Яковлев Николай Никитич туһунан

ТӨРДӨ-УУҺА КИМНЭЭҔИЙ?

Дьүөлэкээн Баһылайтан тымыр-хаан тардыбыт Степанов Сэмэн – Күтэр Сэмэн хос сиэнэ Яковлев Николай Никитич – Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бэтэрээнэ.

Кини туһунан “Үөһээ Бүлүү” хаһыат 2019 сыл атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи нүөмэрин 13-с балаһатыгар “Уһулуччулаах салайааччы, үтүөлээх киһи” диэн СӨ үөрэхтээһинин ситимин бочуоттаах үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ уонна Абый улууһун, Абый улууһун Муҥурдаах, Ураһалаах нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина, педагогическэй үлэ бэтэрээнэ, Дүллүкү Бүтэйдээҕиттэн төрүттээх Мария Прокопьева Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө суруйбут ыстатыйата тахсыбыта.

Мин ааспыт үйэ 80-с сылларыгар аймаҕым саас балыктыы сылдьан ууга дэҥнэммитигэр, Абыйга Амыдаев Н.Д.. Тимофеев Н.Д. буоламмыт бара сылдьыбыппыт. Николай Данилович Тимофеев бииргэ төрөөбүт быраата Титов Толя ууга дэҥнэммитэ. Дьокуускайтан самолётунан көтөн Белай Гора аэропордугар түспүппүт. Авиапорт балаһата гравийынан кутуллубут, хайа да ардахха бэриммэт этэ. Бөһүөлэккэ тахсыбыппыт барыта иккилии этээстээх буруус маһынан тутуллубут дьиэлэр кэчигирээн тураллар. Дьиэлэрэ бары благоустойстволара киирэрдии бэлэм тураллара, киин хочуолунайтан ититиллэр эбиттэр. Уулуссалара бары гравийынан халыҥнык кутулланнар бадараан диэни көрбөккүн, дьиэлэр тастарыгар ыччат мастары аҕалан олордубуттара саҥа үүнэн эрэр этилэр, билигин ырааттахтара буолуо.

Абый оройуонун урукку киинэ, Дружина бөһүөлэгэ, сыл аайы халаан уутугар барар буолан улаханнык эрэйдэммиттэр. Николай Никитич Яковлев райисполком бэрэссэдээтэлинэн үлэлии тиийэн баран, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар нэһилиэнньэ туруорсуутун тиэрдэн, бу Белай Гораҕа көһөрөн, үрдүк сиргэ саҥа бөһүөлэги туттарбыт эбит. Кинини кытта биир кэмҥэ Климент Егорович Иванов райком сэкирэтээринэн үлэлээбит. Мин сылдьар бириэмэбэр К.Е.Иванов Үөһээ Бүлүүгэ райком сэкирэтээринэн, Н.Н.Яковлев Дьокуускайга үлэлии сылдьаллара.

Бу икки киһини Абый оройуонун олохтоохторо оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ олус хайгыыллара, таҥара курдук ахталлар, махтаналлар эбит этэ.

Абый үтүө дьоно Николай Никитиһы хайгыылларын истэммин, бэйэбин хайҕаппыт курдук санаммытым. Бастакытынан биир дойдулааҕым – Үөһээ Бүлүү, иккиһинэн аймаҕым, Күтэр Сэмэн сиэннэрэбит.

Индигир эбэ олус түргэн сүүрүктээх өрүс буолан уута болоорхойо, кирдээҕэ бэрдэ. Буочукаҕа кутуллубут уулара нэдиэлэни быһа туран сөҥөн, ырааһырар этэ. Арааһа, билигин ыраастаммыт ууну тутталлара буолуо.

Белай Гораҕа сылдьан А.И.Александров райкомҥа үлэлиирин уонна Туобуйаттан төрүттээх Саввиновы, Абый совхоз директорын көрсүбүтүм. Оччолорго советскай саҕана хоту оройуоннар хааччыллыылара олус үчүгэйэ, таһаҕастара Хотугу муустаах муоранан кэлэрэ. Ыаллар дьиэлэрин иһэ араас миэбэлинэн толорута, маҕаһыыннарыгар миэбэл арааһа биһиэхэ дэписиит табаар, бородуукта эгэлгэтэ анньыллан турара, атын дойдуга сылдьар курдук этэ. Ан-2 самолётунан Муҥурдаахха (Сыаҕаннаахха) чаас аҥаарыттан ордук көтөн тиийдибит, күөллэрэ улахана сөхтөрбүтэ. Улахан күөллэри хорон түһэрэн ходуһа киэҥэ ааттааҕын таһаарбыттар, уҥуора-мэҥээрэ биллибэт ходуһаларга тиэхньикэнэн эрэ оттууллар эбит этэ.

Күөх кырыстаах уулуссалардаах дэриэбинэни Муҥурдаахха тиийэн көрбүтүм. Саас буолла да ханнык даҕаны тиэхиньикэни дэриэбинэ иһигэр киллэрбэттэр, сүүрдүбэттэр. Сүөһүлээх ыаллар хотоннорун уһаайба иһигэр туттубаттар, дьиэлэртэн 40 м ыраахтаах хотоннор уулуссалары ойуур саҕатынан барара, онон уһаайба иһэ тэпсиллибэт буолан эмиэ күп-күөх. Дьиэлэрин, тэрилтэлэрин таһа барыта күөх олордуу мастар. Соҕуруу дойдуга сылдьар курдуккун. Самолёт түһэр былаһаакката дэриэбинэлэрин кытыытыгар баар. Төннөөрү самолёт кэтэһэн олорон олордохпутуна Ан-2 самолёт түһээри, лүөччүк алҕаһаата быһыылаах, икки көлүөһэтиттэн бүтэйгэ иҥнэн, хойуостанан тиэрэ кэлэн түстэ. Дьолго киһи дэҥнэммэтэ, биир пассажирдаах эбит уонна биир толору кэлгиллибэтэх буочукалаах.

Нөҥүө күнүгэр самолёт кэлбитигэр онон көттүбүт. Райком бастакы сэкирэтээрэ Б.Д.Слепцов ойуур баһаардарын кэрийэ көтөн көрө сылдьар эбит. Ото-маһа сүрдээх иинэҕэс, хас да ойуур уотун көрдүбүт, уот алаадьы курдук биир тэҥник төгүрүччү сиир. мин көрдөхпүнэ улаханнык ырааппат уоттар. Онон Николай Никитич Яковлев Абыйга үлэлии олорон туттарбыт Белай Горатын, Абыйын сирин-уотун көрөн, дьонун-сэргэтин кытта кылгас да кэмҥэ бириэмэ буоллар билсэн турардаахпын.

Кини ийэтинэн эбэтэ Сургуулук, Күтэр Сэмэн кыыһа. Бу кыыс Маҥааска Токуһуй Түмэппий диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Бу туһунан Дьүөлэкээн аҕатын ууһун суруйарыгар фольклорист Л.Ф.Николаев суруйан хаалларбыт.

Маҥаастан төрүттээх Тамалакаан олохтооҕо Семён Степанович Саввиновы кытта ааспыт үйэ 70-с сылларыгар Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга Николай Данилович Амыдаевка хаста да түбэсиһэн хоммуттаахпыт. Николай Данилович кэргэнэ Прасковья Семёновна Сэмэни Таай Сэмэн, сороҕор Чөмпүйүөн Сэмэн диэн ааттыыра. Сэмэн өрөспүүблүкэҕэ Манчаары оонньууларыгар хапсаҕайдаһан тустууга саастаахтарга чөмпүйүөннээн сылдьыбыт. Сэмэн Степанович миигин кытта аймахтыы буоларбыт туһунан кэпсээбитэ.

Күтэр Сэмэн кыыһа Токуһуй Түмэппийгэ кэргэн тахсыбыт, онтон үс кыыстаммыт. Биир кыыс Далыр Күүлэтигэр Яковлев Никитаҕа кэргэн тахсан хаста да оҕоломутуттан түөрт уол улааппыттар: Николай I, Бүлүү училищетын бүтэрээт сэриигэ баран охтубут, Николай II, Аппанаас, Василий үрдүк үөрэхтэммиттэр, Афанасий Никитич Москваҕа С.М.Будённай аатынан академияны бүтэрэн ветбыраас, Боотулууга олорон аҕыйах сыллаахха барбыта. Василий Никитич үрдүк үөрэхтээх учуутал, Ньурбаҕа уһуннук үлэлээбитэ.

Иккис кыыстан Саввинов Семён Степанович, Саввинов Никита Степанович төрөөбүттэр. Үһүс кыыстан Прасковья Семёновна Амыдаева, Аким, Илья диэн бары өлбүттэр. Хомойуох иһин Таай Сэмэнтэн, Саввинов Семён Степановичтан тугу да бэлиэтэммэккэ хаалбыппын, онон ийэлэрин, эбэлэрин ааттарын тамты умнубуппун. Саввинов Семён Степанович, Амыдаева Прасковья Семёновна, Яковлев Николай Никитич уонна мин Семёнов Егор Михайлович хос эһэбит Сургуулук киһитэ Күтэр Сэмэн – Семён Степанов диэн.

2013 с. тахсыбыт «Бастакы Үөдүгэй» кинигэ 55 лииһигэр сурулларынан кулун тутар 29 күнүгэр, 1899 с. суруллубут дьиэ кэргэн испиһиигэр Семён Степанов – Күтэр Сэмэн (мин бэлиэтээһиним) 67 саастаах өлбүт диэн сурулла сылдьар. Ойоҕо Домна 58 саастаах, уолаттара Прокопий 23 с., Николай 19 с., Джелкянский род Дьүөлэкээн аҕатын ууһа (мин бэлиэтээһиним). Бастакынан сурулла сылдьар, иккиһинэн Кютяр Ола – Тимофей Семёнов (Күтэр Уола) 27 с., ойоҕо Мария Семёнова 28 с., уолаттара Николай 7 с., Христофор 3 с., Иван 1с., кыыһа Анна 1 с. өлбүт.

Кини кыра уола, мин аҕам Мэхээлэ, өссө төрүү илик, кини 1906 с. төрүөх этэ. 1943 с. бэс ыйыгар мин биэс ыйбар сэриигэ ыҥырыллан барбыта, эргиллибэтэҕэ. Ааспыт үйэ 90-с сылыгар Сургуулук ытык кырдьаҕаһа, 90 сааһыгар тиийбит Моеков Данил Семёнович хараҕын көрдөрүнээри кыыһыгар Александра Даниловнаҕа Үөһээ Бүлүүгэ киирбит сураҕын истэн, тиийэ сылдьыбытым. Хараҕынан отой көрбөт буолбут этэ. Тайыла мин аҕам Мэхээлэ аймаҕа, бииргэ оонньоон Сылаҥҥа бойбурдарын көтөхпүт дьон. Семён Степанов — Күтэр Сэмэн сүрдээх куолуһут киһи үһү.

Сургуулуктан Далырга киирэн быраабаҕа мунньахтыыр эбиттэр. Ол мунньахтарын уурааҕын Күтэр Сэмэн баар эрэ буоллаҕына биирдэ таһаарар үһүлэр. Кини суоҕар тахсыбыт уурааҕы куолулаан көтүртэрэн кэбиһэр эбит. Данил Семёнович кинээстээн сылдьыбыт курдук кэпсээбитэ, мин ону саарбахтыыбын, аҕатын ууһугар чаччыыналаан сылдьыбыт буолуон сөп курдук.

Аны манна даҕатан суруйдахха, ааспыт үйэ 20-с сылларыгар Ыйыласка Үгүлээт Амыһааҕыттан ыҥырыллан кэлэннэр, Бэдьэкэ баандата ревком председателэ Долгунов Яков Семёновиһы (Хоҥсуйбут уолун) комсомолец Оҥойоону кыыллыы өлөрөн тураллар. Кинилэр Күтэр Сэмэн сиэнэ уонна хос сиэнэ эбиттэр.

Күтэр Сэмэн кыыһа Агда Сэмэн бастакы кэргэнэ быһыылаах, оҕолонон баран сыыстаран өлбүт. Аата умнуллубут. Степанов Сэмэн — Күтэр Сэмэн Дьүөлэкээн Баһылай төрдүс уола Кэлэҕэй Ыстапаан иккис уола, кини убайа Атыыр Кынаачай соҕотох кыыстааҕа Көтөрдөөх киһитигэр Уус Дьөгүөрүгэр кэргэн тахсан тоҕус оҕоломмут. Кини хос сиэннэриттэн дьоҥҥо-сэргэҕэ билбиттэрэ мин көлүөнэм дьоно Григорий Никонович Алексеев – Саха Республикатын үтүөлээх хирург бырааһа, Чурапчыга олорон станокка илиитин быстарбыт киһини эпэрээсийэлээн илиилээн Сэбиэскэй Сойууска киэҥник биллибитэ. Чурапчы улууһугар кылаабынай бырааһынан, хирурунан уһун кэмҥэ үлэлээбитэ. Александр Самсонович Архипов норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, комсомольскай, партийнай үлэһит, биллиилээх суруналыыс. Хомойуох иһин, бу уолаттар билигин иккиэн суохтар.

Мин Николай Никитич Яковлевы кытта икки төгүл түбэсиһэн, Дьокуускайга инбэлииттэр реабилитационнай кииннэригэр көрсүһэн турардаахпыт. Онно мин кини ийэтинэн, мин аҕабынан аймахтыы буоларбытын, хос эһэбит биирин Семён Степанов — Күтэр Сэмэн буоларын кэпсээн билсиспитим. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү холбоһон биир буола сылдьыбыт кэмнэригэр 1962-1964 сс. райком иккис сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан, Сургуулукка Ксенофонтов Савваҕа (Хайыах) оҕонньортон Сургуулуктан төрүттээҕин билбит этэ. Эбэҥ төрөөбүт төрүт буоругар кэлэ сылдьаҕын диэбит. Дойдутуттан куруук тэйиччи үлэлээбит буолан аймахтарыттан тэйэн хаалбыт курдук өйдөөбүтүм, Икки оҕолоохпун, уолум Бүлүүгэ олорор, инбэлиит, кыыһым Дьокуускайга олорор, киирэ-тахса миигин көрөр-истэр диэбитэ. Бастакы көрсүһүүбүгэр кэргэнин кытта сылдьаллара, кэргэнэ Николай Никитичтааҕар улахан курдук этэ. Иккис көрсүһүүбэр кэргэнэ суох, өлбүт курдук эппитэ.

Оҕолоро ханна, туохха үлэлииллэрин эппэтэҕэ. Сарсыарда аайы эрдэ туран, көрүдүөргэ чаас аҥаара сэрээккэлиирэ. Мин эмиэ илиибин-атахпын уһугуннаран таймаҥнаабыта буоларым. Түөрт бырааттыылартан саамай тыллаахпыт-өстөөхпүт, билиилээх Афанасий Никитич этэ, ону наһаа аһыы ууга охтон, билиитин-көрүүтүн ситэ туһаммата диэбитэ. Боотулууга Чөркөөкү пиэрмэтигэр 1963 сыл муус устарга, саҥа уу-хаар тахсан эрдэҕинэ, сарсыарда 10 чаас саҕана ньирэйдэрбин аһатан дьиэбэр киирбитим түөрт мааны ыалдьыттары ийэм чэйдэтэ олорор эбит. Ол дьон истэригэр хатааллаах сирэйдээх, элбэх баҕайы саҥалаах, хара бараан киһи баара, айаҕа хам буолбат. Мин ньирэйдэр сыппарыҥнарыгар буккуллан таҥас-сап, сирэй-харах да мөлтөх киһитэ халааппын уһулан, илиибин сууна турдум. Ол турдахпына ийэм саҥата: “Афанасий Никитич, бу бырааккын Дьөгүөрү быйыл саас үөрэххэ ыытыҥ эрэ, бу сотору холкуоска үлэлээбитэ иккис сылын туолар”, – диэтэ. Онуоха били элбэх саҥалаах киһи: “Киһи барыта миэхэ убай-быраат буолан”, – диэтэ, онон кэпсэтии бүттэ. Ийэм тугу да саҥарбата. Мин туох диэн саҥарыахпыный, отой билбэт дьыалам. Афанасий Никитич холкуос солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, Далыртан тахса сылдьар эбит.

Онтон сэттэ сыл буолан баран, 1970 сыл алтынньы ыйга институт үһүс кууруһун бүтэрэн, Ньимис күөлүгэр өтөххө сытан 90-чалаах Мэхээс оҕонньору кытта бултаабыта буолан сытабыт. Андаатарга хапкаанныыбыт, муус арыый хаҥаабытыгар туу угабыт, тииҥниибит, кырынааска, солоҥдоҕо чааркаанныыбыт. Мэхээстэн булка сөбүлэттэриэм диэбитим оҕонньорум отой түөһэйэн хаалбыт. Хата, бэйэбиттэн ыйытар.

Киэһэ хараҥаран эрдэҕинэ күөстэнэн, тииҥ уонна бочугурас бииргэ буспут сэлиэйдээх мииннэрин, ыраахтааҕы аһыыр аһа дии-дии ньуосканан иһэн бурдьугуната олордохпутуна Сургуулук, Көтөрдөөх диэкиттэн легковой массыына бирдьигинээн кэлэн дьиэбит ааныгар тохтоото. Аан аһылла түстэ, Афанасий Никитич холуочук тэлэкэчийэн киирэн, мин аттыбар ойон кэлэн үтүлүгүн, бэргэһэтин уура оҕуста да: “Быраат Дьөгүөр, дорообо!” – диэтэ. Онуоха мин: “Хас итирик киһи миэхэ убай-быраат буоллаҕай”, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла.

Наҕылыйан кэпсэтиэх буолбут Афанасий Никитич үтүлүктээх бэргэһэтин харбаан ылан, ойон туран таһырдьа “тирк” гынан хаалла. Массыына тыаһа Боотулуу диэки бирдьигинии турда. Онон аймахтыылар ити курдук көрсөн, кэпсэтэн турардаахпыт.

Николай Никитич Яковлев бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги улуус тыыннаах, соҕотох сэрии бэтэрээнэ буолар. Кини хантан хаан-тымыр тардарын тугу билэрбин суруйдум. Николай Никитич Сургуулук, Маҥаас, Далыр нэһилиэктэрин ытык киһилэрэ. Николай Никитичкэ Кыайыы 75 сылын үөрэ-көтө көрсөрүгэр, 100 сааһын ааһа доруобай сылдьарыгар Дьүөлэкээнтэн сыдьааннаах Степанов Семён – Күтэр Сэмэн сиэннэрэ бука бары алгыспытын тиэрдэбит.

Сэрии бэтэрээнэ Яковлев Николай Никитич.

 

Яковлев Николай Никитич уонна Прокопьев Анисим Григорьевич. «Память» кинигэттэн ылылынна.

 

Р.s. Яковлев Николай Никитич II Далыр нэһилиэгэр Күүлэт уч. бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ, аҕата Яковлев Никита Яковлевичка – Тыллаҥай, ийэтэ Софья Тимофеевнаҕа иккис оҕонон төрөөбүт. Далыр сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ киирбит, онтон үөрэҕин бүтэрэн баран 1944 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта.

Убайа Яковлев Николай Никитич I Бүлүү педучилищетын бүтэрээт, сэриигэ баран сэрии хонуутугар 1945 с. охтубута.

Яковлев Николай Никитич II десантнай сэриилэргэ сулууспалаабыта. Праганы власовецтартан босхолоспута. 11-с №-дээх пулемётчик этэ.

Сэрии кэнниттэн Карпат хайаларын быыстарыгар бүкпүт бандеровецтары кытта охсуспута. 20-чэ бойобуой парашютнай ыстаныылары оҥорбута.

Николай Никитич II 1950 с. демобилизацияламмыта. Педучилищеҕа бииргэ үөрэммит кыыһа Черепанова Марина сэриигэ барарыгар бэлэхтээбит быысапкалаах носовой платогун гимнастёркатын түөһүн сиэбигэр укта сылдьан харысхал оҥостубута. Дойдутун, дьонун-сэргэтин, доҕорун ахтылҕана үүйэ-хаайа туттаҕына сыллаан-уураан ахтылҕанын таһаарара, күүс-уох ылара. Сулууспалыы сылдьан политруктар Академияларын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Лейтенант званиелаах политрук буолбута, Бүлүүгэ таптыыр кыыһыгар Маринатыгар кэлбитэ, ыал буолбута, 3 оҕоломмуттара.

Кэлээт Бүлүү райкомолун сэкирэтээринэн талыллыбыта.

1962-1963 сс. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү оройуоннара холбоспуттарыгар райком 11-с сэкирэтээринэн талыллыбыта.

Саккырыыр, Абый улуустарыгар райисполком бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Онтон Дьокуускайга кэлэн салайар үлэлэргэ үлэлээбитэ.

Икки Аҕа дойду сэриитин орденын 2 степенэ орденнаах, икки Бочуот Знага орденнаах, отставкаҕа олорор полковник.

Суруйдум Дьүөлэкээн Баһылай төрдүс уола Кэлэҕэй Ыстапаан иккис уола Күтэр Сэмэн Түмэппиийин Мэхээлэтин уола Дьөгүөр СЭМИЭНЭП-ТЫАҺЫТ.

(Ийэм Өрүүнэ тыалаан киирэн баран биир ый буолаат төрөөбүт, онон оскуолаҕа киириэхпэр диэри Тыаһыт диэн ааттааҕым. Оскуолаҕа киирээт, төрөөбүт сибидиэтэлистибэбэр суруллубутунан Егор диэн ааттаммытым, Тыаһыт диэн аатым умнуллубута. Сааһыран олорон Тыаһыт диэн ааппын санаатым).

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат №66, 2019 сыл ахсынньы 24 күнэ.

Яковлев Николай Никитич туһунан: 1 комментарий

  1. Золотарева Аяна Петровна

    Үөһээ бүлүү Сургуулук нэһилиэгэр Кэлэҕэй Ыстапаан иккис уола Күтэр Сэмэн Ньукулай диэн уолуттан хаалбыт Тайыла Настаахап сыдьааннара баарбыт

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *