ОҔО СААҺЫМ КЭРЭ КЭМНЭРЭ
Мин эһээм – Киргиэлэй оҕонньор

Киргиэлэй оҕонньор – мин мааны сиэнэбин,
Олус да истиҥник саныыбын эһээбин,
Баччаҕа кэлэммин – мин бэйэм эбээбин,
Ол эрээри, эн миэхэ – син биир эһээҕин…
Мин эһэм – боростуой тыа оҕонньоро,
Дьиҥ сахалыы ураты айылгылааҕа,
Сэмэй тус олоҕунан сиэннэригэр,
Сырдык өйдөбүлү хааллардаҕа…
Үөрэҕэ суох – мин эһэм Киргиэлэй,
Күннээҕи түбүгүттэн ордон
Муҥутаан араадьыйа истэрэ,
Сиэннэриниин бадьыыстаһара.
Өйдүүбүн… өрө мөхсөр өрүөллэргэ,
Чаачар саа оҥорон уунаргын,
Оччоҕо оҕо-аймах үөрүүтүнэн,
Олбуор иһэ оргуйан олороро.
Өйдүүбүн, эһэкээм, сиэтэҥҥин,
Бастакы кылааска илпиккин,
Майааһынньык долохуна таһыттан,
Төттөрү мин куотарбын…
Эккирэтэн, ситэн ылаҥҥын
Тугу эрэ эн быһаарарыҥ,
Оччоҕо син сөпсөһөммүн,
Кэннигиттэн саллаҥныырым.
Өйдүүбүн… уолгар суоччут Ньукулайга
Хонтуораҕа тиэстэргин,
Арааһа, баран сонун истэн
Сэргэхсийэн кэлэриҥ.
Өйдүүбүн… өр ыалдьан, куораттан
Үтүөрэн мин төннүбүппэр,
Үөрүүгүттэн уоһуҥ ибигирээн
Көмүскэҥ уута бычалыйбытын…
Өйдүүбүн… 12 солкуобай биэнсийэ дуомнааххын
Минньигэс ыл диэн бытархай уунаргын,
Түөрт муннук какао ыларым,
Билигин да кэлэр минньигэс амтана…
Уу сахалыы тыыннаах эһээлэр
Мин эһээбинэн эстибиттэрэ,
Кэлиҥҥи эһээлэр үөрэнэн
Аныгылыы тыыннаахтар.
Биири билэбин мин чахчы
Эһээм миигин арыаллыыргын,
Куттал суоһаатаҕына куоттаран
Араҥаччылыы сылдьаргын…
Ити курдук
Кэрэ кэпсэл оҥостон,
Кэлэр көлүөнэ ыччатыгар
Киэн тутта кэпсиибин,
Киргиэлэй оҕонньор эһээбин…


СЭРГЭЛЭЭХ САЙЫЛЫК
Туохтан да күүскэ баҕардым
Атах сыгынньах лабыйыахпын,
Айылҕаттан күүс ылан
Ыллыы-туойа сылдьыахпын.
Уруккуну санааммын
Оҕо сааһым алааһын
Уһаты-туора сүүрүөхпүн,
Үөрэ-көтө туойуохпун.
Сэргэлээх сииктээх отун
Сирилэччи кэһиэхпин,
Дыргыл мүөттээх салгынын
Туймаара ыймахтыахпын.
Ийэлэрбит таҥас сууйан
Талахха иилэ ыйыахтарын,
Уһун күөлтэн күөгүнэн
Сордоҥ хаптаран ылыахтарын.
Киэһэтин ыанньыксыт дьахталлар
Титиик диэки тиэтэйиэхтэрин,
Ыанньыйбыт уопсай ынахтарын
Наҕылыччы ыахтарын…
Таастаах Софья МИХАЙЛОВА.
1993 сыл.
ОҔО СААҺЫМ БИИР КЭРЭ КЭМЭ
Төрөөбүт дойдум өйдөбүлүгэр оҕо сааһым биир кэрэ кэмэ – Сэргэлээх сайылык киирсэр.
Сайылык… Бу сырдык, иһирэх тылга иһиллэр: бостуук сайдыыр саҥата, титииккэ ынах маҕырааһына, атыыр оҕус айаатааһына, түптэ сыта, оҕолор көрдөөх күлсүүлэрэ. Бу барыта – оҕо саас умнуллубат кэрэ дьүһүйүүтэ миэхэ сылаас, истиҥ өйдөбүлү хаалларбыт. Киэһэтин оҕолор мустан лапталаах, элиэлээх буола оонньуурбут, ол быыһыгар былаах былдьаһыыта… Уһун күөл – аныгылыы эттэххэ универсал күөл этэ дьэ, биһиэхэ. Сөтүөлээн чалапаайданарбыт, күөгүлээн балыктыырбыт, бэйэбит уу кэһэн киирэн суунарбыт. Ол быыһыгар ийэлэрбит таҥас сууйаллара. Аны арыый тэйиччи соҕустан уу бастан чэй өрүллэрэ, күөс буһарыллара… Онтон чугастыы хаптаҕас, моонньоҕон бөлкөйдорө үүнэллэрэ. Айахпыт аһыйыар диэри үргээн сиэн хардырҕатыы.
Саамай күүтэр-кэтэһэр кэммит, арааһа, Архипова Валя эбэтэ Өкүлүүн туоһу сүөгэйгэ былаан көһүйэҕэ ыас буһарарын. Бу айылаах туос сыта үчүгэйин, минньигэһин! Хара ыас буолбутун Өкүлүүн сайылык ыалларынан өлүүлээн түҥэтэр, үөрүү бөҕө.
Ураҕастары күрүөҕэ уурталаан ынах оҥостон ыырбыт, ынахтарбыт тэрэпиискэ танастан эмиийдээхтэрэ. Бээ, өссө элбэх ынахтаах аатыраары 13-14 ураҕаһы булар эмиэ туһугар үлэ этэ.
Ким саамай үчүгэй, кыраһыабай ойуулаах чааскы, тэриэлкэ үлтүркэйдээҕэр кытаанах күрэхтэһии буолара. Ону булаары икки сайылыгынан кытта сүүрүллэрэ. Ийэлэргэ ынах этэттээһинэ, аан бастаан ынах сатаан ыыр буолуу үөрүүтэ… «Уһун күөлтэн» биэдэрэнэн тоҕо-хоро уу хаста да таһыыта, сылабаар өрөн муҥнаныы… Оо, билигин саныырга, үчүгэйэ! Ол эрэ буолуо дуо, элбэх буоллаҕа дии.
Буору ууга буккуйан бэрэски, кэтилиэт кэчигириирэ, бэрэдэбиэс аатыран кирпииччэлэр үрдүгэр, фанера мас дьааһыгыттан биир устуукатын тоҕо тардан ылан ыйааһын оҥорон, атыы-тутуу харса суох барара.
Ыйааһыммыт «бородуукта» ыйыырга түөрэккэйэ сүрдээх, ыйыырга анаан өрүс тааһа хомуллара. Бөдөҥ таас быһа холоон 10 киилэҕэ, орто 5 киилэҕэ, кыра таас биир киилэҕэ барсара. Саахарбыт – кумах, бурдукпут буор буолара. Таас бытыылкаҕа уу, үүт кутуллара, дьиэттэн, таҥас табаар таһыллара: соттор, суорҕан, сыттык, эбиитин атах таҥаһа. Ону ааһан, хаһаайыстыбаннай табаар кытта хаалсыбата: улахан сэбиэскэй баалынай, таҥас сууйар тиистээх дуоска, ынах ыыр сыыҥкабай солуур, мөндүлүөнэй бөтүөн, хаһаайыстыбаннай мыыла, тиис суунар бороһуок… Атыы-тутуу кытаанаҕа, дьиэ тиэргэнин иһигэр. Атыылаһааччы аҕыйах да буоллар, санаа түһэриллибэт (бииргэ төрөөбүттэриҥ уонна дьукаахтарбыт оҕолоро). Кылаабынайа маҕаһыыныҥ толору табаардаах буолла да, ол быраап. Дьол бөҕө, саха тэҥэ суох буолаҕын.
Өссө бэйэбит туспа «дьиэлээх» буолар этибит. «Уһун күөлү» кыйа барар хатыҥ чараҥ, хаптаҕастаах, моонньоҕонноох сэппэрээктээх, талах бөлкөйдөөх, айан суолун батыһар сири 3 миэтэрэни биирдии киһиэхэ өлүүлээн, тыырыллан бэриллэрэ. Дьиэлэммит дьон үөрүүтэ сүрдээх. Сүүрэн тиийэн, талах сиппиир ойутан аҕалан ол өлүүлээбит сирбитин ыраастаан, харбаан, иһинэн-таһынан күөрэҥнэтии. Омуннаатахха, сиппиир тыаһа чыһыыран олорор. Сиргэ сытар сэбирдэх көмнөҕө биирдэ суох буолар. Оччолорго хантан билиэхпитий, оннук ыраастаан сири-айылҕаны алдьатарбытын?! Барахсаттар оройбутунан көрүү, сирэй-харах чаҕылыһыы кытаанаҕа… Билиҥҥинэн ипотеканан дьиэ ылбыт курдук.
Онто-он… Ол «дьиэбит» биһиэхэ бирээмэ дыбарыас. Иһигэр кытара буспут кыһыл хаптаҕас, төгүрүк хара моонньоҕон оҕуруо курдук тиһиллэн, субуруһан аҕай тураллар. Табыллыбыт киһиэхэ тэтэрэ буспут дьэдьэннээх да буолар.
Дьэ, биир бэйэм отой остуоруйа дойдутугар олорор курдук сананар этим. Ол саҕана айылҕа бэйэтэ хайдах айыллыбытынан турдаҕа, бу айылаах салгына чэбдигэ… «Дьиэҕиттэн» таҕыстыҥ да араас дьэрэкээн өҥүнэн симэммит көбүөр хонуу, дэриэбинэҕэ киирэр айан суола тыргыллар.
Уонна сайылыкка саамай кэтэһиилээҕэ – дэриэбинэҕэ киирбит дьоҥҥун күүтэриҥ. Лааппыттан (маҕаһыынтан) бородуукталаан кэлэллэрин кэтэһэҕин. Минньигэс лампаһыай эбэтэр сыттык кэмпиэт сиэри, бөлтөккөй бирээнньик амсайаары, слива хомпуот иһээри… Оччоҕо Омоҕой ыһыаҕа ыһыллара, оһуокай этиллэрэ, тойук туойуллара диэбит курдук дьоллоноҕун.













Ахтыыны суруйдум
Софья Семёновна МИХАЙЛОВА, төрдүм Хаҥалас улууһа, I Дьөппөн.
Нам улууһа, Таастаах нэһилиэгэ.
2025 сыл, бэс ыйа.
