Яковлев Макар Макарович туһунан: Мафия дьыалатын хаһыспыт саха силиэдэбэтэлэ

Ийэтэ-аҕата суох улаатыы, оскуолаҕа үөрэнии, болуотунньук, тырахтарыыс буолуу, ССРС биир кыахтаах Свердловскайдааҕы институтун бүтэрэн юрист идэтин ылыы, спордунан дьарыктаныы, үрдүк кылаастаах силиэдэбэтэл, норуот дьокутаата, Арассыыйа чулуу дьонун кытта биир кэрдиискэ туруу, төрөөбүт республикатын өлөр-хаалар кэмигэр көмүскэллээх сокуоннары ылыныыга быһаччы кыттыы, науканан утумнаахтых дьарыктаныы, үгүс наҕараадаҕа, бочуокка тиксии. Свердловскайга Сахатын сирин чулуу юристара буолбут – Е.Ларионовы, Л.Диодоровы, В.Холмогоровы, Р.Михалеваны, Сойууска Кылаабынай прокурор буолбут Ю.Скуратовы эҥин кытта бииргэ, эбэтэр биир кэмҥэ үөрэммит уратылаах.

Бу барыта – М.М.Яковлевка олоҕо, дьылҕата, анарааттан анаммыт анала. Маны үксүн билбэхтэһэр курдугум, дойдутун дьоно “Биһиги Макарбыт” диэн дьоҕус гынан баран истиҥ ис хоһоонноох киинэлэрин эмиэ көрбүттээхпин. Бүгүн өрдөөхтөн алтыһар киһибин, өссө да ситэ-хото билбэт эбиппин итэҕэйдим. Бу күннэргэ Макар Макарович саҥа таһаарбыт “Кырдьык уонна көҥүл туһугар” диэн араас кэмҥэ биэрбит интервьюларын, суруйбут публистическай ыстатыйаларын мунньан таһаарбыт кинигэтин бэлэхтээбитин ааҕан баран итинник санааҕа кэллим.

Олоҕун барытын тоҕо ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыаҕай, муҥар, саамай эдэр кэмин ИДьМ систиэмэтигэр анаабыт уустук үлэлээх киһи. Москваҕа ГУМ хоруупсуйатын арыйыыга куорат үс оройуонугар кабинеттанан үлэлээбит, бу күн ханна баарын биллэрбэт инниттэн салалта оннук олохтообут. Сэрэхтэн, улахан мафия дьыалатын хасыһар киһини “дьаһайан” кэбиһиэхтэрин сөп диэн салалта сэрэннэҕэ. Эдэр силиэдэбэтэл ону барытын туораабыт ээ, икки сүүсчэкэ буолан үлэлээбиттэртэн иккиэйэх киһиэхэ “Бочуот Знага” уордьан биэрбиттэриттэн, биирдэстэрэ – саха уолугар Макар Яковлевка тиксибит! Мииринэйгэ алмааһы уорааччы армяннар дьыалаларын, Өймөкөөҥҥө көмүс инниттэн дьону өлөрүүнү эмиэ киниэхэ итэҕэйбиттэр. Оннооҕор Москва мафиятын арыйыыга кыайыылаах тахсыбытыҥ, дойдугар баҕас туттумахтаһар инигин диэтэхтэрэ. Итилэргэ эмиэ иирбэ-таарба уустук ситуацияны сөпкө быһаарбыт, буруйдаахтар булуллан сууттаммыттара. Мииринэйгэ алмааһы уорааччылар күннүүр кэмнэригэр мин баар эбиппин, буолбут сууттарыгар сылдьыбытым, залга киһи баппат үлүгэрэ этэ. Сайсары күөлгэ буолбут түбэлтэни Саха сирэ барыта, аҥаардас Е.Неймохов суруйуутуттан, кэлин киинэттэн да, билэр ахан. Уус-Алдан Майаҕаһыгар дьону өлөрүү аймалҕанын билэбин. Арай онно Макар Макарович быһаччы сыһыаннааҕын билбэт эбиппин. Сааныы, бэрик биэрэ, атыылаһа сатааһын үлэтин былаһын тухары арыаллаабыт. Свердловскайга үөрэҕин бүтэрэн кэлиэҕиттэн Саха АССР прокуратуратыгар ураты суолталаах дьыалалары силиэстийэлээһиҥҥэ ыстаарсай силиэдэбэтэл буолан Сахатын сиригэр эрэ буолбакка Магадан, Камчатка, Кемерово, Арҕаа Украина, Донецкай уобаластарыгар уһун командировкаларга сылдьыбыт, уустук, кутталлаах үлэлэргэ кыттыбыт.

Макар Макарович төһө өр итинник, мэлдьи өлүү-тиллии икки ардыгар сылдьыа эбитэ буолла, биллибэт. Дойдуга уларыта тутуу уустук, сэргэх кэмнэрэ кэлбиттэригэр дьоно-сэргэтэ кинини улуу ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр норуодунай дьокутаатынан талбыта. Билигин санаатахха үгүс да бастыҥ дьоммут оччолорго дьокутаат буолан бүтүн Сойуус ааттаахтарын кытта тэҥҥэ аахсалларын, кэпсэтэллэрин хаһыаттан ааҕа, телевизорга көрө олорбуппут. Барытын аһаҕастык, сирийэн көрдөрөллөрө: Анна Белина трибунаҕа тахсан Макар Яковлевы ханнык эрэ кэмитиэккэ киллэрэллэрин туруорсара; нуучча бухатыыра Борис Ельцин Амурскай уобаластан кэлбит кыракый уҥуохтаах Евдокия Гаеры кытта инники эрээккэ сэргэстэһэн олороллоро, эйэ дэмнээхтик кэпсэтэллэрэ; Тельман Гдлян доҕоро Евгений Ивановтыын микрофону былдьаһан тыл этэллэрэ; улуу Андрей Сахаровка тыл биэрбэккэ трибунаттан үүрэ сатыыллара; илиилэрин уунан куоластыыллара (кнопканы баттааһын киирэ илик хаалыылаах буоллахпыт); Михаил Горбачев куолас ахсаанын харандааһынан кумааҕыга суоттуу олороро.

Барыта дьикти, соһуччу этэ. Макар Макарович Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар биир паартаҕа олорон үөрэммит П.Осиповынаан улуу дойду – ССРС Үрдүкү Сэбиэтин чилиэнинэн буолбуттара Саха сирин историятыгар сэдэх уонна аны хаһан да хатыламмат түбэлтэтэ буолуохтаах. Буолаары буолан Прокопий Дмитриевич бүтүн Сойуус Үрдүкү Сэбиэтин экологияҕа кэмитиэтин сэкэритээрэ, ол аата — кэмитиэт бэрэссэдээтэлин уҥа илиитэ этэ. Оттон Макар Макарович буоллаҕына силовой структура хос кэмитиэтин салайар. Горнай улууһун чаҕылхай уолаттара Сахаларын сирэ, дьонун олоҕо тупсаарай диэн хайа да омукка баһыйтарбакка үлэлии-хамсыы, быһаарса сылдьыбыттар. Сойуус үрэллэн бу барыта тохтообута…

М.Яковлев дойдутугар эргиллэн сыл кэриҥэ үлэтэ суох сылдьыбыт, онтон Конституционнай суукка судьуйалаабыт. Сотору дьоно-сэргэтэ саҥа Ил-Түмэҥҥэ дьокутаатынан талаллар, ити кэмтэн кини олоҕун биир саҥа түһүмэҕэ саҕаламмыт. Федеративнай дуогабар, саҥа Конституция уустук докумуоннарын, онтон да атын республиканы көмүскүүр сокуоннары, аакталары оҥоруу түбүгэр тугун да быраҕан туран кыттар. Арассыыйа иннигэр Конституцияны ылыныыбыт, суверинеттаах Союзнай республика ааттана сылдьыыбыт кини уонна кини кэмин чаҕылхай уолаттарын үтүөлэрэ. Арассыыйа саҥа үрдүкү салалтата сахалары сыһытар, илиигэ ылар былааны ылыммыта билигин кэлэн кистэл буолбатах. Ол М.Николаевы уураттахха эрэ ситиһиллэрэ чуолкай буоллаҕа.

Бу кэмҥэ Макар Макарович президент уонна правительство аппараатыгар үлэлиирэ, барытын билэ-көрө сылдьара уонна туох баар күүһүн-уоҕун, билиитин-көрүүтүн М.Николаевы үһүс болдьоххо киллэрэ сатааһыҥҥа биэрбитэ. Утарсыы кытаанаҕа эбит, саха дьокутааттара Москваҕа делегациянан тиийэн утары үлэ ыыппыттара атын регион дьонун сөхтөрбүтэ биллэр. Төһө да Арассыыйа Конституционнай суута үһүс болдьоххо киирсэр сөбүн быһаарбытын үрдүнэн В.Путин утарытын билэн баран М.Николаев быыбартан аккаастанарга күһэллэр. Ити туһунан Михаил Ефимович соторутааҕы интервьютугар кэпсээн турар. В.Путин да, бэйэбит да дьоммут кинини сүгүн үлэлэтиэ суох этилэр дии саныыгын. Арай сахалар сомоҕолоһон киһилии үлэлэппиттэрэ буоллар? Татаардар курдук наһаа кум-хам туттарбакка, ылбыт тутулбутун ыһыктыбакка, туох эмэ бырааптаах республика буолан олоруо этибит дуо? Туох билиэ баарай…

М.Яковлев кинигэҕэ киирбит ыстатыйаларыгар, интервьюларыгар мин урут билбэтэх түгэннэрим элбэхтэр. Холобур, кини президент аппараатыгар үлэлии сылдьан Михаил Ефимовиһы кытта сыһыанын сорох түгэннэрэ. Наһаа элбэх кумааҕыны көтөҕөн киирэн остуолугар уурбутун биирдэрэ кыыһыран төттөрү элиппит. Муостаны биир гына ыһыллыахтаах кумааҕыны Макар Макарович хабан ылар уонна төттөрү киһитигэр быраҕар, биирэ хабан ылар. Арахсыах курдук буолаллар да Михаил Ефимович төттөрү ыҥырар, биирдэрэ да ааттааппат, кэлэн үлэлээбитинэн барар. Итинниккэ майгынныыр түбэлтэ хаста да хатыламмыт. Михаил Ефимович эдэрдэргэ кытаанаҕын, таах — мээнэ олорумаҥ, этиилэрдэ киллэриҥ диирин, мөҕүтэлиирин уруккуттан истэрим. Этиилэри киллэртиир, хардааччы, бэл кумааҕыны төттөрү кыыратар, таах олорбот, үлэһит, бэйэтигэр ханыылыы киһитигэр – Макар Макаровичка түбэспит быһыылаах. Кэлин уһугар уонтан тахса сыл, биирэ сенатор, биирэ киниэхэ көмөлөһөөччү быһыытынан бэккэ тапсан үлэлээн уурайбыттара.

Макар Макарович наһаа үлэһитин кинигэтиттэн да буолбакка билэр суолум. Арассыыйа үтүөлээх юриһа, Арассыыйа прокуратуратын Бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, Юстиция полковнига, генерал-майор курдук үрдүк ааттар мээнэҕэ бэриллибэттэрин ахтыахха. Кини сааһыран иһэн наука доктора, ХИФУ юридическай факультетын профессора буоларын мин бу суруйуубар кыайан быһаарар, ырытар кыаҕым суох. Тыа сиригэр төрөөн, буһан-хатан, олох араас олуурдарын оҕо эрдэҕиттэр билэн улааппыта барытыгар көмөлөстөҕө, күүс-көмө буоллаҕа эрэ диибин.

Хата Макар Макарович тоҕо Саха сирин тустууга федерациятын баһылыы сылдьыбыта дөбөҥнүк өйдөнөр. Тоҕо диэтэххэ, оскуола саҕаттан көҥүл тустуунан, хайыһарынан, дуобатынан ситиһиилээхтик дьарыктаммыт. Свердловскайга үөрэнэригэр ити көмөлөстөҕө – самбоҕа спорт маастара, институтугар эрэ буолбакка уобаласка кытта чемпионнуур. Ити туһунан кинигэтигэр сиһилии ахтар. Онон спорду этинэн-хаанынан билэр киһини федерация баһылыгынан талбыттара үтүө эрэ түмүктэрдээх буолбут: норуоттар икки ардыларынааҕы мачевай көрсүһүүлэри хаста да ыыттарар; Н.Тарскайы умуннара сатыыр кэмнэригэр кини аатынан күрэхтэһиини П.Е.Поповтыын сөргүтүһэр; Арассыыйаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиини Саха сиригэр ыыттараллар. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата эрдэҕинэ кинилэр ортолоругар соҕотох тустуук-дьокутаат, ол иһин ССРС тустууга федерациятын исполкомын чилиэнинэн быыбардаммыта, Үтүө Санаа Оонньууларыгар ССРС көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын делегациятын баһылаан илдьэ сылдьыбыта бэйэтэ туһунан кэпсээн. Саха чулуу тустууктарын, федерацияҕа үлэлээбит, чугастык алтыспыт буолан, бэккэ диэн билэттиир, кинигэтигэр ити туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтар.

Оттон экологияҕа үлэтин төһө билэллэрэ буолла? Итини мин балачча билэбин. Кини Саха сиригэр биир бастакы антиядерщик, дойдутугар ядернай эһиилэри хара маҥнайгыттан утарбыт киһи. В.Алексеев, В.Дохунаев буолан казах чулуу уола Олжас Сулейменов тэрийбит “Невада-Семипалатинскай” антиядернай хамсааһыныгар кытталлар. Бу – урукку Сойууска буолбатах, бастакы түбэлтэ. Макар Макарович О.Сулейменовтыын Америкаҕа ХНТ тиийэн ядернай эһиилэри бырачыастаан тыл этэллэр, кэлин Казахстаҥҥа үс төгүл баран Аан дойдутааҕы антиядернай форумҥа кыттыыны ылар. Олорго сылдьан билбит билиитэ, булбут-талбыт матырыйааллара күн бүгүнүгэр диэри туһалыыллар. ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутаат эрдэҕинэ доҕоро П.Осиповтыын Саха сиригэр ыытыллыбыт ядернай эһиилэр сирдэрин Сойуус дьокуттааттарын аҕалан көрдөрбүттэрэ. А.Яблоков саахаллаах “Кратон-3” эһиигэ сылдьан баран санаата уларыйан төннүбүтүн билэбин, наар көмөлөһө сатыыр этэ. Ити Сахабыт сиригэр сорох ученайдары аһаҕастык кыйахыыра, баҕар билэ-билэ таах олорбуттарыттан, кыһамматахтарыттан буолуо. Космофизика институтун дириэктэрэ Ю.Шафер “Кому это нужно?” диэн М.Яковлевы буруйдуур төбөлөөх ыстатыйата тахсыбытын өйдүүбүн. Ол кэмигэр сөптөөх харданы ылбытын кинигэбэр киллэрбиппин бэлиэтиибин.

Макар Макарович юрист буоларын быһыытынан суут систиэмэтин туһун тумнар кыаҕа суох эбит. Ол туоһутунан кини 2010 сыллаахха “МК” в Якутии” хаһыакка биэрбит интервьюта буолар. Интервью судьуйалар ортолоругар үгүстэри таарыйбыт быһыылаах, өһүргэнии, өстүйүү да баар курдук. Хаһыат нөҥүө аахсыы буолбутугар Макар Макарович сөптөөх хоруйу биэрбитин билэбит. Суут систиэмэтин боппуруоһа Арассыыйаҕа да, республикабытыгар да сытыытык турара кини Свердловскайга бииргэ үөрэммиттэрэ Л.Диодоров уонна Р.Михалева кэлиҥҥи сытыы ыстатыйаларыттан да көстөр. Тус бэйэм А.Максимовтааҕы 8 сыл устата эккирэтэн, сонордоон кыайбатахтарыттан үөрэ саныыбын. 190 мөлүйүөҥҥэ балыйа сатаан баран кыайбатахтара, баар докумуоннары буруйдуу сатааччыларга сирэйдэригэр быраҕан биэрэн уолаттар кыайыылаах тахсыбыттара. Ити уһун унньуктаах сууттартан биирдэстэригэр М.Яковлев, П.Осипов уонна Э.Березкин кэлэн олороллорун көрбүтүм. Бука наһаа бэккиһээн кэллэхтэрэ буолуо. Республикаҕа биллэр-көстөр дьонтон, кинилэртэн ураты, ити сууттары ким да өҥөйөн көрбөтөҕө…

М.Яковлев кинигэтигэр үгүстүк санаатын атастаһар. Таарыйбатах боппуруоһа да суох курдук. Кадр боппуруоһа, суут-сокуон ирдэбилэ, хоруупсуйа, холуобунай дьыала, экономика проблемалара бары ахтыллаллар, кинини долгуталлар. Ити барыта ордук хаһыаттарга тахсыбыт интервьюларыгар арылхайдык арыллаллар. Суруйууларыгар наһаа элбэх официальнай дааннайдар, сыыппаралар, чахчылар бааллара ааҕааччыга туһалаах буолсу, ордук суруналыыстарга. Биллэн турар, ааҕааччы барытын кытта сөбүлэһиэ суоҕа буолуо да, толкуйга түһэригэр саарбахтааһын суох. Атыттар курдук Б.Ельцины аҥаар кырыы хоруотаабат. Итинтэн астынным, бу сүдү киһи сахаларга үтүөтэ элбэх, биэрбитэ үгүс, В.Путин аҥаардастыы суйдаан ылбытын курдук буолбатах. Ити мин тус санаам.

Макар Макарович санаатын аһаҕастык, хорсуннук этитэлииртэн туттуммат, олор нууччалыы, сахалыы ыстатыйаларын, интервьютун ааттарыгар, онно этиллэр тылларыгар да көстөр. Кинигэ ис хоһоонунан кэпсэтии ыытыахха, ырытыы оҥоруохха, санаа атастаһыахха баар эбит. Ити эмиэ бэйэм тус санаам. Уонна саас да ыраатар, 75 саас кэлэрэ да чугаһаата, онон үлэтин, саныыр санаатын кэмигэр дьон билиитигэр сөпкө таһаарбыт дии санаатым.

Иван БУРЦЕВ.

Хаартыскаҕа: Билиҥҥи Ил Түмэн председателэ,

юридическай наука доктора П.В.Гоголев

2017 сыллаахха суруйбут ыстатыйата.

2021 с.

Яковлев Макар Макарович туһунан: Мафия дьыалатын хаһыспыт саха силиэдэбэтэлэ: 1 комментарий

  1. Светлана Долбараева, магистр народной медицины, член регистра международной комплементарной медицины

    Самый достойный, честный юрист, отличный семьянин хочу добавить от своего имени

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *