ХААР-САМЫЫР СУУЙБАТАХ, СУУРАЙБАТАХ…
Оҕус сыарҕата
1950 сыл саас бэс ыйын саҥата. Ыһыы үлэтэ бүтэн улахан дьон бары ходуһа сабыытыгар, улахан сыһыылары боотулу оҕуруотунан бүтэйдээн үлэ-хамнас бөҕөтө. Арай биһиги ньулубуой кылааһы бүтэрбит кыра бэтинээскилэр туос иллэҥ курдукпут.
Мастыырга былырыын саҥа оскуола аһыллан чугастааҕы алаастартан, бэл икки-үс көс ыраах сытар Тыһакыыс, Дабаан, Көҥкүйэлээх үрэхтэриттэн төрүт-уус дьонноро олорбут өтөхтөрүттэн дьиэлэрин көтүрэн оҕус, ат көлөнөн тиэйэн көһөрөн түбүк бөҕөнөн бөһүөлэккэ уһаайба ылан туттар этилэр.
Биһиги чугаспытыгар, уулусса нөҥүө өттүгэр Хоноһолоох диэн ыаллар көһөн кэлэн дьиэ туттан олохсуйбуттара. Хоноһо дьиҥнээх аата Онтуон диэн. Ону улахан даа дьон, оҕолор даҕаны Хоноһо диэнинэн билэллэрэ. Мин аҕам эмиэ Онтуон диэн аатын чуолкайдаан Сымыыт Онтуона дииллэрэ.
Хоноһо ат, оҕус сыарҕаларын оҥорор буолан күнү быһа дьиэтин таһыгар үлэлээн түбүгүрэр. Үлэтин утум-ситим салҕанан барар курдук тэринэн үлэлиир.
Сыарҕа сыҥааҕын иэҕэр тэрилэ модьу дүлүҥнэртэн сыарҕа сыҥааҕын быһыытынан киэп курдук оҥо быһыллан оҥоһуллубут. Онно сыарҕа сыҥааҕа буолар ыаннарыллыбат хатыҥ маһы ытаһалаан иҥиннэрэн баран уһун өттүттэн кирис быанан баайан таттаран иэҕэр. Таттарар ньымата диэн икки сиргэ хамсаабат гынан кылгас баҕана олордон баран, онно көҥдөй мас чууркатын кэтэрдэр, кирис быатын биир төбөтүн уктаатын модьу соҕус тоһоҕо мас төбөтүгэр иилэн баран хаамтаҕына быата көҥдөй чуурка мас тула эриллэн сыарҕа сыҥааҕа буолар маһы иэҕэ тардан ылар. Баҕанатын тула кылгас тоһоҕолор анньыллан турарыгар төһүү маһын иҥиннэрэн баран атын үлэтигэр көһөр. Хаһан даҕаны сонно тута сыарҕа сыҥааҕын биир сырыынан иэҕэ тардыбат этэ, хаста да төхтүрүйэн иэҕиллэр сиригэр уот үрдүгэр турар хара чаанньыктан итии уу кутара. Онтун биһиэхэ, орой мэниктэргэ: “Мас утаҕа быһыта барбатын, уунан-уһаан биэрдин диэн сыарҕа сыҥааҕа буолар маһы итии буорга көмөн ыаннарыллар уонна итии ууну кутан сымнатан бэриллэр. Оччоҕо мас утахтара быһыта барбаттар, сыарҕа сыҥааҕа бөҕө буолар”, – диэн быһааран, өйдөтөн кэпсиирэ.
Хоноһо сытыары-сымнаҕас майгытынан оҕолор куппутун тутара. Хаһан даҕаны куолаһын улаатыннаран мөҕөттөөбөт, атын улахан дьон курдук «мэһэй-таһай буолумаҥ, ыраах сылдьыҥ» диэн үүртэлээбэт. Ол оннугар кыра сорудахтары биэрэрин куоталаһан үөрэ-көтө толоро охсорго кыһанарбыт.
Ынах далын кэннинээҕи ойууртан амынньыар хомуйтарар, арыт хотон хаппыт сыбаҕыттан кии аҕалтарар. Онтунан сыарҕа сыҥааҕа буолар хатыҥын, сыарҕа ылаҕар аналлаах модьу үөт талахтары ыаннар, уһун-синньигэс оҥкучаҕар уот оттор, кугас чачаххай бытыктарын имэринэ-имэринэ, мичээрдээн күлэ-күлэ хайҕаталыыр:
– Оҕолорум барахсаттар, эстэр айа курдуктар, улгумнара, үлэһиттэрэ, – диэн хайҕаталыыр. – Улааттахтарына үчүгэй, үөрэхтээх үлэһит дьон буолуохтара…
Хайҕанан үөрэр бөҕө буоллахпыт дии. Хайҕалы ким сирбитэ баарай…
Оҕус сыарҕата алта атахтаах, ат сыарҕата аҕыс атахтаах буоларын, сыарҕа икки сыҥаахтаах буоларын билэ-көрө улааттахпыт. Сыарҕа атахтарын холбуу хамсаппакка ыга тутар бөҕө, модьу талахтан оҥоһуллубут ылахтары талах сигэнэн ыга баайан кэлгийэн кэбиһэр. Аны сыарҕабыт бастыҥалаах буолар эбит. Ол аата сыарҕа иннин үөһээ, сыҥаахтар иннинээҕи төбөлөрүн холбуур туора ылах. Сыарҕа атахтара ылах үрдүнэн чоройо сылдьар мастаах буолаллара. Дьэ онно кэмнээн, чүүччүнэн үүттээн сыарҕа баттыгын кэтэрдэн маһынан хараҕалаан кэбиһэрэ. Модьу-таҕа, бөҕө оҥоһуулаах, оту-маһы, таһаҕаһы тиэйэргэ аналлаах оҕус сыарҕата оҥоһуллан бүттэ.
Суох, бүтэ илик эбит. Сыарҕаҕа олгуобуйа буолар мастар хатырыктара сулланан баран оҕуруокка өйөннөрүллэн хата тураллар. Оттон оҕус моонньугар кэтэн дьүккүйэр токур бурҕалдьылара – буулаҕалара, бурҕалдьы аллараа маһа – сүүрдэрэ оҥоһуллан, нарыланан бэлэм сыталлар.
Сотору от үлэтэ саҕаланыа. Көлүүр оҕуһун дөрөтүттэн сиэппит колхуостаахтар кэлэн Хоноһо Онтуун кыһанан-мүһэнэн оҥорбут бөҕө-таҕа, сабыс-саҥа киһи муннун кычыгылатар хатыҥ сыттаах сыарҕаларыгар оҕустарын көлүйэн илдьэ бараллар. Ыраах Лаайа, Көҥүстээх, Бэс, Куруҥ Салаа үрэхтэригэр оттуу тахсаары таһаҕастарын тиэйэн көһүөхтэрэ.
От кэбиһиитигэр көлүүр оҕуһа барахсан солбуллубат тардар күүс буолара. Саҥа улаатан эрэр аҕыс-тоҕус саастаах уол оҕолор үлэбит-хамнаспыт, үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэниибит оҕус сиэтиититтэн саҕаланар этэ.
Ол саҕана тыа сирин чуумпутун трактор, массыына мотуорун тыаһа аймаабат этэ. Электричество, телефон, араадьыйа тиийэ кэлэ иликтэрэ. Ыһыырынньык симиэс уотугар уруокпутун ааҕарбыт. Техникаттан ат от охсор косилката, от мунньар массыына уонна саһарчы буспут араҕас соломолоох ньэчимиэн бурдугу кырган анал остуолугар тэлгэтэн баран түүтэх-түүтэх түһэрэр далбаатаммыт кыраабыллаах жатка… Атын техника сэрии кэнниттэн суоҕа.
Хаһан даа куурбат, инчэҕэй муннулаах санаарҕаабыттыы унаарыччы көрбүт көлүүр оҕуһа уонна оҕус сыарҕата оҕо сааһым умнуллубат түгэннэрэ буолан өйбөр-санаабар тыыннаах уобарас буолан сылдьаллар.
Билиҥҥи көлө – трактор, авто аһылыга бензин уонна солярка сыаната үрдэ суох үрдүү турар. Олох сайдыыта устуоруйа (история) этэринэн саҥа таһымҥа тахсан эргийэн кэлэ турар дииллэр. Ама ГСМ сыаната олус үрдээн, кыра кыахтаах тыа киһитэ от аһылыктаах оҕус көлөтүгэр төннөр кэмэ кэллэ дуо? Отун, маһын оҕус сыарҕатыгар тиэйэн баран, оҕуһун миинэн:
Саадьаҕай оҕус
Сайгыччы соҕус,
Хааман иһиий
Алааспар тиэрдиий…
– диэн тойук туойан ырыа ыллаан айанныыр кэмэ чугаһаата дуо?!
Дуугулас
Өҥүрүк куйаас. Түгэҕэ биллибэт былыта суох ып-ыраас халлаантан күлүм-чаҕыл күн итии уотун ыыппахтыыр. Үөн-көйүүр барыта тиллэн, тулабыт барыта дыыгынаан, сааҕынаан олорор. Ыам кумаара түһэн былыт курдук устар. Оҕолор мустан сыһыыга, хонууга барыахпытын кумаартан саллан, хаайтаран дьиэ таһыттан, түптэлээх сиртэн тэйбэппит. Кумаар сиирэ абытай, сыанан-арыынан аҕаабат, саллыы доҕор, дьэ. Бэл ынахтар мэччийэ барбакка мастар харыйалар күлүктэригэр кумаардаан төбөлөрүн буккуйа-буккуйа кутуруктарынан дэйбиирдэнэн, сорохторо кэбинэ-кэбинэ түптэлэр тастарыгар сыталлар, сорохторо хаама мэник буолаллар. Кугас кумаар хойуута сүр. Маҥан ынахха олордохторуна ынахпыт кугас өҥнөөх курдук буоларын көрө-көрө биһиги оҕолор күлсэбит.
Хоноһо кумаарга кыһаллыбат. Хам-түм ноторуускалыы уһун быалаан кэппит убаһа кутуруга дэйбииринэн хам-хаадьаа сапсынан кэбиһэр уонна үлэлээбитин тохтоппот.
– Кумаар хойуутук түстэҕинэ от бөҕө үүнүө, – диэн Хоноһо үөрэр, – кумаардаах сайын от өлгөмнүк үүнэр.
Бөлкөйдөөн, хойуутук үүммүт хаптаҕас угун сибэккитигэр тойон ыҥырыалар көтө-көтө түһэн түбүгүрэллэр, дыыгыныыллар-дуугунууллар. Ол олордохпутуна чуор кулгаахтаах Барыыс уол:
– Тойон ыҥырыа саҥатыттан атын куугунуур тыас иһиллэр, – диэн халлаан сири кытта силбэһэр саҕаҕын диэки ыйар. Кырдьык, чочумча буолан баран ол тыаһы бары иһиттибит.
Оол-ол халлааҥҥа туох эрэ хара туочука көстөн баран чугаһаан, элиэ көтөр элиэтээн көтөн иһэригэр маарыннаттыбыт. Тыаһа улаатан эҥсэн, дуорааннанан барбытыгар ынахтар үргэн кулгаахтара чөрбөҥөлөөн, соһуйбут, уолуйбут харахтарынан халлааны олоотоон көрө сатаан баран кутуруктарын хороччу тутан сыптарыҥ алла-алла быыһыыр-абырыыр сирдэригэр – ойуур диэки бөтөрөҥүнэн түстүлэр.
Хоноһо тохтоон биһиги ыйар сирбит диэки илиитинэн чарапчыланан чочум соҕус көрөн баран саҥа аллайда:
– Дьараппалаан дии, дуугулас. Икки мотуордаах.
Дьараппалаан өр-өтөр гыммата, субу саба барыйан мотуорун тыаһа ньиргийэ сатараан кырыыбалыы соҕус, Бороһоок айаанын уҥуоргу өттүнэн ааһа көтөн күпсүйэ турда. Тыаһа улам намыраан, кыччаан, бэйэтэ ыраатан халлаан урсунугар суураллан көстүбэт буолла. Эмиэ тулабыт чуумпунан туолла, тойон ыҥырыалар, кумааардар дыыгынаһа көтөр саҥалара дьараппалаан модун тыаһыгар холоотоххо эчи кыратын…
– Дьэ ити, – Хоноһо кэпсээнин салҕаата, – сэрии кэмигэр Дьокуускайга турудобуой боруоҥҥа итинник уонна өссө кыра соҕус дьараппалааннар түһэн ааһар хонууларыгар үлэлэппиттэрэ. Барахсаттар алта-сэттэ буолан кэлэллэрэ уонна үтүө көтөрдөр курдук сэлэлии эргийэ көтөн, элиэтээн баран иккилии буолан дагдас гына хонууга түһэллэрэ. Төһө даа сайын итии-куйаас буоллар лүөччүктэр халыҥ түүлээх таҥастаах, бөдөҥ-садаҥ уҥуохтаах эдэр нуучча дьоно буолаллара.
– Ити үөһээ халлааҥҥа, күн чугаһыгар ичигэс буолуо дии оттон, – хайабыт эрэ чобуоххайар.
– Суох доҕоттор, онно олус тымныы үһү уонна дьараппалаан көтөрө түргэнэ бэрт буолан тыала тымныы, таҥаһы курдары охсор буоллаҕа. Кыһыҥҥы тымныыга чысхааннаах, тыаллаах күн киһи ордук тоҥор.
Хоноһо лоп-бааччы быһаарыыта, олоххо баар түгэннэри холобурдаан кэпсиирэ биһиги өйбүтүгэр ордук түргэнник тиийэр, умнуллубат курдук хатанан хаалара илэ-чахчы баар эбит. Төһө да ол кэмтэн 73 сыл хаара-самыыра түһэн аастар сууйбатах, суурайбатах. Сүрэхпэр-быарбар иҥэ сылдьар эбит.

Модест Антонович ПЕТРОВ.
Сунтаар улууһа, Тойбохой нэһилиэгэ.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Тойбохойдооҕу модельнай библиотека кэллэктиибэ.
2023 сыл.
(“Ахтыылар”, 2025 сыл от ыйа)
