ТУҺАЛААХ ЭБИТ ДИИ САНААТЫМ
Мин, 74 сааспар сылдьар киhи, Сунтаар Кэппэндээйитин туhунан оҕо эрдэхпиттэн истэр этим. Ол курдук 1970 сыллартан биhиги нэhилиэкпититтэн да, ыаллыы да нэhилиэктэртэн араас идэлээх дьон кэпсэтэрин истэрим.
Ол курдук Кэппэндээйи бадарааныгар сүһүөхтэрэ ыалдьар дьон эмтэнэн олус туhаммыттарын туhунан элбэхтик кэпсииллэрэ. Бэйэм булчут идэлээх, тоҥмутум-хаппытым элбэх буолан тобугум сүһүөхтэрэ ыалдьар буолбуттара. Ол иhин быйыл сайын, бэс ыйын 29 күнүттэн от ыйын 12 күнүгэр диэри эмтэнэн кэллим. Син туhалаах эбит дии санаатым. Ону эмтэммит дьон 2-3 сыл субуруччу эмтэннэххинэ туhалыыр диэн сүбэлииллэр.
Онуоха маннык кыhалҕалар баар эбиттэр диэн, суруйарга сананным. Мин Маалыкай олохтооҕобун. Эрдэ оройуон киинигэр Ньурбаҕа социальнайдарга үлэhэн ити бириэмэҕэ эмтэнэн кэллим. Аны барарбар социальнайдар путёвкабар биир да солкуобайы төлөөбөппүт, Кэппэндээйи санаторийыгар лицензията суох эмтииллэр, ол иhин төлөммөт диэтилэр. Дьокуускай куорат санаторийдарыгар барар буоллаххына төлүүбүт дииллэр.
Оробуочай киhи пенсията кыра буолар. Кэппэндээйигэ эмтэммит дьон сүбэлэринэн мин онно эмтэнним. Маннык тымныы климаттаах дойдубутугар олохтоох дьон эмтэниҥ диэн бу Кэппэндээйини айылҕа анаан айбыт дойдута быhыылаах. Бэл былыр 18 үйэ саҥатыгар Ыраахтааҕы истэн, дьон ыытан чинчийтэрбит диэн музейдарыгар кэпсээтилэр. Сир анныттан ып-ыраас тымныы уу тахсан баран, ыраас маҥан туус буолан хааларын экскурсияҕа көрдүбүт. Аны туран айылҕата олус үчүгэйин! Ойуурун маhа үксэ бэс чагда эбит. Көрүөхтэн сиэдэрэй элгээннэрэ, үрэхтэрэ.
Санаторий дьиэлэрин тутуулара аhара үчүгэй эбиттэр. Эмтэнэр дьиэ икки этээстээх таас тутуу. Сынньанар дьиэ биир этээстээх, хосторугар иккилии, үстүү киhи сытар миэстэлээх.

Аны остолобуой эмиэ биир этээстээх таас тутуу. Эмтиир персонал бэйэлэрин үлэлэрин баhылаабыт, үтүө майгылаах дьон эбит диэн санаалаах кэллибит.



25-хас сыллааҕыта АЛРОСА-лар ылан баран таас тутуу бөҕөнү оҥорбуттар. АЛРОСА үлэhиттэрэ эмтэнэ сылдьыбыт үһүлэр. Онтон ночооттоох диэн аккаастаабыттар. Тууhун, бадараанын тиэнэн Мирнэйгэ чааhынай дьон дьону эмтииллэр диэн сурах баар эбит. Ханнык эрэ дьон байар суолларын буллахтара.
Итинтэн сиэттэрэн боппуруостар үөскээн тахсаллар. Тоҕо Саха сирин правительствота, Ил Түмэн депутаттара бу айылҕа олохтоох дьон туhанныннар диэн эмтээх источнигы айан хаалларбытын дьаалайбакка олороллорун сөҕүөххэ эрэ сөп курдук. Yп-харчы көрөн, тупсарынарыгар дьаhал тоҕо ылыллыбат диэн үрдүкү салалтаттан ыйытыаҕы баҕарыллар.
Кыра-хара үлэҕэ сылдьыбыт дьон: сылгыhыт, бостуук, булчут, хачыгаар кыра пенсияҕа сылдьабыт. Ону учуоттаан Кэппэндээйи санаторийыгар сылдьалларыгар путёвкалара төлөнөрө буоллар диэн баҕалаахпыт.
Николай Антонович ТИХОНОВ.
Ньурба, Маалыкай. 2003 сыл.
