Александрова Вера Семёновна ахтыыта

ОМСКАЙГА ҮӨРЭММИППИТ

1964-1969 сылларга Сибиир биир улахан куоратыгар – Омскайга тыа хаһаайыстыбатын институтун 39-с выпуһунан, ученай-зоотехник идэтин ылан бүтэрбитим.

Фёдорова Вера (кэлин Александрова Вера Семёновна).

Ол иннинэ орто оскуола кэнниттэн, оччотооҕу политиканан «Школа – производство — ВУЗ» диэнинэн дойдубар Сунтаар улууһун Элгээйи совхоз Түбэй-Дьаарханыгар 4 сыл ыанньыксытынан үлэлээбитим. Бэлэмнэнии куурус аһыллыбытыгар совхоз киинигэр киирэн 18 буолан үөрэннибит. Мин нэһилиэкпиттэн икки буолан, Григорьева Фатина Афанасьевналыын ыал кэпсэтэн, икки ыйга олорон үөрэннибит.

Совхоз араас нэһилиэктэриттэн түмүллэн үөрэммиппит. Ол курдук Андрей Петров Хороттон, икки оҕолоох ыал аҕата; Касьян Иванов Андрейдыын 6-8 сыл стажтаах суоппардар, Николай Наумов – Күндэйэ, Ганя Гривошапкин, Ирина Николаева – Сиэйэттэн, мин Фатинабынаан түбэй-дьаархаттарбыт, Элгээйи бэйэтиттэн элбэхтэрэ.

Дьэ, үрдүк үөрэххэ туттарсыбыттары кэлин киин куораттарга араартааһын буолбутугар, Касьян – Омскай автодорожнай институтугар, Андрей эмиэ Омскай сельхоһугар, Ганя Челябинскайга, аны мин Благовещенскай гидрофак эбиппин. Бабат дии түстүм, соҕотоҕун оҕолорбуттан атын сиргэ, мэктиэтигэр ытаатым. Уолаттарбын сайыһан санаа бөҕө буоллум. Хата ону толкуй буола түстүлэр: кинилэр 6-8 сыл стажтаах суоппардар буолан, хаста да куоракка сылдьан тэрилтэлэр, министерстволар ааннарын билэр эбиттэр. Онон тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар баран билсиһиллиэ диэн сүбэлэстилэр. Тиийбиппит аны биир уол Благовещенскайга баҕалаах эбит да, сатаммакка баһын булкуйа турар эбит. Мин уолаттарым кинини кытта иннин-кэннин кэспэтиһэн, кадр кабинетыгар суксуруһан бары киирдибит. Дьиҥэ кыһалҕалаах мин буолан баран, уолаттарбын батыһа эрэ сылдьабын. Киирбиппит биир кыыс олорор: «Главнай суох, мин солбуйааччыбын эрэ», – диэтэ да, ону уолаттар икки өттүттэн сөбүлэһэбит диэн буолла. Хата направлениеларбытын өрө-таҥнары толорон биэрдэ. Үөрүү-көтүү буоллубут, аны анараа уолбут субу бараары ыксыыр ахан этэ, инньэ гынан кини даҕаны, биһиги даҕаны ыксалга уолбут аатын үөрүүбүтүгэр үтүрүттэрэн арахсан хааллыбыт. Баар буоллаҕына, кини билиҥҥэ диэри ити түбэлтэни умнубатаҕа чахчы.

Онон мин Касьяннаах Андрейдыын биир куоракка, Омскайга барар буолбуппуттан уолаттарбар испэр төһөлөөх махтал санаабын сатаан саҥарбакка, дууһабар сөҥөн хааллаҕа.

Элгээйи ыччата (бэлэмнэнии курс) олороллор: бастакы эрээккэ ортоку – Андрей Петров, староста. Кытыыга уҥа бастакы – Вера Федорова. Иккис эрээт хаҥастан бастакы Ирина Николаева, иккис эрээт уҥаттан бастакы Фатина Григорьева. Үөһээ эрээт хаҥастан бастакы Ганя Кировшапкин. Үөрээ эрээт хаҥастан иккис Касьян Иванов.

Тиийэн биир остолобуойга киирэн аһааһын буолла. Герасим көрсүһүүнү уонна атаарыыны бэлиэтээн биир иһит кыһыл арыгыны ойутан таһааран, кырыылаах ыстакааннарга кутан халыгыратта да, өрө биэрэн иһии буолла. Миэнэ кэм да кыра этэ эрээри, уолаттар бүтэриэхтэригэр диэри турар. Онуоха Герасим этэр: бу дойдуга манныгы көҥүллэбэттэр диэн миигин ыксатта. Мин Касьянныын остуол биир эҥэригэр кэккэлэһэ олоробут. Кини мин ити аһы испэппин билэр буолан улаханнык саараан олорбут, иһиэ суоҕа, Андрей биһиккиэхэ кутара буолуо дии санаабыт да, мин атын санаалаах олоробун, хайдах сирбит аспын доҕотторбор биэриэм үһү. Саатар бу кэмҥэ баҕарбатар да тыл ыһыктааччы буолла. «Манныгы биллэхтэринэ ыстарааптыыллар», – диэтэҕэ үһү. Мин олорбохтоон баран (ыстакаан улахан ортотунан) барбыт чэй курдук өҥнөөх аһы харахпын быһа симэн баран истим. Син убаҕас-убаҕас курдук аастаҕа дии (Касьян онно улаханнык сөхпүтүм диэн кэлин ахтар этэ).

Саатар ол күн олус куйаас баҕайы этэ. Сотору соҕус аһаан бүтэн, остуолтан Андрей убайынаан туран тахсан бардылар. Арай мин туруох курдук буолбутум сүһүөҕүм нуой курдук, уйуттуо суох курдукпун. Онуоха Касьяҥҥа ыксаан “мин туох эрэ буоллум” диэн нэһиилэ сибигинэйдим. Уолум “чэ, миигиттэн подружкалаһан тутус” диэтэ. Ону хайыамый, уолу кытта подрукжалаһыахтааҕар буолуох чугаһынан кэккэлэспэтэх бэйэм сүбэни ылыннаҕым дии. Дьэ, эрэйинэн да аэропортка киирбиттээҕим, саатар утуктуур курдукпун. Сүүтүк да саҕа арыгыны испэтэх бэйэм сүрэхтэтэн турардаахпын.

Куораппытыгар Омскайга ким да саҥалартан кэлиэн иннинэ биһиги тиийдибит. Тоҕо аһара эрдэ кэлбиппит диэн, Андрей Элгээйи ыала Захаровтар тыла суох истибэт оҕолорун (5-6 кылаас) Казань куоракка илдьэн оскуолатыгар туттарар соруктаах этэ, онтон Омскайга төннөн кэлиэхтээҕэ. Бастаан тиийбиппитигэр Элгээйи уолаттара көрүстүлэр, хастар да быһыылааҕа. Олортон сороҕо сайын хаалан үлэлээри сылдьаллара, биллэн турар үбүнэн-аһынан кыаммат өттө буолуо. Мин эмиэ биэс сыл устатыгар иккитэ эрэ баран кэлбитим, биир сайыныгар кырдьаҕас эдьиийим тыһаҕаһа эчэйэн ону атыылаан харчы ыыппыта, иккистээн бүтэьик практикаҕа Омскай уобалас биир совхоһун ферматыгар төрүөх саҕана үлэлээн, хамнастанан кыһын каникулга кэлбитим. Дьиэбэр кэлбэтэх икки сайыммытыгар хас да буолан көтөр фабрикатыгар үлэлээбиппит, улахан Надялыын (Никифорова Надя).

Бастаан кэлиибитигэр Элгээйи уола Иванов Кеша хас да уоллуун көрсүтэлээтэ. Касьяннаах Андрейдыын уруккуттан билсэр эбиттэр. Андрей Казаньтан төннөн кэлиитигэр студеннар бары мустан, бастакы курстары кытта көрсүһүү буолла. Куорат үрдүнэн араас үөрэх кыһатыгар икки сүүстэн тахса оҕо Саха сириттэн үөрэнэр эбит. Биһиги тиийбит сылбытыгар 39 оҕо бастакы курска кэлбит этэ.

Үөрэх саҕаланан, маҥнайгы курстарга буһуу-хатыы, сарсыарда нэһииччэ туруу, күнүс сыыһа-халты аһааһын, киэһэ кэлии-барыы, урукку оробуочай олоххо тугунан да майгыннаабат эйгэҕэ киирдибит. Урукку олоххо чаһыы хаамыытын сырсыбаккын, ынах курдук ыгыччы аһыыгын, утуйарыҥ эмиэ атын, хара үлэ хаамыытынан этэ.

Мин техническэй үөрэх гидромелиоративнай факультетын студена буолан, кыайан соспот бурҕалдьыны кэттим эбээт! Күҥҥэ 3-4-түү пааралар, хас күн аайы, хас да предмет ахсын чертеж, высшай математика, омук тыла, задание. Семестр чугаһаатар чугаһаан иһэр, мин чертежнай үлэм элбээн, завал бөҕө буолуох курдук. Аны атын толкуй киирдэ, өскө үөрэхпин кыайбакка быраҕан хайдах дойдулуур да кыах ыарахан, бачча итиигэ-буһууга сылдьан баран сатаммата өссө улахан. Ол иһин зоотехническай факультекка көһөргө сананным.

Бу сырыыга эмиэ уолаттарым сүбэ биэрдилэр. Икки факультет деканын (гидрофак уонна зоофак) көрсөн отношение ылаҕын диэн буола. Кыһалҕалаах кыһыл талахтаах диэбиккэ дылы буолла эбээт. Дьэ, инньэ гынан зоофак деканын урут көрүөстүм. Киирэн хайыамый, көрдөстөҕүм дии, факультеппын уларытан эһиэхэ көһүөхпүн баҕарабын, миэстэ баарыгар түбэһиэх киирбитим, дьинэ оҕо эрдэхпиттэн сүөһүнү кытта алтыспыппын биллэрдим. Хата үгүһү токкоолоспокко заявление суруйтарда уонна отношениеҕын аҕалаар диэтэ.

Аны бэйэм декаммын (гидрофак гиэнин) көрсөргө күһэлинним. Онтум итиигэ-буһууга киллэрдэ ээ. Сахалары түмсүүлээхтэр, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара истиҥ диэн санаалаах эбит. Элбэхтик ыйыталаста, землячество старшайыттан ыйыттыҥ дуо? Аны бу институт аспираннара саха дьоно мелиорация хайысхаҕа Иван Григорьевич Буслаев, зоотехнияҕа Николай Семенович Пермяков – кинилэртэн ыйыталаспытым туһунан, ону кинилэр билэллэр диэн билинним. Хата олус олуура суох приказ таһааран атын факультекка көһөрүлүннүм, уопсайбыттан эмиэ көһөн саха кыргыттарыныын биир хоско буола түстүм.

Арааһа институт 50 сылыгар быһыылааҕа, урут үөрэммит выпускниктар кэлэ сылдьыбыттаахтара. Саха сириттэн үс биллэр киһи бара: Марк Романович Яковлев, Иван Иванович Афанасьев – зоотехниктар, Николай Степанович Махчагаров – агроном.

Биһигини, сельхозка үөрэнэр студеннары кытта биир улахан кафеҕа көрсүһүү оҥордулар. Дьэ оччотооҕу уонна биһиги билиҥҥи кэмнээҕилэр олохпутун, үөрэхпитин, таҥас-сап өттүнэн сиэдэрэйбитин, стипендиябытын тэҥнээн Марк Романович тыл эттэ. Икки уһун остуолу, үсүһүн балтыһахтыы тардыллыбыт остуолга аҕа коллегаларбыт Марк Романович, Иван Иванович уонна институт «өҥнөөх» студеннара олордулар. Марк Романович биһиги кинилэрдээҕэр ордук үчүгэй усулуобуйалаах, балачча элбэх стипендиялаах эрээри, оскуола оҕотун курдук күннээҕинэн сылдьары, үөрэҕи кыһаныахха, киэҥ билиилээх специалист буолан бүтэриэхтээххит, биһиги (бэйэтин этэр) бу үс киһиэхэ биирбитигэр элэйбит саһыл тыһа бэргэһэлээх, атын уолбутугар сиэрэй хаатыҥкалаах тэлэгириэйкэ уларсыһан куоракка киирэн тахсар этибит диэн биһигини хомуруйталаата. Кырдьык даҕаны, сельхозтар стипендиябыт элбэх – ыйга 33 солкуобай, онтон 1,5 солк уопсайбыт куортамыгар, илиибитигэр 31,5 солкуобай. Педагогтарга, медиктэргэ 28 солкуобай. Онтулара зачеткаларыгар «хорошо», «отлично» эрэ буоллаҕына ылаллар. «Удовл.» ол 28 солкуобайдарын отой да ылбаттар. Биһиги сельхозтар барыта «удовл.» да буоллаҕына стипендия баар. Бары уопсайдаахпыт, таҥаспыт да биирдиибитигэр туһааннаах баар (оччолорго олус баайа да суоҕа). Кырдьыга кинилэргэ тэҥэ да суох буолуо.

Остуолга олорор оҕолору Марк Романович кэритэлээн көрөн олорон, элбэх оҕону билэттээн, дьоннорун эҥин сураста. Онтон миэхэ тиийэн, мин эйигин эмиэ билэбин диэтэҕэ үһү. Мин оскуола кэнниттэн 4 сыл улахан комсомольскай ферма старшайа этим. Ол сахха Сунтаар Ньурбалыын биир буолан Ленинскэй оройуона буолбут кэмигэр, арааһа, Марк Романович онно главнай зоотехник дуу, хайдаҕа дуу? Биһиги ферма икки оройуон быыһа ааһар суолугар турара. Онон тойон-хотун таарыйара. Дьэ ол кэмҥэ кини баһылыктаах делегация хотоннору кэрийэн сүөһү туругун, эбиискэ аһылыгы бэлэмнээһини, үүтү-аһы көрөн баран, сүөһү үлэһиттэрин Кыһыл муннукка мунньан мунньах буолбута. Миигин информациялатан баран, иккис хотоҥҥо баар ырбыт ынаҕы тоҕотун билэҕин дуо диэбиппэр, “сүөһү кэйбит сүөһүтэ сүөһү буолар үһү дуо диэн баран, көрбүт хараххыттан биллим” диэбитигэр бэйэм да сорох киһи дьону билэр дьоҕурун биллим.

Аһаан бүтэн, уопсайбытыгар тарҕаһыы буолла. Бу кэмҥэ сатыы элбэх буолан хааман иһэн Марк Романович, баҕар эрдэттэн кэпсэтиһэн эбитэ дуу, Сивцев Дима диэн Чурапчы уолугар миигин сыыттыыр эбит. Уолун тоҥолохтоһон иһэр быһыылаах, арай миэхэ рекламалыыр: «Дьэ бу үчүгэй уол, кэмсиниэҥ суоҕар», – диир. «Оо, бу мин туохха түбэстим», – диэн куотарга сананан, иннибитигэр баран иһэр оҕолорго кыттыстым. Дима буоллаҕына кыбыстара дуу сөбүлэһэрэ дуу, туох да диэн саҥата суох хааман иһэр. Кэлин уолум тугу да биллэрбэтэҕэ, баҕар ол аҕа коллегабыт Марк Романович дьээбэрбитэ буолуо.

Омскай авиапорт колонната. Алларааттан үөһээ тураллар: Тихонова Аня, Лазарева Надя – кыра Надя, Фёдорова Вера – дойдутугар Сунтаарга көтүөхтээх.

Күһүн көрсүһүү, кыһын хас бөдөҥ дааталарга бырааһынньык, сайын ыһыах, куорат таһыгар барарга автобус наймыылаһаллара. Ыһыахха өссө ыалдьыттар ыҥырыллаллара. Марьяновка диэн дэриэбинэҕэ олохтоох саха сиригэр Гражданскай сэрии кыттыылааҕа Кропочев баара (аатын, аҕатын аатын умнубуппун). Бу киһи Аммаҕа сылдьыбыт. Иккис ыалдьыт Алексеев, эмиэ аатын билбэппин, нуучча оҕонньотторо, эдэрдэригэр бука бөдөҥ-садаҥ дьон буоллахтара, сааһыран да баран оннук этилэр. Атын куораттартан: Кемеровоттан библиотечнай институт кыргыттара, Челябинскайтан Ганя уолаттардаах буолааччы. Чэ, хас да сиртэн кэлэн ыһыахтаан бараллара.

Бу тэрээһиннэри, уопсай хаартыскаҕа да түһүүнү тэрийии хаһан баҕарар түбүктээх, сүүрүүлээх-көтүүлээх, кэпсэтиһии-сөбүлэсиһии эрэ буоллаҕына туолар. Ону эмиэ кыайа тутар, тэрийэр дьоҕурдаах оҕолор бааллара. Бу оҕолор үөрэхтэрин бүтэрэн баран дойдуларыгар улахан оройуон үлэһиттэрэ, элбэх дьону салайан үлэлэппит дьон буолбуттара: Андрей Данилович Петров – баянист, фотограф, ырыаһыт. Христофор Максимов ырыаларын олус бэркэ ыллыыра. Үөрэҕин бүтэрэн баран орденнаах Элгээйи совхоз главнай ТБ инженерэ, Сунтаарга СПТУ директора, кэлин оройуоҥҥа главнай инженер этэ. Касьян Семёнович Иванов – эмиэ СПТУ директорынан үлэлии сылдьыбыт, улахан дуоһунастарга, кэлин оройуон тутууга главнай тойоно, олоҕун бүтэһигэр диэри үлэлээбит буолуохтаах. Руслан Николаевич Иванов – Сунтаар райкомун секретара, онтон атын улууска дуу куоракка дуу уларыйбыта. Тотонов Николай Афанасьевич – Тойбохой совхоз главнай инженерэ, дойдутугар Тойбохойго олорбута. Надежда Пантелеймоновна Баишева (Никифорова) – улахан Надя, ырыаһыт, каникулугар бара сылдьан булгуччу саҥа ырыаны үөрэтэн ыллаан, кэһии курдук кэлэн үөрэтэлиирэ. Кыыс оҕо омук анала ЕС хоһоонунан, кэргэн тахсан Мэҥэ-Хаҥалас Төҥүлү сэлиэнньэтигэр олорор. Ханна кини баар да оһуохай тэрийээччитэ, өр сыл профтех училищеҕа үлэлээн профтехобразование туйгуна, хас да кинигэ автора, «Хотун Төҥүлү кийииттэрэ» диэн кинигэтин бэлэхтэтэр чиэстэммитим. Чэ, итинник ааҕа турдахха элбэх…

Биэс сылбыт биллибэккэ ааһан, үөрэхпит бүтэһик күннэрэ үүнэн биһиги зоотехниктар урут “сууйуллан-сотуллан” “рощабытыгар” атаарыллан, биир-биир дойдубутугар көппүппүт.

Мин дойдубар Сунтаарга, Элгээйи совхоз бэйэм нэһилиэкпэр отделение зоотехнига, зоотехник-биригэдьиир буолан совхозтар ыһыллыахтарыгар диэри үлэлээбитим. Онтон дьэ араас ааттаах хаһаайыстыбалар, кооперативтар, ПК-лар буола уларыйдылар. Онно да мин харыс сири халбарыйбакка, сүөһүттэн тэйбэккэ, бүтэһигэр пенсияҕа да тахсан баран ПК-бар уонча сыл ыанньыксыттаатым. Дьиҥэ оҕо эрдэхтэн сүөһү аргыстанан, кэлин сүөһү үөрэхтээҕэ идэни ылан үлэбин, идэбин сирбэккэ ис дууһабыттан таттаран үлэбин түмүктээбитим. Ол эрээри төһө да «эҥкилэ суох» үлэлээтэрбин улахан чиэс-бочуот, наҕараада суох. Тоҕо диэтэххэ оччотоооҕу сэбиэскэй систиэмэ, политика кэмигэр мин коммунист партия чилиэнэ буолбатахпынан атарахсытылыннаҕым. Хата, бэрдин бэрт диэбиккэ дылы, икки төгүл – 1962, 1983 сыллар үлэ түмүктэринэн ВДНХ-ҕа баран күүлэйдээн кэлбитим. Ленин Орденнаах Элгээйи совхоз чулуу үлэһиттэрин делегациятыгар киирсэн 1972 с. Элгээйи совхозтан, 1997 с. Түбэй-Дьаархан ПК-тыттан Дьокуускайга бастыҥ үлэһиттэр слёттарыгар кыттыбытым. 1983 сыл түмүгүнэн Сунтаар улууһун Бочуотун кинигэтигэр киирбитим. 2008 сылтан Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэбин, онтон биллэн турар нэһилиэгим Бочуоттаах олохтооҕо, “Нэһилиэк сайдыытыгар ситиһиилэрин иһин” диэн знактар бааллар.

Үлэлээн ааспыт олохпун, дойдум дьонун кытта бииргэ алтыһан, дьылҕа хаан ыйааҕынан ыал буолан, оҕо төрөтөн, элбэх сиэннэнэн, аарыма аҕыс уоммун ааспыт сааспар тиийбиппинэн дьоллооҕунан ааҕынабын. Хомойорум диэн – олоҕум аргыһа эрдэ олохтон туораабыта буолар. Билигин кыра кыыһым дьиэ кэргэнинээн эйэ-дэмнээхтик, кинилэргэ сүбэ-соргу буолан олоробун.

Бу лоскуй-лоскуй түбэлтэлэри, эдэр сааспытын санаһан, одоҥ-додоҥ да буоллар түмэн ахтыыбын ыытабын.

Оччотооҕуга Фёдорова Вера, билиҥҥинэн Александрова Вера Семёновна.

2023 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *