Иванова Наталья Семёновна ахтыыта

ОСКУОЛАТААҔЫ КЭРЭ КЭМНЭРИМ…

Биһиги бастакы учууталбыт Матрёна Ивановна Мыреева этэ. Кини биһиэхэ олус кыһаллымтыа, наһаа үчүгэй куоластаах, ырыа ыллаан иһитиннэрэрэ.

“Сурок всегда со мною”, “Оо, аҕам хаһан кэлиэй?” диэн былыргы олох туһунан санаарҕабыллаах ырыалары ыллаатаҕына тыыммакка да олорон истэр буоларбыт.

Урут оскуолаҕа Москваттан эдэр учууталлар кэлэн үлэлииллэрэ. Араас үчүгэй ырыалары, байыаннай марштары, патриотическай ырыалары үөрэтэллэрэ. Хор тэрийэллэрэ, ону отой көтүппэккэ киэһэ аайы сылдьарбыт. Пионерскай тэрилтэ оҕолору олус түмэрэ, үлэҕэ элбэхтик үөрэтэрэ. Хас биирдии оҕоҕо көмөлөһөрө, араас оонньуулары, күрэхтэһиилэри тэрийэллэрэ. Пионерскай тэрилтэ баһаатайынан Мыреева Муза Ильинична этэ. Бары кини этэрин истэрбит, кинини олус убаастыырбыт.

Орто звеноҕа кылааспыт ахсаана элбээн испитэ. Урут оҕону иккис сылыгар элбэхтик хааллартыыллара. Оннук кытаанах ирдэбиллээх этилэр.

Биһиги кылааспыт олус көхтөөх, иллээх этибит. Араас үлэҕэ, күрэхтэһиилэргэ, хайыһарга, кэнсиэргэ, похуокка, быыстапкаҕа, уруһуйга, ас астыырга, кылааһы киэргэтэргэ мэлдьи бастакы миэстэҕэ тиксэрбит. Биирдэ иккис миэстэ ыламмыт, кылааспытыгар киирэммит паартабытыгар хомойон ытаһа олорбуппут.

Туруук бөһүөлэгэр элбэхтик кэнсиэрдии барарбыт. Түспүт ыалларбыт сүөгэй үүттээх чээйдэтэллэрэ, итии саҥа буспут килиэптээхтэрэ. Дьоммутун дэлби туоһулаһан, бөһүөлэк солунун истэллэрэ. Бэтинчэ саамай улахан бөһүөлэк этэ.

Биирдэ кыһын Аартыкка, элбэх атынан косуокка сыарҕаҕа тиэллэн, тулуупка сууланан айаҥҥа турбуппут. Онно аҕам миигин көҥүллээн ыыппытыгар олус да үөрэн барсыбытым, көҥүллүө суоҕа диэн оскуолаттан кэлэрбэр туох диэн ыйытарбын улахан толкуйга түһэн кэлбитим.

Кулун тутар ыйга өрүскэ бульдозерынан улахан каток астарбыттара. Улахан кылаас оҕолоро каток тулатын кырачаан харыйаларынан киэргэппиттэрин көрөн олус да сөхпүппүт, үөрбүппүтүн өйдүүбүн. Бастаан дьүөгэлэрбин Римманы, Лаананы, Тамараны, Альбинаны, Раяны уонна Поляны кытары «разведкалыы» сылдьыбыппыт. Онно үөрэн, сөҕөн-махтайан аҕай тахсыбыппыт. Онно бары быанан бааллар хаҥкыылаах этибит. Наспо маҕаһыыныгар хаҥкыы бөҕө атыыламмыта, оҕо бары ылыммыта.

Аҕам мас үктэллээх, синньигэс бэриэппэ быанан бааллар гына оҥорон хаатыҥкабар мас паалканан олуйа тардан эрийэн көрдөрөн биэрбитэ, отой хамсаабат гына. Дьэ хатыйан да ылбыппыт, үөрүүбүт да баһаам этэ.

Улахан оскуолабыт маһынан оттуллар элбэх кирпииччэ оһохтордоох этэ. Онно саас аайы оскуола бүттүүнэ мас кэрдэ дэлээнэҕэ тахсабыт. Олус да үчүгэйдик үлэлиир этибит – сааскы чэбдик салгынынан тыынан! Бары ыһыктаахпыт: арыылаах килиэп, үрдүгэр туустаах күөх луук табынатыллыбыт, алаадьы, куһуок саахар, хортуоска буолар.

Уһун эрбиинэн охторуллубут маһы чууркалыырбыт, улахан кылаас уолаттара хайытан биэрэллэр, биһиги ону саһаанныыбыт. Уһуннук туран бэйэ-бэйэбитигэр биэрэн, араас дьээбэлээх күллэртиир тыллары этэн биэрэн иһэбит, онтон күлсэ-күлсэ олус көхтөөхтүк үлэлиирбит. Мутуктары мунньан, хомуйан уоттуурбутун олус да сөбүлүүр этибит – элбэх сиргэ буруо, костёр бөҕө буолара, киһи дууһалыын үөрэр кэмэ.

Саас хотон хаарын түһэрэрбит, Туруукка эмиэ хаар түһэрэ барарбыт. Бары сатыы биэс килэмиэтирдээх сиргэ, ол саҕана билиҥҥи курдук тиэхиньикэ суох. Биирдэ уонча килэмиэтир ыраах сиргэ, Сэймэк күөлүгэр похуоттуу сылдьыбыппыт. Учуутал Никон Гаврильевич Саморцев салайан илдьитэлээбитэ. Кини олус сатабыллаах, мындыр, оҕолорго үчүгэй сыһыаннаах киһи. Бары балааккалаахпыт, ыһыктаахпыт. Кус,балык күөстэнэн олус минньигэстик аһыыр этибит. Буор кумах хайаттан дуоһуйуохпутугар диэри ыстаҥалаан оонньоппута, ол үөрүүбүтүн билигин да ахтабын.

Похуокка илдьэттии сылдьыбыт учууталбыт Никон Гаврильевич Саморцев хаартыскаҕа инники эрээккэ хаҥастан иккис олорор. Ол олус да үчүгэй похуот этэ! Учууталбыт Никон Гаврильевич барахсан сири-дойдуну барытын көрдөрөн, кэпсээн илдьитэлии сылдьыбыта.

Саас кылааспыт уолаттара бары кыргыттары суол устун илиибититтэн соһон хатыталлара. Миигин Долбараев Вася күлэ-күлэ соһоро. Кини уҥуоҕунан кыра, нэһиилэ кыайар быһыылааҕа. Онтутуттан күлэ сытарбыт да, өр хатытара. Кини кылааспытыгар талааннаах гармонист, ханнык баҕарар ырыаны начаас таһаарара. Кистээн табаахтыыр этилэр, бары билэр эрээри кимиэхэ да кэпсээбэт этибит.

Биирдэ экзамеҥҥа бэлэмнэнии саҕана Мыреев Вася диэн уолбут аҕатын кытары Тумуһахха сытыйбыт хортуоска ылҕаһа баран хаалбыт, экзамены туттарбаппын диэн баран. Дьэ ону бары кылааһынан сылгылаан таһаарбыппыт. Барарбытыгар боротуоха уута угуттаан, киэҥ баҕайы этэ. Ону мастарынан далаһалаан тахсан иһэн халты тэбинэн, сааскы тымныы ууга бары түһэн баран харбаан тахсыбыппыт. Онтубутуттан күлэ сыппыппыт, таҥаспытын ыктынан-хайаан салгыы барбыппыт. Хата ким даҕаны ыалдьыбатаҕа. Ити курдук көрүдьүөс түгэннэр биһиэхэ элбэх этилэр.

Биһиги кылааспыт учууталбытын Матрёна Ивановналыын, баһаатай Рая Мордосованы кытары.

 

Кылааспыт салайааччытыынаан Попов Николай Даниловичтыын Тумуһахха, Кыһыл Хайа анныгар похуоттуу сылдьан.

 

Дьүөгэлэрбинээн Светалаах Риммалыын.

Оскуолабыт барахсан биһигини элбэххэ үөрэппитэ, көҕүлээбитэ. Кэлин кылаас салайааччытынан Попов Николай Данилович этэ, кини Хордоҕойтон төрүттээх, үрдүк үөрэхтээх нуучча тылын, литературатын учуутала этэ. Өрүс уҥуор Хордоҕойго олорор буолан, онуска үөрэнэригэр ийэтэ биһиэхэ олордубута. Онно экзаменыгар бэлэмнэнэрин хойут өйдөөн сөҕөр этим, кинигэтин кэннигэр тута сылдьан өр баҕайы өйүттэн лабыгыраччы кэпсиирин. Олус үчүгэй памяттаах эбит. Үлэтигэр олус билиилээх-көрүүлээх, сытыары-сымнаҕас майгылаах киһи этэ.

Директорбыт Андрей Иннокентьевич Черепанов этэ, кини история учуутала.

Мэлдьи тугу эрэ толкуйдуу сылдьар, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, элбэх оҕолоох ыал аҕата, кэргэнэ. Бүлүү бааһынайа, омук курдук этэ, оҕолоро бары олус кыраһыабайдар. Биһиги уулусса нөҥүө ыалларбыт этилэр.

Черепанова Татьяна Ивановна – саха тылын, литературатын учуутала, аһара уус-уран, ыраас-хомоҕой тыллаах, наһаа үчүгэйдик айымньы ис хоһоонун өйдөтөрө.

Захаров Иван Иванович – география, биология учуутала, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Берлиҥҥэ диэри тиийбит хорсун саллаат, элбэх уордьаннардаах.

Аан дойду картатын, ол дойду тугунан дьарыктанан олорорун, политикатын, географиятын, аан дойду политикатын, үүнээйитин, кыылын-сүөлүн киһини умсугурда кэпсиирэ.

Василий Иванович Захаров – химияны биэрэрэ, кэлин оскуола директорынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Вера Гаврильевна историяны олус үчүгэйдик быһааран, өйдөтөн биэрэрэ. Кинилэр кыыһырар-тымтар диэни билбэттэрэ.

Элбэх кыракый оҕолордоохторо, мэлдьи тупсаҕайдык таҥналлара. Вера Гаврильевна баттаҕа мэлдьи эриллиилээх, хойуу, кыраһыабай буолааччы.

Вера Иннокентьевна Кусатова – математика учуутала, иитэр-үөрэтэр үлэ сэбиэдиссэйэ. Кини наһаа строгай этэ.

Олус үчүгэйдик, тупсаҕайдык таҥнара, наһаа үчүгэй кылгас, урут ханна да көрбөтөх кугас өҥнөөх сапожкалааҕа. Манна дойдубар кэлэн саҥа учууталлаан эрдэхпинэ, эмискэ уруокпар киирэн кэлбитигэр куттанан өлө сыспыттааҕым. Хата сымнаҕастык уруокпун быһааран, анализтаан, сүбэлээн биэрбитигэр махтана санаабытым.

Софья Алексеевна Захарова – оскуола завуһа, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ, нуучча тылын уонна литературатын учуутала.

Вера Иннокентьевналыын биир кабинекка үлэлииллэрэ. Иккиэн эдэрдэрэ да бэрт этилэрэ, тупсаҕайдык, моднайдык таҥналлара, туттан-хаптан хаамардыын да атыннара. Быһата оскуола үлэтин, үөрэҕин кытаанахтык салайан үлэлээбиттэрэ, билиилэрэ-көрүүлэрэ да үрдүк таһымнаах этилэрэ.

Мыреев Николай Алексеевич – Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ.

Николай Алексеевич сүрдээх юмордаах, сэһэннээх, кини туһунан үтүө, элбэх анекдоттар хаалбыттара. Кини үлэ уруогун ыытара, хараҕын төгүрүччү көрөн кэбиһэрэ, строгай этэ. Үлэ уруогар ирдэнэр кэтэр таҥаһы кытаанахтык ирдиирэ – паартык, тоҥолоххо кэтиллэр урукаабы. Уһанарга туттуллар матырыйааллары хайдах куурда уурулларын, маска туттуллар инструменнары билиһиннэртиирэ. Хата рубаногынан устуруустуурга үөрэппитэ, тобуруокка атаҕа киирэр дьөлөҕөстөрүн стамесканан дьөлө охсон таһаарарга, мас килиэйин кэнсиэрбэ бааҥкатыгар уулларан туттары эҥин. Араас сатабылларга үөрэппитэ. Аан бастаан үүнээйи рассадатын дьааһыктарын, полканы, тобуруоккалары оҥорорго үөрэппитэ. Дьэ олору барытын ассыаҥкаҕа оҥортообуппут.

Физкультураҕа эдэр специалист Корнилов Иван Степанович кэлбитэ, биһиэхэ олорбута.

Оскуолаҕа кэтэригэр коричневай олус үчүгэй көстүүмнээҕэ, хартыыҥкаттан түспүт курдук кыраһыабай, стройнай уол этэ. Оҕолорго олус сыстаҕас майгылаах. Уруогар араас тренажёрдарга эрчиллии оҥортороро, саҥа сүүрээннэри киллэрэн оҕолору олус интэриэһиргэппитэ аҕай. Оҕолор залтан күнү быһа арахпаттара.

Физикаҕа Иван Георгиевич Парфёнов, ол иннинэ олус үчүгэй физика учуутала Андросов үлэлээбитэ дииллэрэ. Парфёнов да үчүгэй учуутал этэ, сымнаҕас, мэлдьи биир тонунан саҥарар.

Музыкаҕа Светлана Прокопьевна Неустроева, бэйэтэ да кыраһыабай, таҥнара-саптара тупсаҕайа, көрөн олоруохха үчүгэйэ, наһаа үчүгэй духи сыттаах буолара.

Билигин Бэтинчэ оскуолата – икки этээстээх таас оскуола. Оскуолабыттан 2013 сыллаахха үлэлээн бүтэн сынньалаҥмар барбытым, наһаа үчүгэй кабинеттаах этим. Үлэлээн бүтүөм инниттэн бэйэбин уоскутан настройдуур этим, ол курдук оскуолабар дууһалыын ылларбыт курдугум. 44 сыл үлэлээн кэлбитим, ол онтон биир сыл Дьокуускай 4-с нүөмэрдээх оскуолатыгар саҥа бүтэрэн баран үлэлээбитим.

Ахтан-санаан, биһигини үөрэппит учууталларбыт сырдык мөссүөннэригэр сүгүрүйэн туран, олоҕум тухары барҕа махтал тылларын этэбин!

Кылааспыт оҕолорун кытары көрсүһэр кэрэ сирбитигэр, Тумуһахха.

 

Оскуола 125 сылын юбилейыгар көрсүһүүгэ. Клара Николаевна Ушницкая, Наталья Семёновна Иванова, Ирина Васильевна, Дарья Иннокентьевна, Эдуард Николаевич.

 

Оскуоланы бүтэрбиппит 50 сылыгар көрсүһүүгэ.

Наталья Семёновна ИВАНОВА (Попова),

педагогическай үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын методист-учуутала, “Учитель ученических признаний”, изо, труд, черчение учуутала.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *