Слепцов Андрей Григорьевич, кини сыдьааннара

АҔАБЫТ – ТУРУУ ҮЛЭҺИТ, БАСТЫҤ СПОРТСМЕН 

Түмүк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ-тыыл, спорт бэтэрээнэ Слепцов Андрей Григорьевич 1929 сыл от ыйын 1 күнүгэр Ньурба оройуонун Таркаайы нэһилиэгэр «Күнү Көрбүт» диэн алааска Суоппуйа уонна Киргиэлэй Слепцовтарга иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Григорий Марха улууһун аатырбыт кулубата Пётр Петрович Слепцов (1873-1877 сс.) үһүс уола Никифор Петрович–Сабдьыгыр, кулуба аҕа ууһун старшинатыттан төрүттээх. Кини үһүс уол, Слепцов Григорий Петрович (1893-1943 сс.).

Бииргэ төрөөбүттэр иккиэлэр. Убайа сэрии бэтэрээнэ, хапсаҕайдаһан тустууга хотторор диэни билбэтэх, спорт маастара Мефодий Григорьевич.

Андрей сэрии саҕаланарыгар 12 саастаах, хороччу улаатан эрэр уол оҕо этэ. Бу кэмҥэ 5 кылааска үөрэнэрэ да сэрии кэминээҕи аас-туор, сут-кураан, аччык дьыл буолан ситэ үөрэммэккэ «Кыһыл Ыллык» холкуоска сиилэскэ, окко, бурдук быһыытыгар уонна да араас үлэлэргэ улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьан ыкса киэһэ дьиэтин булара. Убайа Мефодий 1943 сыллаахха Кыһыл Армияҕа сулууспалыы барбыта, устунан Японияны кытта сэриигэ кыттыбыта. Онон ийэтинээн иккиэйэҕин хаалбыттара. Хата ийэтэ дьоҥҥо араас түнэ, сарыы этэрбэстэри эҥин иистэнэр буолан, кинилэр ас-таҥас бэрсэннэр, син инчэҕэй тирбэ быстыбатыныы ол ыарахан кэмнэри ааспыттара. Кэлин сэрии бүтэн, эйэлээх олох саҕаламмыта.

1951 сыллаахха Ньурба бэкээринэтигэр старшай биэкэринэн үлэлиир, Чаппандаттан төрүттээх Саввинова Матрёна Николаевнаны кытта билсэн ыал буолбуттара. Бастаан Киирэпкэ, онтон Маар сэлиэнньэтигэр көһөн кэлэн олохсуйбуттара.

Аҕабыт 1952 с. Маардааҕы МТС-ка тракторист идэтигэр үөрэммитэ. 1953 сылтан МТС-ка, онтон МТС Ньурбаҕа көспүтүн кэннэ «Марха» совхозка биэнсийэҕэ тахсыар диэри 31 сыл тохтобула суох трактористаабыта. Үлэтин уопсай ыстааһа 46 сыл.

Аҕабыт барахсан үлэлиирин тухары от-мас, буор-кумах таһыытыгар күнү-түүнү аахсыбакка «СХТЗ», «НАТИ», «ДТ-54″ ,»МТЗ-52», «ДТ-75» погрузчик тыраахтардарынан МТС, колхуос, сопхуос түбүктээх үлэлэригэр таһаарыылаахтык, үтүө суобастаахтык тыа хаһаайыстыбата сайдарын, ол кэмнээҕи коммунистическай олох туругурарын туһугар бэриллибит былааны, туруоруллубут соругу толорорго эрчимнээхтик, дьаныардаахтык үлэлээбитэ. Ол үлэтин элбэх мэтээллэр, знактар, значоктар, хайҕал грамоталар туоһулууллар.

Ол курдук 1957 с МТС-ка үлэлии сылдьан Дьокуускай уобаластааҕы профсоюһун кэмитиэтин Президиумуттан, Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын аатыттан үрдүк таһаарыылаах үлэтин иһин Бочуотунай грамотанан, техниканы туһаныыга кыһамньылаах уонна аварията суох үлэтин иһин «Коммунизм» колхуос салалтатын Бочуотунай грамотатынан, «1974-1976 сс. социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» знагынан, В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолбутунан үбүлүөйүнэй мэтээлинэн, «Коммунистическай үлэ ударнига» знагынан, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн, «Марха» сопхуос салалтатыттан элбэх Бочуотунай грамотанан, хайҕал суруктарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаламмыта. Сэрии сылларыгар эҥкилэ суох үлэтин иһин тыыл ветерана буолан, Улуу Кыайыы 30, 40, 50, 60 сылларын үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. 1994 сыллаахха нэһилиэк социальнай-культурнай үлэтигэр актыыбынайдык кыттыбытын иһин Түмүк нэһилиэгин Бочуотунай кинигэтигэр киирэн бэлиэ сурук ылбыта.

1964 с. Марха орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччилэригэр саҥа идэни үөрэтии саҕаламмыта. Ол курдук үөрэнээччилэр икки сыл үөрэнэн, практиканы баран, оскуоланы бүтэрэллэригэр «Тракторист-машинист широкого профиля» диэн удостоверение ылар буолбуттара. Кэлин биһиги аҕабытыгар элбэх оҕо практиканы ааспыта.

Кинилэртэн Солтуев Герасим Алексеевич ахтар: «Мин ДТ-75 тракторы ыытарга Маар учаастагын тракториһа Слепцов Андрей Григорьевичка сылдьыспытым. Биир нэдиэлэ устата сыарҕанан саһаан, стоговоһунан от тиэйиитигэр сылдьыһан тракторы ыытарга үөрэммитим». Оскуола оҕолоро буолбакка, оччотооҕу СПТУ-3 элбэх курсаннара практикаларын эмиэ аҕабытыгар бараллара. Онно ыытарга эрэ буолбакка, ремоннуурга эмиэ үөрэнэллэрэ.

Аҕабыт Андрей Григорьевич биһиги оҕолор сарсыарда уһукта иликпитинэ, киэһэ утуйбуппут кэннэ кэлэрэ үгүс буолара. Ыраах сытар Ээдьээнтэн, Үөдэйтэн, онтон да атын сиртэн от таһыыта, маны таһынан ыалларга от-мас таһыыта, кэлин бульдозердаах, погрузчиктаах тракторынан сопхуос бары отделениеларын кэрийэ сылдьан үлэлиирэ. Сайын саҕаланна да Васильев Иван Иевлевич диэн учууталлыын суолу тэҥниир грейдери состорон Хорулаттан ураты нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы суоллары барыларын көннөрөн дьон хайҕабылын, махталын үгүстүк ылбыттара.

Аҕабыт Андрей Григорьевич төһө да сопхуоска бокуойа суох үлэлээтэр нэһилиэк, оройуон спортивнай күрэхтэһиилэригэр көхтөөхтүк кыттара. Кини айылҕаттан бэриллибит күүһүнэн-уоҕунан, талаанынан үлэтиттэн көҥүллэтэн, туох да анал эрчиллиитэ суох хапсаҕайдаһан тустуу күрэҕэр элбэхтик кыттыбыта. Маҥнай 1950 сыллаахха оройуон спартакиадатыгар тустан бастаабыта. 1969 с бэс ыйын 16 күнүгэр оройуоҥҥа профсоюз үбүлүөйдээх спартакиадатыгар хапсаҕайга 80 кг 35 саастарыттан үөһэ бастакы миэстэни ылан, Дьокуускайга ыытыллыахтаах Манчаары Баһылай бирииһигэр хапсаҕайга туста барар чиэскэ тиксибитэ.1969 сыллаахха Манчаары Баһылай бирииһигэр хапсаҕайга тустуу бэс ыйын 28-30 күннэригэр Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыта. Онно 85 кг 45 саастарыгар диэри 2-с миэстэни ылбыта.

Онтон 45 саастарыттан үөһэ :

1 м. – Мефодий Слепцов, Ленинскэй.

2 м. – Прокопий Федоров, Сунтаар.

3 м. – Семен Саввинов, Үөһээ Бүлүү.

Бу күрэхтэһиигэ Үөһээ Бүлүүттэн сылдьар аатырбыт тустуук Серафим Саввиновы охторон маастарга кандидат буолбута. Онно Ньурба оройуона хамаанданан 2-с миэстэҕэ тиксибитэ.

1969 сыл сэтинньи ый 23 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ түөрт оройуон хапсаҕайга күрэхтэһиитигэр 80 кг үөһэ 2-с миэстэни ылбыта, хамаанданан Ньурба оройуона бастакы миэстэ буолан кубогы илдьэ кэлбиттэрэ.

1972 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр оройуоҥҥа бэтэрээннэр сайыҥҥы үбүлүөйдээх спартакиадаларыгар 70 кг 45 саастарыгар диэри 1-кы миэстэни ылбыта.

1973 сыл бэс ыйын 27-29 күннэригэр Дьокуускай куоракка буолбут Манчаары Баһылай бирииһигэр хапсаҕайга ветераннарга 80 кг 39-50 саастаахтарга:

1 м – Пётр Егоров, Үөһээ Бүлүү.

2 м – Андрей Слепцов, Ленинскэй.

3 м – Лазарь Мандаров.

1975 сыл кулун тутар 8 күнүгэр 80 кг үөһэ Маар уонна Хаҥалас отделениеларын икки ардыларыгар Кыайыы 30 сылыгар анаммыт күрэхтэһиигэ 1-кы миэстэни ылбыта. Оройуон, тыалар ыһыахтарыгар тустан элбэхтик мүһэнэн, оройуоҥҥа уонна республикаҕа миэстэлэһэн элбэх значоктарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Аҕабыт барахсан айылҕаттан бэриллибит күүһүнэн-уоҕунан, талаанынан-сатабылынан, туох да анал эрчиллиитэ суох тустара. Ыарыы мэһэйдээн тустарын тохтотон, маастар нуорматын кыранан толорботоҕуттан хомойоро.

Төрөппүттэрбит, Маар сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтоохторо Матрёна Николаевна, Андрей Григорьевич 10 оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэтэн үлэһит, ыал оҥортообуттара. Элбэх сиэннэммиттэрэ, хос, хос-хос сиэннэммиттэрэ. Оҕо иитиитигэр оскуола, нэһилиэк дьаһалтатын, «Марха» сопхуос салалталарыттан бэрээдэктээх, үлэһит, спортсмен оҕолору иитэн таһаарбыттарын иһин Бочуотунай грамоталарынан, армияҕа сулууспалыы сылдьар уолаттар бойобуой хамандыырдарыттан Махтал суруктарынан наҕараадаламмыттара.

Тыа ыалын сиэринэн кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү-сылгы, сибиинньэ, куурусса ииттэн, көрөн-харайан, оҕуруот олордунан, оттоон-мастаан, сир астаан, бултаан ньир-бааччы олорбуттара. Элбэх оҕолоох, мэлдьи минньигэс араас астаах, итии чэйдээх, сырдык, сылаас дьиэлээх ытык-мааны ыалга оҕо-уруу, дьон-сэргэ, ыалдьыт-хоноһо сөбүлээн сылдьара, хонон-өрөөн ааһара. Кинилэр хаһан да кыыһырсыбаттара, бэйэ-бэйэлэригэр наһаа истиҥ сыһыаннаахтара. Олус үөрүнньэҥ, ыалдьытымсах, үтүө санаалаах аламаҕай ыал этилэр.

2002 сыллаахха оҕолор тэрээһиннэринэн 50 сыл бииргэ эйэлээхтик-дьоллоохтук олорбуттарын кэрэһэлиир Кыһыл Көмүс сыбаайбаларын үөрэ-көтө бэлиэтээбиттэрэ.

Төрөппүттэрбит барахсаттар төһө да ыарахан үлэҕэ бокуойа суох үлэлээтэллэр уон оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, аһатан таҥыннаран, сууйан-тараан, үчүгэй иитиини биэрэн, үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортообуттарыгар махталбыт муҥура суох.

Орто дойду олоҕуттан ийэбит Матрёна Николаевна 2005 сыл кулун тутар 14 күнүгэр 77 сааһыгар, аҕабыт Андрей Григорьевич 2008 сыл муус устар 22 күнүгэр 79 сааһыгар суох буолбуттара. Биһиги, оҕолоро, үтүө санаалаах, аламаҕай майгылаах төрөппүттэргэ иитиллэн, ийэ-аҕа сылаас тапталыгар, эйэҕэс сыһыаныгар бигэнэн улаатаммыт бэйэбитин толору дьоллооҕунан ааҕынабыт.

 

БАСТАКЫ, УЛАХАН УОЛ ДЬИЭ КЭРГЭНЭ

Слепцов Михаил Андреевич 1952 сыл ыам ыйын 30 күнүгэр Таркаайы нэһилиэгэр төрөөбүт. Орто оскуоланы Маалыкай оскуолатыгар 6-с кылаастан 10-ка диэри үөрэнэн бүтэрбит. Маарга СПТУ-3 училищеҕа суоппар курсугар үөрэнэ сылдьан призывка ыҥырыллан, 1970-1972 сылларга Забайкальскай военнай округка – Читинскэй уобалас Могоча куоратыгар сулууспалаабыт. 1973-1978 сылларга Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар землеустроительнай факультекка үөрэнэр. 3 курсу бүтэрэн баран 1975 сыл балаҕан ыйын 13 күнүгэр бииргэ үөрэммит Николаева Любаны (паспорыгар Люда диэн) кэргэн ылар.

Слепцова Людмила Афанасьевна 1953 сыл кулун тутар ый 29 күнүгэр Маалыкай сэлинньэтигэр күн сирин көрбүтэ. 1970-1973 сылларга Якутскайдааҕы культпросвет училищены бүтэрэн Маалыкайга СДК директорынан үлэлиир. Кэргэннэнэн 1975 сылга Омскай куоракка олороллор. 1976 сылга улахан кыыс Лена Маалыкайга төрүүр. Михаил 1978 сылга үөрэҕин бүтэрэн, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын направлениетынан 04.11.1978 сылга Бүлүү сельхозуправлениетыгар идэтинэн үлэҕэ киирэр уонна 30.05.2013 с. пенсияҕа тахсыар диэри Бүлүү улууһугар идэтинэн үлэлиир. 2000 сылга бастакы президент Николаев М.Е. ыйааҕынан «Саха Республикатын үтүөлээх землеустроителэ» диэн бочуоттаах аат иҥэрэр. 2007 сыллаахха Бүлүү улууһун баһылыга Афанасьев Н.С. «За вклад в развитие Вилюйского улуса» диэн знагынан наҕараадалыыр, үлэ ветерана.

Слепцовтар 4 оҕолоохтор, 6 сиэннээхтэр. Улахан кыыс Николаева Елена Михайловна Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн баран өр сылларга “Туллукчаан” детсадка воспитателинэн үлэлиир. Кэтэхтэн үөрэнэн педагог, воспитатель дошкольного образования уонна экономист үрдүк үөрэхтэри бүтэрбитэ. Билигин таһаарыылаахтык Бүлүүгэ социальнай үлэһитинэн үлэлиир. Кэргэнэ Николаев Михаил Егорович 20.03.1977 с. төрөөбүт, Бүлүүгэ “Илгэ” потребобществоҕа үрдүк категориялаах кондитерынан үлэлиир.

Кыыстара Иванова Мария Михайловна 28.08.1996 с төрөөбүт, Якутскайга потребкооперация техникумун бүтэрбитэ, билигин Якутскайга Сбербаҥҥа оператордыыр. Кэргэнэ Иванов Афанасий Афанасьевич 02.07.1977 с. төрөөбүт, юрист орто үөрэҕин бүтэрэн баран Армияҕа сулууспалаан кэлэн Якутскайга ДПС инспекторынан үлэлиир, кэтэхтэн үрдүк юрист үөрэҕэр үөрэнэ сылдьар.

Иккис кыыс Слепцова Любовь Михайловна 13.10.1981 с. төрөөбүт, Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ, билигин Якутскайга “Хозмаркет” маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлиир. Кэргэнэ Слепцов Николай Трофимович 08.12.1982 с. төрөөбүт, Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбитэ, билигин Якутскайга суоппарынан үлэлиир. Уоллара Слепцов Владислав Николаевич 29.08.2003 с. т., СВФУ 5 курсун студена.

Улахан уол Слепцов Андрей Михайлович 13.10.1983 с. т., Иркутскайдааҕы медуниверситеты бүтэрэн баран Бүлүүгэ ПНД психиатр бырааһынан, онтон 2009 с. улуус балыыһатын лечебнэй чааһыгар главврач солбуйааччытынан үлэлии сылдьан Москваҕа Российскай медицинскэй университекка икки сыл идэтинэн ординатураны үөрэнэн бүтэрбитэ. 2011 сыл атырдьах ыйыгар элбэх улахан конкурсу ааһан, Бүтүн Россиятааҕы ыксаллаах быһыы-майгы министерствотыгар центральнай аппаракка медико-психологическай обеспечение управлениетыгар специалист-эксперт дуоһунаһыгар ананан сүрдээх ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ону элбэх махтал суруктара, наҕараадалара, премиялара туоһулуур, ол курдук 2015 сылга Россияҕа МЧС министрэ Пучков В.А. ыйааҕынан Андрейы «За заслуги МЧС России» диэн знагынан наҕараадалыыр. Хомойуох иһин Слепцов А.М. эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыттан 03.04 2016 сыллаахха Москва куоракка сирдээҕи олохтон өлөн туоруур. Бүлүүгэ үөрэммит Бэстээҕи 2 нүөмэрдээх оскуола Андрей кэриэһигэр икки сыл буола-буола республиканскай заочнай «Слепцовские чтения» диэн оскуола оҕолоругар билиигэ күрэҕи тэрийэн ыытара кэрэхсэбиллээх.

По решению ХХII (очередная) сессия городского Совета депутатов V созыва от 03 сентября 2026 г., под номером 108, о присвоении наименований улицам в местностях «Победа», «Юбилейная» «Экополис» в г. Вилюйске. Бу ыйаах быһыытынан Бүлүү куоракка Слепцов Андрей Михайлович диэн ааттаах уулусса баар буолла.

Кыра уол Слепцов Афанасий Михайлович 26.10.1984 с. т., бастаан Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн баран салгыы СВФУ пединститутугар үөрэнэн социальнай педагог идэтин баһылыыр. Билигин Бүлүүтээҕи соцзащита управлениетыгар отдел заведующайынан үлэлиир. Кэргэннээх, түөрт оҕолоох. Кэргэнэ Слепцова Надежда Николаевна 18.04.1986 с. т., СВФУ пелинститутун бүтэрбитэ, Бүлүүгэ улуус балыыһатыгар кадр отделыгар специалиһынан үлэлиир.

Улахан уол Мэхээс 14.02.2008 с. т., Якутскайга Саха гимназияҕа 11 кылааска үөрэнэр. Улахан кыыс Нарыйаана 30.08.2010 с. т., Бүлүү гимназиятыгар 9 кылааска үөрэнэр. Иккис кыыс Эвелина 27.08.2016 с. т., Бүлүүтээҕи начальнай школаҕа 3 кылааска үөрэнэр. Кыра уол Айталик 08.01.2022 с. т., 4 саастаах, “Куобахчаан” детсадка сылдьар.

Михаил, Людмила Слепцовтар Бүлүүгэ Дьиэ кэргэн күнүгэр

 

Улахан уол Андрей Слепцов.

 

Миисэ, Люба көмүс сыбаайбаларыгар 13.09.2026 с. оҕолорунаан: Лена, Люба, Афоня.

 

Улахан кыыс Лена кэргэнинээн Михаиллыын, кыыһынаан, күтүөтүнээн.

 

Кыра уол Афанасий кэргэнэ Надеждалыын, оҕолорунаан: Мэхээс, Нарыйаана, Эвелина, Айтал.

 

Кыра кыыс Любовь кэргэнинээн Николайдыын, уоллара Владик.

 

Улахан сиэн кыыс Мария, кэргэнэ Афанасийдыын.

 

ИККИС УОЛ ДЬЭ КЭРГЭНЭ

Слепцов Валерий Андреевич 1953 сыл атырдьах ыйын 24 күнүгэр төрөөбүтэ. 2025 сыл тохсунньу 31 күнүгэр ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ.

2 Хаҥалас 8 кылааһы бүтэрээт Маардааҕы СПТУ-га тракторист идэтигэр үөрэммитэ. Пенсияҕа тахсыар диэри «Марха» совхозка кыһынын кочегардыыр, сайынын окко солбуллубат звено салайааччыта.

1987 с. Иванова Вера Павловнаны кытта холбоһон ыал буолан үс оҕолоноллор, түөрт сиэн, биир хос сиэннэллэр.

Улахан кыыс Аммосова Жанна Владимировна 22.04.1979 с. т. Үөрэҕэ, үлэтэ:

— ЯБМК Акушерское дело, 2001 год.

— СВФУ МИ ВСО 2015 г.

— Интернатура СВФУ МИ ВСО «Врач провизор».

— ⁠Работает старшей медицинской сестрой в отделении патологии новорожденных и недоношенных детей ПЦ ЯРКБ.

— ⁠Имеет Высшую квалификационную категорию

Наҕараадалара:

— Отличник Столичного здравоохранения 2019 г.

— ⁠Благодарственное письмо от МЗ РФ 2022 г.

— ⁠Отличник здравоохранения РФ 2023 г.

Оҕолоро: 1. Аммосова Мария Нюргуновна 30.07.2001 г.р., студентка Якутского медицинского колледжа.

Мария оҕото: Аммосова Ева Михайловна 10.11.2021 г. 2. Аммосов Артем Нюргунович 02.03.2004 г., студент 1 курса Медицинского Института СВФУ. 3. Аммосов Антон Нюргунович 26.08.2013 г.р., ученик 6-го класса.

Иккис кыыс Слепцова Марина Валерьевна 24.08.1988 с. т.

Үөрэҕэ, үлэтэ: ЯМК 2014 , медицинская сестра. Работает в ЯРКБ ПЦ ОПННД, медсестра 1 квалификационной категории. Сын Слепцов Айдар Данилович 21.07.2023 г.р.

Слепцов Айсен Валерьевич 05.11.1990 г.

Үөрэҕэ, үлэтэ: Якутский индустриально-педагогический колледж 2014 г.

Работает мастером производственного обучения ГБПОУ РС(Я) «Нюрбинский техникум».

Валерий Андреевич кэргэнинээн Вера Павловналыын хос сиэннэрин Еваны кытта.

 

Марха өрүс муостатыгар.

 

Сиэннэрэ Айдардыын.

 

Валерий дьиэ кэргэнинээн. Кэргэнэ Вера Павловна, уола Айсен, кыыһа Марина уонна сиэнэ Айдар.

 

Жанна оҕолорунаан. Машенька, Артем, Антон, сиэнэ Ева уонна балта Марина, быраата Айсен.

 

Валерий Андреевич уонна кини сиэнэ Мария кыыһынаан Евалыын, улахан кыыһа Жанналыын Маринаны уол оҕолонон тахсарын көрсүһүүлэрэ.

 

Валерий кыргыттарынаан, уолунаан уонна сиэннэрин кытта. Кыргыттара Жанна, Марина, уола Айсен, сиэннэрэ Машенька, Артем, Антон.

 

ҮҺҮС ОҔОНОН ТӨРӨӨБҮТ КЫЫС ДЬИЭ КЭРГЭНЭ

Слепцова Валентина Андреевна 1955 с. тохсунньу 8 күнүгэр төрөөбүтэ. 1980 с. Улан-Удэтээҕи М.Н.Ербанов аатынан тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, пенсияҕа тахсыар диэри бухгалтерынан үлэлээбитэ. Билигин Сыдыбыл с. «Күнчээнэ» детсадка завхоз. 2025 с. Чочу нэһилиэгин бочуоттаах ветерана знагынан наҕараадаламмыта.

1983 с. Егоров Егор Николаевичтыын ыал буолан икки оҕолоноллор, үс уол сиэннэнэллэр.

  1. Улахан уол Егоров Егор Егорович 27.11.1988 с. т. 2013 сыллаахха Федотова Гульнара Николаевналыын холбоһон уол оҕолоохтор, Арылхан 09.09.2014 с.т., Саха политехническай лицей 5 кыл. үөрэнээччитэ.

Үөрэҕэ, үлэтэ:

— С 1994-2005 гг. учеба СОШ Сыдыбыл.

— с 2005-2010 гг. студент ЯГСХА.

— 2010-2012 гг. главный специалист отдела по экономической безопасности Алмазэргиэнбанк, с.Верхневилюйск.

— с 2012 по настоящее время работает в Якутском городском отделении судебных приставов Управления Федеральной службы судебных приставов по Республике Саха (Якутия).

— Ведущий судебный пристав-исполнитель

— Старший лейтенант внутренней службы.

Наҕараадалара:

  1. Почетная Грамота от Государственного Собрания (Ил Түмэн) в 2016 г.
  2. Благодарность от директора Федеральной службы приставов, главного пристава РФ, генерала внутренной службы РФ В.В.Аристова в 2023 г.
  3. Награждён медалью «За службу» 3 степени Министерством юстиции РФ в 20.02.2023 г.
  4. Почетная Грамота от главы городского округа Е.Н.Григорьева в 2022 г.
  5. По итогам 2024 г. – лучший судебный пристав-исполнитель.
  6. Почетные Грамоты за высокие показатели от УФССП России по РС(Я), а также Благодарственные письма от предприятий, банков за добросовестное отношение к исполнении служебных обязанностей и профессиональное мастерство при исполнении судебных решений за годы службы по настоящее время.

Жена Егорова Гульнара Николаевна, 19.01.1988 г.р.

— 1994-2001 гг. СОШ Далыр;

— 2001-2005 Верхневилюйская республиканская гимназия им.М.А.Алексеева; физико-математический класс;

— с 2005-2010 ЯГУ–СВФУ им. М.К.Аммосова; специальность: теплофизика.

— 2022, аспирантура СВФУ им. М.К.Аммосова; специальность: теплофизика и теоретическая теплотехника.

— с 2011 года по настоящее время СВФУ им.М.К.Аммосова, Физико-технический институт, Кафедра теплофизики и теплоэнергетики; должность – старший преподаватель.

  1. Егорова Матрёна Егоровна, 1988 с.т.

Үөрэҕэ, үлэтэ:

— Восточно-Сибирский государственный университет технологии и управления, г. Улан-Удэ, инженер-технолог кожи и меха.

— ФАПК «Сахабулт», мастер мехового производства.

Оҕолоро: Егоров Ильдар Санжарович, 27.09.2010 с.т., 31 оскуола 9 кыл. үөрэнээччитэ, Егоров Альмир Санжарович, 15.03.2013 с.т., 31 оскуола 5 кыл. үөрэнээччитэ.

 

Валентина Андреевна Слепцова

 

Валентина оҕолорунаан, сиэннэринээн. Кыыһа Матрёна, кийиитэ Гульнара, уола Егор. Сиэннэр Ильдар, Альмир, Арылхан.

 

Егор 2 ыйдааҕар аҕатынаан Егоров Егор Николаевичтыын.

 

Валентина уолунаан Егордыын, 2018 с.

 

Гульнара, Егор Егоровтар.

 

Егор дьиэ кэргэнэ.

 

Егор дьиэ кэргэнинээн. Кэргэнэ Гульнара Николаевна, уола Арылхан.

 

Егор Егорович Егоров.

 

Матрёна Егоровна Егорова

Марфа  уонна Сергей Расторгуевтар аатынан Саха государственнай циркэтин иһинэн үлэлиир «Серпантин» оҕо студиятыгар дьарыктанан Ильдар Егоров элбэх представлениеҕа, конкурстарга, фестивалларга кыттыбыта.

Ол курдук:

  1. Республиканский фестиваль «Мамонтенок», спец приз от Сергей Расторгуева.

2. Республиканский конкурс «Дети Арктики», лауреат 1 ст.

  1. Международный конкурс «Восхождение творческих звезд», лауреат 1 ст.

Ильдар салайааччытынаан Марианна Валентиновналыын.

 

Новогодняя цирковая сказка «В тридевятом царстве… «

 

Новогодняя цирковая сказка «Щелкунчик», 2020 г.

 

Ильдар Егоров, 9 кылаас үөрэнээччитэ.

 

Альмир, 7 саастаах.

 

Ильдар, Альмир

 

Мотя оҕолорунаан. Альмир, Ильдар.

 

Валентина кыыһынаан Мотюшкалыын, 2023 сыл.

 

ТӨРДҮС ОҔОНОН ТӨРӨӨБҮТ УОЛ ДЬИЭ КЭРГЭНЭ

Слепцов Виссарион Андреевич 1956 сыллаахха кулун тутар 12 күнүгэр төрөөбүтэ. 1973 с. Торуой Хаҥалас аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, салгыы Маардааҕы СПТУ-га үөрэнэн суоппар идэтин ылар. 1976-1978 сс. армияҕа сулууспалыыр, кэлээт «Марха» сопхуос Маардааҕы отделениетыгар суоппарынан, сылгыһытынан үлэлиир. Кэлин Ньурбаҕа көһөн, ЖКХ-ҕа оператордыыр. Билигин Дьокуускай куоракка уола Коляҕа олорор, СВФУ-га охранниктыыр.

1986 сыллаахха, эмиэ Герой-ийэ Варвара Петровна кыыһа, Егорова Светлана Николаевнаны кытта холбоһон ыал буолаллар. Светлана бастакы кэргэниттэн уоллаах, Тулепеев Арман, билигин СВО-ҕа сылдьар, Дима диэн уоллаах. Кэнники 3 оҕолоноллор, 3 уол уонна 1 кыыс сиэннэнэллэр.

Кэргэнэ Светлана ыарахан ыарыыттан 2020 сыллаахха олохтон туораабыта.

  1. Слепцов Андрей Виссарионович 30.11.1986 г.р.

— Үөрэҕэ, үлэтэ: ннженер ПАО Ростелеком. Учился МБОУ Маарская СОШ.

Образование: незаконченное высшее, ЯГИТИ 2010, техник.

Наҕараадалара:

— Памятный медаль ХХI Олимпийские зимние Игры и ХI Паралимпийские зимние игры 2014 года в г. Сочи.

— Участник регионального конкурса профессионального мастерства.

— Благодарственные письма, Грамоты от ПАО »Ростелеком» с. Чурапча.

Жена Слепцова Марианна Михайловна 14.05.1978 г.р., образование:

— высшее, ЯГУ 2000, ФЯФИК специальность: культуролог, педагог доп. образования МБУ ДО ЦДТ «Радость».

Дети: Слепцов Виссарион Андреевич 01.03.2010 г.р., ученик 8 “б” класса ЧСОШ имени И.М.Павлова. Слепцов Айгылаан Андреевич 14.04.2011 г.р., ученик 8 “б” класса ЧСОШ имени И.М.Павлова. Слепцов Михаил Андреевич 10.08.2015 г.р., ученик 3 класса ЧСОШ имени И.М.Павлова.

  1. Слепцова Лилия Виссарионовна 17.01.1988 г.р.

Үлэтэ, үөрэҕэ: — Ведущий бухгалтер МКУ «Централизованная бухгалтерия НР». — Училась МБОУ Маарская СОШ. — Верхневилюйский ГОУ Профессиональный лицей №10. — «Якутский экономико-правовой институт (филиал) Академии труда и социальных отношений».

Муж Алексеев Еремей Александрович 05.01.1982 г.р. Старший летчик наблюдатель в Нюрбинском авиаотделении ГБУ «Авиалесоохрана».

Дети: Слепцова Анжела Александровна 28.05.2011 г.р.

  1. Слепцов Николай Виссарионович 22.07.1992 г.р. Работает начальником отдела продаж в ПАО МТС г. Якутск. Окончил МБОУ Нюрбинская СОШ 2, СВФУ ИЕН география.

Виссарион Андреевич Слепцов.

 

Светлана, Виссарион Слепцовтар.

 

Виссарион, Светлана оҕолоро Андрей, Лилия, Арман.

 

Кыра уолларынаан Колялыын.

 

Оҕолорунаан Андрей, Лилия, Николай.

 

Улахан уоллара Андрей, Марианна сыбаайбалара.

 

Бастакы уол сиэни көрсүү. Марианна Михайловна, Андрей Виссарионович Слепцовтар.

 

Марианна Михайловна, Андрей Виссарионович Слепцовтар.

 

Андрей уолаттарынаан, Виссарион, Айгылаан, Миша.

 

Светлана, Виссарион дьиэ кэргэнэ. Оҕолоро Андрей, Николай, Лилия, кийииттэрэ Марианна. Сиэннэрэ: Миша, Айгылаан, Виссарион уонна Анжела.

 

Марианна, Андрей Слепцовтар хас сайын аайы бэйэлэрин массыыналарынан Владивостокка, Байкалга, Бурятияҕа, Монголияҕа тиийэ күүлэйдээн, сири-дойдуну көрөн кэлэллэр.

 

Бу хаартыскаҕа ыраах Монголияҕа олорор эдьиийдэригэр Антонова Розалия Ивановнаҕа ыалдьыттыы олороллор.

 

БЭҺИС ОҔОНОН ТӨРӨӨБҮТ УОЛ ДЬИЭ КЭРГЭНЭ

Слепцов Геннадий Андреевич 1957 сыл ахсынньы 9 күнүгэр төрөөбүтэ. Оскуола кэнниттэн Маардааҕы СПТУ-га үөрэнэн суоппар идэтин ылар. Бастаан Степан Аржаков аатынан совхозка суоппардыыр, онтон Маалыкай отделениетыгар рабочайдыыр, фермаҕа субай сүөһү көрөөччүнэн үлэлиир.

Геннадий 1981 сыллаахха олоҕун аргыһын Иванова Розалия Ивановнаны көрсөн ыал буолан 5 оҕолоноллор, 13 сиэннэнэллэр. 2002 сыллаахха, баара-суоҕа 45 сааһыгар, ыарахан ыарыыттан орто дойду олоҕуттан туораабыта.

Оҕолоро: 1. Николаева Сентябрина Геннадиевна 01.09.1981 г.р. – ГБПОУ РС(Я) Алданское медцинское училище по специальности «Акушерка» 2004 г. СВФУ медицинский институт по специальности «Менеджер сестринского дела» 2013 г. Работает старшей медсестрой в ГБУ РС (Я) «Нюрбинская центральная районная больница», Малыкайская врачебная амбулатория. Медсестра высшей категории. Отличник здравоохранения РС(Я). Муж Николаев Юрий Анатольевич 14.03.1969 г.р. – ГУП ЖКХ РС(Я) кочегар.

Дети: Иванов Арсений Геннадиевич 02.03.2003 г.р. ГБПОУ РС(Я) ЯСХТ по специальности «Правоведение» 2023 г. Работает в с. Намцы участковым полицейским.

Николаева Виолетта Юрьевна 01.09.2006 г.р. Студентка 2 курса г. Казань КИУ «Инновационные технологии и программирование».

Николаева Анна Юрьевна 18.05.2010 г.р.

Николаев Ньургун Юрьевич 29.09.2019 г.р.

Николаева Юна Юрьевна 26.09.2022 г.р.

  1. Свинобоева Инга Геннадиевна 15.08.1982 г.р. – ГБОУ РС(Я) ПТУ-31 по специальности «Социальный работник»2002 г. ГБПОУ РС(Я) ЯСХТ по специальности «Правоведение» 2007 г. ОУП ВПО АТиСО г.Москва по специальности «Юриспруденция». Работает старшим инспектором ПДН ОМВД России по Чурапчинскому району. Награждена медалью “За отличие в службе” 2-3 степени.

Муж Свинобоев Иннокентий Дмитриевич 16.05.1979 г.р. – ЧПУ по специальности «Учитель физкультуры» 1999 г. ЯГУ им. М.К.Аммосова по специальности «Учитель физической культуры» 2002 г. ФГБОУ ВПО ЯГСХА по специальности «Юриспруденция» 2013 г. Работает начальником ОМВД России по Чурапчинскому району.

Дочь Свинобоева Евдокия Иннокентьевна 16.06.2016 г.р.

  1. Слепцов Андрей Геннадиевич 28.06.1985 г.р. – старший тренер по боксу ГБПОУ РС(Я) Республиканское училище (колледж) Олимпийского резерва имени Р.М.Дмитриева, мастер спорта России по боксу, отличник ФКиС РС(Я). Окончил ФГБОУ ВО «Чурапчинский государственный институт физической культуры и спорта» по специальности «Учитель физической культуры». 2008 году окончил Институт физической культуры и спорта ЯГУ имени М.К.Аммосова.

Жена Слепцова Феврония Александровна 17.06.1988 г.р. – специалист по учебно-методической работе УМО ФГБОУ ВО Арктический ГАТУ.

2010 окончила Биолого-географический факультет ЯГУ имени М.К.Аммосова.

Дети: Слепцова Мичийээнэ Андреевна 03.10.2012 г.р.

Слепцова Чэмэлиинэ Андреевна 13.11.2017 г.р.

Слепцов Быйаман Андреевич 19.10.2019 г.р.

  1. Слепцов Мичил Геннадиевич 09.11.1991 г.р. – ФГБОУ ВО «Чурапчинский государственный институт физической культуры и спорта» по специальности «Учитель физической культуры» 2014 г.

Жена Слепцова Татьяна Николаевна 06.04.1993 г.р. – ФГБОУ ВО «Чурапчинский государственный институт физической культуры и спорта» по специальности «Учитель физической культуры» 2015 г. Переподготовка педагогическое образование профиль дошкольное образование 2019 г. Работает воспитателем в МБДОУ ЦРР д/с «Чуораанчык» с.Чурапча Чурапчинского района.

Дети: Слепцова Күндүйээнэ Мичил кыыһа 10.06.2013 г.р.

Слепцова Айыына Мичил кыыһа 17.08.2014 г.р.

Слепцова Айталы Куо Мичил кыыһа 30.03.2022 г.р.

  1. Слепцова Елена Геннадиевна 22.11.1998 г.р. ГАПОУ РС (Я) «Намский педагогический колледж им. И.Е.Винокурова» по специальности «Дошкольное образование» 2020 г. ФГБОУ ВПО «Чурапчинский государственный институт физической культуры и спорта» по специальности «Психолого-педагогическое образование» студентка 4 курса. Работает воспитателем в МБДОУ д/с «Мичил» с. Малыкай Нюрбинского района.

 

Геннадий, Розалия дьиэ кэргэнэ.

 

Розалия, Геннадий Слепцовтар, оҕолоро Инга, Андрей, Сентябрина, Мичил, Лена эбэлээх эһэлэрин кытта.

 

 

Розалия Ивановна оҕолорунаан, Андрей, Инга, Сентябрина, Елена, Мичил.

 

Саҥа дьылга.

 

Сентябрина, Юрий Николаевтар, оҕолоро Арсений, Виолетта, Анна, Ньургун уонна Юна.

 

Арсений с невестой Марией.

 

Инга уонна Иннокентий Свинобоевтар, кыыстара Евдокия.

 

Андрей уонна Феня Слепцовтар. Оҕолоро Мичийээнэ, Чэмэлиинэ, Быйаман.

 

Татьяна уонна Мичил Слепцовтар. Оҕолоро Күндүйээнэ, Айыына, Айталы Куо.

 

Кыра кыыс Елена.

 

АЛТЫС ОҔОНОН ТӨРӨӨБҮТ КЫЫС ДЬИЭ КЭРГЭНЭ

Попова (Слепцова) Вера Андреевна, 1959 сыл муус устар 22 күнүгэр төрөөбүтэ. 1978 сыл Попов Федор Федоровичтыын ыал буолан 5 оҕолоохтор, 15 сиэннээхтэр, 3 хос сиэннээхтэр.

Вера Бүлүү педучилищетын бүтэриэҕиттэн Бүлүү улууһун Сыдыбыл нэһилиэгэр, «Күнчээнэ» оҕо уһуйааныгар воспитателинэн үлэлиир.

Наҕараадалара:

— Нагрудный знак «Почетный ветеран системы образования РС(Я)» от 09.07.2019 г.

— Юбилейный знак «100 лет дошкольному образованию РС (Я)» от 24.09.20 г.

— Юбилейный знак «250 лет Чочунскому наслегу» от 13.12.2021 г.

— Нагрудной знак «За вклад в развитие Вилюйской школы» от 24.11.2024 г.

— Почетные Грамоты от Главы Вилюйского улуса, Чочунского наслега, администрации МДОУ «Күнчээнэ», Благодарственные от родителей за время работы.

Дети: 1. Евгений 31мая 1979 г.р. Жена Марианна Геннадиевна. Дети: Саша 20.05.2010 г.р., Жанна 02.04.2013 г.р..

  1. Ольга 21. 04.1982 г.р. Муж Афанасий Андросов. Дети: Николай 22.05.2002 г.р., Аэлита 28.09.2004 г.р., Ангелина 11.09.2008 г.р., Клим 30.04.2010 г.р., Саян 19.07.2011 г.р.
  2. Диана 08.12.1987 г.р., муж Андрей Ильин. Дети: Сайаана 18.01.2010 г.р., Аман 22.05.2018 г.р., Арчын 19.11.2025 г.р.
  3. Федя 16.10.1995 г.р., жена Анастасия. Дети: Ньургуйаана 26.08.2018 г.р., Сардаана 14.09.2020 г.р., Айсена 02.08.2023 г.р., Санаайа 23.09.2025 г.р.
  4. Андрей 09.02.1998 г.р., жена Сайаана. Дети: Тимур 03.02.2018 г.р., Арылхан 28.08.2019 г.р.

Вера уонна Фёдор Поповтар.

 

Попова (Слепцова) Вера Андреевна.

 

Поповтар оҕолоро, сиэннэрэ.

 

Марианна, Евгений Поповтар, уоллара Саша.

 

Ольга Афанасий Андросовтар. Оҕолоро Николай, Аэлита, Клим, Ангелина, Саян.

 

Диана уонна Андрей Ильиннэр. Оҕолоро Сайаана, Аман.

 

Настя, Федор Поповтар.

 

Настя, Федор Поповтар, оҕолоро Ньургуйаана, Сардаана, Айсена.

 

Ньургуйаана, Айсена, Санаайа, Сардаана.

 

Андрей оҕолорунаан: Тимур, Арылхан.

 

Афанасий Андросов оҕолорунаан: Саян, Ангелина уонна Аэлита.

 

СЭТТИС ОҔОНОН ТӨРӨӨБҮТ УОЛ ДЬИЭ КЭРГЭНЭ

Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгэр олороллор.

Слепцов Андрей Андреевич 06.07.1961 с.т. Суоппар идэлээх, кэлин 1 гр. инвалид буолан үлэлээбэтэҕэ. 2021 сыллаахха ковид ыарыыттан орто олохтон барбыта.

Кэргэнэ Сардаана Васильевна 06.07.1966 с.т., идэтинэн иистэнньэҥ, билигин оскуолаҕа үлэлиир. Алта оҕолоох этилэр. Икки тапталлаах кыргыттара Машенька, Варикка 2003 сыл муус устар 7 күнүгэр оскуола баһаарыгар былдьаммыттара.

— Петров Василий Иванович, 18.05.1985г.р. – охотник-любитель.

— Петрова Мария Ивановна 23.09.1986 — 07.04.2003.

— Слепцова Варвара Андреевна 22.12.89 — 07.04.2003.

— Еремеева (Слепцова) Вера Андреевна 14.01.1991 г.р. – СВФУ ФТИ профессия “инженер-технолог гранильного производства”. Работает МБОУ ЧСОШ в пришкольном интернате. Муж Еремеев Василий Федорович 31.05.1991г.р. – механик. Дети: Еремеев Даниэль Васильевич 13.01.2014 г.р., Еремеев Ярослав Васильевич 25.11.2017 г.р., Еремеев Марк Васильевич 07.10.2022 г.р.,

— Иванова Айталина Андреевна 31.01.1994 г.р. — ГБПОУ РС(Я) Вилюйский педагогический колледж им. Н.Г.Чернышевского по специальности «Дошкольное образование». Муж Иванов Николай Юрьевич 14.02.1993 г.р. – дальнобойщик. Дети: Иванова Нарыйаана Николаевна 06.11.2014 г.р., Иванов Тимур Николаевич 13.08.2023 г.р.

— Давыдова Сардаана Андреевна 22.11.1995 г.р. СВФУ Педагогический институт «Специальное (дефектологическое) образование» специальность учитель-логопед 2017 г. В данное время работает в МОКУ АОК г.Якутск учителем-логопедом. Муж – Давыдов Виктор Алексеевич 11.04.1995 г.р. СВФУ ЯГИТИ «Водоснабжение и водоотведение» 2017. Самозанятый. Дети: Давыдова Самаана Викторовна 13.08.2019 г.р., Давыдова Кюннэй Викторовна 07.11.2022 г.р.

Сардаана, Андрей Слепцовтар.

 

Сардаана, Андрей оҕолорун кытта: Айталина, Вера, Сардаана, Вася.

 

Чыбыыдаҕа.

 

Машенька, 11 кылаас. 23.09.1986-07.04.2003 сс. Варикка, 6 кылаас. 22.12.1989-07.04.2003 сс. Сыдыбыл иэдээнигэр, оскуола баһаарыгар былдьаммыттара…

 

Вера, Василий Еремеевтэр. Оҕолоро Марк, Даниэль, Ярослав.

 

Айталина, Николай Ивановтар. Оҕолоро Нарыйаана, Тимур.

 

Айталина, Николай Ивановтар.

 

Сардаана, Виктор Давыдовтар. Оҕолоро Самаана, Күннэй.

 

Сардаана, Виктор Давыдовтар.

 

АХСЫС ОҔОНОН ТӨРӨӨБҮТ КЫЫС ДЬИЭ КЭРГЭНЭ

Фёдорова (Слепцова) Полина Андреевна, 13.03.1963 г.р., пенсионерка. Муж – Фёдоров Николай Васильевич, 27.02.1968 г.р. кочегар ЖКХ. Дети:

  1. Фёдоров Василий Николаевич 15.07.1994 г.р. Жена Петрова Римма Валентиновна, 16.03.1995 г.р., продавец. Дети: Саргы, Мичийэ, Дьулусхан.
  2. Фёдоров Андрей Николаевич, 27.10.1995 г.р., Окончил СВФУ, мастер производственного обучения в ГБПОУ РС (Я) «Нюрбинский техникум».

Полина, Николай Фёдоровтар.

 

Полина, Николай Фёдоровтар уоллара Василий дьиэ кэргэнин кытта.

 

Римма, Василий Фёдоровтар.

 

Римма, Василий Фёдоровтар, оҕолоро Саргылаана, Мичийэ, Дьулусхан.

 

Саргычок, Мичийэ, Дьулусхан.

 

Фёдорова Саргы.

 

Фёдорова Мичийэ.

 

Фёдоров Дьулусхан.

 

Фёдоров Андрей Николаевич.

 

ТОХСУС ОҔОНОН ТӨРӨӨБҮТ УОЛ ДЬИЭ КЭРГЭНЭ

Слепцов Пётр Андреевич, 05.02.1965, пенсионер, Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр олороллор. Кэргэнэ Слепцова Любовь Ильинична, 04.01.1966 с.т. Үлэтэ: СӨ «Нам улууһун киин балыыһата» ГБУ, поликлиника. Үрдүкү категориялаах медсестра. Наҕараадалара: СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна.

Оҕолоро:

  1. Саввинова (Слепцова) Надежда Петровна, 10.07.1994 с.т., Федеральнай балык хаһаайыстыбатын агентствотын Илин Сибиирдээҕи салалтатыгар (Оперативнай улуустар ыккардыларынааҕы отдел) главнай исписэлиис.

Кэргэнэ: Саввинов Дмитрий Иванович, 07.10.1994 с.т. – ИДьМ, Омук дойду гражданнарын кэми быстах кэмҥэ тутар киин (ЦВСИГ), инспектор.

Оҕолоро: Саввинов Артур Дмитриевич 09.02.2014 с.т., Саввинов Дмитрий Дмитриевич 01.02.2017 с.т., Саввинова Даяна Дмитриевна 28.03.2020 с.т.

  1. Слепцов Андрей Петрович, 06.04.1999 с.т.

Үлэтэ: В.П.Артамонов аатынан «Хамаҕатта саха-французскай лицейэ» МБОУ, История уонна обществознание бастакы категориялаах учуутала.

Ситиһиилэрэ, наҕараадалара: «Нам улууһа» МО дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтигэр отдел бочуоттаах Грамотата. Санкт-Петербург к. Юнеско Ассоциацияламмыт оскуолаларын Ситимин эригийиэннээҕи киинин «Наследие ЮНЕСКО – наше будущее» видеороликтары Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарын призёрдарын бэлэмнээһин иһин Махтал сурук. «Барҕарыы» улуустааҕы НПК саха тылынан тэрийии уонна үрдүк таһымҥа ыытыы иһин Нам улууһун үөрэх управлениетын Махтал суруга. Москва к. В.И.Вернадскай аатынан XXX Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат ааҕыыларын призерын чинчийэр үлэтин салайыы иһин Махтал сурук. Москва куорат «Национальное достояние России» талааннаах ыччат XVIII Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһун кыайыылааҕын бэлэмнээһин иһин Диплом. Казань к. Н.И.Лобачевскай аатынан үөрэнээччилэр VIII Бүтүн Арассыыйатааҕы НПК (аан дойдуттан кыттыылаах) кыайыылааҕын дакылаатын научнай салайыы иһин Грамота. РФ миниистирин эҕэрдэ суруга.

Любовь, Пётр Слепцовтар.

 

Любовь, Пётр сиэннэринээн. Даяна, Дима, Артур.

 

Любовь, Пётр сиэннэринээн.

 

Надежда, Дмитрий Саввиновтар. Оҕолоро Артур, Дима, Даяна.

 

Любовь Ильинична уолунаан Андрейдыын.

 

ОНУС ОҔО, СЛЕПЦОВА РОЗАЛИЯ АНДРЕЕВНА, ПЕНСИОНЕРКА

Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэтигэр олорор.

Слепцова Розалия Андреевна.

 

Эдьиийэ Полина Андреевна дьиэ кэргэнин кытта.

 

Слепцов Андрей Григорьевич 05.1929 — 22.05.2008 сс.

 

Слепцова Матрёна Николаевна 02.01.1928 — 14.03.2005 сс.

 

Матрёна Николаевна, Андрей Григорьевич Слепцовтар.

 

Матрёна Николаевна, Андрей Григорьевич оҕолорун сиэннэрин кытта 40 сыл бииргэ олорбут бырааһынньыктарыгар.

 

Кыргыттарын кытта.

 

Ыал буолбуттара 45 сыллаах бырааһынньыктарыгар оҕолорунаан.

Ахтыыны суруйда улахан кыыһа Слепцова Валентина Андреевна.


АХТЫЫНЫ СУРУЙБУТА МАХТАЛЛААХ

Мин 1987 сыллаахха СГУ тыатын хаһаайыстыбатын ветеринарнай факультетын бүтэрэн, дуогабардаах хаhаайыстыбабар Ньурба оройуонугар «Марха» совхозка главнай ветвраhынан ананан үлэлии тиийбитим.

Совхозпут Маар нэһилиэгэр кииннэнэн турар. Бастааҥҥыттан Маар олохтоохторун, кырдьаҕастарын чугастык ылыммытым. Кырдьаҕастара бииртэн биирэ ордуктара. Кэлии киһиэхэ сыһыаннара үчүгэйэ, көмөлөһө эрэ сатыыллара. Мин «Марха» совхозка алта сыл үлэлээммин, дьонун-сэргэтин үчүгэйдик билбитим. Ол саҕанааҕы кырдьаҕастарым туһунан ахтыыбын суруйуом диэммин хаһаана сылдьабын.

Бүгүн ахтыллар киһим Түмүк нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ-тыыл уонна спорт ветерана Слепцов Андрей Григорьевич буолар. Миигин кытта Маар отделениетыгар бииргэ үөрэҕи бүтэрбит кыыһым Анастасия Семеновна Григорьева ветвраһынан ананан үлэтин саҕалаабыта.

Арай Настя сарсыарда хонтуорабар кэлэн: “Слепцов Өндөрөйдөөх ынахтара оскуома ыйыстыбыт диэбиппин өссө итэҕэйбэтилэр быһыылаах”, – диэн баран “көрбөккүн дуо” диэтэ. Слепцовтар үрэх үрдүгэр олорор этилэр. Эбиэт саҕана кинилэргэ тиийдим, бары тахсаннар ынахтарын көрдөрдүлэр. Анастасия Семеновна туруорбут диагноһын бигэргэтэн, харахтарынан көрөн, итэҕэйэн ол киэһэ астаабыттара. Ханныттан 15 см оскуома хостоон соһуйуу бөҕө буолбуттар. “Бу саҥа бэтэринээрдэрбит ынаҕы курдары көрөр эбиттэр” диэн биһиги ааппытытыгар маҥнайгы хайҕал тыллар этиллибиттэрэ.

Чугас аймахтарым курдук ыалларбар Егор Андреевич уонна Христина Ивановтарга кэпсээбиппэр “ити Өндөрөйүҥ олус сэниэлээх, ыһыахтарга хаһан да хотторботох киһи” диэн кэпсээбиттэрэ. Тустуук буоларым быһыытынан, аймахтыы харахпынан көрөр буолбутум. Андрей Григорьевич убайа хапсаҕайдаһан тустууга Саха АССР спордун маастара Мефодий Григорьевич Слепцов. Оҕо сылдьыахпыттан номох курдук истэрим, кэпсэлгэ сылдьар аатырбыт хапсаҕайдьыт.

Былырыын Өндөрөй Григорьевич туһунан тугу эмит суруйбут, сурукка тиспит киһи диэн санааммын кыыһыгар Валентинаҕа телефоннаан, хата улгумнук сөбүлэһэн, аҕатын, ийэтин, бииргэ төрөөбүттэрин туһунан мин саныахпар дьоһуннаах ахтыыны суруйан бэлэхтээбитигэр улахан махталбын тириэрдэбин уонна Ахтыылар.ру сайтка дьон дьүүлүгэр таһааттарабыт.

Түмүк нэһилиэк кырдьаҕастарыгар түгэнинэн туһанан эҕэрдэбин тириэрдэбин.

Дмитриев Сергей Гаврильевич (ветеринар Сергей).

2026 с. алтынньы ый.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *