Николаев Виктор Макарович туһунан: Хотой Бииктэр үбүлүөйдээх 75 сааһыгар үктэниитигэр

Мин бу сырыыга ааҕааччыларбын бука диэн соһутарым буолуо. Бу баччааҥҥа диэри үлэ-хамнас, политика туһунан суруйан кэлбит буоллахпына, соһуччу мас тардыһыытын аҕатынан аатырбыт, саха норуота сөбүлээн, “Хотой Бииктэр” диэн ааттаабыт, саха тыллаах барыта билэр, тыыннааҕына уос номоҕор киирэн легенда буолбут мас тардыһыытын Бочуоттаах маастарын туһунан суруйуом.

Виктор Макарович Николаев Баһылай Манчаары спартакиадатын 3 төгүллээх кыайыылааҕа, элбэх республиканскай турнирдар чемпионнара, итини таһынан боксаҕа 75 кг ыйааһыҥҥа Саха университетын, республика призёра, Дьокуускай куорат гиря анньыытыгар чемпиона, силовой троеборье “Спарта” кулуубун чемпиона, 1986 с. Сунтаарга ыытыллыбыт республиканскай фольклорнай ыһыах 6 силовой көрүҥнэрин (кулун, хары былдьаһыытын, өһөс торбос, хапсаҕай, таас көтөҕүүтүн, мас тардыһыытын чемпионнара). 5-c юбилейнай республиканскай спартакиадаҕа төрөөбүт Сунтаарын оройуонун сүүмэрдэрбит хамаандатыгар киирэн “зачёт” биэрбит, Сунтаар улууһун, Сунтаар сэлиэнньэтин, Тойбохой, Уһун Күөл, Арыылаах нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо.

Маны таһынан кини Российскай Федерация, Саха Республикатын спордун сайдыытыгар өҥөлөрүн иһин Бочуоттаах бэлиэ хаһаайыннара, XX-с үйэ бастыҥ спортсменын номинациятын Сахаада лауреата, “Урожай” общество бочуоттаах үлэһитэ, Сунтаар улууһун спортка сайдыытын бочуоттаах үлэһитэ, итини таһынан “Правда” хаһыакка, “Вокруг света”, “Япония” сурунаалларыгар бэчээттэммит, ону ааһан умнулла сыспыт саха норуотун төрүт национальнай көрүҥүн саханы саха дэппит мас тардыһыытын Россия, Азия, Европа, аан дойду таһымыгар таһаарыспыт сүҥкэн өҥөлөөх.

Дьокуускай куорат сүүмэйдэммит хамаандатыгар киирэн, столица чиэһин 20 сыл көмүскээбитэ. Ол үтүөлэрин, Дьокуускай куорат спордун сайдыытыгар өҥөлөрүн иһин бочуоттаах бэлиэ хаһаайына. Сорох бытархай кыайыыларын-хотууларын умнуталаабыт буолуохпун сөп, ону ааҕааччыларым барахсаттар бырастыы гынаргытын көрдөһөбүн. Дьэ бу маннык ааттаах-суоллаах саха норуота өрүһүйэ икки народнай ааты биэрбит – “мас тардыһыытын аҕата”, “Хотой Бииктэр”. Дойду араас муннуктарыттан кэлэн аат суол былдьаһыытыгар эҥинэ бэйэлээх атыыр оҕуһу өрө туппут курдук дуолан бухатыырдарга биһиги уолбут Хотой Бииктэр иннин биэрбэккэ, “Александр Матросов” курдук амбразураны бүөлүү түһэн бэйэтин хаан-уруу сахатын норуотун түһэн биэрбэтэҕэ, норуот сыыспат.

Ол иһин даҕаны Хотой Бииктэр, мас тардыһыытын аҕатынан ааттана сырыттаҕа. Дьэ бу маннык сүдү спортсмен киһи туһунан, буолаары буолан 74 сааһын томточчу туолан юбилейдаах өрөгөйдөөх 75 сааһын көрсүүтүгэр үктэнээри олордоҕуна аҕыйах тылынан маннык кэрэ-бэлиэ киһи, бэйэм омукпар спортсмен, патриот киһи буоларым быһыытынан Хотой Бииктэр туһунан суруйуубун ытык иэспинэн ааҕынабын диэтэхпинэ сыыспатым буолуо дии саныыбын.

Мин Бииктэр Макарович «Хотой Бииктэри» спортсмен эрэ быһыытынан буолбакка, киһи быһыытынан эмиэ үчүгэйдик билэбин. Хайаан спортсмен эрэ диэн билбэт киһибин хаһыаттан эрэ аахпыппынан ыллым да суруйан барыахпыный? Мин бэйэм сылык киһи, айылҕаны эрэ сылыктыыр буолбаппын, киһи син биир айылҕа оҕото. Хата дьолго айылҕаны сылыктыырым курдук дьоҥҥо сылыгым бэйэбин түһэн биэрэ илик. Ол курдук “Хотой Бииктэр” кырдьык даҕаны киһи киһилээхпин диир, хараҕа-санаата туолар. Көрөрдүүн-истэрдиин, саҥалыын-иҥэлиин, киһиэхэ истиҥ иһирэх сыһыанынан чэбдик олоҕу тутуһар, ону ааһан чэбдик олоҕу пропагандалыыр. Чахчы даҕаны ыччаттарга холобур буолар саха чаҕылхай киһитэ.

Истэр былаһын тухары Хотой Бииктэр кимниин эмэ охсуспутун, этиспитин, оннооҕор маатырылаабытын истэ иликпин, оннук сымнаҕас сиэрдээх-туомнаах киһи буолар, атын буолар да туһа суох. Оннук ытык-мааны дьон төрүөхтэрэ буолар, төрөппүт аҕата Николаев Макар Титович сэрии маҥнайгы күннэриттэн сэриигэ ыҥырыллан 3 сыл толору сэриилэһэн ыараханнык төбөтүгэр бааһыран дойдутугар уонча боевой мэдээллэрдээх, ол иһинэн ханнык да ордеҥҥа бэриллибэт “За отвагу” окуопаҕа ылбыт мэтээлин оннооҕор хойут ылбыт “Отечественная война” 1-й степени Орденыгар биэрбэппин диирэ. Сэрии бастакы сылларыгар чугуйан иһэр армияҕа орден-медаль отой аҕыйаҕа, “За отвагу” медаль сэрии бүтэһик сылларынааҕы орденнартан быдан сыаналаах суолталаах этэ диирэ.

Дьэ ити уоттаах сэрииттэн эргиллэн кэлэн тоҕус оҕону төрөтөр, онтон түөртэрэ Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтоохторо, биир кыыһа Саха Республикатын Верховнай советын депутатынан икки төгүл быыбардаммыта. Тоҕус оҕолоро бука бары биирдии-иккилии үрдүк үөрэхтээхтэр. Маннык дьоһун ситиһиилэрдээх оҕолордоох ыал Саха сиригэр ахсааннаах буолуо дии саныыбын. Бу оҕолор убайдара Хотой Бииктэр курдук бары чэбдик олоҕу тутуһаллар, бары ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллар, пенсияҕа тахсыталаан эрэллэр.

Түмүкпэр, бэйэм кыччам санаабын үллэстиэхпин баҕарабын.

Көҥүл тустуу бастакы тренерэ Д.П.Коркин баар буолан уолаттарбыт Олимп чыпчаалыгар тиийбиттэрэ. Хаһан эрэ маспыт тардыһыыта Олимпиада көрүҥэр киирэн саха уолаттара олимпийскай пьедестал үрдүгэр туралларын көрүөхпүн баҕарабын. Онно Хотой Бииктэр аата ааттаныа диэн эрэнэ саныыбын.

Максим Николаевич СИБИРЯКОВ,

ССРС спордун маастара, Россия, Советскай Союз

түһүлгэлэригэр сахалартан ыарахан аҥаардаах

ыйааһыҥҥа аан бастакынан Россия,

Советский Союз түһүлгэлэрин кыттыылааҕа.

Икки государственнай: Кыһыл знамя, Бочуот знага,

Россия компартиятын икки орденын кавалера;

Таатта, Чурапчы, Амма оройуоннарын бастакы салайааччыта;

Таатта, Чурапчы, Амма улуустарын бочуотунай гражданина;

9-с, 10-с, 11-с ынырыылаах Саха Республикатын

Үрдүкү сэбиэтин депутата.

2020 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *