыт үрдүгэр олороот, биирдэ сырылаат оскуола айаҕар эмискэ баар буола түһэр этибит. Уруоктар икки ардыларыгар биһиги “А” кылаас уолаттара төһө да ахсааммытынан аҕыйахпыт иһин “Б” кылаас уолаттарын саабылаҕа (илиинэн төбөҕө охсуу) быһыта сынньан кэбиһэр этибит. Онно Баанньа, Умчик уонна Давыдов Коля сүрүн күүс буолаллара. Атыннык эттэххэ күүс-уох өттүнэн кыанар уолаттар эбит. Уруоктар кэннилэриттэн ким төһө бытархай харчыны “чикаҕа” сүүйбүтүн аахсан, бу миэнэ-эйиэнэ бөҕө буоларбыт.
Мин бэйэм спортка чугас соҕус буоламмын, Ванялыын өйбүт-санаабыт биир буолан оскуолабыт чиэһин үгүс күрэхтэһиилэргэ көмүскээн, төгүрүк мээчиги халлааҥна күөрэҥнэтэ, сиэткэ нөҥүө бырахсан үгүстүк тириппит-долгуйбут, бииргэ оонньоон-көрүлээн ааспыт кэмнээхпит. Оскуолалар икки ардыланынааҕы күрэхтэһиилэргэ сылдьан көрдөххө Таня Артемьева бурҕаҥнатан сүүрэрдээх кыыс этэ. Ону сөҕө-махтайа көрөр этим. Ити кэмҥэ күрэхтэһиилэргэ оҕолору саастарынан араарар этилэр. Ол иһин мин наар Таня быраатын Диманы кытта куруутун күөн көрсөн тахсар этибит. Дима атаҕар олус үчүгэйдик кыанара. Уһуну, национальнай ыстаныыларга оройуоҥҥа бастаабыта. Мин кини кэнниттэн наар иккис буолар этим. Ол оннугар сүүрүүгэ ылаттыырым.
Бу баар курдук өйдүүбүн – айдааннаах кылаас чааһын. Кылааспыт салайаааччытын сорудаҕын толорон труд уруогар Кылаас муннугун оҥорон санаабытын ситэн, үөрэн-көтөн кылаас чааһыгар киирбиппит кыргыттарбыт аан утары түннүк диэки чөмөхтөһөн тураллар. Отой иэдэс биэрэн тураллара өтө көстөр. Бэркэ кыһаллан оҥорбут Кылааспыт муннугун муостаҕа быраҕан кэбистилэр. Бу иннинэ оскуола биэчэрин кэнниттэн биһиги кылаас уолаттара нуучча кылааһын кыргыттарын атаара баран хаалбыппыт улахан айдааны тарпыт эбит. Дьэ биһигини, уолаттары, биир-биир кылаас иннигэр ыҥыран таһааран дьүүлгэ туруордулар. Онтукабыт аһары баран, аны икки кылаас бииргэ мунньахтаатыбыт. Түмүгэр уопсай тыл булуллан, оскуоланы бары олус үчүгэй сыһыаннаах бүтэрбиппит. Ол гынан баран бу түгэнтэн олус хомойобун, баҕар кылаас иһиттэн биир эмэтэ ыал дьон баар буолуохтарын сөп эбитэ буолуо? Миигиттэн уратылар бары саастаах уолаттар этилэр.
Ол быыһыгар “борооскутуйан” киэһээҥи, спорт оскуолалар уолаттарын кытта түөс-түөскэ анньыһарбыт, күлүүкэнэн охсулларбыт. “Остолобуой” тойотторо буолан ааһар-кэлэр “убайдарбытын” манаһарбыт. Почта тэрилтэтин салайааччытын “сүрэҕин хайытан” дьүүлгэ турбуппут. Кыһалҕа тирээтэҕинэ теплотрасса устун бэрт түргэнник сыылларбыт, кэмиттэн-кэмигэр хара ачыкыланарбыт. Биир түгэҥнэ общественнай бэрээдэги кэһии иһин уонча уол милииссийэлэргэ тутуллубуппут. Оскуолаҕа дьүүлгэ туран миэрэлэнэн көнүүгэ барбыппыт. Билигин санаатахха, адьас акаары быһыы эбит. Сыыһа туттарбыппыт буоллар ханна тиийиэхпит биллибэт, хаайыы дьоно да буолбут буолуо этибит. Кырыыһа үрдүттэн ону-маны көрөрбүт – оҕо сааһым мүччүргэннээх сырыылара чөмчөкөбөр элэҥнииллэр.
Оскуола кэнниттэн кылааһым кыргыттара Үрэх-Күөрэҕэ олус кытаанах усулуобуйаҕа “Оскуола – производство — үрдүк үөрэх” политикатыгар сөп түбэһэн, былаан туоларын туһугар үгүс үрүҥ илгэни ыыллара! Ону бигэргэтэн “Аартык” ыччат комсомольскай ферматыгар күүстээх үлэ оргуйарын илэ харахпынан көрбүтүм.
Кыргыттар бары ударник буолан оройуон хаһыатыттан түспэттэрэ. Күүстээх үлэ! Күүстээх аһылык! Аһастаах буолан киһи соһуйуор диэри топпуттара-уойбуттара. Үрэх-Күөрэҕэ боростуой истиэнэ обуойа алаадьы арыытынан «мэҥнэнэн» турарын бэркэ дьиибэргээн көрбүттээҕим.
“Туолбут” ферматыгар үрүҥ илгэ сайылыгын дьиэтин иккис этээһиттэн төкүнүйэн түһэн ферма салайааччытын Ванябыт кэргэнин Таняны эҕэрдэлиирбитин, ынахтары бостууктаан, акка мэҥэстэ сылдьан күрүө туорай маһыгар кыргыттары кэтилиннэрбиппитин эмиэ бу баар курдук өйдүүбүн.


Кыргыттарбыт барахсаттар! Куоракка киирэн “подготовкаҕа” үөрэнэр кэмнэригэр Чочур Мырааҥҥа походтаан киирбиппит эмиэ биир үчүгэй өйдөбүл буолан сылдьар.


Бэйэм оскуоланы бүтэрээт үрдүк үөрэххэ туттарсан киирбит буолан, бииргэ үөрэммит уолаттарбын барыларын кэриэтэ аармыйаҕа баралларыгар-кэлэллэригэр барыларын кэриэтэ атаарбытым уонна көрсүбүтүм. Бииргэ үөрэммит уолаттарым аармыйаҕа бэлэмнэнэн эрдэттэн баттахтарын кырыйсан тараҕай сылдьыбыттара. Ол онно буолбут аҕыйах мүччүргэннээх түгэннэртэн аҕыннахха сатанар курдук.
Ол кэмҥэ уолаттары аармыйаҕа ыыталларыгар хомуйар пууннара Покровскай тракка 13 км турара. Аармыйаҕа ыҥырыллан куоракка Ваня Давыдов Колялыын кэлбиттэригэр, кинилэр чурапчылар бөлөхтөрүгэр ыҥырыллыбыт уолаттар ахсааннарыгар киирсэн, куораттан хомуйар пууҥҥа тиийбиппит. Саха сирин араас оройуоннарыттан бэрт үгүс эдэр дьону муспут этилэр. Күн бүтүүтэ, киэһэлик утуйар миэстэ былдьаһыытыттан сылтаан Чурапчыттан уонна Тааттаттан ыҥырыллыбыт уолаттар эн-мин дэһэн турдулар. Бу икки бөлөх бэйэ-бэйэбитигэр “стенка на стенку турдубут. Мордьооттоһуу, тыл бырахсыыта, үөхсүү-суоһурҕаныы бөҕө буоллубут. Ванялаах Коля уонна мин эмиэ дайбаһарга-охсуһарга отой бэлэм турабыт. Ол быыһыгар маассабай охсуһуу буоллаҕына элбэх уол эчэйиэ диэн кэмигэр сөптөөх толкуй киирэн, бөлөх аайыттан биирдии киһини утары охсуһуннарыахха диэн сөпсөһүү буолла.
Таатталартан саха дьонугар бөдөҥ-садаҥ, доруобай уол тахсан дьонун иннигэр турунан кэбистэ. Биһиэхэ да мин дэнэр спортсмен уолаттар бааллара да, бу уол дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит уол эбит. Биһиги өттүбүтүгэр мух-мах барыы баар буолла. Ол турдахпытына Давыдов Коля: “Мин киирсэбин”, – диэн баран бөлөх иннигэр тахсан турунан кэбистэ. Биһиги Ванялыын Коля биһигиттэн лаппа баһыйар күүстээҕин-кыахтааҕын билэр этибит. Ол гынан баран маннык түгэҥнэ бэйэтигэр отой бигэ эрэллээх эрэ киһи маннык хамсаныан сөп. Мүччүргэннээх түгэҥҥэ, дьон туһугар бэйэтин толук уурарын аахсыбакка хорсун хамсаныытын иһин Коляҕа үйэм тухары убаастабыл! Хата бириэмэ барбыт эбит, байыаннай пуормалаах дьон кэлэн бэрээдэги олохтоон кэбистилэр.
Аармыйа кэнниттэн уолаттар букатын атын өйдөөх-санаалаах буолан кэлбиттэрэ. “Дембеля разве так встречают”, – диэн күүстээх тыллаах эр бэртэрэ этилэр. Көннөрү остолобуойга тото аһаан көрсөрү мыынаннар, “Петровка” маҕаһыынын нөҥүө үгүстүк сүүрүллүбүтэ. Эмиэ биир үтүө өйдөбүл буолан сылдьар.


Дьылҕабыт биирин иһин, олохпут суола тус-туһунан буоллаҕа. Мин үөрэхпин бүтэрэн баран идэбинэн Амма, Ньурба улуустарыгар үлэлээн дойдубуттан уонча сыл тэйэн хаалбытым. Онтон дойдубар кэлэн үлэлээн иһэн, тосту уларыйыы кэмигэр түҥ-таҥ түһүүгэ түбэһэн куорат киһитэ буолан хаалбытым. Онтон Ваня Москванан, Новосибирскайынан тиийэн тутуу үлэһитин идэтин ылан дойдутугар Чурапчыга кэлэн “Межколхозстрой”, ООО “Чурапчастрой” курдук тэрилтэлэргэ, онтон кэлин чааһынай тутуу тэрилтэтин тэринэн онно салайааччынан уһуннук үлэлээбитэ. “Дойдуну дьоно-сэргэтэ киэргэтэр, аатырдар” диэн дэлэҕэ эппэттэр. Ол курдук Ваня оройуоҥна сайдыы кэлиитигэр биир төрүт буолбут дьонтон биирдэстэрэ.
Үлэ буоллаҕа дии, киһини эҥин араастык мускуйар! Ытык кырдьаҕастарбыт үтүө үгэстэрин, кэс тылларын сиргэ-буорга тэпсибэккэ, эйэлээхтик-иллээхтик олоруохха, дьонум-сэргэм туһа диэн биир бигэ санаалаах үлэлээбит кэмнэрин тухары бу улахан тутуу тэрилтэлэригэр прорабтыы сылдьан, Чурапчы үлэһит дьонун олоҕун тупсарар туһугар күүскэ сүүрбүтэ-көппүтэ.
Олоҕум аҥаара урукку былаас анныгар барбыт буолан Коммунистическай партияны, Сэбиэт былааһын отой сирбэппин. Үчүгэйэ үгүс этэ. Биһиги көлүөнэҕэ, саамай сүһүөхпүт үрдүгэр сылдьар кэммитигэр, бу олоххо өссө тугу эмэ оҥоруох дьоҥҥо уонтан тахса сыл түҥ-таҥ түһүүгэ, былаас уларыйыытыгар туох да туһата суох сүтэн хаалбыта кыһыылаах. Үбэ-аһа суох кэмнэр кэлэн ааспыттара.
Ону ол диэбэккэ Ваня чааһынай тэрилтэ салайааччыта буола сылдьан, төрөөбүт, үлэлээбит дойдута Чурапчы улууһа чэчирии сайдарын туһугар өйүн-санаатын, күүһүн-уоҕун куруутун ууран кэллэ. Бэйэтин кыаҕынан туох ситиһиллэрин барытын оҥоруста.
Ону биһиги, бииргэ оскуолаҕа үөрэммит оҕолоро, кини хайдах курдук бэйэтин тэрилтэтин үлэһиттэрин ортотугар убаастабылынан туһанарын бэйэбит илэ харахпытынан көрбүппүт, эппитинэн-хааммытынан билбиппит.
Ол иһин Ваняны үлэһит, киһи быһыытынан тус бэйэтэ алаас оҕотун өйдөбүллэриттэн туораабакка, Чурапчытын үтүө үлэһит дьонун өйдөбүллэрин илдьэ сылдьарын иһин өрө тутабын! Ону тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, оройуонун дьоно таба өйдөөн, туруорсан Ваняҕа “Саха Республикатын үтүөлээх тутааччытын” аатын иҥэрбиттэрэ туоһулуур.
Билигин аарыма кырдьаҕас дьон аатыгар киирбиппит да иһин, биһиги кылаас оҕолоро бэйэ-бэйэбитин олох суолугар сүтэрсибэккэ күн бүгүнүгэр диэри эн-мин дэһэ сылдьабыт. Онно түмэр дьоҕурдаах Ваня Софронов уонна Петя Наумов кырдьык да тутаах дьоммут. Кинилэр биһиэхэ, төрүт сирбититтэн атын сиргэ үлэлии сылдьар дьоҥҥо, дойдубутугар тиийдэххэ болҕомтолоро сүрдээх, ытыстарын үрдүгэр түһэрэн көрсөллөрө олус минньигэс.

Кинилэр иккиэн Чурапчы улахан тэрилтэлэрин салайааччылара буолан туран Чурапчыларыгар үлэлээн-хамсаан олохтоох нэһилиэнньэ үтүө махталын ыллылар. Бу дойдуларын кэскилин туһугар күүскэ үлэлээбит уолаттар биһигини чөмөхтүүр сүрүн күүспүт диэтэххэ, ким да бииргэ үөрэммит оҕолортон утарбата буолуо дии саныыбын.
Ол курдук бииргэ оскуолаҕа үөрэммиттэр көрүстэрбит эрэ оҕо сааспытын ахтабыт, оҕобутугар түһэбит, биэстии сыл буола-буола бииргэ оскуоланы бүтэрбит оҕолор выпуһунан бэлиэ күннэргэ көрсөбүт. Ким туох ситиһиилэммитин, хайдах олорорун билсэбит, уруккубутун ахтыһабыт. Сааһыран, пенсионер сааска тиийэн баран бу уолаттар Чурапчы эҥэр олохтоох кылаастарын кыргыттарын, дьиэ кэргэттэринээн бииргэ “Айан” диэн бөлөх тэрийэн үөр ат күүһэ күүстээх көлүөһэлээх тимир көлөнөн Сахабыт сирин кэрэ миэстэлэригэр сырыттылар. Ол курдук Өймөкөөҥнө, Өлүөнэ остуолбаларыгар, Алданынан, Амма өрүс төрдүгэр тиийэ, аһары бараннар сарсыардааны аһылыкка Чуумпу Акыйаан биэрэгэр күндү балыктар хара, кыһыл искэхтэрин амсатан, күүс-уох киллэрбит, күнүскү аһылыкка Бүрээт аймак Баай күөлүгэр тиэрдэн атын омук итэҕэлин билиһиннэрбит, эбилик аһылыкка Тыва эмтээх сылаас уулаах дьүктэтигэр сөтүөлэтэн ис турукпутун көннөрбүт, киэһээҥи аһылыкка Монгол истиэбэр тэбиэннэри, яктары көрдөрбүт, хас сыл аайы Ийэ дойдуну көмүскүүр бэлиэ күҥҥэ биһигини бииргэ үөрэммит уолаттарын чөмөхтүүр дьаһалларын тэрийбит киппэ өһүө киһибит –
Ваня эйиэхэ махтал тылын этэбит!
Кэрэ сааспыт кэрчигэ,
Оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрбит,
Сүрэхтэргэ баар эбээт.





А.П. Романов, Бүтүн Россия
орто анал үөрэхтээһинин
бочуоттаах үлэһитэ.
