“АРГЫС” ТУТАР ЭТЭРЭЭТ БАСТАКЫ КОМАНДИРА
2020 сыл сайыныгар 1968-89 сыллардаахха Саха государственнай университетын историко-филологическай факультетын тутар этэрээттэрин кэпсиир хаартыска-альбом тахсан үөрдүбүтэ. “Аргыс”, “Чайка”, “Дьулуур”, “Аргыс-Интер”, “Дьулуур-Цамхаг”, “Чэчир”, “Сыккыс”, “Айталы” оччотооҕу студеннарын III сайыҥҥы семестри ханна, хайдах атаарбыттарын туһунан альбомҥа 720-тэн тахса хаартыска киирбитэ. Ити сылларга үөрэммит, тутар этэрээккэ киирэн туһаны оҥорсубут тустаах киһиэхэ оҕолоругар, сиэннэригэр хаалларар үтүө өйдөбүнньүк буолбута. Альбому үгүс үлэни, түбүгү көрсөн Александра Гаврильевна Никитина (Слепцова) оҥорбута.
Мин бүгүн “Аргыс” тутар этэрээт маҥнайгы командира Иванов Егор Васильевич биир дойдулааҕа буоларым быһыытынан, кини туһунан тугу өйдөөн хаалбыппын ахтан-санаан аһарыым.

Ивановтар II Малдьаҕар Улахан-Аан нэһилиэгэр биир халыҥ уус, аймах буолаллар. Ууһаан туран бары да кэриэтэ булчут дьон. Гоша 1942 с. аҕата Баһылай сэриигэ бардаҕын утаа төрөөбүт. Баһылай сэрии иннинэ Ааллаах-Үүн таһаҕаһын таһыы сырыытыгар сылдьыспыт, бэйэтин лаппа кыанар киһи эбитэ үһү. Сэрииттэн Албан Аат уордьаннаах, улахан бааһырыылаах төннүбүтэ. Сэрии кэнниттэн өссө биэс оҕону төрөтөн, ситэ улаатыннарбакка, бааһа бэргээн 1960 с. диэки өлбүтэ.
Гоша ыал улахан уола буолан колхоз үлэтигэр оҕо эрдэҕиттэн миккиллэн, өбүгэлэрин удьуордаан булка сыстан улааппыта. Олохтоох оскуола сэттэ кылааһын, салгыы Булгунньахтаах оскуолатын бүтэрэн ГДР-га сулууспалаан ытык иэһин толорон кэлбитэ. Бу кэмтэн ыла оччотооҕу бытырыыскалар, биһиги, кинини үчүгэйдик өйдүүбүт. Халлаан күөҕэ өҥнөөх погоннаах параднай формалаах уолу биһиги батыһа сылдьан көрбүппүт. Оскуола иннигэр кэлэн гиирэнэн оонньуура. Кэтит сарыннаах, синньигэс бииллээх барыта быччыҥ-таһаа киһи гиирэни үөһэ быраҕа-быраҕа хабарын, бүтэһиккэ санныгар ууран баран харытын уунан сүүрэн иһэр гиирэни сиргэ тиэрдибэккэ хабан ыларын наһаа сөҕө, умсугуйа көрөрбүт. Бары кини курдук буолбут киһи диэн баҕарарбыт. Уолаттары тустууга үөрэтэрэ, атах оонньоон быыппастарын, ууга харбыырын көрөр олус да умсулҕаннаах көстүү этэ. Оччотооҕуга спорт диэн саҥа үөдүйэн эрдэҕэ дии. Нэһилиэк ыччата онно сыстан, куоракка педучилищеҕа киирэн үөрэнэн биһиэхэ үтүө холобуру көрдөрбүттэрэ. Биһиги көлүөнэ даҕаны убайдарбытын утумнаан спорт кэрэ эйгэтигэр сыстыбыппыт.
Гоша олус сайаҕас майгылааҕа, оҕонньоттору кытта булт-алт туһунан бэркэ тапсан кэпсэтэрэ. “Барахсан, үтүө киһи тахсар киһитэ”, – дэһэллэрэ оҕонньоттор.
1968 с. Улахан-Ааҥҥа республикаҕа аан бастаан толору механизациялаах хотон тутуллар буолбута. Дьон: “Дьэ, бу соҕуруу дойдуга курдук хотон тутуллар. Ыанньыксыттар аны саах күрдьүбэттэр, ынаҕы массыынанан ыыллар, бары быраас курдук маҥан халааттаах сылдьаллар. Үлэлээн бүтэн баран үөһэттэн түһэр ууга (дуһу этэллэр) сөтүөлээн баран тарҕаһаллар үһү”, – диэн кэпсэтэллэрэ. Сөҕүү-махтайыы бөҕө этэ. Биһиги окко сылдьан арыыттан ардахтаан таҕыстахпытына, кытыыга ыччат дьон сөтүөлүү, күөгүлүү сылдьар буолаллара. “Хотон тутааччы студеннар”, – дииллэрэ.
1969 с. биһиги Булгунньахтаах оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпытына икки эдэр учуутал баар буолан хаалла. Иккиэннэрин билэр дьоммут эбит. Альбина Семёновна Трофимова уонна Гоша Иванов. Биһиги: “Эдьиийдээх убайбыт кэлбиттэр”, – диэн уруокка мэниктээн бардыбыт (бэйэбит да мэник кылаас этибит). Наһаалаатахпытына Гоша кэлэн: “Доо, тохтоо эрэ, тохтоо эрэ!” – дии турар буолар. Эдьиийбит наһаа сымнаҕас майгылааҕа, уруогар төбөбүтүнэн эрэ турбат этибит. Переменаҕа тутан ылан дойдутун сонунун истиэн баҕаран кэпсэтэ сатыыра. Убайдаах эдьиийбит сотору буолан баран практикалара бүтэн барбыттара. Онтон саас буолуута Гоша куораттан тахсан иһэн массыына саахалыгар түбэһэн соһумардык олохтон туораабыта. Кэргэнин дойдутугар, Булгунньахтаахха, улахан похорона буолбута. Онно биһигини сырытыннарбыттара. Оскуола духовой оркестра оонньообута… Ити курдук нэһилиэк биир баар-суох бастыҥ ыччата олохтон туораабыта. “Хаарыан уолбут былаҕайга былдьаммыта”, – диэн Бөртө кырдьаҕастара хойукка диэри ахтар этилэр.
Биһиги улаатан, үөрэххэ киирэн эмиэ тутар этэрээккэ суруйтаран “Аргыс-72”-гэ Уус-Тааттаҕа үлэлээбиппит. Онно тутар этэрээт бастакы командира Егор Иванов буоларын билбитим. Онно сылдьан үгүс ыччаты кытта билсэн, доҕордоһон “эн-мин” дэһэн, үлэлээн, үгүс тэрээһиҥҥэ кыттарбыт, төһө даҕаны күн-дьыл ааһан истэр умнуллубат буолар эбит. Оччотооҕу ыччат өйө-санаата ыраас, чиэһинэй этэ. Үспүкүлээннээһини, бүрүкүрээттээһини төрдүттэн сөбүлээбэт этибит. Этэрээт араас суол үтүө үгэстэрдээх этэ. Олортон биирдэстэрэ: “Аргыс этэрээт бастакы командира эдэр сааһыгар быстахха былдьаммытынан кини кэргэнигэр, оҕолоругар сыллата биир байыас хамнаһынан материальнай көмөнү оҥорорго диэн этэ. 1975 с. этэ дуу, комиссарбыт Артём Слепцов этэр: “Сима, эн Егор Иванов земляга буолаҕын дуо?”. “Оннук”, – диибин. “Оччоҕуна бу харчыны кини кэргэнигэр илдьэн биэр”, – диир. Мин кумааҕы суулааҕы ылан сиэппэр уктан кэбиһэбин уонна дойдум диэки түһэ турабын. Аара Булгунньахтаахха айан суолун кытыытыгар турар Елена Кононовна дьиэтигэр киирэбин. Хаһаайка миигин чэйдэтэр. Мин харчыны туттаран баран, биэрэккэ киирэн сатыы түһэ турабын. Билигин санаатахха, судургу да эбит. Оччотооҕуга биир байыас хамнаһа ботуччу буолара. Саныыбын ээ, арай билигин буоллун? Мин төһөлөөх араспыыскаҕа илии баттыам эбитэ буолла?
Күһүн Артём ыйытар: “Хайа биэрдиҥ дуо?”. “Биэрдим”. Онон бүтэбит. Урукку ыччат бүрүкүрээттээһини оннук сөбүлээбэт эбиппит. Университет тутар этэрээттэрэ биһиэхэ хас биирдиибитигэр элбэҕи биэрбитэ, элбэххэ үөрэппитэ.
Серафим Михайлович ИЛЬИН.
