Ефремов Пётр Петрович туһунан: Музей сайдарыгар үгүс сыратын биэрбитэ

Бииргэ үлэлээбит эрэллээх табаарыһым, соратнигым, музей үлэтигэр уһуйбут үөрэнээччим Пётр Петрович Ефремов бу орто дойдуттан барбыта атырдьах ыйыгар сылын туолар.

Мэҥэ Бөкөтүттэн төрүттээх үөрэххэ, үчүгэйгэ баҕалаах уол армия кэнниттэн Геология Институтугар столярынан үлэлии-үлэлии СГУ историческай салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ.

Син балачча күүтэн Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга старшай научнай үлэһитинэн Сэбиэскэй история отделыгар үлэлии кэлбитэ. Отдел сэбидиссэйэ П.В.Винокуровтыын үс үлэһиттээҕэ: Е.С.Руфов, П.П.Ефремов. Ити саҕана музей салалтата уларыйан, холбоһуктаах Государственнай музей тэриллэн, оройуоннар музейдара холбоһуктаах музей филиалларыгар уларыйан тэриллэр буолан үгүс үлэ барбыта. Ити сылларга сэбиэскэй отделлар Бүтүн сойуустааҕы көрүүлэригэр музейбыт II миэстэ буолбута. Онон Пётр Петрович музей үлэтигэр, этэргэ дылы, төбөтүн оройунан түспүтэ, биир тутаах үлэһит буолбута. Научнай үлэни таһынан кини хаһаайыстыбанай үлэҕэ, тутууга дьоҕурдааҕа. Ол иһин сотору Пётр Петровиһы хаһаайыстыбаннай үлэҕэ солбуйааччы директорынан өрө таһаарбытым. Бу да үлэҕэ Пётр Петрович үчүгэйдик үлэлээбитэ, музейы материальнай-техническэй өртүнэн бөҕөргөтүүгэ, быыстапкалары (ол иһигэр международнай) тэрийиигэ, саҥа экспозициялары оҥорууга сүрдээх күүстээх үлэ барбыта.

Холбоһуктаах музей тэриллибитин кэннэ музей үлэһиттэрэ үгүстүк командировкаҕа сылдьаллара, музейдарга саҥа экспозициялары туруораллара. Пётр Петрович элбэх музейдары оҥорсубута, бу командировкаларга кинини дьонун көрө сылдьарыгар көрдөһөрүм, кинини оччо эрэнэрим. Кырдьык, биирдэ да түһэн биэрбэтэҕэ. Урут, культура министерствота оттуурга былааннаах буолара, турар-турбат бары оттуурбут. Пётр Петрович биир сүрүн отчут буолара, үлэни сатыыра, кыайара-хоторо бэрт буолан бэрт сотору Министерство тэрилтэлэригэр улахан авторитет буолбута, сайын аайы кинини оттото ыытарбар көрдөһөллөрө.

1981 с. бүтүүтэ Канадаттан төннүбүт экспонаттары, оборудованиены ыла Ленинградка барбыппыт, самолёппун күүтэн үс күнү быһа араас музейдары көрбүппүт, Невскэй проспект устун күүлэйдээбиппит. Пётр Петрович билиигэ-көрүүгэ, саҥаҕа, үчүгэйгэ өрүү баҕалаах буолара.

Айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун, сир астыырын олус сөбүлүүрэ. Куобах баарыгар син элбэхтэ кини дойдутугар куобахтаабыппыт, биирдэ дойдутугар Бөкөҕө бэркэ отонноон турабыт. Кэлин Александр Кимович Антоновтыын табаарыстаһан өрүскэ балыктыырын ордорор буолбут этэ, саас-күһүн оҥостон бараллара. Бүөтүр бултуур-балыктыыр массыыналаммыт этэ, атаһа-доҕоро, үгүстэрэ музейга чугас дьон, элбээбит этэ.

Пётр Петрович дьиэ кэргэнигэр олус бэриниилээх киһи этэ. Кэргэнэ Шура да Пётр Петровиһы өрүү өйүүрэ. Үчүгэйдик таҥнара, араас импортнай тирии таҥаһы сөбүлүүрэ, куругар тиийэ. Өрүү сиэбигэр харчылаах буолара. Пётр Васильевич оонньоон: “Мин бааным”, – диирэ. Олус тапсан үлэлээбиттэрэ.

Улахан үлэлэриттэн аҕыннахха, музей пристройун документациятын барытын кини оҥотторбута, көҥдөйө кини салалтатынан, хонтуруолунан тутуллубута. Максим Аммосов музейын Хатырыкка үгүстүк айаннаан, газ киллэттэрбитэ, фондохранилище тутуута эмиэ кини солбуйааччы эрдэҕинэ барбыта, Дьокуускай остуруок 1686 с. башнята реставрацияламмыта, Бүөтүр бэйэтэ биригээдэҕэ киирсэн үлэлэспитэ. Историческай факультет солбуйааччы деканынан (сайыҥҥы деканынан) үлэлии олорон, Пётр Петровиһы көрдөһөн, музей үлэһиттэриттэн биригээдэ тэрийэн учууталым, профессор Г.П.Башарин памятнигын Маҕан кылабыыһатыгар туруорбуппут. Уопсайынан, элбэх памятнигы көрбүппүт, туруорбуппут, реставрациялаабыппыт буолуо. Онно барытыгар табаарыһым барахсан, этэргэ дылы, уҥа илиим буолара.

Тааһы олус үчүгэйдик быһара. Народнай суруйааччы С.Т.Руфовы даачатыгар көмөлөһөн түннүктэри тааһын быспытын олус сөхпүтэ, хойукка дылы кэпсээн оҥосторо. Бүөтүр бииргэ үлэлиир табаарыһа Женя Руфов тылын быһа гыммакка, даача түннүктэрин алдьаппыттарын начаас быһан (линейкэтэ эҥин суох) кырдырҕаппыт этэ. Музейга үлэлии кэлиэн иннинэ столярдаабыт буолан тутуу, мас үлэтигэр олус дьоҕурдааҕа, кыайара-хоторо да бэйэтин киэнэ буолара. Даача тутуутугар (дьоҥҥо көмөлөһөн) кини маастардыыра. Табаарыстарыгар өрүү көмөлөһөрө.

Киһи быһыытынан олус көнө, судургу этэ. Эппит тылыгар турар, үлэтигэр ураты бэриниилээх буолара.

Кэнники сылларга оҕо сылдьан эчэйиитэ бэргээн бүөрэ ыалдьар буолбут этэ. Санаатын түһэрбэт этэ. Массыынатынан сылдьан эмтэнэрэ…

Атаспыт-доҕорбут Пётр Петрович ааспыт дьыл атырдьах ыйыгар бу олохтон барбыта. Кинини умнубаппыт, ахтабыт-саныыбын, суохтуубут…

Егор ШИШИГИН,

РФ, СР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ,

1976-2019 сс. Ем.Ярославскай

аатынан музей директора,

Россия музейдарын Президиумун

Бочуоттаах чилиэнэ.

2020 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *