КҮҮСТЭЭХ САНААТЫНАН, ДЬУЛУУРУНАН
Ньурба оройуонун Акана нэһилиэгин олохтоох советын секретара Кондакова Анастасия Тимофеевна олорбут олоҕо эдэр ыччакка холобур буолар.

Эдьиийим Кондакова А.Т. балаҕан ыйыгар 1920 сыллаахха, улуу Октябрьскай революция буолбута 2 сыл 10 ый ааспытын кэннэ, Акана нэһилиэгэр Ньурба оройуонугар дьадаҥы кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Саха сиригэр буолбут гражданскай сэрии аймалҕана, 1941-45 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитин ыарахан сыллара эдьиийбит Анастасия Тимофеевна киһи буолан, буһан-хатан, сириэдийэн тахсарыгар сүрүн төрүөтүнэн буолбуттара. Онон дойдуга буолбут 3 улахан событиялар эдьиийбэр Анастасия Тимофеевнаҕа оччотооҕута олох улахан оскуолатынан буолбуттара.
Кини тыа сирин биир бастыҥ чаҕылхай ыччата буоларын быһыытынан, эдьиийим Анастасия Тимофеевна ылбычча эдэр киһи кыайбат араас ыарахан үлэлэригэр, күүстээх санаатынан уонна баҕатынан, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол саҕана эдьиийим Анастасия Тимофеевна тус бэйэтин олоҕунан, улэтинэн, дьаныарынан уонна үлэҕэ дьулуурунан оччотооҕу нэһилиэк уонна оройуон эдэр ыччатыгар үтүө холобуру көрдөрбүтэ.
Эдьиийим олох төһө да ыараханын иһин, саҥа олоҕу тутар улахан уустуктардааҕын өйдөөн, бу ураты уустук кэмнэргэ тыа хаһаайыстыбатын араас салааларыгар Акана нэһилиэгин олохтоохторун, үлэһит боростуой дьонун олохторун уйгута тупсарыгар колхозка, онтон нэһилиэк Советын тэрийэр — маассабай үлэтин тосту уларытарга, өрө тардарга өр сылларга хара үлэ аһыытын-ньулуунун амсайан, икки хараҥаны ыпсаран, көмүс көлөһүнүн тоҕон туран, хара ньуура суох үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик төрөөбүт нэһилиэгэр үлэлээбитэ.
Эдьиийим Анастасия Тимофеевна 1931 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ, 4 кылаас үөрэхтэммитэ. Олус сайаҕас, ис иһиттэн дьоҕурдаах кыысчаан оскуолаҕа үөрэҕэр биир бастыҥ үөрэнээччинэн буолбута. Оччотооҕута Акана нэһилиэгин салалтата оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар кыыһы таба көрөн, талан, эппиэттээх үлэлэргэ — сир түҥэтигэр, бурдук соҕутуопкатыгар, быыбар хампаанньатыгар суруксутунан, колхозтары тэрийиигэ, кинилэр үлэлэрин хонтуруоллааһыҥҥа боломуочунайынан анаан үлэлэппитэ. Эдьиийим ити үлэлээһинэ үлэни тэрийиигэ, суокка-ахсааҥҥа, былааннааһыҥҥа дьоҕурун өссө сайыннаран, дириҥэтэн кини инники үлэтигэр-хамнаһыгар сүҥкэн суолталаммыта. Бу үлэлиир сылларыгар бэрт элбэххэ үөрэммитэ. Оччотооҕу Совет үлэтигэр, колхозтар тэриллиилэригэр, сүөһү иитиитигэр, үлэтигэр элбэх саҥаны билбитэ-көрбүтэ. Бу үлэлиир сылларыгар эдьиийим Анастасия Тимофеевна нэһилиэк, колхозтаах дьонун кытта үлэҕэ, салайар-тэрийэр үлэҕэ олус дьоҕурдааҕын, ирдэбиллээҕин, принципиальнайын көрдөрбүтэ.
1939 сыллаахха эдэркээн эдьиийим ийэлээх аҕатын кытта сүбэлэһэн баран, дьонун кытта “Кыһыл Бэрэ” колхозка чилиэнинэн киирбитэ. Оччотооҕута колхоз үлэтэ элбэҕэ, ыарахана. Онон эдьиийим Анастасия Тимофеевна колхоз ыарахан үлэтигэр оройунан түспүтэ. Кини кыра эрдэҕиттэн хара үлэҕэ эриллибит буолан, колхоз араас үлэтигэр сыстаҕас этэ, онон ыытыллар үлэлэри бэрт улгумнук толороро. Колхозка киирдэҕин сыл ревизионнай комиссияҕа талыллыбыта. Ыанньык ферматыгар табельщигынан үлэлээбитэ. 1940 сыллаахха саҥа киирбит ыччат ферматыгар ыанньыксыттаабыта. Онно эдьиийим үлэтигэр хайдах үлэлиирин, тиэрдиллибит былааны хайдах гынан толорору колхоһун биригэдьииригэр, салалтатыгар бэйэтин санаатын кэпсиирэ. Онно үксүгэр биригэдьиирэ, эбэтэр салалтата эппитин аһара түһэн, толорон, үлэтигэр куруук кыайыылаах тахсара. Ол иһин үксүгэр кини хайҕал тылларын истэрэ.
1941 сыллаахха “Кыһыл Бэрэ” колхоз “Ленин суола” колхозка холбоспутун кэнниттэн эдьиийим үүт табаарынай ферматын заведующайынан анаммыта. Сыһыарыллыбыт үлэтигэр үччүгэйдик үлэлиирэ. Бу үлэҕэ ананыаҕыттан ферма үрдүнэн биир да сүөһүнү – ынаҕы энчирэппэтэхтэрэ, оттоон – мастаан, отторун тиэйэн, хас биирдии дайаарка 16-лыы ынаҕы ыыра, ньирэйдэрин бэйэлэрэ көрөллөрө. Оттон от үлэтигэр оскуола сорох улахан оҕолоро хотуурунан от охсоллоро, ким от мунньара. Ол саҕана дайааркалар ынахтарын хомуйан, ыан баран окко куруутун үлэлииллэрэ. Сэрии сорох сылларыгар наһаа кураан күннэр тураннар сороҕор ойуур баһаардара буолаллара. Ону умуруора ардыгар ыанньык үлэһиттэрэ кытта бараллара. Үлэтигэр тиэрдиллибит сорудахтарын куруутун толороро. Онон эдьиийим үлэтигэр бастыҥнар кэккэлэригэр мэлдьитин сылдьара. Кини комсомолга 1943 с. киириэҕиттэн үлэлиир үлэтигэр бастыҥ үлэһит дьон ахсааныгар сылдьара. Үлэтигэр былаанын толорботох түгэнэ суоҕа. Оччотооҕута ханна да буоларын курдук колхоз ыарахан үлэтин комсомолецтар уонна эдэр ыччаттар толороллоро.
Эдьиийим Анастасия Тимофеевна төрөөбүт нэһилиэгэр Аканатыгар дьиҥнээх патриот быһыытынан, колхоз, нэһилиэк үлэтэ, хамнаһа, олоҕо-дьаһаҕа сайдарыгар ис сүрэҕиттэн кыһанара, дьону кытта үлэҕэ ахсаабат болҕомтотун уурара. Ол да буоллар эдьиийим оскуолаҕа ситэ үөрэммэтэр да олус прогрессивнай өйдөөх-санаалаах, төрөөбүт нэһилиэгэр, кини олоҕор биллэр-көстөр активист, общественник этэ. Кини республикаҕа сахалыы тылынан тахсар хаһыаттары, сурунааллары, уус-уран кинигэлэри тиһигин быспакка умсугуйан туран ааҕара. Онон дойду, республика уонна оройуон олоҕун, үлэтин-хамнаһын истэ-билэ, сэҥээрэ сылдьар этэ. Хаһыаты, кинигэни бокуой булла да ааҕар буолан нэһилиэгин дьонугар, үлэлиир коллективыгар интэриэһинэйи элбэҕи кэпсиирэ, ырытара. Эдьиийим билиҥҥи олоххо эппиэттэһэр киэҥ билиилээх-көрүүлээх киһи этэ. Ол да иһин буоллаҕа олоххо, үлэҕэ улахан эппиэтинэстээх, улахан тардыһыылаах буолара, куһаҕантан, алдьархайтан сэрэнэрэ. Олоххо буолар быһыыттан-таһааттан дьоннорун сэрэтэрэ, олохтоохтук сүбэлиирэ-амалыыра. Эдэр ыччат иннигэр тахсан тыл этэригэр үксүгэр куруутун туох эрэ саҥаҕа-үчүгэйгэ эдэр дьону, ыччаты үөрэтэрэ, такайара.
Оччолорго эдьиийбит Анастасия Тимофеевна араас мунньахтарга тыл этэн, ардыгар эдэр дьону үөрэтэр, такайар быһыыннан, лекция да курдук саҥаран киирэн бардаҕына дьону-сэргэни олус диэн сэргэхситэрэ. Акана нэһилиэгэр ханнык баҕарар үлэни тэрийэн ыытарга, ону бэйэтинэн салайарга улахан дьоҕурдааҕа, талааннааҕа. Нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, эдэр ыччата биһиги эдьиийбит тылын-өһүн, кини ылыннарыылаах этиилэрин, дьаһалларын үөрэ-көтө истэллэрэ уонна олору олоххо киллэрэргэ дьулуһаллара. Нэһилиэк олохтоохторо туруорсар араас боппуруостарыгар, кинилэр быһаарсар араас элбэх докумуоннарыгар иҥэн-тоҥон туран улгумнук ырытыһара, быһаарсара, ыйара-кэрдэрэ, сүбэлиирэ.
Эдьиийим Анастасия Тимофеевна дьиэтигэр-уотугар дьаһаллаах хаһаайка, ыраас, чэнчис, түргэн-тарҕан туттуулаах, кэлбит-барбыт, сүрдээх сытыы киһи этэ. Кини ханна да тиийдэр, дьон-сэргэ болҕомтотун тардар ураты сырдык ауралаах этэ. Хайа баҕарар киһини кытта кэпсэтэн баран, сүрэҕэр тиийэр ураты элэккэй — эйэҕэс майгылаах, элбэх сэһэннээх-сэппэннээх, сүрдээх аймаҕымсах, ыалдьытымсах, аһыныгас, амарах дууһалаах киһи этэ.
Оччотооҕута олох төһө да ыараханын иһин эдьиийим барахсан дьиэтигэр киниэхэ сүбэлэтэ кэлбит дьонун, саха киһитин сиэринэн: быстыбыты быыһаан, аччыктаабыты аһатан, тоҥмуту ириэрэн таһаарара. Оччолорго нэһилиэккэ олорор да дьиэ суоҕа. Биир эмит кэлбит саҥа үлэһити, эдэр ыалы, тулаайахтары ханна эмит олордорго улахан проблема буолара. Ол иһин сороҕор кинилэри, саҥа үлэлии кэлбит ыалы, дьиэтигэр олордор буолан дьиэтигэр эдьиийбит мэлдьи дьукаахтаах буолара. Кэлин ол туһунан сороҕор астынан туран ахтан ааһааччы. Ол оннук бииргэ дьуккаах олорбут эдэр ыал дьонун көрүстэҕинэ кинилэр махтаналларын, үтүө тылларынан саныылларын, ыарахан кэмнэригэр дьиэтигэр олордубутугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар үтүө сүбэтинэн көмөлөспүтүгэр муҥура суох ахталларын эдьиийбитигэр этэллэр эбит. Ол дьон үтүө тылларыттан эдьиийим барахсан олус да үөрэрэ.
Оттон сиэннэрин, тулаайах аҥаардаах хаалбыт аймахтарын туһугар ууга-уокка түһэрин да кэрэйбэт этэ. Мин ийэм Евдокия Тимофеевна, эдьиийим Анастасия Тимофеевна бииргэ төрөөбүт эдьиийэ, ыалдьан суох буолбутун кэннэ 3 оҕо дьиэлэригэр Тит Саввич Лукинов – Калининскай фроҥҥа сэриилэспит, Москва Оборонатын кыттыылааҕа, 2-с группалаах инвалид аҕабыт көрүүтүгэр-истиитигэр хаалбыттара. Аҕам колхоһугар үлэлиирэ. Сылтан эрэ ордук кэмҥэ оҕолор аҕаларынаан бэйэлэрэ эрэ олорбуттара. Эдьиийим хас суруйдаҕын аайы: “Оҕолоргунаан манна Аканаҕа көһөн кэлиҥ” – диирэ. Аҕам ийэм эппит кэриэс тылын: “Оҕолоргунаан Аканаҕа дьоммун булаарыҥ”, – диэбитин толорбута. Оччотооҕута ыам ыйын ортотугар 1967 сыллаахха 6-гар, 10-гар, 15-гар баран эрэр бырааппын, балтыларбын кытта Ан-2 самолетунан Үөһээ-Бүлүүттэн аҕам Ньурбаҕа көтөн кэлбитэ. Мин оччолорго Плотниковтар (Мавра Алексеевна, Семен Николаевич) диэн кырдьаҕас ыалга, эдьиийим Анастасия Тимофеевна аймахтарыгар, олорбутум. Шура диэн оскуолаҕа бастакы кылааска үөрэнэр кыра кыыс оҕолоохторо. Бэйэм Ньурба 1-кы N-дээх орто оскуолатыгар старшай пионер баһаатайынан үлэлиирим. Оскуолаҕа анаммыт пионерскай үлэбэр үчүгэйдик үлэлээбитим. Оскуолам ол пионер оҕолоро барахсаттар аҕабын, балтыларбын, бырааппын Ньурба аэропордугар көрсөн, мин олорор ыалбар сирдээн аҕалан биэртэрэ. Ол онно пионер оҕолорум барахсаттарга олус да махтаммытым, баһыыбалаабытым.
Дьонум кэлбиттэригэр эдьиийим үөрбүтэ аҕай. Бу түгэни, маннык көрсүһүүнү эдьиийим төһөлөөх өр күүппүтэ буолуой? Аҕыйах хоноот 10-гар баран эрэр балтыбын Маринаны, ийэтигэр олус майгынныыры, бэйэтин аннынан суруттаран иитэ, бэйэбэр оҕо гына ылабын, диэбитэ. Кыыһа эдьиийин түһэн биэрбэтэҕэ, Акана орто оскуолатын “4” уонна “5” сыаналарынан үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуола кэннэ Аканаҕа фермаҕа 2 сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, ЦК комсомола передовига буолбута. Икки үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ, үрдүк квалификациялаах специалист буолан билигин үлэлии сылдьар. Эдьиийим Анастасия Тимофеевна бу иннинэ икки аймахтарын оҕолорун иитэрэ – Аняны уонна Аскалону. Онон дьиэтин түбүгэ өссө эбиллибитэ.
Аҕам Лукинов Т.С. Акана нэһилиэгэр көһөн кэлэн баран ийэм, эдьиийим бииргэ төрөөбүттэрин, аймахтарын кытта билсибитэ. Дьиэ-уот өттүнэн кинилэр олус кыараҕастык, ханна да буоларын курдук, дьуккаахтаһан олороллорун көрбүтэ, билбитэ. Биир үтүө күн сайын эдьиийим Анастасия Тимофеевна аҕабар Тит Саввичка уолугар Аскалоҥҥа дьиэ туттарыгар, онно сирэ-уота, маһа, матырыйаала барыта баарын, онно көмөлөһөрүгэр диэн этэр. Онно аҕам эдьиийим уолугар Аскалоҥҥа дьиэ туттарыгар көмөлөһүөм диэн сөбүлэһэр.
Бу саҕана ийэм аймаҕа эдьиийим Екатерина Владимировналаах уһаайбаларыгар дьиэ тутта сылдьар кэмнэрэ эбит. Онно аҕабар нэдиэлэ курдук дьиэ тутталларыгар кинилэргэ көмөлөһөрүгэр көрдөспүттэр. Саҥа кэлбит аймахтара, күтүөттэрэ киһи, мин аҕам Тит Саввич тутууга төһө сыстаҕаһын билиэхтэрин баҕардахтара. Онно Тит Саввич бу дьиэ тутуутугар көмөлөһөр күннэригэр Акана олохтооҕо Семенов С.Н. – “Көмүс Сэмэнэ” диэн ааттаах тутааччы киһи хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри аҕам хайдах үлэлиирин көрөр, бэрэбиэркэлиир эбит. Онтон 3-с күнүгэр Семен Николаевич: “Барытын сөпкө хаачыстыбалаахтык тутар, үлэтин бэркэ билэр, үчүгэйдик сүгэнэн үлэлиир эбит”, – диэн сыана быһаат дьиэлиир.
Аҕам Тит Саввич: «Мин Екатерина Владимировналаах дьиэлэрин тутарга көмөлөһө сылдьан саныырым ээ», – диирэ. «Оннооҕор уоттаах сэрии кутаатын ортотунан ааспытым. Калининскай фроҥҥа, Москва куорат Оборонатыгар атын дьонтон итэҕэһэ суох сылдьыбытым, сэриилэспитим. Ол иһин биһиги Россиябыт президенэ Путин В.В. махтал тыллардаах эҕэрдэтин сыл аайы Кыайыы күнүгэр миэхэ ыытар. Бу улахан сыанабыл дии мин олохпор, дойдубун өстөөхтөртөн көмүскээбитим”, – диирэ аҕам уонна күлэн сэгэйэн олорорун бу баардыы көрөбүн. Онтон Тит Саввич Аскалонун дьиэтин тутуутун, улахан бэрэбиэркэни ааспыт, улахан сыанабылы улахан тутааччыттан ылбыт киһи быһыытынан, үлэтин саҕалыыр. Тит Саввич бэйэтэ да аатырбыт мас, тимир уустара, биллэр оһохчут, столяр бэрдэ этэ. Дойдутугар былыр техника алдьаннаҕына олор алдьаммыт чаастарын тимиринэн эллээн үтүгүннэрэн, оҥорон үлэлэппит түгэннэрэ элбэҕэ. Сэрии кэнниттэн Үөһээ-Бүлүү дэриэбинэтигэр универмаг, туберкулезнай больница, дом культуры, пекарня дьиэлэрин дьоһуннук тутуспут дьонтон биирдэстэрэ этэ. Оччотооҕута ол да иһин буоллаҕа тутуу биригээдэтин дьоно Тит Саввиһы тутууга улахан талааннааҕын, кыайыылаахтык-хотуулаахтык үлэлиирин иһин улаханнык убаастыыллара. Олорбут Туобуйатыгар үгүс ыал дьиэлэрин, кулууп, электростанция, оскуола дьиэтин салҕааһынын тутуһан олохтоохтор махталларын ылыан ылбыта. Оччотооҕута сорох тутуулары, холобур, электростанция дьиэтин тутуутун Тит Саввич бэйэтэ салайан, прорабтаан туттарбыта.
Сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойукка диэри Акана нэһилиэгин олохтоохторун харахтарын далын ортотугар үлэлээн, аҕам Аскалоннааҕын дьиэтин тутуутун бүтэрэр. Онно эдьиийим Анастасия Тимофеевна уола Аскалон дьиэтэ тутуллан бүппүтүгэр үөрбүтэ аҕай. Аҕабын бу дьиэ тутуутугар сүгэрэ, көтөҕөрө, кыайыыта-хотуута, тутуутун билэрэ олус эбит. Дьэ кырдьык күтүөтүм, аҕаҕыт Тит Саввич кыахтаах, күүстээх, улахан сэниэлээх киһи эбит диэн сөҕөн эдьиийим саҥа аллайбыта.
Эдьиийим бэйэтин үлэтинэн биһиэхэ улахан холобуру көрдөрөрө. Биһиги эмиэ хас биирдиибит үлэбитигэр киниэхэ майгынныыр курдук үлэлии сатыыр этибит. Холобур, мин оччотооҕута Якутскай куорат ситэриилээх Советыгар баар тыа хаһаайыстыбатын управлениятыгар кылаабынай зоотехнигынан үлэлии сылдьан 1983 сыл түмүгүнэн куорат таһынааҕы “Хатас” уонна “Якутскай” хаһаайыстыбаларга баар 3,0 тыһ.ынахтан хас биирдиилэриттэн 3640 кг. үүтү ыатан республикаҕа улахан рекорд олохтообут кэмнэрдээх этим. Ону Новосибирскай куоракка очнай аспирантураҕа үөрэнэн ылбыт республикаҕа промышленнай төрүккэ ылыллар соҕотох үүт специалиһа буолан, ол ылбыт билиибин олоххо киллэрэн маннык түмүгү ситиспитим уонна инникитин наука этэринэн үлэлээтэххэ үрдүк көрдөрүүлэри сүөһү иитиитигэр, үүт ыаһыныгар ситиһиэххэ сөп эбит диэн миэхэ халбаҥнаабат өйдөбүл үөскээбитэ. Онно Калашников А.П. диэн академик, институт директора салайыытынан үөрэммиппинэн, кини салайар улахан учуонай дьонноро үөрэппиттэринэн улаханнык киэн туттабын. Кэлин кинилэр үлэҕэ-үөрэххэ ыҥыра сылдьыбыттарыттан махтанабын эрэ.
Эдьиийим Анастасия Тимофеевна барахсан киһи киэнэ кэрэтэ, үлэһит бэрдэ этэ. “Нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ этэҥҥэ эрэ олордуннар, доруобай буоллуннар, үлэлээтиннэр, үлэбит-хамнаспыт барыта эдэр дьон, ыччат туһугар ананар, инники үчүгэй байылыат олоҕу кинилэр тутуохтара буоллаҕа”, – диирэ биһиги эдьиийбит. Эдьиийим Анастасия Тимофеевна барахсан дьэ кырдьык чараас дууһалаах киһи этэ, үчүгэйтэн, кэрэттэн, сырдыктан мэлдьи үөрэрэ. “Инникитин биһигини маннык байылыат, кэрэ, үчүгэй олох эрэ күүтэр. Ол олоҕу тутар сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, барыны бары сатыыр үлэһит дьону, эдэр ыччаты иитэн, үөрэтэн бу сайдыылаах олоххо бэлэмниэхтээхпит”, – диирэ биһиги тапталлаах эдьиийбит Анастасия Тимофеевна.
Аан бастаан мин эдьиийим Кондакова Анастасия Тимофеевна аатын Туобуйаҕа маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьар кэмнэрбэр ийэбиттэн Евдокия Тимофеевна Кондакова — Лукиноваттан истибитим. Ити 1954-55 сыллаахха Улуу Октябрь бырааһынньыгын саҕана этэ. Биирдэ ийэм Евдокия Тимофеевна Лукинова киэһээҥи аһылыкпытын аһыы олордохпутуна биһиэхэ сурук кэлбитин туһунан кэпсээтэ. Мин аһыы олорон дьиктиргээн ийэбиттэн ыйытабын: “Ити туох суругун кэпсээтиҥ, ийээ?”. Онтон ийэм Евдокия Тимофеевна аҕабынаан Тит Саввичтыын тугу эрэ кэпсэттилэр. Ол кэннэ ийэм остуолтан аргыый аҕай туран оһох диэки барда уонна кэмбиэр тутан аҕалла уонна “бу суругу Аканаҕа олорор дьонум суруйбуттар” диэтэ. Мин бииргэ төрөөбүт балтым Анастасия Тимофеевна Кондакова бу суругу суруйан биһиэхэ ыыппыт.
“Тоойуом, бу суругу эн биһиэхэ, дьоҥҥор, ааҕан иһитиннэр эрэ. Дьонум хайдах олороллорун, тугу үлэлииллэрин истиэхпитин”, – диэн баран суругу миэхэ уунна. Аҕам мин суругу ааҕарбын кэтэһии бөҕөтө. Мин суругу чүмэчи имик-самык уотугар олус бытааннык, өр баҕайы аахтым. Мин суругу ааҕан бүппүтүм кэннэ ийэлээх аҕам бэйэлэрэ тугу эрэ кэпсэтэллэр, сурук ис хоһоонун ырыталлар. Онтон ийэм миэхэ туһаайан: «Чэ, тоойуом, Ньурбаҕа Акана диэн сиргэ мин төрөппүттэрим, ийэлээх аҕам, олороллор. Ити Анастасия Тимофеевна диэн мин бииргэ төрөөбүт кыра балтым. Кини иннигэр өссө Дария Тимофеевна диэн мин биир балтым баар. Кини кэргэн тахсыбыта, оҕолордоох буолуохтаах, — диэтэ. Эдьиийим Анастасия Тимофеевна суругар хайдах олороллорун, ийэлээх аҕата доруобуйалара хайдаҕын, дэриэбинэ олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан суруйбут. Саҥа эдьиийим Анастасия Тимофеевна биһиги хайдах олорорбутун, мин хайдах үөрэнэрбин, кыра балтым Света төһө улааппытын ыйыталаспыт уонна “инникитин аны суругунан билсиэхпит, аны миигин суругу тут да миэхэ сурукта суруйар буол” диэбит.
Мин дьэ саҥа аймахтаммыппын – эдьиийдэммиппин бу суруктан билэн баран олус диэн үөрбүтүм аҕай. Ийэм аҕабынаан бу сурук туһунан эмиэ тугу эрэ кэпсэтэллэр. Онтон ийэм миэхэ: «Чэ, тоойуом, бу сурукка аны эппиэтин эдьиийгэр суруйуоҥ буоллаҕа», – диэбитэ.
Бастакы кыһыҥҥы каникул бүтэрэ бу тиийэн кэлбитэ. Биир киэһэ ийэм: “Чэ, бу киэһэ эдьиийгэр Настааҕа Аканаҕа сурук суруйуоҥ. Ол сурукка кумааҕы, конверт ылан аҕаллым”, – диэтэ уонна ол конверын, кумааҕытын миэхэ көрдөрдө. Киэһэ аһаан бүтэн баран ийэм миэхэ: «Тоойуом, остуолга манан олор, уруучукаҥ, чэрниилэҥ, кумааҕыҥ бу баар. Билигин дьэ суруй”, – диэтэ. Мин суругу хайдах суруйары отой билбэппин. Ону суругу маннык суруйуохтааххын диэн ийэм миэхэ сүбэлээн биэрдэ. Ийэм сүбэтинэн суругу өр соҕус суруйан бүтэрдим. Онтон конвертка хайдах сурулларын ийэм миэхэ маннык суруллар диэн ыйан-кэрдэн биэрдэ. Аҕам мин суруйарым тухары тугу да диэбэт, саҥата суох сурук суруйан бүтүөхпэр диэри олордо. Онон эдьиийбэр Анастасия Тимофеевнаҕа бастакы сурукпун суруйан, ыарахан сүгэһэри түһэрбит киһи быһыытынан сананан, утуйа бардым. Онтон бу сурукпун Туобуйаттан 300 км сиргэ сытар почта отделениелаах Өргүөт диэн дэриэбинэҕэ сыарҕалаах атынан киһи илдьэн биэрэр. Ол киһи төннөрүгэр Өргүөт наспотуттан Туобуйаҕа баар маҕаһыыҥҥа нэһилиэньэҕэ атыыга 3 куул бурдугу аҕалан биэрэр. Оччолорго ол айанньыт дьиэтигэр 2 неделя курдугунан төннөн кэлэр этэ. Дьэ оннук ыарахан айаннаах, уустук суоллаах-иистээх этэ оччотооҕута биһиги олорбут Туобуйабыт. Онон сыл баһыгар атаҕар кыһыҥҥы бириэмэҕэ биирдэ эбэтэр иккитэ эрэ сурук суруйсар этибит, биһиги Аканаҕа олорор эдьиийим Анастасия Тимофеевналыын. Ол да буоллар оҕо киһиэхэ эдьиийи кытта суруйсуу олус үчүгэйэ, олус күндүтэ. Мин начальнай кылааска үөрэнэрбэр арай биирдэ эдьиийим Анастасия Тимофеевна суругун быыһыттан туспа лиискэ эдьиийим Екатерина Владимировна Иванова суруйбут суругун туппуппут. Бу суруктары ааҕан баран биһиги олус диэн үөрбүппүт. Ыраах сытар Аканаҕа ийэбит Евдокия Тимофеевна дьоно – балта, төрөппүттэрэ, аймахтара бааллар эбит диэн астынан үөрсүбүппүт.
Мин 8-с, 9-с, 10-с уонна 11-с кылаастарга Үөһээ-Бүлүүгэ Ис.Барахов аатынан орто оскуолаҕа үөрэнэрим, интернакка олорорум. Биирдэ 9-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына эдьиийим Анастасия Тимофеевна суругар миигин “уһун каникулгар биһиэхэ Аканаҕа күүлэйдии, сынньана кэл. Эбэҕин, эһэҕин, аймахтаргын кэлэн көрөн бар” диэбит. Ону эдьиийим ыҥырыытын мин ийэлээх аҕам сөбүлээбиттэрэ уонна каникулбар эдьиийим аахха баран кэлэрбэр эппиттэрэ. Онон оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар эдьиийим Анастасия Тимофеевна ыҥырыытынан 8-с, 9-с уонна 10-с кылаастарга үөрэнэ сылдьан эбээлээх эһэбин көрсө, аймахтарбын кытта билсэ үөрэҕим уһун каникулун времятыгар Саҥа дьылга Аканаҕа кэлэн, дьоммор күүлэйдээн, сынньанан барарым.
Оччолорго миигин саҥа көрөр аймах киһилэрин, оҕолорун, эбээлээх эһэм, эдьиийим олус улаханнык үөрэн туран көрсүбүттэрэ. Мин эдьиийим Анастасия Тимофеевна бииргэ төрөөбүт эдьиийин Евдокия Тимофеевна Лукинова оҕото буоллаҕым. Онон эдьиийим миигин Үөһээ-Бүлүүттэн грузовой массыынанан Аканаҕа кэлээппин кытары утары көрсөн дьиэтигэр илдьэ барта. Мин кэлэрбин бэлиэтээн аһылык бөҕөтүн астаабыт этэ. Отой умнубаппын – хортуосканы, бэрэскини, алаадьыны ынах арыытыгар буһаран, эмис сыалаах эттээх ынаҕын этин, миинин, остуолун тардан эдьиийим миигин олус да минньигэстик аһаппытын.
Онтон эдьиийим Акана дэриэбинэтигэр олорор аймахтарбытын кытта миигин батыһыннара сылдьан билиһиннэртээбитэ. Дьэ онно өйдөөбүтүм бу дэриэбинэҕэ аймахтарбыт кырдьык элбэхтэрин. Каникулум бүтэн үөрэхпэр барар күнүм бу тиийэн кэлтэ. Эдьиийим суоппар Дьөгүөрү кытта кэпсэтэн грузовой массыынанан II Хаҥаласка диэри Үөһээ-Бүлүүгэ барар атын грузовой массыына суоппарын дьиэтигэр бырахтарбыта. Өссө миигин үөһээ массыына кузовыгар тоҥуо диэн улахан барааҥка сону миэхэ кэтэрдэн ыыппыта.
Дьэ көр оннук дьоҥҥо, кыраҕа кыаммакка куруук көмөлөһөр, киирбиккэ-тахсыбыкка, кэлбиккэ-барбыкка үтүө санаатынан, уйаҕас сүрэҕинэн чугастык ылынан үтүө тылынан, төһө кыайарынан нэһилиэгин дьоно, үлэһиттэрэ биэрбит боппуруостарын, көрдөспүттэрин бэрт түргэнник быһаарар дьоннортон, салайааччылартан биирдэстэрэ этэ мин эдьиийим барахсан. Ол мин эдьиийим Анастасия Тимофеевна – мин ийэм Евдокия Тимофеевна бииргэ төрөөбүт кыра балта. Ол мин баар суох эдьиийим Анастасия Тимофеевна Кондакова этэ. Киһиттэн эрэ килбиэннээхтэрэ, дьонтон эрэ чулуулара буолара куруутун мин эдьиийим. Кини эппитэ, бу олоххо баар боппуруостары быһаарарга сыһыаннаан саҥарбыта барыта лоп бааччы түбэһэрэ. Дьэ ол мин эдьиийим Анастасия Тимофеевна дьиҥнээх олох оскуолатын барбытын, дьону, үлэһиттэри араас таһымнаах салайааччылары кытта сыһыана, кинилэри бэйэтин чаҕылхай эппиэттэринэн, үлэтинэн-хамнаһынан астыннарара. Бу барыта оччотооҕу кэм үлэһитэ, салайааччыта толорор үлэтигэр үрдүк квалификациялааҕа, олорор олоҕор, дьонугар-сэргэтигэр үрдүк эппиэтинэстээҕэ бу мин эдьиийим А.Т.Кондакова үлэтиттэн, олоҕуттан көстөр.
Дьэ ол иһин Акана нэһилиэгин бары олохтоохторо биһиги эдьиийбит Анастасия Тимофеевна ханнык да үлэҕэ олорон үлэлээбитин иһин киниттэн астыналлара, кининэн киэн тутталлара, киниэхэ олус диэн эрэнэллэрэ.
Эдьиийим Анастасия Тимофеевна үлэлээбитин усталаах туоратыгар колхоз сайдыытыгар, нэһилиэк дьонун олоҕо-дьаһаҕа тупсарын туһугар, күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Бу үлэлэргэ эдьиийбит ыраас суобастаахтык, дьоһуннаахтык, Акана нэһилиэгин, Ньурба оройуонун дьоно, салалталара астыналларын курдук үлэлээбитэ. Ньурба оройуонугар, Акана нэһилиэгэр үгүс ыытыллар мунньахтарыгар үчүгэй үлэтинэн эдьиийбит Анастасия Тимофеевна Кондакова аата элбэхтик иһиллэр буолбута. Оччолорго тэтимнээхтик саҥа сайдан эрэр Акана нэһилиэгэр күүрээннээх олох бэйэтэ биһиги эдьиийбитигэр наадыйара. Оннук да быһыылааҕа. Биир да мероприятие Акана нэһилиэгэр биһиги эдьиийбит суоҕар ыытыллыбат этэ.
Алдьархайдаах Аҕа дойдутун сэриитин ыарахан сылларыгар колхоз, нэһилиэк үлэлэригэр үлэһит илии тиийбэтэ. Колхоз бары үлэлэригэр оҕо-дьахтар эрэ үлэлиирэ. Үлэлиэххэ үлэ олус ыарахан этэ. Сэрии саҕана бары – оҕолор, улахан дьон аччыктыыр, тоҥор-хатар этилэрэ. Дьэ маннык сэрии сылларыгар үлэлээн комсомолка, эдьиийим Анастасия Тимофеевна салайар-тэрийэр үлэҕэ моһоллортон толлубакка, ыарахаттартан чаҕыйбакка, олохтоохтук, хоннохтоохтук киирсибит киһи буолар.
Эдьиийим Анастасия Тимофеевна ферматын салайара, сайын от үлэтигэр дьону кытта тэҥҥэ сылдьан үлэлэһэрэ. Кини 2 атынан солбуһуннаран 10-12 гектар охсуллубут оту мустарара. 1946-1949 сылларга «Кыһыл Бэрэ» колхозка хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Манна атын сирдэртэн дьиэлэри көһөрөн аҕалыы, оскуола, совет, кулууп, кыһыл муннук дьиэлэрин тутуу, телефон линиятын көһөрүү, аһыыканы утары охсуһуу, бурдугу үүннэрии, от оттоһуна уонна да араас үлэлэр хонуу биригэдьиирэ эдьиийим Кондакова А.Т. дьарамай саннынан ааспыттара. Бу үлэлээбит сылларын усталаах туоратыгар эдьиийим Кондакова А.Т. араас ыарахан үлэлэргэ үлэлээбит буолан, улаханнык уопутуран, хонуу биригэдьиирин үлэтин барытын ситиһиилээхтик толорбута. Нэһилиэгин дьонун, бары үлэһиттэрин, ыччат дьонун махталларын, убаастабылларын ылыан ылбыта.
Сэрии сылларыгар эдьиийим үлэтин табыгастаахтык тэрийэн, салайар ферматын улахан коллективын бары үлэһиттэрин көрөн-истэн, көмөлөһөн, сүбэлээн, аччык-туор кэмнэри, сут-кураан сыллары бары этэҥҥэ ааспыттара. Оччолорго эдьиийим хас биирдии ферма үлэһитин, оҕолорун, кырдьаҕас дьонун барыларын кытаанах учуокка ылбыт. Байыаннай кэмҥэ колхоз оҥорор бородууксуйата кытаанах суокка-учуокка сылдьара. Ону кыра оҕолору, ыарыһах, кыаммат буолбут кырдьаҕастары бэрт элбэҕи өлөр өлүүттэн өрүһүйбүт салайааччы атын оройуоннарга, республикаҕа даҕаны аҕыйах буолуо. Ону эдьиийим Анастасия Тимофеевна барахсан дьон кыһалҕатын, кинилэр доруобуйаларын туругун, билигин көмөлөспөтөххө балаһыанньа ыараханынан эргийэн тахсыаҕын өйдөөн, өйөөн үлэһит быстарбыт дьонугар: “Хайаан да дьоммор, үлэһиттэрбэр, кыра оҕолорго көмөлөһүөххэ, кинилэри өрүһүйтэлиэххэ!” – диэн ыллыктаах санаанан салайтаран бэйэтигэр оннук кытаанах быһаарыныыны ылыммыта.
Оччотооҕута эдьиийим Анастасия Тимофеевна аһылыктарынан олус быстарбыт дьоҥҥо, ыалга, кыра оҕолорго ыам үүт бэрсэрэ. Колхоз кытарах ынахтарын “уолла” диэн сурукка киллэрэн баран аччыктыыр кутталлаах ыалларга анаталыыра. Ахсынньы ый 1 күнүгэр 2019 сыллаахха колхозка оччотооҕута улаханнык биллэр биригэдьиир, пенсионер, билигин 82 саастаах Бускаров Ф.А. бу туһунан маннык кэпсиир: “Оччолорго Аканаҕа барыта 200-чэ ынах баар этэ. Ол онно 20-чэ дайаарка үлэлиирэ. Ити фермаҕа үлэлиир 20-чэ аһылыктарынан быстарбыт ыалы ферма сэбиэдиссэйэ Кондакова А.Т. аччыктааһынтан быыһаабыта. Кини көҥүлүнэн биирдии ынаҕы “уолла” диэн отчуокка киллэрэн баран аһылыктарыгар үүтүнэн эбинэллэригэр аччыктаабыт ыалларга сыһыарталаабыта. Сэрии саҕана, сэрии кэнниттэн Аканаҕа аччыктааһын буолта. Олох олус ыарахана. Оччотооҕута биир ииҥҥэ 9-туу киһини кистиир буола сылдьыбыттара.
Кондакова А.Т. үлэтигэр олус чуолкайа, олус ирдэбиллээҕэ, принципиальнайа. Оннооҕор биһиги, 3 эдэр биригэдьиир уолаттар, хонтуораҕа киниттэн мөҥүллэн турардаахпыт киһи аатын сатаан эппэтэхпитигэр. Алҕаска ол киһини хос аатынан ааттаабыппытыгар. Кини Акана нэһилиэгэр, үлэһит дьонугар улахан убаастабылынан туһанара”. Оччотооҕута Акана управляющайа Николаев В.Н.: «Бу Кондакова А.Т. иһигэр таҥара дьиэлээх үлэһит, улахан ыраас, суобастаах, дьон улаханнык ытыктыыр киһитэ”, – диэн мээнэҕэ эппэтэҕэ.
Эдьиийим Кондакова А.Т. 1949 сылтан 1971 сылга диэри Акана нэһилиэгин олохтоох ситэриилээх советын секретарынан ситиһиилээхтик тохтоло суох үлэлээбитэ. Олохтоох совет тэрийэр маассабай үлэтэ, ыйдааҕы отчуота, кэлэр ыйга, кварталларга үлэтин былааннара, ол былааннарын туолуулара барыта сельсовет секретарын салайыытынан, тэрийиитинэн ыытыллара. Онон үлэлээбит бу сылларын усталаах туоратыгар совет секретара олохтоох совет араас көрүҥнээх үлэлэрин тэрийэн ыытар, олору хонтуруоллур буолан күн солото суох сылдьарын үгүс киһи көрөрө уонна билэрэ. Сельсовет секретара Кондакова А.Т. бу маннык таһаарыылаахтык үлэлээбитин, салайбытын түмүгэр Акана нэһилиэгин олохтоох совета Ньурба оройуонугар 22 сыл устата бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. Оттон Акана нэһилиэгэ Ньурба оройуонугар бу сыллар усталарыгар бастыҥ үлэлээх нэһилиэгинэн ааттаммыта. Эдьиийим Кондакова А.Т. олохтоох совет секретарын үлэтин таһынан Акана нэһилиэгэр өр кэмҥэ нэһилиэк дьахталларын комитетын ситиһиилээхтик салайан үлэлэппитэ. Маны таһынан нэһилиэккэ партийнай бюро солбуйааччы секретарынан эмиэ үлэлээбитэ. 1952 сылтан ССКП чилиэнэ. Кини коммунистическай партия ииппит эрэллээх саллаата, халбаҥнаабат санаалаах хорсун хотойо этэ.
Оччолорго Ньурба оройуонугар нэһилиэктэр олохтоох советтарыгар секретарынан үлэлээбит дьоннор ортолоругар эдьиийим Кондакова А.Т. уһулуччу үтүөлээх туспа дьон ахсааныгар сылдьара. Ол саҕана үлэҕэ үчүгэй дьон ахсааныгар киирсэр кырдьык дьэ бу улахан үөрүү этэ. Төрөөбүт тапталлаах Аканатын нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, салалтата, Ньурбатын оройуона саамай ыарахан кэмҥэ Акана нэһилиэгэ, олохтоох совета атаҕар турарыгар күүһүн-уоҕун, билиитин-көрүүтүн биэрбитигэр эдьиийбэр А.Т.Кондаковаҕа махталлара муҥура суох.
Саҥа көлүөнэ дьон билэллэрин уонна умнубаттарын наадатыгар, ыарахан кэмнэргэ үлэлээбит, элбэх сыратын биэрбит, уһулуччулаах үлэтин учуоттаан туран, Кондакова А.Т. аатыгар мемориальнай дуоска (олорбут, үлэлээбит сирдэригэр) туруоруохха сөбүн, эбэтэр кини аатын Аканаҕа уулуссаҕа иҥэрэри Ньурба улууһун муниципальнай тэриллиитин уонна Акана муниципальнай нэһилиэгин салалталара быһаараллара буоллар Акана нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, үлэһиттэрэ, аймахтара улаханнык махтаныах эрэ этилэр.
Кини дьонун-сэргэтин, төрөөбүт нэһилиэгин, колхоһун кэскилин иһин, элбэҕи, үйэлээҕи оҥорбутун, төрөөбүт нэһилиэгин, оройуонун дьоно умнубат. Кэнэҕэһин кэлэр көлүөнэ эдэр дьоно үлэҕэ-хамнаска, олоххо эдэр дьону, үлэ дьонун иитиигэ биһиги эдьиийбит Анастасия Тимофеевна олоҕун, үлэтин, хамнаһын үтүө, бастыҥ холобур гынан ахтыахтара, туһаныахтара диэн биһиги бигэтик эрэнэбит.
Мин эдьиийим Анастасия Тимофеевна бэйэтин төрөөбүт кэмин дьиҥнээх, уһулуччулаах дьоһун мааны үлэһит киһитэ. Кини олоҕун, үлэтин, мындыр өйүн Аканатын нэһилиэгэ сайдарыгар, төрөөбүт нэһилиэгин дьонун олоҕо тупсарыгар анаабыта.
Дьэ ол иһин төрөөбүт Аканатын нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, колхоһун, совхоһун үлэһиттэрэ, нэһилиэк, Ньурба оройуонун салалталара нэһилиэк сайдыытыгар анаммыт уһулуччулаах үлэтин иһин эдьиийбитигэр Анастасия Тимофеевнаҕа махталлара улахан этэ. Кини үлэлиирин саҕана нэһилиэгин, оройуонун дьоно-сэргэтэ, салалтата кинини улаханнык убаастыыллара, истиҥник, иһирэхтик кинини кытта кэпсэтэллэрэ.
Ханна да үлэлээбитин иһин эдьиийим Анастасия Тимофеевна Аканатын нэһилиэгин дьонун-сэргэтин үрдүк итэҕэлин ис сүрэҕиттэн ылынан үлэлиирэ, туруорар боппуруостарын барытын чиэстээхтик толороро. Кини нэһилиэгин, колхоһун дьонун кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, иҥнэн-толлон турар диэни билбэккэ, туһааннаах боппуруостарын тиһэҕэр тиийэ туруорсар Акана нэһилиэгин олохтоох советын секретарын, депутатын быһыытынан бэйэтин көрдөрөрө. Эҥкилэ суох чиэһинэй, олус сэмэй, бэйэтин үрдүктүк туттубат, улахамсыйары сатаабат, ыарахантан толлон турбат, олус культурнай салайааччы, чахчы улахан мааны киһи этэ биһиги эдьиийбит Анастасия Тимофеевна Кондакова – Акана нэһилиэгин олохтоох Советын секретара, кини депутата.
Юрий Титович ЛУКИНОВ,
быраата, СР үөрэҕин туйгуна,
Үөһээ-Бүлүү, Туобуйа нэһилиэгин
бочуоттаах гражданина,
урукку советскай-партийнай,
хаһаайыстыбаннай үлэһит,
12-с пятилетка ударнига, үлэ ветерана,
Советскай Армия офицера, отставкаҕа
тахсыбыт майор.
