Иванов Григорий Павлович туһунан

«Yйэтигэр табах тарпатах, арыгы испэтэх» диэн кэпсэттэхтэринэ «ама!» диэн саҥа аллайыыны хайаан да истэҕин. Оттон мин кэпсиир учууталым дьэ кырдьык оннук дьонтон биирдэстэрэ.

Григорий Павлович Иванов Аҕа дойду сэриитигэр бастакы хомуурга түбэһэн Туруктаҕа диэри туос сатыы айаннаан кыргыс хонуутугар сэрии бүтүөр диэри саа-саадах тутан сэриилэспит, дойдутугар «Албан Аат» III-с истиэпэнэ уонна «Кыһыл Сулус» уордьаннардаах эргиллибит Павел Алексеевич Ивановтаах бэһис оҕолоро.

1949 сыллаахха Сунтаар оройуонун Уһун-Күөлүгэр күн сирин көрбүтэ. Оччолорго нэһилиэк оскуолата аҕыс кылаастаах буолан орто үөрэҕи Тойбохойго бүтэрээт күһүнүгэр уол оҕо буолан сиргэ кэлбит иэһин толорон Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы барбыта.

1971 сыллаахха аармыйаттан кэлэн сопхуоска оробуочайынан икки сыл үлэлээбитэ.

Баҕа санаа туолуута

Онтон үөрэхтээх үлэһит буолар баҕатын толорон дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуоба куоракка Ленин уордьаннаах физическэй культура үнүстүтүүтүгэр туттарсыбыта да биир баалынан хапсыбатаҕа. Уол дьолугар ити үнүстүтүүт иһинэн тренэрдэри бэлэмниир оскуолаҕа ыланнар бэрт ситиһиилээхтик үөрэнэн 1976 сыл дойдутугар эргиллибитэ. Оройуон Yөрэҕириитин салалтатын салайааччыта И.С.Иванов дьаһалынан үөрэммит Арыылааҕын оскуолатыгар физкультура учууталынан анаммыта. Yүнүүгэ-сайдыыга тардыһыылаах эдэр киһи кэтэхтэн Омскай куоракка, онтон анал курсу бүтэрэн аны начальнай байыаннай бэлэмнээһин үрдүк үөрэхтээх учуутала буолан төрөөбүт Арыылааҕын ыччатын үтүөҕэ эрэ уһуйар биир тарбахха баттанар учуутал, тренер, араас физкультурнай секциялар салайааччылара буолбута. Бу туһунан мин бииргэ үөрэммит уолум, хомойуох иһин олоҕун орто омурҕаныгар тиийэн олохтон эмискэ ыалдьан туораабыт, подполковник Прокопий Тимофеевич Петров:

– Ханнык баҕарар оҕону таба тайанан эрэ буолбакка, дьаныһан дьарыктаатахха, ис сүрэхтэн ылсан эрчийдэххэ хайа да оҕо ситиһиилээх буолуон, үүнүөн-сайдыан сөптөөҕүн хаһан да умнубат, улаханнык ытыктыыр-убаастыыр учууталларым Николай Николаевич Никифоров уонна Григорий Павлович Иванов бэйэлэрин бэриниилээх үлэлэринэн көрдөрбүттэрэ — диэн ахтыытыгар суруйбута баар. Бу икки учуутал дьон элбэх оҕону спорт эйгэтигэр — тустууга, баскетболга, ытыыга, туризмҥа сыһыарбыттара.

«Арыылаах уолаттара бары уһуттар…»

Григорий Павлович үлэлии кэлээт тустууну таһынан баскетбол секциятын аһан ордук манна табыллан оҕолору эбии дьарыктаан барбыта. Кылаас кылааһынан уоллуун-кыыстыын бары күргүөмүнэн сөбүлээн дьарыктанар буолбуттара. Оскуола хамаандата оройуоннай күрэхтэргэ аны инники миэстэни былдьаһар күүстээхтэр ахсаааннарыгар киирбитэ. Хайаан да «За техническую и результативную игру» грамоталаах буолары ситиспиттэрэ. Аны саҥа сүүмэрдээһиҥҥэ тохсус кылаас уп уһун уолаттара – Григорьев Алеша, Сыромятников Вася, Тихонов Володя, Илларионов Гоша, Саввинов Володя эбиллэннэр «Арыылаах уолаттара бары уһуттар, дьиҥнээх баскетболистар» диэн буолбута.

Дьэ, бу «уп-уһун» уолаттартан В.И.Тихонов Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччыта буолан олорон «Учууталбыт Григорий Павлович Иванов сиэр-майгы, киһи быһыытынан үүнэн тахсарбытыгар киллэрбит кылаата улахан буоллаҕа. ϴрүү чиэһинэй, дьоҥҥо амарах, билиилээх-көрүүлээх, сахалыы киэҥ көҕүстээх, бэйэҕэ эрэллээх буоларга үөрэтэрэ-такайара» диэн кэпсиир. Оттон В.П.Саввинов эмиэ бу санааны бигэргэтэрдии «Күһүҥҥү ньургуһун» хоһоонун хомуурунньугар:

…Оҕо бэйэбит

Орто саастанныбыт,

Эдэр бэйэбит

Эмэн дэттибит.

Барыбытын ылан көрдөххө

Биир да мөкү киһи суох,

Бары олоххо тардыһыылаахпыт,

Биир тэҥ дьылҕалаахпыт, – диэн бииргэ үөрэммит оҕолорун туһунан хоһоонугар хоһуйар.

Бу курдук эт-хаан эрэ өттүнэн буолбакка ону сэргэ өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэнэ эмиэ чөл туруктаах буолууга уһуйбут оҕолоро күн бүгүн олох кэрэтин эрэ сомсоллор, үөрүүтүн-сырдыгын эрэ оҕуурдаан ылан тулаларын симииллэр.

Баһылык эппиэттээх үлэтигэр

Григорий Павловичка ытыктабыл, убаастабыл бэлиэтинэн олох отуора хамсаабыт 90-с сылларга нэһилиэкпит олохтоохторо кинини баһылыгынан талбыттара буолар. Кини үлэлиир сылларыгар улахан физзал тутуллубута, сиппэккэ турбут оҕо саадын дьиэтэ ситэриллибитэ, амбулатория сытар балыыһаттан туспа саҥа дьиэҕэ көһөрүллүбүтэ, улуус ыһыаҕар нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ бастаан Беларусь тракторынан наҕараадаламмыппыт.

Бу сылларга нэһилиэк олоҕо ыһыллыбакка, төттөрүтүн ыччат, олохтоохтор түмсэн общественнай үлэ сэргэхсийбитэ. Түөлбэнэн, араас хайысхалаах түмсүүлэринэн тэрээһиннэр ыытыллаллара. Айар куттаах уолаттар самодеятельнай мелодистар холбоһуктарын тэринэн бэрт сэргэхтик үлэлээбиттэрэ, баһылык техниканан, бензининэн өйөөн элбэхтик гастролларга сылдьаллара.

Yгэс буолбут күрэх

Ханнык да үлэҕэ сырыттар Григорий Павлович үтүө суобастаахтык, ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлиирэ. Ол курдук оройуон спортивнай отделыгар салайааччынан сылдьар кэмнэригэр Хаандыгаҕа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын спартакиядатыгар Сунтаар хамаандата сэттис миэстэҕэ тахсан оройуон биир бастыҥ ситиһиитинэн буолбута. Кэнники сылларга нэһилиэк спортивнай саалыгар тир оҥостон ытыыга ыччаты, оскуола оҕолорун эрчийтэлээбитэ уонна салгын саатынан ытыыга Тымныы оҕонньор бирииһигэр күрэх тэрийэн үгэс быһыытынан сыл аайы ыытыыны киллэрбитэ.

Бу бэртээхэй үгэс быйыл да, Григорий Павлович доруобуйатын туругунан инбэлииккэ тахсан, эбиитин диалезка сылдьар буолан, балыыһаҕа чугаһаан Хатаска көһөн олордор, бэрт сэргэхтик элбэх кыттааччылаах барда. Кыра, орто саастаах оҕолорго Юрленд Никитин, Марк Тихонов, Валерий Иванов, улахан оҕолорго Айал Никифоров, Арчын-Андрей Андреев, Олимпий Иванов, дьахталларга икки бөлөҕүнэн Карина Тимофеева, Диана Иванова, Ксенья Сидорова, Валентина Габышева, Люция Мырьянова, Веталина Константинова, эр дьоҥҥо эмиэ икки бөлөҕүнэн Максим Иванов, Петр Казаков, Юрий Иванов, Леонид Никитин, Иннокентий Спиридонов, Афанасий Мырьянов бириистээх миэстэлэри ылан үтүө киһи аатын ааттаттылар.

«Yлэлээбит сылларбын күндүтүк саныыбын…»

Оттон Григорий Павлович үөрэппит оҕолорун, нэһилиэгин дьонун истиҥник ахта-саныы:

– 26 үөрэппит оҕом туйахпын хатаран физкультура, ОБЖ учууталларыгар үөрэнэн миниистиргэ тиийэ үүммүттэринэн, төрөөбүт дойдуларыгар кэлэн баһылыкка үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьалларынан, хас да уол байыаннай идэни талбыттарынан киэн туттабын. Yлэлээбит кэмнэрбин олус күндүтүк саныыбын! — диир.

Yлэнэн үтүөнү үксэтэр эрчимнээх сылларбыт төһө да ааһар кэмнээх, бүтэр уһуктаах буоллаллар үтүө киһи үөлэһэ кыымнаах, өтөҕө төҥүргэстээх диэн өс хоһооно дэлэҕэ да үөскүө дуо. Ол тэҥэ Григорий Павлович аҕалаатар аҕатын, уол оҕо сэттэ төгүл саадаҕын курданар дииллэринии, уоттаах сэрии толоонугар сэттэтэ да бааһыран эт хаана тоҕуннар дойдутугар кыайыы кынаттаах эргиллэн хас да төгүллээх Бүтүн Союзтааҕы социалистичэскэй куоталаһыы кыайыылааҕа сорсуннаах булчут аатын ааттатар бэртээхэй үгэс буолбут күрэҕэ нэһилиэк олохтоохторун чөл олоххо, чэгиэн-чэбдик, көхтөөх буолууга угуйа турар.

Венера СТЕПАНОВА,

Сунтаар Арыылааҕыттан төрүттээх Күндээдэ олохтооҕо.

Ньурба.

Иванов Григорий Павлович туһунан: 1 комментарий

  1. Петр Николаев

    Олус учугэй ыстатыйа, Григорий Павлович чахчы, о5о эрдэ5иттэн керсуе-сэмэй, ураты чиэьинэй, туохха барытыгар урдук эппиэтинэстээхтик сыьыаннаьар утуе хаачыстыбаларын тутан, нэьилиэгэр, Сунтаарын улууьугар биир биллэр уьуйааччы, иитээччи, салайааччы буолан ситиьиилээхтик
    улэлээн-хамсаан ааспытынан астынабын, киэн туттабын!
    Григорий Павловичка, дьиэ кэргэнигэр доруобуйаны,дьолу-соргуну ба5арабын!
    Петр Николаев, Тойбохойго 9-10 кл бииргэ уерэммит табаарыьа

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *