Аммосова Елизавета Николаевна ахтыыта

БЫРААТТАРЫМ – ХОТУ ЗВЕНО ӨЙҮӨ ТАҺААЧЧЫЛАРА

Бырааттарым Уус Алдан улууһун Курбуһах нэһилиэгин олохтоохторо Григорий Николаевич Васильев – Кэлтэй Уус уонна Лазарь Николаевич Васильев тустарынан кылгас ахтыыны суруйабын.

Хаартыскаҕа: Васильев Григорий Николаевич – Кэлтэй Уус, Мэҥэ Хаҥалас улууһун норуотун маастара.

 

Хаартыскаҕа: Васильев Лазарь Николаевич.

Оскуолаҕа киирэр сайыныгар быраатым Лазарь аҕатыгар Хоту звеноҕа оҕус сиэтээччинэн сырытта. Онтон 1966 сыллаахха бастакы кылааһы бүтэрбит олус кыра киһи этэ. Үөрэх дьылын бүтэһик күннэрэ тураллара. «Дорообо, сайын» диэн хас биирдии үөрэнээччи өйүгэр-санаатыгар үтүө өйдөбүл буолбут, ханна да хатыламмат кэрэ бырааһынньык үгэс быһыытынан ыытылынна. Оччотооҕу патриотическай иитии, сомоҕолоһуу улахан суолталааҕа. Үөрэнээччилэр киэҥ нэлэмэн дойдубут араас омугун курдук оҥостон сэлэлээн киирэллэрэ. Бу оҕо сааспыт бырааһынньыгын оскуола оҕото барыта күүтэрэ.

Бырааттарым Гриша уонна Лазарь.

 

Быраатым Гриша.

Ким ханна, тугу гыныахтааҕа сайын ыһыах кэннэ биллэрэ. Ыһыах түмсүүлээх совхозтар ситиһиилэринэн тэриллэр этэ. Бииртэн биир тыҥааһыннаах күрэхтэһии буолара. Убайым Коля тустан мүһэ сиэтэрэ. Бэтэрээннэр сырсыылара үрдүк таһымнаахтык ааһара. Киэһэ ат сүүрдүүтүн көрөөрү турар-турбат бары мустара. Дьэ ол кэннэ ким дайаарканы солбуйа, ким ньирэй көрө сайылыктарынан арахсан үлэ фрона саҕаланара.

От үлэтигэр сүрүннээн оҕону үлэлэтэллэрэ, ол булгуччулаах этэ. Дэриэбинэ оҕолорун мунньах быһаарыытынан хоту, соҕуруу звеноларынан тыыраллара, испииһэк оҥороллоро. Оттон мин бырааттарым олус кыралара, от үлэтин эппиэтинэһэ бэйэлэринээҕэр хас бүк улахана буолла…

Бырааттарым Гриша үсүһү, Лазарь иккис кылааһы бүтэрбит сайыннарыгар «Лена» совхоз үлэһиттэрэ буоллулар. Ат Туйаҕар оттуур Хоту звеноҕа өйүө таһаллар. Ол курдук отчуттар астарын, үлэлиир кыахтарын тэрийээччилэр кинилэр. Өйүө хас биирдии үлэһиккэ кэтэһиилээх ас, сонун сурук. Таҥастарын-саптарын эмиэ кинилэр илдьэллэрэ.

Быраатым Лазарь ол кэми маннык ахтар:

«Сир-халлаан чэлгийэ ситэн турар кэмэ. Төгүрүччү күөҕү хайа киһи алтыһа сылдьан болҕойуо, астына көрүө суоҕай? От ыйын өҥүрүк куйааһа. Онно биһиги отчуттарбыт туруорбут кэбиһиилээх отторо олус элбэҕэ. Үлэ түмүгүн көрөн хайа киһи сүргэтэ көтөҕүллүбэт буолуой?

Олус куйаас күннэр тураллар. Биһиги өйүөбүтүн илдьэн иһэбит. Оҕуспут сүрдээх улахан уонна сымнаҕас. Аргыый аҕайдык сыылларабыт. Оҕуспут Хотос Тумус диэн ааттаах. Оҕо дулҕата диэн алааска киирдибит. Арай Хотос Тумуспут хаамыытын эптэ, онтон отой да сүүрэ былаастаан күөл диэки салалынна. Гриша тохтото сатыыр, мунна кытаанаҕа диибин диэн, отой кыайтарбата. Үөнтэн-көйүүртэн, күлүмэнтэн сүүрэрдээри өрө мөхсөн оҕолору, тэлиэгэлэри өрө барчалаан күөл ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Тэлиэгэҕэ баар табаар дьааһыгар угуллубут дьоммут өйүөтэ сытыйда, ортотугар диэри уу буолла. Ыксалынан күөл кытыытыгар таһаардыбыт. Оҕуспутун араастаан соһо сатаатыбыт, отой хамнаабат. «Пуус» гынан тыына-тыына турар. Дэлби ытаатыбыт, ыксаатыбыт. Өйүөбүтүн куурда сатаатыбыт. Мөҕүллэр дьон буоллубут диэн чугастыы Пухов Илья от мустара сылдьарын көмөҕө ыҥырдыбыт. Дьэ оҕуспутун ууттан таһаардыбыт. Кини да ыксаан ууну буллаҕа диэтибит. Илья – оскуола оҕото, эмиэ кыра сааһыттан от үлэтигэр эриллибит үлэһит уол. Оо, онно үөрбүппүтүөн, олус уһаабакка оҕуспутун кини баар буолан таһаардахпыт. Хотос Тумус син буруйдаах курдук салайтарбакка, суолун булан хааман хаадьаҥнаан барда.

Кэлэ-бара Ат Өттүүргэ Аммосов Семён Семёновичтаахха, Бурнашев Николайдаахха сылдьааччыбыт. Аммосов Тимофей олус көмөлөһөрө. Оҕуспут сыарҕатын быатын-туһаҕын көрөн биэрэрэ. Аһаталлара, сынньата сатыыллара. Оо, онно тиийдэхпитинэ дурдалаах-хаххалаах буолар этибит. Куруук үөрэ көрсөр, сүбэ-ама биэрэр кырдьаҕастар этилэр. Билигин санаатахха, кинилэр көмөлөрүнэн ыарахан, уһун айаҥҥа туох да моһуога суох сырыттахпыт дии.

Дмитрий Николаевич Васильев оҕо сылдьан оҕус үрдүгэр. Салгыы кини үлэлээбитэ.

Өйүө үксэ суорат буолара. Ийэлэр, эбээлэр суораттарын араас иһиккэ кутан ыыталлара. Кыра тимир бөтүөн хаппаҕын хаһыатынан сабан баран, ыбылы баттаан быанан эбэтэр таҥас сыыһынан баайан кэбиһэллэрэ. Эбэтэр үс киилэлээх истикилээҥкэни капронунан (ол баар ыалыгар баара) хаппахтыыллара.

Хотос Тумус араастаан хаамар, ардыгар чугаһаабытын билэн хардыыта кэҥиир, эбиллэр. Биирдэ эмиэ Ат Өттүүргэ кэллибит, онно кыра ампаар баара, өйүөнү онно хаалларарбыт. Арай таһа сырыттахпытына алдьархайдаах тыас-уус бөҕө буолла. Биһиги нэһиилэ өйүөбүтүн киллэрээт, тэлгэһэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт.

«Туох буолла? Абааһы дуо?» – диэтэ убайым Гриша. Тура түһэн баран: «Туох баарын көрүөххэ», – диэтэ уонна иһирдьэ киирдэ. Мин батыстым. Арай көрбүппүт Диимискэ суората тоҕо тэппит, ампаар үрдэ барыта үрүҥ суорат буолбут. Ону ааҥҥа «Диимискэ суората тоҕо тэптэ» диэн чоҕунан суруйан хааллардыбыт.

Күһүөрү отчуттарбыт улам-улам сирдэрэ тэнийэн истэ. Ол тухары саамай кэтэһиилээх дьон биһиги. Букатын Танда ыпсыытыгар Буордаах Уһукка, Киилдьинҥэ тиийэ айанныыбыт. Сүрдээх ыраах айан, оҕуспут да бытаан. Кус оҕото улаатан, баарын биллэхпитинэ Хотос Тумуспутун тохтотон, Гриша 32-лээх саатынан үөмэн киирэн ытан ылара».

Өйүө тиэрдиитэ бу курдук улахан эппиэтинэстээх, кыра оҕолорго ыарахан үлэ этэ.

Бырааттарым барахсаттар ити 1966 сыл сайыныгар бэркэ үлэлээбиттэрэ. «Лена» совхозка от үлэтигэр оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри сылдьыбыттара. Улаатан от атын үлэтигэр көспүттэрин кэннэ, салгыы Хоту звеноҕа бырааттара Васильев Дима өйүө таспыта.

Ахтыыны эдьиийдэрэ

Елизавета Николаевна АММОСОВА суруйда.

Курбуһах, 2026 с. олунньу.

Аммосова Елизавета Николаевна ахтыыта: 3 комментария

  1. Аноним

    Олус диэн бэрткэ суруллубут» Ахтыы «. Урукку олоҕу олорчу сырдатар, үтүө кинигэ тахсыбыт. Оҕолор бука бары киирэн көрүн. Баһыыба — Елизавета Николаевнаҕа.

  2. Akne_heot

    Если вас интересует лечение акне у дерматолога, в Клинике косметологии и дерматологии доктора Шестакова можно пройти очную консультацию и подобрать индивидуальную тактику лечения.

    Лечение акне рассматривают как процесс, в котором важны не только препараты, но и грамотный уход за кожей.

    На консультации обсуждают, какие методы могут подойти в конкретной ситуации и нужен ли дополнительный этап обследования по показаниям.

    При необходимости отдельно обсуждают местные препараты, антибактериальные средства, ретиноиды, гормональную терапию и поддерживающий уход.

  3. Botulinote_prKa

    При выборе ботулотоксина при мигрени важно учитывать не только симптомы, но и частоту головной боли, триггеры и индивидуальные особенности течения заболевания.

    Инъекции ботулотоксина при мигрени применяются как один из вариантов профилактического лечения при хронической форме заболевания.

    Перед процедурой врач проводит консультацию, уточняет частоту приступов, характер головной боли и особенности ранее проводимого лечения.

    Метод рассматривается как часть профилактики хронической мигрени, когда приступы становятся частыми и заметно влияют на качество жизни.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *