ТАПТАЛЛААХ ИЙЭБИТ, ЭБЭЭБИТ ҮТҮӨ ХОЛОБУРА
Биһиги ийэбит Николаева Александра Тимофеевна 1927 сыллаахха Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Аҕата Керемясов Иннокентий Михайлович, ийэтэ Голикова Евдокия Власьевна. Ийэтэ төрдө-ууһа Уус-Таатта Голиковтар кыыстара эбит, аҕатын төрдүн-ууһун үчүгэйдик билбэт этэ – Томпо Саһыл диэкиттэн дуу, Өймөкөөн диэкиттэн дуу эбит, кэлэн Баайаҕаҕа олохсуйбут курдук кэпсииллэрэ. Эмиэ да Керемясов диэн фамилия Чурапчыга баар курдук. Сүрдээх уус уонна бэйэтин кыанар киһи эбитэ үһү. Эдэр сааһыгар сэрии иннинэ ыалдьан өлбүт. Биэс оҕо тулаайах хаалан, биһиги ийэбитин адьас кыратыгар II Байаҕантай нэһилиэгин «Большевик» холкуос чилиэнэ (Уус Таатта) Николаев Тимофей Алексеевич уонна Анна Михайловна диэн оҕото суох ыалга ииттэрэ биэрбиттэр. Онно иитиллэн улааппыта.
16 саастааҕар ииппит ийэтэ өлөн, ийэбит тулаайах хаалан эрэйи-кыһалҕаны билэн улааппыта.
Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ бэһиэ эбиттэр. Убайа Николай Иннокентьевич Керемясов – балыксыт, дьаамсык этэ, Ааллаах-Үүҥҥэ таһаҕас таһыытын кыттыылааҕа. Дьокуускайга олорбута, бэйэтин кыанар киһи эбит этэ, эрдэ ыарыһах буолан барбыта.
Эдьиийэ Дария Иннокентьевна Керемясова – Дьокуускайга олорбута, өр сылларга Дьокуускайдааҕы Гагарин аатынан типографияҕа наборщигынан үлэлээбитэ.
Бырааттара Иннокентий Иннокентьевич Керемясов – суоппар, бастакы киномеханиктартан биирдэстэрэ этэ. “Центральнай” кинотеатрга үлэлээбитэ, эмиэ куоракка олорбута, 4 оҕоломмута.
Ийэм кыра быраата Власий Афанасьевич Иванов (эмиэ аймахтарыгар иитиллибит, ол иһин фамилията, аҕатын аата ииппит дьонунан) – Нөмүгүгэ олорбута. История учууталынан, нэһилиэк сэбиэтигэр үлэлээбитэ, 4 оҕоломмута.
Ийэбит аҕабытынаан, Максимов Дмитрий Софроновичтыын 1946 сыллаахха ыал буолбуттара.
Ийэлээх аҕабыт, 1955 сыл.
Таатта улууһун Уус-Таатта бөһүөлэгэр 62 сыл иллээхтик-эйэлээхтик олорон, аҕыс оҕону төрөтөн, этэҥҥэ улаатыннаран, үөрэхтээх үлэһит дьон оҥорбуттара. Элбэх сиэн, хос сиэн тапталын билбиттэрэ. Сүөһү-ас ииттинэн нэһилиэккэ, оройуоҥҥа убаастанар сис ыал буолбуттара. “Таатта улууһун ытык ыаллара”, республикатааҕы «Көмүс дьиэ кэргэн» кинигэлэргэ киирбиттэрэ.
Максимовтар дьиэ кэргэн ийэлэрин юбилейыгар.
Мантан салгыы Сэрии сылларын уонна Улуу Кыайыы күнүн хайдах көрсүбүттэрин туһунан ийэбит ахтыытын 2013 сыллаахха сурукка киллэрбиппитин ааҕыҥ:
«1941 сыллаахха саас 1 Маай бырааһынньыгын инниттэн тымныы тыал, хахсаат бөҕө буолбута. Арҕааттан-хотуттан тыалырбыта, хаарын эрдэ уулларбыта. Ардах биирдэ да түспэтэҕэ. Дьэ мантан саҕалаан, курааннаан от-бурдук үүнүүтэ мөлтөөбүтэ, түөрт сыл кураан-сут сатыылаабыта.
1941 сыллаахха бэс ыйыгар сэрии буолбутун истибиппит. 18 саастаах уолаттар, 50-гар диэри саастаах эр дьон бары сэриигэ хомуллубуттара.
Сэриигэ бастакы дьону атаарыыны бу баардыы өйдүүбүн. Тымныы баҕайы күн этэ. Билигин «Таатта төрдө» диэн суруктаммыт бөһүөлэккэ киирэр аартыкка урут оскуола баара, ол оскуола аттыгар, сельсовет хонтуоратын иннигэр атаарыы буолла. Неустроева Мария Николаевна диэн сельсовет председателэ баара. Кини уоттаах-төлөннөөх күүстээх тыл эппитэ. Ол эппит тыллара тыаллаах, тымныы күҥҥэ хайдах эрэ ыраахтан сатараан иһиллэр курдуктара, былаата тыалга тэлимнии-тэлимнии тыл этэ турара бу баар курдук. Учууталлар биһиэхэ, оҕолорго, эрдэ сэрэппиттэрэ: ким даҕаны ытыа, хаһыытыа, айманыа суохтаах, бары кытаанахтык туттан, тулуйан дьоммутун атаарыахтаахпыт диэн. Дьоммутун атаарбыппыт. Билиҥҥэ диэри харахпар көстөр: сүгэһэрдэрин сүгэн оскуола аннынан, Ытык-Күөллүүр суолунан талах мастар быыстарынан биир-биир элэҥнээн ааспыттара, кугас соннордоох этилэр. Ол дьонтон үгүс киһи сэрииттэн эргиллибэтэҕэ.
Биир түгэни эмиэ өйдүүбүн. Уус-Тааттаттан “Лермонтов” борохуотунан сэриигэ дьону илдьэллэрэ. Таатта улууһун бары нэһилиэктэриттэн, атын оройуоннартан кытары дьону аҕалаллара. Ол дьон Уус-Тааттаттан Бириистэн диэн өрүс биэрэгэр турар сиргэ диэри бэйэлэрэ сатыы бараллара. Ол сиргэ дьон бөҕө балаакканан, маһынан-талаҕынан отуу оҥостон борохуот кэлэрин ыйы-ыйынан кэтэһэллэрэ. Биир күн подругабынаан убайдарбытыгар (кинилэр эмиэ сэриигэ бараары Бириистэҥҥэ бааллара) өйүө илдьэ баран иһэммит суолга биир нуучча киһитин ситэн аастыбыт. Мин ааһан иһэн тоҕо эрэ эргиллэн ол киһи сирэйин көрбүтүм, киһим уйа-хайа суох бииргэм ытыы иһэр эбит. Дьонун кытары саҥардыы арахсан иһээхтээтэҕэ. Эбэтэр экспедиция нууччата эбитэ дуу, дьоммун аны хаһан-ханна көрсөбүн диэтэҕэ, сэрииттэн тыыннаах эргиллэрим эрэ суох эрэ диэхтээтээҕэ буолуо. Наһаа да аһыммытым, ол киһини.
Бөһүөлэктэн борохуот хаһыыта ыраахтыын сир ньиргийэрин курдук иһиллэрэ. Онно улахан дьон уонна биһиги “оо, дьоммутун илтилэр” дэһэрбит, сүөм түһэрбит, хараастарбыт.
Ол кэмтэн ыла от-бурдук үлэтэ, колхоз бас билэр уопсай ынаҕын, сылгытын иитии кыһалҕата кырдьаҕас оҕонньор-эмээхсин, дьахталлар, оҕолор көрүүлэригэр сүктэриллибитэ.
Оскуола оҕолоро, биһиги, оҕонньоттор сүбэлэринэн кыһынын холкуос уопсай сүөһүтүн аһылыгын булуутугар, «хара» былах быһыытыгар үлэҕэ тахсарбыт. Сайыныгар хас күн ахсын дулҕа быһыыта, былах, хомус – сүөһү кыһыҥҥы аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ төһө да ас-таҥас тиийбэтин аахсыбакка туран үлэлиирбит. Бэһис кылаастан саҕалаан оҕолору барыларын таһаараллара. Кыһыл армияҕа сылдьар дьон кэргэттэригэр оттук мастарыгар, муустарыгар уо.д.а. көмөлөһөрбүт.
Миигин 13 саастаах оҕону 1942-1943-1944 сыллардаахха «Кырамда» диэн биһиги олорор кыра учаастакпытыттан саҕалаан Чуппу, Киэҥ Күөл, Кубалаах, Ивановка диэн сирдэринэн олорор армияҕа барбыт дьон кэргэттэригэр анаммыт пособие харчыны, суруктары, хаһыаттары таһарга почтальон оҥорбуттара. Территориям барыта холбоон 5-6 көс (45 км) буолуо. Аны Уолбаҕа (почтабын ылар сирим) диэри 9 көс (89 км), барыта холбоон кэлэ-бара 30-ча көс буолар буоллаҕа дии. Сытыы-хотуу өйдөөх, хоһуун соҕус, түргэн-тарҕан туттунуулаах диэтэхтэрэ буолуо. Оччотооҕуга аккаастааһын диэн суох. Сайыны быһа, үөрэх аһыллыар диэри сылдьыахтааххын.
Почтабын Уолбаттан баран почта начальнигыттан ылабын. Кини аата Жараева Мария диэн этэ, эдэр дьахтар. Биэстии хоно-хоно киниттэн баран сибиэһэй почта ылыахтааххын. Ол «Кыым», «Социалистическая Якутия», «Правда», «Эдэр коммунист», «Эдэр бассабыык», «Коммунист» хаһыаттар, армияҕа (ийэм, аҕам итинник диир этилэр «армияҕа» диэн – сэриигэ сылдьар дьону. Ону уларыппатым. -Я.Н.) сылдьар дьон суруктара, пособие харчыта этилэр.
Бу кыра саастаах оскуола оҕотугар улахан эппиэтинэс эбит. Билиҥҥи 13-тээх оҕолору санааҥ эрэ. Таҥаспыт-саппыт да оччолорго мөлтөҕө сүрдээх. Мин ынах этэрбэстээх, холтуустаах, халтаҥ сонноох этим. Ити соммун Марфа Данилова тикпитэ. Швейнай машинка диэн оччолорго киниэхэ уонна Максимова Ксения Тимофеевнаҕа баара. Чугуун өтүүк диэн син сорох ыалга баара буолуо да, биһиэхэ суох этэ – кыра чугуун көстүрүүлэ баара, ону түгэҕин оһоххо сылыта-сылыта сэрэнэн таҥаскын өтүүктээбитэ буолаҕын. Этэрбэһим ынах тириитэ, куруук сытыйан сордуур.
Бастаан утаа үлэбин ыарырҕаттым аҕай. Суолбун да үчүгэйдик билбэппин, онуоха эбии туох транспорт кэлиэй, сатыы сырыттаҕым. Бу кыра кыыс оҕоҕо ыарахан этэ, сааһым 13-м эрэ. Хаста да сатыы сырыттым, эппитим курдук кэлэ-бара 30-ча көстөөх сир. Кумаара, куйааһа сүрдээх. Аһылык, өйүө диэн суоҕун кэриэтэ, биир кыра лэппиэскэ сыыһа буолар. Оччолорго кураан буолан чугаһынан уу да суох, дэбигис булбаккын. Аны уу хаһааныаххын билиҥҥи курдук «Роса» бытыылката буолуохтааҕар көннөрү арыгы да бытыылката суох. Утаттахпына ууну дулҕа быыһыттан булунан, үөнүн-көйүүрүн илиибинэн кыратык тарыйа түһэн сиидэлээбитэ буолабын уонна иһэбин. Хайыаххыный, утатарыҥ оччо. Барар сирим ырааҕа диэн сүр. Аны почтам да ыйааһына итиччэ ыраахха ыарахана сүрдээх, куулга уга сылдьабын, суумка диэн суох. Тыаттан куттанабын аҕай, ол да буоллар сылайан кууллаах почтабын сыттанан, тиит күлүгэр сытабын да утуйан иһэбин. Ол-бу тыаһыттан уһуктаат, салгыы айанныыбын.
Ыксааммын нэһилиэгим сэбиэтиттэн (Голиков Иван Иванович – кырдьаҕас оҕонньор этэ) ат көрдөөбүппүн “ат суох, толооҥҥо, аһылыкка сылдьаллар” диэн буолла.
Оччотооҕуга кэтэх сылгыны-сүөһүнү холкуоска холбоһуктааһын кэмэ этэ. Дьонум уонтан тахса сылгыны холбообуттара. Мин таптыыр мииниллибит түөрт саастаах соноҕоспун эмиэ биэрбиппит. Соноҕоһум дьүһүнэ муннугар диэри маҕан, атахтара төрдүөн маҕаннар, бэйэтэ соломо кугас этэ.
Дьэ ат биэрбэтэхтэриттэн кыһыйдым аҕай. Арай биирдэ дьиэбиттэн чугас, тиэрбэскэ, сылгылары кытта ол соноҕоһум сылдьарын көрдүм. Мин хорсун санаабын киллэрэммин, ампаарга сүүрэн киирэн ат баһын быатын көнтөстөрү сулбу тардан ыллым да, сылгыларга сүүрдүм. Аҕылаабытым диэн сүр, сүрэҕим тыаһа бииркэм, куттаныы бөҕөбүн да санаам булгуруйбат. Уоскуйа сатыыбын. Ол гынан сылгыларбын күөйэн, соноҕоспун араара сатаатым. Сылгылартан араардым, муннукка хаайдым да быабын моонньугар бырахтым. Этэҥҥэ төбөтүгэр кэтэрдэн аҕырыатын баайа оҕустум, ол кэннэ соноҕоспун сиэппитинэн бардым. Дьиэбэр аҕаллым.
Ийэм эрэйдээх “оо…” эрэ диэхтээтэ. Онтон хайы-үйэ үлэбэр бараары бэлэмнэнэн эрэрбин көрөн, соноҕоһун аһынна быһыылаах: “Тоойуом, саатар хоннорон, сынньатан баран сарсын барбаккын дуо?” – диэтэ.
“Бүгүн барбатахпына хойутууһубун, аны сатыы сылдьыбаппын”, – диэн хоруйдаатым. Аҕабыттан кистээн оҥордум, кини соноҕоһу харыһыйар буоллаҕа дии, төһө да бэйэтин ата буолбатаҕын үрдүнэн бачча ыраах дойдуга сүүрдүө, ат ырыа диэн.
Аты ыҥыырдыырым ити аан бастакым этэ. Куттана-куттана барытын бэйэм син оҥордум. Миинним, кууллаах таһаҕаспын ыҥыырбар уурдум, атым барахсан үчүгэйэ сүрдээх. Ыаллар көрбөт сирдэригэр буору тибилитэн сүүрдэ түһэн ылабын, оҕо буоллаҕым, мэниктиибин. Айаннаан иһэн дулҕаны хаһаммын аппын уулатабын, сороҕор ууну атым бэйэтэ булар. Бүгүн дулҕа хаһан уу булуммут сирбит сарсыныгар уолан хаалбыт буолар. Аны соҕотох буолбатахпын, иккиэбит дии саныыбын. Аппын наһаа таптыыбын, кэпсэтэр курдукпут, өйдөһөр быһыылаахпыт. Дьэ, сити курдук бэйэм күүспүнэн «транспорданным». Кэлин үөрэнэн аппын хонор сирбэр көнтөһүттэн «бууталаан» (ол аата икки илин атаҕын бэрбээкэйин баайабын, оччоҕуна ырааппат) баайан аһатар буолбутум.
Күһүнүн холкуос бэрэссэдээтэлигэр анал аагынан аппын туттарарым. Ыраах сирдэринэн сылдьабыт. Харчыны, хаһыаты түҥэтэбин. Оччотооҕуга кырдьаҕастар, дьон үксэ даҕаны суругу кыайан аахпат этилэр – үөрэх суох буоллаҕа дии, олорго суруктарын ааҕан биэрэбин. Пособие харчытын –фроҥҥа сылдьар дьон кэргэттэригэр киһи ахсаанынан 50 солкуобай бэриллэр быһыылааҕа – адьас илии баттатан биэрэбин. Уопсай испииһэги почтам начальнига суруйан биэрэр, онно барыларыгар туттарбытым кэннэ сэбиэт бэрэссэдээтэлэ илии баттыыр, бэчээт уурар. Кыра да буолларбын үлэм сүрдээх эппиэтинэстээҕин билэбин. Сэрии буола турар.
Почтам үлэтиттэн хас да түгэни ордук сытыытык өйдүүбүн. Кыараҕас «Кубалаах» диэн алааска олорор Готовцев Спиридон оҕонньорго бэһис уолун суругун аҕаллым. Оҕонньор суругу «ааҕан кулу» диэтэ. Онтубут ис хоһооно маннык буолла: «Күндү дьонум-сэргэм, кырдьаҕас аҕам, бука бары бырастыыларыҥ, аны хаһан да дойдубар эргиллибэппин. Миигин күүтүмэҥ. Хаарыан дойдум, таптыыр аҕам, бырастыыларыҥ», – диэхтээбит. Оҕонньор бэһис уола Мэхээлэ Готовцев диэн этэ. Туохха түбэспитин туһунан суругар суруйбатах этэ. Оҕонньор эрэйдээх тугу да саҥарбатаҕа, умса түһэн олорбута. Мин сэрэнэн суругу остуолга ууран баран таһырдьаны былдьастым. Аппын кууһан туран оҕоннору аһынан дэлби ытаатым. Кэлин «Память I» диэн кинигэҕэ краевед Егор Андросов таҥан, Таатта улууһуттан барбыттартан төһө киһи өлбүтүн, эргиллибитин туһунан суруйуутугар булан аахпытым: «Готовцев Михаил Спиридонович, 1917 сыллаах төрүөх, 2 Баягантайский с/н – пропал без вести» диэн этэ. Туохха түбэһээхтээбитин аны кэлэн билигин ким билиэҕэй.
Төһөлөөх дьон итинник суорума суолламмыттара буолуой, сэрии алдьархайа диэн итинник этэ.
Аны биир түбэлтэм маннык. Почтам начальнига Мария Жараева пособие харчытын ааҕан биэрэр. Мин ыларбар эмиэ ааҕабын. Биирдэ оннук аахсыыга көрбүтүм – 1,5 мөһөөҕүнэн ордук биэрбит. Тиритиэхпэр диэри хаста да аахтым. Аны начальникпыттан толлобун аҕай, эчи мааныта, кыраһыабайа да сүрдээх. Уонна оччолорго үөрэхтээх, үлэһит дьонтон оҕолор кыбыстар, толлор этибит. Сэрэнэн-сэрэнэн “бу, эн миэхэ сыыһа биэрбит быһыылааххын” диэтим. Кыыһым көрө түстэ, үөрдэ да үөрдэ, баһыыбалаата, сыллаан ылла. Оччолорго харчыга итэҕэстэнниҥ да – хаайыыга бараҕын, бириэмэтэ оннук этэ.
Ол почта начальнига түннүктэригэр сибэкки үүннэрэрэ. Элбэх түннүктээх дьиэ, онно түннүк аайы туруортуур. Кэлин билбитим “Кыһыл атах” диэн сибэкки эбит, нууччалыыта “Бальзамин”. Киһи үүннэрэр декоративнай сибэккитин киниэхэ саҥа көрбүтүм. Киирдим да ол сибэккилэртэн хараҕым арахпат, мин көрдөхпүнэ наһаа да кыраһыабай, кэрэ этилэр. Сиэмэтин эҥин бэриһиннэрэр диэн өй суох буолаахтаатаҕа дии, кыбыстарым да бэрт, таах ыраахтан көрөн ымсыырабын эрэ. Кэлин оннук сибэккини элбэхтэ үүннэрбитим. Биирдэ оннук сибэккини кэргэним Дмитрий куораттан Зелёнай базартан ылан аҕалбыта.
Дьэ туран күһүн буолла, хараҥарда. Атым үрдүгэр олорон айаннатан иһэн сылайан утуктуубун аҕай. Охтумаары атым быатын илиибэр эрийэбин. Биирдэ утуйан ылбыт быһыылаахпын – соҕотохто аппыттан сууллан эрэрим баара да, төбөбүнэн бардым. Уһукта биэрдим, атым барахсан сытырҕаан көрө, иҥэрсийэ бу тураахтыыр эбит. Турдум да салгыы айаннаатахпыт дии.
Иккис сайыммар “Хаандыгаттан хаайыылаахтар күрээбиттэр, аара сылгыны-сүөһүнү өлөрөллөр, ыһыктарыгар биирдэ сиир эти сүгэн барар үһүлэр” эҥин диэн сурах барда. Чопчу миэхэ туһаайыллыбыт курдук буолла. Куттанабын аҕай. Наар аппын харыһыйабын уонна почтабыттан куттанабын – хайа, харчыны илдьэ сырыттаҕым дии. Бэйэм туспунан улаханнык санаабаппын даҕаны. Хата барыта этэҥҥэ ааспыта.
Дьэ сити курдук хас сайын устата, сынньанар диэни билбэккэ, ас-таҥас кырыымчыгын аахсыбакка, сылайар-ыалдьар диэни умнан туран күүһүм баарынан сүрдээх эппиэтинэстээх үлэҕэ үлэлээбитим. Биир да хаһыаты, харчыны, суругу сүтэрбэккэ, бириэмэтигэр суһаллык тириэрдэн Улуу Кыайыыга тиийэргэ мин сэмэй кылаатым эмиэ баара буолуо дии саныыбын. Оччотооҕу сэрии кэминээҕи оҕолор, дьахталлар бары даҕаны оннук дьаныардаахтык үлэлиир этибит. Барыта фроҥҥа, барыта Кыайыы туһугар диэн этэ, оччолорго.
Кыайыы биллэриллибит күнүн субу баардыы өйдүүбүн.
1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр хаар түспүтэ. Мин ону өйдүүбүн, тоҕо диэтэххэ ол күнү быһа хойукка диэри оскуола олбуорун иһигэр мас ыскамыайкаҕа олорон саха тылын литературатыгар экзамеҥҥа бэлэмнэнэн баран олорбут сирбэр кинигэбин хаалларан кэбиспиппин. Түүн хаар түһэн кинигэм хаар анныгар хаалбыт. Мин кинигэбин харыһыйдым аҕай, оччолорго учебник, кумааҕы кэмчи бөҕө. Дьэ туран, сарсыарда ыам ыйын 10 күнэ үүннэ. Арай үөрэнэ олордохпутуна директорбыт Кулачиков Михаил Романович кылааска киирэн кэллэ. “Оҕолоор, Кыайыы буолла!” – диэн биллэрдэ. Почтальон Ытык-Күөлтэн түүннэри айаннаан үөрүүлээх телеграмманы аҕалбытын эттэ.
Эйэлээх, дьоллоох олоххо тиийиэхпит диэн үөрүү, миитиннэр бөҕө буоллулар. Ыам ыйын 10, 11 күннэригэр өрөбүл биллэрилиннэ. Дьиэбэр Кырамда алааска бардым. Аара суолга көрсүтэлээбит дьонум бары сүргэлэрэ көтөҕүллүбүттэрэ, үөрбүттэрэ-көппүттэрэ сүрдээх. Били түспүт хаарбыт ууллан, оту-маһы сиигирдэн аҕыйах күнүнэн халдьаайылар көҕөрдүлэр, талахтар, хатыҥнар, тииттэр тылыннылар. Айылҕа барахсан биһигинниин бииргэ үөрдэ, силигилии тылынна.
Оройуон киинигэр Ытык-Күөлгэ Кыайыы ыһыаҕа бэс ыйын 22-23 күннэригэр буолбута. Ол күннэри төрүт умнубаппын.
Биһиги Уус-Тааттаттан Ытык-Күөлгэ (90 км) хаһыа да буолан дьоҥҥо кыттыһан атынан киирбиппит. Ыһыах аһыллыытыгар кыра ардахтааҕа. Түһүлгэҕэ сэттэ симэммит аттарга сэттэ сахалыы таҥастаах кыргыттары мииннэрэн, сэттэ эдэр дьонунан сиэттэрэн киллэрбиттэрэ.
Икки күнү быһа сахалыы оонньуулар, концертар, оһуохайдар буолбуттара. Тула олорор холкуостар ыһыахха мустубут дьону барыларын саламаат, алаадьы, сымыыт, арыы, үрүмэ, убаһа-ынах үөлүллүбүт эттэрэ, көбүөрдээх лэппиэскэ, кымыс, үүт, суорат астарынан буор-босхо аһаппыттара. Биир да итирик киһини көрбөтөхпүт. Биһиги оҕолор түүнү быһа чөмөх-чөмөх мустан “кыыртаах кус”, “былаах былдьаһыыта” оонньообуппут, оһуохайдаабыппыт. Улаханнык ааппытын-суолбутун да ыйыталаһыы суоҕа. Билигин ким эмэ баара дуу ол оҕолортон, өйдүүллэрэ буолуо Кыайыы ыһыаҕын. Мин саамай мааны таҥаспын таҥныбыппын өйдүүбүн. Дьон да бары баардарын-суохтарын таҥыннахтара дии. Бу ыһыах – умнуллубат өйдөбүл.
Манна даҕатан сэрии буолуон иннинээҕи биир ыһыаҕы санааччыбын. Ол ыһыахха үгүс элбэх киһи наһаа да үөрэн-көтөн, оонньоон-күлэн ааспыттара. Спортивнай оонньуу бөҕө буолта. Онно мин кыра оҕо этим, ол да буоллар өйдөөн хаалбыппынан, бу санаатахха ол дьон, эдэр-ыччат дьон бары уҥуохтарынан бөдөҥнөрө, улахаттара, бэйэлэрин кыаналлара, күүстэрэ-уохтара сүрдээх, быһыылара-таһаалара билиҥҥи дьонтон быдан таһыччы курдук этилэр. Ол хаарыан дьон үксүлэрэ, барылара да диэххэ сөп, сэриигэ былдьаннахтара.
Биһиги нэһилиэккэ сэрииттэн бастакы эргиллибит дьон 1945 сыл сэтинньитигэр кэлбиттэрэ. Ол Баишев Николай Власьевич (мин таайым), Голиков Николай Иннокентьевич, “Кыһыл Сулус” орденнаах кэлбитэ, Тарабукин Пётр Степанович I, Тарабукин Иван Степанович этилэр. Бу сэрииттэн эргиллэн дойдуларын булбут дьоҥҥо анаан Өктөөп бырааһынньыгар “Кыһыл Сыһыы” холкуоска көрсүһүү тэрийбиттэрэ. Буойуттар хайдах, ханна сэриилэспиттэрин кэпсээбиттэрэ. Бу дьоҥҥо биирдии сүөһүнү бэлэх биэрбиттэрин өйдүүбүн. Постников Пётр Евсеевич диэн эмиэ биһиги нэһилиэк киһитэ Германияҕа тиийэ сэриилэһэн дойдутугар эргиллибитэ. Мин оччолорго сэттиһи бүтэрэн, ааҕар балаҕаҥҥа үлэлиир этим.
Биһиги, 1945 сыллаах выпустар, оскуоланы бүтэрэрбитигэр 14 уол, 2 кыыс этибит.
Билиҥҥи ыччаттарга анаан этиэхпин баҕарабын: “Биһиги, үлэ-тыыл ветераннара олорбут олохпутун эһиги салгыыгыт, Саха тылын-өһүн, культуратын эһиги салгыаххыт, сайыннарыаххыт, олоҕу тупсарыаххыт. Күн сирин оҕолоро айыы куттаах, ыраас дууһалаах, аһыныгас өйдөөх-санаалаах ийэлэр-аҕалар буолуҥ. Дойдугут аатын-суолун үйэлэр тухары түґэн биэримэҥ диэн алгыыбын”.
Дьэ ити курдук биһиги ийэбит Николаева Александра Тимофеевна дьонун-норуотун кытары бииргэ Улуу Кыайыыны уһансыбыта. Кини курдук сэрии ыар сылларын саҕана оҕо саас диэни билбэккэ улааппыттар элбэхтэр. Биһиги ийэбит курдук хоһуун, үлэһит дьоҥҥо биһиги сүгүрүйүөх тустаахпыт, кинилэр ааттарын үйэтитиэхтээхпит.
Ийэбит Александра Тимофеевна 1966 сыллаахтан Уус-Таатта балыыһатын биэлсэрэ, доруобуйа харыстабылын туйгуна Гаврил Гаврильевич Неустроев көмөтүнэн учаастактааҕы балыыһаҕа сиэстэрэ идэтин баһылаан, өр сылларга эҥкилэ суох үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта.
Уус-Таатта учаастактааҕы балыыһата, коллегаларынаан.
Уопсайынан ийэбит этэр буолара: “Олохпор үгүс-элбэх үтүөкэн дьон баар буоланнар, тулаайах да буолларбын киһи буолбутум”, – диэн.
Ийэбит сыралаах үлэтэ сыаналанан, Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэринэн, Саха сирин доруобуйатын харыстабылын министерствотын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, нэһилиэк балыыһатын Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ.
Ийэбит олоҕу олус таптыыра, хас биирдии үүммүт күнтэн үөрэрэ. Айылҕаҕа, тэлгэһэҕэ араас оту-маһы, чыычаахтары, онтон да атын олох кэрэ көстүүлэрин, кыраны даҕаны таба көрөн сэҥээрэрэ, бэлиэтээн биһиэхэ оҕолоругар кэпсиирэ.
2006 сыллаахтан аҕабытынаан куоракка көһөн киирэн олорбуттара.

Куорат дьиэтигэр хаайтаран олоробун диэбэккэ, биир да түгэҥҥэ быар куустан иллэҥ буолбакка, куруутун туох эрэ дьарыктаах буолара. Оҕолоругар, сиэннэригэр анаан вышивка хартыыналары оҥорон бэлэхтэтэлээбитэ. Кэнники сылларга, 80 сааһын ааһан баран оҕо сааһын туолбатах баҕатын толорон уруһуйдуур буолбута. Буолаары буолан маслянай кыраасканан холустаҕа. Олус кэрэ көстүүлээх хартыыналары уруһуйдаан оҕолоругар-сиэннэригэр хаалларда. Ол оҥоһуктарын бүтэрдэҕинэ, оҕолоро-сиэннэрэ үөрдэхтэринэ-сөхтөхтөрүнэ бэйэтэ эмиэ оҕолуу үөрэрэ. Кини хас биирдиибит олохпут түгэнинэн, үөрүүбүтүнэн-хомолтобутунан, ситиһиилэрбитинэн олорбута. Дневник курдук оҥостон күнүн аайы бүгүн салгын температурата хас буолбутун, ким кэлэн барбытын, телевизорга тугу сэҥээрбитин, туох күннээҕи событие буолбутун сурунан иһэрэ. Ол суруйуулара хас да халыҥ тэтэрээт баар.
Күндүтүк саныыр ийэбит сырдык-ыраас, наар үтүөнү эрэ ыралыыр күүстээх санаалаах, киэҥ көҕүстээх этэ. Олус элбэх доҕордоох, дьүөгэлээх буолара, урут Уус-Тааттаҕа бииргэ алтыспыт дьүөгэлэринээн ситимин быспатаҕа.
Биһиги тапталлаах, күн тэҥэ саныыр күн-күбэй ийэбит, эбээбит, хос эбээбит, Таатта улууһун Уус-Тааттатыттан төрүттээх үлэ-тыыл, сэрии бэтэрээнэ, медицина бэтэрээнэ Николаева Александра Тимофеевна күн сириттэн 2006 сыллаахха күрэммитэ.
Улахан дьиэ кэргэн, аймах-уруу туллар тутааҕа, эргийэр киинэ, кэрэҕэ уһуйбут, олох киэҥ аартыгар арыаллаан үктэннэрбит, үтүө суолга кынаттаабыт аанньал курдук киһибит, күн-күбэй тапталлаах ийэбит, эбээбит, хос эбээбит сырдык мөссүөнэ, сырдык өйдөбүлэ биһиэхэ куруутун суолдьут сулус, үтүө холобур, арчылыыр-араҥаччылыыр күүс буолар.
Ийэбит юбилейын кэмигэр, сиэннэринээн. 1981 сыл.
Маамалар.
Уус-Таатта ыһыаҕар, 1990-с сыллар.
Тапталлаах ийэбит Александра Тимофеевна Николаева.
Дьиэ-кэргэн хаартыската.
Ахтыыны суруйда кыра кыыһа
Яна Дмитриевна НИКИТИНА, государственнай гражданскай сулууспа туйгуна.
2025 сыл кулун тутар 11 күнэ, Дьокуускай куорат.








