МУҤУРА БИЛЛИБЭТ ҮТҮМЭН СИТИҺИИ
Спорт бэтэрээнэ, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култууратыгар уонна спордун сайдыытыгар өҥөтүн иһин” бэлиэ хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ,“ Култуура эйгэтигэр ситиһиилэрин иһин”, ”Гражданскай килбиэнин иһин”бэлиэлэр хаһаайыннара, «Душа России» национальнай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, Г.В.Никифоров – Манньыаттаах уолун аатынан төрүт култуураны үйэтитии мецената, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, олоҥхоһут, алгысчыт, норуот ырыаһыта, маастара Кирилл Никонович Никифоров биһиги кэккэбититтэн барбыта биир сылыгар анаан, санаан-ахтан ааһыаҕыҥ!

Мин, кини кыра кыыһа, күндү киһим, аҕам, биир киһи олоҕор муҥура биллибэт үтүмэн ситиһиитин, дьонтон эрэ бары уратытын, ордугун үһүс сирэйтэн улаханнык сүгүрүйэн туран, билиһиннэрэргэ холонуум…
Кирилл Никонович 1938 сыллаахха Бүлүү оройуонун Баппаҕаайы нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Никон, ийэтэ Балбаара эрдэ өлөн, тулаайах хаалан, эбэтигэр иитиллэн-харайыллан улааппыт. Сэттэ бииргэ төрөөбүтүттэн эдьиийэ Аана, убайа Ньукулай уонна кини киһи буолбуттар. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар кыһынын интэринээккэ олорон өллөнөн, сайынын айаҕар ыалга үлэлээн сылдьыбыт. Улаатан иһэн, Бүлүү куоратыгар аҕатын быраатыгар Никифоров Марк Николаевичтаахха олорон, промартель эстэлээригэр ис-тас үлэлэргэ үлэлээбит. Онтон 1959 сылаахха армияҕа ыҥырыллан, Хотугу Муустаах муора кытылыгар үс аҥар сыл сулууспалаабыт. Армия кэнниттэн Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан төрүттээх Гаврильева Татьяна Титовнаны кэргэн ылан, биэс оҕону төрөтөн, үгүс сиэннэнэн, хос сиэннэнэн Үөһээ Бүлүү ытык мааны ыала буолан, 54 сыл бииргэ олорон кэлбиттэрэ. Кирилл Никонович 2024 сыл олунньу 22 күнүгэр, 86-с хаарыгар үктэнэн баран, ыарахан ыарыыттаан биһиги кэккэбититтэн суох буолбута.
Сылайбат сындааһын, уҕараабат уох, булгуруйбат дьулуур
Кирилл Никонович Никифоров отуччатыгар сылдьан, түөрт оҕолонон баран, спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Аан бастаан 1965 сыллаахха сайын Нам оройуонугар ыытыллыбыт национальнай спартакиадаҕа күрэхтэһии 10 км. дистанциятыгар быһыйдары бары тоҕу түһэн, спартакиада чөмпүйүөнүнэн буолбут. Ол күһүнүгэр, алтынньыга, 30 км дистанцияҕа, Манчаары бирииһигэр Майаҕа күрэхтэһэн иккис миэстэни ылар. Дьэ бу кэннэ улахан сүүрүк быһыытынан биллэн барбыт.
1965 сыл сэтинньитигэр РСФСР зонатыгар улахан марафоҥҥа, 42 км. 195 м. сиргэ бастыыр иһин күрэхтэһиигэ Грознай куоракка барарга ыҥырык тутар. Ол улахан түһүлгэҕэ Россия 200-кэ күүстээх быһыйа кыттыыны ылбыт. Кирилл бу күрэххэ анаммыт сири 2 чаас 38 мүнүүтэнэн кэлэн, 1 разряд нуорматын толорон, үөрүү-көтүү аргыстаах эргиллибит.
1966 сыл киниэхэ улахан үөрүүнү аҕалбыт — 30 километры 1 чаас 42 мүнүүтэнэн 32 сөкүүндэнэн кэлэн, урукку рекорду 1,5 мүнүүтэ ордугунан тупсарбыт. Бу рекорду 11 сыл эрэ буолан баран Чурапчы ааттааҕа Афанасий Илларионов мүнүүтэ аҥарынан тупсарбыт.
- сыллаахха 5 километр сири 15 мүнүүтэ 43 сөкүүндэнэн кэлэн, Үөһээ Бүлүү рекордун олохтообутун, күн бүгүнүгэр диэри бу стадионҥа ону тупсарбыт ыччат баара дуу?
- сыллаахха 20 км. 1 чаас 7 мүнүүтэ 21 сөкүүндэнэн кэлэн, маастарга кандидат нуорматын толорбута. Ол эрэн Манчаары спартакиадатыгар Өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи күрэхтэһиигэ ситиһиллибит буолан, ити аат хомойуох иһин иҥэриллибэтэх.
- сыллаахха Кирилл Никифоров юбилейнай спартакиадаҕа Кирилл Никифоров 5000 миэтири 15 мүнүүтэ 47 сөкүүндэнэн кэлэн, I миэстэни ылбыта. Ол саҕана ити дистанцияҕа өрөспүүбүлүкэ рекорда 15 мүнүүтэ 13 сөкүүндэҕэ тэҥнэһэрэ. Рекорду биэс-алта сыллааҕыта аатырбыт быһый Афанасий Алексеев олохтообута. Онон Кирилл Никифоров куһаҕана суох көрдөрүүнү көрдөрбүтэ.
Бу сыл биир улахан кыайыытынан буолбута РСФСР зонатыгар Барнаул куоракка Дальнай Восток уонна Сибиир зонатын күрэхтэһиитигэр 5 км. уонна 10 км. дистанцияларга иккиэннэригэр үһүс бириистээх миэстэлэргэ киирсибитэ. Онно стадиоҥҥа олорор көрөөччүлэр: « Хоту сир табата, маладьыас!»- диэн хаһыытаабыттарын туһунан бэйэтэ бэрт астынан ахтара.
Стайерскай уонна марафонскай дистанциялары таһынан хамаанда интэриэһигэр 1500 м. 4 мүн. 17 сөк (1965), 400 м. 58 сөк. , 800 м. 2 мүн. 04 сөк (1967), 1200м 3 мүн. 20 сөк. (1967), 3000 м. 9 мүн. 02 сөк (1971) дистанцияларга кыттан испитэ классификационнай киниискэтигэр ырылыччы суруллан сылдьар. Бу дистанцияларга II разряд нуорматын мэлдьи толороро. Оттон 20 км, 30 км, 42 км 195 м дистанцияларга I разряд нуорматыттан түспэтэҕэ.
Кини элбэхтик кросска кыттыбыта эмиэ биллэр. Ол курдук 8 км 26 мүн.57 сөк (1973), 15 км 52 мүн. 37 сөк. (1975) көрдөрбүтэ.
1972 с. Чита куоракка Россия күрэхтэһиитигэр 5, 10 килэмиэтиргэ иккис-үһүс буолбута.
Кирилл Никифоров сүүрэрин тухары араас күрэхтэһиилэргэ барыта 29 төгүллээн чөмпүйүөннээбитэ.
Дьэ ити курдук чэпчэки атлетикаҕа 13 сыл устата Саха сирин сборнай хамаандатыгар сылдьан, дойдутун чиэһин көмүскээбитэ. Билигин үгүс дьон: “Кирилэ курдук кыраһыабайдык, чэпчэки-чэпчэкитик атаҕын тарбахтарын төбөтүнэн дугуйан кынтаччы соҕус туттан, сиртэн-буортан тэйбит курдук сүүрэр киһини көрө иликпит”, – дэһэллэр.
Спорка сылайбат сындааһына, уҕараабат уоҕа, булгуруйбат дьулуура бэйэтин кэмигэр үгүс ыччакка холобур этэ, киниэхэ тэҥнэһиэн, кини курдук буолуон баҕарар ыра санаалаах үгүһэ. Ол туһунан элбэх киһи ахтар.
Идэтийбит олоҥхоһут
Кирилл Никонович Саха норуотун эпическэй култууратын, Ийэ тылын баайын, сүмэтин иҥэриммит ытык киһи.
80-с сылларга сахалыы да саҥарарбыт бобуллара баар кэмигэр, Кирилл Никонович дьэ тэбиэһирэн, өрөйөн-чөрөйөн олоҥхолоон, олоҥхотун сурукка түһэрэн, инникитин олоҥхобут өрө тутуллуоҕун билэн, туспа уйалаах буолуохтааҕын өйдөөн, Саха сиригэр бастакынан Олоҥхо балаҕана, дьон-сэргэ итэҕэлгэ чугаһыаҕын сэрэйэн, Арчы дьиэтэ тутан бэлэхтээбитэ, күүскэ үлэлээбитэ. Олоҥхотун балаҕанын кэнэҕэһин эдэр ыччат төрөөбүт тылыгар, төрүт култууратыгар чугаһыырыгар төһүү буолуо диэн, Кэнтиктээҕи олоҥхо оскуолатыгар бэлэхтээбитэ, тэлгэһэтигэр ытык миэстэ буолан турар. Бу маннык энтузиастар баар буоланнар олоҥхобут ситимэ быһыллыбакка, толоруллуутун, тутулун үгэһэ сүппэккэ, тыла-өһө сыппаабакка салҕанан күн бүгүн тиийэн кэллэҕэ.
Үс олоҥхото: «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн», «Айдааннаах айаннаах Ала Буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур» уонна «Күдэн кугас аттаах Күн Эрбийэ Бухатыыр» туһугар бэйэлэрэ ураты суоллаах-иистээх олоҥхолор. Саха сиригэр аан бастакынан үһүөн, бастаан утаа “Хабытта Бэргэн» олоҥхото Фома Баскаров туруоран саҕалааһынынан, онтон кэлин үһүөннэрэ Татьяна Семеновна Борисова туруоруутунан олоҥхо-испэктээк буолан сыанаҕа туруоруллубуттара. Онтон салгыы «Мохсоҕоллой Боотур” киинэ-испэктээк буолан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта. Ол, чахчы, култуура эйгэтигэр бастакы, хорсун уонна саҥа сүүрээн этэ. Бу туруоруулар Үөһээ Бүлүү театра “Олоҥхо театра» диэн үрдүк ааты Саха сиригэр бастакынан ыларыгар төһүү буолбуттара.
Кирилл Никонович оһуор кэрэ буочарынан олоҥхолорун, тойуктарын, алгыстарын бэйэтэ сурукка киллэрэн хаалларбыт тэтэрээттэрин ылан көрөр буоллахха, тыла-өһө ханна да иҥнигэһэ, улахан көннөрүүтэ суох куду суруллубуттара, чахчы да ийэ тылын баайын, сүмэтин иҥэриммит 20-c үйэ биир сүдү олоҥхоһута, айылҕаттан талааннаах киһи эбит диэн түмүккэ кэлэҕин. Ол аата кини суруйар кэмигэр улахан турукка киирэн олорон айымньыларын тиһэр эбит, тыл бэйэтэ сааһыланан, саамыланан өйүгэр кутуллан киирэрин.
2012 сыллаахха «Хабытта Бэргэнин» М.К.Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн Олоҥхо научнай-чинчийэр үнүстүүтэ кинигэ гынан таһаарбыта уонна 3:30 чаастан ордук бэйэтэ толоруутун аудео дискэҕэ түһэртэрбитэ. Онтон 2018 сыллаахха, кыыһа Татьяна Кирилловна, үөрэнээччилэрин кытта үлэлээн, бу олоҥхо «Быһаарыылаах кылгас тылдьытын» таһаартарбыта. Ол кэннэ 2022 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ “Олоҥхо” ыһыаҕар сөп түбэһиннэрэн үс олоҥхотун, алгыстарын, тойуктарын толору хомуурунньуга тахсыбыта.
Кинини чугас дьоно отой эрдэттэн өрүү киҥинэйэн иһигэр туойа, оһоҕун иннигэр олордор эрэ ыллыы сылдьара диэн ахталлар. Ол аата отой эрдэттэн ис иһиттэн туойа, олоҥхолуу, тылын имитэ сырыттаҕа. Ону кини туһунан суруйалларыгар, 1982 сыллаахха олоҥхотун сурукка киллэрэн эрэ баран, толорор буолбутун курдук уонна ити эрэ сылтан бэттэх олоҥхонон дьарыктанан барбытын курдук суруйаллар. Аҥардас «Хабытта Бэргэн” олоҥхотун ылар буоллахха, норуот тылынан айымньытын ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын бары дэгэтин түмэн туттубута, олоҥхо этиллэрин устата биир да сиргэ кэпсээнинэн этиллибит судургу этиигэ майгынныыр түгэн суоҕа, тылтан тыл төрөөн, ылбаҕайдык сиэттиһэн тахсан иһэрэ, сомоҕо-домохтор, уус-уран олук хоһооннор, архаическай тыллар, сиэллээх-кутуруктаах тэнийбит дьүһүйүүлэр туттуллаллара элбэҕи этэр. Дьиҥ сахалыы тыллаах-өстөөх олоҥхону сөргүппүтэ сүрдээҕин диэн кэрэхсэбиллээх. Ону таһынан олоҥхону олоҕурбут үгэстэрин тутуһан толорор сэдэх, идэтийбит олоҥхоһут, маастар быһыытынан билиниллэр.
К.Д.Уткин-Нүһүлгэн философскай наука доктора, профессор: «К.Н.Никифоров үтүө аатын үс үйэҕэ өрө таһаарыахтаах сүрүн үлэтинэн «Хабытта Бэргэн» олоҥхото буолсу диэммин өһүллүбэттик өйдөөтүм. Ааптары саха олоҥхоһуттарын килбиэн кэккэлэригэр киирэрин саарбахтаабаппын…» диэн «Дорҕоонноох олоҥхолор дуорааннарын тутуһан» диэн ыстатыйатыгар үрдүк сыанабылы биэрэр.

Бэриниилээхтик үлэлэспитэ
ЮНЕСКО 2005 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр олоҥхобутун киһи аймах тылынан уус –уран айымньытын уонна матырыйаалынайа суох духуобунай баайын-дуолун быһыытынан биллэрэн турар. Оттон ити ураты суолталаах быһаарыы ылылларыгар олоҥхоһут Кирилл Никонович үтүөтэ – өҥөтө баарын бэлиэтиибит диэн Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Валерий Васильевич Васильев- Муттуххай Бороҥ 2012 сыллаахха «Олоҥхо түһүлгэтэ» диэн ыстатыйатыгар бэлиэтээн турар. Ол курдук Кирилл Никонович олоҥхону Аан дойдуга аатырдар – сураҕырдар үлэтэ – хамнаһа инньэ 1993 сыллаахтан саҕаламмытын билэбит:
— 1993 с. Санкт-Петербурга Америка биллиилээх фольклориһа Альберт Бейтс Лорд кэриэһигэр аналлаах Аан дойду норуоттарын болкулуорун кэнпириэнсийэтигэр кыттыыны ылбыта;
— 1994 сыллаахха Саха сиригэр Дьокуускайга “Устный эпос: Проблемы истории, теории сказительства” диэн тиэмэҕэ Альберт Бейст Лорд кэриэһигэр аналлаах III Аан дойдутааҕы кэнпириэнсийэҕэ «Хабытта Бэргэн» олоҥхотунан кыттыбыта;
— 1994 с. Казахстаҥҥа түүр тыллаах омуктар Аан дойдутааҕы симпозиумнарыгар кыттыбыта;
— 1996 сыллаахха V-с Аан дойдутааҕы Альберт Бейс Лорд уонна казах аатырбыт ырыаһыта Джамбул Джамбаев 150 сааһыгар аналлаах Евразия дойдуларын музыканнарын, номохторун толорооччуларын кыттыылаах Аан дойду бэстибээлигэр кыттыыны ылбыта;
— 1997 с. Хотугу эргимтэ олохтоох омуктарын фольклорун толорооччулар Аан дойдутааҕы конгресстарыгар Америка Калифорния штатыгар баран, 9 куоракка олоҥхолоон, туойан сахатын норуотун фольклорун билиһиннэрбитэ. АХШ Беркли куоратын федеральнай университетын иһинэн тэриллибит «Аан дойдутааҕы Азия уонна Америка төрүт олохтоохторун тылынан уус –уран айымньыларын илдьэ сылдьаачылар обществоларын» чилиэнэ оҥорбуттара;
— 1999 с. Москва куоракка РАН этнология уонна антропология үнстүтүүтүн базатыгар “Шаманство и иные ранние верования и практика» диэн улахан норуоттар икки ардыларынааҕы научнай кэнгириэскэ баран кыттыыны ылбыта;
— 2006с. ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ Контиро Мацуури Саха сиригэр ыалдьыттыырын чиэстээн ыытыллыбыт “Живые традиции олонхо» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ кыттыыны ылбыта;
— 2006 с. балаҕан ыйыгар Кыргызтан Бишкек куоратыгар Бастакы Аан дойду норуоттарын эпостарын фестивалыгар баран кыттыбыта.
— 2007 сыл балаҕан ыйыгар «Эпосы мира на земле потомков Джангра» диэн Калмыкияҕа буолан ааспыт Иккис Аан дойду норуоттарын эпостарын фестивалыгар баран, эмиэ сахатын олоҥхотун толорон, иһитиннэрэн, дьон сэҥээритин ылан кэлтэ;
— 2007 сыл ахсынньытыгар Москва куоракка Саха сирин күннэригэр баран кыттыыны ылбыта;
— 2015 с. Турция Стамбул куоратыгар түүр тыллаах норуоттар кэнгириэстэригэр баран, кыттыыны ылан кэлбитэ;
— 2015 сыл сэтинньи 18-22 күннэригэр Польша республикатын култуураҕа уонна национальнай нэһилиэстибэҕэ Министиэристибэтин, ону таһынан Варшава куорат мэриятын көҕүлээһининэн «X Норуоттар икки ардыларынааҕы тылынан искусство” бэстибээлигэр олоҥхотун толорон улахан сэҥээриини ылбыта.
Ити курдук, хас сылдьыбыт сирин, куоратын, дойдутун ахсын Сахатын сирин болкулуорун, төрүт култууратын, кини уратытын, кыаҕын илэ толорон, ону таһынан «Хабытта Бэргэн» олоҥхотун дьоруойдарын маһынан кыһан оҥорбут быыстапкатын соһо сылдьан көрдөрөн, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта, дакаастаабыта.
2004 сыл ахсынньы 14 күнүгэр Москваҕа бүтүн Россия үрдүнэн 218 киһиттэн сүүмэрдэнэн, 10 бастыҥ дьоһун дьон кэккэтигэр киирэн, Кирилл Никонович Никифоров норуот айымньытын сайдыытыгар сүҥкэн үтүөтэ, ол эбэтэр олоҥхоһут быһыытынан үрдүктүк сыаналанан «Душа России» диэн Национальнай бириэмийэ лауреата буолбута. 2013 сылга Кирилл Никонович улахан билиниини ылан, киниэхэ Олоҥхоһут диэн үрдүк аат иҥэриллибитэ. Дьэ ити курдук, Кирилл Никонович Никифоров айар абылаҥ умсулҕаныгар ылларан айа — тута, үгүс дойдулар үтүөлээхтэрин, айылҕаттан айдарыылаахтарын кытта алтыһан, аан дойдуну анаара, туспа сири тоһумурдуу, биһиги саха норуота үйэттэн үйэҕэ атын омуктартан биир чаҕылхай уратыбытын, киһи аймах тылынан уус-уран айымньытын уонна матырылааныйа суох духуобунай баайын-дуолун олоҥхону тилиннэриигэ сүдү кылаатын киллэрэн, төрүт култуурабытын үйэтитиигэ бэриниилээхтик үлэлэспитэ.
Ситэри силигилээбит талаан
Кирилл Никонович дөссө биир алгысчыт диэн ураты идэлээх. Ол туһунан Мария Матахова маннык суруйан турар: «Устар ууну сомоҕолуур олоҥхоһут да, тойуксут да быһыытынан ситэн-хотон баран, аны туран Кирилэбит аатырбыт алгысчыт буолан турда! Дьэ, ханныгын да иһин силигилээн иһэр ситэри талаан диэбэккит дуо!»
Кирилл Никонович Туймаада хочотун Улуу Тунах Ыһыаҕар сэттэтэ алгыстаан турар. Ити иһигэр алгыс тылын этэн, тойук туойан аламай маҥан күнү көрсүү сиэрин -туомун толоруу кытта баара. Оттон бэйэтин улууһугар хас биирдии тэрээһин, ыһыах кини алгыһа суох ыытыллыбата. Кини алгыһын ыллахтарына эрэ, дьон-сэргэ санаата көнньүөрэр, астынар, күүскэ ылынар, итэҕэйэр буолара. Улууспут отуора, олоҕо-дьаһаҕа киниттэн эмиэ тутулуктааҕа.
Кирилл Никонович дөссө уран тарбахтаах уус. Кини оҥоһуктара элбэх бэстибээллэргэ, быыстапкаларга кыттыбыттара. Аан бастакы «Ыһыах тэрээһинэ», «Сир оҥоһуга», «Саһыл сыһыы» (1968 с.), «Кийиит сүктүүтэ», «Булчут төннүүтэ» диэн мастан оҥоһуктара Улуу Москваҕа норуот хаһаайыстыбатын Бүтүн Союзтааҕы быыстапкатыгар тиийэ кэрэхсэммиттэрэ. Былыргы хотун баай дьахтар илин кэбиһэрин, ытарҕатын алтантан чочуйан оҥорбута үгүс дьон биһирэбилин ылбыта.
Хатыҥ удьурҕайынан «Хабыр Киирсиилээх Хабытта Бэргэн» диэн бэйэтэ суруйбут олоҥхотун персонажтарын оҥорбутун Сахатын сирин улуустарынан, Дьокуускайынан, Санкт-Петербурунан, Москванан, Калмыкиянан, Кыргызтанынан, Казахстанынан, Американан, Япониянан илдьэ сылдьан быыстапкалаабыта.
2003 сыллаахха мас оҥоһуктарынан “Традиции и современность в искусстве народных художественых промыслов и ремесел крайнего Севера и Дальнего Востока” диэн I региональнай быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттан үрдүк ситиһиилэммитэ.
2005 сыллаахха «Сверкай алмазами, Победа“ диэн кыайыы 60 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт оҥоһуктар күрэхтэригэр лауреат аатын ылбыта.
Аны туран, Кирилл Никонович дьиэ тутааччы быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр. Дэлэҕэ: «Дьиэни көрүөх бэтэрээ өттүгэр, аҕыйах хонук иһигэр, испиискэ сототун сааһылыыр кэриэтэ оҥорон-тутан кэбиһэр» – диэн кэпсэлгэ сылдьыа дуо? Биһиги улууспутугар кини илиитин иминэн элбэх дьиэ тутуллан турар. Ол онон эрэ муҥурдаммат: сувенирдары, дьиэ ис-тас көстүүтүн араастаан киэргэтэрэ.
Кирилл Никонович биһиги улууспутугар оҥорбута элбэх. Урукку ыһыахтыыр пааркабыт Аар Баҕах сэргэлэригэр, ураһаларыгар, Кыайыы 40 сылыгар аналлаах обелиһыгар, «Үөдүгэй» совхоз ааркатыгар тиийэ.
Кирилл Никонович 2002 сыл кулун тутар ыйтан саҕалаан, сүрэҕин баҕатынан аҕыс кырыылаах Арчы дьиэтин үс сыл устата эт илиитинэн тутан бүтэрэн киллэрбитэ. Бу дьиэҕэ сылдьыбыт эрэ барыта бэйэлэрэ этэллэринии “саҥа төрөөбүт кыһыл оҕо курдук” ыраастанан тахсаллар.
Маны таһынан Кирилл Никонович уруһуйдуур идэлээҕэ. «Маҥнайгы булт» диэн уруһуйа 1966 сыллахха аан бастаан «Кыым» хаһыакка бэчээттэммитэ. Билигин Кирилл Никонович бэйэтэ суруйбут олоҥхотун ис хоһоонун кэпсиир уруһуйа «Арчытын» дьиэтин биир сонун муннуга буолан турар. Ол уруһуйун иннигэр турдар эрэ, кини олоҥхотун ис хоһоонун кэпсээн, олоҥхолоон доллоһутан киирэн барара, кэлбит ыалдьыттарын астыннарара.
Бу барыта Кирилл Никонович айылҕаттан анаммыт талаанын сөпкө туһанан, дьаныардаахтык, дьулуурдаахтык, ситимнээхтик ылсыбытын ыһыктыбакка тиһэҕэр тириэрдэн ситиспит ситиһиилэрэ. Ол иһин биир киһи үйэтигэр баччалаах элбэх муҥура биллибэт үтүмэн ситиһиини ситистэҕэ.
Татьяна НИКИФОРОВА,
К.Н.Никифоров-Лөкөчөөн кыра кыыһа, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин, Ыччат бэлиитикэтин туйгуна, Учууталлар учууталлара.
