НЬУКУЛАЙ ХОЛОБУР БУОЛАР ОЛОҔО
Балтым Паша Чымнаайыга үлэлии сылдьара. 1985 сыл сааһыары балтым кэргэн тахсыбыт диэн үөрүүлээх сонуну истибитим. Муус устар саҥатыгар биһиги дьиэ кэргэн Хаандыгаҕа көһөн кэлбиппит. Кэргэним куоракка үөрэҕин сиэссийэтигэр барбыта.
Мин уоппуска ылбытым. Даккыга үһүө буолан бултаан биэс уончалыы кустаммыппыт. Алдан өрүс этэҥҥэ баран, мууһуттан ыраастаммыта. Хаандыгаҕа киирэн почта дьиэтиттэн сакаастаһан, Ытык Күөлгэ олорор убайбынаан Алексей Андреевичтыын кэпсэппитим. Убайым сайын саҕаланыыта балтыбыт сыбаайбата буоларын, онон саҥа аймахтар Хаандыгаҕа биллиэхтээхтэрин, сыбаайба аһа ыла барыахтаахтарын эппитэ. Кини бэйэтэ таһаҕас кэлэн эрэрин, онон Харбалаахха сарсын барарын этээт, миигин Ытык Күөлгэ сөмөлүөтүнэн кэлэрбэр сүбэлээбитэ. Ити курдук убайбынаан кэпсэтэн баран, биэрэккэ киирбитим хас да оҥочо баара. Сайын саҕаланыыта, өрүс уута хаатынан турар кэмиттэн сырыы-айан элбээн барар.
Мин Сайдыыга барар оҥочобун кэтэһэ олордохпуна, аллара диэкиттэн икки оҥочо кэллэ. Ыраахтан кэлбиттэрэ биллэр. Урут көрбөтөх дьонум. Кытылга бастакы тиксибит оҥочоттон сааһыра барбыт киһи чэпчэкитик түһэн, быатын баайан кэбистэ. Тута табаҕын тарта. Дьонунаан кэпсэтэн бардылар. Чугас олорор буолан барытын истэ олоробун. Чымнаайыттан кэлбиттэрэ тута билиннэ. Мин кинилэргэ чугаһаан, балтым Чымнаайыга үлэлиирин эттим. Оҕонньор үөрэ иһиттэ. Балтым кэргэнин аҕата буоларын этэн, билистибит. Хаандыгаҕа сыбаайба аһа ыла кэлбиттэрин эттэ. Билэр табаарыс дьоннооҕун эппитэ. Олор көмөлөһүөхтээх эбиттэр. Миигин ылар оҥочо кэллэ. Сыбаайбаҕа барарбын, Чымнаайыга тиийэрбин этээт Сайдыыга барбытым. Бу кылгас көрсүһүүгэ күтүөтүм аҕата Ньукулай – Евлев Николай Николаевич сытыы, тобуллаҕас өйдөөҕүн, дьону кытта түргэнник уопсай тылы була охсор дьоҕурдааҕын уонна ол кэмҥэ үөрэн-көтөн санаата табыллан сылдьара тута биллэрэ. Онон күтүөтүм аҕатынаан итинник соһуччу билсэн турабыт. Таарыйа эттэххэ, Ньукулай араспаанньата оҕо эрдэҕинэ итинник – Евлев диэнинэн баран хаалбыт. Ыччаттара бары Иевлевтэр.
Евлев Николай Николаевич.
Ытык Күөлгэ АН-2 сөмүлүөтүнэн Маҥантан көтөн кэлбиппит. Оҕолорбун, Ленаны, Алёшаны Ытык Күөлгэ саҥаспар Светлана Михайловналаахха хаалларан, Чымнаайыга барбытым. Убайым Харбалаахха үлэлии сылдьара. Света кэпсэтэн, тэрилтэтин “ЗиЛ” массыынатыгар олорсон Харбалаахха айаным саҕаламмыта. Ардах бөҕө түһэ турара. Суол чоху көхсүн курдук. Ардахтан илийбит туой суолга массыына халтарыйан наар суол кытыытыгар тахса сыһар. Халтарыйар өттүгэр туормастаан, суоппар уруулун түргэн үлүгэрдик эрийэр. Арыый дьэ сэрэнэн, суол ортотун диэки баран иһэн аны биир өттүгэр халтарыйар, оччоҕо аны биир өттүгэр эрийэр. Үөрүйэх суоппар буолан оннук айаннаан иһэбит. Утары суолга биир массыына суолтан туораан буксуйан турар. Массыынатыгар торуос холбонон, суоппар ардахха дэлби сытыйан, тардан биэрэн ол массыына Ытык Күөлүн диэки барбыта. Ол оннук түөрт-биэс чаас айаннаан Харбалаахха киэһэ кэлбиппит. Рахлеева Ааналаахха хоммутум. Сарсыныгар бэҕэһээ ардыы турбут халлаан халлан, үчүгэй да үчүгэй күн буолбут. Убайым оҥочо булан Чымнаайыга ыыппыта. Амма өрүс хаатынан турара. Аммаҕа бастакытын оҥочонон устар киһиэхэ барыта солуна. Кэрэ айылҕа күөх киистэ таҥаһын кэтэн эрэр кэмэ этэ. Чаҕылхай күн, өрүс көнө урсуна, түргэн оҥочо! Мин саҥа аймахтарбар уһун айаным бүтэһик түгэннэрэ, долгуйуу, барыта үчүгэй диэн санаа мин дууһабын угуттуура. Сотору бөһүөлэк дьиэлэрэ көстүбүттэрэ. Оҥочо Иевлевтэр дьиэлэрин туһаайыытынан тохтообута. Оҥочо тиксэр тыаһын истэн, биэрэккэ көрө кэлбит дьон ортотугар Ньукулай турарын тута билбитим.
…Ньукулай, Куока, 1928 сыллаахха тохсунньу томороон тымныы ыйыгар, Таатта улууһун Дэбдиргэ нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Уолчаан биэс сааһын туолуутугар кинилэр дьиэ кэргэҥҥэ улахан алдьархай буолбут – аҕата өлбүт. Аҕата кыахтаах үлэһит, сорсуннаах булчут, күүс-уох толору баар киһитэ эбит. Тыа адьырҕатын бултааһын хаһан баҕарар уустук. Оччолорго саа-сэп мөлтөх кэмигэр ол өссө ыарахана. Бултааһын кэмигэр кини ыараханнык бааһырбыт, ол да буоллар хабыр хапсыһыыга кыайыылаах тахсыбыт. Сотору ол ылбыт баастарыттан эдэр киһи өлбүт. Огдообо хаалбыт эдэр Маамычча (Мавра) ыарахан быһаарыныы ылыммыт. Бу олорбут сириттэн букатын көһөн барардыы санаммыт. Олоххо көрсүбүт ыарахан түгэниттэн тэйэрдии, ол ону куруук санатар дойдутуттан барарга быһаарыммыт. Куока ийэтэ эдэр сылдьан Оруоһун баайга хаста да сүөһү үүрүүтүгэр сылдьыспыт. Улахан алаастан тахсыыга кэнники бүтэһик сүөһү саҥардыы киирэн эрэр буолара. Оччо элбэх сүөһүнү үүрэллэрэ эбитэ үһү. Бу маннык дьаһанан кураан дьылларга арыый өҥ сирдээх Аммаҕа сүөһүтүн үүрдэрэр. Баай Оруоһун Амма Уодайыгар, кэҥэс мэччирэҥнээҕин, элбэх оттонор сирдээҕин иһин сөбүлээн сүөһүтүн аҕалтарар. Уодай Чымнаайыттан уон биэрэстэ. Онон сүүстэн тахса биэрэстэ сири Дэбдиргэттэн Уодайга үүрэллэригэр хас да хонук айаннаан кэлэллэрэ. Ийэтэ ол сылдьан Амма эҥээрин сөбүлүү көрөр. Кэргэнэ соһумардык өлбүтүгэр сир уларытан Уодайга 1933 сыллаахха, биэс саастаах оҕотун илдьэ көһөн кэлэр.
Үлэни кыайар-хотор Маамычча ыалга дьуккаахтаһан холкуос үлэтигэр үлэлээбитинэн барар. Уодай олохтооҕо, эдэр киһи Тэрэнтэй Халыев бу оҕолоох дьахтары кэргэн ылар. Бэйэтэ үс оҕолоох огдообо киһи. Икки өттүттэн оҕолоох дьон сотору оҕолоноллор. Куока бырааттанар. Быраатын Тэрэнтэй диэн ааттыыллар. Онон бу дьиэ кэргэҥҥэ иккис Тэрэнтэй диэн ааттаах уол улаатан барар. Куока ийэлээх аҕалаах буолан оҕо сааһа этэҥҥэ ааһан барар. Уол ииппит аҕата наһаа үлэһитин, тугу барытын сатыырын көрө сылдьан улаатар, ол онтон элбэххэ үөрэнэр. Үлэҕэ сыстыбытынан барар. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн этэ-сиинэ сөптөөхтүк сайдар. Оччолорго үлэ барыта хары күүһүнэн оҥоһуллара. Иитиэх аҕата хара үлэни кыайа тутар күүстээх киһи эбит. Окко кыдамаһытынан туран элбэх, хас эмэ сүүһүнэн туона оту кэбиһэрэ. Куока кыра эрдэҕиттэн бэйэтин лаппа кыанара. Саҥалаах-иҥэлээх, чобуо-сытыы буола улааппыта. Арай хараҕынан моһуогурара. Ийэтэ холкуос хотонугар үлэлиирэ. Дьиэ кэргэн бэйэлэрэ чааһынай аҕыйах сүөһүлээхтэрэ. Элбэх сүөһү ииттэри нолуогунан хаайан хааччахтыыллара. Аны оттуур сир да суоҕа. Барыта уопсай, холкуос киэнэ диэн буолара. Соло да суоҕа. Ыарахан, биир өрөбүлэ суох үлэҕэ сылдьан кэтэххэ элбэх сүөһүнү хайдах да ииппэккин. Ол да буоллар ийэтэ сүөһү ииттэн, ол үрүҥ аһынан өллөнөллөрө олус туһалааҕа.
Куока оҕо сааһа ааспыт Уодайын ис сүрэҕиттэн олуһун таптыыр. Ол кэмҥэ Уодай муҥутаан улаатан турар. Былыр-былыргыттан саха дьоно сөбүлээн олохсуйбут сирдэрэ, сэбиэскэй кэмҥэ арааһынай эбии тутууларынан эбиллэн барбыт. Бу барыта Куока хараҕын ортотугар ааспыт. Түөрт уонча ыал олорор. Үксүгэр биир дьиэҕэ хастыы да ыал дьуккаахтаһан олороллоро. Урут оннук этэ.
Уодайга маҕаһыын, балыыһа, дьыссаат, кулууп бааллара. Элбэх арааһынай хотон, кыыл пиэрмэтэ, соломо кырыыһалаах элбэх арааһынай сарай, ыскылаат, бадыбаал, элбэх күрүө-хаһаа, уус дьиэтэ баара. Уус Мэхээлэ аата билигин да ахтыллар. Бэстиинэптэргэ сүүрбэ оҕоттон уон оҕо хаалбыт. Тоҕус уол, биир кыыс. Ол уолаттартан биирдэстэрэ Уус Мэхээлэ буолар. Уодайтан уон биэрэстэ аллара баар Ороһуй хайаттан тимир ылар уруудатын аҕалар эбит. Айылҕаттан ураты талааннаах буолан оннооҕор рессора курдук кытаанах тимир саппаас чааһын оҥорбута кэпсэлгэ баар. Онтон арыый боростуойу оҥорорун киһи ааҕа да барбат.
Арай оскуола суоҕа. Оҕолор Чымнаайыга үөрэнэллэр. Онно үөрэнэр оҕолор ыалга, аймахтарыгар, интэринээккэ олороллор. Бөһүөлэк биир сүрүн эстиитэ ол оскуола суоҕа буолбут. Дьон оҕолорун үөрэттэрээри Чымнаайыга көһүүлэрэ саҕаламмыт. Куока аҕыс саастааҕар Чымнаайыга оскуолаҕа үөрэнэ киирбит. Начаалынай оскуоланы бүтэрэн салгыы Чычымах сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммит. Үөрэнэр кэмигэр интэринээккэ, ыалга олорон үөрэммитэ. Ас кэмчитэ. Быһыы килиэп сыбанар арыыта төһө халыҥ буоларын, ол ону ким хайдах түҥэтэрин, эбэтэр хайдах онно тиксиэххэ сөбүн кыра эрдэҕиттэн тобуллаҕас өйдөөх буолан, бэлиэтии көрө улааппыт. Таптыыр Уодайыгар түгэн көһүннэр эрэ сатыы оҕолору кытта сүүрэрэ. Онон үөрэх оҕолоро отой кыра эрдэхтэриттэн итинник айаҥҥа үөрүйэх буола улааппыттар.
Элбэх оҕо үөрэҕин быраҕар. Биричиинэтэ араас буоллаҕа. Куока оскуола үөрэҕин хайаан да бүтэрэр кытаанах санаалааҕа. Чычымахха үөрэнэ сырыттаҕына сэрии саҕаланар. Куока үөрэҕин бырахпатах. Үөрэҕэр үчүгэй, кыһамньылаах, сыстаҕас, дьоҕурдаах буолан холкутук ааҕар-суруйар буолбута. Тэҥ ыраас буочардааҕа. Ол онто олоҕун тухары уларыйбатах. Үчүгэй үөрэҕэ туһалаан бөһүөлэгэр биир бастакынан тырахтарыыс идэтин ситиһиилээхтик үөрэнэн ылбыт. Сахалыы кинигэ аҕыйаҕа. Ол ону барытын ааҕар. Нууччалыы да кинигэни ааҕартан сүрэҕэлдьээбэтэ. Онон тыыннаах нууччаны кытта алтыспакка сылдьан син нууччалыы тыл-саҥа ис хоһоонун, кэрэтин, суолтатын билэ улааппыт. Кинигэ кини доҕорунан буолбут. Кинигэни харыстыыра. Хаһыаты, сурунаалы куруук сурутара. Ол онтун ситэри барытын ааҕар. Тугу билбитин дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир. Тиэхиникэҕэ сыһыаннаах буолан ол онно сөптөөх нууччалыы сурунаалы элбэх сыл сурутан, куруук аахпыт. Ордук хайдах өрөмүөннүүрү, саҥа тугу оҥорон тупсарары, киитэрэстэри умсугуйан ааҕара. Ол билиитин олоххо төһө кыалларынан киллэрэ сатыыра. Бу барыта кини өй-санаа өттүнэн сайдарыгар биир тутаах тирэх буолбут.
Куока уон сэттэ сааһын туолуутугар сэрии бүтэр. Эйэлээх олох салҕанан барар. Сэриигэ барбыттар биирдиилээн кэлэн бараллар. Элбэх киһи сэрии толоонугар охтор, төрөөбүт өтөҕөр төннүбэт. Үлэ элбэх. Ыарахан кэмнэр. Ол да буоллар сэрии бүтэн, норуот санаата тупсар өттүгэр барар. Куока кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыстаҕас буолан уонна ол онно үчүгэй сыһыаннааҕа биллэн, кинилиин алтыһар дьон бука бары көмөлөһүннэрэллэр, астыналлар, хайгыыллар. Оччолорго, үгүс эр дьон суох кэмигэр, саҥа улаатан эрэр ыччат дьон эрдэ улаатан үлэҕэ сыстан, ол ону кыайыылара холкуостаахтарга улахан көмө буолара. Олортон биир бастыҥнара Куока этэ. Холкуос бэрэссэдээтэлэ: “Ыһыаҕы эһиил хайаан да киэҥ далааһыннаахтык ыытыахпыт. Ол кэмҥэ сэрииттэн ордубут дьоммут кэлиэхтэрэ. Кыайыы ыһыаҕа буолуоҕа”, – диэн бигэ быһаарыныы ылыммыта. Ол ону бары өйөөбүттэрэ.
1946 сыл үүнэр. Куока уон аҕыһын туолан холкуос биир тутаах үлэһитэ. Толору Ньукулай диэн ааттанар. Кини ханна баар да, ол онно үлэ дөбөҥнүк оҥоһуллар. Үлэ ситэриллэр. Үлэни чэпчэтии саҥа көрүҥэ айыллар.
…Сайын. Холкуос аччаабыт дьоно арыый элбээбит курдук. Бары өрө көтөҕүллэ сылдьаллар. Амма өрүс этэҥҥэ халыҥ мууһуттан босхолонон, уута хаатын таһымынан чалымнаан, хотоол сирдэрин угуттаан этэҥҥэ уста сытара кэлин түһэн барбыта. Амма эбэ икки өттүнэн, үрдүк биэрэгин кыйа барар араас сыһыылара, тулалыыр тыатын ото-маһа көҕөрөн тупсан барбыт. Сэрии ыар тыаһыттан тэһииркээбит көтөрдөр дьэ нус-хас буолбуттар. Чыычаах, араас көтөр саҥата ырыата тохтообокко иһиллибит. Уодай тыатын үс муннугуттан кэҕэлэр солбуһа-куоталаһа тохтоло суох эппиттэр. Дьон өрүстэрэ кэрэтин дьэ соло булан көрбүттэр. Наһаа да үчүгэй этэ, ыраас, сылаас уулаах Амма эбэлэрэ!
Бэрэссэдээтэл уус киһилэригэр сэргэ оҥотторбута. Сэргэ буолар мастарын Аммаларын тэҥкэ тыатыттан талан охторон, эрдэ хаардаахха оҕус сыарҕатыгар тиэйэн-состорон аҕалбыттара. Маһы хатырыгын суллаан күн уотугар эргитэ сылдьан куурдубуттара. Ньукулай бу үлэлэргэ биир сүрүн үлэһиттэрэ. Уол оҕо саамай тыыллан-хабыллан сылдьар кэмэ. Уус киһи санаата көтөҕүллэн ат төбөлөөх сэргэни оҥорбут. Өйдүү-саныы сылдьар гына “VI-1946” диэн суругу сытыы долотонон оҥон суруйбут. Бэйэтэ саныырынан киэргэл, суолталаах бэлиэлэри оҥорбута. Барыта санаа хоту оҥоһуллубут. Ыһыах буолар күнэ чугаһаан кэлбитэ. Биэлэри ыан кымыс оҥорбуттара. Ийэ сири алҕаан, аһатан улахан сэргэни элбэх буолан Уодай хабыллар ортотугар туруорбуттар. Тула туран, илии илииттэн тутуһан оһуохайдаан барбыттара. Улуу кыайыыны уруйдаан, аны хаһан да сэрии буолбатын, күн Ыстаалыны таптыыр ырыа тыллара этиллибиттэр. Уһун оһуохайы таһаарааччы тулалыыр айылҕатын ойуулаан, дьонун-сэргэтин хоһуйан, кэлэр көлүөнэ ыччаты үчүгэйгэ-кэрэҕэ угуйар тыллары эппит, ыллаппыт. Бары хатылаан чуумпурбут Уодайдарын үрдүнэн оһуохай үөрүүлээхтик сатараабыта.
Үрдүк тырыбыынаттан сэбиэт, хомуньуус-баартыйа үлэһитэ, холкуос бэрэссэдээтэлэ күүрээннээх тыллары этиитэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолламмыт. Арай биир эмээхсин, дьиҥэр сааһынан эдэрси этэ, төбөтө умса барбыт. Эрдэ, күүстээх үлэттэн уолбут дьарамай көхсө бөгдьөйөн ытаан барбыт. Кини соҕотох оҕото сэрии толоонуттан эргиллибэтэҕэ. Тула олорор дьахталлар, эмээхситтэр, оҕоньоттор харахтара ууламмытын кыатана олорбуттар… Тула оҕо мэниктээн оонньоон сүүрэрэ, үөрэр саҥата, күлэрэ иһиллэрэ. Амма өрүс уута тохтообокко аргыый наллаан устарыныы, олох ити ыарахан хартыыната барсыбыта ол сүүрүк хоту…
Тула чөмөхтүү олорон бары аһаабыттара. Оҕолор мэтээллээх саллаат аттыгар олорон ол ону тутан көрбүттэрэ. Көлөһүн сыттаах саллаат саҥата суох аттынааҕы оҕолору төбөлөрүттэн имэрийбитэ. Күрэхтэһии тэриллибитэ. Кыайыылаах мүһэтин үллэстэн сиэбиттэрэ. Тыала суох сылаас күн киэһэриитэ аттары сүүрдүбүттэрэ. Бу манна барытыгар Ньукулай сылдьыспыта. Көхтөөх кыттыыны ылбыта. Кини дьону кытта алтыһыы, бииргэ буолуу, күүһү түмүү лаппа ситиһиилээх буоларыгар өссө төгүл итэҕэйбит. Кини оту-маһы тутан көрөр, эдэр киһи эрчимэ толору баар киһитэ санаата өссө бөҕөргөөбүт, олоххо таптала күүһүрбүт.
Эгди буолуу, санаа бөҕөргөөһүнэ, үөрүү-көтүү, олох тупсан барарыгар эрэл, сарсыҥҥы күнтэн саҥа ситиһиилэри күүтүү барыларыгар кэлбит, олохсуйбут, кынаттаабыт. Ол оннук курдук этэ 1946 сыл бэс ыйын, окко киириэх иннинээҕи, биир күнэ Уодайга.
Ньукулай обургу оҕо сылдьан айаҥҥа Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас тиэйиитигэр хаста да сылдьыһар. Улааппыт уон аҕыстаах киһини биригэдьииринэн анаан айаҥҥа ыыталлар… Саас этэҥҥэ айантан кэлэн дьиэтин таһыгар аттарын тохтоппутугар аҕата тахсар. Аттары сыбыдахтаһа сылдьан олохтоох солуну аҕата кэпсиир, айан туһунан ыйыталаһар. Балаҕаҥҥа киирээри туран уолугар суулаах кумааҕыны туттарда. Ньукулай кумааҕыны аспыта аармыйаҕа ыҥырар бэбиэскэ эбит. Дьиҥэр бу бэбиэскэ кэлэрин кини күүтэрэ. Онон соччо соһуйбата. Хата төттөрүтүн үөрэ санаата. Аармыйаҕа барыаҕын баҕарара. Биһиги аармыйабыт Аан дойдуга күүстээх, онон онно сулууспалыыр бочуоттаах да уонна атын сири дойдуну көрбүт киһи диэн бүччүм санаалааҕа.
Болдьохтоох күнүгэр Ытык Күөлгэ хамыыһыйа бара киирэр. Икки бырааһы этэҥҥэ ааһан, харах бырааһыгар киирэр. Оҕо сылдьан хараҕа ыалдьыбытын бүдүк-бадык өйдүүрэ. Кэлин үчүгэй буолбута. Быраас тэйиччи сиртэн көрдөрөр буукубаларын сороҕор сыыһа этэттээтэ. Түмүк быһаарыы суругар уолу аармыйаҕа барартан туоратан кэбистэ. Уол наһаа хомойдо. Тута бырааһа ачыкы ырысыаба суруйан биэрдэ. Ньукулай ол кумааҕынан сакаастаһан куораттан ачыкы ылларбыта. Ачыкы туһалаах эбит, көрөрө тупсубута. Онон ол онтон ыла ачыкыны куруук кэтэр буолбута.
Сүүрбэтин ааһыыта тырахтарыыс идэтин баһылыыр. Тута бу үлэҕэ талааннааҕа биллэн барар. Бэйэтэ да наһаа сөбүлүүр. Утуйары-сынньанары умнан туран, араас тиэхиникэҕэ хас эмэ уонунан сыл сыстыыта, уларыйбат дьарык буолан, олоҕун устата арыаллыыр. Уодайга кэлбит тыраахтарга биир бастакынан олорор. Тимир тиһиликтээх тыраахтар оҕуска, акка холооотоххо күүһэ-уоҕа сүрдээх. Элбэх бааһына сирин оҥорбуттара.
…Биирдэ тыраахтарын радиаторын уута кыралаан тэстэр буолла. Көмөлөһөөччү оҕонньоругар этэн тимир баах, уу аҕалтарбыта. Үлэтигэр куруук ыксыы сылдьар. Онон биир кыра тохтобул кэмигэр ол бааҕын тыраахтар ойоҕоһугар баайда. Оҕонньор аҕалбыт уутун иһитигэр кутан кэбистэ Уута аччаатаҕына ол уутуттан кута сылдьан үлэлээбитэ хаһыс да хонуга. Дэлэҕэ этиэ дуо ол оҕонньор: “Үлэһит-үлэһит курдук ууну иһэрэ элбэх эбит ээ”, – диэн. Оҕонньоро түөртүүр саҕана дьиэлээбитэ. Бүгүн бу бааһынатын бүтэриэхтээх. Тыраахтарын тохтотон көһүйбүт сиһин көннөрдө. Тыыллаҥнаан ылла. Чэпчикитик ыстанан түстэ. Тириппит сүүһүн сотунна, элбээн эрэр кумаардартан куотуна сапсынна. Дэлби утаппыт. Кабинатын муннугар өйөннөрө уурбут чэйдээх бытыылкатын ылла. Кумааҕыны эрийэн бүөлээбитэ хата тохтубатах. Аста. Бытыылка улахан аҥаарынан курдук чэйин барытын иһэн кэбистэ. Сойон эрэр радиаторын хаппаҕын сэрэнэн арыйда. Итии сииктээх салгын сирэйигэр билиннэ. Бааҕыттан уу кутта. “Бүгүн хайаан да оҥостуом, уута тэстэрэ элбээтэ”, – дии санаата.
Хаппаҕын саба туран соҕуруу диэки көрбүтэ, биир маҥан аттаах киһи иһэрэ көһүннэ. Сарсыарда бэрэссэдээтэл сэлээркэ ыытыаҕым диэбитин өйдөөтө. Бу маҥан сымнаҕас, ындыыһыт аты билэр. Онтон кыра олорон иһээччитин билбэтэ. Өр-өтөр буолбата, аттаах киһи бу тиийэн кэллэ. Билбэтэх аттаах киһитэ – саҥа хороччу улаатан эрэр Бааска уол эбит. Былырыын кыра уол этэ, аны улаатан үлэһит буолан эрэрин көрөн хайгыы санаата. Ыарахан таһаҕастаах ат “кэллим, аҕаллым” диэбиттии турунан кэбистэ. Уол атыттан түһэн Ньукулайдыын дорооболосто. Улахан бэрэмэдэйдэргэ угуллубут сэлээркэлээх бөтүөннэри аргыый сэрэнэн түһэрдилэр. Ыарахан ындыыттан босхоломмут ат чэпчээбиттии тэпсэҥэлээн ылла. Кумаар саба түһэриттэн харыстанардыы дуу, эбэтэр хата аҕаллым ээ диэн үөрбүт санаатыттан эбитэ дуу, төбөтүн илгистэн, илгиэтэнэн ылаат былырыыҥҥы хаппыт от быыһыттан бытыгыраан эрэр күөх оту тардыаласпытынан барда.
Сэлээркэлээх бөтүөннэрин тыраахтарын кэннигэр уоллуун көмөлөөн, сууллубат гына баайан кэбистилэр. Кураанах бөтүөннэри хантан ыларын билэр уол, ыҥыырыгар олорон кэлбит сирин диэки, Чымнаайы туһаайыытынан, атын салайан бара турда.
Ньукулай сири хорутар үлэтин саҕалаата. Манан буора арыый сымнаҕас, онон сотору бүтэриэм диэн санаалаах. Былааннаах үлэтин арыый эрдэ бүтэрдэ. Хата, мантан киэһэ хайаан да оҥостобун диэн куруук тохтуур сарайын таһыгар тыраахтарын умуруорда. Балачча эриһэн радиаторын уһулла. Эргитэ сылдьан көрдөөн тэстэр сирин булла. Хайдах оҥорорум буолла дии толкуйдуу олорон, былырыын табаарыһыгар эмиэ маннык соҕус алдьаныыны оҥорбута туһалаабытын өйдөөн ылла. Бу алдьаныы арыый атын эбит да, син оҥоруохха сөп диэн оҥостуу хас да толкуйа киирдэ. Бу манныга ордук уонна эрэллээх диэбит толкуйунан ол алдьаммыты балачча бодьуустаһан оҥорон кэбистэ. Тыраахтар өрөмүөнэ бүттэ. Сарсын саҥа сиргэ көһүөхтээх. Онто иккигэ арыый тиийбэт биэрэстэлээх сир. Ол онно турнепс олордуохтаахтар. Мааҥын кэриэй киһитэ кинилиин билсиһэ кэлэ сылдьыбыта. Таарыччы ол киһиэхэ бэлэмнээбит ноһуомнаах буорун илдьэн биэриэхтээх. Кэриэй помидор, оҕурсуу, маак сибэкки, табаах ото олордор. Үлэһит киһи. Оҕуруот аһа үүннэҕинэ бэрсээччи.
Күн арҕаалаан тыа кэтэҕэр түстэ. Борук-сорук сатыылаата. Күнүскү итии сыралҕаны мэлдьэһэрдии халлаан сөрүүн салгынынан аргыйда. Чараас таҥастаах эдэр киһи кыратык дьигиһийэн ылла. Тыраахтарын кабинатыттан аҕатын биир уостаах эргэ саатын ылла. Бу уон алталаах үчүгэй саа. Мааҥын сарсыарда кэлэн иһэн күөрэтэн биир көҕөнү өлөрбүтэ. Күнүс таһынааҕы кыра ууттан үөмэн киирэн икки көҕөнү биирдэ ытан кэбиспитэ. Ити кыра ууга көҕөн саһан түһэрин билэр. Биэс ботуруонуттан үһэ хаалбыт. Аҕата ботуруон ииппит буолуохтаах, онтон эбии ылыыһыбын дии санаата. Дьиҥэр эккирэтиһэн кустуура буоллар элбэҕи өлөрүө этэ. Үлэттэн соло булбат. Үлэлии да сылдьан куһу балаччаны өлөрөөччү. Сорох анал кустуур дьону, бу маннык үлэтин быыһыгар сааланан, куһун ахсаанынан кыайааччы. Аара кэлэн иһэн бэйэтэ билэр уутуттан бэҕэһээ түөрт мородуну өлөрбүтэ. Сэттиэ этилэр. Уонна ити бааһына таһынааҕы ууттан эмиэ икки көҕөнү, онон алта кустаммыта. Күлүк сиргэ, дулҕалаах от анныгар чэҥҥэ уурбут кустарын ылан ботуоҥкатыгар угунна. Сүгэн кэбистэ. Ньукулай улахан бааһына сирин бүтэрэн, аны алдьаммыт тыраахтарын чааһын оҥостон, сапараапката толору баарыттан санаата хас эмэ көтөҕүллэн дьиэтигэр чэпчэкитик бара турда. Кинини онно тапталлаах оҕото, кэргэнэ кэтэһэллэр…
Сүүрбэ икки сааһын туолуута Ондуруоһап Мэхээлэ кыыһа Аанчыгы кэргэн ылар. Эдэр дьон ыал буолан оҕону-урууну тэнитэн бараллар. Бастакы оҕолоро кыыс, Альбина диэн ааттааҕа, биирин туолаары сылдьан коклюш диэн ыарыыга ыалдьан өлөн хаалар. Иккис кыыс Арина 1953 сыллаахха төрүүр. Оҕолорун куобах тириитигэр суулаан иитэллэр. Эһэтэ оһох оттуллар маһын ааны аһан иһирдьэ быраҕар эбит. Урут оннук этэ. Кыысчаан ыалдьыбыт. Этэ аһара итийбит оҕо ытыырын быыһыгар сөтөлө сүрдэммит. Сотору ытаабат, сөтөллүбэт буолбут. Ыар санааҕа ылларбыт эһэтэ оҕо өллө диэн маҥан таҥаһынан бүрүйэн кэбиспит. Чуумпу сатыылаабыт балаҕаннарыгар өлбүт диэбит оҕолоро эмискэ ытаан, барыларын соһуппут. Аҕата Ньукулай сыарҕалаах атынан биэлсэри аҕала Чымнаайыга көтүтэр. Сотору биэлсэр Иванов Николай Дмитриевиһи аҕалар. Арина эмтэнэн арыый буолан, устунан үтүөрэр. Ол махталлаах биэлсэрдэрин кэргэнэ нуучча дьахтара этэ. Билигин Москуба куоракка олороллоро иһиллэр.
Арина Ааналаах Ньукулайга, олох киэҥ аартыгар үктэммит оҕолоруттан, улаханнара буолар. Кыыһа 1969 сыллаахха ахсыс кылааһы бүтэрээтин кытта “кытаат, үлэһит буол, көмө буолуоҥ” диэн сүбэлээн үөрэххэ ыыталлар. Нам педучилищетыгар үөрэнэ сырыттаҕына ийэтэ 1972 сыллаахха өлөр. Кыыһын “үөрэххин тохтотума, хайаан да бүтэр” диэн суруйар. Арина 1973 сыллаахха үлэ уруогун учуутала дипломнаах кэлэр. Бу идэтинэн түөрт уон биэс сыл үлэлээтэ. Таһаарыылаах үлэтин түмүгэ: Саха сирин үтүөлээх учуутала, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, бастыҥ методист-учуутал, Норуот маастара, Норуот айымньытыгар кылаатын иһин бэлиэлэр хаһаайыннара.
Арина аҕатын туһунан үтүө өйдөбүллээх. Үгүс ситиһиитэ аҕатын иитиитин, олоххо сыһыанын, инникигэ-кэрэҕэ тардыһыы, үөрэхтээх буолуу туһунан такайыыларарын түмүгэ буоларын билинэр. Биирдэ Новосибирскайга сылдьан боруобаҕа үрдүк үөрэххэ туттарсар. Соһуйуон иһин, эксээмэннэрин барытын ситиһиилээхтик туттаран үөрэххэ ылыллар. Кини аҕата түбүктээх үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын билэр буолан, бу үөрэнии дойдуттан хас эмэ сылга тэйии аҕатыгар ыараханын билэрэ. Онон үөрэнии хайдах да табыллыбатын билэр буолан, төннөөрү сырыттаҕына аҕата телеграмма ыыппытын тутар: “Потерпим пять лет, учись. Папа”. Онон хас да сыл үөрэнэн үрдүк үөрэх дипломун ылан дойдутугар төннөр. Бу дьиҥэр аҕатын да ситиһиитэ этэ диириттэн кини көҥөммөт. Дьонун, элбэх оҕолоох аҕатын олоҕун билэр буолан үлэлии-үлэлии үөрэнэр. Каникулугар кэлэригэр дьонугар барыларыгар кэһиилээх кэлэрэ. Учуутал идэтин толору баһылаан, уһуннук үлэлээтэ. Олоххо интэриэһэ дэлэй, киэҥ, муҥура суох. Биллэн турар, барыта кыаллыбат буоллаҕа.
Кыбытыылаах тигии урут таҥас кэмчи кэмигэр Саха сиригэр киэҥник тэнийбит. Саха дьахталларын тикпит таҥастарын соҕуруу дойду айанньыттара сөҕө көрөллөрө. Сорох таҥастар улахан музейдарга бааллар. Арина ол ону түгэн көһүннэҕинэ хайаан да көрөр эбит. Эрмитажка биэстэ сылдьыбыт. Биирдэ муһуойга сарсыарда бастакынан киирбит уонна киэһэ сабылларыгар бүтэһигинэн тахсыбыт. Саха сириттэн талааннаах иистэнньэҥнэр бөлөхтөрүгэр киирсэн Дьопуруопа судаарыстыбаларынан автобуһунан сылдьыбытын хаһан да умнубат. Эрмитаж Бриллиантовай саалатыгар сылдьыбытын олоҕун биир дьоллоох түгэнинэн ааҕар. Бу саалаҕа мээнэ түбэһиэх киллэрбэт эбиттэр. Саха таҥаһа ол онно биир бочуоттаах миэстэни ыларыттан киэн туттар. 2017 сыллаахха Суздаль куоракка ыытыллыбыт международнай «Душа России» күрэххэ Зверева Анна Николаевна салалтатынан “Лоскутное шитьё” диэҥҥэ Саха сирин аатыттан кыттан үһүс миэстэ буолбут. Бастакы Москва, иккис Корея.
Биир умсугутуулаах дьарыга коллекционер буолуу. Кини ордук декоративнай тэриэлкэлэри, сүүтүктэри мунньар эбит. Уон икки сыл мунньан сүүтүгүн ахсаана үс сүүскэ тиийбит. Кини ити дьарыгын билэр дьон омук сириттэн кэһии гынан аҕалар эбиттэр. Саастаах сүүтүгэ уон аҕыс үйэтээҕи баар. Хас биирдии сүүтүк туспа остуоруйалаах. Ол ону истии туһунан эйгэ. Умсугутуулаах дьарык эбитин толору итэҕэйдим. Сиэнэ кыыс итинэн дьарыктанарыттан үөрэр. Дакылаат суруйан бастаабыт. Биирдэ дьоно олорбут эргэ дьиэтин хомуйан ыраастыы сылдьан, аҕатын сүүтүгүн булан ылбыт. Бу кини уруккуттан саныыр ыра санаата этэ. Киниитэ, Эльза, эмиэ хомуйар, мунньар дьарыктаах. Ол онно субуотунньуктуу сылдьан Эльза бэйэтигэр сөптөөх урукку уруучука уонна балыксыт күрүчүөктэрин булар. Онон күндү булумньуларын эргэ тимир таас иһиккэ ууран, сааскы чаҕылхай күҥҥэ куурда уурбуттар. Туһаттан тахсыбыт, эргэрбит маллары, бөҕү тыраахтар бырысыабар быраҕаллар. Үлэлии сылдьан биирдэ өйдөөбүтэ, били сүүтүктээх эргэ таастарын быраата бырысыапка бырахпытын билэн сүрдээҕин хомойбут. Чааһы быһа көрдөөн, ордук да буолуо, хата үөрүөн иһин ол аҕатын сүүтүгүн, «сүтүгүн»булбут. Онон Ньукулай сүүтүгэ көстүүтэ биир туһунан дьикти. Уонунан сыл көстүбэккэ сылдьыбыта. Киһи хараҕар көстүбэккэ таһы-мааһы сүтэн да хаалыан сөбө. Аҕата ол сүүтүгүнэн уһуннук, элбэх сылларга туттубутун билэрэ. Иистэнэр иһитигэр куруук уурара. Кини үчүгэйдик иистэнэрэ. Иннэлээх сабынан оҕолорун, бэйэтин таҥастарын абырахтыыра. Истэнэр массыынаны үчүгэйдик тутта үөрэммитэ. Хаатыҥканы, унтууну уулларара.
Арина 1987 сыллаахха ыал буолар. Кэргэнэ Большаков Василий Егорович, Уодайга оскуолаҕа дириэктэрдиирэ. Алта сыл онно олорбуттар. Дьиэ туттубуттар. Аҕалара көмөлөспүт. Баһылай киэн туттуута – ол үлэлии сылдьан оскуолатыгар сылаас туалет туттарар. Оччотооҕу кэмҥэ ол оннук оҥостуу улууска бастакынан буолбут. Мин Баһылайы саҥардыы күтүөттүү кэлэ сырыттаҕына билсибитим. Уоппускам кэмигэр дьоммор күүлэйдии сылдьан, биир сайыҥҥы күн киэһэ, Ньукулай дьиэтигэр киирэ сылдьыбытым. Улахан остуол тула олорон мин иһэ олороллоро. Биир кэпсээннээх-ипсээннээх, сэргэх көрүҥнээх, улахан уҥуохтаах киһи олороро. Ол Баһылай этэ. Бу эргэ дьиэни Ньукулай Уодайтан көһөрөн аҕалбыт. Күһүөрү көһөрөн ситэ бүтэрбэтэх. Иккис сылыгар бүтэрэн олохсуйбуттара. Кэлин өссө кэҥэппитэ. Бастакы көспүт сылларыгар ыалга дьуккаахтаһан кыстаабыттар. Дьиэтин иннигэр хас да сэргэ баар. Барыта үөрүүлээх түгэннэри кытта сибээстээхтэр. Дьиэ эргэрэн, билигин ким да олорбот. Сайынын кырдьаҕас дьиэ сөрүүн омуһаҕар кыыһа, Рая үүтүн уурар. Дьонун уһаайбата Раяҕа тиксибит. Ол онно кини толору бырааптаах. Аҕата ыалдьан бу олохтон барыар диэри кыыһа Рая көрүүтүгэр сыппыт.
1955 сыллаахха Ян төрүүр. Эдэр сааһыгар бу олохтон барбыта.
1956 сыллаахха Рая төрүүр. Рая онус кылаас кэнниттэн икки сыл дояркалаабыт. Куоракка кооперативнай техникуму бүтэрбитэ. Ол кэнниттэн бырадабыастаабыт. Кэлин олоҕун тыа хаһаайыстыбатын кытта ситимнээбит. Мин быстах көрүүбэр, бу кыра уҥуохтаах этиргэн дьахтар хайа да үлэни үтүө суобастаахтык толорор киһитин бэлиэтии көрөбүн. Ол оннук да эбит. Кини ханна да үлэлээтэр куруук ситиһиилээх буолар. Кини ыал ортоку оҕото да буоллар, бас-көс туттар улахан эдьиийдэринэн буолар эбит. Ол ону бары билинэллэр. Аҕаларын, эһэлэрин, Ньукулай иитиитэ ол оннук. Рая кооперация, тыа хаһаайыстыбатын туйгуннара. Бу буолар үлэҕэ ситиһии чыпчаала. Уоллаах, икки сиэннээх.
1957 сыллаахха Коля төрүүр. Аармыйа кэнниттэн суоппарынан үлэҕэ киирэр. Ол оннук күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар. Түөрт оҕолоох, уон сиэннээх, биир хос сиэннээх. Саха Республикатын Автомобильнай транспорын үтүөлээх үлэһитэ званиелаах. Улуустааҕы социалистическай куоталаһыы хас да төгүллээх чемпиона. Таатта улууһун үс төгүллээх чемпион-суоппара. Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо.
1958 сыллаахха Тэрэнтэй төрүүр. Кини мин күтүөтүм буолар. Кини төрүүрүгэр эһэтэ улаханнык ыалдьар эбит. Сайын дэриэбинэтин дьонун мунньан улахан остуол тэрийэн аһаппыт. Ол кини бүтэһик остуола этэ. Оҕонньор мин ааппын ааттатар киһи бу күн сирин көрдө, онон сынньалаҥнык сирдээҕи олохтон барабын диэн көнөтүнэн эппит. Аҕыйах хонон баран, төрдүлэрэ буолбут киһи өлбүт. Тэрэнтэй диэн аат бу дьиэ кэргэҥҥэ быстыбат. Тэрэнтэй биэс уолуттан биирдэстэрэ Тэрэнтэй диэн хос эһэтинэн ааттаах. Ньукулай уола Тэрэнтэй аҕатын толору удьуордаабыт киһинэн буолар. Хайа эрэ өттүнэн киниэхэ тиийбэтэ буолуо, хайа эрэ өттүнэн киниттэн ортоҕо. Олох буоллаҕа. Олох биир сиргэ турбат. Бириэмэтинэн көрөн, ол онно сөп түбэһэн сайдыы тулхадыйбат сокуоннардаах. Бастакынан Чымнаайыга икки этээстээх дьиэ туттубута. Дьиэ тутуута буолаары буолан икки этээстээх, элбэх сыраны-сылбаны, күүһү-уоҕу, булууну-талыыны эрэйэр. Аҕата уолугар туох баар күүһэ, өйө-санаата баарынан көмөлөспүтэ. Ыраахтан-чугастан аймахтарын түмпүтэ. Уола тутууну олохтоохтук былааннаан барбытыттан үөрэ санаабыта. Төһө кыайарынан көх-нэм буолбута. Пашалаах Тэрэнтэй бу дьиэлэрэ 2012 сыл биир сааскы күнүгэр күл-көмөр буолбута. Балтым аахха ыарахан кэм үүммүтэ. Буолбут буоллаҕа. Бу манна ырылхайдык көстүбүтэ аймах, доҕор-табаарыс, нэһилиэк дьоно бэйэ-бэйэҕэ өйөһөр, сүбэлэһэр, көмөлөһөр үтүө үгэстэрэ. Мин ол алдьархай тахсыытын утаа бара сылдьыбытым. Тэрэнтэй убаан, аччаан эрэр хаары баттаһа саҥа дьиэ маһын тала-була, аҕала тыаҕа сылдьара. Буруйдана соҥуоран, харааран тураахтыыр дьиэлэрин элээмэтин аттыгар көлөһөҕө олорор богуон дьиэлэрэ турара. Аһыллан турар ааныттан минньигэс сыт кэлэрэ. Балтым бэрэски, алаадьы оҥоро сылдьара.
Бу богуон Тэрэнтэйгэ иккис дьиэтинэн буолбута. Алдьархай буолаатын дьиэтэ суох дьон, эдьиийдэригэр Раяҕа олохсуйбуттар… Күтүөт санаа-оноо буолан сатаан утуйбат-утуйар буолан эрэйдэнэ сыттаҕына, эмискэ түүлэ-илэтэ биллибэт санаа көтөн түспүт. Ким эрэ “бар дьиэҕэр, олоххуттан тэйимэ, оҥоһун” диирдии элбэх санаа быыһыттан сүтэ-сүтэ көстүбүт. Чугас турар аҕатын дьиэтин көрөн ааспыт. “Арааһа, аҕам өй уга сатыыр дуу?” – диэн илэ өйүнэн санаат, таҥнан аргыый тахсан барбыт. Элбэх ааспыт сыл баттаан, кырдьан намтаабыт курдук дьиэ ааны аһан тахсан истэҕинэ үрдээбит курдук буолан көһүннэ. Санаата бөҕөх буолбутуттан соһуйа, эмиэ да үөрэн ыла-ыла дьиэтин диэки бара турда. Богуон дьиэтин тимир оһоҕун тиҥинэччи оттон кэбистэ. Кураанах мас үөрбүччэ тыһыргаан умайан, сылааһынан илгийэн барда. Оһоҕун иннигэр олордо. Ботугураан алҕаан ас бэристэ.
Тэрэнтэй оронугар сытта. Сотору туруоҕум, үлэбин хайдах саҕалыырбын ол ону толкуйдуохха, син биир уум кэлиэ суоҕа диэн санаан эрэрэ да, ситимэ быстан хаалла… Утуйда. Чуумпурда. Умайар омуна уоскуйбут оһох итииттэн кытарбыт тимир ойоҕоһо хараҥаҕа кытаран көһүннэ. Итии салгынынан туолла, бу дьиэ. Кытаанахтык да утуйбут. Өссө да утуйуоҕун таптыыр кэргэнэ, Пашата, ааны аһарыттан уһуктубут эбит. Утуйбута күүһүгэр-күүс, сэниэтигэр- сэниэ, өйүгэр-санаатыгар сэргэхсийиини, тобуллаҕас өйү-санааны биэрбитин этинэн-хаанынан толору билбитэ… Биһиги дьиэ кэргэн көмө хаччыбытын биэрбитим. Сүбэ-ама, санааны бөҕөргөтөр тыллары ис санаабыттан эппитим. Мин ыарахан санаам манна сылдьан барарбар сайҕанан, сэргэхсийэн, ситиһиилэнэн барбыта. Саҥа дьиэ дьэндэйиэ, аныгы олох сиэринэн ол тутуу атын сэргэх, аныгылыы буоларыгар толору эрэллээх дьонум олохторуттан тахсыбытым. Ол оннук буолбута. Тимир атахха олорор, үрдүк, этээстээх, толору хааччыллыылаах дьиэ ситэн-хотон кыстыкка бэлэм буолбутуттан олуһун үөрбүтүм.
Тэрэнтэй тыа сирин олохтооҕо, механизатора, аны кэлин бааһынай, фермер. Кини тыа хаһаайыстыбатын туйгуна. Аныгы саҥалыы олох бары уларыйыыларыттан хаалсыбакка иһэр. Дьиэтин бөһүөлэккэ бастакынан толору хааччыллыылаах оҥордо. Бааһынай-фермер буолан хортуоска олордор, сылгы базата оҥоһунна. Үлэ бу көрүҥэр төрдүс уолун, Терешаны сыһыарда. Хаһан эрэ хос эһэтэ, Тэрэнтэй Халыев төрөөбүт, олохсуйбут, үлэлээбит өтөҕөр Тереш сылгыларын “һай-һат” диирэ үчүгэйдик иһиллэр. Хаһан эрэ аҕаларыгар көмөлөһөллөрүнүү, аны киниэхэ уолаттара күүс-көмө буолалларыттан үөрэр. Балтым аах биэс уолаттара бары улааттылар. Түөрт уол үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэр. Кыра уол Хабаровскайга үрдүк үөрэххэ ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар. Утуу-субуу ыал буолан иһэллэр. Буолуохтара да, күүтүөхпүт. Алта сиэн кэллэхтэринэ киэҥ дьиэ оҕо саҥатынан туоларыттан эбээлээх эһээ ээр-сэмээр үөрэллэр.
1963 сыллаахха кыралара Андрей төрүүр. Бу иннинэ икки оҕо төрөөт, өлбүттэр. Андрей Хабаровскайдааҕы пединституту бүтэрэн военрук идэтин баһылыыр. Учууталынан, районо инспекторынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Билигин биэнсийэлээх, ыарытыйар. Уоллаах кыыс оҕолоох. Биир сиэннээх.
Ньукулай оҕолоро олох сайдыытын, кини үөрүүтүн-хомолтотун барытын баһылаан, билэн, амсайан, дьон сиэринэн ол онтон хаалсыбакка иһэллэр. Үлэһит, олоҕу таптыыр, ол онно көхтөөхтүк кыттыһар Ньукулай удьуордара тэнийэн иһэллэр.
ҮЛЭҺИТ, МЕХАНИЗАТОР БАСТЫҤА
Кыра оҕо эрдэҕиттэн үлэ бары көрүҥэр миккиллибит Ньукулай механизатор идэтин толору баһылыыр. Күннэри-түүннэри үлэлиир. Үчүгэйдик, таһаарыылаахтык үлэлиир эдэр киһини Тааттатааҕы Массыына-тракторнай станция салалтата чорботон, Ленин-Сталин төбөлөөх кырааматанан наҕараадалыыр.

Маннык таһаарыылаахтык үлэлии сырыттаҕына кинини Москубаҕа Бүтүн Союстааҕы Тыа Хаһаайыстыбатын Быыстапкатыгар путёвка биэрэн ыыталлар. Тааттаттан үһүө этилэр. Доҕоро Демьян Васильевич Самыров, улуус дьахталларыттан бастакы тырахтарыыс Кириллина Анна Николаевна. Демьян Васильевич кэлин Октябрьскай Революция орденынан наҕараадаммыта уонна Анна Николаевна курдук улуус бочуоттаах олохтооҕо буолбута. Ньукулай итэҕэһи-быһаҕаһы кистээбэккэ утарытынан этэр майгылааҕа. Ол майгытын уларыппатаҕа. Биир мунньахха: “Эһиги хомуньуус баартыйа кулуттараҕыт”, – диэн этэн улаханнык хаарыллыбыт. Чымнаайыга үлэлээбит бэйэтин кэмин салайааччыларыгар толлубакка, нэһилиэккэ үлэни-хамнаһы хайдах сайыннарарга диэн боппуруостарга бэйэтин көрүүлэрин аһаҕастык этэрэ. Ону үгүс салайааччы сөп диэбитин ылынара, сыыһа, табыллыбат диэбитин утарара. Ол онто туһунан мөккүөр буолара аҕыйаҕа суоҕа. Ордук Сэмэн Аргунову, Юрий Самыровы, Александр Аргунову кытта мөккүһэн да ыллаллар уопсай тылы булаллара.

Улугуруу кэмигэр туох барыта фонда быһыытынан бэриллэрэ. Үчүгэй үлэһиттэр туох эрэ дьиэктээх буолан, онтон тиксибэт түгэннэрэ баара. Биирдэ “Дружба” эрбии фондата кэлбитин эмиэ уруккулуу, бастыҥ урут тугу эрэ дэписсиити ылбыт үлэһиккэ биэрээри гыммыттарын утарбыт. Дьону түмэн, биир санааҕа киллэрэн ол фонданы үлэһит бастыҥа гынан баран наар “күлүккэ”сылдьар Фёдоров Гаврил Тимофеевичка бэрдэрбит. Ити биир түгэн буолбатах, итиннэ майгынныыр атын да хабааннаах түбэлтэ элбэҕэ. Ол оннук киһи этэ, Ньукулай.
…Ньукулай уһугунна. Сүрэҕэ нүөлүйэн ыалдьар эбит. Кини Москубаҕа кэлбитэ икки хонно. Сотору ыарыыта ааста. Эдэр эрдэҕинэ айаҥҥа сылдьан биирдэ маннык ыалдьыбытын санаата. Ол күн сыарҕалаах аттарынан баран иһэн, иннилэригэр үс аттаах киһини сиппиттэрэ. Айанньыт сыарҕатын быата быстан дуу сөллөн дуу, ол ону оҥосто сылдьара. Ньукулай ол киһиэхэ көмөлөһө сылдьан көрбүтэ, маарын ситэн ааспыт дьоно чугаһаан эрэллэр эбит. Манан Алдан эбэ хайа курдук симиллэн тоҥмут муустаах буолан суол синньиир. Онон кытыытынан ойоҕолоон барар кыаллыбат. Ат элбэх муһуннаҕына алдьархай буолуоҕун сөп. Ону санаан бастакы атын муоһатын тутан суолу бүөлээн турар өрөһөлүү таһаҕастаах сыарҕалаах аттары хаҥас өттүлэринэн ойоҕолоон барда. Муус дьапталҕатын уһуга сыарҕаны алдьатыахтыы адаарыһан тураллар. Эрдэттэн сыарҕатыттан ылбыт улахан сүгэтинэн ол муустары солоон, хата бастакы атын туоратта. Бу кыахтаах ат буолан кини тылын, сорудаҕын дөбөҥнүк толорор. Иккис атын сиэтэн истэҕинэ, сыарҕата муус дьапталҕаҕа охсуллан ойоҕоһунан сытынан кэбистэ. Ат тохтоото, олгуобуйа тостуох түгэнэ буолла. Ньукулай түргэн үлүгэрдик тиийэн, таһаҕастаах ыарахан сыарҕаны көтөҕөн туруора сатаата. Кыайбата. Алдьархай буолла. Бу сырыыга үтүлүгүн устан лаппа үчүгэйдик тутан туох баар күүһүн мунньан, хаһыытыы түһээт, көтөхтө. Олгуобуйата арыый көммүт ат иннин диэки сыҕарыс гыммытыгар сыарҕа олоро түстэ. Маннык сатаныа суох диэн мууһун өссө солоото, хаспах курдук иҥнэригэ мууһунан толорон биэрдэ. Аттарын этэҥҥэ суолга таһаартаата. Сылайбытын билиннэ. Түөһүн хаҥас өттүгэр күүстээх ыарыы биллэн ааспытыгар кыһаммата…
Уута көтөн ону-маны саныы сытта. Улахан куорат тыаһа биир кэм суугунаан олорорун атыҥырыы иһиттэ. Кини манна ВДНХ-ҕа сылдьар чиэскэ тиксэн кэлэ сылдьар. Тыа киһитигэр барыта сонун. Маҕаһыыннара эчи улаханнарын, туох барыта баар курдук. Оҕолоругар, кэргэнигэр кэһии ылыа. Хайаан да гармошка ылыахтаах. Кини нэһилиэгэр ыытыллар араас кэнсиэртэргэ, пьеса, сыанка туруоруутугар көхтөөхтүк кыттара. Гармошкаҕа оонньуу-оонньуу ыллаан бардаҕына ордук болҕойон истэллэрин билэрэ.
Художественнай самодеятельностка бэлэмнэнии кэмигэр. Уҥа диэки олорооччу кэрэ аҥар аата биллибэт. Баҕар ким эрэ билиэҕэ.
Сорох табаарыстара “эн Христофор Максимов” курдуккун дииллэрэ. Дьиҥнээх артыыскын диэн хаадьылыыллара. Биллэн турар, киниэхэ тиийэр ыраах. Саатар үчүгэй гармошка, ол онон эрэ дьарыктанар соло да суох. Кини хара үлэһит. Дьиҥнээх үлэһит. Ол ону ис-иһиттэн сөбүлүүр. Балалайкаҕа да оонньооччу. Ыччаттар бары бэйэ-бэйэлэриттэн көҕүтүһэ-көҕүтүһэ үөрэнэллэрэ. Арыый талааннаахтара тута биллэн, чорбойон бараллара. Ньукулай олорго киирсэрэ. Ол киһи куруук ыҥырыкка сылдьара. Кинитэ суох кэнсиэр буолбатын, испэктээх турбатын курдук да этэн да ылааччылар. Утуйда…
Москубаттан, хаччыта кэмчи да буоллар, барыларыгар кыра кэһии аҕалбыта. Кыыһыгар үрүллэр куобах, бэйэтигэр гармошка атыыласпыта.
Москубаттан кэлээт, өссө таһаарыылаахтык үлэлээбитинэн барбыта. Уһуннук үлэлээбит НАТИ-45 тыраахтара эргэрбитэ. Ол да буоллар хаһаайынын көрүүтүнэн-истиитинэн үлэлии сылдьыбыта. Олох тупсан, сайдан саҥа күүстээх техника кэлэр буолан барбыта. Биирдэ мэхээнньик ити тыраахтары балаансаттан устабыт, металлоломҥа ыытабыт диэбит. Киниэхэ ДТ-54 тыраахтар биэрэрин эппит. Ньукулай өр сыл бодоруһан, доҕорун курдук саныыр тимир көлөтүн таҥнаран биэрбэт санааттан, чугастааҕы хайа хаспаҕар кистээбитэ номох курдук кэпсэнэр. Ол биэрбит тимир тиһиликтээх тыраахтардарынан син балачча кэмҥэ үлэлээбитэ. Сиэрэй өҥнөөх тыраахтарын кабината кыһын аһара тымныыта. Хайаан да хаатыҥка, баата ыстаан, тэлэгириэйкэ кэтэрэ. Төбөтүгэр эргэрбит, хаһыс да сылын кэтэр бэргэһэлээҕэ. Илиитигэр куобах истээх үтүлүктээҕэ. Онто өр барбата. Онон кэргэнэ тикпит баата истээх үтүлүктээҕэ. Ол да үрдүнэн тымныыта. Гааһын ырычааҕын сотору-сотору аллара баттыыра. Айаммыт син биир бытаана. Аттаах дьон ситэн ааһаллара. Ол оннук айаннаан үтүмэн үлэ ыараханын аччатара. Куруук хайҕалга сылдьара. ДТ-75 тыраахтар күүһэ-уоҕа, аны биэс уон түөртээххэ холоотоххо түргэнэ үчүгэйэ. Кэлин “Беларусь” тыраахтарынан үлэлээбитэ.


Толору баһылаатахха бу тыраахтар көдьүүһэ муҥура суох диэн санаалаах сылдьан, биэнсийэҕэ барбыта.
Уодайга буруус маһынан саҥа хотон туталлар. Онно ынаҕы ыыр аппараат туруораллар. Бу үлэҕэ Ньукулай биир сүрүн үлэһитинэн сылдьыһар. Аны сүөһү сааҕа тахсар, уута хас биирдии сүөһүгэ кэлэр курдук, киһи билигин да соһуйар тутуулаах хотон ол алта уонус сылларга Уодайга оҥоһуллан турар.

Уодайга күүстээх уот биэрэр ыстаансыйа аҕалаллар. Уопуттаах киһини кинини үлэлэтэллэр. Үлэтин быыһыгар биир тимир тоһоҕото суох мас олоппостору оҥортуур. Олортон билигин да хас да баар. Тырахтарыыстыырын быыһыгар хаһаайыстыбаннайын иһин кыладыапсыгынан, оннооҕор бырадабыаһынан үлэлээбит кэмнээҕэ. Кыладыапсыктыы сылдьан хас да улахан кырыыһалаах сарай туттарбыта. Онно комбикорм, туорахтаах бурдуктарын уураллара. Хайаан да тэстибэт гына сарайын үчүгэйдик оҥосторо, оҥоттороро. Билигин да ол сарайдартан сорохторо баар. Биир сарайга уола Тэрэнтэй рулоннаах отун уурар. Уопсайынан хайаан да тугу эмэ оҥоро, айа-тута сылдьар айылҕалааҕа. Үрүҥ көмүһү уулларан киэргэл оҥорбута. Хаартыскаҕа түһэрэргэ үөрэммитэ. Оҕолорун, дьону түһэрэрэ. Үгүс хаартыската халаан кэмигэр буорту буолбута, сүппүтэ. Биир хаартыската билигин көстүүлээх сиргэ турар. Кыыһа Арина быраатынаан Тэрэнтэйдиин турар хаартыскалара. “Оччотооҕу кэм оҕолоро буолан, аныгы көрүүгэ тулаайах, ас-таҥас кэмчи дьоно турабыт”, – диэн соһуйа, эмиэ да күлэ көрөллөр. Хайыахпытый, бары оннук кэми ааспыппыт. Быраата убайын дьарыгын утумнаан, үөрэнэн өссө сайдан биллиилээх суруналыыс, хаартыскаҕа түһэрээччи идэлэммитэ. Ол онно хайа эрэ өттүнэн убайа Ньукулай сабыдыала дьайбыта сэрэйиллэр. Тэрэнтэй Халыев талааннаах журналист этэ.
Бэлэсипиэттээх этэ. Биирдэ баайтаһын ынаҕын, икки кыра сүөһүтүн сэтиилэнэн маҕаһыыҥҥа барбыта. Этин ыйааһына эпиэттэһэр, нуормаҕа тиийэр буолан мотоцикл атыыласпыта. Онон Атастыырап, Аргунов кэннилэриттэн үсүһүнэн тимир сүүрэр көлөлөнөр. Мотоциклын уһуннук мииммитэ. Этэргэ дылы хараҕын симэн да туран ыһыан, хомуйуон сөбө. Оҕолорун мэҥэстэн хатааһылатара. Наадалаахха сүүрдэрэ. Бука элбэхтэ, хас эмэ сыл Уодай–Чымнаайы икки ардыгар бадараан да, кумах да, хонуу да, бэс чагда да, ойуур да устун сүүртэҕэ, элээртэҕэ.
…1990 сыллаахха уолбунаан сайын Чымнаайыга тиийэ сылдьыбытым. Ытык Күөлтэн сөмөлүөтүнэн көтөн тиийбиппит. Сөмөлүөттэн түһэн, тахсан иһэн күрүө таһыгар Ньукулайы көрбүтүм. Кини сиэннэринээн биһигини кэтэспит эбиттэр. Оҕолор күө-дьаа аймалаһыыларын быыһыгар дорооболоһоот, массыынаҕа олорорго эппитэ. Мин кыратык соһуйан ылбытым. “Запорожец” массыынаҕа олорсон балтым аахха тиийбитим. Кэлин истибиппинэн, кини алта уон сааһын туолуутугар уола Тэрэнтэй боччумнаах бэлэҕи оҥорорго санаммыт. Тиистээхэп Иван Иванович фондаҕа ылбыт массыынатын атыылыырын истэн, ол ону аҕатыгар бэлэх оҥороору бииргэ төрөөбүттэринээн сүбэлэһэн, кыттыһан хаччы мунньан үбүлүөйүнэн бэлэх оҥорбуттар. Аҕалара соһуччу сыаналаах бэлэҕи ылан үөрбүт. Оҕолоро, ол туох барыта кэмчи кэмигэр, итинник күндү бэлэҕи оҥорбуттарыттан олуһун диэн ис сүрэҕиттэн үөрбүтэ. Кини бу массыынатын күн аайы быылын сото сылдьыбатаҕа, көрүнньүк оҥорботоҕо. Тимир көлөҕө сыһыаннаах буолан бу хаппырыыс массыынаны тута баһылаабыт. Массыына, көлө кыаҕын сүүс бырыһыан туһаммыт. Бу араҕас массыына хара алдьаныар диэри оройуон иһигэр сүүрэрэ. Онтон Чымнаайытын иһигэр күн аайы. Сиэннэри дьыссаакка, оскуолаҕа илдьии, аҕалыы. Күн аайы тэйиччи маҕаһыынтан кэтэһэн, уочараттаан килиэп атыылаһан, оҕолоругар түҥэтии. Төрөөбүт дойдутугар Дэбдиргэҕэ, кыыһыгар Аринаҕа, Уолбаҕа баран кэлэрэ. Бэттэх Ытык Күөлгэ, Харбалаахха барара ахсааҥҥа киирбэт.
Миигин Харбалаахха аймахтарбар илдьэ сылдьыбыта. Кураан буолан суол үчүгэйэ. Түргэнник баран кэлбиппит. Онно көрбүтүм – массыынатын үрдүгэр хотуур ыга баалла сылдьара. Маннык сырыыларга ханна үчүгэй от үүнэн турар сиригэр тохтоон, охсон тута хомуйан массыынатын иһигэр симэн аҕалар эбит. Ол отунан кыыһын Раятын ньирэйдэрин аһатара. От үчүгэйин куурдан-хатаран, ардах тэстибэт сарайыгар симэн эһиилги ынах төрүүрүгэр хаһаанар. Онон массыынатынан дьону таһарын таһынан ол-бу кыра, наадалаах таһаҕаһы тиэйиигэ толору көлүммүт. Эһэлэрэ сахалыы толкуйдаах, хаһаайыстыбаннай сүрүннээх олоҕун сиэннэригэр кылгас кэмҥэ биллэрэн, көрдөрөн, оҥорон ааспыт. Ол кэнчээри ыччаттарыгар үтүө холобурунан буолбут, буолбута уонна буолуоҕа диэн эрэбил баарыгар саарбахтаабаппын.

Хаҥас Ньукулай, ортоку эдьиийдэрэ, уҥа Ньукулай бииргэ төрөөбүт быраата Тэрэнтэй Халыев. Аҕалара биир, ийэлэрэ атыттар.
…Ньукулай эрдэ сыппыта. Сөтөллөн уһугунна. Сыта түһэн баран таҥнан таһырдьа таҕыста. Эргэ ампаарын аттынан ааһан иһэн быраҕыллыбыт тимир оһоҕу көрөн ааста. Бу тимир оһоҕу табаарыһа нуучча киһитэ Хаандыгаттан аҕалбыта. Оһоҕун олохтоон хас да сыл туттубута. Кэлин маннык оһоҕу бэйэтэ оҥорто. Арыый тупсарбыта. Уута элбэх буоллун диэн истиэнэтин кэтит гыммыта. Күл таһаарарын арыый улаатыннаран биэрбитэ. Төһө да хараҕа мөлтөх курдугун иһин, тимири үчүгэйдик сыбааркалыыра. Арай уһуннук дьаныһан туран дьарыктаммата. Уолаттарын үөрэппитэ. Эдэр дьон үлэлии үөрэнниннэр. Кыра дьиэҕэ сылдьан кэллэ. Массыыната күһүҥҥү сиигинэн бүрүллүбүт. Имэрийэн ылла. Сиигирбит илиитин сонун тэллэҕэр соттон ылла. Эргэ “Беларусь” сидиэнньэтэ олоппоско олордо. Табахтаата. Тыынара син чэпчээтэ. Тиҥиргэччи тэбэр сүрэҕэ арыый уоскуйарга дылы гынна. “Аата сүрүн, ити кыратык хаампытыгар сүрэхпит, тыҥабыт тэбэрэ, тыынара уларыйдаҕыан…”. Ааспыт олоҕун санаан барда. Кэлин ити санаа киирэриттэн соһуйбат буолла. Эдэр эрдэҕинэ ол эрэ туһунан санаабата. «Кырдьар сааспар оҕолорум массыына бэлэхтээтилэр. Чугас эргин итинник иһиллибэт. Сааһым тухары нэһилиэкпэр үлэ бөҕөнү үлэлээн, дьиэ кэргэним туһа диэн биир санаанан олорон кэллим. Оҕолорум бары ыаллар. Хата, улахан кыыһым хойутаан да буоллар ыал буолла. Бу үчүгэй. Оҕолорум бары киһи сирбэт үлэһиттэрэ. Бары туспа, бэйэлэрэ бас билэр дьиэлээхтэр. Ама мантан ордук туох баар буолуой, этэҥҥэ эрэ олордуннар». Табаҕын сототун хаһан эрэ кырааскалана сылдьыбыт эргэ биэдэрэҕэ бырахта. Суох, табаҕы бырахтахха сатаныыһы. Быраҕыахха наада, доруобуйа мөлтөөтө.
Бырахпыта. Биэдэрэ. Хаһан эрэ саҥа этэ. Урут ааһар таһаҕас тиэйэр баарсалартан кэпсэтэн, буочуканан кырааска, бэнсиин, арыы ыларын санаата. Дьону түмэн ким туох ордуктааҕын – эт да буоллун, хортуоска да буоллун мунньан дэлэй нууччалартан атастаһан ыларын сөҕө санаата. Аны Амманан сылдьар Хаандыга суоппардара кинини билэллэрэ. Сороҕор дьиэтин таһыгар уонча массыына тохтуура. Ол дьону чэйдэтэн таһаарара. Түргэн үлүгэрдик ас буһарара. Кини онно үөрүйэх. Аһа тотоойу, минньигэс буолара. Барахсаттар бэнсиини буочуканан биэрэллэрэ. Аһара үлүннэрэн көрдөрүү, ыскайдааһын, улугуруу үйэтигэр бука элбэх бэнсиини мэнээх сиргэ да тохпуттара баар буолуо. Түүлээххэ наадыйаллара. Кэргэннэрин, оҕолорун, бэйэлэрин бэргэһэлииргэ түүлээх наадата. Маҕаһыыҥҥа түүлээх мээнэ атыыламмата. Барыта дэписсиит кэмнэрэ. Ол булуллубут бэнсиини, кыраасканы ким наадыйбыкка биэрэрэ. Кыладыапсыгынан үлэлээбит буолан суотун-учуотун кыайара. Электрод, торуос уонна да атыны нууччалыы үчүгэйдик билбэтэр да син балкыһан, сахалыы-нууччалыы булкуйан саҥаран быһаарсан-өйдөһөн уопсай тылы булаллара. Хайаан да туохха да, тугунан да быстарбат гына дьаһанара. Аны өрүһүнэн сырыы тохтоото. Массыыналар ааспаттар. Былаас уларыйан атын кэмҥэ олоробут…
…Сарсыарданан тоҥорууһу. Буолумуна, күн-дьыл ыраатта. Урут баччаларга куобахтыырын санаата. Куобах элбэҕэ. Сэрии кэмигэр обургу, улаатан эрэр уол куобаҕы бултаһарга үөрэммитэ. Байанайа матарбата. Ол бултаабытын ийэтэ дьоҥҥо бэрсэрэ. Элбэх эмээхсин, оҕонньор махталларын биллэрэллэрэ. Аны Амма эбэлэрэ балыгынан тутахсыйбатаҕа. Илимнииргэ үөрэммитэ. Сааланан куһу-куобаҕы хото өлөрөр кэмнээҕэ. Кэлин саҥа күүстээх мотуор үөдүйэн, бэнсиин дэлэйэн Амматыгар элбэхтик сүүрдэрэ. Куһу балачча өлөрөрө. Ол гынан баран тоҕо эрэ кини наһаа үлүмнэһэн бултаабата. Куруук соло суох курдук буолара. Байанай дук гыммыта сөп буолара. Ис-иһиттэн аһара барары сөбүлээбэтэ. Дьэ, үлэ туһунан атын. Эдэригэр үлэни үлүмнэһэн туран үлэлиирэ. Хайдах эрэ үлэттэн дьол кэлэр диэн санаалааҕа. Сааһыран да олорон ол санаата сөптөөҕүн өйдөөн, үөһэ тыынан ылла… Этэ-сиинэ тоҥо быһыытыйбыт. Уһуннук олорууттан бокуйа көһүйбүт атаҕын сүһүөҕэ тыаһаан ылбытын имэрийэн ылаат, турда. Тэлгэһэтин өссө төгүл көрөөт күүлэ аанын аһан, сылаас, бэйэтэ хаһан эрэ ыксалынан көһөрөн аҕалан туппут дьиэтигэр киирдэ…
Тоҕус уонус сыллар саҕаланыылара. Мин уоппускаҕа Чымнаайыга тиийэ сылдьыбытым. Аны санаатахха, Ньукулайы бүтэһигин көрбүт сайыным эбит. Сайыҥҥы ыраас, сылаас күн Ньукулай миигин массыынатыгар олордон Уодайга илпитэ. Манна эргэрэн эрэр кыра дьиэҕэ доҕоро Карл баара. Кини биһигини кэтэспит. Онон аһа-үөлэ бэлэм буолан, түргэн соҕустук остуолга ас тэрийбиттэрэ. Сайыҥҥы куйааска дьиэ сөрүүнэ. Кумаар, сахсырҕа суоҕун да курдуга. Иккиэн тас көрүҥнэринэн майгыннаһар курдуктара. Ол курдук эттэрин-сииннэрин туруга бэйэлэригэр сөп, толору. Арай сирэйдэрин олоруута биллэн турар атына. Мин Карлы бу иннинэ хаста да көрбүтүм. Кэргэнэ Муоча балтыбар санытааркалаабыта. Кыра, уурбут-туппут курдук дьахтар, ыраастык саҥарара. Карл уруккута, эдэригэр артыыс. Кэлин Чымнаайыга олохсуйбут. Биирдэ Харбалаахтар Хаандыгаҕа гастроллуу кэлэ сылдьыбыттара. Онно үчүгэй көрдөөх түгэни оонньоон көрдөрбүтэ. Суорап диэн саастаах оҕонньор үчүгэйдик сахалыы ыллаабыта. Төһө да инбэлиит буоллар, байанайдаах булчутуттан мин сөхпүтүм. Ол туһунан онно кэпсээбиттэрэ. Кэнсиэр кэнниттэн Карлы ыҥыран дьиэбэр чэйдэппитим. Оҕонньор кэпсии-кэпсии убаан эрэр баттаҕын имэринэрэ. Хараҕа көстүбэт буолуор диэри ыгыллан, дьигиһийэн күлэрэ. Онтон Ньукулай хара бараан толору эттээх сирэйдээҕэ. Кылгас гына кырыллыбыт маҥхайбыт баттаҕын үлэ бөҕөнү билбит илиитин модороон тарбахтарынан тараанардыы өрө анньара, имэрийэн ылара. Куруук ачыкылаах этэ. Бытыга хоруллубут ыраас, эр санаа туоһута кэтит сыҥааҕын имэринэн ылара. Ыган соҕустук, сороҕор хахсыйан ыла-ыла кэһиэхтээх куолаһынан элбэҕи саҥарара, кэпсиирэ.
Остуолга олорон аһаабыппыт. “Били аһы”, – диэт, Ньукулай муннуктан буокканы ылан аһан үрүүмкэлэргэ кутуталаабыта. Күө-дьаа буолан кэпсэппиппит. Дойдуларын, Уодайдарын таптыыллара тылларыттан-өстөрүттэн тутатына биллэрэ. Миигин эдэр киһини убаастаан ыалдьыттаппыттарыгар махтана санаабытым. Аһаан баран аллара өрүскэ киирэн сөтүөлээбиппит. Карл кытыыттан ыраата тэйбэккэ сөтүөлээбитэ. Онтон Ньукулай улахан ууһут киһи эбит диэн санаабытым. Кини чэпчэки баҕайытык умсан, балачча кэм буолан баран отой ыраах күөрэс гына түһэрэ. Эрчимнээх соҕустук дайбаан үөскэ киирэн харбаан барара. Доҕордуулар Аммаларын сылаас уутугар булумахтана сөтүөлээбиттэрэ. Тохтоон, туран эбэлэрин сылаас уутунан сирэйдэрин сууналлара, оҕолуу үөрэллэрэ. Онтон эмиэ сылаас ууга булумахтана харбыыллара, умсаллара. Хаһан эрэ ол оннук буолбута.

…Уон аҕыс саастаах Ньукулай туруорсубут сэргэтэ билигин да турар. Кэм-кэрдии төһө да бардар, элбэх сыллар самыырдарын-хаардарын, итиитин-тымныытын, тыалын-кууһун эрдээхтик тулуйбута сэттэ уон түөрт сыла буолан эрэр. Өссө да туруох чинчилээх. Сэргэни эрчимнээх, күүстээх илиилэринэн көтөҕөн ылан аргыый туруорбут дьонтон билигин ким да суоҕун тэҥэ. Ол да буоллар кини турар. Турар урукку кэм кэрэһитэ буолан. Өссө да тура сатаа, ааһар, кэлэр-барар дьон хараҕар быраҕыллан. Көрбүт, кэлбит, кэрэхсээбит тохтуо, чуумпуран ылыа. Кэм-кэрдии аймалҕанын, кини туспа иэйиитин иһиллээн ылыа. Аргыый сылаастык имэрийэн ылыа. Ытыһын сылааһын хаалларыа. Ол буоллаҕа урукку дьон баҕа санааларын биир туолуута, олох салҕанан барыыта.
Ньукулай олоҕо салҕанар оҕолорунан, сиэннэринэн, кэлэр көлүөнэ ыччаттарынан. Оннук толору олоҕу олорон ааспыта кини – Евлев Николай Николаевич.


Суруйда Степан Андреевич НИКИФОРОВ.
Хаандыга, 2020 сыл муус устар 3 күнэ.
P.s. Бу сэргэ турбута эһиил аҕыс уон сыла буолар. Сэргэ туруга үчүгэй. Олохтоохтор, ааһар дьон кэрэхсиир ытык сэргэлэрэ.


Мин былырыын Уодайга сылдьыбытым. Ол сылдьан бэркэ үөрэ санаабытым. Ол туохтан? Ол сэргэлэригэр харыстабыллаах сыһыаннаах эбиттэриттэн. Мин сабыс-саҥа кыһыл Бөлөрүүс кэбиниинэтигэр, күтүөтүм аттыгар олорбутум. Тэрэнтэй аҕата Ньукулай сөпкө да эппит эбит дии санаабытым. Сүүс отут ат күүстээх Бөлөрүүһү анал бырагырааманан Ньукулай сиэнэ Тэрэнтэй ылбыт. Дьэ, күүс да күүс тэрил эбит этэ, ол “кыһыл оҕус”. Грейдер курдук тэрили киһилээбэккэ соһоро. Бытархай өрүс кумахтаах тааһын ол сэргэ таһыгар хаалларбыппыт. Онон сэргэ кытыыта дэхсилэнэн, тупсарыллан оҥоһуллубут буолуохтаах. Оннук уруккуларын умнуллубат, кэскиллээхтик дьаһанар уодайдар аныгы дьоно үксүү тураллара үөрдэр.
Өссө манна эптэххэ Ньукулай хаһан эрэ хормуоскалаах элбэхтик ыллаабыт, араас култуурунай тэрээһиннэргэ кыттыбыт кулууба эргэрэн сылгы-сүөһү хорҕойор сирэ буолбут этэ. Былырыын бара сылдьан бэркэ хайҕаан кэлбитим – кулууп кырыыһаламмыт, түннүктэрэ, аана туруоруллубут. Бэртээхэй түмэл буолбут.
Онон ЫТЫК СЭРГЭ өссө да туруоҕа. Үйэ сааһыгар тиийэригэр эрэл улааппыта үчүгэй билгэ.
Эбии суруйдум Степан Андреевич НИКИФОРОВ.
2025 сыл ыам ыйын 2 күнэ.
(“АХТЫЫЛАР”, 02.05.2025 с.)




