ТАПТАЛЛААХ ТҮМСҮҮБҮТ ЮБИЛЕЙДААХ СЫЛА
1978 сыл күһүнүгэр табаарыспынаан, улуус биир бастакы мелодиһынаан Ким Колодезниковтыын аҕыйах баҕалаах уолаттары мунньан “түмсүүтэ тэрийиэххэ” диэн боппуруос туруоран “Тойон Мүрү” диэн ааттаан тэрийбиппит. Саҕалаабыт киһи бэйэҥ председателлээ диэн талбыттара.
Парников Василий Степанович.
Ол саҕана улууска Найахы хоруттан С.Г.Васильев, П.Н.Фомин, Дүпсүнтэн Тит Горохов, студент Федор Петров “Дьиэрэҥкэйэ кэрэтин” ырыалара ылланара. Бу ырыа иккис тыынын ылан билиҥҥи ыччат эмиэ ыллыыра радионан иһиллэр. Инн. Сосин тылыгар П.Акимов айбыт “Мүрү, Мүрү барахсан” ырыаны үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ ыллаан кэллибит. Түмсүү саҕаланыаҕыттан республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтин методиһа А.Н.Семёновы кытта бииргэ үлэлээбиппит. Элбэх семинардары, конкурстары ыыппыппыт. Композитордар Союзтарын председателлэрэ З.К.Степанов, Н.С.Берестов, композитордар Т.Стручков, В.Зырянов көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка тахсан семинар биэртэлээбиттэрэ. Захар Степанов алтата ыҥырбыппытыгар тахсан семинар биэрэн үөрэппитэ улахан көмө буолбутун бэлиэтээн ахтабын.

“Тойон Мүрү” түмсүү үлэлиэҕиттэн сүүсчэкэ ырыа айааччы хас да сүүс араас таһымнаах ырыалары айдыбыт. С.Н.Луковцев Г.Н.Иванова тылыгар айбыт “Азия оҕолорун Гимнэ” “Кэнчээри” ансамбль толоруутугар аан дойдуга тарҕанна. С.Луковцев ону таһынан “Инникигэ хардыы” республиканскай тэрээһин, Профсоюз рескомун, “Эбии үөрэхтээһин”, “Баайаҕа уустарын” Гимннэрин, ону таһынан араас тэрилтэлэр Гимннэрин, элбэх ырыаны айда. А.К.Калининскай “Якутскай куорат”, “Байаҕантай ыһыаҕын”, “Тиит Арыы”, “Курбуһах”, “Курбуһах интернатын” Гимннэрин, Геройдар В.Лонгинов, М.Готовцев, А.Неустроев туһунан ырыалары айда. Н.М.Андросов Саха сирин представительствотын Гимнин, “Дьол тааһа” киинэ ырыатын, “Алеша тааҥка” туһунан ырыалары, хит буолбут “Быраһаай оскуола” ырыата күн бүгүҥҥэ диэри ылланар. В.Парников биллиилээх поэт, “Күлүмнүүр премиятын бастакы госпремиятын Лауреата Инн.Сыроватскайдыын “Уйгу сирэ Уус Алдан” тылын суруйан улуус Гимнин, “Олоҥхо Ыһыаҕын Гимнин”, 8-с Саха республикатын норуоттарын Спартакиадаларын Гимнин, “Үс саха төрүөҕэр” Күлүмнүүргэ аналлаах ырыаны, Өспөх, Мүрү, Баатаҕай Гимннэрин, араас темаҕа 40-ча ырыаны айда.
Түмсүү филиалларын салайааччылара Н.Протопопов, И.Васильев, Н.Ильин, И.Бурцев, В.Портнягин, В.Фёдоров, Ф.Местников, М.Охлопков, Гр.Дьячковскай тахсыылаахтык үлэлээн элбэх мелодиһы иитэн таһаардылар. “Саха ырыаларын антологиятыгар” 20-чэ мелодист киирдэ. Элбэх мелодист кинигэлэрин, дискэлэрин таһаартардылар. Уонунан мелодист ырыалара күннэтэ республиканскай радионан ылланар. Онуоха биир дойдулаахпыт, убайбыт Н.М.Желобцов, С.З.Ильина, республика атын радиотын, телевидениетын корреспонденнара Полина Перуашева, Майя Власьева, Уйбаан Петров-Сулустаайы, Георгий Белоусов, Лена Керемясова, Гаврил Захаров, Иннокентий Артамонов, Анатолий Гоголев көмөлөрүн махтана ааттыыбыт.
Мелодистар, айар дьоммут тустарынан олохтоох НВК үлэһиттэрэ Е.Бочкарева, П.Аргунов көмөлөрүнэн 10 телепередача, уонча радиопередача оҥордум. Мелодистар ырыаларын нотаҕа охсон 7 ырыанньыгы таһаартардым. Олохтоох хаһыат редакцията (редактор Н.Г.Попова) өйөбүлүнэн ыйга биир балаһа мелодистар ырыаларын, фотоларын, биографияларын таһаара сылдьабыт. Элбэх мелодист ырыаларын Т.Н.Семёнова оҥоро сылдьар, “Саха музыкальнай культурата революция инниттэн билиҥҥи кэмҥэ диэри” диэн улахан эциклопедическай библиографическай ыйынньыкка киллэттэрдим. К.Колодезников, И.Кривошапкин, Гр.Дьячковскай, Л.Хорунов, И.Васильев, С.Луковцев, В.Парников, А.Калининскай, М.Крылов о.д.а. кинигэлэрэ таҕыстылар. Элбэх мелодист дискэлэрэ альбомнара таҕыста. Сылтан сыл эдэр, саҥа айан эрэр мелодистар үүнэллэр. В.Пестряков, А.Жиркова курдук хойутаан саҕалаабыт эдэр мелодистар тахсыылаахтык үлэлээн кинигэ таһаартардылар, ырыаларын уһултаран радиоҕа ыллаттылар, клип, ролик оҥоттордулар. Е.Готовцева айымньылаахтык үлэлээн республикаҕа аата ааттанна.
Саха норуоттарын Спартакиадаларын культурнай программатын барытын олохтоох мелодистар ырыаларынан ыыттыбыт. Миэстэтигэр уонна улууска буолар улахан тэрээһиннэргэ, араас конкурстарга активнайдык кытынныбыт, гастроллары тэрийдибит. Мелодистар Л.Ушницкай, И.Сивцев, С.Сыроватскай ырыаларга клип оҥорон үйэтиттилэр. Н.Слепцов-Шансон мелодистар ырыаларын компьютерга түһэрэн кинигэҕэ киирэллэрин хааччыйсыбытыгар махталбытын этэбит! Хас эмэ сүүһүнэн саха мелодистарын ырыанньыктарын коллекциялаан пропагандалаабытыгар, үйэтиппитигэр, эбиитин ону Национальнай библиотекаҕа үйэ-саас тухары уурулларыгар туттарбытыгар Марися Евсеевна Васильеваҕа барҕа махтал буоллун!
Ф.Петров, С.Копырин, С.Сыроватскай, В.Заболоцкай, А.Калининскай, Н.Бурнашев, Н.Андросов, В.Петухов, С.Луковцев, Е.Дегтярев, Г.Свинобоев, А.Бурнашев, Ф.Иванова, А.Бережнев, В.Пестряков, А.Готовцева, Л.Акимова, Е.Готовцева, В.Парников о.д.а. ырыалара күннэтэ радиоҕа ылланар. “Үйэлээх ырыалаах” бэлиэнэн уонунан мелодист наҕараадаланна. Элбэх киһи “СР культуратын туйгуна”, араас бэлиэлэринэн наҕараада ыллылар. Н.Бурнашев, С.Сыроватскай “СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк ааты ыллылар. Күн бүгүн В.Пестряков СР Суруйааччыларын союһун чилиэнэ буолбутунан итии-истиҥ эҕэрдэ буоллун!
Итинник айар куттаах “Тойон Мүрү” түмсүү чилиэннэрэ айа-тута сылдьабыт. Бииргэ үлэлээн кэлбит ырыа айааччыларбар 45 сылбытынан итии-истиҥ эҕэрдэ буоллун!

Василий Степанович ПАРНИКОВ,
“Тойон Мүрү” түмсүү төрүттээччитэ, салайааччыта, Алампа премиятын бастакы лауреата, РФ Журналистарын союһун чилиэнэ, РФ, Саха АССР культураларын үтүөлээх үлэһитэ, «Кэнчээри» ансамбль төрүттээччитэ, салайааччыта.
2023 сыл, ахсынньы ый.

