Михайлов Михаил Петрович туһунан

ССРС ҮРДҮКҮ СЭБИЭТИН ДЕПУТАТА

Мин кэпсиир киһим 1954-58 сылларга үһүс ыҥырыылаах ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата Михайлов Михаил Петрович.

Кини ийэтэ Архипова Татьяна Павловна мин эһэм Архипов Игнатий Павлович бииргэ төрөөбүт балта буолар.

Татьяна Павловна 1883 сыллаахха Хочо (билиҥҥинэн Сунтаар) улууһун Хадан нэһилиэгин Одо түбэтигэр төрөөбүтэ. 1913 сыллаахха Хаҥалас (билиҥҥитэ Кутана) киһитигэр Михайлов Пётр диэн киһиэхэ иккиһин эргэ тахсыбыт. Бастакы эрэ Хоро киһитэ үһү. Ол сыл Михаил төрөөбүт.

Мин кинини биирдэ эрэ көрбүтүм. 1970 сыллаахха Сунтаарга олордохпутуна сайын биһиэхэ хонон ааспыта. Аҕабынаан уруккуну, оччотооҕу кэм туһунан бэрткэ тапсан кэпсэппиттэрэ. Ол саҕана оҕотук буоламмын өйбөр туох да хаалбатах.

Кини отой эдэр эрдэҕиттэн салайар үлэҕэ сыстыбытынан барбыт. Ол курдук, 1934-38 сылларга Хаҥалас сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Онтон 1938 сылтан 1942 сылга, сэриигэ барыар диэри, «Кыһыл Күндэ» холкуоска бэрэссэдээтэллээбит. Сэриигэ Ленинградскай фроҥҥа 21-с хайыһар биригээдэтигэр сылдьыбыт. Сэрииттэн бааһырыытынан, доруобуйатынан сыыйыллан кэлэн 1943-44 сылларга Хадаҥҥа сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Ити үлэлии сылдьан Октобуйаан диэн оҕону Махчаҕаарап учуутал аҕата контрреволюционер диэн матыыптаан интернакка олордубакка оскуолаттан үүрбүтүн билэн, бэйэтэ атынан тиэйэн аҕалан оскуолаҕа ылалларыгар дьаһайбыт. Ону Хадан туругурарын туһугар өр сылларга биригэдьииринэн үлэлээбит Октавиан Георгиевич Попов кырдьан олорон аһара махтанан кэпсиирэ. “Кини кэлэн үөрэхпин салҕаттарбатаҕа буоллар хайдах, туох дьылҕаланыам эбитэ буолла, – диирэ. – Кинини иккис аҕам курдук саныыбын”. Михаил Петрович кыра кыыһа Анна этэринэн, аҕатын ийэтэ Татыйыына уон биэстэ оҕоломмутуттан аҕата балтынаан Маайалыын иккиэйэх эрэ ордоннор оҕо-уруу тэниппиттэр. Ол иһин кини аҕата оҕолорго аһара амарах сыһыаннаах этэ диэн ахтара.

Хадаҥҥа балтараа сыл сэбиэттээбитин кэннэ Бордоҥ аҕа ууһугар хас да бытархай холкуостары холбоон, Толстой аатынан холкуос тэриллибитигэр тылланан, бэрэссэдээтэлинэн үлэлии барбыт. Иннокентий Гаврильевич Аввакумов кэпсииринэн, кини онно тиийэн хас да көһүнэн тарҕанан олорор дьону салайар ыараханын өйдөөн, тылыгар киллэртээн биир сиргэ түмпүт. Туойдаахха ол саҕана икки эрэ ыал олорор эбит. Онон Туойдаах бөһүөлэгин төрүттээбит киһинэн буолар. Кини ити түбэ оҕолоро Хаданынан, Сунтаарынан тарҕанан үөрэнэллэрэ кэккэ ыарахаттардааҕын билэн, райсовекка туруорсан, дакаастаан бөһүөлэккэ оскуола тутулларын ситиспит. Онон 1947 сыл алтынньытыгар Туойдаахха саҥа оскуола тутуллан, үөрэх аана аһыллыбыт күнүнэн ааҕыллар.

1944 сыллаахха Туойдаахха маҥнай үлэлии тиийдэҕин утаа ити эргин саһа сылдьар биир дэһэртиир түүн билэр дьахтарыгар кэлбитин билэннэр, түөрт буолан тута тиийбиттэр. Дьиэҕэ көтөн түспүттэрэ дьахтар эрэ баар үһү. Ону киирбит киһи ханна барда диэн ыйыппыттарыгар дьахтар оҥкучах аанын ыйбыт. Оҥкучаҕы аһа баттаан баран: “Таҕыс, тутулуннуҥ!” – диэбиттэригэр ол киһи оҥкучахтан тахсан кэлбит.

Холкуостаахтар биир сиргэ түмүллэн үлэ күөстүү оргуйбут. Ол кэмнэргэ от-бурдук үүнэн холкуос көнөр аатыгар барбыт. Үлэһиттэри аттаран туруорууга-тэрийиигэ бэрэссэдээтэл үлэҕэ ирдэбиллээҕэ улахан оруоллааҕа онно көстүбүт. Оччолорго кини мас уктаах нагаайкалаах сылдьарын иһин «Нагаайкалаах Мэхээйилэп» диэн аат уос номоҕор хаалбыт. Ити нагаайканы Өлүөхүмэҕэ бурдук ыла киирэ сырыттаҕына табаарыһа, оннооҕу холкуос бэрэссэдээтэлэ, дьаамсыктар туттар нагаайкаларын бэлэхтээбит. Ити курдук Толстой аатынан холкуоһу өрө тардыбытын кэннэ, 1947 сыллаахха Уһун Күөлгэ эмиэ хаалыылаах “III пятилетка” холкуоска бэрэссэдээтэлинэн ыыппыттар. Михаил Петрович онно тиийээт да, эмиэ дьону күүрээннээх үлэҕэ үмүрү тарпыт. Үлэҕэ ээл-дээл сыһыаннаһары отой сөбүлээбэтэ үһү. Үлэтигэр олус кыһамньылаах, кыайа-хото тутар, ирдэбиллээх бэрэссэдээтэл быһыытынан биллибит. Аҕыйах сылынан били хаалыылаах холкуос үчүгэй үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирбит.

Кыыһа Анна Михайловна оҕо сылдьан аҕатыттан олоххо саамай ынырыктан ынырык тугу көрбүтүн ыйыппытыгар, аҕата “аччыктаабыт оҕо ас көрдөөбүт хараҕыттан ордук туох ынырык баар үһү” диэн хардарбыт. Ол иһин Михаил Петрович оҕо аччыктаабатын туһугар сыралаахтык үлэлээбитэ.

1950 сыллаахха аны Түбэй-Дьаархаҥҥа үс хаалыылаах холкуоһу холбоон Дмитров аатынан холкуос тэриллибитигэр кинини онно бэрэссэдээтэлинэн анаабыттар. Кини Түбэй-Дьаархаҥҥа уһуннук, өр кэмҥэ олорон, үлэлээн ааспыт сирэ буолар. Ол курдук үс тус-туспа холкуос бөһүөлэктэрин көһөрөн биир сиргэ, Бүлүү өрүс үрдүгэр муспут. Онон аны Түбэй-Дьаархан бөһүөлэгин олохтообут киһинэн буолар. Тутуу бөҕөтүн туттарбыт.

“Дьон өйдүүн-санаалыын үлэҕэ күүскэ туруммуттарын түмүгэр олох көнөн барбыта. Холкуостаахтар үлэ күнүгэр аахсар дохуоттара элбээбитэ, холкуоспут аҕыйах сылынан үчүгэй үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирбитэ”, – диэн В.П.Меркурьев ахтыытыгар баар.

Михаил Петрович үлэлээн ааспыт сирдэригэр элбэх тутууну туттарбыта, ордук суол оҥоһуутугар болҕомтотун уурара. Ол курдук, маҥнай Туойдаах-Хадан, Туойдаах-Сунтаар суолларын оҥорторбута. Түбэй-Дьаархантан Сиэйэҕэ диэри көбүс-көнө суолу солоппута. “Онтон да атын суоллары оҥорторбута”, – диэн М.А.Акимов ахтар.

Михаил Петрович сэрии сылларыттан саҕалаан хас да хаалыылаах холкуостары өрө тардыбытын, тэрийэр-салайар үлэтин сыаналаан, кинини 1954 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан талбыттара.

Кини кэргэнэ Вера Ивановналыын алта оҕоломмуттара. Кэргэнэ эрдэ өлөн, кыра оҕолорун бэйэтэ соҕотоҕун көрөн-харайан атахтарыгар туруорбута. Михаил Петрович олорбут олоҕор үлэ бөҕөтүн үэлээбит, дьоҥҥо үтүө өйдөбүлү хаалларбыт киһи 1991 сыллаахха бу сиртэн барбыта.

Ахтыыны суруйда таайын уола

Олег Гаврилович АРХИПОВ, Хадан олохтооҕо.

2025 сыл, бэс ыйа.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *