Саввинов Николай Петрович туһунан

«САЛЛААТ СУОЛА ОСПОТ»

«Саллаат суола оспот». Итинник ааттаах кинигэни тутан олоробун. Биир тыынынан ааҕан, көрөн кэбистим. Эдэрбэр түстүм, үтүө, кэрэ дьоммун көрсүбүт, кэпсэппит курдук сананным, эгди буоллум. Олоххо эрэлим күүһүрдэ. Элэйэн, эргэрэн эрэр нэгирим, ис кутум уһугунна. Улугуруох буолбутум, умуллаары, өйүм-күүһүм түүппэҕирэн нэктэ буолуох майгытын киэр илгиэх курдукпун.

Оҥоойуктаах оҕо сааһым доҕоро, улахан үөрэхтээх быраатым Григорий Николаевич Саввинов дойдутун, дьонун тустарыгар өссө биир сүдү бэлэҕэ диэххэ.

Аҕата фронтовик Николай Петрович Саввинов-торуой туһунан хас эмэ сыл иитийиэхтээн, санаатыгар тута сылдьан, хомуйан, сыа-сым курдук оҥорон, бэртээхэй ахтыы аймахтарын, оҕолорун кытта кыттыһан күн сырдыгын көрдөрбүттэр, кыайбыттар. Сэргиир киһи сэргиир, үөрэр киһи үөрэр, сүөм үрдүүр үлэтэ. Махтал буоллун!

Кинигэ аата «Саллаат суола оспот», ол аата ол урукку да, бу билиҥҥи да саллааттарга барыларыгар тус сыһыаннаах. Саллаат – сэрии, сэрии – саллаат, өлүү-сүтүү, итиэннэ тыыннаах, сэймэктэнэн киһи аҥаара кэлэн өрөгөйдөөһүн.

Ньукулай барахсан бу уот сэриигэ убайдарын кэнниттэн, отой оҕочоос сааһыгар бараахтаабыт. Бу уустук олохтоох ыал. Ол курдук Ньукулай аҕата Нэгнэгэр Бүөтүр кэргэнэ Аана, кыратын оҕолонон баран сээмэрэн өлөн хаалаахтаабыт. Бүөтүр сэттэ, ол иһигэр уу кырбас оҕолорун кытта чороҥ соҕотох хаалар. Биир уолу Дабыыты Маҥаас Михайловтарга ииттэрэ биэрэр. Байбал диэннэрэ сэрии иннинэ ыалдьан олохтон туоруур.

Бу Нэҥнэгэр Бүөтүр сиппит-хоппут түөрт уолаттарын сэриигэ илдьибиттэриттэн үс уол – Дабыыт, Улахан Ньукулай, Өлөксөй сэрии толоонугар букатыннаахтык хаалаллар. Арай кыра Ньукулай элбэхтик бааһыран, араанньы буолан, сэймэктэнэн «Хорсунун иһин» мэтээллээх эргийэр. Бу эмиэ туспа устуоруйа. Кэлээт Дүллүкү киһитэ Иванов Д.И. (Чабыйах Тайыла) кыыһа Раисаны кэргэн ылан, элбэх оҕону төрөтөн, иитэн улаатыннарбыттара.

Бу туһунан кинигэҕэ сиһилии суруллубут, архыып матырыйааллара итиэннэ бөлөһүөк, билиҥҥинэн краевед Лааһар Ньукулаайап бэлиэтээһиннэрэ төһүү буолбуттар.

Ньукулайдаах Арыыска оҕолоро барылара даҕаны кыргыттар этилэр. Онон мин биир кэмҥэ ыаллыы олорбуппутунан, миигин ордук чугас туталлара. Итиэннэ Арыыска үүттээх эмиийдээх буолан эбии эмиийдээн, мин иккис ийэм курдук саныырым.

Кинилэргэ элбэхтик сылдьарым, оҕолорун курдук көрөллөрө. Ньукулай барахсан оҕоҕо-урууга эйэҕэһэ-сайаҕаһа, ураты уйан дууһалааҕа. Маҕаһыыҥҥа атыыһыт, ыраас бэйэлээхтик мичээрдээн киэҥ, арылхай харахтарынан кыҥнары соҕус туттан көрөн турара бу билигин даҕаны харахпар көстөр.

Сыыҥ-сыраан аллан, аҥаар кулгааҕа түспүт, нэктэ буолбут эһэтин эргэ бэргэһэтин чохойбут кэтэҕэр кэппит дуу, ууруммут дуу аҥала уолчааны – миигин, дьиэлэригэр тэлэмээттээн тиийдэххэ ийэлээтэр иккис ийэм Арыыска хотоку бу утары тахсан сирэйбиттэн чоп гына сыллаан ылара. Остуолга олордон улахан кыыһа Зиналыын чэй иһэн сыпсыйарбыт, сып-сымнаҕас былаатынан сирэйбин, уоспун сотон ылара. Оччотооҕуга махтаныаҥ баара дуо, хайаларыгар даҕаны буолуох буолуохтааҕын курдук чолоҥнуурбут буоллаҕа.

Атыылааччы Ньукулайга дьон-сэргэ наһаа убанара, ону-маны атыыласпаталлар даҕаны кэпсэтэ-сэлэһэ мэлдьи киһи элбэх буолара. Бэртээхэй дьиэни туттубуттара, сүөһүлээх-астаах этилэр. Наһаа бүгүрү буолаллара. Ол иһин оҕолоро, сиэннэрэ эмиэ наһаа үлэһиттэр. Үөрэҕи ылымтыалар, дьон-сэргэ олус убаастыыр, ытыктыыр ыаллара бу Саввиновтар.

Ол кэмҥэ күрдьүгэс, күтэр тириитин туттарар бэрээдэк баара. Биһиги оторой-моторой уолаттар күөх сайыны билбэккэ онон дьарыгырарбыт. Биирдэ өйдөөбүппүт күһүн эбит – тирии ааҕыыта, аахсыыта, Ньукулай Бөтүрүөбүскэ биир-биир сыныйан туттарыы. Үөрэ-көтө харчы-хамнас аахсабыт, тэтэрээт, харандаас, кыһыҥҥы үөрэхпит тээбиринин булунабыт, хаһаанабыт. Билиҥҥи тылынан бизнес көрүҥэ. Ньукулай онтон наһаа үөрэрэ.

Арыый улаатан кирпииччэ үктэһэн, ол харчытынан велосипед ылыммытым. Аҕам барахсан миэхэ талан, боссоон күөх «Кама» диэни ууран турара. Ону хойукка диэри бырааттарбыныын харыстаан тэбэн, көлө оҥостон абыраммыппыт.

Ньукулай булчут, куобахха-куска сылдьааччы. Арыыска ааттаах иистэнньэҥ, быысыбайдьыт, дьиэлэрэ хоп-дьип курдук, сылдьыбыт эрэ дууһата уоскуйар ньээкэ уйалара. Ыалларын кытта наһаа эйэлээхтик олорбуттара, бары бииргэ аһаан-сиэн, бырааһынньык тэрийэн. Атыыһыппыт “ыскылааты салайабын, тутабын” диэн бастыҥ табаары, аһы бэйэлэригэр тардыммат, бэйэлэрин тус интэриэстэрин хааччыммат этилэр. Ону билигин кэлэн тэҥнии саныыгын. Ыал-ыал тэҥинэн олорбуттара. Оҕолоро эмиэ оннуктар. Билигин мин ити ыраах, чөкө, үрэх баһа дойдуга атыыһыт эбитим буоллар маҥнай бэйэбин көрүөх этим, онтон ортоҕуна очуоска таһаарарым дуу, этэрим дуу, саарбах.

Кинигэ да дьиктилээх буолар эбит. Хайа күн сэриигэ киириэҕиттэн Ньукулай быстах-остох бэлиэтээһиннэри оҥостубута баар. Итиэннэ билигин буола турар сэрии сиригэр сылдьыбыт Иккис Украинскай фронт, Үһүс Белорусскай фронт хаамыылара киирбиттэр. Бу билиҥҥи интернет үйэтигэр урут кэпсэммэт кэмэлдьи аһыллан, көстөн биэрдэҕэ. Ол иһин этэллэр: «Ким да умнуллубат, туох да тумнуллубат», – диэн.

Хайдахтаах курдук ыар сэриини ааспыттара буолуой, бу биһиги күндү көмүс аҕаларбыт, таайдарбыт, эһэлэрбит, убайдарбыт?! Саллыылаах санаа, санаа хоппот. Тыыннаахтарыгар ол туһунан хаһан да кэпсээбэтэхтэрэ.

Саха сириттэн ол уоттаах сэриигэ 64 тыһыынча саха ньургун, хорсун-хоодуот уолаттара ыал аайыттан барбыттара. Улахан аҥаардара кыргыс хонуутугар көмүс уҥуохтара садаҕаланан, үйэ-саас хаалбыттара. Ол иһигэр мин таайым П.Н.Ксенофонтов, баара-суоҕа 23 саастааҕар бу Украина, Харьков уобалаһын Чугуев оройуонугар…

Махтал сэрии ветераннарын оҕолоругар, сиэннэригэр, маннык дьиҥ кылбар кырдьыгы кэрээбэккэ кэпсиир кинигэҕит, сүдү үлэҕит иһин!

«Саллаат суола оспот» – бу да сэриигэ кыайыылаах тахсыахпыт, бу да сырыыга хайаан да оннук буолуоҕар бигэ эрэллээхпит! Этэҥҥэ эргиллиҥ, аныгы хорсун-хоодуот саха хомпоруун хотойдоро!

Кинигэ ис-тас оҥоһуута ордук ааҕааччы хараҕар истиҥник, ураннык, уратытык хатанар. Үйэлээх үтүө, кэрэхсэбиллээх үлэ буоларыгар саарбахтааһын суох.

Прокопий КСЕНОФОНТОВ.

Өймөкөөн, 2023 с.

(“Ахтыылар”, 2026 с. олунньу)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *