Слепцов Николай Иннокентьевич туһунан: Чараас эйгэ кистэлэҥин арыйааччы

Биллэрин курдук, сүдү дьон үксүн уопсастыбаннай сыһыан уустук кэмигэр өрө күөрэс гынан тахсан дьонун-сэргэтин үтүө сорукка туһаайаллар, сөптөөх суолу ыйан-кэрдэн биэрэллэр.

Биир оннук киһинэн айылҕаттан айдарыылаах саха омук биир сүдү киһитэ биоэнергетик Николай Иннокентьевич Слепцов-Сылык буолар. Кини бэйэтин айылҕаттан бэриллибит дьоҕурунан сир үрдүгэр аан бастакынан тоҥ сир усулуобуйатыгар үөскүүр локальнай аномальнай зоналары уонна аномальнай көстүүлэри, кинилэр киһи доруобуйатыгар куһаҕан дьайыыларын чинчийиинэн, ону суох оҥоруунан дьарыктанар. Бу отучча сыл дьон доруобуйатын туһугар бэйэтин харыстаммакка айылҕа кистэлэҥнээх дьайыытыттан харыстаан үлэлээн кэлбитин туһунан кинигэлэрэ – «Дыхание вечной мерзлоты» (2013 с.) уонна «Чараас эйгэ кистэлэҥэ» (2018, 2020 с.) олус диэн дьэҥкэтик туоһулууллар.

Николай Иннокентьевич Томскайдааҕы университеты 1976 сыллаахха физик идэтин баһылаан, ити специальноһынан ССРС НА СО Космофизическай чинчийиилэр уонна аэрономика институтугар сүүрбэ сыл үлэлиир. Ити кэмҥэ кини научнай чинчийиилэри автоматизациялыр программаны уонна информациянан хааччыллыытын оҥорор. Ити үлэтин иһин 1986 сыллаахха ВДНХ боруонса мэтээлинэн наҕараадаланар. Бу тахсыылаах үлэтэ саҥа хайысха буолан ССРС НА-гар итинник үлэлэри көрөр аналлаах Научнай сэбиэтэ суоҕа.

Онон үлэлэрэ бириэмэтин эрдэлээн кини научнай диссертациятын көмүскээбэккэ хаалар. Автор Институтка үлэлиир сылларыгар хайдах, кими көрсөн, ол көрсүһүү ыарахан ыарыыттан босхолоноругар, физик-материалист киһи өйүн-санаатын тосту уларытан, 180 кыраадыс эргитэн бу чараас эйгэҕэ киирбитин суруйар.

Тоҥ сир ириитэ тулалыыр эйгэҕэ, экономикаҕа, экологияҕа эрэ буолбакка, Николай Иннокентьевич-биоэнергетик, бэйэтин айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕурунан бу отучча сыл чинчийэн, үөрэтэн кэлбитин түмүгэр киһи уонна айылҕа – ирбэт тоҥноох сир сэрэхтээх сыһыанын Аан дойдуга бастакынан арыйда.

Тыа сиригэр үгүс ыал дьиэтин анныгар тоҥ ирэн, муосталара, оһохторо иҥнэри-таҥнары түспүт, дьиэлэрэ тимирбит буолар. Дьиэ анныгар уу мустар, оҥкучах үрдүгэр оронноро турар. Дьон доруобуйатын буомуруутун төрүөтэ манна сытар диэн быһаарар. «Абааһылаах» диэн көрдөрөр дьиэлэрэ бары итинник аномальнай зонаҕа тураллар. Ол иһин өбүгэлэрбит үйэлэр тухары «аһаҕас сир» диэн ааттыыр, «абааһылар киирэр-тахсар сирдэрэ» аномальнай зона буоларын быһаарар. Сымнаҕас климаттаах сиргэ итинник көстүүлэр суохтар эбэтэр отой сэдэхтэр. Ол иһин дьиэни тутарга үрдүк кураанах сир талыллыахтаах, дьиэ анныгар тоҥ ирбэт гына дьаһаныллыахтаах – сваяҕа эбэтэр дьиэ турар сиригэр эбии томточчу буор кутуохха, оҥкучах хаһыллыа суохтаах уонна хайаан да хара муоста баар буолуохтаах. Дьиэ маннык тутулуннаҕына кини анныгар тоҥ ирбэт, аномальнай зоналар үөскээбэттэр, дьиэлээхтэр доруобуйалара туруктаах буолар. Маннык дьаһаныы дьиэ сүөһүтэ турар хотонун тутарга эмиэ ирдэнэр, хотон анна ирдэҕинэ онно эмиэ аномальнай зона үөскээн сүөһү энөргиятын сиир, онтон кинилэр эмиэ ыалдьаллар.

Автор ыарыы тоҕо хос көбөн тахсарын чинчийэн үөрэтэр. Киниэхэ айылҕаттан дьоҕура ол төрдүн-төбөтүн быһаарарга улахан төһүү буолар. Кини кэтээн көрүүтүнэн ити эмтэммит дьон биополелара ыһыллан, биополелара көмүскүүр кыаҕын сүтэрэн уонна ити буорайыылара тас куһаҕан (патогеннай) дьайыыттан эбит диэн быһаарар. Ол иһин дьон ыарыылара хос эргийэн кэлэр эбит. Үгүс эмчит судургутук, ыалдьар эрэ органы эмтиир, тас дьайыылары суох оҥорботтор, биополеларын оҥорон-ыраастаан биэрбэттэр, ыарыы дьиҥнээх төрүөтүн суох гымматтар. Ол иһин ыарыы көбөн тахсар эбит. Дьиҥинэн, киһи биополетын ыраастаан, оҥорон баран эмтээтэххэ ыарыыны эмтээһин көдьүүстээх буолар. Аномальнай зоналар спортсменнар көрдорүүлэригэр улахан охсуулаахтарын быһаарар уонна ону туоратарга сөптөөх суолу быһаарар.

Николай Иннокентьевич наукаҕа өр сыл үлэлээбит киһи буолан элбэх эксперимент, үлэ бөҕөтүн ыытан уонна бэйэтин айылҕатынан аномальнай зоналары уонна көстүүлэри ментальнай ньыманан, ол эбэтэр кут-сүр, өй-санаа, тыл-өс күүһүнэн симэлитэри, суох оҥорору (нейтрализациялыыры) ситистэ. Бу үлэтэ кини биир улахан ситиһиитэ буолар.

Дьокуускай куораппыт ардах, хаар уута сүүрүгүрэр систиэмэтэ суох, онно эбии канализация уута тохтон ханна да барбакка дьиэлэр анныларыгар мустан кинилэри хамсаталлар, сир тоҥо ирэн дьиэлэр тимирэллэр. Тоҥ ирдэ, сир алдьанна, уу тохтоото, олохсуйда да аномальнай зона «өлүк» сир буолан хаалаллар. Итинник аномальнай зоналар киһи энергиятын супту оборо сыталлар, дьон-сэргэ араас ыарыыга хаптарар, аномальнай зоналар элбээн иһэллэр. Автор бэйэтин айылҕатынан сүүстэн тахса маннык аномальнай зоналары куоракка суох оҥордо. Бу маннык аномальнай зоналар республика бөһүөлэктэригэр, дэриэбинэлэригэр тахса тураллар.

Отучча сыл устатыгар хайдах курдук айылҕаттан айдарыылаах саха сүдү киһитэ олоҕу таптыырын, дьон олоҕун иһин бэйэтин доруобуйатын араас аномальнай көстүүлэргэ дьайдаран, кээрэтэн туран охсуһарын, дьиҥ чахчыга олоҕуран, сирин-дойдутун, дьонун-сэргэтин ыйан туран, элбэх киһини араас ыарыыттан быыһаабыт түбэлтэлэрин ойуулаан суруйбута ааҕааччы өйүгэр бэрт дириҥник киирэр. Ити сыллар усталарыгар 200-кэ, ол иһигэр 7-лии сылга тиийэ сахалыы ыалдьыбыт дьону эмтээн 120-тэн тахса киһи үтүөрбүт. Олортон 28 сылга тиийэ ыалдьыбакка сылдьар дьон бааллар. Үтүөрбүт дьонтон 50-чата автор кинигэтигэр холобур буолан киирбиттэр, кинилэр хайдах абааһыга дьайдаран буккуллубуттарын, хайдах эмтээн үтүөрдүбүтүн туһунан. Аны туран, бэйэлэригэр тиийинэн тыыннарын моҕообут оҕолор үөрдэрэ бииргэ үөрэммит табаарыстарын биополеларыгар киирэн, оҕолор ис өйдөрүн (подсознаниеларын) бэйэтин ис өйүнэн хам баттаан «зомби» оҥорон бэйэлэригэр тиийинэллэригэр ыҥыран суицид эпидемиятын 15 оскуолаҕа уонна биир лицейгэ тарҕаммытын тохтотон сүүстэн тахса оҕону быыһаабыт. Аномальнай зоналар ордук дьон психикаларыгар дьайан олох ыарахаттарын кыайан тулуйбаттар, ол иһин хотугу норуоттарга суицид элбэх.

Бу буола турар глобальнай ириэрээһин хотугу регионнарга улахан иэдээни экономикаҕа, экологияҕа эрэ буолбакка, бастатан туран сир тоҥун ирээһинэ бу регионнарга олорор дьон доруобуйатын туругар улахан охсууну оҥорорун өйдөөн республика правительствотын туһааннаах министерстволара автор рекомендациятынан итиннэ сөптөөх дьаһаллары ылыныахтарын наада этэ.

  1. Экология министерствота: тутуу барыахтаах сирин, чуолаан оҕолору иитэр, дьон-сэргэ олорор дьиэлэрэ-уоттара ыраас тыыннаах сир буоларын хааччыйар туһуттан, локальнай аномальнай зоналары быһаарар чинчийии ыытыллыахтаах уонна ол зоналар баар буоллахтарына олору ыраастаан суох оҥоруу. Бу үлэлэргэ анал үөрэхтээх киһи (оператордар) эбэтэр маннык үлэҕэ айылҕалаах дьону туһаныахха.
  2. Тутуу министерствота: уу тохтуурун, тоҥ сир алдьанарын суох оҥорору ситиһэр наадаттан куораттары уонна нэһилиэктэри тутарга вертикальнай планировка баарын ситиһиллиэхтээх; уу ханааллара, үрэхтэр тохтообокко сүүрүгүрдэллэрин ситиһиллиэхтээх; чааһынай дьиэ тутарга кини анныгар тоҥ ирбэтэ ситиһиллиэхтээх – үрдүк кураанах учаастак, үрдүк акылаат эбэтэр отсыпка, хара муостаны оҥоруу, оҥкучах дьиэ анныгар хаһыллыа суохтаах; сүөһү турар хотонугар эмиэ сир тоҥо ирбэт гынан оҥоһуллуохтаах.
  3. Муниципальнай былаас: нэһилиэктэргэ сир тоҥо ириитин тохтотор үлэ ыытыллыахтаах, аппалары-дьаппалары, быллаардары, уу хайа охсубут сирин сылааһы аһарбат матырыйаалынан (хатырык, мас көөбүлэ уонна да атын) тэлгэтэн баран буорунан-кумаҕынан көмүөххэ.
  4. Доруобуйа харыстабылын министерствота: эмтээһин көдьүүһүн үрдэтэр наадаттан бастаан ыарыһах биополетын көрөн-ыраастаан баран эмтээһини биир кэлимник ыытыахха. Эмчит ыарыы дьиҥнээх төрүөтүн буолбакка, судургутук ыалдьар эрэ органы эмтиир. Ыарыы дьиҥнээх төрүөтүн – «олук» сир уонна «абааһы» дьайыытын медицина суох оҥорбот. Ол иһин бастаан ыарыһаҕы тас дьайыылартан ыраастыахха, олорор дьиэтин көрөн-истэн патогеннай зоналары суох оҥоруохха, оччоҕо эрэ ыарыы хос көбөн кэлбэт, эмтээһин көдьүүстээх буолар. Бу ыраастааһын үлэлэрин айылҕалаах киһи эрэ кыайар.
  5. Спорт уонна физкультура министерствота: бастатан туран спортсменнар туруктарын-биополеларын көрөн бөҕө туруктаах гына көннөрүөххэ уонна тас дьайыылартан ыраастыахха; кинигэ автора тустууктарга медитация элеменнарын туһанан үлэлээбитэ кинилэр ситиһиилэригэр көдьүүһэ улаханын көрдөрдө уонна тустууктары кытта ис өйдөрүгэр (биопсихокомпьютердарыгар) үлэлээһинэ физическэй сайдыыларыгар, психологическай бэлэмнэригэр көннөрү үлэлиирдээҕэр хас эмэ төгүл көдьүүстээх эбит. Автоматизм, былчыҥ чувствительноһа диэн киһи биопсихокомпьютердарын үлэтэ буоларын быһаарар. Спортсменнары кытта ити хайысханан үлэлиир тренердэри, медиктэри, психологтары кытары бу айылҕалаах киһи үлэлэһэрэ наадата көстөр.

Үөһээ ыйыллыбыкка олоҕуран Николай Иннокентьевич чараас эйгэҕэ киириэҕиттэн дьонун-сэргэтин иннигэр бу отучча сылы быһа республикатын барытын кэриэтэ кэрийэн, айан араас саахалагар түбэһэн, аномальнай зоналар дьайыыларыттан биоэнергиялара буомурбут үгүс элбэх дьон араас ыарыынан ыалдьалларын, ол иһигэр ити дьайыылартан уйулҕаларыгар оҕустарбыт, депрессиялаабыт үгүс элбэх дьону эмтээн, суицид эпидемиятын оскуолаларга тохтотон сүүстэн тахса оҕону быыһаабытын, сэдэх билиитинэн-сатабылынан аномальнай зоналары сиргэ-дойдуга, дьиэҕэ-уокка ыраастаан, дьон кутун-сүрүн оҥорон, дьон доруобуйатын туһугар үлэлээн кэлбитин учуоттаан туран бу айылҕаттан айдарыылаах сахалар биир сүдү киһибитигэр «Саха Республикатын доруобуйаҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ» диэн бочуоттаах ааты иҥэрэр туһунан Саха Республикатын Ил Дарханын аатыгар хадатаайыстыба түһэрэр сөп этэ.

Николай Иннокентьевич кинигэлэрэ Хотугу Америкаҕа, Японияҕа уонна Арҕаа Европа аҕыс дойдутугар тарҕанна. Убаастабыллаах биир дойдулаахтарым, биоэнергетик Николай Иннокентьевич Слепцов-Сылык «Чараас эйгэ кистэлэнэ» диэн кинигэтин булан ааҕыҥ, сэргээҥ, олоххутугар туһаныҥ. Эһиэхэ барыта этэҥҥэ буолуохтун!

Николай КОНСТАНТИНОВ,

СР Гохранын инженерэ,

СР норуотун хаһаайыстыбатын

үтүөлээх үлэһитэ.

2021 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *