Кривошапкин Иннокентий Прокопьевич-Лэгиэ туһунан

СИЭГЭН КҮӨЛТЭН ЭҺЭЛЭЭХХЭ ТАБАНАН АЙАННЫЫРА

Кривошапкин Иннокентий Прокопьевич (Лэгиэ) Кэбээйи улууһун түгэх хоту бөһүөлэгиттэн Сиэгэн Күөлтэн төрүттээх этэ. Кини 1903 сыллаахха төрөөбүтэ.

Сиэгэн Күөлтэн массыынанан Бороҕоҥҥо диэри айаннаатахха 331 км буолар. Ити Намынан Лена өрүс үрдүнэн айаннаан кэллэххэ. Онтон Лэгэнтэй Чэриктэйинэн Тукулаан хайатын уҥуордаан быһалыы айанныыр буолуохтаах. Быһа холуйан 200 км сиргэ баппат, онтон кыра да, төһө да быһатык айаннаатар ордук сир буолара буолуо. Тоһуттар тымныыга да Сиэгэн Күөлтэн Эһэлээххэ, Эһэлээхтэн Сиэгэн Күөлгэ наада буолла диэтэ да айанныыра. Таба Эһэлээх бөһүөлэк, Кэлэдимэ алаас устун сүүрэрин 60-с сыллар арыый иннилэринэ олохтоохтор көрөр этилэр. Харбанньа үрдүгэр таһааран лабыкта сиэтэрэ диэн кэпсииллэрэ. Хас табалаах айанныырын чуолкай этэр кыах суох, бука Сиэгэн Күөлгэ күһүн баран бултаан баран сааһыары кэргэнигэр, оҕолоругар булдуттан, түүлээҕиттэн тиэйэн солбук табалардаах кэлэрэ буолуо.

Сайын Өнөргө сайылаан, колхозка бостууктаһан баран күһүн булт сезона саҕалыыныытыгар Сиэгэн Күөлгэ төттөрү аттанара. Өнөргө сайынын даҕаны бултаан, балыктаан дьиэ кэргэнин, дьону аһатара. Кэлэдимэттэн чугас баар бултаах, балыктаах Үөһүкээҥҥэ илимниирэ, ардьалыыра. Үөһүкээҥҥэ балыктыырыгар туос тыы тигэн, онон хас да сыл туһаммыта.

Лэгэнтэй кэпсээнэ киһи эрэ истиэх курдук ылыннарыылаах уонна истиҥ буолара. Кини бастакы кэргэнэ Томпоттон төрүттээх Анисья Ивановна Голикова, биир кыыс оҕону төрөтөн баран ыалдьан өлбүт. Иккис кэргэнэ биэс оҕону төрөппүтүттэн, оччотооҕу ыар кэмҥэ, эмп-том суоҕар биир да оҕо ордубатах. Лэгэнтэй онтон санаата түһэн, кэргэниттэн арахсарга күһэллибитэ.

Баар-суох баайын табаларын кэргэнигэр туран биэрбитэ уонна ыаллыы сытар Уус-Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгэр тиийбитэ. Манна Стрекаловскай Иван Афанасьевич диэн эмиэ булчут идэлээх киһини таба тайаммыта, кини дьиэтигэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт буолбута. Онтон Иван Михайлович Лэгэнтэйи үчүгэйдик билэн, сылыктаан баран, аймаҕа Мария Егоровна Стрекаловскаяҕа бу эбээн чулуу уолугар кэргэн тахсарыгар сүбэлээбитэ. Лэгэнтэй 41 сааһыгар 20 саастаах Мария Егоровнаны кэргэн ылар. Лэгэнтэй тоҕус оҕолоох, 25 сиэннээх.

Үөһүкээҥҥэ бөһүөлэктэн Лукачевскэй Миитэрэй Дьуонабыс, Черноградскай Пётр Иванович сөбүлээн бултууллара, балыктыыллара. Кэлин Иванов Иван Дмитриевич атынан бөһүөлэктэн сылдьан илимниирэ. Үөһүкээн муҥхаланар. Үс туона буолуон сөп күөллээх. Чугас аттыгар атыыр оҕус хараҕын саҕа Үөттээх диэн соболоох көлүччэ баар.

Үөһүкээҥҥэ биир муҥха хайдах буолбутун туһунан дьон кэпсиирин истэрбит. Лыыккын Ньукуу Кычыкаан Бүөтүрүгэр күтүөт, кини бииргэ төрөөбүт балтын кэргэн ылбыта. Бүөтүр олоҕор эдэр эрдэҕиттэн булт, балык аргыстаах этэ. Хамнас суох, кэлин да отой кыра сылдьан бултаан, балыктаан, түүлээхтээн уон оҕону эбии аһатара.

Кривошапкин Лэгэнтэй быраата Кривошапкин Сэмэн Өнөргө Черноградскай Сэмэнньэ кыыһын Кэтирииһи кэргэн ылбыта. Стрекаловскай Дьөгүөр Кэлэдимэ үөһүгэр дьиэ туттан олорбута, Даркылаахха сайылыыр этэ. Лэгэнтэй Кэлэдимэҕэ элбэх сыл олорбута.

Олоҕу ырытан көрөн сыаналыыр, санаатын хаһан да түһэрбэт, кыра ыарахантан толлон турбат айылҕаттан айдарыылаах булчут гиэнэ мааныта этэ. Уҥуоҕунан кыра, туттара-хаптара сылбырҕа, түргэн, кэпсээнэ дэлэй буолара. Бүтэһиктээхтик Өнөртөн 1962 сыллаахха көһөн Сакырыырга да баран-баран, кэлин да кэлэ сылдьыбыта.

Биирдэ 70 сааһын туолан баран кэпсээтэ: “70 сааспын туоллум даҕаны, сэттэ уоннаах курдук санаммаппын. Олоҕум аҥаарын утуйан таҕыстым, утуйбуппун олох олорбукка аахпатахха билигин 70 сааһым буолбатах, 35 эрэ сааһым буолар”, – диэн.

Кривошапкин Иннокентий Прокопьевич (Лэгиэ) соҕотоҕун 30-тан тахса эһэни бултаабыт. Дьону кытта бултаабытын аахтахха сүүстэн тахса буолара буолуо. Өлөрүү уонна бултааһын диэн тыллар тус-туспа суолталаахтар диирэ. Бэйэҕэр ас-таҥас оҥостор буоллаххына бултааһын буолар. Биирдэ эдэр булчут тайҕаҕа айаннаан иһэн, эбиэттээри эрэ тайаҕы өлөрбүтүн туһунан кэпсээбит. Ону өлөрбүт диэххэ сөп, диэн быһаарбыт.

Биирдэ Лэгиэ уолуттан ыйыппыт: “Хайа кыыл иккитэ сүлүллэрий?” – диэн. Уола кыайан эппиэттээбэтэх. Онно Лэгиэ быһаарбыт: “Эһэ иккитэ сүлүллэр – бастаан тириитин, иккиһин сыатын”. Эһэ иһин сыатын кичэйэн туспа араарара уонна уулларан анал иһиккэ кутара. “Бу дьоммор Уус-Алдаҥҥа кэһии буолуо”, – диир эбит. Эһэ иһин сыата элбэх ыарыыттан харыстыыр, эмтиир.

Иван Егорович ЛЫТКИН.

2022 сыл, Дьокуускай куорат.

(“Ахтыылар”, 2026 с. тохсунньу)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *