КИҺИ КИЭНЭ КЭРЭМЭҺЭ
Саввинов Николай Саввич – Сэрбэкэ туһунан тугу билэрбин ахтан көрүөм. Бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрэ Ньукулайы Сэрбэкэ, Сэрбээкэй, ырыа Сэрбэкэ диэн таптаан ааттыыллара.

Аҕата Көөбүр Саабыска, ийэтэ (сыыһа өйдөөбөтөх буоллахпына) Баҕалаайа Сөдүөччүйэ диэннэр. Күүлэлээххэ олорбуттара. Көөбүр өтөҕө диэн билигин сылгы дала буолан турар. Ол саҕана Күүлэлээх Эбэ хотун биир күөл эбитэ үһү. Көөбүр эмээхсинэ онно туулуур үһү. Ол сылдьан тыынан устан тыйаарда сылдьан оттуу сылдьар эр дьону үөннээхтик хоһуйан, туойан дьээбэлээн ааһара үһү.
Бииргэ төрөөбүттэрэ Мырҕай Уйбаан, Көрдүгэн Ньукулай, балта Баартыйа диэннэр. Баартыйа үчүгэй кэрэ куоластаах ырыаһыт, үҥкүү тылын этээччи бэрдэ үһү. Сэрбэкэ оҕо эрдэҕиттэн бэйэтэ айан ыллыыра үһү. Холобур: “Дэҥ-дуҥ лэппиэскэ, арыт-арыт алаадьы” диэн ырыалааҕа үһү.
Сэрбэкэ тугу барытын сатыыр киһи этэ. Ууһунан да уус, булчут, балыксыт, болуотунньук бэрдэ. Элбэх ыалга дьиэ акылаатын түһэрбит, дьиэ бөҕөнү тутуспут киһи. Субай сүөһүгэ, ыанньык да сүөһүгэ бостууктуур этэ. Сэгэбигэ хас да сыл бостууктаан сылдьыбыта. Биирдэ устудьуоннуу сылдьан Сэгэбигэ кустуу бара сылдьыбытым. Онно Ондуруоппа Өлөксөйү кытта субайга бостууктуур этэ. Сордоҥнооххо илимнээн алыһары элбэхтик ылар эбиттэрэ. Ол кэмҥэ балыга муҥутуурдук тупсан турар кэмэ этэ. Миэхэ “эбэҥ балыгын амсай” диэн бирээмэ үтүлүк саҕа алыһардары үөлэн сиэппитэ. Арыы-сыа алла сылдьар балыктар этэ.
Николай Саввиһы – Ырыа Сэрбэкэни отой кырабыттан билэбин. Биһиэхэ сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэ сылдьааччы. Ийэбин кытта уруурҕаһар этэ. Ырааҕынан уруубут үһү. Элбэхтик алтыспыт киһим. Кини киһи субуотунньук буоллун, муҥха буоллун, куйуур буоллун – мэлдьи баар буолааччы. Общественнай үлэҕэ сүрдээх активнай буолааччы. Хомуньуус буолбатах эрээри, чахчы хомуньуустуу санаалаах киһи этэ. Ол эрээри сахалыы сиэри-туому булгуччу тутуһара. Үөрүүлээх мунньахтарга кини аата элбэхтик ахтыллара. Грамотата, махтал суруктара элбэх буолуохтаах.
Оҕо сылдьан Сэрбэкэлэргэ элбэхтик сылдьар буоларым. Ийэлэрэ Балааҕыйа куруук чайдатааччы. Улахан Уйбаан мин “саллаатым” этэ. Мин тугу этэрбин барытын толороро. “Бравый солдат Иван Бровкин” диэн киһиргэттиҥ да, тугу соруйаргын барытын толорор. Үксүн ууну, бадарааны кэстэрэҕин, оҕолору кытта туһуннараҕын. Тустуутугар оҕолору бэйэтин тэҥнээхтэрин киһилээбэт этэ. Кэлин улаатан баран араас күрэхтэһиилэргэ, ыһыахтарга тустан куруук миэстэлэһэр этэ. Биирдэ Яковлев Коляны (Каакыһы) кытта “саллааппын” Уйбааны киһиргэтэн, бу бадарааны туораатаххына герой буолуоҥ диэн уулусса бадараанын быһа кэстэрдибит. Киһибит кэстэ, саппыкылара бадарааҥҥа олорон хааллылар. Онно түбэһэ аҕата Сэрбэкэ кэллэ, сабардаан ылла да хонноҕун анныгар кыбынан кэбистэ: “Бу хара сордоох манна тугу сиэри киирдэ. Абаккам!” – дии-дии чыпчаххайынан салгыны охсон куһурҕатар. Ол курдук кыбынан дьиэтигэр илдьэ барда. Биһиги “геройбут” ытаабат да, хайаабат да. Үҥсэн, этэн биэриэ диэн куттанабыт. Ол эрээри киһибит этэн биэрбэт. Аҕата иккиһин кэлэн саппыкытын хостоон барбыта.
Кэнники хас да сыл почтальоннаан сылдьыбыта. Почтатын хаһыатын, сурунааллары атынан Өкүндүттэн бэрэмэдэйгэ ырдан таһар этэ. Хамсатын ытырбытынан сылдьара. Дьон оонньоон: “Сэрбэкэ обургу айаннаан кэлбит, табааҕын буруота уулуссаҕа паровоз буруотун курдук тыргыйбыт. Ол аата почта кэлбит”, – диэн омуннаан этэллэрэ. Эҥкилэ суох үлэһит киһи этэ.
Сэрии буолбутугар биир убайын армияҕа ыҥырбыттар. Сэрбэкэ ону атаара куоракка киирбит. Борохуокка убайын атаара барбыт. Ону буоллаҕына: “Хата, бу ааттаах саллаат буолар киһи кэлбит эбиккин. Хата убайгын кытта барыс”, – диэннэр үргүлдьү армияҕа ылан барбыттар. Тоҕо эрэ сэрии туһунан тугу да кэпсээбэт этэ. Арааһа, букатын сөбүлээбэт темата быһыылааҕа. Арай “тыҥабар оскуолкалаахпын, онтукам бадьыыстыыр” диэччи.
Сэрбэкэ ийэлээх аҕата иккиэн ырыаһыттар, тойуксуттар, олоҥхоһуттар, оһуокайдьыттар эбитэ үһү. Били этэргэ дылы, иккиэн ыы-быччары ырыалаах, тобус-толору тойуктаах дьон. Ньукулай Саабыс дьоннорун утумнаан ырыаһыт, тойуксут, бастыҥ үҥкүү тылын этээччи. Хас бырааһынньык, ыһыах, быыбар күнүн ахсын хайаан да үҥкүү тылын этээччи.
Москва, ВДНХ.
Нэһилиэк да, оройуон да ыһыахтарыгар куруук бастыҥ этээччи буолар этэ. Үҥкүүлэригэр чэпчэки баҕайытык атаҕын төбөтүнэн үктэнэн дэгэйэн хаамааччы. Намылхай куолаһынан киһини үчүгэй баҕайытык үҥкүүлүүр турукка киллэрэн кэбиһээччи. Ол иһин буолуо, кини үҥкүүтүгэр киирбит дьон үҥкүү бүтүөр диэри тутуһан сылдьааччылар. Чэ, быһата, киһини сылаппат үҥкүүһүт этэ. Тылын ууһа, куолаһа үчүгэйэ дьикти буоллаҕа. Үчүгэйдик, ис-иһиттэн иэйэн-куойан туран этээччи.
Саввинов Николай Саввич – Сэрбэкэ (хаартыскаҕа иккис) ыһыахха оһуохай тылын этэр.
Биһиги, кэлиҥҥи үҥкүүһүттэр, син туохха эмэ киниттэн үөрэннэхпит буолуо.
Мин кырабар Сэрбэкэтэ суох биир да концерт буолбат этэ. Атын мииннэ да киҥинэйэн ыллаан барара. Оннооҕор көннөрү хаама сылдьан ыллааччы.
Кини оһуокайыттан маннык строкалар өйбөр хатанан хаалбыттар:
Элиэнньин ыйан биэрбит
Эркээйилээх суолунан
Биһиги диэтэх дьоннор
Киистэ анньан киириэҕиҥ
Кэрэспэдьиэн ол онно
Олох туһунан суруйар.
Эһиэкэйдиир эһиэкэй,
Оһуокайдыыр оһуокай.
Албан ааттаах баартыйаҕа
Айхал буоллун доҕоттоор,
Хомуньуустуур баартыйаҕа
Уруй-айхал буоллунууй.
Чэйиҥ эрэ, күөгэллэр,
Чэгиэн ыраас салгыҥҥа
Көмүс чуораан тыллары
Көбүөхтэтэн көрүөҕүҥ.
Сороҕор оһуокайын маннык саҕалааччы:
Оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэкэйдиир эһиэкэй
Самаан сайын кэлиитэ
Саха таптыыр оонньуутун
Сааһылаһан тураммыт
Саҕалыаҕыҥ сэгэрдээр
Аанныыр ийэ дойдубут
Айыллыбытын аатыгар
Алтатыттан бииригэр
Арассыыйа эбэ хотуҥҥа
Алтан чуораан тылынан
Айаарыаҕыҥ сэгэрдээр.
Оттон ырыатыгар маннык тыллары өйдөөн хаалбыппын:
Мааны-мааны холкуоһум
Маныыһыта буолабын,
Үтүө-үтүө холкуоһум
Үлэһитэ буолабын.
Биир ырыатыттан маннык тыллар хаалбыттар:
Талба-талба Татыйыына
Тарбыйахтаабыт тарбыйаҕа
Таарбаҕаҥҥа холоонноох,
Талба-талба Татыйыына
Бостууктаабыт борооно
Боруобаҕа холоонноох.
Биирдэ сэрии иннинэ Тааһаҕарга ыһыахха кэлэ сылдьыбыт. Үҥкүү бөҕөнү үҥкүүлээн дьэргэппит. Дьон улаханнык сэҥээрбиттэр. Ол сылдьан биир ыаллар кыыстарын сөбүлээбит. Дьиэтигэр батыһан тиийбит. Ону буолаҕына анараа дьон Сэрбэкэни сөбүлээбэккэ кыыстарын ампаарга хаайан, хатаан кэбиспиттэр. Сэрбэкэ хайыаҕай, абаккатыгар ол дьону хоһуйан хомойбут санаатын уһуннук эппит.
Сэрииттэн кэлэн баран Өкүндү сайылыгын ыһыаҕар сылдьыбыт, эмиэ үҥкүү бөҕөнү эппит. Өкүндүлэр үчүгэйдик билбэт буоллахтара дии. Онно бэйэтин бу курдук билиһиннэрбит, үҥкүүтүн маннык саҕалаабыт:
Харса суоҕун көрдөрөр
Харчы саҕа мэтээллээх,
Хара бараан сирэйдээх
Ханнык уолгун кэлэн дьэ
Хатан чуор куолаһынан
Үҥкүүлээтэ диэтэргит (…)
Сэрбэкэ диэн оттон киһи киэнэ кэрэмэһэ буоллаҕа. Ханна баҕарар ырыа аргыстаах сылдьара. Дэлэҕэ да Сэрбэкэ диэхтэрэ дуо.
Оҕону кытта оҕо, дьахтары кытта дьахтар, оҕонньору кытта оҕонньор этэ. Кини туйаҕын биир эмэ сиэн, хос сиэн хатараллара буолуо. Кини үтүө аата үйэлэргэ умнуллуо суоҕа.
Ахтыыны суруйда
Виктор Ионович ХАРЛАМПЬЕВ, үлэ бэтэрээнэ, хомуньуустуу үлэ удаарынньыга.
2019 сыл ыам ыйын 14 күнэ.


