Прокопьев Прокопий Яковлевич-Чуукаар туһунан

УБАЙЫМ ТУҺУНАН ИСТИҤНИК

Убайым Прокопий Чуукаар мин аҕабын Михаил Яковлевиһы кытта биэс бииргэ төрөөбүттэртэн саамай кыралара. Кини Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт Улуу сэрии саҕаламмытын биир ый буолаатын, 1941 сыл от ыйын 17 күнүгэр төрөөбүтэ.

Оччолорго аҕалара, мин эһэм ликбез эрэ үөрэхтээх Төллөөйөп Дьаакып саҥардыы тэриллибит холкуоска биригэдьиирдиирэ. Сэрии ыарахан, ас-таҥас тиийбэт кэмнэригэр Проня оҕо сааһа ааспыта. Бэйэтэ суруйарынан оччотооҕу оҕолор наар аччык сылдьаллара, кинилэри куруук тугу эмит аһаабыт киһи диэн санаа үүйэ-хаайа тутара.

Сэрии үһүс сылыгар аҕалара тымныйан, ыалдьан олохтон туораабыта. Ийэлэрэ Фёкла Николаевна биэс оҕотун кытта тулаайах хаалбыттара. Үһүс уолу Василийы оччотооҕу салалта туруорсуутунан детдомҥа биэрбиттэрэ. Ийэлэрэ колхозка ыанньыксыттыыра, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан холкуос биэрбит үүтүн аннынан, бэс үөрэтинэн, айылҕаттан тугу булбуттарынан үссэнэн ол аас-туор сыллары туораабыттара.

Сэрии бүтэн уонна арыый өҥ дьыллар кэлэннэр син үөһэ тыыммыттара. Убайым Чуукаар сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн Дьокуускайдааҕы Речной училищеҕа туттарсан киирбитэ.

Речной училищеҕа.

Училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн Лена устун устар хараабылга үлэлээбитэ, Муустаах муораҕа тиийтэлии сылдьыбыта. Арааһа ол кэмнэргэ Сахабыт сирин үтүө-мааны айылҕатын, улуу Өлүөнэ Эбэ киэҥ-нэлэмэн, кэрэ көстүүлэрин көрөн суруйар талаана уһуктубута.

Онтон Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан Нижнэй Новгордка сулууспалаабыта. Сотору-сотору суруга кэлэрэ. Онно кини улахан бомбардировщик самолёт саамай кэннигэр баар кыракый кабинаҕа олорон көтөбүн, радистыыбын диэн суруйбута.

Армияҕа Нижнэй Новгород куоракка сулууспалыы сылдьан.

Биһиги ийэбит Таисия Проняҕа бэрэски, буулка буһаран ыытара. Онно кини посылка тутан баран: «Саҥаһым астаабыт бэрэскитэ минньигэс даҕаны, илиитин сылааһа кытта биллэргэ дылы. Улахан диэн баһыыба», – диэн суруйбутун өйдүүбүн.

Эбэбит Сүөкүлэ оҕолорун туһугар наһаа кыһаллара. Таҥараны олус итэҕэйэрэ. Куруук муннук диэки хайыһан кириэс охсуна-охсуна «оҕом этэҥҥэ эрэ сырыттын» диирэ. Сулууспатын кэмигэр «Кыым», «Эдэр коммунист» хаһыаттарга, оройуон «Коммунизм суола » хаһыатыгар армия олоҕуттан ыстатыйалара, кэпсээннэрэ бэчээттэнэрэ.

Бииргэ төрөөбүттэр: Прокопий, Захар, Анна, Михаил, Василий.

Биһиги түөрт сыллата кыра уолаттар сайын убайдарбыт уоппускаҕа кэлэллэрин күүтэр да этибит. Убайбытын Проняны батыһа сылдьааччыбыт. Кини куруук туох эмит интэриэһинэй оонньуулары тэрийэрэ.

Оччотооҕу оҕолор бары даҕаны почта мааркатын, конверт ойуутун, значоктары, испиискэ хаатын ойуутун мунньар идэлээх этибит. Биирдэ Пронялыын «Альбом для марок» диэн альбомнары сиэдэрэйдик кырааскалаан, киэргэтэн оҥорбуппутун өйдүүбүн. Онно ким эрэ биһигиттэн алҕас «Альдом для марок» диэн суруйан, хойукка диэри «альдом для марок» дии-дии күлэ сылдьыбыппытын өйдүүбүн.

Дьиэбит иһигэр дуобат, саахымат турнирдарын тэрийэн бэрт хатыһыылаах киирсиилэр буолуталыыллара. Биһигини, кыра уолаттары убайдарбыт Баһылай, Захар, Проня куска, куобахха илдьэ сылдьааччылар. Айылҕаҕа үтүө сыһыаҥҥа, сааттан, уоттан, ууттан сэрэхтээх буолууга кинилэртэн үөрэммиппит.

Кэлин, үрдүкү кылаастарга үөрэнэр кэмнэрбэр Прокопий интернат воспитателинэн үлэлээбитэ. Онно кини патриотическай иитиигэ улахан болҕомтотун уурбута. Кыайыы күнүгэр кини салалтатынан факеллаах хаампыппытын, сэрии ветераннарын обелиһын аттыгар салют ыппыттарын өйдүүбүн.

Оҕо эрдэҕиттэн убайым бастыҥ, арахсыспат доҕотторунан Ньукулай Афанасьев — Демьянтович, Владимир Семёнов, Фёдор Самойлов этилэр.

Табаарыһа Николай Демьянтовичтыын.

Бүлүү училищетыгар үөрэнэр кэмнэригэр суруйбут «Уокка салаппыт үнүгэстэр», «Сибэкки дьөрбөтө», «Таптал дневниктэрэ», «Сүрэх сүрэхтиин кэпсэтэр» диэн кэпсээннэрэ киэҥ сэҥээриини ылбыттара. Биһиги көлүөнэ Прокопий Чуукаар уонна да атын суруйааччылар айымньыларыгар өй-санаа өттүнэн, олоххо бэлэмнээх буолууга иитиллибиппит диэтэххэ сыыспатым буолуо.

Автор М.М.Прокопьев убайынаан П.Я.Прокопьевтыын.

 

Убайбытын кытта.

Прокопий Горькай аатынан Москватааҕы литературнай институкка үөрэнэ сылдьан Амма кыыһын Павлова Вера Васильевнаны көрсөн харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттара. Бастакы оҕолоро Нюрбина, онтон Вася күн сирин көрбүттэрэ.

Саҥаспыт Вера олус холку, эйэҕэс майгылаах саха мааны далбар хотуна этэ. Студенныыр сылларбытыгар биһиги наар кинилэргэ сылдьааччыбыт. Саҥаһым остуола куруук бэлэм буолара, бэйэтэ астаабыт минньигэс аһынан күндүлүүрэ.

Куоракка өссө убайбыт Захар олороро, кэлин Баһылайдаах Чуукаартан көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Саҥаспыт Светлана Васильевна эмиэ олус эйэҕэс, кэллэхпитинэ куруук үөрэ-көтө көрсөрө.

Оччолорго гостиница диэн биир эмит баара эбитэ дуу, биһиги наар убайдарбыт аахха түһэрбит. Элбэхтик хонон-өрөөн ааспыппыт. Кинилэри элбэхтик түбүгүрдүбүт дьон буолуохтаахпыт. Онон биһиги саҥастарбытыгар, убайдарбытыгар махталбыт муҥура суох.

Биһиги студенныыр кэммитигэр.

Ол кэмнэргэ биһиги ыалтан биэс киһи студент этибит: убайым Меркурий, быраатым Толя, балтым Люба үһүөн СГУ Физико-математическай факультетыгар үөрэнэллэрэ. Мин СГУ Биолого-географическай факультетын биология салаатыгар үөрэнэрим. Улахан убайбыт Виталий Томскай Государственнай университет Электронно-вычислительнай техника уонна автоматика диэн факультетыгар үөрэнэрэ.

Билигин санаан көрдөхпүнэ биир дьиэттэн биэс студены үөрэттэриэххэ диэтэххэ дьэ ыарахан буолуо. Ол эрээри дьоммут барахсаттар үлэлээх- хамнастаах, кэтэх хаһаайыстыбалаах буолан үөрэттэрбит эбиттэр.

Студенныыр сылларбытыгар ас-таҥас өттүгэр улаханнык тутахсыйбатахпыт. Оччолорго студент стипендията 46 солкуобай буолааччы. Ол түөрт уон алта солкуобайбытыттан биир хоско олорор уолаттарбытын кытта отуттуу солкуобайы кыттыһан, уочаратынан дьурууһустубалаан, ас астанан, ый устата холкутук аһыырбыт.

Пронялаах куруук элбэх ыалдьыттаах, хоноһолоох буолааччылар. Табаарыстара суруйааччылар, Багдарыын Сүлбэ, Сэмэн Руфов уонна да элбэх доҕотторо, атастара, оройуоннартан табаарыстара наар хонон-өрөөн ааһааччылар. Амматтан аймахтара кыыс студенныыр сылларыгар кинилэргэ дьиэлэнэн үөрэммитэ. Ол барыта саҥаспыт Вера Васильевна барахсан убайбынаан ыалдьытымсахтарыттан, дьоҥҥо үтүөнү эрэ саныылларыттан этэ.

Ийэлэрэ Сүөкүлэлиин.

Балтыбыт Нюрбина, бырааппыт Вася оҕо сылдьан олус көрсүө, сэмэй буолааччылар. Билигин бэйэлэрэ ыал ийэлэрэ-аҕалара буолан, оҕолонон-урууланан олороллоруттан олус үөрэбит.

Прокопий Чуукаар кэлиҥҥи айымньыларыттан: «Уол оҕо уон уһуктааҕа», «Олоҕум олуктара» диэн сэһэннэрин олус таттаран аахпытым.

Убайым Проня быйыл 85 сааһын туолар. Киниэхэ туйгун доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабын!

Михаил Михайлович ПРОКОПЬЕВ-Абаҕан,

педагогическай үлэ ветерана, үрдүкү категориялаах учуутал.

Дьокуускай 2026 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *