Семёнов Егор Игнатьевич туһунан

БАРЫ ХОРГУЙАН ӨЛБҮТТЭРЭ БУОЛУО ДИЭН…

1970 сыл бэс ыйыгар, Красноярскай куоракка үөрэнэ сылдьан, Семёнов диэн саха киһитэ баарын истэммин тимир суолунан Иркутскай диэки 10 чаас айаннаан Нижний Ингаш диэн тимир суол ыстаансыйатыгар тиийбитим. Салгыы мас тиэйэр (лесовоз) массыынанан алта көһү айаннаан, Заусовка диэн мас кэрдэр лесопункт дэриэбинэтигэр тиийбитим.

Бу дэриэбинэҕэ сэрииттэн төннөн иһэн үс саха киһитэ кэргэннэнэн олохсуйан хаалбыттар. Икки киһи Маҥаастар эбит. Биирэ эрдэ өлбүт, биирэ дойдутугар төннүбүт. Үһүстэрэ Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөх киһитэ Семёнов Егор Игнатьевич (мин Николаевич диэх курдук өйдүүбүн). Төрөөбүт аҕалара Сээйээ, Сэмиэнэп Бүөтүрү (Очоону) кытта бииргэ төрөөбүттэр. Мин эһэм Тиитэп Тайыланы балаҕаннара умайыар диэри, Тиитэп Тайылалааҕы кытта чугас-чугас ыалаһан олорбуттар. Онтон Боотулууга көһөн киирэн олохсуйбуттар. Онон Дьөгүөр мин дьоммун Көтөрдөөхтөрү, Боотулуулары барыларын өйдүү сылдьар этэ. Үөрэҕэ суох буолан үс омук тылын – нуучча, саха, кэргэнэ украинка тылларын барыларын холбоон төрдүс омук тылын айан кэпсэтэр эбит. Кэргэнэ, бииргэ үлэлиир дьоно Дьөгүөрү кытта син өйдөһөн кэпсэтэр эбиттэр. Онтон мин хас да күн эрэйдэнэн баран, син өйдөһөр буолбутум. Сахалыы кэпсиирбин өйдүүр этэ, саҥарарыгар тыла бөлүөхсэн хаалбыт, түөрт-биэс хонугунан тыла ирэн сахалыы ыйытар, эппиэттэһэр буолан барбыта.

1943 сыллаахха, дьон бөҕө дойдуларыгар хоргуйан өлө турдахтарына, сэриигэ ыҥырыллан барбыттар. Онон сэрии кэнниттэн дойдуларыгар Маҥааска дьоно да, Дьөгүөр да кэлэ сорумматахтар – дьоммут бары хоргуйан өлбүттэрэ буолуо диэн. Ийэтэ Кэтириинэ, күтүөтэ Захаров (Ньолтоохоп) Ыстапаан кэлин өлбүттэрин, эдьиийэ Настаа баарын, сиэн быраата Киристэпиэл аармыйаҕа сулууспалыы сылдьарын, Боотулууга диэри массыына буор суол оҥоһуллубутун, самолёт Боотулууга тиийэ көтөрүн, электричество уота, араадьыйа баарын, массыына, трактор элбээбитин уонна ыйыталаһар дьоннорун туһунан тугу билэрбин кэпсии сатаабытым. Ону сөҕөн төбөтүн быһа-быһа илгистэ-илгистэ олус болҕойон, долгуйан олорон хараҕын уута таммалыы-таммалыы истэрэ. Ордук мин дьоммун, Анисимов Дьуона Даниловиһы, дьоннорун, Хортуоска Дьөгүөрү о.д.а. туоһулаһара. Хортуоска Дьөгүөр атыыһыттаан турдаҕына, тимир буочукаттан испиири сылаанганан оборон чаанньыкка сүүрдэ сылдьан холуочуйан хаалалларын кэпсээбитэ,

Сэрии кыттыылаҕа буоларын туоһулаан дьиэтин муннугар кыһыл сулус ылтаһын сааллан турара.

Дьиэтэ сэттэ да сэттэлээх, сахалыы туруорбах дьиэ тардыылааҕа, дьиэтэ буор муосталааҕа. Дьиэтин чиэппэрин былдьаан улахан кирпииччэ нуучча оһоҕо турара, кыһын дьиэ кэргэн барыта оһох үрдүгэр утуйар эбиттэр. Икки ынахтаахтара, куурусса, куурусса иитэллэр, оҕуруоттаахтар, хортуоска сирдээхтэр. Улахан мас уһааттарга сибиинньэ сыатын, оҕурсууну, хаппыыстаны тууһууллар. Түөрт оҕолоохторо, улахан уоллара Коля аармыйаҕа сулууспалыы сылдьара, улахан кыыстара Зина ахсыска уонна кыра уоллаах кыыс үһүс-төрдүс кылаастарга үөрэнэллэрэ. Бастакы түөрт оҕолоро икки сыл быысаһан ыалдьан өлөн хаалаахтаабыттар, онтон тэмтэрийэн ийэлэрэ аһыы ууга ылларбыт. Дьөгүөр үлэлээбитин тухары мас кэрдиитигэр мас солооччунан сылдьыбыт. Ленин төрөөбүтэ сүүс сыллаах юбилейнай мэтээлинэн үчүгэй үлэтин иһин наҕараадаламмыт, хайҕал суруктара элбэхтэрэ. Дьөгүөр фроҥҥа да киирэ сылдьыбыт, Уралга мас кэрдиитигэр да үлэлии-үлэлии сылдьыбыт курдук кэпсиирэ.

“Сэрии кытыылааҕа уонна үлэҕэр сирдэрбэт эбиккин, элбэх оҕолооххун, онон лесопунктан дьиэ көрдөс, мин сайабылыанньа суруйуом”, – диэн эппиппэр сөбүлэспитэ. Дьөгүөр аатыттан сайабылыанньа суруйан, илии баттатан баран лесопункт начаалынньыгар икки буолан сылдьыбыппыт, сайабылыанньабытын туттарбыппыт. Лесопункт начаалынньыгар “бу ыраах Саха сириттэн тэлэһийэн быстан сылдьар сэрии кыттыылааҕар, элбэх оҕолоох бастыҥ үлэһиккитигэр үчүгэй дьиэҕэ олорорун хааччыйаргыт буоллар, буор муосталаах дьиэҕэ билиҥҥи үйэҕэ олороро сүрэ бэрт” диэн көрдөспүтүм. Ону начальник көрүөхпүт диэбитэ.

Төннөн иһэн Нижнэй Ингашка поезд кэтэһэ таарыйа Леспромхоз дириэктэригэр эмиэ тиийэн көрдөспүтүм, лесопункт начаалынньыгар сайабылыанньа суруйан хаалларбытым туһунан эппитим. Директор бэлиэтэнэн хаалбыта, хонтуруоллаһыам диэбитэ.

1972 сыллаахха муус устар ый ортотугар дипломмун көмүскээн баран тиийэ сылдьыбытым. Дойдубар үөрэхпин бүтэрэн кэлэрбэр Дьөгүөрү дойдутугар илдьэ кэлэн күүлэйдэтэр санаалаах этим.

Саҥа дьиэҕэ көһө сырыттахтарына тиийбитим, көһөллөрүгэр көмөлөспүтүм. Киэһээ саҥа дьиэҕэ көспүттэрин чугас ыалларын ыҥыран кыратык малааһыннаабыттара. Бэс буруус маһынан тутуллубут икки квартиралаах дьиэ үс хостоох биир квартиратын биэрбиттэр, иһигэр кирпииччэ оһохтоох уунан ититэр системалаах этэ. Үс хоммутум, Дьөгүөр дойдутугар Сахатын сиригэр күүлэйдии кэлсэ сылдьыах буола сылдьан сарсыарда чэйдии олорон аккаастаан кэбиспитэ. “Дойдубар тиийдэхпинэ төннүөм суоҕа, оҕолорум кыралара бэрт, сир-халлаан икки ардыгар хаалыахтара, ийэбит кыайан көрүө суоҕа”, – диэн. Мас тиэйэр массыына кэлбитигэр суоппары кытта кэккэлэһэ олорорбун кытта, Дьөгүөр сүүрэн кэлэн ытыы-ытыы сыллаан-убураан, быраһаайдаһан хаалаахтаабыта.

Сиэн быраата, эдьиийин Настаа уола Киристэпиэл Казахстаҥҥа сулууспалыы сырыттаҕына “таайгын Дьөгүөрү буллум” диэн суругунан биллэрбитим. Киристэпиэл армияттан дембеллэнэн кэлэн иһэн таарыйан ааспыт, кэлин кыайан билсибэтэх этэ. Дьөгүөр 1976 сыллаахха өлбүт, улахан кыыһа Зина латышка кэргэн тахсан Латвияҕа икки этээстээх бас билэр дьиэлээх олохсуйбут. Кыра кыыс Киев куоракка кэргэннэнэн олорбут. Улахан уола Коля Заусовкаҕа дьонун дьиэтигэр олохсуйбут, кыра уол эмиэ кэргэннэнэн атын сиргэ ыал буолбут. Балтыбын Тамараны кытта Зина ааспыт үйэ тоҕус уонус сылларыгар диэри суруйсар этилэр. Үөрэнэ сырыттахпына 1972 сыллаахха Зина Красноярскайга ГПУ-га штукатур-маляр үөрэҕэр үөрэнэ сылдьан, дьүөгэ кыыһын кытта көрсүһэн барбыта.

Дьөгүөр икки сырыым тухары миигин кытта хоонньоһон утуйара, көхсүбүттэн сыллыы-ууруу хоноро, дойдутугар Сахатын сиригэр, дьонугар-сэргэтигэр курдаттыы таттара сылдьара, киһи уйадыйыах курдуга. Бастакы сырыыбар олорор дэриэбинэлэриттэн тэйиччи соҕус сопхуос хотонун, уонча буолан дуогабардаһан, тута сылдьаллара. Биригэдьиирэ көҥүллээн мас анныгар күлүккэ олорон, дьоно үлэлээн бүтүөхтэригэр диэри кэпсэтэрбит. Мин сахалыы кэпсиирим, түөрт күн устата үлэлиир сирдэригэр сылдьыспытым. Киэһэ хараҥа буолуор диэри үлэлиир этилэр, таһаҕас массыынатынан киэһээ-сарсыарда сылдьаллара. Дьөгүөр балтараа эрэ миэтэрэ үрдүктээх, ол гынан баран эт чаллах, силиргэх курдук киһи этэ. Үлэлиир дьоно Дьөгүөрү эдэр сылдьан бурдук курууһугар иккилии куулу сүгэрэ диэн кэпсээбиттэрэ. Кэрдэр мастара бүтэн эрэр быһыылааҕа, лесопункт сорох үлэһиттэрэ мас олордуутугар, сорохторо сопхуоһу кытта дуогабардаһан тутууга үлэлиибит диэн кэпсииллэрэ.

Быраата Тайыла сэрииттэн атаҕа суох буолан кэлэн иһэн, Алдаҥҥа тохтоон атах таҥаһын оҥоруутугар сылдьар диэн айах кэпсэлэ баара. Хаһан өлбүтэ, кэргэннэммитэ, оҕоломмута биллибэт. Ийэлэрэ Кэтириинэ эмээхсин улахан уола Дьөгүөр кэргэннэнэн, оҕолордонон олорорун билээхтээбэккэ бу орто дойдуттан бараахтаабыта. Дьөгүөр үөрэҕэ суох буолан төрөөбүт дойдутун, Сахатын сирин, дьонун туһунан тугу да билээхтээбэккэ мин тиийиэхпэр диэри сылдьаахтаабыт этэ.

P.s. Эбии испииһэккэ кииирэ сылдьар. ПАМЯТЬ Верхневилюйский район в истории Великой Отечественной войны 1941-1945 гг. Книга Памяти в двух томах. Изд. второе, исправленное и дополненное. 1 ТОМ. Якутск Дани-Алмас, 2020.

Егор Михайлович СЕМЁНОВ–Тыаһыт,

1970 сыллаахха студент, сэрии тулаайаҕа, Үөһээ Бүлүү лесхоһун директора.

Ахсынньы ый, 2012 сыл.

(Семёнов Е.И. хаартыската суох, көстө илик. –Ред.)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *