Тарасов Пётр Никифорович туһунан (Үөһээ Бүлүү, Боотулуу)

“ПАМЯТЬ” УМНУО СУОХТААХ

Аҕа дойдутун сэриитигэр баран фроҥҥа өлбүттэр, сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран өлбүттэр уонна билигин тыыннаах сэрии кыттыылаахтарын туһунан “Память” кинигэ 3, 4, 5 томнара тахсан нэһилиэнньэҕэ тарҕанан эрэр.

Төрдүс томҥа сэрииттэн кэлэн баран өлбүттэр испииһэктэрэ суруллубут. Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу нэһилиэгин дьонун испииһэгэр, мин билэрбинэн, Тарасов Пётр Никифорович киллэриллибэккэ көтүтүллэн хаалбыт.

Тарасов Пётр Никифорович Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕүн сиригэр Тарас Тыымпытыгар 1901 сыллаахха төрөөбүт. Кини аҕата Никииппэр, ийэтэ Бороскуобуйа диэн этилэр. Пётр быраата Тарасов Федосий Никифорович, рядовой, 1902 сыллаахха төрөөбүт. 1942 сыллаахха Үөһээ Бүлүү военкоматынан сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1944 сыллаахха ыам ыйыгар өлбүт, көмүллүбүт сирэ биллибэт диэн 3-с томҥа 181-с страницатыгар суруллубут.

Тарасов Пётр Никифорович сэриигэ сылдьан мин аҕабын – Семёнов Михаил Тимофеевиһы икки төгүл көрсүбүт этэ. Онон мин аҕам ханна сэриигэ сылдьан өлбүтүн билээри Тарасов Пётр Никифорович сылдьыбыт чааһын көрдөөбүтүм. Онно Бүлүү военкомата 1983 сыл алтынньы 10 күнүгэр биэрбит ыспыраапкатыгар этиллэринэн, Тарасов Пётр Никифорович 1943 сыл бэс ыйын 16-с күнүгэр ыҥырыллыбыт, дойдутугар 1944 сыл бэс ыйын 15 күнүгэр эргиллибит. “Онтон атын сведение суох”, – диэн биллэрбиттэрэ.

ССРС Оборуонатын министерствотын байыаннай медицинскэй докумуоннарын Архивын 1990 сыл бэс ыйын 15 күнүнээҕи ыыппыт справкатыттыан көстөрүнэн, Тарасов Пётр Никифорович 673-с стрелковай полкатын красноармееһа, Аҕа дойду Улуу сэриитин фронугар 1944 сыл олунньу 6 күнүгэр хаҥас илиитигэр осколочнай бааһырыыны ылан төрдүс, бэһис тарбахтарын быһа тэптэрбит. Онон 1944 сыл ыам ыйын 17 күнүттэн 2646 ЭГ эмтэнэ киирбит. Ол иннигэр бааһырыаҕыттан ППГ, ЭГ 2386, 2643 сылдьыбыт. 1944 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр хаҥас илиитин үһүс, төрдүс, бэһис тарбахтарын бааһырыытыттан операцияланан дойдүтүгар атаарыллыбыт. Бу ыспыраапкаҕа этиллэринэн, 1944 сыл бэс ыйын 17 күнүнээҕи байыаннай врачебнай комиссиянан байыаннай сулууспаҕа сөбө суоҕунан ааҕыллан учуоттан уһуллубут.

Тарасов Пётр Никифорович сэрииттэн кэлэн баран Боотулуу нэһилиэгэр Киров аатынан колхозка үлэлээбит. 1950 сыллаахха Сургуулуктан төрүттээх Балыкова Екатерина Павловнаны кэргэн ылан түөрт оҕону төрөппүттэрэ, оҕолор бары бааллар. Пётр Никифорович “куһаҕан үктэллээх, бадараан-кута сирдээх Белоруссия сиригэр сэриилэспитим” диэн кэргэнигэр Кэтириинэҕэ кэпсиир эбит.

Пётр Никифорович оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, 1964 сыллаахха Боотулуу бөһүөлэгэр Көтөрдөөх хотутуттан киирэн олорон, ыалдьан өлбүтэ.

Сэрии актыыбынай кыттыылааҕа, Боотулуу нэһилиэгин олохтооҕо Тарасов Пётр Никифорович сырдык аата умнуллубакка, “Память” кинигэ алтыс томугар эбии испииһэккэ киирэ сылдьар. 1941-1945 гг. Книга Памяти в двух томах. Изд. второе, исправленное и дополненное, ТОМ 1.

Егор Михайлович СЕМЁНОВ,

Үөһээ Бүлүү лесхоһун директора, сэрии тулаайаҕа.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат. Ахсынньы 3 күнэ, 1996 сыл.

(Тарасов П.Н. хаартыската суох, көстө илик. –Ред.)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *