КЫРА ЭРДЭҔИТТЭН ТЭТИЭНЭХ ЭТЭ
Семён Иосифович Яковлев Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр 1959 сыллаахха төрөөбүтэ.

Кыра эрдэҕиттэн тэтиэнэх, сытыы-хотуу уол тустууга эрдэттэн тардыһыылаах этэ.
Оччолорго туста сылдьыбыт аҕатын, таайдарын сабыдыалларынан аатырбыт Чурапчытааҕы спортивнай интернат-оскуолаҕа биллиилээх тренер Д.П.Коркин салалтатынан дьарыктаммыта. Оскуоланы бүтэрэн баран тута, тренерин ыйыытынан, Киргизскэй ССР Фрунзе куоратыгар үөрэххэ киирбитэ. Тустуунан салгыы утумнаахтык дьарыктаммыта.
Киргизия хас да төгүллээх чемпионунан буолбута. Көҥүл тустууга ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута. Фрунзеҕа үөрэнэр кэмигэр 1977 сыллаахха Советскай Союз эдэрдэргэ күрэхтэһиитигэр 48 киилэҕэ пьедестал үһүс үктэлигэр тахсан, боруонса мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Семён Иосифович 2025 сыл кулун тутар 28 күнүгэр уһун, ыарахан ыарыы кэнниттэн биһиги кэккэбититтэн өлөн туораабытын туһунан иһитиннэрэбит уонна чугас дьонугар, аймахтарыгар, доҕотторугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Николай Петрович ИВАНОВ.
