ЫЛСЫБЫТ ДЬЫАЛАТЫН ТИҺЭҔЭР ТИЭРДЭРЭ
Ньурба Аканатыгар биһигини үөрэппит учууталбыт Михаил Семёнович Николаев улахан уола Николаев Владимир Михайлович туһунан кэпсии түһүөм.

Аҕата техниканы олус сөбүлүүр этэ. Ону утумнаан инженер-механик үөрэҕин бүтэрэн, Маалыкайга күтүөт буолан, оччолорго аатырбыт Степан Баһылайап аатынан сопхуоска экономист быһыытынан үлэлээн сирдэрбэтэҕэ. Онтон “Марха” сопхуоска тыа сирин үлэтигэр салгыы тиритэ-хорута үлэлэһэн барбыта.
1980 сыллаахха Василий Николаевич Николаев Акана советынан талыллан, управляющайыттан уурайар, кини оннугар Прокопий Васильевич Иннокентьев-Муҥхаал, үйэлээх сааһыгар тракторист, тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы үлэлээбит киһини, управляющайы солбуйарыгар Василий Николаевич бэйэтинэн тыл көтөхпүтэ. Киһи көстүөр диэри үлэлииригэр, онтон биирдэ пенсияҕа тахсарыгар сүбэлээбитэ, кытаанах кэмигэр көмөлөһүөх буолбута.
1981 сыл бэс ыйыгар управляющайынан Владимир Михайлович Николаев буолбута. Акана олохтоохторо: “Василий Николаевич бэйэтэ ыҥыран, миэстэтигэр олорто”, – диэн өйдөбүлгэ киирбиттэрэ…
Ол эрээри Владимир Михайловиһы сүбэлээбит киһинэн, “Марха” сопхуоска кылаабынай инженердээбит Лазарев Петр Петрович-Тыын Тардар буолар. “Владимир Михайлович, Аканаҕар, төрөөбүт түөлбэҕэр тахсаҥҥын управляющайдаа, онно олорон төрөөбүт сиргин сайыннар, билигин солбуйан олорор тыа хаһаайыстыбатыгар үйэлээх сааһыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит киһибит, хаһан сөптөөх киһи кэллэр эрэ сынньаныам этэ диэн кэтэһэр”, – диэн сүбэлээбит. Ол сүбэни ылынан Владимир Михайлович тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы үлэлээн барбыта, Баһылай Ньукулаайабыс сэбиэттээн олорон ыйан-кэрдэн биэрэрэ. 1992-1993 сс. Акана нэһилиэгин бастакы баһылыга Владимир Михайлович буолар. Нэһилиэккэ сайдыы олох сиэринэн иннин диэки баран иһэр. Салайар үлэ бэйэтэ булар курдук этэ, бүтэһигэр Ньурба оройуонун администрациятыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Онтон оҕолорун батыһан Дьокуускай куоракка көспүттэрэ.
Кыра эрдэҕинэ Сэмэтээски диэн эһэтигэр оҕонньоттор кэлэн уруккуну-хойуккуну эргитэн кэпсэтэллэрин, сиэнэ уол сэҥээрэн истэрэ. Сэмэтээскиттэн саҕалаан удьуор үлэһит дьон үөскээн-төрөөн аастахтара. Бурдук үүннэриитигэр Сэмэтээски ойууру солоон бурдук ыһар эбит. Айылҕаттан талааннаах буолан, анал ветеринар үөрэҕэ суох эрээри, сылгыны, ынах сүөһүнү эмтиирэ. Кыра быһычча оҥостон баран төрөөрү моһуогурбут ынаҕы, өлбүт оҕотун, иһигэр быһыччатынан сүһээн, чаас чааһынан араартаан ылар диэн кэпсэтэр буолааччылар. Ол ынаҕа эһиилигэр этэҥҥэ төрүүр үһү. Сүрдээх мындыр, толкуйдаабытын сүһүөҕэр туруоран тэйэр оҕонньор этэ. Мин кинини Чкаловка сүөһү аттыы тахса сылдьарын көрөр этим…
Владимир Михайлович оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэйэтин төрүттэрин, Сэмэтээскилэри, хос эбэтин, эһэтин, аҕатын, ийэтин уонна аймахтарын олохторун-дьаһахтарын үөрэтэр санааламмыта. Оскуоланы бүтэрэн салгыы үрдүк үөрэххэ үөрэнэ да, кэлин үлэлии да сылдьан быыһыгар-ардыгар дьон кэпсээннэрин сурунан иһэрэ.
Бэйэтин санаатын толорон, үлэтин быыһыгар дьарык гынан, эһэтэ Сэмэтээски, оҕонньоттордуун кэпсэппит кэпсээннэрин, Акана былыргытын убайа Баһылай Ньукулаайабыстыын кэпсэтэн, ырытан, ааҕан, суруйан испиттэрэ.
Дьөҥкүүдэттэн саҕалаан бүтүн нэһилиэк былыргытын билиҥҥи үйэҕэ дылы арахпакка хатыһан туран хасыһар идэлэммитэ. Бэйэтэ да ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр хадаар майгылааҕа.
Куоракка тиийэн, иһигэр иҥэрэ сылдьыбыт санаата туолуоҕар, Аканатын нэһилиэгин историятын билэргэ, архыыбы хасыһар буолбута. Булчут бултуйдаҕына үөрэрин курдук, архыыптан наадалаах матырыйаалын буллаҕына үөрэр-көтөр. Биирдэ истибитин түүлээх холбукатыгар хатаан кэбиһэр, ол хаһан да умнуллубат, ону кумааҕыга тиһэр, түмүгэр “Акана” диэн ааттаах кинигэни бэчээттэтэн таһааттарбыта. Бу кинигэ үйэ саас тухары мэҥэ таас кэриэтэ, Акана олохтоохторугар аҕа уустарын арааран билэргэ ыйынньык буолар.
Бу суруйууга ахсаабакка көмөлөспүт педагогическай наука докторыгар, профессор Евдокия Михайловна Поликарповаҕа, бэчээттэнэн тахсарыгар Аканаҕа төрөөбүт, үөрэммит, “Метал КОМ САУ” генеральнай директорыгар Николай Владимирович Ивановка, Акана нэһилиэгин баһылыгар Ефрем Михайлович Семёновка, “Бичик” генеральнай директорыгар Август Васильевич Егоровка истиҥ иһирэх махталбын тиэрдэбин.
Владимир Михайлович, оҕо сааскыттан иитиэхтээн сылдьан, өр сылларга тиһэн, хомуйан ситиспит үлэҥ түмүгэ, “Акана” диэн кинигэҥ, хас эмэ үйэни тоҕо көтөн кэлэн кэнэҕэски көлүөнэлэрбитигэр кэрэ бэлэх, өйдөбүнньүк буолан хаалыаҕа. Тус бэйэм бу кинигэҕин дуоһуйа ааҕан, былыргы алтыһан ааспыт кырдьаҕастарым, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрим хаартыскаларын көрөн, урукку кэмнэрбэр төннөн ыллым. Харахпар саҥа сайдан эрэр дэриэбинэм, сэбиэскэй былаас күүстээх күргүөмнээх үлэтэ-хамнаһа бу баардыы көстөн ааста. Маннык киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох кинигэҥ иһин сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин. Сыралаах үлэҥ түмүгэ дьон махталынан сыаналаннын.
Моисей ИВАНОВ.
Ньурба куорат.
2020 сыл.
