КЫАЙЫЫНЫ УҺАНСЫБЫТТАРА
“Кыайыыны уһансыбыттара”, – диэн ахтар биһиги аҕабыт, эһэбит, хос эһэбит Соломов Иван Егорович туһунан биир дойдулааҕа Полушкин Василий Гаврильевич.

Полушкин Василий Гаврильевич салгыы кэпсиир:
– Кини нэһилиэк Сэбиэтин сэкэрэтээринэн, бэрэссээдээтэлинэн, 1942-45 сылларга холкуос бэрэссэдээтэлинэн, буҕаалтырынан үлэлээбитэ. Хара тыаҕа таҕыстаҕына байанайдаах булчут, ходуһаҕа хорутуулаах отчут, хонтуораҕа ыллыктаах тыллаах, ылыннарыылаах этиилээх, ырааҕы былаанныыр ыраас санаалаах киһи этэ. Көнө, дьулугур быһыылаах, үрдүк сүүстээх, аҕыйах саҥалаах, ыксаабат, ыгылыйбат холку майгылааҕа. Туохха барытыгар сыстаҕас, дьоҕурдаах этэ. Уопсайынан, үөрэҕэ суох саха киһитин бастыҥ хаачыстыбата барыта баар киһитэ этэ диэн сыаналыыбын. ССКП чилиэнэ, икки кылаас үөрэхтээх этэ.
Иван Егорович Абый (уруккута Элгэс) улууһун Мугурдаах нэһилиэгин Үрүҥ Күөлүгэр 1916 сыл тохсунньу 1 күнүгэр (эргэ стилинэн) төрөөбүтэ. Көрбөт аҕатын көрдөһүүтүнэн икки кылаас кэнниттэн үөрэммэтэҕэ, соҕотох уол дьонун аһатаары оҕо, эдэр сааһыгар булдунан дьарыктаммыта. Сыыйа, тэрийэр дьоҕурдаах буолан буолуо, салайар үлэҕэ сыстан барбыта.
Шарина Светлана Васильевна, кийиитэ, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх бибилитиэкэр, маннык ахтар:
– Иван Егорович буолар мунньахтарга, Сэбиэт сессияларыгар куруук ылыннарыылаах, дьыалабыай тыллаах этиилэри оҥороро. Валентина Гаганова бачыымынан Ыҥырыы таһааран, түүлээхситтии барбытын өйдүүбүн. Былаанын өрүү аһара толорор этэ. Сиртэн кэллэҕинэ, кэргэним ыарыһах буолан бултаабат этэ, биһиэхэ анаан тайах, кыыл эттэрин, кус кэһиилээх кэлээччи.
Н.С.Ребров (хаҥас турар), И.Е.Соломов (уҥа диэки олорор).
СР Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, сылгыһыт Сорокоумов Иван Иннокентьевич маннык суруйбута:
– Булка сүрдээх баҕалаах, байанайдаах киһи этэ. Ытарынан эҥин киһи эппэт да киһитэ, киниэхэ тэҥнээх суоҕа. Биирдэ Бэрдьигэстээх күөл атаҕар 600-тэн тахса андыны биир сарсыарда эрэ, ботуруон ииттэ-ииттэ, өлөрбүтэ. Ону аҕалан дьоҥҥо түҥэтэрэ. Бэйэлэрэ да элбэх оҕолоох, хоноһолордоох дьон буоллахтара. Сүрдээх туочунай, тугу да сыыспат киһи. Киһини сэнээбэт этэ. Оҕо киһи барытын быһаарар. Кинини наар сүбэҕэ-амаҕа ыҥыраллара манна, хонтуора салалтата. Оҕолору кытта билигин улаханнык билсибэтэхпит иннигэр, урут бары бииргэ олорон, оонньоон улааппыппыт. Бу ыал туһунан миэхэ үчүгэй эрэ өйдөбүл баар. Киһи эрэ киэн туттар кэрэмэс дьоно этилэр!
Быйыл, 2025 сылга, 90 сааһын туолбут күтүөттэрэ Неустроев Владимир Петрович, Саха АССР үтүөлээх учуутала, тыыл бэтэрээнэ, Абый оройуонун бочуоттаах олохтооҕо маннык ахтар:
– Иван Егорович аһара дьаһаллаах, холку майгылаах киһи этэ. Наар тугу эрэ оҥоро, толкуйдуу сылдьааччы. Буолар буолбакка таах хаамарын сөбүлээбэт этэ. Туох эмэ туһалааҕы оҥоро сылдьарын сөбүлүүрэ. Сайын от үлэтигэр күтүөттэр мустан Сыаҥаннаахха дьоммутугар окко көмөлөһө, сынньана тахсар идэлээх этибит. Онно Дьиэлик диэн сиргэ Иван Егорович туппут олорор дьиэлээх, сөтүөлүүр күөллээх, от аһара хойуутук үүнэр этэ. Бастакы үрдүк хаачыстыбалаах оту Сыаҥаннаах үрдүнэн аан бастаан Иван Егорович туттарар буолара, Ол иһин куруук харчынан бириэмийэ ылара. Дьиэлик диэн сүрдээх киэҥ ходуһаны бэйэтэ туһаҕа таһааран, тугун да хаалларбакка оттуурбут. Иван Егорович олохтон барбытын кэннэ ол оттуур сирбит кэлин быраҕыллан, сүүһүнэн тонна от оттонор учаастага билигин талах саба үүнэн, бадараан, кута буолан турдаҕа… Туох барыта төрүттээх, ситимнээх. Иван Егорович эдэр сааһыгар холкуос бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк Сэбиэтин сэкэрэтээринэн, сопхуоска биригэдииринэн, партыылынай тэрилтэ сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ. Саһаран хаалбыт суругун билигин аахтахха ол ыарахан сэрии сылларыгар дьоҥҥо-сэргэҕэ кыһамньыта, үгүс үтүөнү оҥорбута киһини сөхтөрөр. Ону Иван Егорович оройуоҥҥа аан бастакынан Сталин төбөлөөх “Аҕа дойду сэриитин сылларыгар үлэҕэ килбиэнин иһин” мэдээлинэн наҕараадаламмыта туоһулуур.
* * *
Ийэбит Мария Николаевна Слепцова аҕабыт кэнниттэн 20 сыл олорон оҕолорун улаатыннаран, сиэннэрин оҕолоһон баран күн сириттэн барбыта. Кини аҕабыт курдук муударай өйдөөх, дьаһаллаах, түргэн-тарҕан туттуулаах, наһаа ыалдьытымсах, дьиэ ис-тас үлэлэрин, оҕо, сүөһү көрүүтүн, ас астааһынын, от-мас бэлэмнээһини, сир астааһыны барытын дьаһайар далбар хотун, ийэ, эбээ этэ.
Орто күтүөтэ Черепанов Пётр Кириллович, РФ Үөрэҕириитин туйгуна, Гражданскай килбиэн, Абый улууһун сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэлэр хаһаайыннара маннык суруйар:
– Мария Николаевна кыра эрдэҕиттэн, тулаайах оҕо сиэринэн, үлэлии үөрэммит буолан үлэни үрдүктүк тутара, үлэһит дьону сөбүлүүрэ, убаастыыра. Оҕолорун барыларын кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэн улаатыннарбыттара. Дьиэ кэргэн Хоту дойду кылгас сайыныгар ходуһаҕа бүттүүн көһөн киирэн оттууллара.
Хабарова К.Н. “Дойду тыына” диэн кинигэтигэр маннык ахтар:
– 20-с үйэ остуоруйатыгар оҕо иитиитигэр биир сүрүннээх үтүө холобуру көрдөрөн, улууска, өрөспүүбүкэҕэ бэйэлэрин холобурдарынан дьоһуннаах дьону иитэн таһаарбыт дьонунан Мария Николаевна Слепцова уонна Иван Егорович Соломов буолаллар.
Оччотооҕу үтүө, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастанар ыаллар, оҕону иитэр сүрүн ньымалара үлэ буолара. Дьэ ити курдук Иван Егорович күҥҥэ балтараа гаалаах сири охсор, Мария Николаевна оту мунньууга иннин биэрбэтэх “Гаалаах Маарыйа” аатыраллара. Ол да иһин үлэнэн удьуорданан улааппыт өрөспүүбүкэҕэ биллэр-көстөр салайааччы, Ил Түмэн дьокутаата Н.И.Соломов оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан гектаар сири охсоро. Оттон кыргыттар Аксинья, Римма, Галина, Зоя, Светлана уолаттартан да хаалсыбакка от охсоллоро, ханнык баҕарар ыарахантан чаҕыйбакка сырыыга-айаҥҥа сылдьыһаллара.
Тыыл, үлэ бэтэрээнэ Слепцова Анна Николаевна:
– Сэрии ыар сылларыгар Иван Егорович биһиэхэ күүс-көмө буолар этэ. Холкуос, сопхуос саҕана бары араас үлэлэргэ, пиэрмэҕэ, сүөһүгэ үлэлиир кэмнэрбэр кини бэйэтин дьаһалынан, сүбэтинэн-аматынан күүс-көмө буолбута. Ол ыарахан сылларга салайар үлэҕэ дьоҕурдаах, сатабыллаахтык дьаһайар буолан биир да киһи аччыктаан өлбөтөҕө.
Оччолорго атынан-табанан эрэ көлө баар этэ, суолбут-ииспит да мөлтөҕө. Учаастактар, пиэрмэлэр ыһыллан, ыраах сэттэлии-аҕыстыы көстөөх сирдэринэн олороллоро. Олору барыларын кэрийэн астарын-үөллэрин, отторун-мастарын, быаларын-туһахтарын дьаһайара. Булка-балыкка барытыгар дьоҕурдаах буолан элбэҕи бултуура. Бултаатаҕына дьоҥҥо-сэргэҕэ барыларыгар бэрсэрэ.
Соломовтар бэйэлэрэ элбэх оҕолоохторугар эбии Мария Николаевна өлбүт эдьиийин икки кыыһын Машаны уонна Катяны аҕалбыттара. Өссө эбии икки тулаайах оҕолору ииппиттэрэ. Ыраах учаастактартан Сыаҥаннаахха үөрэнэ кэлэр оҕолору олордоллоро. Онон кинилэр дьиэлэрэ хаһан баҕарар толору оҕо буолар этэ, – диэн ахтар.
Аймаҕа, быйыл 2025 сыллаахха олохтон барбыт педагогическай үлэ, комсомол, спорт бэтэрээнэ Старостин Константин Иванович ахтыбыта баар:
– 1954 сыллаахха Сыаҥаннаахха сэттис кылааһы бүтэрэн Дружина орто оскуолатыгар үөрэммитим. Онтон ыла өр кэмҥэ кэлбэтэҕим. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, онно-манна үлэлээн, нэһилиэккэ орто оскуола 1979 сыллаахха аһыллыытыгар кэлбитим. Иван Егорович олохтон барбыт этэ. Мин кинини 38 саастааҕар бүтэһигин көрбүтүм. Эдэригэр ыарахан ыарыыттан олохтон барбыт. Ити барыта урукку уһук сир хабыр содула: Аҕа дойду сэриитин сылларыгар бар дьонун туһугар бэйэни харыстаммакка тэрийэр-салайар үлэ охсуута. Иван Егорович олорон ааспыт кылгас олоҕо чаҕылхай уонна ыраас!

Онтон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина, 1968-1975 сылларга ССКП Абыйдааҕы райкомун иккис, бастакы сэкэрэтээрэ Климент Егорович Иванов маннык суруйбут:
– Былыр-былыргыттан нэһилиэнньэ түмсэн олорор сиригэр дьон-сэргэ тумус туттар, бас-көс оҥостор дьонноох буолар. Оннук дьон бэйэлэрин олорор түөлбэлэригэр олох-дьаһах сайдарыгар сабыдыаллара күүстээх. Дьэ биир оннук муударай, киэҥ-холку толкуйдаах ытыктанар киһинэн Сыаҥаннаах олохтооҕо Соломов Иван Егорович этэ. ССКП райкоиун иккис сэкэрэтээринэн үлэлиир кэммэр, күһүн, Сыаҥаннаахха командировкаҕа сылдьан Иван Егоровиһы кытта билсээри, тылын-өһүн истээри салаа управляющайа Ребров Николай Семёновичтыын киниэхэ дьиэтигэр тиийдибит. Онно Иван Егоровиһы чахчы олох араас очурдарын-чочурдарын үчүгэйдик билэр, бэйэтин эйгэтигэр киэҥ билиилээх, аныгы олох уратыларын болҕойон көрөр-истэр, нэһилиэк, оройуон сайдыыларыгар аныгылыы толкуйдаах киһи быһыытынан билбитим. Ол курдук нэһилиэк сүрүн ходуһалара ууга баран, өр сылларга уу сута кэлэр кутталламмытын эппитэ. Айылҕа уута бэйэтэ барарын кэтэһэн олорор табыллыбат. Онон Сыаҥаннаах, Балаҕаннаах, Буур Хаайбыт күөллэрин ууларын Уйаандьы үрэҕэр түһэрэр үлэни ыытар наадата булгуччулаах буолбутун тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Өссө Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар нэһилиэгин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, онтон олохтоох холкуос бэрэссэдээтэлинэн айымнылаахтык үлэлээн биир дойдулаахтарын уоттаах сэрии кыһалҕаларыгар улаханнык оҕустарбатаҕын туһунан кырдьаҕас көлүөнэ дьон Иван Егоровиһы үтүө тылынан ахталлара.
Сэрии сылларын кэнниттэн, холкуостар бөдөҥсүйбүттэрин кэннэ холкуос буҕаалтырынан, биригэдьииринэн уһуннук, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Актыыбынай хомуньуус буолан, өр сылларга Абыйдааҕы райсэбиэт дьокутаатынан, райком чилиэнинэн талыллан, оройуон сайдыытыгар араас боппуруостарга ыллыктаах тылын-өһүн, сүбэтин-аматын элбэхтик анаабыт киһинэн биллэр.
Иван Егорович аатынан абыйдар киэн тутталлар, ыччаты үлэҕэ, олоххо дьулуурга иитиигэ холобур оҥостоллор. Ол саамай сөп. Сэрии иннинээҕи, уоттаах сэрии ыар сылларыгар Иван Егорович курдук аҕа көлүөнэ дьоннордоох буоламмыт аас-туор олоҕу аастахпыт! Кинилэр курдук кытаанах санаалаах, олоххо-үлэҕэ дьулуурдаах, үлэ-олох тэрээһинигэр сатабыллаах аҕа көлүөнэ дьоннордоох буоламмыт аныгы сайдыылаах үйэ аанын арыйдахпыт буолуо. Иван Егорович кэргэнинээн Мария Николаевналыын элбэх ыччаты төрөтөн, иитэн хаалларбыттара. Кинилэр үөрэхтээх, үлэһит дьон буолалларыгар өйдөрүн-санааларын, кыһамньыларын уурбуттара. Онон кинилэр олохторун билигин оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ салҕыыллар, үтүө ааттарын үрдүктүк туталлар. Кырдьаҕас көлүөнэттэн биир үтүөлээхтэрэ Соломов Иван Егорович – Абый сирин дьоһун-мааны киһитэ!

Өссө кыра уолларын Соломов Егор Иванович, Абый улууһун Бочуоттаах олохтооҕун, Үлэ уонна авиация бэтэрээнин, I кылаастаах пилотун, В.И.Кузьмин аатынан бириэмийэ икки төгүллээх лауреатын, РФ салгынын транспорын туйгунун, СР авиациятын Бочуоттаах уонна Үтүөлээх үлэһитин төрөппүттэрин туһунан өйдөбүлүн аҕалабын:
– Биһиги ийэбит аҕабытын кытта тэҥҥэ окко-маска сылдьыһара. Кыһыннары-сайыннары сүөһү көрүүтэ, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы үлэлэрэ барыта кини үрдүнэн буолара. Ийэм киһиттэн эрэ хойутаан утуйар, дьон туруон иннинэ турар, биһигини уһуннук утуйаҕыт диэн мөҕөр буолара. Мин өйдүүр буолуохпуттан ыла биһиги дьиэбит иһэ толору киһи буолааччы: бииргэ төрөөбүттэр элбэх этибит, хас да дьукаах, хонор хоноһо, эбиэт кэмигэр чугастааҕы аймахтар, ыаллар. Оччотооҕу кэмҥэ элбэх киһи аһыыр аһа, утуйар-таҥнар таҥаһын тэрийии элбэх үлэттэн тахсар буолуохтаах!
Сиэнэ Черепанова Мотя Белай Гора оскуолатыгар былаах аттыгар.
Аҕабыт сэбиэскэй уонна партыылынай үлэлэрэ сыанабыл ылбыт буоллахтарына, ийэбит элбэх оҕону төрөтөн (барыта 13 оҕону, олортон үһэ кыра эрдэхтэринэ төннүбүттэр, биир уол оҕону ыарахан үлэттэн куоттарбыт), иитэн-аһатан улаатыннаран, үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥортоон таһаарбыта. Урукку былаастан сөптөөх сыанабылы, убаастабылы биэрбэтэхтэрэ хомолтолоох да, сыыһа да дии саныыбын. Оннооҕор ССРС “Үлэ бэтэрээнэ” диэн знага анаммытын туппакка “барбыта”. “Туох да наҕараадам суох, оннооҕор Аҕа дойду сэриитин саҕанааҕы үлэм сыаналамматаҕа!” – диэн хомойоро. Оччолорго төһөлөөх киһи үлэтэ сыаналамматаҕа, аанньа ахтыллыбатаҕа буолуой?!
Мин бу ахтыылары 2014 сылтан аҕалаах ийэбит 2016 сылга 100 саастарын туолаллар диэн Абыйынан, Намынан, Дьокуускайынан, Москва куоратынан сылдьан хомуйбутум. Бу дьон биир тыла суох биир киһи курдук ахтыыларын биэрбиттэрэ, көмөлөспүттэрэ. Кинилэргэ махталым улаханын эппитим, кинигэбин “Үтүө дьону үйэтитэн” диэн ааттаан бэлэхтээбитим. Билигин ахтыы биэрбит кырдьаҕастар үксүлэрэ суох буолбуттара.
Сиэнэ Черепанов Артём былырыын 9 Маайга.
Биһиги даҕаны, сэрии кэннинээҕи оҕолор, кырыйдыбыт, 80-ча саастанныбыт. Мин ыал ортоку оҕото, үксэ кыргыттар буолан, кыра сааспыттан окко-маска, сүөһүгэ үлэлээн кэллим. Төрүөхпүттэн да диэххэ сөп. Ийэм миигин бэс ыйын бүтэһигэр төрөтөн баран бугул тэллэҕэр сытыаран оттуур үһү, 6 сааһа буолан эрэр эдьиийбинэн Галянан харабыллатан, ыт илдьэ баран хаалыа диэн.
Төрөппүттэрбит үлэһит буолан, сөптөөхтүк аһатан-таҥыннаран барыбыт да уһун үйэлэннибит. Үс эдьиийим – Аксинья Ивановна, Римма Ивановна уонна Галина Ивановна 80 саастарын аастылар, кыра балтыбыт Ирина Ивановна 70-нун ааста. Убайбыт Николай Иванович, эдьиийбит Зоя Ивановна 75-һин ааһан, бырааппыт Егор Иванович 65 ааһан баран күн сириттэн күрэммиттэрэ.
Өссө мин И.В.Сталиҥҥа махтанабын, Уһук хотугу дьону сэриигэ хомуйбатах буолан тыыннахпытыгар!
Светлана Ивановна ЧЕРЕПАНОВА,
РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Абый улууһун сайдыытыгар тус кылаатын, Саха АССР, ЫБСЛКС, “Саха комсомолун 100 сыла” знактарын хаһаайына.
Дьокуускай, 2025 сыл кулун тутар ый.



