Семёнов Егор Михайлович ахтыыта

ОЙУУР ХАҺААЙЫСТЫБАТА – СЭРИИ СЫЛЛАРЫГАР

Үөһээ Бүлүү ойуурун хаһаайыстыбата 1943 сыллаахха Ньурбаттан арахсан туһунан тэрилтэ быһыытынан тэриллибит. Бастакы начальнигынан күннээх Кавказ уола М.Оглы 1943 сыл от ыйын 3 күнүттэн 1944 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр, Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыар диэри, үлэлээбит. Кини бүтэһик бирикээһигэр “ойуур үлэһиттэрэ былааны булгуччу толорон, ойуур баһаардарын умуруоран Кыһыл Армия кыайыыны аҕаларын туһугар кылааккытын киллэриҥ” диэн суруйбут. Бэйтин оннугар начальник эбээһинэһин толорооччунан старшай лесобъездчигы Васильева Мария Васильевнаны хаалларбыт.

Саһаран хаалбыт бирикээс лиистэригэр үлэһиттэр доруобуйаларынан сотору-сотору уурайалларыттан көрдөххө, кырдьаҕас уонна сэриигэ сөбө суох эр дьон, дьахталлар үлэлээбиттэр. Биир лесобъездчик биэстии-алталыы нэһилиэги хабан маһы туһаныы нолуогун тардар (хомуур) эбит.

Тэрилтэ үрдүнэн уончаны иһинэн-таһынан киһи үлэлээбит бадахтаах. Бирикээстээхтэртэн сирдэттэххэ кыра бурдук ыһыылаахтар быһыылаах, сулууспаларыгар миинэр аттарыгар от оттууллар, мас ылар тэрилтэлэргэ дэлээнэ быһаллар, ойуур уота турдаҕына нэһилиэнньэни түмэн олохтоох сэбиэттэри кытта умуруорар дьаһаллары ылаллар. Сүрүн үлэлэрэ ойуур дохуотун үбүн тэрилтэлэртэн уонна нэһилиэнньэттэн тардыы эбит. Ойуур государственнай үбүн былаанын кыайан толорботох үлэһиттэри “суукка бэриллиэххит” диэнҥэ тиийэ бирикээстэр тахсар эбиттэр.

Сэрии бүтээтин эр дьон кэлитэлээн барбыттар уонна үлэҕэ кииртэлээбиттэр. Аҕа дойду сэриитин уот холоругун ортотунан ааспыт, сэриигэ ылбыт баастардаах Ылахов Афанасий Николаевич, Чарастаев Данил Григорьевич, Федотов Егор Васильевич, Бороннуров Ефрем Иванович, Филиппов Пётр Константинович, Захаров Григорий Романович, Гаврильев Захар Николаевич, Васильев Павел Егорович, Винокуров Семён Иванович, Кардашевскай Василий Гаврильевич, Спиридонов Иван Васильевич, Прокопьев Николай Фёдорович, Захаров Калиник Романович, Долгунов Семён Данилович, Филиппов Егор Гаврильевич о.д.а. араас кэмнэргэ леснигынан үлэлээн-хамсаан төрөөбүт айылҕаларын, күөх тыаларын харыстаһан ааспыттара.

Кардашевскай Василий Гаврильевич саамай эдэрдэрэ эбит да, мап-маҥан баттахтааҕа. Василийдаах үс бырааттыылар эбит, икки убайа сэрииттэн эргиллибэтэхтэр. Кини 18 саастаах уол ыҥырыллыбыт, Японияны кытта сэриигэ барбыт. Маньчжуриянан, Халкин-Голга, Пекин, Харбин куораттарынан сэриилэспит.

Кардашевскай Василий Гаврильевич.

Сэрииттэн бүтэн баран Москваҕа Кыһыл площадка сулууспалыы сылдьарын эдьиийэ Мария Ивановна Кардашевская Москваҕа үөрэнэ сылдьан булан, дойдутугар аҕалбыт. Василий кэлээт лесхозка үлэҕэ киирбит. Үлэлии сылдьан оһолго түбэһэн 1978 сыллаахха өлбүтэ.

Онтон лесхозка уһуннук үлэлээбит Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын санаан-ахтан аастахха, маннык.

Чарастаев Данил Григорьевич.

Чарастаев Данил Григорьевич 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан Харьков куораты босхолоспута, Болгария, Румыния, Венгрия, Австрия, Югославия, Германия сирдэригэр сэриилэспитэ. 1945 сыл кулун тутар ыйга Венгрияҕа, Балатон күөл таһыгар, Гитлер бүтэһик танковай охсуутун утары 10 суукка устата кытта бииллэригэр диэри уулаах окуопаҕа тураннар кырыктаах кыргыһыыга тыыннаах ордубута. Дойдутугар түөртэ улаханнык бааһыран, “Хорсунун иһин” мэтээллээх эргиллэн кэлбит. Сүүрбэттэн тахса сыл Ороһуга леснигынан үлэлээбитэ.

Спиридонов Иван Васильевич.

Спиридонов Иван Васильевич сэриигэ артиллериһынан сылдьыбыта, “Аҕа дойду” II степенэ, “Кыһыл Сулус” орденнаах сэрииттэн кэлбит. Намҥа леснигинэн үлэлээбитэ.

Захаров Григорий Романович.

Захаров Григорий Романович сэрииттэн “Кыһыл Сулус” орденнаах, “Хорсунун иһин” мэтээллээх эргиллибитэ, участковай технигинэн, лесопуҥҥа маастарынан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ.

Филиппов Пётр Константинович.

Филиппов Пётр Константинович Арҕаа уонна Илин фроннарга хорсуннук сэриилэспитэ, “Хорсунун иһин” мэтээллээх. Хороҕо сүүрбэттэн тахса сыл лесниктээбитэ.

Васильев Павел Егорович.

Васильев Павел Егорович 1939 сылтан Курильскай арыыларга кыраныыссаҕа турбута, старшина званиелаах, взвод командира, Японияны утары сэриигэ Курильскай арыылары босхолоспута. Сюмусю, Парамусир арыылары босхолооһуҥҥа хорсуннук сэриилэспитин иһин кылаабынай командующай И.В.Сталин Махтал суругун туппута. Леснигинэн Кэнтик нэһилиэгэр пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ.

Гаврильев Захар Николаевич.

Гаврильев Захар Николаевич Арҕаа фроҥҥа танковай десаҥҥа сэриилэспитэ, ыараханнык бааһырбыта, «Албан аат» III степенэ орденнаах. Сургуулук нэһилиэгэр сүүрбэттэн тахса сыл лесниктээбитэ.

Винокуров Семён Иванович.

Винокуров Семён Иванович Илиҥҥи фроҥҥа Японияны утары сэриигэ кыттыбыта, 1950 сыллаахха демобилизацияланан кэлээт Бүлүү, Үөһээ Бүлүү ойуурун хаһаайыстыбаларыгар леснигинэн, радиһынан, хаһаайыстыба сэбиэдиссэйинэн отуттан тахса сыл үлэлээбитэ. Саха Республикатын ойуурун хаһаайыстыбатын ветерана буолбута.


АЛҔАС КӨНҮӨХТЭЭХ

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, «Аҕа дойду сэриитин» II степеннээх, «Кыһыл Сулус» бойобуой уордьаннаах кавалердара, офицер Данилов Адам Данилович уһун сылларга элбэх сыратын биэрэн аймахтарыгар, “Үөһээ Бүлүү улууһа 1941-1945 сылларга” өйдөбүнньүк кинигэ матырыйаалын хомуйбута, ону өссө ситэрэн сэрии ветерана Дудуков Иван Варламович, үлэ ветерана Фёдорова Ольга Дмитриевна, Чычахов Иван Егорович редактордаан Кыайыы 50 сылыгар күн сирин көрбүтэ. Бу сэриигэ баран охтубут, кыайыы көтөллөнөн кэлбит, үлэ фронугар сылдьыбыт дьоннорбутугар, кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр, аймахтарыгар дьоһун бэлэх буолар. Быйыл күһүн өйдөбүнньүк кинигэни улуус ветераннарын Сэбиэтин председателэ Акимов Афанасий Петрович миэхэ биэрбитигэр улаханнык махтанабын.

Бу кинигэ матырыйаала чөкөтүллэр кэмигэр сэриигэ кыттыбыт дьон үгүстэрэ өлөн-сүтэн уонна бириэмэтэ ыраатан сорох түгэннэр чуолкайдамматахтар. Билигин баар саастаах дьон, сэрии кэминээҕи оҕолор, сэриигэ баран өлбүт буойуттар оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара төһө кыалларынан алҕастары чуолкайдыырбыт наада.

Боотулуу нэһилиэгиттэн үлэ фронугар сылдьыбыттарга, 174 страницаҕа, 17-с киһинэн 1901 с.т. Тарасов Пётр Никифорович киирбит. Кини үлэ фронугар буолбакка, Арҕаа фроҥҥа сэриигэ сылдьыбыта. Хаҥас илиитигэр бааһыран, сэрии инбэлиитэ буолан кэлбитэ. 3-4 кылаастарга үөрэнэр сылларбар Боотулууга олордохпутуна Тарасов мин дьоммор Көтөрдөөх хотутуттан кэллэҕинэ тохтоон, хонон барара. Икки улахан оҕото оскуолаҕа үөрэнэллэрин билсэ киирэрэ. Аҕабын Семёнов Михаил Тимофеевиһы сэриигэ сылдьан иккитэ көрсүбүтүн кэпсиирэ.

Бүлүү военкоматын архыыбын докумуона көрдөрөллөрүнэн, Тарасов Пётр Никифорович, аҕам Семёнов Михаил Тимофеевич, Боескоров Тимофей Данилович 1943 сыл бэс ыйын 16 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллыбыттар. Мин оччолорго түөрт ыйдаах эбиппин. Боескоров Тимофей Данилович аҕам аймаҕа, кинилэр сэрии иннигэр куруук бииргэ ыраах тыаҕа бултуу тахсаллара. Фроҥҥа диэри иккиэн хоонньоһон утуйан, биир синиэли тэлгэнэн, саптан арахсыспакка тиийбиттэр. Оннук фроҥҥа тиийэн баран сарсын кимэн киириэхтээх күннэригэр командирдар кэлэн аҕабын уонна биир саллааты илдьэ барбыттар.

Боескоров Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэһэн баран дойдутугар 1945 сыл күһүнүгэр кэлбитэ. 1944 сыл олунньу ый 6 күнүгэр аҕабын бүтэһик көрбүт киһинэн Тарасов Пётр Никифорович буолар.

Мин Киин байыаннай архыыпка ыйытык оҥорбутум. Онно ССРС оборонатын министерствотын архыыбын байыаннай 1 отдела маннык ыспыраапканы ыыппыта: “От 15 июля 1990 г. 673 стрелковый полк, красноармеец Тарасов Пётр Никифорович 1901 г.р. на фронте Великой Отечественной войны 6 февраля 1944 г. осколочное ранение левой кисти с отрывом концевых фаланг IV и V пальцев, по поводу чего 17 мая 1944 г. находился на излечении ЭГ 2648 предыдущие этапы с момента ранения ППГ, ЭГ 2386, 2643 из которого выбыл 17 июня 1944 г. по месту жительства по поводу отсутствия III-IV-V пальцев левой кисти после огнестрельного ранения и операции. 17 июня 1944 г. военно-врачевной комиссией по ст. 69 а гр. 1 расписания болезней приказа НСО СССР №336 1944 г. признан негодным к военной службе с исключением с учета”.

Онон аныгы тахсар өйдөбүнньүк кинигэҕэ Тарасов Пётр Никифорович аата уоттаах сэриигэ сылдьыбыттар кэккэлэригэр киириэхтээх.

Бэчээккэ бэлэмнээтэ

Егор Михайлович СЕМЁНОВ-Тыаһыт, ойуур хаһаайыстыбатын директора, селькор.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, “Улуу Кыайыы 60 сылын көрсө”.

2005 сыл тохсунньу 25 күнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *