Чагылысова Варвара Игнатьевна туһунан

КИҺИ КИҺИЭХЭ ҮТҮӨНҮ ОҤОРБУТА ҮЙЭЛЭРГЭ УМНУЛЛУБАТ

Эбэбит Балбаара (1875-1959 сс.) Көтөрдөөххө Чаҕылыыс Тыымпытыгар Хоонтоонуттан төрүттээх Чагылысов Игнатий I дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.

Ийэтэ Кэтириинэ 100 сааһын ааһан баран, кыра кыыһын Аана оҕолоругар, сиэннэригэр кэһиитин илдьэ баран иһэн, саас хорууну туораан далаһанан туораары муустаах ууга түһэн (Оччугуй Чинэкэт Чагылыыс Тыымпыта икки ардыгар) үөгүлүүр саҥатын истэн булбуттар, онтон сыыстаран уһаабатах. Кэтириинэ Таркаайы Өлөксөйүн ойоҕун кытта бииргэ төрөөбүттэр. Кини улахан уола Мэкчиргэ Чагылыыстарга иитиллибит. Эбэм Балбаара аҕатын ийэтэ Кутаҕайаан кыыһа дуу, сиэнэ дуу быһыылааах, онтон аҕата Хоонтоону сиэнэ Бордуо. Эбэм Балбаара бииргэ төрөөбүттэрэ үстэр.

Чагылысов Игнатий Игнатьевич II, кини уола Чагылысов Игнатий Игнатьевич III (Булугур) – быраас Раиса Прокопьевна Андреева (Дмитриева) эһэтэ.

Молорова (Чагылысова) Агафья Игнатьевна кэргэнэ Молор уола Молоров Николай Алексеевич 100 сааһын ааһан баран, Боотулууга 1976 сыллаахха олохтон барбыта. Оҕолоро Аана, Дмитрий (сэриигэ өлбүтэ), Марыына, Сөдүөрэ, Алексей, Николай (Кыһылтай), Христофор (Айанньыт), Василий (Түүрүллэ), Екатерина. Билигин сиэннэрэ, хос сиэннэрэ элбэх киһи баар.

Егорова (Чагылысова) Анна Игнатьевна кэргэнэ Егоров Никита Егорович (Чыпчаан) Уус Дьөгүөрүн уола. Оҕолоро Игнатий (Чүөппэ), Христофор (Суччулла), Николай (Сэргэлээх), Николай (Кэҕии, Ыныкыс), Өрүүнэ, сиэннэр, хос сиэннэр элбэхтэр.

Кыргыттартан эдьиийдэрэ, мин эбэм Чагылысова Варвара Игнатьевна, уонтан тахсата оҕоломмутуттан сэттэ оҕо улаатан ыал буолбуттара.

Улахан уоллара Амыдаев Данил Данилович (1899-1943 сс.) 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыт, 1943 сыллаахха алтынньыга сураҕа суох сүппүт диэн Үөһээ Бүлүү “Память” кинигэтигэр сурулла сылдьар. Үөрэҕэ суох буолан нууччаларга суруйтарбыт суруга 1944 сылга диэри кэлбит курдук, бүтэһик суругар түөртэ бааһырдым диэн. “Нууччалыы кыайан кэпсэппэт буолан сэриигэ киллэрэн иһэллэр, уолаттарыгар Николайга, Семёҥҥа кытаатан үөрэнэ сатааҥ” диэн кэриэс курдук суругун ыыппыта диэн ийэм Өрүүнэ кэпсиирэ.

Мин 2003 сыл муус устар ыйга Дьокуускайга бара сылдьан, Уус-Алдантан төрүттээх сэрии бэтэрээнэ Михаил Евстафьевич дьиэтигэр сылдьан, көрсөн кэпсэппитим. Кини Кыайыы 30 сылыгар бэтэрээннэргэ ананан тутуллубут үс хостоох кыбартыыраҕа кыыһын уонна сиэнин кытта олороро.

1942 сыл аармыйаҕа ыҥырыллан, мин таайдарбын I Боотулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕүттэн Амыдаев Данил Даниловиһы уонна Дюлюнов Иона Филипповиһы кытта Молотовскай уобалас (билигин Пермскэй) Кунгур диэн куоратыттан биэс-алта километр сиргэ байыаннай лааҕырга сэрии үөрэҕин барбыттар.

Нууччалыы билбэт, үөрэҕэ суох сахалары хамаандаҕа уонна күннэтэ туттуллар нууччалыы тылга үөрэтэ сатаабыт. Амыдаевы элбэх саҥалаах, оонньуулаах-күлүүлээх, көрдөөх, бэйэтин кыанар, онтон Ионаны улахан күүстээх уус дьоннорунан, оччолорго 18-19-таах Дьокуускайга техникумҥа үөрэнэ сылдьыбыт уол, улахан убайдарын курдук өйдүү-саныы сылдьар эбит. Үөрэхтэрин быыһыгар землянка тутар үһүлэр. Онно Иона ыраах баҕайы ойууртан, модьу баҕайы өһүө мастарын соһон киллэрэн землянка үрдүгэр соҕотоҕун уурталыыр этэ уонна хас да үтүлүгү тигэн биэрбитин, мөһөөччүкпэр укта сылдьан, сэрии бүтүөр диэри кэтэн абыраммытым диэбитэ.

1942 сыл ахсынньыга Кунгур куоракка таҥара дьиэтин иһигэр фроҥҥа атаарыы миитинэ буолбут. Сахалартан хас да киһи, ол иһигэр Михаил Евстафьевич тыл эппиттэр. Таҥара дьиэтиттэн тимир суол вокзалыгар диэри байыаннай оркестр доҕуһуоллааһынынан тиийэн, вагоннарга олорбуппут. Эһиги, сибиряктар, Сталинградка тиийэ Гитлер сиэхсит сэриитин урусхаллааҥ, сидьиҥ өстөөх сиһин үөһүн быһа тардыҥ, кыайдаххытына эһиги, сибиряктар эрэ, кыайыаххыт диэн киһиргэтэн, алҕаан атаарбыттара диэн кэпсээбитэ. Ионалара аара эшелонтан хаалан хаалбыт, кипяток ыла сылдьан дуу, туустаах балыгын килиэпкэ атастаһа сылдьан дуу. Д.Д.Амыдаевтыын Сталинград сэриитигэр арахсан хаалбыттар курдук кэпсээбитэ.

Онтон Иона 1943 сыл от ыйын 10 күнүгэр түүн, икки өттүттэн саалаах саллааттар холуоннаны манаан атаакаҕа киллэрэн истэхтэринэ, убайын Амыдаев Данилы хас да саллааты кытта турарын көрөн: “Амыдаай!” диэн үөгүлээбитигэр эргиллэн көрбүтэ кэпсэтиннэриэхтэрэ баара дуо, холуоннаттан саалаах саллааттар таһаарбатахтара диэн кэпсээбитэ. Үргүлдьү атаакаҕа киирбиттэр.

Онон Амыдаев Д.Д. Сталинград кыргыһыытыттан ордубут эбит. Ол кэнниттэн салгыы сэриигэ сураҕа суох сүппүт. Биир күтүөттэрэ Семёнов Михаил Тимофеевич эмиэ сураҕа суох сүппүтэ. Онон сэриигэ түөрт киһи барбытыттан икки сураҕа суох сүппүттэрэ, икки киһи бааһыран төннүбүттэрэ – уоллара Титов Егор Данилович, күтүөттэрэ Кисиляхов Кирилл Данилович. Илиилэригэр бааһырбыттара, кэлин өлбүттэрэ. Егор Даниловичтан икки уол хаалан ыал буолбуттара, оҕолор хаалан сиэн элбээтэ.

Данилы аҕатын кытта ааттара биирин иһин дьон “амыдайдыылар, амыдай” дии сылдьыбыттара, кэлин Амыдаев диэн араспаанньа буолан хаалбыт. Кэргэнэ Амыдаева Дарья Ивановна диэн, улахан кийиит.

Даарыйаҕа кэргэнэ өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбит, онон пособие ылбыт. Оттон Дьөгүөр ийэтигэр туох да кэлбэтэх. Бары биир дьиэҕэ, сүүрбэччэ буолан олорбуттар. Байыаннай нолуоктарын түүлээхтэринэн төлүүллэрэ. Түөрт хаһаайыстыба буоланнар аҕыска тиийэр ыанар ынаҕы тутан олорбуттар, онон хоргуйан өлбөтөхтөр.

Амыдайтан икки уол, биир кыыс оҕо хаалбыттара. Улахан уол Амыдаев Николай Данилович художественнай училищены бүтэрэн, үөрэммит училищетыгар уһун кэмҥэ учууталлаабыта, ССРС Худуоһунньуктарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын народнай худуоһунньуга ааты 1990 с. ылбыта. Кыайыы 20 сылын үбүлүөйүгэр бетонунан оҥорбут пааматынньыга, Үөһээ Бүлүүгэ эбэ үрдүгэр аптамааттаах саха саллаата культура киинин иннигэр турар. Муостан оҥоһуктара Саха сиригэр, Арассыыйаҕа, тас дойдуларга музейдарга хараллан сыталлар.

Николай Данилович улахан уола Амыдаев Василий Николаевич үрдүк үөрэхтээх муосчут, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ. Саха Республикатын Худуоһунньуктарын сойууһун салайааччыта. Амыдаев Николай Данилович кыыһа Мария Николаевна кыыһа Ньургуйаана Александровна үрдүк үөрэхтээх худуоһунньук үөрэҕэр сылдьар. Сардаана Дьокуускайдааҕы художественнай колледжка муосчут идэтин бүтэрэн, график-худуоһунньук буолаары үрдүк үөрэххэ үөрэнэр.

Кыра уол Амыдаев Семён Данилович үрдүк үөрэхтээх историк-учуутал, билигин биэнсийэҕэ Намҥа олорор.

Кыыһа Мария оҕо сааһыгар оһолго түбэһэн, олохтон барбыта. Эбэм Балбаара сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт Амыдайын сиэннэрэ, хос сиэннэрэ саха норуотун художественнай искусствота сайдарын туһугар кылааттарын киллэрсэ, сайыннарса сылдьаллар. Эбэм Балбаара улахан кыыһа – Улахан Өрүүнэ кэргэнэ Михайлов Данил Михайлович — Үчэһэ Тайыла Көтөрдөөххө бастакы “Киров” аатынан холкуоһу тэрийбитэ, бэрэссэдээтэллээбитэ. 1939 с. өлбүтэ. Өрүүнэ Мария диэн биир кыыстаммыта, бу кыыс Пётр Сергеевич Васильевтыын (Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев төрөппүт ийэтин убайа, таайа) ыал буолан олоро сылдьыбыта. Быраастар Маанньаны оҕоҕун түһэртэр, сүрэҕиҥ төрүөххүттэн пороктаах, оҕолоноргор өлөн хаалыаҥ диэбиттэрин ылымматаҕа, Маанньа сүрэхпинэн син-биир уһаабаппын, кэннибэр оҕо хаалан, удьуорбутун салгыа этэ диэн аккаастаабыта. 1965 сылга Дьокуускайдааҕы балыыһаҕа оҕоломмута. Маанньа Дьокуускайга көмүллүбүтэ. Таайа Амыдаев С.Д., күтүөтэ Кисиляхов К.Д. бараннар оҕону Дьокуускайтан илдьэ кэлбиттэрэ. Эдьиийигэр Кисиляхова (Титова) Анна Даниловна дьиэ кэргэнигэр иитиллибитэ. Ийэтин аатынан Маанньа диэн ааттаабыттара. Билигин Николева Мария Петровна Боотулууга олорор, тоҕус оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбээтэ. Онон Маанньа тоҕус оҕо, элбэх сиэн төрөөн, удьуор хаан тэнийэ туруох ыйааҕар олоҕун, сырдык тыынын толук биэрбит эбит диирбитигэр тиийэбит.

Эбэм Балбаара иккис кыыһа Аана Кисиляхов Кирилл Даниловичка кэргэн тахсан икки уол, биэс кыыс оҕоломмуттара: Бүөтүр, Марыына, Борускуо, Дьөгүөр, Елена, Настаа, Тамара, Улахан уоллара Бүөтүр РСФСР үтүөлээх механизатора, уһуннук Үөһээ Бүлүү МТС-гар, Сельхозтехникаҕа тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. Бүөтүр сэттэ оҕолоох. Марыына аҕыс, Борускуо тоҕус, Дьөгүөр икки, Настаа үс, Тамара икки оҕолоохтор.

Кирилл Данилович 1942 сыллаахха сэриигэ барбыта, 1944 сыл олунньутугар хаҥас илиитин бэгэччэгэр бааһыран, инбэлиит киһи эргиллибитэ. Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар “Хорсунун иһин” мэтээл туппута. Эбэм Балбаара иккис уола Титов Егор Данилович 1918 с.т. Көтөрдөөх лааппытыгар атыыһыттыы сылдьан, 1942 сыл сайыныгар сэриигэ барбыта. Сталинград кыргыһыытыгар сылдьыбыта, 1944 сыл бэс ыйыгар хаҥас илиитин бэгэччэгэр бааһыран, инбэлиит киһи кэлбитэ. Алта кылаас үөрэхтээҕэ. Бүлүүгэ милииссийэҕэ үлэлии сылдьан Кононова Елена Николаевнаны кэргэннэнэн, 1948 сылга Көтөрдөөҕөр кэлбитэ. Елена Боотулуу балыыһатыгар сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. 1960 сыллаахха олохтон барбыта. Егор Данилович атыыһытынан, көтөр иитээччинэн, кадровай булчутунан сылдьыбыта. Иккис кэргэниттэн Дадасова Маарыйаттан Артамон диэн уоллаах, икки уол сиэннээх, 1966 сыллаахха олохтон барбыта.

Мин ийэм, Орто Өрүүнэ – Семенова (Титова) Ирина Даниловна, иккис эбэм Балбаара үһүс кыыһа, кэргэнэ Сургуулук киһитэ, Дьүөлэкээнтэн төрүттээх “Калинин” холкуос кадровай булчута Семёнов Михаил Тимофеевич. 1943 с. бэс ыйын 16 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барбыта уонна эргиллибэтэҕэ. Кэргэнигэр Өрүүнэҕэ туох да биллэрии кэлбэтэх. Сэриигэ бииргэ барбыт киһитэ Боескоров Т.Д. кэпсииринэн Белоруссияҕа фроҥҥа тиийбиттэр, онно арахсан хаалбыттар. Бүтэһигин аҕабын Семёнов Михаил Тимофеевиһы Көтөрдөөх киһитэ Тарасов Пётр Никифорович илиитигэр бааһыран тахсан иһэн, 1944 сыл олунньу ый 10 күнүгэр аҕыйахта тыл бырахсан кэпсэтэн ааспыттар. “Дьоннорум ырааттылар, мантан тыыннаах тахсар биллибэт, Бүөтүр, быраһаай!” – диэн баран, дьонун ситээри сүүрэ турбут. Мэхээлэ кэпсээбитинэн 11 саллаат буолан бааһырбыт, өлбүт дьону, сэрии сэбин инники кирбииттэн хомуйар үһүлэр. Мэхээлэттэн биир уол хаалбыта, бу суруйа олоробун. Икки уоллаахпын, үс кыыстаахпын, бары үрдүк үөрэхтээхтэр, оҕолордоохтор.

Орто Өрүүнэ иккис кэргэнэ Дмитриев Данил Петровичтан Баһылай диэн уоллааҕа, үс кыыстаах, элбэх сиэннэрдээх. Икки кыыһы ииттибиттэрэ: Тамара түөрт, Ирина икки оҕолордоохтор, элбэх сиэннэрдээхтэр, хос сиэннэрдээхтэр.

Эбэм кыра кыыһа Өрүүнэ (Өрүүскэ) Титова Ирина Даниловна III (1926-1965 сс.) бастакы кэргэнэ Нотороох уола Афанасьев Сүөдэр. Икки кыыстаахтар: Варвара, Саргы. Варвара Фёдоровна уһун кэмҥэ Боотулуу орто оскуолатыгар үлэлээбитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээллээх, оскуолаҕа отуттан тахса сыл “Сарыал” үҥкүү ансамблын тэрийэн, хас да көлүөнэ оҕону үҥкүү алыптаах эйгэтигэр уһуйбута.

Саргы идэтинэн токарь этэ. Боотулууга биэнсийэҕэ тахсыар диэри идэтинэн үлэлээбитэ, оҕолоро Августа, Спартак ыаллар, оҕолордоохтор, Боотулууга олороллор.

Өрүүскэ иккис кэргэнэ Корякин Архип Михайлович (1925-1991 сс.) Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, аҕыс оҕоломмуттара: Данил, Аана, Тамара, Тоня, Ариан (эдэр сааһыгар өлбүтэ), Володя, Ирина балар ыаллар, хастыы да оҕолоохтор. Онон Өрүүскэ уон оҕолооҕо, сэрии сылларыгар үлэтин иһин Сталин төбөлөөх мэтээллээҕэ. Хомойуох иһин Варвара, Саргы Фёдоровналар билигин суохтар.

Эбэлээх эһэм кыра уоллара Баһылай – Титов Василий Данилович (1929-2018 сс.) аармыйаҕа сулууспалаан кэлээт, 1956 сыл ыал буолбута. Кэргэнэ Петрова Варвара Ивановна, сэттэ оҕоломмуттара: Василий, Иван, Борис, Сардаана, Татьяна, Оксана, Вячеслав. Бары ыаллар. Борис эдэр сааһыгар милииссийэ майора буолан баран, олохтон хомолтолоохтук туораабыта. Василий Васильевич Үөһээ Бүлүү улууһун айылҕатын харыстабылын начаалынньыга, быраатын Иван Васильевы кытта Улуус мунньаҕар төрөөбүт Боотулууларыттан дьокутаат буола сылдьыбыттара.

Эбэм Балбаара, эһэм Тайыла эдэр эрдэхтэриттэн туруу, кыайыылаах-хотуулаах, улахан сүрэхтээх-бэлэстээх дьон эбиттэр. Чаҕылыыс үс кыыһа: Балбаара, Агааппыйа, Аана Оччугуй Чинэкэккэ от мунньаллара холорук ытыйан эрэрин курдук буолара үһү. Иккис көрүүлэригэр уолбалаан турар Оччугуй Чинэкэт хара тыатыттан уутугар диэри, бугул бөҕө өрө лаһыгыраан олорор буолара үһү диэн уос номоҕор, дьон кэпсэлигэр хаалбыт. Ол курдук Чаҕылыыс кыргыттара түргэн туттуулаах-хаптыылаах эбиттэр.

НЭП саҕана, уолаттара, кыргыттара улаатыыларын саҕана, олорор Кыбытыы күөллэрин тулатын ойуурун солоон бааһына оҥостуммуттар, мин кыра эрдэхпинэ дьиэбит таһыттан күөлү тула бурдук бааһыналарыгар ньэчимиэн, оруос, дьаарысса бурдук хойуутук үүнэн долгулдьуйа турарын көрөрүм үчүгэй да буолара. Эһэм Тайыла ордор арыытын, этин көбүөрүн, хайаҕын Алын Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа атынан тиэйэн киллэрэн таҥаска-сапка, иһиккэ-хомуоска, туттар сэпкэ, сиэмэ бурдугар атыылыыр, атастаһар, мэнэйдэһэр эбит.

Эбэм, эһэм аах мин кыра эрдэхпинэ, холкуостары бөдөҥсүтүү иннигэр, ХХ-с үйэ 50-с сылларыгар диэри олохторун урукку укулаатын хамсаппакка, саха төрүт аһын сиэн-аһаан олорбуттара. Ынахтарын үүтүн суораттаан, туспа турар тар ампаарыгар улахан баҕайы мас уһаакка кутан тар оҥостоллоро. Суорат, күөрчэх, күбүөр, хайах, арыы, быырпах, ымдаан дэлэй буолара. Ордор балыктарын, мундуну хохту гынан хатараллара. Собону буһаран, хатаран, барча оҥостоллоро. Күһүөрү туспа турар булуус ампаарыгар эргэ тыыга баттык мундутун кутан, лыыба оҥостоллоро. Бөдөҥ мундуну үчэһэҕэ үөлэн, буһаран, кыһын сииргэ тоҥороллоро.

Дьыл хайа баҕарар кэмигэр олорбут сирдэрэ кыра булдунан, балыгынан дэлэй этэ. Эһэм Тайыла туунан, илиминэн балык бөҕөнү ылара. Кыра сылдьан мунду ичигэстээһиниттэн, кус үргээһиниттэн биһиги оҕолор хал буолан хааларбыт.

Эһэм Тайыла кыра эрдэхпинэ туһахтаан, сохсолоон, айалаан тоҥ куобаҕы адаарыччы сүгэн кэлэрин өйдүүбүн. Сааһыран сааламмат быһыылааҕа, былыргы уоһунан иитиллэр доруоп уонна биинтэ саалара муннукка ампаар иһигэр туралларын көрөрүм. Күһүн, саас тиргэлээн кус сүгэн аҕалара.

Дэлэй астаах-үөллээх саха ыала этилэр. РСФСР, Саха АССР үтүөлээх учуутала Дмитрий Спиридонов тулаайах сылдьан таайбын Титов Егору, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх учуутала, педагогическай наука доктора, СР народнай учуутала Василий Софронович Долгунов, эмиэ тулаайах уол, таайбын Титов Василийы кытта оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаннар табаарыстаһан, эһэлээх эбэбитигэр кэлэн сынньанан, аһаан абыранар этибит, кинилэр курдук элбэх, дэлэй астаах-үөллээх, ыраас, киэҥ тиэргэннээх саха ыалын көрбөт этибит диэн эбэлээх эһэбэр махтанан ахтааччылар.

Күүлэйэп Сэмэн диэн тулаайах, мөлтөх харахтаах уол Боотулууттан Сургуулукка почта таһара, сороҕор сатыы, сороҕор аттаах ааһара. Мин эбэм Балбаара “били уол кэлэрэ чугаһаата” диэн чаанньыгын үөскэ анньара, сороҕор салабаарыгар чох угара. Сэмэн кэллэ да баарынан-суоҕунан чэйдэтэрэ. Сэмэн тугу көрбүтүн-истибитин тоҕо-хоро кэпсиирэ. Эбэм Балбаара, уола Амыдай күтүөтэ Мэхээлэ туһунан туох эмит сурах-садьык кэлээрэй диэн кэтэһээхтиирэ буолуо. Күүлэйэп Сэмэн Үөһээ Бүлүүгэ Кэлтэгэйгэ олорбута, миигин көрүстэ да эбэлээх эһэбэр махтанарын этэрэ, кинилэр баар буолан сэрии сылларыгар хоргуйан өлбөтөҕүм диирэ.

Эбэлээх эһэм айан аартыгын айаҕар олорбуттара. Өлөөн дьаамын суола, Өлөөн, Ээйик, Ыйылас, Сургуулук дьоно табанан, атынан элбэхтик кэлэллэрэ-бараллара. Элбэх айанньыт, быстарбыт аһаан-сиэн, сэниэ ылан ааспыттарын туһунан Ыйылас, Сургуулук, Көтөрдөөх кырдьаҕастара махтана ахталларын элбэхтик истибитим. Эбэм чэйэ, аһа-үөлэ куруук бэлэм буолара. Эбэм Балбаара, эһэм Тайыла сэрии сылларыгар икки уоллара, икки күтүөттэрэ сэриигэ барбыттарын кэннэ дьоннорун биир сиргэ – Кыбытыыга түмэн, кыргыттарын Орто Өрүүнэни, Өрүүскэни, Аананы кытта холкуоска үлэлээн, оттоон-мастаан, кустаан, куобахтаан, бултаан, балыктаан, бары биир күүһүнэн сэрии ыар сылларын этэҥҥэ туораабыттар. Элбэх аччыктаабыты, хоргуйбуту аһатан тыын киллэрбиттэр, уонтан тахса сиэннэрин аччыктаппатахтар.

Киһи киһиэхэ үтүөнү, үчүгэйи оҥорбута хаһан да сүппэт, оспот, үтүөнэн эргийэр ыйаахтаах. Ол да иһин буолуо, кинилэр ыччаттара элбии, үксүү тураллар, сүүһүнэн ааҕыллар буоллулар. Оҕо сылдьан эбэм Балбаара бээһиҥкэтигэр иилинэ сылдьар “Ийэҕэ албан аат” элбэх оҕолооҕун икки бэлиэтин элбэхтик имэрийэн көрөрүм. Эбэм Балбаара түргэн-тарҕан туттуулаах, дьаһаллаах этэ, эһэм Тайыла сытыары-сымнаҕас майгылааҕа, оҕону-урууну мөҕөн-этэн эрэрин төрүт истибэтэҕим. Мин эбэлээх эһэбэр элбэхтик атаахтаабыт сиэн буолуохтаахпын. Бу орто дойдуттан букатыннаахтык барбыттарыгар дьоммуттан кистээн ытаан, элбэх түүн сыттыкпын илиппитим.

Хаартыскаҕа: 1. Чагылысова Варвара Игнатьевна. 2. Саалаах Амыдаева Дарья Ивановна, отоннуу баран иһэр.

Егор СЕМЁНОВ-Тыаһыт.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат №24(5112), 2020 сыл муус устар 7 к.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *