СЪЕЗД ДЕЛЕГАТА, ЭБЭТЭР БҮТЭЙДЭЭХХЭ БУОЛБУТ БЫҺЫЛААН
Замятин Андрей Алексеевич (1877-1919) Уус-Алдан улууһун Өнөр нэһилиэгин Бүтэйдээх алааһыгар олорбута. Кэргэнэ Тэбиик Бээдититтэн Бочкарёва Фёкла Степановна (1868-1942) этэ. Икки оҕолоохторо – Пётр (1902-1938), Анастасия (1910-1930).
Кыһынын Бүтэйдээххэ, сайынын Чубучааныга олороллоро. Өндөрөй кыахтаахтык, байан-тайан олорбут.
Дьон ордугурҕуур эбит. 1919 сыллаахха түүн Бокуруоп саҕана (алтынньы 14 күнэ) сахатын балаҕаныгар Бүтэйдээххэ утуйа сыттаҕына таһыттан түннүгүнэн төбөҕө саанан ытан өлөрбүттэр. Түүн хараҥаҕа саха оһоҕун уотугар балаган иһэ кыратык сырдаан көстөрө буолуо. Кэргэнинээн Сүөкүлэлиин атахтаһа сыппыттар, Сүөкүлэ 8 саастаах кыыһын Настааны хоонньугар илдьэ сыппыт. Эмискэ амырыын тыас буолбутугар дөйөн хаалбыттар. Түннүк тааһа кыыс атаҕын хайыта түспүт. Эмээхсин өйдөнөн кэлэн хаҥас диэки хотон балаҕаныгар утуйа сытар Дьулҕанньа Баһылайы уһугуннаран эппит: «Оҕонньор туох эрэ буолла быһыылаах, баран көр эрэ», – диэбит. Туох эрэ хачыгырыыр тыаһа иһиллэрэ. Дьулҕанньа туран көрөн, дьулаан быһыыттан аймаммыттар.
Ити сыл хаар хойут түспүт. Дьиэ сыбаҕа ириэнэх турбут. Түннүк анныгар саҥа этэрбэстээх киһи атаҕын суола хаалбыт. Бороҕонтон суут силиэстийэлиир уорганнара тахсан үлэлээбиттэр. Буруйдааҕы булбатахтар. Бу кэмҥэ уоллара Пётр куоракка киирэн үөрэнэ сылдьар эбит.

Бүөтүр эттээх-сииннээх, бөдөҥ-садаҥ, хара бараан дьүһүннээх киһи үһү. Балта Настя бастаан 1922 сыллаахха Кэлэдимэҕэ быстах Стрекаловскай Дмитрий Иосифовичка 1 кылааска, кэлин оскуола Бөрөлөөххө көспүтүгэр онно баран үөрэммит.
Сүөкүлэ кэргэнэ Өндөрөй өлбүтүн кэннэ 1926 сыллаахха Бээдигэ кыыһын Настяны илдьэ көһөн, кыстыы сылдьыбыта. Настя бу кэнниттэн ыалдьара биллэн барбыта. Бүөтүр балтын Настааны куоракка киллэрэн эмтэтээри 1929 сыллаахха Бүтэйдээххэ тахса сылдьыбыт. Балта кыайан киирэр туруга суох буолан илдьэ барбатах. Бүөтүр 1926 сыллаахха Бухатыырап диэн киһи кэргэнин арааран, кэргэн ылбыта диэн кэпсииллэрэ. Ийэтэ Сүөкүлэ кыахтаах дьон кыыһын арааран кэргэн ылбытын сөбүлээбэтэҕэ, эккирэтиһэ сылдьыахтара диэн. Сүөкүлэ 1927 сыл кыһынын куоракка киирэн уолугар Пётрга кыстаабыта. Ийэтэ Фёкла саас куораттан көһөн тахсан баран Бээдигэ көспүттэрэ. Бүөтүр кэргэнэ Лиза Бээдигэ олорон оҕоломмут. Холбоспуттара биир сыл буолан баран Бүөтүр Лизаттан арахсыбыт. Ийэлэрэ Сүөкүлэ оҕону былдьаһан бэйэтигэр хаалларбыт, оҕо ол күһүн куордаан өлөн хаалбыт.
Сүөкүлэ 1929 сыллаахха Бүтэйдээҕэр дьиэтигэр көһөн кэлэн дьукаахтардаах кыстаабыт. Ол күһүн Дүпсүнтэн Сукунаайаба диэн нуучча биэлсэрэ Бүтэйдээххэ кэлэн Сүөкүлэ кыыһын Настааны көрбүтэ.
Өндөрөйдөөх ампаардарын алдьатыы
Өндөрөйү өлөрбүттэрин кэннэ хас да сыл буолан баран ампаардарын алдьатан кураанахтаабыттар. Ол алдьатар түүннэригэр буурҕа түспүт. Харабыл ыттаахтара үрбэтэх. Куонньай Ылдьаата диэн дьаам сүүрдэр уоллаах эбиттэр. Ампаары күлүүһүн аспакка, алдьаппакка быһах эрбиинэн аан туттарар-холбуур мастарын хаптаһыннар икки ардыларынан быһа эрбээн аһан киирбиттэр. Хас эмэ атах эттэрин, хас эмэ мэһэмээн чокуоскайдарын, арыыларын, элбэх таҥастарын-саптарын, туттар тэриллэрин барытын мэлиппиттэр, 4-5 көлөнөн тиэйэн барбыттар. Хамначчыт уоллара Кунньай Ылдьаата (Атласов Илья – Суйдаһын Уйбаан быраатын уола) сонун курданар тирбэҕэ быата суох буолбут. Биир хааһахтаах таһаҕаһы Чубучааны диэки соспут суоллара хаалбыт, ону суолу буккуйан соспуттара буолуо диэн тойоннообуттар.
Куоракка тыллаабыттар. Куораттан тахсан силиэстийэ буолбут. Бырыыга олохтоох Баачаан кыбыытыттан биир кыра мээрэй иьиккэ чокуоскай уонна оҕо сонун булбуттар. Баачааны тутан куоракка киллэрэн хаайбыттар. Баачаан билиммэтэх – Байыыска Баһылайа диэн киһи босхолоппут.
Өндөрөйү өлөрүүгэ Сүөкүлэ Укчаҕа олорор Степанов Бүөтүр (Хаччаха Бүөтүр, кэргэнэ Настаа) диэн киһини уорбалыыра. Сарсыарда эрдэ сирэйэ-хараҕа туран баран хас да ыалга сылдьыбыт.
Манна даҕатан кэпсээтэххэ Андрей Замятин билигин Эһэлээх бөһүөлэгэ турар миэстэтигэр, билигин библиотека дьиэтэ турар сирин диэки дьиэ туттан кылгастык олоро сылдьыбыт. Дьиэтин туттубут сирэ библиотека турар сирин диэки үһү. Сайын сылын аайы Бүтэйдээххэ да, Эһэлээххэ да олордор Чубучааныга сайылыыра. Чубучааныга сайылыы көспүтүн кэннэ Эһэлээххэ баар дьиэтин уоттан кэбиспиттэр. Бастаан Бүтэйдээххэ сирдээх буолан онно кыстыыр буолуон сөп, онтон Эбэттэн балайда киэҥ сири ылан баран Эһэлээххэ эмиэ дьиэ тутуннаҕа. Субай сүөһүтүн дьоҥҥо көрдөрөн Бүтэйдээххэ кыстатара, онтон ыанар ынахтарын ньиирэйдэрин кытары Эһэлээххэ тутара. Ону таһынан балайда сылгы сүөһүлээҕэ.

Хаартыскаҕа: Замятин Пётр Андреевич съезкэ делегат буолан кыттыбыт.
Первый Всеякутский съезд представителей малых туземных народностей Якутской АССР работал с 5 по 12 марта 1927 года, в его работе приняли участие 27 делегатов. Это был первый в истории съезд малых народностей, каждый вопрос обсуждался тщательно и скрупулёзно.
На съезде, отметил он, обсуждены все стороны жизни северных народностей. Были заслушаны доклады о деятельности Комитета содействия народностям северных окраин (КСНСО), о советском строительстве среди туземных народностей Якутской АССР, о положении ветеринарной помощи в туземных районах Якутии, о постановке дела народного образования и здравоохранения в туземных районах Якутии, о целях и задачах сельскохозяйственной кредитной кооперации, о кооперировании туземцев, о переходе на оседлость кочевых народностей, о внесении дополнений и изменений во временное положение, о международном и внутреннем положении СССР.
От имени Первого Всеякутского съезда малых туземных народностей были направлены приветственные телеграммы Председателю ВЦИК Калинину, председателя Комитета Севера при ВЦИК Смидовичу, Якутскому областному комитету ВКП(б) и Якутскому правительству.
Как видим, Первый Всеякутский съезд рассмотрел глубоко и всесторонне широкий круг вопросов, напрямую касающихся практически всех сторон жизни малых туземных народностей Севера Якутской АССР. Решения, принятые на съезде по всем обсуждённым вопросам, заложили основы государственной политики Якутской АССР по спасению вымирающих северных народностей и выводу их на магистральный путь политического, экономического, социального, культурного развития в дружной семье народов Якутской АССР.



“Ахтыылар” сайтка анаан
бэлэмнээтэ Иван Егорович ЛЫТКИН.
2025 с. ахсынньы ый.
