САХА ОМУГА. САХА ОЛУГА. САХА ОЛОҔО
Саха ынаҕын генофондатын аҕыйах ордон хаалбыт “сыккырыыр тыынын” тутан сылдьар сүҥкэн өҥөлөөх дьоһун дьоммутугар бүгүн булгуччулаах болҕомтобутун уурар кэммит хайдах даҕаны тирээн кэллэ курдук көрөбүн!
Сахабыт сирин киэҥ-нэлэмэн сирин тайаан сытар ирбэт тоҥ буорбут буолаары буолан үөскээбитэ, анаан-минээн кыылын-көтөрүн, киһитин- сүөһүтүн бүөмнээн чөл тэниппитэ барыта уурбут-туппут курдук төрүөттээх, айылҕатынан оҥоһуулаах эбитин билигин кэлэн дьэҥкэтик өйдөөн эрэр курдукпут. Туох барыта төрөөбүт сириттэн-буоруттан, төрүт сүрүн аһылыгыттан тутулуктааҕа «учуонай да үөрэтиитэ», туораттан орооһуута суох биллибитэ син балайда буолла. Ол курдук, сылгыгын-сүөһүгүн итии дойдуга көһөрөн илдьэн 3 эрэ төгүрүк сыл чөл тутуоҥ. Сыыйа этин хаачыстыбатын уларытан, сирин-буорун тутулун сүтэрэн, анараа дойдутун кырсын иҥэринэн, ол сирин отунан-маһынан толорунан «саха ынаҕа, саха сылгыта» диэн төрдүгэр эрэ хааларын аны билэбит.
Саха сирэ, ону ааһан Хоту дойду экстремальнай тыынын тутан сылдьар тыынар тыыннааҕа уратытын аны кэлэн сөхпөккүн. 12 ыйы, ол эбэтэр сылы эргиччи сынньалаҥы билбэккэ, уоппуска диэни аахсыбакка сүөһү тула тура хараҕаланан «Тымныы Хотун» хаҕыс тыынын кытары тэҥҥэ эриһэн, уот куйааһын кытта тэҥҥэ тутуһан, сүөһү-сылгы кыстыгын, төрүөҕүн аттарыытыгар төбөҕүн сынньан, кылгас сайынын оттоон-мастаан тыыннаах хаалар туһугар туруулаһан кэлбит өбүгэлэрбит хара көлөһүннэрэ – бүгүн өһүллэр кутталлаах кэмигэр тиийэн кэллибит. Сайдыы обургу «хадаҕалыыр хандалытыгар» олорсон – бары сылаас тупсаҕай дьиэ, үөрэх-үлэ үөһүгэр үлүмнэһэн, ыксалынан-тиэтэлинэн гаджет, төлөпүөн, интэриниэт, ноутбук ойбонугар «уйа туттан», бүгүҥҥү күн тирээн кэлбит булгуччулаах ирдэбилигэр бас бэриннибит. Тула эйгэбит куйаар ситимэ суох туохпут да быһаарыллан кыаллыбат кэмигэр – «кэхтии дуу, сайдыы дуу» диэн кэтэх тардыстан олорбокко, аныгы дьон сиэринэн олохторун оҥостон дьаалыларынан дьаһанан үлэлээн-хамсаан олорор курдуктар. Ол сөп даҕаны. Айылҕа тургутан сыымайдыыр тутулун ким хайдах уйарынан, санаата сытарынан, тардыһар киэбинэн олоҕун оҥостор судургута суох кэмнэрэ кэллилэр.
Саха ынаҕын «хайаан даҕаны булгуччу тугу барытын быраҕан туран ииттиҥ» диэбэппин. Биирдиилээн энтузиаст дьон ылсан, программаҕа киирсэн көрөн тэнитэллэрэ – бүгүҥҥү күн сэдэх көстүүтүнэн, ону ааһан «дьоруойдуу дьаһаныы» хайысхалаах хардыытынан курдук буолла. Сүөһүбүт-сылгыбыт – айылҕабыт барахсан тэбэр сүрэҕэ эбит… Сойуус сылларын тиһэх күннэригэр соҕотох саха оҥуспут (оҕуспут -Ред.) ордон хаалбытын «эйэнэн-сүбэнэн» сөбүлэҥмитин биэрэн илии баттааһыннаах уодьуганнаабыт кэммитин бу баардыы өйдөөн кэлэн испэр сонньуйабын… Сүрүн төрүөтэ диэн «төрүөҕэ кырата, үүтэ аччыгый» аатырбыта, нуучча боруодатын тутар барыстааҕынан аахпыппыт мэлдьэх буолбатах.
Сахабыт сирэ ирбэт тоҥ буорбутун төрөөбүт дойдубутун кытары ыксары ситимнээбит кыаҕын суох оҥорорго санаммыт оччотооҕу дьон ырааҕы ыйдаҥардан, баар баайбытын болҕойон көрбөтөхпүт бэйэбит итэҕэспит.
Күн бүгүн хаачыстыбалаах аспыт-таҥаспыт сыыйа симэлийэн, кэлии (привозной бүрээт этинэн) саарбах аһынан ыга кыстаммыт араас уоттаах- күөстээх «ИП» лааппылартан аһаан олорор бэйэбит сыыйа доруобуйабыт айгыраан, дьон олоҕо лаппа кылгаан туохпут эрэ тиийбэтин дьэ сэрэйэн эрэр курдукпут…
Хармааныгар харчылаах, сөбүгэр хамнастаах өттө эт, үүт, ынах арыыта, балык, булт, көтөр аһылыгар көспүтүн… быйыл кыһын куоракка тиийэн икки ый буолаары илэ харахпынан көрөн, эт кулгаахпынан истэн кэлэн сөҕөн уонна аһары үөрэн, хайҕаан олоробун…
Саха киһитин этин сиинин тоҥ буорун тутулугар, айылҕатыгар сөп түбэһэн доруобуйата тупсар тутула – баара-суоҕа сүөһүбүтүн, сылгыбытын тутан ууһатар кыахпытыгар сытарын дьэҥкэтик өйдөөтүм.
Сиэрбит-туоммут төрүөтэ, өбүгэбит салҕанар күүһэ (сибиинньэ, бараан этиттэн халбаһынан түҥ былыргыларбыт аһаабатах эбиттэр), ыһыахпыт, сирбит-уоппут тула төбүрүөннээн түмсэр Түһүлгэбит төрүөтэ маныаха сытар.
Саха сүөһүтүн тула сыта-олоро толкуйдарын тобулар, сарсыҥҥы күҥҥэ торумнуур дьоммутугар кыахта биэрдэххэ хайдаҕый диэн санааттан Үөһээ Дьааҥы улууһун Сартаҥ нэһилиэгин олохтооҕо, Сыһыы Мэйиитин учаастагар олорон саха сүөһүтүн тэнитэр Аммосов Иннокентий Ивановичтан санааларын үллэстэригэр көрдөстүм.

– 2008 сыллаахха «Саха ынаҕын тэнитии» Программатынан 3 мөлүйүөн суумалаах граны ылбытым. Аҥаарыгар сүөһүнэн, аҥаарыгар трактор ылбытым. Ынаҕы 1400-кэ ылбытым. Аан бастаан 6 сүөһүнү Нам «Таастааҕыттан» аҕалбытым. 1 атыыр оҥуһу кытта 5 уулаах бургунастары. Онтон иккис сырыыга 2019 сыллаахха Амма Болугуруттан 15 сүөһүнү, аара аҕалан иһэн 3-тэн биир атыыр оҥуһу Барыласка хаалларбыппыт. Билигин Сыһыы Мэйиитигэр ииттэн олоробун. Саха сүөһүтүн уратыта элбэх. Аһын кыратык аһыыр. Сирбэт-талбат, сүрдээх бор.

Өссө биир үчүгэй хаачыстыбата диэн кылгас кэм иһигэр бэрт дөбөҥнүк уойар. Атырдьах ыйыттан «арҕахха киирэр эһэ» курдук, айылҕатын батан кыстыкка бэлэмнэнэн уойарга барар эбит. Үүтэ тардан хаалар, торбосторун эмтэрэр ынах кэлбэт-барбат буолар, сүтэр. Тымныы ууну атын сүөһүлэр курдук курдурҕаччы испэт. Бэрт бытааннык иһэр. Сыпсырыйан, уһун күнү быһа оонньуу турар. Киһи күнэ-дьыла, ньиэрбэтэ онно бүтэр (күлэр).

Улахан сүөһүтэ муҥутаан күҥҥэ 2 эҥин эрэ биэдэрэни иһэр онтон ордук испэт. Хойукка диэри хаар анныгар хаһан аһыыр ньыматынан оннуга дуу. Аны иитэрбэр саҥа соҕустук, атыннык тутар гына дьаһаныам этэ. Ол аата хотон иһигэр бэйдиэ, көҥүл-босхо сылдьарын курдук. Саха боруода сүрдээх көрсүө, «стаднай» сүөһү буолар. Көҥүл сылдьар сүөһү уһун кыһыҥҥа холку хаамар, тарбанар-саланар, хотонтон киирэригэр-тахсарыгар уонна табыгастаах, ньымса буоллун диэн. Сарсыарда таска таһаарабын. Ааны арыйдым да киирэн хаалалларын курдук гына. Хобуулга аһыыллар. Тымныыга таска аһыыллар, ойбоҥҥо уулууллар. Күҥҥэ иккитэ аһаан, уулаан хотоҥҥо киирэллэр.

Төрүөх саҕана уулаах өттүн туспа тутуом этэ. Хотоҥҥо киирэллэригэр торбоһу уонна бөдөҥ сүөһүтүн туһунан тутар ордук буолуо. Улахан сүөһүтэ урут аһыыр, кыратын үтүрүйэр идэлээх. Кырата ол түмүгэр аһын былдьатан үксүн матыан сөп. Сайын, күһүн кэтээн көрдөххө ынах өттө мэччирэҥҥэ бардаҕына икки улахан сүөһү хаалан «оҕо көрөн харабыллыыр» эбит. Сарсыныгар көрдөххө чыҥха атын ынахтар аны сытар буолаллар. Суота, атыттар мэччийэллэригэр 2 солбуһа сылдьар ньээҥкэлээх буолар эбиттэр. Эһэ кэллэҕинэ эмиэ көмүскэнэн биир сиргэ чөмөхтөһөллөр, оҕолорун ортолоругар укталлар. Оҥустар уонна байтаһын сүөһүлэр «оборонаҕа» тураллар диэн итинник кэпсииллэрин истэбин.

Идэһэҕэ туттар эппин аҥаардас отунан эрэ аһатыам этэ диэн былаанныыбын. Ол онуоха уратыта диэн бастатан туран миинэ барар, күөх отунан аһаабыт сүөһү этигэр биэрэр. Иккиһинэн, сыата сымныыр. Ууллаҕас буолар. Оттон бурдугунан турбут сүөһү сыата тоҥо сылдьар буолар эбит. Бүлүүлэр холобурдарыттан ылан эттэххэ, идэһэҕэ туттар сүөһүлэрин таска тутан аһаталлар. Уонна биири бэлиэтээн этиэм этэ. Айылҕа хайдах эрэ бэйэтэ «иитин» диэбит курдук, тура тыһыны эрэ бу кэнники кэмнэргэ төрүүрү билэр. Оҥус торбос төрүүрэ букатын сэдэх. Муҥутаатаҕына икки оҥус төрүүр, онон бүтэр.
Сахам сүөһүтэ олохпун кытары ыкса ситимнээх диэххэ сөп, олоҕум аргыһын 2018 сыллаахха Саргыянабын ылан массыынанан көһөрөн ылан кэлбитим. Ол айаннаан сүөһүбүтүн ылан кэлэрбитигэр Степан Иннокентьевич Заровняев уонна Андрей Андреевич аҕалсыбыттара. Онно кэлэн иһэн аара сири-дойдуну көрөн Степан Иннокентьевич: «Дьааҥы сирэ эбээннэр (хоту буоллар эрэ бары эбээннэр да чукчалар диэн өйдөбүллээхтэр) сирдэрэ буолбатах, дьиҥнээх сахалар сирдэрэ буолуон сөп, хас сир-дойду аайы ааһан истэххэ сэргэ элбэҕэ бэрт эбит», – диэн сөхпүтэ. Аны туран ону туоһулуур курдук 90-с сыллар кэннэ улахан ыһыахтар буолбуттара. Ыһыах сүрүн сынаарыйын, сиэрин-туомун оҥоруутун, түҥ былыргы тутулун тэрээһинин кырдьаҕас Верхоянскай куоратын музейыттан ылбыт эбиттэр. Ынах былыргы муостарын булумньутун, тыҥырахтарын эҥин үөрэтиэхпит диэн ыйыта сылдьыбыттара. «Дьааҥыга саха сүөһүтэ төрүт баар этэ дуо» диэн ыйытыкка хоруй көрдүүллэр. Кэрэх мастарга, былыргы туомнарга туттуллубут сиртэн дэбигис булуохха сөп диэн «кикпиттэрин» тутуннум. Онон сирдэтэн углероднай аналиһынан сылгы, сүөһү сааһын чопчу таһаарар сыаллаах көрдөөбүттэрэ.
Былыргы сиэргэ-туомҥа тохтоон ааһар буоллахха, «кэрэх мастар» элбэхтэр диэн бэлиэтээн көрөбүн. Ону биһиги тыытыспаппыт. Былыргы дьон туохха анаан тутталларын, сиэрдэрин-туомнарын оҥостон ааспыттарыгар орооспоппут. Дьааҥылары этэр буоллахха, тус санаам төрүт манна олохтоох дьоммут диэн сабаҕалыыбын. Киин сирдэр диэки Өлүөнэ өрүһү өксөйөн баҕар хантан эрэ кэлтэрэ буолуо – Эллэй, Омоҕой баай сыдьааннара. Тоҕо инньэ диирим биир төрүөтэ, саха тылын төрүт олоҕун түҥ былыргы архаическай тутулун үөһээ дьааҥылар илдьэ сылдьаллар дииллэрин истэн эттим. Биһиги дойдубут ирбэт тоҥ буордаах дойду уонна Дьааҥы арҕастаах хайаларынан айаны-сырыыны табанан, атынан эрэ былыр сылдьаллара.
Былыр Сартаҥ тыатын сиригэр Тыаллаах Баһылайа диэн кырдьаҕас тыһыынчанан үөр сылгыны ииттэн ааспыта биллэр. Ол курдук ынах сүөһүнү эмиэ хото ииттэллэрэ. Былыр уонна киһини кистииллэригэр үрдүн буорунан саба быраҕан кэбиспэт эбиттэр. Эбэһээт үрдүн маһынан бүрүйэн, тоҥон «мумия» курдук буолар эбит диэн саныыбын. Ол эмиэ төрүт олохтоох саха сиэригэр-туомугар сыһыаннаан тутталларын уратытын этэбин.
Билигин дьэ грантан бүттүм. Бэйэм салгыы бу саха сүөһүтүн эһэн кэбиспэккэбин ииттиэхпин, өссө ахсаанын элбэтиэхпин баҕарабын. Харчы мунньунаммын эбии сүөһү атыылаһаары гынабын. Ахсаанын элбэтэн, эккэ оҥус өттүн ииттибит киһи диэн баҕа санаалаахпын. Билигин хотон туттарга диэн олоххо киллэрэргэ киирсэ сылдьабын. Бэттэх кэлиэх курдук буоллулар. 50 миэстэлээх хотон үлэҕэ киирэрэ буоллар бэрт буолуох этэ. Сирин уотун уонна ходуһатын табыгаһын учуоттаан Сыһыы Мэйиитигэр салгыы тутарым ордук. Тиэхиньикэ хаамарыгар уонна табыгастаах диэн. Иннэ былыр оҕонньоттор атынан оҕустараллара эбитэ үһү. Мин тыраахтарынан оҕустарабын. Волокушам баар. Уулаах эрэ сири салапаанынан соһон таһаарабын. Болотниктаах буоллаҕына ходуһаны алдьаппат. Билигин тыраахтыр иннигэр кэтэр анал насадка баар. Илин көлүөһэтигэр олордоҕун. Оччотугар түспэт эбит. Бытаан эрэ буолар диэн этэллэр. Үчүгэйдик тэринэн оҥоһуннахпына оппун тиэнэн кэбиһиэхтээхпин. Үлдьү волокушаҕа кэбиһэҕин. Состорон таһааран хотонум таһыгар таһан истэхпинэ табыгастаах буолар. Оннук гынан боруобаҕа туттан көрбүппүт, үс дуу түөрт дуу гаалаах сири 2 чааһынан бүтэрбитэ. Оҕустарарга, мустарарга тиэхиньикэлээх киһиэхэ үлэлииригэр дэбигис буолуох этэ.
Дьэ, ити курдук саха ынаҕын салаатын тула тура-олоро кэпсэтии кэнниттэн, киһи хайдах эрэ эгди буолан эрэл кыыма үөскүүр. Эдэр дьон «хараҕын уота умайан» үлэлииллэригэр ураты тыын киллэрэн, салалта өттүттэн салааһыннаах көмөлөр, үтүө өҥөлөр үлүмнэһэн истэллэр олус бэрт буолуох эбит диэн астына санаатым.
Хоту дойду хоһуун дьоно үлэттэн чаҕыйбат, бүгүҥҥү күҥҥэ булгуруйбат ыллам санаалаах саха саарыннара баалларын тухары хайдах эмит гынан мүлчү-хаччы туттаран кэбиспэккэбит, утары баран санааларын хоту үлэлииллэригэр кыах биэрэн Иннокентий Иванович (оҕо эрдэҕинээҕи таптал аата да астык – «Миллионер» диэн!) курдук энтузиаст дьоммутун өйүүрбүт буоллар.
«Саха ынаҕа хантан эрэ соҕурууттан, итии дойдуттан кэлбитэ дуу, төрүт манна олохтоох сүөһү этэ дуу» диэн мунаарар дойҕоҕу мин төрүт утарабын! Саха сирэ сир картатыгар «хас да сиргэ» баарын курдук мунааран бүтэр кэм кэллэ. «Саха омуга Кытайтан тиийэн кэлбитэ» диэтэххэ ким итэҕэйиэн этэллэрин курдук халы-мааргы, сыныйбыта буолан сыымайдааһын төрдүттэн сыыһа!
Аҕыйах ахсааннаах саха омуга – сахатын ынаҕа, сылгыта эрэ баар буолан баччаҕа диэри баар дэттэрдэҕэ!
Этин-сиинин оҥоһуута – айылҕата онно сөп түбэһиннэрэн, чуолаан тоҥ болгуо муус кыаһаан тыыннаан (африканецтары көрөбүт дии – айылҕаларын батан «толбоннурар үөн хара» дьон) тосхойбутун аны кэлэн «булгурута сатаан», атын сиртэн тиийэн кэлбитин курдук ханарытан хасыһар майгыны тохтоторго уолдьаста!
Үөһээ Дьааҥы улууһун үлэһит дьонун аатын-суолун үйэтитэн, аныгы кэм балысхан сайдыытыгар ыктаран тыын былдьаһыктаах ыгым-харбыалас хаҕыс ырыынак үйэтигэр, саха ынаҕын тутан тэнитэр мөккүөрдээх дьоммутугар махтаныах эрэ тустаахпыт!
Иннибэр «Дьааҥылар дьоһун ыһыахтара» диэн 1994 сыллаахха тахсыбыт кинигэ, ону таһынан «Саха ынаҕын генофондатын туһаныы» П.А.Романов кинигэтэ, «Үөһээ Дьааҥыга тыа хаһаайыстыбатын төрүт сайдыыта» 1930-2003 сыллаах кинигэлэрэ сыталлар. Үйэ анараа өттүгэр баар, кэлэр да үйэлэргэ саха омук, ол эбэтэр хоту дойду дьоно эстэн-быстан сүппэт төрүөттэрэ – саха ынаҕа уонна сылгыта симэлийбэтэҕинэ үөскүү, ууһуу турар аналлаах сарсыҥҥы күнэ саргылаах буолуоҕар эрэниэҕи баҕарыллар.
Барыта бэйэбит илиибит иһигэр. Сатабыллаах салалта мындыр дьаһалларыттан тахсар үүннээх-тэһииннээх дьайыылары күннэтэ кэтэһэбит. Эрэлбит кыыма сүппэтигэр хайаан даҕаны эрэнэбит!
Айылҕа көҥүлүнэн, дьон баҕа санаатынан үлэлииргэ-хамсыырга хардыылар баалларын тухары барыта кыаллыах курдук диэн туран түмүктүүбүн.
Кэпсэтиини ыытта
Галина Степановна СТРУЧКОВА–Табайаана.
2025 сыл, кулун тутар ый.
