ДОҔОРУМ ОЛУС ДЬОҔУРДААҔА, КИЭҤ БИЛИИЛЭЭҔЭ
Биһиги оҕо эрдэхпитинэ «Битлзтар» саҥа тахсан эрэр этилэр. 1964 с. мин уон саастаах этим. Сэттис кылааска биһиэхэ кэлин прокурор, следователь буолбут Володя Лукин кэлбитэ. Кини дьиҥнээх меломан, ону таһынан радионы баһылаабыт буолан, биһиги физика учууталларыгар көмөлөһөн лаборанныырбыт. Бэйэбит баҕа өттүбүтүнэн оскуола радиотынан перемена кэмигэр музыка тыаһатарбыт.
Владимир Алексеевич Лукин.
1965-1966 үөрэх сылыгар 10 уонна 11 кылаастары биир сыл бүтэрбиттэрэ. Онно онустарга Вячеслав Степанов, Эдуард Герасимов, Василий Коротов, Анатолий Иванов, дэгиттэр мусукаан Егор Спиридонов буоланнар, Саха сиригэр аан бастакынан буолуо, джаз-ансамбль “Выпускник” диэни тэрийбиттэрэ. Оскуола Саҥа дьылыгар оонньообуттарыгар улаханнык сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуппут. Биһиги сэттис кылааска үөрэнэ сылдьарбыт, оскуола самодеятельноһын көрүүгэ орто сүһүөххэ кыайаммыт, “Выпускниктары” кытта Бордоҥҥо гастроллыы тахса сылдьыбыппыт.
Володя Лукины кытта мин бэрт өр сылларга доҕордоспутум. Кини миигиттэн үс сыл аҕа да буоллар, олох тэбис-тэҥҥэ сылдьарбыт, ардыгар мин киниэхэ ачаалаан да ыларым. Оччолорго кинилэр Октябрьскай уулуссаҕа уруккута хаһаайыстыбаннай, онтон спортивнай маҕаһыын буолбут дьиэ утарытыгар түөрт квартиралаах дьиэҕэ олороллоро. Ийэтэ Нина Саввична, аҕата Алексей Степанович сүрдээх ыалдьытымсах, оҕомсох дьон этилэр. Буопка балта Розаны кытта эмиэ олох эдьиий-быраат курдук сыһыаннаахпыт. Олус бэркэ тапсан оонньуурбут, кинигэ ааҕарбыт, ол туһунан сэһэргэһэрбит, ардыгар бэтиэхэлэнэн да ыларбыт.
Володя оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр барыга дьоҕурдааҕа, тиэхиньикэнэн үлүһүйэрэ. Мэлдьи ону-маны толкуйдаан, айан оҥоро сатыыра. Араас быыстапкаларга кыттара, ордук араадьыйа өттүгэр киэҥ билиилээҕэ. Физика уруоктарыгар учууталларбытыгар Петр Игнатьевич Егоровка, Егор Игнатьевич Егоровка солбуллубат көмөлөһөөччү буолара. Ол да иһин, оскуоланы бүтэрэн баран, үөрэммит оскуолатыгар лаборанынан үлэтин саҕалаабыта.
Биһиги кинилиин иккиэн тиэхиньикэҕэ сыстаҕас буоламмыт, олус тапсарбыт, араас араадьыйа, муусука тэриллэрин бэйэбит таҥан оҥорорбут, «Юный техник», «Моделист-конструктор», «Техника – молодежи» сурунааллартан, өссө онно сөп буолбакка почтанан Болгария, Польша, ГДР тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах сурунааларын суруттаран, онон салайтаран араас прибордары, аппарааттары оҥорорбут. Тохсус кылааска ракета оҥоһуутунан үлүһүйэн туран дьарыктаммыппыт.
Биирдэ ракетабытын оҥорон, Луукун уонна Гена Көстөкүүнэп буоламмыт, икки этээстээх оскуола хочуолунайын таһыгар көтүтэн боруобалаары тэриммиппит. Арай история учуутала Петр Павлович Мурукучаев дьиэтиттэн оскуолаҕа түһүллэҥнээн истэҕинэ, оруобуна биһиги ыыппыт ракетабыт миэтэрэттэн эрэ ордугу үөһээ көтөн тахсан баран, ааһан эрэр учууталбытын сырсан субуруҥнаата. Киһибит куһаҕан соҕус саҥа таһааран баран, оскуола диэки куотан ходьоҥолоото эбээт. Биһигини үҥсэн, тута дириэктэргэ ыҥыттаран улаханнык мөхтөрөн турар.
Сэттис кылаастан матассыыкылынан үлүһүйүү буолбута. Мин уон үстээх, балтараа миэтэрэни кыайбат уҥуохтаах киһи, матасыыкылга олордохпуна атаҕым сиргэ тиийбэтэ. Володям аан бастаан убайын Иван Саввич Петров ИЖ-49 матассыыкылыгар олордон баран миигин ыытан кэбиспитэ, балайда киэҥ хонуу ортотугар турар собус-соҕотох тиити көрдө-көрбүтүнэн көтүтэн, сатаан туормастаан тохтоппокко элээрдэн иһэн, нэһиилэ өй булан күлүүспүн тоҕо тардан баран ыстанан кэбиһэн быыһанан турардаахпын. Володялыын саас эрдэ, халтараан бөҕө буолан турар кэмигэр, мин аҕам «Ковровеһынан» кини аймахтарыгар Күндэйэҕэ тахса сылдьыбыппытын өйдүүбүн. Аллыҥаҕа, Тойбохойго тахсыталыырбыт, ол саҕана олус да ыраах айанныыр курдук этибит. Чохулаахха саҥа аэропорт тутулларын саҕана, онно киирэн көбүс-көнө кумах полоса устун сүүс килэмиэтиртэн таһаара сатаан быччаһытарбыт.
Улахан кылааска тахсарбыт саҕана музыканан үлүһүйүү саҕаламмыта. Ол кэмнээҕи аар-саарга аатырбыт «Билзтар» ырыаларын «Голос Америки» араадьыйаттан катушкалаах магнитофоҥҥа устаммыт, перемена бириэмэтигэр оскуола радиоузелын нөҥүө тыаһатарбыт, оскуола биэчэрдэригэр аныгылыынан эттэххэ, «диджейдиир» этибит. Сүрдээх дефицитнэй «Кругозор» диэн иһигэр гибкэй пластинкалардаах сурунаал суруттарарбыт, онтубутун атастаһан, харахпыт харатын курдук сыаналаан илдьэ сылдьарбыт. Ол саҕана популярнай Валерий Ободзинскай, Муслим Магомаев, саҥа тахсан эрэр София Ротару, социалистическай дойдулар ырыаһыттарын пластинкаларын почтанан суруттаран ылан мунньарбыт.
Итинтэн сиэттэрэн, тохсус кылааска тахсан баран, Луукун Болуодьа уонна Ыстаппаанап Туола буолан аны электрогитара оҥостор ухханыгар түстүбүт. Хайдыбатын диэн анаан 20-чэ см кэтиттээх харыйа былаахы булан, онтон куорпуһун эрбээн таһаардыбыт, дэлби наждагынан нарылаан, ол кэмҥэ улахан дефицитнэй уонна олус диэн харахпыт харатын курдук харыстыыр электроглянцевательбит (хаартыска куурдар-хатарар тэрилбит) хромированнай пластиналарын кырыйан гитарабыт иннин киэргэттибит. Бартыһаан уулуссатыгар турар эргэ электростанцияҕа быраҕыллыбыт щиттэр амперметрдэрин устан, онтон быычыкаа электромагнит ыламмыт, онтубутугар провод эрийэн звукосниматель оҥордубут.
Бу 1967 сыллаахха бэйэбит электрогитара оҥорбуппут.
Итинник кыһыны быһа дьарыктанан, томороон соҕус дьүһүннээх электрогитара оҥостон, Володялаах Толя онтуларыгар астына оонньуур буолбуттара. Ол саҕана Володя биһикки радиолюбитель буолан, араас электротехническэй тэриллэри оҥорон быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттарбыт, оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ солбуллубат араадьыйанан хааччыйааччы буоларбыт.
9-10 кылаастарга үөрэнэ сылдьан, Володя Лукин физика учууталлара Егор Игнатьевич уонна Петр Игнатьевич Егоровтарга ылгын уоллара этэ, алҕаһаабат буоллахпына, хамнастаах лаборант быһыытынан үлэҕэ ылыллыбыта. Инньэ гынан биһигини иккиэммитин үгүстүк уруоктартан көҥүллэтэн ылан, атын кылаастарга лабораторнай үлэни тэрийэн ыытарбыт, киинэ көрдөрөрбүт, оскуола араадьыйатын үлэлэтэрбит. Бу араадьыйабытыгар перемена бириэмэтигэр, билиҥҥилии эттэххэ, «диджейдиир» этибит – ол кэмнээҕи саамай аныгы ырыалары, аатырбыт «Битлз» ансамбль музыкатын тыаһатарбыт.
Кэлин Харьков куоракка юрист үөрэҕин бүтэрэн, араас оройуоннарга – Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Тааттаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка прокуратура силиэдэбэтэлинэн, прокурорунан үлэлээбитэ. Олус мындыр криминалист, силиэдэбэтэл буолбута. Үөһээ Бүлүүгэ үлэлии сылдьан, бүтүн республиканы аймаабыт, оччотооҕу райсовет бэрэссэдээтэлэ К.Е.Иванов уолун өлөрүү сүрдээх уустук дьыалатын арыйбыта. Ньурбаҕа үлэлиирин саҕана кэргэннэммитэ, онно мин кэлэ-бара кинилэргэ сылдьар буоларым. Онтон мин Сунтаарга Тойбохойго көһөн тиийбитим кэннэ, биирдэ тиийэн ыалдьыттыы сылдьыбыта. Ол сайын эмискэ ыалдьан олохтон туораабыта.
Доҕоро Владислав Петрович КОРОТОВ.
2026 сыл.


