Сергеевтэр Егор уонна Николай тустарынан

СЕРГЕЕВТЭР АЛЬБОМНАРА

Былыргы, урукку-хойукку хаартыскаларынан альбомнары (оччолорго бобуулаах да буолуон сөп) оҥоруунан дьарыктаммыт, олор ис хоһооннорун киһи эрэ кэрэхсиэх курдук комментарийдыыр, айылҕаттан айар дьоҕурдаах Николай уонна Егор (Георгий) Сергеевтэр тустарынан Дьөгүөр кыыһа, билигин Дьокуускай олохтооҕо Саргылаана Георгиевна Яроскунова (Сергеева) ахтыыта.

Яроскунова Саргылаана Георгиевна.

– «Бэйэм дьоннорум уонна билэрдэрим» диэн аҕам бэлэхтээбит альбомун көрө олорон, санаан кэлэҕин:

Күнү көрө төрөөбүт,

Айыы сиригэр айыллыбыт,

Туох барыта, ким барыта

Силистээх, мутуктаах,

Кимтэн эрэ кииннээх,

Хантан эрэ хааннаах буолар.

Үс саха сүдү өбүгэтэ Тыгын Боотур уола Ала Кырсын сиэнэ Мэйии оҕонньортон эт тардан, хаан хабан бииһээбит-ууһаабыт Сэргиэйэптэр – Чороллолор – диэн орто олохтоох ыал кэминэн Сунтаар тыатыгар Маар Күөлгэ олохсуйан олорбуттар. Кинилэр 4 уол, 1 кыыс оҕоломмуттар. Уолаттара Сөдүөт, Кынаачай, Дьөгүөр, Ньукулай улаатан ситэн-хотон, дьон-сэргэ хараҕар таба быраҕыллан «Чоролло уолаттара дуо» дэтэр буолбуттар.

Сөдүөт (1900-1942). Убайдара Сөдүөт кыра үөрэхтээх да буоллар, бэйэтин кэмигэр сытыы-хотуу киһи этэ. Сөдүөт Дьөгүөрэбис арҕаа Калининградскай фроҥҥа хорсуннук сэриилэһэ сылдьан Смоленскай уобалас сиригэр Васильки дэриэбинэ иһин кырыктаах кыргыһыыга геройдуу охтубута. Кэргэнэ Огдооччуйа уолаттарын Сэмэни, Аркадийы улаатыннартаан үөрэхтээх дьон оҥорбута. Сэмэн Федотович – Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, республика үтүөлээх агронома буолбута. Аркадий Федотович – «Бочуот Знага» орден кавалера, республика үтүөлээх бырааһа. Билиҥҥи туругунан 6 сиэн, 9 хос сиэн, 1 хос-хос сиэннээх.

Кынаачай (1903-1955). Чоролло иккис уола Кынаачай үөрэҕэ суох. Сэрии буолбутугар 1942 сылтан 1946 сылга дылы үлэ фронугар Булуҥ оройуонугар Быков Мыска балык бултааһыныгар сылдьыбыта. Манна күһэйэн үүрүллүбүт чурапчылары, латыштары кытта үлэлээбитэ. Үчүгэй доруобуйалаах эрэ буолан дойдутугар син тыыннаах эргиллибитэ. Кэргэнэ эрдэ өлөн 4 оҕотунаан хаалбыта. 1955 сыллаахха эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан өлбүтэ. Билигин кини сиэннэрэ, хос сиэннэрэ элбэхтэр.

Дьөгүөр – Сергеев Егор Чоролло уола (1916-1986). Өрөһөлөммүт хара куудара баттахтаах, ис киирбэх нарын көрүҥнээх, көнө уҥуохтаах, аламаҕай үтүө майгылаах, бэйэтин кыанар кытыгырас киһи этэ. Эдэр сылдьан оройуон ыһыахтарыгар араас күрэхтэһиилэргэ кыттан кыайан, «Сүүрүк Сэргиэйэп» дэппитэ. Ити кэмнэргэ бэрт ис киирбэх, хомоҕой тыллаах-өстөөх хоһооннорун оройуон хаһыаттарыгар үгүстүк бэчээттэтэрэ. Күөгэйэр күнүгэр сылдьан Аҕа дойду алдьархайдаах сэриитигэр барбыта. Кини I Украинскай фроҥҥа сэрии бары ыарын-хомолтотун, кыайыы үөрүүтүн-көтүүтүн толору сүксэн түөһүгэр Кыһыл сулус орденнаах, хас да бойобуой медаллаах 1946 сыллаахха дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Өр сылларга колхоһугар, онтон совхоһугар үлэлээбитэ. Саҥа дьыл кинитэ суох буолбат этэ, куруук «тымныы кыһын оҕонньор» буолара. Дьэ онно тылын-өһүн чочуйан, наһаа үчүгэйдик дьону хоһуйан хайгыырын, сэмэлиирин да бэрт элбэхтик истибитим.

Мээнэ киһи ылсыбат улахан тулууру, баҕаны эрэйэр унньуктаах үлэнэн дьарыктаммыта – төрөөбүт кыраайын үөрэтиинэн, таптыыр Сунтаарын ааспыт олоҕун-дьаһаҕын, кини биллиилээх да, бэлиэ да дьоннорун мөссүөннэрин, кэлэр кэнэҕэски ыччакка өйдөбүнньүк хаалларыахха диэн хаартыскалары, матырыйааллары хасыһан-көрдөһөн альбом оҥорор идэлэммитэ.

Бу элбэх сыраны-сылбаны, бириэмэни эрэйэр үлэ. Хос-хос түһэрэн элбэтэр эмиэ туспа түбүк. Элбэх үп-харчы да барар. Ону ол диэбэккэ, тугу да кэрэйбэккэ ордук умсугуйан туран дьарыктаммыта. Хаартыскалара олус баай коллекция буолбута, кэлин темаларынан араартаан альбом оҥортуура.

Эдэр сылдьан «Ииттэкээнсэп» диэн псевдонимынан хоһоон суруйара, бэйэтин кэмин элбэх поэттарын кытта доҕордоһоро. Ол кэмнэрин бэйэтэ «күөгэйэр күннэрим» диэн ааттыыра. Билиҥҥи кэм киһитэ, истиий, кини хайдах курдук бэтиэхэлээхтик суруйбутун:

Хайыах-хайыах

баҕайыбыный,

Хайа кыыһы талабыный?

Дьон сүбэтэ:

  1. Элбэх оҕолоох ыал кыыһын булаар. Туох-ханнык боруодатын батыһар.
  2. Оҕоломмот дьахтары ыллаххына кур куоҥалаҕы тоҥсуйбут кэриэтэ ыччата суох буолуоҥ!
  3. Чараас уостааҕы ыллаххына, тыла бэрт буолуо.
  4. Халыҥ уостааҕы таллаххына күнүүһүт буолан, харыс хаамтарыа суоҕа.

Кырдьаҕас саастаахха кыһаныма,

Ыарыһахха ыксалаһыма,

Сөтөллөөххө сөрүөстүмэ,

Огдообоҕо орооһума.

Эрдээх дьахтарга эриһимэ,

Уоллаах кыыска уккуһума –

Боростуой кыргыттартан

булунаахтаар,

Боччумнук олоро сатаахтаар!

– дииллэрэ.

Дьөгүөр олус кыраһыабай, сытыы-хотуу, көрдөөх киһи буолан кыргыттар куттарын тутара эбитэ үһү:

Эдэр-сэнэх эрдэххэ

Элбэх этэ бэтиэхэ,

Элбэх сиргэ сиэлбитим

Сэргиэйэппин дэппитим.

*   *   *

Көрө түһээт күлүмүрдээ

Көрү-нары көҕүлээ!

Мичик гыныый –

мичээрдээ

Миигин кытта үҥкүүлээ!

*   *   *

Күндү да кэм этэ

Күөгэйэр күннэрим.

Арай ол бэлиэтэ –

Астыннарар миигин:

Ааспыты санатар

Аҕа диэн ааттаахпын,

Олохпун санатар

Оҕонон баайдаахпын.

Бары үтүөҕэ-кэрэҕэ сайаҕас дууһалаах, сытыары-көнө майгылаах бэртээхэй киһи киэҥник биллибэккэ-көстүбэккэ олорон ааспыт эбит дии саныыбын. Киниттэн 7 оҕо, элбэх сиэн, хос сиэн бааллар.

Ньукулай (1920-1978). Ньукулай убайа Дьөгүөртэн чыҥха атын майгылааҕа. Саҥаран көрө-көрө күлэн алларастыыр, ачыкытын соттумахтыы-соттумахтыы мөҕөн-этэн, этиһэн да харбыалаһан турара, ол быыһыгар сиилээн-одуулаан, ойуулаан, үтүктэн-үгэргээн да ылара. Кини айар үлэтин 1937 сыллаахтан саҕалаабыта.

Сэрии ытылҕаннаах сылларыгар Ньукулай Забайкальскай фроҥҥа сулууспалаабыта. Онно сылдьан уот-буурҕа ортотугар «биэстэ эстэр бинтиэпкэтин» сэргэ ыстаа бөрүөтүн ыһыктыбакка, өссө тэтимирэн, эрчимирэн туран ааҕааччылары абылыыр лирическэй хоһооннору айбыта. Кини айар хоһоонноро туналыйар ыйдаҥа курдук ыраастар, ааҕааччыны үтүөҕэ ыҥырар кэрэ иэйиилээхтэр. Ол да иһин сэрии сылларыгар айыллыбыт хоһоонноро күн-бүгүнүгэр дылы норуот уоһуттан түспэттэр, умнуллубаттар. Ол курдук, «Тугун бэрдэй, кэрэтэй», «Андаҕар», «Ама хаһан умнуомуй», «Дорообо, күндү Ленам!», «Алааспар» о.д.а. ырыа буолан ылланар хоһооннордоох. Барыта 200-тэн тахса хоһоону бэчээттэппитэ, сүүһүнэн ыстатыйалары, очеркалары суруйталаабыта. Сунтаардааҕы народнай театр артыыһа, сүрдээх элбэх оруоллар уобарастарын чаҕылхайдык арыйан дьон махталын ылбыта. Өр сылларга муспут хаартыскаларын коллекциятын наардаан, элбэх араас экспонаттары хомуйан Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолатын иһинэн 1975 сыллаахха Албан аат музейын тэрийбитэ.

Билигин сиэнэ Виктор баар. Дьөгүөр да, Ньукулай да олохторо үөһээ-аллараа түһүүлээх, тахсыылаах этэ.

Оҕонньор олоҕум бүттэҕэ

Оҕолоор, аймана хаалымаҥ!

Сылдьыбыт суолларым

сүттэҕэ

Сыл ааһыа, ытаһа

сылдьымаҥ!

Силистэн силиспит

тардыллыа

Сибэкки сиэмэтэ ыһыллыа,

Кэнчээри ыччатым

өйдүөхтүн

Кэс тылбын кичэйэн

көрүөхтүн!

Үөрэхтэн, үлэттэн

сайдаарыҥ,

Үйэлээх олоҕу салҕаарыҥ!

Бар дьонум быраһаай

буоллун,

Бары иллээхтик олоруҥ!

Олоххут уйгулаах буоллун,

Охсуһуу, сэрии суох

буоллун!

(Сергеев Г.Г.)

Сэргиэйэптэр – Чороллолор удьуордара урааҥхай саха тускулугар дьоһуннаах олоҕу олорон ааспыттара. Онтон кинилэр туйахтарын хатарыах 150-ҥа чугаһыыр сиэннэрэ өбүгэлэрин ааттарын өссө салгыы үйэтитэллэригэр баҕарабын.

Дьэ бу кэнниттэн кылгастык бэйэм төрөөбүт-үөскээбит дьонум туһунан эбии кэпсиирим баа буолбат ини… Ийэм Ларионова Дария Алексеевна айылҕаттан бэриллибит үчүгэй куоластаах буолан, миигин сэттэ ыйдаах оҕону ийэтигэр хаалларан Свердловскайга консерваторияҕа үөрэххэ барбыта. Онон ийэ-аҕа тапталын оҕо сылдьан билбэккэ улааппытым. Күн-күбэй эбэм барахсан, Нагнарова Фекла Николаевна, үөрэҕэ суох да буоллар дьоҥҥо үтүө санаалаах, истиҥ-иһирэх сыһыаннаах, сүрдээх аһыныгас дууһалаах эмээхсин этэ. Кыра сылдьан наһаа ыарытыган буолан эбэм миигин сүрдээҕин харыстыыра, атаахтатара. Эбэм отун-маһын бэйэтэ бэлэмниир хоһуун-хоодуот эмээхсин этэ. Ынахтаах, кууруссалаах буолан, чугас ыаллары үүтүнэн, сымыытынан хааччыйара. Оччотооҕу олох сиэринэн оскуола оҕолоро совхозка от үлэтигэр, оҕуруокка улахан көмөнү оҥорорбут. Күһүн хамнас ылан таҥас, үөрэх тэрилин атыылаһарбыт. Общественнай үлэҕэ, чуолаан пионер, комсомол үлэтигэр активнайдык кыттарым. Быыбарга агитация биһигинэ суох барбат этэ. Радионан араас темаларга лекция ааҕарбыт, үөрэҕэ суох дьону үөрэтэрбит, спортивнай күрэхтэһиилэргэ кыттарбыт. Эбэм да, аҕам да мин ситиһиилэрбиттэн үөрэллэрэ. Бу аҕам диэн кыра эрдэхпиттэн билэрим. Көрүстэҕинэ харчы биэрэр, үөрэ-көтө кэпсэтэр, сүбэлиир этэ. Сүүрүк буолар чинчилээх этим, ону хайыһардаан кэлэн баран уу иһэн, тыҥам ыалдьыбыта. Онтон ыла физкультураттан букатын босхолообуттара. Хоһоон айарбын олус сэҥээрэр этэ, ону оҕолор күлүү гыналларын иһин суруйбат буолбутум. Бэтэринээрдии сылдьан ынахха укуол биэрэрин көрдөрөр этэ. Саҥа дьылга «Тымныы кыһын оҕонньор» буоларыгар миигин Хаарчаана оҥороору ыҥыра сатыырын, килбигийэн барбат этим. Эбээбэр эмээхситтэр киирэн «Чоролло сиэнэ» диэтэхтэринэ, наһаа өһүргэнэр этим. Онтум улаатан баран билбитим, бииргэ төрөөбүттэрэ бары кыргыттар, кини эрэ чороҥ соҕотох уол үһү.

Оҕо сылдьан аҕам да, убайым да итириктэрин, буккулла сылдьалларын көрбөтөҕүм. Хата олус мааны таҥастаах, үөрэ-көтө хоһоонунан үгэргэһэн кэпсэтэллэрин истэрим. Аҕам атынан сүүрдэн ааһарын элбэхтик көрөрүм. Төһө да миигин ииппэтэр, бу аҕам диэн кыра эрдэхпиттэн билэ улааппытым. Кини көнө, холку, аламаҕай киһи этэ. Куораттан тиийдэхпинэ булгуччу сылдьар этим. Сүрдээҕин үөрэр уонна альбом бөҕөтүн көрдөрөр, кэпсиир этэ. Олох умсулҕана күүстээх…

Саргылаана Георгиевна ЯРОСКУНОВА, үлэ ветерана.

Дьокуускай куорат, 2013 сыл.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *