ЧУЛУУ БӨҔӨС, САТАБЫЛЛААХ САЛАЙААЧЧЫ
Саха саарына Юрий Степанович Андреев – өрөспүүбүлүкэҕэ спорт уонна физическэй култуура сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит, ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, СӨ спордун хапсаҕайга 1 №-дээх Бочуоттаах маастара, САССР үтүөлээх тренерэ, СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэһитэ, СӨ ХХ үйэҕэ спортка икки төгүллээх лауреата, «Сахаада-спорт» ассоциация ХХ үйэҕэ лауреата, Ньурба улууһун бочуоттаах гражданина, СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэтин хаһаайына.

Көҥүл тустууга Саха сирин 14 төгүллээх чемпиона, РСФСР боруонса призёра, Бүтүн Сойуустааҕы турнирдар 4 төгүллээх кыайыылаахтара, аан дойду бэтэрээннэргэ 1994 сыллаахха чемпиона, Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын спорт национальнай көрүҥнэригэр спартакиадатын хуреш тустууга икки төгүллээх, «Манчаары оонньуулара» спорт национальнай көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада хапсаҕайга үс төгүллээх, «Өбүгэлэр оонньуулара» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии үс төгүллээх муҥутуур чемпиона.
Мин 1975 сыллаахха аан бастаан оҕолорго Н.Тарскай бирииһигэр туста бараары сылдьан уулуссаҕа Юрий Степанович Андреевы көрсөн, билсэн турардаахпын. Ол маннык этэ. Тренерим Иванов Николай Прокопьевичтыын спортивнай оскуолабытыгар баран иһэбит. Арай биир балачча киппэ көрүннээх, сырдык дьүһүннээх, куудара баттахтаах киһи балачча улахан куул аҥара таһаҕаһын санныгар сүгэн иһэр эбит.
Тренербин бэркэ билэр буолан, туораан кэлэн кэпсэттэ. Николай Прокопьевиһы ол саҕана Ньурбаҕа билбэт киһи суоҕа эбитэ буолуо. Кини Москваҕа үөрэнэ сылдьан куорат хас эмэ төгүллээх чемпиона, Юрий Степанович убайдаатар убайа буолар. Өр баҕайы туран кэпсэппиттэрэ, онтон Николай Прокопьевич мин диэки эргиллэн баран:
«Бу Сергей диэн уол, бу күннэргэ Чурапчыга оҕолорго Н.Тарскай бирииһигэр туста бараары сылдьар, Ньурбаттан тустуук тахсыа диэн эмиэ биир эрэнэр уолбут», – диэбитэ. Илии тутуспуппут, киһим илиитэ улахана да, кытаанаҕа да сүрдээх этэ. Ити туран, бу киһи курдук күүстээх буолбут киһи баар ини диэн баҕа санаа киирэн ылбыта. Бу биһиги бастакы билсиһиибит этэ.
Армияҕа СКА-19 ЗабВО сулууспалаан баран, Саха государственнай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэ киирбитим. СГУ «Юность» спортсаалыгар Юрий Степанович уонна Николай Егорович Степанов (иккиэн ньурбалар) салалталарынан тустууга салгыы эрчиллибитим. Бу манна үөрэнэ сылдьан СГУ үс төгүллээх чемпиона буолбутум, СӨ Н.Тарскай бирииһигэр финалга иккитэ IV миэстэни ылбытым. СӨ ШВСМ аһаҕас күрэхтэһиитигэр III миэстэ буолбутум.
1983 с. СӨ аһаҕас турнирыгар Роман Дмитриев бирииһигэр ССРС, ЯАССР сборнайдара кыттыыны ылбыттара, онно группабар 74 киилэҕэ Аан дойду чемпиона Юрий Воробьев кэнниттэн II миэстэ, уопсай түмүккэ IV миэстэ буолбутум.
1982 с. Новосибирскай куоракка классическай тустууга Центральный совет ДСО «Водник» күрэхтэһиитигэр III миэстэни ылбытым. Якутуголь бирииһигэр Всесоюзнай турнирга II миэстэ буолбутум.
Үөрэхпин бүтэрэн дойдубар Ньурбаҕа кэлэн тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитим. Онтон кэлин Ньурба улууһун баһылыгын солбуйааччытынан уонна тыа хаһаайыстыбатын салайааччытынан үлэлии олорон, 90-с сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр этэ, Валентин Ивановичтыын сүбэлэһэн баран Юрий Степанович Андреевы Ньурбаҕа дойдутугар үлэлэтэ ыҥырбыппыт. Үлэлиир усулуобуйатын, олорор дьиэтин-уотун тэрийбиппит. Ити кэмтэн ыла Юрий Степанович төрөөбүт Ньурбата сайдарын туһугар күүскэ үлэлээн барбыта. Итинтэн ыла биһиги бииргэ алтыһан сылдьыбыппыт, табаарыстыы да, убайым да быһыытынан олус тапсан үлэлээн барбыппыт. Мин ити кэмҥэ Ньурбаҕа тустуу федерациятын председателинэн үлэлиирим. Онон да буоллаҕа, биһиги кинилиин тустуубут боппуруоһугар алтыспыппыт элбэх.
1981 сыллаахха Н.Тарскай зонатааҕы күрэхтэһиитигэр Бүлүүгэ баран СГУ хамаандаттан туста сылдьыбыппыт. Күрэхтэһии кэнниттэн Бүлүү саастаах дьоно миигин, эһэбинэн Бүлүүттэн төрүттээхпин билэннэр, уонна Юрий Степановиһы иккиэммитин туспа кэпсэтиигэ ыҥырбыттара. Ити түмсүүгэ саастаах Бүлүү кырдьаҕас дьоно эрдэттэн бэлэмнэнэн Юрий Степанович төһө күүстээҕин билээри мустубуттар эбиттэр. Ол кырдьаҕастар эттилэр: «Бүлүүттэн төрүттээх уолбут, эйигин дьон барыта айылҕаттан бэриллибит талааннаах тустуук уонна күүстээх киһи диэн кэпсииллэр. Онон бүгүн бу бачча мустубут убайдаргар күүскүн көрдөрөн бэлэхтэ оҥорон биэр эрэ», – диэтилэр.
Онуоха уоллара сүүрбэлээх тоһоҕолору көрдөөн ылан, сыгынньах илиитинэн «узел» баайталаан, хас да баайыллыбыт тоһоҕолорун кырдьаҕастарга бэлэхтээбитэ. Биир кырдьаҕас оҕонньор: «Дьэ, кырдьык, күүстээх диэбиттэрэ чахчы эбит. Ол гынан баран биири өссө көрдөһөбүн, бу тимири токурутан биэрэриҥ буоллар, биһиги музейбытыгар ууран көрө сылдьыа этибит», – диэтэ уонна алта кырыылаах уһун сыыйыы тимир луому туттаран кэбистэ. Онуоха Юрий Степанович мүчүк гынан баран: «Дьэ, кырдьаҕастар, уолгутугар кырдьык кытаанах экзамен бэлэмнээбит эбиккит, бу маннык алта кырыылаах тимир олус кытаанах буолар диэччилэр, итинник кырыылаах сыыйыы тимири хаһан да илиибэр тутан көрө илик этим ээ», – диэтэ уонна түргэн үлүгэрдик моонньугар ууран баран кириэстии токурутан кэбистэ. Бу маны барытын мин кини аттыгар баар буоламмын илэ харахпынан барытын көрбүтүм. Бука кырдьаҕастар, эппиттэрин курдук, ол токурутуллубут алта кырыылаах луом тимири ханна эрэ анаан уурбуттара буолуо дии саныыбын.
1988 сыллаахха Ньурба оройуонун тустууга сайдыытын 30 сыллаах юбилейа буолбута. Итинэн сибээстээн, Ньурба оройуонун тустууга аһаҕас чемпионатын тэрийэн ыыппыттара. Ол саҕана «Марха» совхозка кылаабынай ветеринарнай бырааһынан үлэлиирим. Хамаандабын илдьэ туста кэлбиппит. Тустаммын, ыйааһыммар иккис буолбутум. Армияҕа бииргэ сулууспалаабыт доҕорум Борис Борисов куораттан кэлэн тустан бастаабыта.
Онтон салгыы бу күрэхтэһиигэ хапсаҕайга абсолютнай чемпионат тэрийбиттэрэ. Сэрэбиэй быһыытынан Үөһээ Бүлүү үс маастарын кытта тустаммын, кыайаммын финалга тахсыбытым. Анараа өттүттэн барыларын кыайталаан, учууталым уонна тренерим Юрий Степанович финалга тахсыбыта. Бу финалга тустуубутун норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах судьуйа, спорт маастара Мостахов Алексей Егорович бэйэтинэн тэрийэн ыыппыта. Оччолорго тоҕус мүнүүтэ тустар этибит. Толору тустаммыт, ким да албас оҥорбото. Судьуйалар эбии икки мүнүүтэ биэрдилэр. Бу эбии бириэмэҕэ эмиэ хайабыт да баал ылбата. Өссө төгүл икки мүнүүтэ эбии биэрдилэр уонна: «Бу эбии бириэмэҕэ ким да баал ылбатаҕына, кыайыы кыра ыйааһыннаах киһиэхэ бэриллэр», – диэтилэр. Ол аата миэхэ бэриллиэн сөп буолла. Миэхэ кыайар баҕа баһаам да, кыах суоҕа бэрт буоллаҕа. Көрөөччүлэр миэхэ, кыра ыйааһыннаах киһиэхэ, ыалдьаллар, хаһыы-ыһыы бөҕөтө. Убайым отой толкуйдуу сылдьара, туох эрэ албаһы оҥороро буолуо диэн кэтии-маныы сылдьабын. Тустуу бүтэрэ баара-суоҕа 15 сөкүүндэ хаалбытын кэннэ убайым умса тардан баран, өсөһөн төттөрү эргийэн эрдэхпинэ дьэ түбэһиннэрэн тэппэт дуо! Омуннаатахха, үстэ эргийэн дьиэ өһүөтүн эрэ көрөн хааллым… Көрөөччүлэр атахтарыгар ойон туран астынан ытыс таһыннылар аҕай. Итинник, ханнык баҕарар түгэҥҥэ Юрий Степанович син биир тугу эрэ тобулан, толкуйдаан оҥорбута эрэ баар буолааччы. Ити түгэҥҥэ чахчы бэйэтин үрдүк кылаастаах маастар буоларын Ньурбатын дьонугар-сэргэтигэр көрдөрөн турар.

1995 сыллаахха Баһылай Манчаары бирииһигэр спартакиада Төҥүлүгэ буолбута. Иккиэн баран улууспут хамаандатын туһугар тустубуппут. Кини ити күрэхтэһиигэ 45 сааһыгар хапсаҕайга эдэр уолаттары кыайталаан, ыарахан ыйааһыҥҥа абсолютнай чемпион буолбута. Элбэх дьону сөхтөрбүтэ даҕаны, элбэх киһи биһирэбилин да ылбыта.
Ветеринарнай управление салайааччытынан олорон, Юрий Степанович ветераннарга аан дойду чемпиона буолбутугар тэрилтэм аатыттан «Минск» мотоцикл бэлэхтээн турабын. Кини биирдэ наһаа үөрэн эппиттээх: «Бу бачча улахан ыйааһыннаах киһини ити кыра мотоцикл бэркэ да уйар эбит, атын үчүгэйэ диэн, ханна эмит бадарааҥҥа батылыннахпына паапка курдук кыбынан баран ороон таһааран, салгыы айанныы турабын». Итини кэпсээн биһигини күллэртээн турардаах.
Биир түгэн баара. Арай биирдэ күһүн убайбыт Дьууруй дойдутугар Маалыкайга бултуу бара сатаан баран, үрэх уута ыыппакка төннөн кэлбит диэн сураҕы дьонтон иһиттим. Ол кэмҥэ биһиги улууспутугар экология сытыы боппуруостарын күүскэ ылсаммыт уонна республика салалтатыгар туруорсаммыт, улууспутугар икки хайысхалаах экологическай научнай экспедиция тэрийэ сылдьар кэммит этэ. Космическай ракеталар тобохторо Ньурба сиригэр түһэрин билэммит, ити уматык иһиттэрэ айылҕаҕа хайдах дьайалларын уонна содулларын үөрэтэр сыалтан үлэ тэрийэн ыыппыппыт.
Бастакы экспедициябытын Чиллэ үрэх тардыытынан Хорулаҕа тэрийэн ыыппыппыт. Бу манна ракета түспүт тобоҕун Иван Бурцев уонна Афанасий Тобунов булбут сирдэрэ этэ. Ити кэмҥэ быраатым Гаврил Гаврильевич Дмитриев ыарахан металл балыкка дьайыытын үөрэтэр сыалтан ити боппуруоһунан дьарыктаммыта, күөллэри, үрэхтэри кэрийэн анализ ылан үөрэтэрэ. Онон сибээстээн иккис экспедициябытын ити боппуруоска анаан тэрийэн ыыппыппыт. Итини туһанан экспедиция дьонун кытта кэпсэтэммин, Юрий Степановиһы вертолётунан таарыччы Маалыкайга, төрөөбүт дойдутугар бултата илдьэн түһэрбиттэрэ. Кэлэн баран миэхэ махталын биллэрбитэ.
Ити сырыытыгар лицензиялаах буолан эһэни уонна тайаҕы бултаан кэлбит этэ. Итинник бииргэ алтыһан сылдьыбыппыт элбэх буоллаҕа.
Юрий Степанович Ньурбатын үгүстүк аатырдыбыта. Ким эрэ учуонай буолан, ким эрэ салайааччы буолан, ким эрэ спортка ситиһиилэринэн сураҕырар. Оттон Юрий Степанович айылҕаттан анаппыт талаанынан уонна тус бэйэтин дьулуурунан, кыаҕынан тустуук уонна үлэһит бастыҥа буолан Ньурбаны Ньурба дэппит баар-суох убайбыт буолар.
Тапталлаах кэргэнэ Анна Михайловна Уларова Ньурба улууһугар өр кэмҥэ улуус баһылыгын солбуйааччытынан таһаарылаахтык үлэлээн кэлбитэ. Билигин дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ ыҥырыллан улуус баһылыгын солбуйааччытынан үлэтин саҕалаата. Кинилэр тапталлаах уоллара Аслан Юрьевич армия кэккэтигэр ытык иэһин этэҥҥэ толоро сылдьар.
Ньурбалар ньургун чулуу бөҕөспүт Дьууруй Андреев билигин үтүөлээх сынньалаҥҥа олорор. Айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун ыһыктыбат. Баҕарабын киниэхэ уонна кини чугас дьонугар кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну.




























Ахтыыны суруйда уонна бэлэмнээтэ
Сергей Гаврильевич ДМИТРИЕВ, Саха Республикатын үтүөлээх ветеринарнай бырааһа, Саха сирин спордун ветерана, “Спортка уонна физическэй культураҕа үтүөлэрин иһин” знак хаһаайына, Ньурба улууһун уонна Ньурба куоратын ытык олохтооҕо.
