Долгунов Иван Иванович туһунан

КИҺИ КИЭНЭ КЭРЭМЭҺЭ, САХА СААРЫНА

Мин, Семёнов Егор Михайлович, 1943 сыл олунньу ый маҥнайгы күнүгэр Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕөр, Таалакаан диэн обургу күөлү кытта арҕаа баһыгар атахтаһан сытар кыра Кыбытыы диэн алааска төрөөбүппүн. Ийэм Семёнова (Титова) Ирина Даниловна аҕата Сонтороох аҕатын ууһуттан төрүттээх Титов (Хоппотоороп) Данил Титович, онтон ийэтэ Чагылысова Варвара Игнатьевна Хоонтоонуттан уонна Кутаҕайаан аҕатын ууһуттан төрүттээх эбит.

Аҕам Семёнов Михаил Тимофеевич Дьүөлэкээн төрдүс уола Кэлэҕэй кини Күтэр Сэмэн Түмэппий диэн уолун уола. Аҕам Мэхээлэ Сургуулук нэһилиэгин Калинин аатынан колхоһун колхозтааҕа, кадровай булчута эбит. Мин бэһис ыйбар сырыттахпына сэриигэ ыҥырыллан барбыт да, эргиллибэтэх.

Кини өлбүтүн да, сураҕа суох сүппүтүн туһунан да биллэрии кэлбэтэх. Белоруссия сиригэр сэриигэ киирбиттэрин туһунан биир дойдулаахтара Боескоров Тимофей Данилович уонна Көтөрдөөх киһитэ Тарасов Петр (Кэтэҕэ суох) кэпсииллэр этэ.

Оччотооҕу былаас сэриигэ баран өлбүт, сураҕа суох сүппүт аҕалаах оҕолорго ийэлэригэр кыра да буоллар босуобуйа биэрэр эбит. Мин ийэбэр туох да анамматах.

Ийэм дьонун кытта бииргэ олорбут эһэм аах дьиэлэрэ Өлөөҥҥө барар дьаам суолун айаҕар турар буолан табалаах, ат көлөлөөх, сатыы дьон элбэхтик тохтоон, аһаан, чаайдаан ааһаллара. Киирбит дьон көмүлүөк оһох иннигэр туран иттэллэрэ, сыраллаллара. Мин барбах өйдүүбүн, ол эр дьону атахтарын кууһан сирэйдэрин өрө көрөн туран “аҕам кэллиҥ дуо?” диэн ыйыталаһарбын. Аҕам кэлиэ диэн олус кэтэһэр, суохтуур быһыылааҕым.

Ийэм ииппит аҕабын Дмитриев (Морсоохоп) Данил Петровиһы кытта биэспэр сырыттахпына холбоһон ыал буолбуттара. Эһэм аах дьиэлэригэр кыратык малааһыннаабыттара уонна бииргэ кыстаабыппыт. Сайыныгар эһэм аах тастарыгар ийэм бииргэ төрөөбүт убайа Амыдай дьиэтигэр көһөн олорбуппут. Дьонум Ханай диэн алааска үс хостоох дьиэ туттан көспүппүт.

Долгунов Иван Иванович аҕатын Чаҥый, сороҕор Ньоох Уйбаан дииллэрэ, уус этэ. Ол дьиэни кини тутуспута. Кирпииччэ оһоҕу туппута. Оччолорго кирпииччэ оһохтоох ыал Көтөрдөөх түбэтигэр аҕыйах этэ. Ыал үксэ сирэй оһохтооҕо (көмүлүөк). Электричество, араадьыйа диэн сураҕын эрэ истэрбит, массыына, трактор диэни көрө иликпит, самолёт диэни үөһэнэн көтөн ааһарын дэҥ-дэҥ көрөрбүт.

Уйбаан төрүттэрэ, Долгун аҕатын ууһун дьоно Анды Сэмэннээх урут Үөдүгэй улууһун Сургуулук нэһилиэгэр киирэр эбиттэр. Ол туһунан соторутааҕыта тахсыбыт Үөдүгэй диэн кинигэҕэ сурулла сылдьар. Онно Анды диэн суруллубут. Үөдүгэй улууһа төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн Далыр нэһилиэгэ быйыл бэс ыйын 29, 30, от ыйын 1 күнүгэр аастылар, 11 нэһилиэктээх эбит.

Чаҥый Уйбаан үчүгэй тимир ууһа этэ, дьонум ону-маны уһаннара баралларын өйдүүбүн. Киров колхозка тимир ууһа этэ.

Бастакы кэргэнэ Уйбаан үлэ фронугар барбытын кэннэ икки кыра оҕотун кытта Чаҕылыс Тыымпытыгар Молоров Ньукулайдаах икки хостоох кыстыыр дьиэлэригэр, колхоз тэрийбит кыамматтар дьиэлэригэр сытан суорума суолламмыттар. Кыыһын Маарыйаны детдомҥа ыытаннар тыыннаах хаалбыт. Онтон Уйбаан, арыый обургу уол, Суптуй Байбалын аахха үс сыл олорон сэрии сылларын этэҥҥэ аһарбыт. Чаҥый Уйбаан иккиһин Маҥаастан төрүттээх Огдооччуйаны кытта холбоспуттар. Икки огдообо дьон холбоспуттар. Бастаан Көтөрдөөххө Сагадьааҥҥа, онтон Боотулууга көһөн киирэн үс хостоох дьиэ туттан олорбуттара. Огдооччуйа үс уоллаах, биир кыыстаах этэ. Онтон Чаҥый Уйбааны кытта холбоһон баран Уйбаан уонна Игорь диэн уолламмыттара. Огдооччуйа кыһын оҕуруо киэргэтилээх таба тыһа этэрбэһи кэтэрэ. Боотулуулар кинини Оҕуруолаах Огдооччуйа диэн ааттыыллара.

Долгунов Иван Иванович эдэригэр.

Иван Иванович сэрии бүппүтүн кэннэ Көтөрдөөхтөн Өлөөҥҥө икки буолан, Егоров Христофор Никитичтыын (Суччулла) оройуон салалтата ыччаты тутууга ыытар дьаһалларынан барбыттар. Суччулла мин ийэбинэн эбэм бииргэ төрөөбүт балта Аана уола этэ.

Уйбаан мин эбэм аахха куруук кэлэ-бара сылдьар эбит. Көтөрдөөхтөн кинилэр олохторо аҕыс биэрэстэ сир баара буолуо, Сургуулук нэһилиэгин билиҥҥи киинэ Кыбытыыттан биир чараас кырыы. Сороҕор Көтөрдөөххө “киинэ кэллэ” диэн сыарҕалаах атынан ойутан тиийэр эбит. Быйыл тохсунньуга 90 сааһын аҕыйах хонук туолбакка олохтон барбыт таайым Тиитэп Баһылай Даньыылабыс сыарҕалаах атын көлүнэн барсан киинэ көрөр эбиттэр. Эдьиийэ Өрүүнэ кытта барсара буолуо. Оччотооҕу киинэ саҥата суох уонна динамоны эрийдэххэ биирдэ көстөрө.

Оскуолаҕа киириэм иннигэр таайым Титов Василий Данилович тыалаан табанан Өлөөн сиригэр тиийэ бултуура. Ол сылдьан Өлөөн табаара диэн таҥас-сап атыылаһан аҕалара. Өлөөҥҥө тиийбэккэ эрэ аара дьаамнартан атыылаһара буолуо. Оччолорго Өлөөн оройуона Хотугу муора суолунан хааччыллара, онон Өлөөн дьоно биһигиннээҕэр өҥ-тот олохтоохторо.

Сэттэбин туола иликпинэ төрөөбүт сылбын бутуйан, Көтөрдөөх начальнай оскуолатыгар нулевой кылааска үөрэнэ киирбитим да ый эрэ кэриҥэ үөрэммитим.

Боотулууттан нуучча биэксэл тахсан иһиллээн көрөн баран “тыҥата куһаҕан уонна кырата бэрт” диэн үөрэнэрбин биир сыл тохтоппута. Сыл олорон баран сэттэбин туолан, иккистээн 1950 сыл күһүнүгэр үөрэнэ киирбитим. Сыл аҥара үөрэммитим кэннэ кыра колхозтар холбоһоннор аҕам Дмитриев Д.П. Чинэкигэ биригэдьииринэн ананан көһөн тиийбиппит. Миигин Чинэки начальнай оскуолатыгар нулевой кылааска Новгородова Лариса Фёдоровна диэн мааны баҕайы таҥастаах, оҕуруолаах таба тыһа этэрбэстээх, уһун сыҥаахтаах тииҥ бэргэһэлээх, киэҥ харахтардаах, хара бараан дьүһүннээх, холку-наҕыл саҥалаах учуутал үөрэппитэ. Кинини Ньоох Уйбаан уола Уйбаан Уйбаанабыс Долгунов кэргэнэ диэбиттэрэ. Мин учууталым үөрэтэрин олус сөбүлээбитим, уруокпар кыһалла сатыырым.

Онтон саас учууталым сүтэн хаалла. Аны оскуола сэбиэдиссэйэ тэлэкэчийбит ачыкылаах Николаев Олимпий Николаевич үөрэтэр буолла. Аны санаатахха Лариса Фёдоровна оҕолоноору барбыт эбит.

Ити сыл сайыныгар Чинэкиттэн төттөрү көстүбүт. Онон 1951-1952 үөрэх сылыгар маҥнайгы кылааска Көтөрдөөх оскуолатыгар Николаев Николай Николаевич үөрэппитэ.

Көтөрдөөх оскуолата сабыллан, 1952-1953 үөрэх сылыгар Боотулуу сэттэ кылаастаах оскуолатыгар Габышева Мария Степановна үөрэттэ. Дьонум миигин Федоттаахха «Ээх Доҕор» оҕонньордооххо олортулар. Ийэлэрэ Аана олус үчүгэй, сымнаҕас баҕайы майгылаах, миигин отой төрөппүт уолун курдук көрөр-истэр этэ. Оҕонньор өссө оннооҕор ордук, тобугар олордон эрэ сыллыыр-убуруур. Элбэхтик оҕоломмуттарыттан икки эрэ кыыс ордон хаалбыт. Варя алтыска, Маша маҥнайгы кылааска үөрэнэллэрэ. Биир сыллааҕыта бэһискэ үөрэнэр уоллара ыалдьан өлөн хаалаахтаабыт эбит, онон уолларын аһыытын миигинэн мүлүрүтэ сатыыр эбиттэр, бу кэлин санаатахха. Оччолорго оҕонньор сэттэ уонуттан лаппа тахсыбыт, эмээхсинэ Аана лаппа балыс саастаах быһыылааҕа.

Кинилэр тастарыгар Гаврильев Елисей Павловичтаах дьиэлэрэ турара, онно биир хоһу куортамнаһан Уйбаан Уйбаанабыс, Лариса Фёдоровна биир оҕолорунаан олороллоро. Оҕолоро көтөххө сылдьара. Уйбаан Уйбаанабыс Боотулуу наспотугар бэрэссэдээтэллиирэ, Лариса Фёдоровна үрдүкү кылаастарга биология уруогун үөрэтэр быһыылааҕа. Мин кыра оҕо айах атан хантан кэпсэтиэм баарай. Кинилэр уулуссанан кэлэллэрин-баралларын, субуота, өрөбүл киэһэлэргэ оскуолаҕа киинэ көрө мааны баҕайы таҥастаах дьон кэлэллэрин көрөр этим.

Олорор уулуссабыт нөҥүө өттүгэр амбулатория дьиэтэ турара, ол дьиэҕэ үрдүттэн дьон балыыһа Балбаарата диэн ааттанар эдьиийим уолунаан Мишалыын олороллоро. Балбаара санитаркалыыра, Миша (билигин Дапсы диэн аатынан Саха сиригэр биллэр Алексеев Михаил Петрович) алтыска дуу, сэттискэ дуу үөрэнэрэ.

Мин эдьиийим Балбаараҕа күн аайы тиэстэрим, арыылаах лэппиэскэ сиирим, чаай иһэрим.

Миша боччумнаах, бэйэтэ учуутал курдук туттар-хаптар, сэмэй, чуумпу уол этэ. Миигин саахыматтыырга үөрэппитэ уонна дуобат оонньуур этибит. Оскуолаҕа учком диэн үөрэнээччилэргэ суостаах тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ –тойоно этэ.

Сыл дуу, икки сыл дуу үлэлээн баран Иван Ивановичтаах атын сиргэ үлэлии көһөн барбыттара, мин оҕо киһи хараҕым далыттан сүппүттэрэ.

Алтыс кылааска үөрэнэр сылбытыгар нуучча тылыгар эдэр учуутал кыыс үлэлии кэлбитэ. Бэйэтигэр сөп эттээх, наҕыл-холку майгылаах, хайа да түгэҥҥэ куолаһын үрдэппэт, биһиги нууччалыы өйдөөбөтөхпүтүнэ сахалыы наҕыллык быһааран биэрэр. Бу Дьокуускайга университет нуучча тылын салаатын бүтэрэн кэлбит Өргүөт нэһилиэгин кыыһа Евдокия Тарасовна Гаврильева этэ. Биһиги оҕолор учууталбытын олус сөбүлээбиппит. Төһө кыалларынан нуучча тылын билэ сатыыр буолбуппут, мин нэһилиэк библиотекатыттан нууччалыы кинигэлэри ылан өйдөөбөт да буолларбын ааҕа сатыыр этим. Нуучалыы остуоруйалары киэһэ утуйаары сытан дьоммор кэпсиир буолбутум. Дьонум ону собүлүүллэрэ. Сорох нууча (нууча – авторскай.-Ред.) тылларын таайан бөрөгүөттүүр этим, сорох түгэннэргэ словары көрөн билэрим.

Сэттис кылааска диэри бары предметтэри, нууча тылыттан уратыны, сахалыы үөрэппиппит. Далырга ахсыска үөрэнэ киирбиппит бары предметтэри нуучалыы үөрэтэр эбиттэр. Саха литературатын эрэ нэдиэлэҕэ биир чаас үөрэтэбит. Мин сэттиһи Боотулууга бары биридимиэттэри үчүгэй сыананан бүтэрбит киһи, ахсыс кылааһы үгүс предметтэргэ орто сыананан эрэ түмүктээбитим.

Далырга үөрэнэ сылдьан үс сыл сааскы каникулга грузовой массыынанан тиэллэн киирэн, Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола үөрэнээччилэрин кытта куоталаһар үгэстээх этибит. Мин дуобакка күрэхтэһэрим, ол сылдьан учууталым Евдокия Тарасовна райсовет солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олордоҕуна, кабинетыгар киирэн иккитэ-хаста кэпсэтэн тахсыбыттаахпын. Учууталым улахан тойон буоллум диэн даххаһыйбакка кэпсэтэрэ. Далыр орто оскуолатын 1961 сыллаахха бүтэрэн, колхозка икки сыл үлэлээн, армияҕа үс аҥаар сыл сулууспалаан, Красноярскай куоракка биэс сыл үөрэнэн, Нам оройуонун лесхоһугар биир сыл үлэлээн баран Үөһээ Бүлүүгэ дойдубар 1973 сыллаахха Үөһээ Бүлүү лесхоһугар үлэлии кэлбитим. 1974 сыллаахтан лесхоз директорынан 2008 сылга диэри үлэлээбитим.

Маҥнай кэлэрбэр Иван Иванович Үөһээ Бүлүү оройуонун райпотребсоюһугар бэрэссэдээтэлинэн оройуону бүтүннүү аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан, нэһилиэнньэ бары наадыйыытын толору хааччыйара, үлэлии олороро.

Учууталым Евдокия Тарасовна ыарыһахтаабыт этэ. Иван Ивановичтыын холбоһон ыал буолан олороллоро.

Долгунов Иван Иванович.

Мин сааспынан лаппа балыс буолан, кэлин ыалдьан 1976 сыллаахха Бүтүн Союзтааҕы онкология киинигэр Москва куоракка хаҥас атахпын буутум ортотунан үөһээ өттүнэн быстаран кыайан кэлбэт-барбат буолан, Иван Ивановичтыын кыайан ыкса бодоруспатаҕым.

Иван Иванович Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин нэһилиэнньэтин оттук маһынан хааччыйар лесопункт тэрилтэтигэр үлэлии райпотребсоюзтан көһөрүллүбүтэ.

Бу отой атын ирдэбиллэрдээх тэрилтэ этэ. Ойууру туһаныы, маһы кэрдии о.д.а. Иван Иванович ити кэмҥэ сааһыран эрэр кэмэ этэ. ССРС ойуурун сокуоннарын билии, тутуһуу ирдэнэрэ. Мин Иван Ивановичка төһө кыалларынан ойуур сокуоннарын ирдэбиллэрин билиһиннэрэ сатаабытым. Кини лесопуҥҥа маастарынан үлэлииргэ ойуур үөрэхтээх специалиһы лесхоз уолаттарыттан биэрэрбэр көрдөспүтэ. Лесопункт маастарын хамнаһа лесхоз специалистарын хамнастарыттан лаппа үрдүгэ да, лесхозка үлэлии сылдьар уолаттартан биир да киһи үлэлии барыахтарын баҕарбатахтара.

Үөһээ Бүлүүтээҕи лесопункт коллектива.

Күһүн Өргүөт нэһилиэгиттэн Константинов Василий Васильевич диэн эдэр лесхоз орто үөрэҕэ дипломнаах, кэргэннээх, оҕолоох эдэр киһи лесхозка үлэ көрдөһө кэлэ сылдьыбыта, кини фермаҕа үлэлии сылдьара.

Мин үлэ миэстэтэ тахсыах курдук буоллаҕына биллэриэм диэбитим. Иван Ивановиһы кытта кэпсэтэн баран, Өргүөт советын председателигэр телефоннаан Константинов Василий миигин лесхоз директорын кытта кэпсэттин, илдьиппин тиэрдиҥ диэн көрдөспүтүм.

Нөҥүө күнүгэр Константинов В.В. телефонунан кэпсэппитэ, лесопуҥҥа маастар миэстэтэ баар, хамнаһа лесхоз специалистарын хамнаһыттан үрдүк соҕус, сөбүлэһэр буоллаххына лесопункт начальнигын Долгунов И.И. кытта түргэнник киирэн кэпсэт диэбитим. Василий Васильевич лесопуҥҥа Иван Ивановиһы кытта олус тапсан уһуннук үлэлээбитэ, партияҕа киирбитэ, Ленинград куоракка профсоюзтар үрдүкү үөрэхтэригэр кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөһээ Бүлүү ис дьыалатын солбуйааччы начальнигынан үлэлии сылдьан Дьокуускай ис дьыала министерствотыгар үрдээн барбыта. Билигин пенсияҕа Дьокуускай куоракка олорор. Көрүстэҕинэ миэхэ үлэм суолун аһан биэрбитиҥ диэн өрүү махтанааччы.

Василий Васильевич үлэһит буола үүнүүтүгэр Иван Иванович сабыдыала улахана чуолкай. Иван Ивановиһы кытта бииргэ үлэлээбит дьоно кини туһунан үтүө тылларынан эрэ ахтааччылар.

Иван Иванович пенсияҕа лесопуҥҥа үлэлии сылдьан тахсыбыта. Пенсияҕа да тахсан баран быар куустан олорботоҕо. Үөдүгэй совхоһу кытта дуогабардаһан сайын оттоон, кыһын ыччат сылгыны көрөн-истэн иитийэххэ аһатан Тоҥуо Куунунан, Уксакаан диэн улахан эбэҕэ кыстаан олорбута. Үлэтин быыһыгар бултуура, балыктыыра. Уксакаан диэн Улуу эбэ, Кэнтик нэһилиэгин сирэ, Ньурба оройуонун быыһыттан чугас сытар. Мин үлэбинэн үстэ-түөртэ вертолётунан көтөн түһэн ааспыт, көрбүт сирим. Бу улахан Иччилээх диир эбэлэрэ.

Лесхоз ойуурун инженерэ, Кэнтик уола Игнатьев Филипп Егорович биир саас Уйбаан Уйбаанабыс ыҥыран куска тахсыһа сылдьыбыта. Биирдэ тахсыһа сылдьан баран уонна тахсыһа сылдьыбатаҕа. Уксакаан эбэ иччититтэн саллыбыт этэ.

Бу Эбэ иччилээҕин туһунан Уйбаан Уйбаанабыс суруйан хаалларбыта. Кэпсээнигэр да биллэн ааһар. Уйбаан Уйбаанабыс эрдэттэн суруйуунан дьарыктаммыта буоллар улахан суруйааччы тахсыахтааҕа хаалбыт эбит диэн, кини суруйууларын ааҕан баран саныыбын. Улаханнык ыалдьан баран, кылгас бириэмэҕэ түөрт кинигэни суруйан хаалларбыта да ону толору туоһулуур. Биирдэ истибитин, көрбүтүн биири да сыыска түһэрбэккэ өйдүү-саныы сылдьар, нууччалыы таттаран эттэххэ феноменальнай памяттаах эбит. Айылҕаны, көтөрү-сүүрэри ымпыктаан-чымпыктаан кэтээн көрөр сүдү дьоҕурдаах, ол кини көтөр-сүүрэр туһунан суруйбут кэпсээннэриттэн да көстөр. Улахан суруйар талаан эрдэ уһуктубакка хаалбыт.

Мин Уйбаан Уйбаанабыстан тоҕо суруйуунан дьарыктамматаххыный диэн ыйыппыппар, кини маннык эппиэттээбитэ: “Пенсияҕа тахсан баран оҕолорбун үөрэттэрээри булка үлүһүйэн хаалбытым, бириэмэ ордубат этэ”, – диэн.

Таайым Кисиляхов Пётр Кирилловиһы кытта олохтон барыан аҕай иннинэ биир күһүн Намынан Бүлүү өрүс уҥуоргу өттүгэр элгээннэргэ муус аннынан илимнээбиттэрэ.

Аҕыйах саҥалаах Бүөтүр Уйбаан Уйбаанабыс элбэх кэпсээннээҕин, сэһэннээҕин сөхпүт этэ. Быыс буолла да сэһэн бөҕөи буолара диэн кэпсээбитэ, итиччэ элбэҕи өйүгэр тута да сылдьара бэрт эбит диэбитэ. Арааһа ол кэпсээннэр, сэһэннэр сурукка тиһиллэн кинигэлэр буолан таҕыстахтара.

Мин аҕа табаарыһым Иван Иванович Долгунов, учууталым Евдокия Тарасовна Гаврильева оҕолоруттан. сиэннэриттэн кинилэр курдук суруйар талааннаах дьон тахсыахтара диэн сэмээр эрэнэ күүтэбин. Иван Иванович «Көтөрдөөхтөр» диэн кинигэтигэр ийэбинэн аймахтарым Сонтороох аҕатын ууһун туһунан суруйбуппун киллэрбитигэр улахан махталлаахпын. Бу суруйуубун Иван Иванович хаста да эппитин кэннэ толорбутум. Уйбаан Уйбаанабыс биири да уларыппакка, хайдах суруйбуппунан киллэрдим диэбитэ.

Иван Иванович Долгунов көстөр мөссүөнүнэн, өйүнэн-санаатынан, үлэтинэн-хамнаһынан, үтүө майгытынан саха саарына – биһиги Көтөрдөөхтөр биир улаханнык сүгүрүйэр, киэн туттар киһибит этэ.

Иван Иванович туһунан үтүө өйдөбүлү кини оҕолоро, сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ үйэлэри уҥуордаан илдьэ туруохтара.

Иван Иванович суруйан хаалларбыт түөрт кинигэлэрэ кини туһунан үйэлээх пааматынньык буолуохтара диэн эрэнэбин. Көтөрдөөх сиригэр сэрии иннигэр төрөөбүт үтүө да көлүөнэ үөскээн, олорон ааспыт эбит. Элбэхтэн сорохторун эттэххэ Тарасов Иван Андреевич, Долгунов Иван Иванович, Дмитриев Николай Петрович, Долгунов Семён Данилович, Алексеев Василий Семёнович, Долгунов Пётр Софронович, Долгунов Василий Софронович, Амыдаев Николай Данилович, Сивцев Василий Тарасович, Титов Василий Данилович, Кисиляхов Пётр Кириллович, Афанасьева Варвара Егоровна, Филиппов Михаил Иванович, Молоров Алексей Николаевич, Кисиляхова Марина Кирилловна о.д.а.

Ахтыыны суруйдум

Егор Михайлович СЕМЁНОВ-Тыаһыт, Үөһээ Бүлүү лесхоһун 1974-2008 сс. директора, Россия ойуурун Бочуоттаах үлэһитэ, СР Айылҕатын харыстабылын туйгуна, Үөһээ Бүлүү оройуонун, Үөһээ Бүлүү сэл., Боотулуу нэһилиэгин Бочуоттаах гражданиннара, сэрии тулаайаҕа.

Дьокуускай куорат, 2018 сыл от ыйын 6 күнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *