Тихонов Николай Гаврильевич туһунан

ҮЛЭНИ ДАЛААҺЫННААХТЫК ТЭРИЙЭРЭ

Ынах маҥыраһан, киһи кэпсэтэн билсэр сиэринэн 1976 сыллаахха Николай Гаврильевич Тихоновы: «Чуукаар чулуу кыыһа Кочубей Таня кэргэнэ эбиккин», –  диэн билсиһэн турабын. Таня оҕо эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, аҕатын Бөҕө Тоҥнуурабы батан бөдөҥ-садаҥ, уол оҕо курдук судургу-көнө майгылаах, кыргыттартан биир маҥнайгынан суоппар буолбут кыыс оҕо кылааннааҕа буоллаҕа! Дэлэҕэ дойдутугар холкуоска уу таһар массыынаҕа суоппардыа дуо.

Куола Иркутскай куоракка агронуом факультетыгар аан бастаан аһыллыбыт луговод салаатын Саха сириттэн иккиэ эрэ буолан үөрэнэн, Таня зоотехник үөрэхтэнэн, биир оҕолонон «Ньурба» сопхуоска ананан үлэлии кэлбиттэрэ. Оччолорго луговод буолуохтааҕар агронуом да идэлээх сэдэҕэ.

Тихонов Николай Гаврильевич

Дьиибэтэ баар, аҕаларбыт, киниэнэ Хамнааһап Хабырыыл, миэнэ Ыгдаҕаарап Хабырыыл, отутус сыл саҕаланыытыгар Куочайга арыллыбыт Школа крестьянской молодежи (ШКМ) бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт эбиттэр, бүтэрбэтэллэр да ол туһунан аҕам ахтыы кинигэтигэр суруйбутуттан билэн турабын. Иккиэн элбэх оҕолоох ыал бастакы оҕолоро агронуом идэтин ылбыттара ШКМ-ҥа үөрэммиттэрин кытта сибээстээх буолуон да сөп курдук. Тоҕо диэтэххэ мин аҕам Чуукаарга маҥнайгы оҕуруотчутунан биллэрэ. «Оҕом агронуом буолуо, Тимирязовкаҕа үөрэниэ, ыраас салгыҥҥа сылдьан үлэлээн доруобай буолуо», – диирин истэ улаатан агронуом идэтин талан турабын. Ити кэмҥэ мин төрдүс сылбын өрөспүүбүлүкэтээҕи агрохимлаборатория Ньурба улууһугар уоҕурдууларынан дьарыгырар үлэһитэ буола сылдьарым. Иккиэн бииргэ алтыһыыбыт ходуһалар үүнүүлэрин үрдэтэр минеральнай уоҕурдуулары туһаныы үлэлэриттэн саҕаламмыта. Онтон ходуһалары төрдүттэн тупсарыы, элбэх сыллаах оттору үүннэрии, бүтэһигэр, ыччаты сир оноһуутугар сыһыарыы, каадырдары оскуола саҕаттан үөрэтии-такайыы соруктарын быһаарыы эмиэ биһиэхэ туһуланан турбут эбит. Ол иһин дьиибэргиибин ээ, дьылҕа хаан аҕаларбыт ситэрбэтэхтэрин биһигинэн ситэртэрэ сатыыр буоллаҕа дуу, диэммин!

Саас-сааһынан кэпсээтэххэ, маннык: ходуһа оҥостууттан сир оҥоһуутун култуурата үөдүйдэҕэ! Сүөһү ииттэн аһаан олорор омуктарга, биһиэхэ, ол бастакы уочарат буоллаҕа. Ону өйдөөн оройуоммут оччотооҕу салалтата (райком А.Л.Дохтуров, РИК Н.Н.Лыткин) тиэхиньикэ, сүөһү үлтү тэпсэн, чиҥэтэн ходуһалар үүнүүлэрэ сыллата намтаан иһэрин утары охсуһар ньымалары көрдөтөөрү учуонайдары ыҥыран аҕалан үлэлэтэ сылдьаллара. Г.В.Денисов, В.С.Стрельцова диэн кэргэннии учуонайдар Сүлэ сирин талан ылан Научнай-производственнай стационар тэрийбит, сайын аайы лааҕырынан сытан киэҥ далааһыннаах үлэлэрин саҕалаабыт кэмнэрэ. Луговод Николай Гаврильевич учуонайдардыын ыкса билсэн бииргэ үлэлэспитинэн барар. Ходуһаларга даҕаны, хортуоппуйга, оҕуруот астарыгар, бурдукка даҕаны оччолорго хото кэлэр минеральнай уоҕурдуулары киэҥник тутталлара. Ол үүнүүнү лаппа үрдэтэрэ. Холобур: 1980 сыллаахха оройуон үрдүнэн 4300 гектар ходуһаҕа киллэриллибититтэн «Ньурба» сопхуоска 2300 га, ол иһиттэн авиациянан 1000 га, «Марха» сопхуоска 1300 га, «Ст. Васильев» сопхуоска 500 га, «Чуукаар» сопхуоска 200 га киирбит. Ньурба ходуһатын хоһууннарын аата бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ дуораһыйара. Ити барытын тэрээһинэ, дьаһайыыта Николай Гаврильевич халбаҥнаабат эбээһинэһэ буоллаҕа.

Учуонайдар Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр саҥа элбэх сыллаах от суортарын айаннар, Бурятияттан Сибиир күкээриһин Гуран диэн курааны тулуйумтуо от сиэмэтин аҕалтаран элбэтэн киэҥ иэҥҥэ ыстарар соруктарын толоруу луговод кыһалҕата буолбута. Улахан эрэйинэн туруорсан тиэхиньикэ, бастайааннай үлэлиир механизатордары анатан сири таҥастаан от ыһан ходуһалары төрдүттэн тупсарыыны бастакынан өрөспүүбүлүкэҕэ саҕалаабыта. Уоппусканан да туһаннарбат сайыннары-кыһыннары үлэ үөһүгэр түспүтэ. Бэйэтэ ахтарынан «алта сыл устата улахан эрийсиинэн, дакаастаһыынан хомуллан, тоҕус тыраахтырдаах, уон биэс үөрэтиллибит үлэһиттээх биригээдэни» саҥа от сиэмэтин үүннэрэн тарҕатар аналлаах «Сүлэ» сопхуоска туттарбыта. Дьэ ити сопхуоска, эрдэ бэлиэтээбитим курдук, агронуом үөрэхтээх дириэктэрдиэхтээх диэн учуонай Г.В.Денисов туруорсуутунан, биир да агронуом үөрэхтээх олохтоох киһи көстүбэккэ, оройуон тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай агронуомунан үлэлии сылдьар, от ыһыытын дьыалатыгар учуонайдар күннэтэ кыһалҕаларыгар кыттыһыннарбыт киһилэрин, миигин, аҕыйах ый Иркутскай куоракка ыытан дириэктэрдэр куурустарыгар үөрэттэрэн баран анаан кэбиспиттэрэ. Учуонайдарбыт барахсаттар сүбэлэринэн-амаларынан сопхуос устаабын оҥорон, оппут сиэмэтин сыанатын Госпланынан быстаран, уопуттаах экономист В.Г.Ноговицына сопхуос коллективнай дуогабарын оҥорон ылыннаран үлэлээбитинэн киирэн барбыппыт. Хамнас ааҕыыта оччотооҕу бары сопхуостарга курдук сдельнай буолбакка, төһө бородууксуйаны оҥорон тааһаарбыккынан төлөнөр курдук ылыныллыбыта.

Түбэлтэтигэр, саҥа сопхуос ол сыл силиргэхтээх ача сиэмэ бөҕөнү биэрэн, былаан үс бүгү эрэ кыайбат туолан хамнас, эбии төлөбүр дыгдас гына түһэн барыбытын үөрдүбүтэ, атыттарга ордук санааһыны үөскэппитэ. Ол туһунан Коля маннык ахтар: “Оннооҕор сопхуоска соторутааҕыта саҥа киирбит дьон бириэмийэ аахсыбыт сурахтарын истэн, мин бииргэ сиргэ хоно сылдьан бэлэмнээбит дьонум биирдэрэ даҕаны алта сыллаах үлэбин сыаналыырдыы санаабатахтарыттан бүгүҥҥэ диэри хомойо саныыбын…”.

Итиннэ даҕатан эттэххэ сопхуос уон сыл устата үрдүк таһаарыылаахтык, барыстаахтык үлэлээбитигэр Коля ити үөрэппит биригээдэтин чилиэннэрэ сүрүн күүс буолбуттара. Саҥа сопхуоска киирбит үксэ СПТУ-лары бүтэрбит эдэр оҕолору үөрэтэн-такайан илдьэ сылдьыбыттара, үлэһит бэртэрэ оҥортообуттара. Биригэдьиир Ю.В.Пахомов бэйэтин кэнниттэн Н.Н.Сеяловы мэктиэлээн дойдутугар Сунтаарга көһөрүгэр хаалларбыта «Үлэҕэ туйгунун иһин» үрдүк ситиһиилээхтик биригээдэтин үлэлэтэн мэтээлинэн наҕараадаламмыта; И.В.Федоров «Албан аат 3-с истиэпэннээх» уордьанын ылбыта; В.Н.Иванов ССКП обкуомун, Саха АССР Миниистэрдэрин Сэбиэтин, ЫБСЛКС обкуомун Грамотатынан наҕараадаламмыта; В.С.Винокуров Ньурба 1 №-дээх оскуолатын «Омолдоон» лааҕырын оҕолоругар наставник-тырахтарыыс буолан ыччаты тиэхиньикэни баһылыырга үөрэтээччи этэ; Е.Е.Иванов «Ньурба суоллара» тэрилтэҕэ хойут көһөн үлэлээн СӨ суолун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буола үүммүтэ: В.И.Олесов – биригээдэ агронуома, Амма оройуонугар тиийэн «СӨ үтүөлээх агронуома» буолбута; А.Д. Федоров – биригээдэ мэхээнньигэ, «Сүлэ» сопхуоска маҥнайгы тоһоҕо саайыллыаҕыттан чааһынайга тарҕанан туллуор диэри үлэлээн ааспытым» диир, билигин «Силис» бааһынай хаһаайыстыба үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна.

Николай Гаврильевич бэйэтин сопхуоһугар хаалан саҥа биригээдэни тэринэн, хара, ыраас паарга толору сүрүн уоҕурдуулары киллэрэн ходуһалары төрдүттэн тупсарар үлэни өссө далааһыннаахтык ыыппыта.

Бэйэтэ туох диэн ахтыбытын ааҕыаҕыҥ: «Били алта сыл устата сордонон-муҥнанан биэс сүүһү кыайбат гектарга от ыспыт буоллахпытына биир сыл иһигэр уон икки талбыт тырахтарыыстарбын, талбыт тиэхиньикэбин ылан сайын устата 800 гектар сиргэ от ыстыбыт! … Атын үлэҕэ көһөрбөр, кэнники икки сылга итиннэ араа-бараа иэннээх сиргэ от ыһар толору бэлэмнээх, үөрэтиллибит эрэбил үлэһиттэрдээх биригээдэ хаалбыта. Мин оннубар хаалбыт уруккута кылаабынай агронуомум өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх агронуомун аатын ылбыта…».

Ситиһиилээх үлэ түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ бүттүүнүгэр ходуһалары төрдүттэн тупсарыы уопута тарҕаммыта. От сиэмэтин биир сопхуос кыайан хааччыйар кыаҕа суоҕун учуоттаан эбии Аммаҕа «Мээндиги», Мэҥэ Хаҥаласка «Кыһыл Сулус» сиэмэ сопхуостара тэриллибиттэрэ. Улахан сопхуостар аайы ходуһалары төрдүттэн тупсарар аналлаах ЛМО (луго-мелиоративный отряд) баар буолбуттара, олору дьаһайар дириэктэри солбуйааччылар анаммыттара.

Өрөспүүбүлүкэҕэ итинник дьаһаныы түмүгэр 1990 сылга 100 тыһ. гектар от ыһыылаах, гектартан 20-30 центнер от кэлэр ходуһалара баар буолбуттара. Бүтүн Союзка холобурга сылдьар регион буолбуппут. Г.В.Денисов биологическай наука дуоктарын көмүскээбитэ, СӨ наукаларын академига аат иҥэриллибитэ, «Норуоттар доҕордоһууларын» уордьанынан наҕараадаламмыта. В.С.Стрельцова СӨ «Үтүөлээх агронуома» буолбута.

Г.В.Денисов: «Ыччаты сир оҥоһуутугар сыһыардахха эрэ аһылыгынан хааччыллыы кыайтарыа, биир-икки да агронуому иитэн таһаардаххына улахан дьыала», – диэбитин ылынан, (оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ иккиэйэх эрэ агрооскуола баара) сир оноһуутунан дьарыктанар аналлаах саҥа орто оскуола буолбут сопхуоспут үбүнэн тутуута саҕаламмыт оскуолатыгар 1992 с. дириэктэри производство солбуйааччы дуоһунаһыгар көспүтүм. Дириэктэр уруккута партийнай үлэһит И.Ф.Данилов этэ. Г.В.Денисов сир оҥоһуутунан дьарыктанар оскуолаҕа агронуом дириэктэрдиэхтээх диэн туруорсан Н.Г.Тихонов 1995 сыл сааһыгар дириэктэринэн кэлбитэ. Чугастык алтыһан үлэлээһиммит бу кэмтэн саҕаламмыта. Эрдэһитэ бөҕө, сарсыарда олорор эмээхсинин маһын хайытан баран, эмиэ эрдэһит, оскуолаҕа маастарынан үлэлиир мин Уйбааммар киирэн чэйдэһэ-чэйдэһэ арааһы сэһэргэһэн, ол иһигэр үлэни-хамнаһы да быһаарсан, устунан кэргэннэһэн барбыппыт. Биологынан үлэлиир урут сортоучаастакка сэбиэдиссэйдээбит Л.С.Алексееваны, атын предметник учууталлары үмүрү тардан «Хоту дойду сирин оҥоруу төрүттэрэ» диэн дисциплина программатын оҥорууну саҕалаппыта. Оччолорго «Ньурба» сопхуос хортуоппуйун хомууругар чугастааҕы оскуола үөрэнээччилэрэ бүтүннүү сир анатан үлэлииллэрэ.

Анаммыт икки гектардаах үүнүүлээх хортуоппуйбут сирин оҕолорбут хомуйбуттарын хамнастарын харчынан буолбакка хортуоппуйунан аахсан, бэйэлэрин бадыбаалларыгар кыстатан биэрэллэрин курдук биригэдьиир М.Э.Степанованы кытта кэпсэппитэ. Үөрэнээччилэргэ оскуола бэйэтин бааһынатыгар үүннэрбит хортуоппуйдарын атыылаан хамнастарын төлөппүтэ. Сайыныгар котельнай алдьаммыт биир оһоҕун өрөмүөннэппитэ. Бэркэ тапсан үлэлиэх дьону олорор усулуобуйатын хааччыйбаккалар икки сылы кыайбат үлэлээн Чаппандатыгар төннүбүтэ.

Үөрэхпит программатын Г.В.Денисов ыҥырыытынан Дьокуускайга тиийэн бэйэтиттэн ыйдаран, сүбэлэтэн-амалатан саҥа анаммыт дириэктэр С.Р.Берёзкиналыын ситэрбиппитин Герман Васильевич бэчээттэтэн биэрбитэ. Куола биһикки аҕаларбыт үөрэнэ сылдьыбыт ШКМ маарынныыр оскуола тэриллэригэр кылааты киллэрсибит эбиппит ээ, диэн билигин саныыбын. Оскуола сирдээх-уоттаах, икки, сэттэ, уон икки хонуулаах толору севообороттаах схемата оҥоһуллубута. Кэлин Горнай Алтай курдук сиртэн плодово-ягоднай питомник саженецтарын кытта аҕалтаран олордон турар. Онон ыччаты сир оҥоһуутун толору баһылыылларыгар усулуобуйаны оҥорор кыахтаах. Атын сирдэртэн баҕалаах оҕолору ыҥыртаан аҕалан үөрэтэлээн оскуола оҕотун элбэтэр табыллыан сөп. Аҕаларбыт «хаһан билбэтэх ынах-сылгы көрүүбүтүн кыһайан үлэлэтэллэр, оҕолоро мэниктэрэ да бэрт, кирпииччэнэн тамнаһаллар, аны Ньурбаҕа уоспа турбут сураҕа иһиллэр» диэн утуйар таҥастарын үллэччи сүгэн уонча көстөөх дойдуларыгар туос сатыы, биирдэрэ Чуукаарга, биирдэрэ Маалыкайга күрээбиттэрин курдук, билигин усулуобуйа бөҕөлөөх агрооскуолалартан күрээччи суох буолуох этэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ иккиэйэх агрооскуола урут баар буоллаҕына билигин сүүстэн тахса.

«…Оттон мин дьылҕам, аналым тиит охторооччу, тииҥ ылҕатааччы буолар эбитин кэнники үлэм түмүктэрэ эмиэ хаста да хатылананнар бигэргэттилэр…» диэн ахтыбыта кырдьыктаах. Бэлэмнээбит биригээдэтэ сиэмэ сопхуоһа тэриллэн хамнас оҥорон таһаарбыт бородууксуйатынан ааҕыллыыга киирэн элбэх хамнаһы, бириэмийэни ылбытыттан көрө маппыта, сопхуоһугар ходуһалары төрдүттэн тупсарар үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ сыаналанар кэмигэр эмиэ «Ньурба» сопхуостан арахсан барбыт үгүс ньүөлсүтүллэр ходуһалардаах «Чаппанда» сопхуоска кылаабынай агронуомунан ананан тахсан мүччү түспүтэ тустаахха кыһыылаах буоллаҕа! «…Ол эрээри онтон букатын кэмсиммэппин…» – диирэ.

«Чаппанда» сопхуоска ходуһалары тупсарар үлэтин таһынан хортуоппуйунан дьарыктаммыта. «Чаппанда былыыгар хортуоппуй үүммэт» диэн санаа олохсуйбут дойдутугар хортуоппуй үүннэрэр биригээдэ тэрийэн Саалтааныга олордон үүнүү бөҕөнү хомуйан ити санаа олоҕо суоҕун дакаастаабыта.

Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, Куола кэпсэтэн бадыбаалга кыстаппыт оскуолабыт сиэмэ хортуоппуйун Сүөдэрэп Уһуна бааһынабытыгар икки гаҕа олордоммут хортуоппуй бөҕөтүн хостообуппут. Детсады, интэринээппитин хааччыйбыппыт таһынан улуус балыыһаларыгар биэс туоннаны, хортуоппуйдара кыайан үүммэккэ сиэмэтэ суох хаалбыт «Чаппанда» ХЭТ-кэ сэттэ туоннаны биэрэн турабыт. Хамнас ханан да кэлбэт буолан турар кэмэ этэ. ХЭТ этинэн төлөспүтэ, балыыһалар икки-хас сыл сыһан-соһон нолуок суотугар, мин уурайбытым кэннэ, төлөспүт этилэр. «…Таҥара көрөн олорон бэйэтэ тэҥнээн дьоллуур эбит. Билиҥҥи кэмҥэ киһи соруннаҕына тоҕо тыа сиригэр даҕаны дохуот аахсардыы үлэлиэ суоҕай? Үүнээйини үгүһү көрөн-харайан үүннэрэн, сүөһү-ас тутан дохуоттанабыт», – диэн үксүн кыһарыллан үлэлээн сылдьыбыт систиэмэтэ ыһыллыбытын сирбэт этэ. Булчут Чаппанда сылгыһыт уолаттарын Гурий Филипповтааҕы, табаарыһа Сэргэйи кытта тииҥҥэ, тайахха, дойдутун Маалыкай үрэхтэрин баһынан көҥүл-босхо бултуу-алтыы сылдьарын да сөбүлээтэҕэ. Биһиги эмиэ күһүн аайы Харыйалаахха Сэттэ толооҥҥо балаакканан сытан мин сир астыыр, Уйбаан тайахха хаамар, муус аннынан балыктыыр үгэстээх этибит.

Куолалаах биһиэхэ таарыйан, чэйдээн, сэлэһэн ааһаллара билигин сырдык ахтылҕан буолан миэхэ сылдьар…

Ол эрээри: «Туох атыыга барар, табаар буолан атыыланар өрүскэлэһэн эстиигэ, бүтүүгэ барар эбит. Мин тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар сири чааһынай бас билиигэ биэрэн баран бэлэхтээһин мала, атыы-эргиэн табаара (билиҥҥи сокуонунан) буоларын адьас сөбүлээбэппин. Сахалар төрөөбүт-үөскээбит сирбитин уота суох сэриилээн, атыылаһан ыллахтарына бүттэхпит ол…» – диэн санаатын суруйбуттаах. Энчини тулуйбат Куола: «Кэнники сылларга дьон санаата алдьанан иһэриттэн, быһыыта-майгыта мөлтөх өттүгэр хаадьайыах курдугуттан хараастабын», – диэн аныгы кэм итэҕэһин бэлиэтээбитэ.

Үлэни-хамнаһы оҕо эрдэҕиттэн өрө туппут дьарыга.

 

Бултуурун-алтыырын олус сөбүлүүрэ.

Хортуосканы хото үүннэрэн, ынах-сылгы иитэн, түөрт уолун үөрэхтээн, ыал-күүс оҥортоон, дьиэ бөҕөнү тутан, мас олордон сиргэ кэлбит аналын ситэри толорон түмүктээбитэ бэлиэр үс сыл буола охсубут.

Семён Николаевич диэн орто уола Ньурба Агро МТС салайааччытынан үлэлиирин истэбин. Оҕолоро аҕа баһын тосту олоруохтара, элбэх сиэннэрэ, ыччаттара үүнэ-сайда, утумун ууһата туруохтара диэн эрэллээхпин.

Кэргэнэ Татьяна Дмитриевналыын, өр сыл Чаппанда нэһилиэгэр баһылыктаабыт, Ньурбаҕа Үлэлээх буолуу киинигэр бастакы салайааччылыын.

«Сүлэ» сопхуос «Үлэҕэ туйгунун иһин» мэтээллээх биригэдьиирэ Н.Н.Сеялов (хаҥаһа) Н.Г.Тихоновтыын.

Ыал мааны аҕата, эһэтэ.

Ахтыыны суруйда

Светлана Гаврильевна ПЕТРОВА,

үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Ньурба улууһун уонна Сүлэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Сэрии кэмин оҕото.

2026 с. олунньу.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *