Омукчанов Илларион Леонтьевич туһунан

ӨЛӨН БАРАН ТИЛЛИИ

1942 сыл күһүнүгэр Үөһээ Бүлүү Өргүөтүн ыччата Омукчанов Илларион Леонтьевич, Бүлүү педучилищетыгар саҥа киирэн үөрэнэ сылдьан, Аҕа дойду сэриитигэр барар. Оччолорго 23 саастаах, турбут-олорбут сүүрүк, хайыһардьыт эбит. Кини кэпсииринэн, өстөөҕү түргэнник кыайан этэҥҥэ дойдубутугар төннүөхпүт диэн үгүспүт саныыра.

Төһөнөн арҕаа баран иһэбит, оччонон сэрии ыар тыына биллэн барда. Кылгастык бинтиэпкэ, аптамаат, граната о.д.а. сэптэри үөрэтэ түһээт инники киирбиигэ өлөн-сүтэн, араанньы буолан аҕыйаабыт чаастары толорууга тарҕаталаан кээстилэр. Саҥа кэлбит саллаат көрөрдүүн-истэрдиин, туттардыын-хаптардыын, хас буулдьа аастаҕын аайы аһарбыт курдук уҥа-хаҥас хамсанан, инники кирбиигэ ууга уонна өлүүгэ-сүтүүгэ киирбит уопуттаах саллааттар күлүүлэригэр киирэриҥ үгүс. Махорка табах, наркомовскай нуорма үксүгэр кинилэргэ сүбэлэрин иһин бэриллэрэ. Табах, арыгы сытын ылбакка тиийбит үгүс буолара. Иркутскай диэкиттэн сылдьар нуучча киһитэ, сааһа 40-наах, миигин биир дойдулааҕым диэн табаарыс оҥоһунна. Өлүөр диэри элбэҕи сүбэлээбитэ.

Кимэн киириигэ олус инники тахсыма, кэлин эмиэ хаалыма, атаакаҕа киириигэ дьон хойуутун тутуһума, өстөөх ону кыдыйар о.д.а. сүбэтэ элбэх буолара. Ардахха, тымныыга хайдах көмүскэнэри сүбэлиирэ.

Кырдьыга даҕаны окуопаҕа сытан сапёрнай лаппаакыны үөһээ туттахха буулдьа түһэрэ тап-таһырҕас буолар, дьэ бирикээс бэрилиннэ даҕаны тахсан инники бу иэдээҥҥэ түһүнэн кээһэҕин. Сонно охтооччу, баран иһэн сууллааччы, ол да иһин наркомовскай көрүллэн эрдэҕэ – биир курууска испиир аччык искэ туһата элбэх, искэ таптардахха испиир аһара көмөлөөх диэн саллааттар кэпсииллэрэ кырдьык.

Бастаан киириигэ дьэ ыарахан: хас мүнүүтэнэн дуу, чааһынан сарсын дуу, өйүүн туохха табыллан охтор, өлөр туһунан санаа оонньуута, дууһа моруута. Онтон кэлин эккээрэн сиҥҥэр түһэн хаалаҕын. Ити курдук ууга-уокка киирэн дьону кытары саппай уопсан син сылдьаргар тиийэҕин. Бэйэҕин кыанар, дьоҥҥо сирдэрбэт наада, кыаммакка киһи кэннигэр сылдьыбат наада. Барыга бары көх-нэм буолан, бирикээһи, дьаһалы толорон иһиэххэ наада.

Сэриигэ сылдьарым тухары биирдэ чааспыт саллаата өлөн олус аҕыйаан, араанньы буолан саҥа чаас толоробут диэн тыылга таһааран Молдавия биир дэриэбинэтигэр сууннарбыттара. Таҥаспытын итии ууга оргутан били аатырар бэһис фронт дэнэр быппытын, кирбитин ыраастаппыттара. Онно дьэ арыый үөһээ тыыннахпыт дии. Аҕыйах саллааты талан биир ыйдаах тааҥканы, техниканы сууһарар 76 мм буускаҕа үөрэтэбит диэн миигин наводчик диэн идэҕэ анаатылар. Бу идэ бууска эппиэттээх идэтэ, сыалы табыы киниттэн улахан тутулуктаах.

Бастакы Украинскай фроҥҥа Киев туһаайытынан сэрии эрэйин-муҥун, өлүүнү-сүтүүнү аны буускаһыт буолан көрсөр. Снаряд, буомба тугу даҕаны киһилээбэт, ордорбот. Батареяҕа 4 бууска, биирдии буускаҕа түөртүү саллаат, биир тэлиэгэлээх ат, тэлиэҕэгэ снаряд дьааһыктара, ат көрөөччү саллаат – ездовой. Саллааттар бары автомат, кынчаал, граната. Батарея хамандыыра старшай лейтенант эбэтэр капитан.

Буускаҥ снаряда өстөөх туох көрүҥүнэн киирэринэн көрөҕүн. Холобур массыына, мотоцикл эбэтэр пехота буоллаҕына осколочнай, фугаснай, тааҥканан – бронебойнайынан, улахан тутуу, уот аһар точка буоллаҕына фугаснай о.д.а.. Саамай ыарахан тааҥканан киириилэрэ, Тигр диэн тааҥканы башнятын снаряд кыайбат, ол иһин тиһилигин тоҕо тэптэрэ сатыыгын. Өстөөҕүҥ эмиэ уоту аһа-аһа киирэр.

Молдавия, Бессарабия сирдэринэн сэриилэһэ сылдьан биирдэ контузияланан, биирдэ бүлгүнүн этин сиирдэрэн санчааска эмтэнэн тахсыбыт. Эбии дьону, буумканы толорон иһэллэр. Биир түгэҥҥэ буумкабыт соһор атын саллаатын кытары тэлиэгэлэри баҕастары снаряд тоҕо тэбэн, тыылтан солбук кэлбитин эттилэр.

Арай көрдөхпүнэ тэлиэгэҕэ доруобай уол сахалыы-нууччалыы атын соруйан илигирэтэн кэллэ. Оо, онно үөрбүппүөн! Чурапчыттан сылдьар Гаврил Протодьяконов эбит, билсиһии, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Сылтан ордук кэмҥэ саханы көрбөтөх, сахалыы саҥарбатах абата тоҕо тэбэннэ. Кини бастакы хомууртан Москванан, Сталинградынан сэриилэһэ сылдьар. Дьэ уол оҕото эбит, сиирэ-халты ыттарыы, контузия да баар ахан. Үс Хорсунун иһин мэтээллээх, ууну-уоту ортотунан сылдьыбыт. Ол иһин да буоллаҕа, командирдар ирээтин сылдьыбыт диэн бакаа бууска соһор акка анаатахтара.

Кини биһикки балтараа ый курдук бииргэ сэриилэспиппит. Дьэ уола-хаан, туохтан да туора турбат, киирсэри кытта киирсэн иһэр.

Биирдэ Румынияҕа чугаһаан иһэн биир дэриэбинэни босхолоон түһүүлэнии буолла. Саллаат эрэйдээх иллэҥ буолла даҕаны айаҕын, аһылык айдаана. Саллааттар киһибин Гаврош диэн ааттыыллар.

Киһибинээн биир буомба, снаряд таарыйбатах обургу дьиэтигэр көтөн түһэн оҥкучахтарыгар киирбиппит, хас даҕаны бүтүн мас буочукалар тураллар. Биири (20 киилэлээх) ылан таһааран тэлиэгэбитигэр соломо анныгар кистээн кээстибит. Салгыы айаннаан иһэн уора-көстө куруускаҕа куттан иһэ сылдьабыт, кыһыл арыгы. Сотору өстөөх бэлэмнэммит сиригэр тиийиэхтээх үһүбүт.

Иккис күммүтүгэр уолаттар астаахпытын билэн айдаан бөҕө буолла. Гаврош тэлиэгэтин үрдүгэр туран кими даҕаны чугаһаппат, араллаан, охсуһуу буолла. Киһим үөрүйэҕэ сүрдээх, ол быыһыгар миигин көмөҕө ыҥырар. Чугаһаан эрдэхпинэ түҥнэри сааллан тэлиэгэ анныгар төкүнүс гынным, харахпыттан уот саалынна. Били буочукабыт үлтү тэпсиллэн биирдэ халыс гынна. Ааһан иһэр кыра массыынаттан улахан чыыннаах хамандыырдар тахсан салгыҥҥа бэстилиэтинэн ытыалаан, биһигини батарея командыырын булларан, ыксаан иһэр буолан дьаһайдылар да ааһа турдулар.

Разведка биллэрэн, биһиги ыксал бөҕөнөн 2 батарея буускалара ытыалыырга бэлэмнэнии буолла. Гавроштаах аттарын илдьэ тыылга таҕыстылар.

Сотору 10-ча тааҥка уонна массыыналар иннибитигэр уун-утары иһэллэрэ тыас-уус бөҕө буолан, сир ньиргийэн олорор. Ытар сиргэ кэлээттэрин кытта уоту аспытынан бардыбыт. Тааҥкалар тохтуу-тохтуу утары ыталлар…

Дьэ ыһыы-хаһыы, туттуу-хаптыы будулҕана оргуйа түстэ. Тааҥка снаряда отой буускабытыгар кэлэн түстэ быһыылаах, арай бытаан баҕайытык салгыҥҥа көтөн эрэр курдук кыл түгэнэ, өйбөр түүл-бит курдук буолла. Ханна, хайдах буолбуппун, төһө өр сыппыппын дуу билбэтим.

Ити курдук өстөөх биһиги 2 батарея буускатын, дьонун үлтү урусхаллаан үргүлдьү ааһа турбутун кэлин госпитальга сытан өйдөнөн, кэпсииллэрин истибитим. Нөҥүө күнүгэр Гавроштаах кэлэн ыарахан хартыынаны көрөн, биир-икки бааһырбыт саллааты булбуттар.

Биир дойдулааҕын онон-манан көрдөөбүт да булбатах, буор, кумах күөрэ-лаҥкы. Атын чааска холбоһон арҕаа ааһа турбуттар, барыта ыксал тиэтэл. Ол сылдьан уолун аадырыһын эрдэ бэрсибит буоланнар Саха АССР Үөһээ Бүлүү Өргүөт нэһилиэгэр дьонугар уолгут маннык ааттаах сиргэ өллө диэн сурук ыытар, ону дьоно туппут этилэр.

Илларион Омукчанов тыыннаах хаалар ыйааҕа тартаҕа, кинилэр сэриилэспит миэстэлэринэн атын саҥа байыаннай чаас ааһан иһэн, уопуттаах санитардар сытар саллааттары тутан көрөллөр. Буор, кумах тибэн кээспит илии быга сытарын тутан сылааһын билэн хостотон санчааска ыыталлар, ол биһиги киһибит эбит. Тыҥатыгар снаряд оскуолактара хатаммыттарын сороҕун ылбыттар сороҕо сүрэҕэр чугас диэн ылбатахтар, бэйэлэрэ тирии бүрүйүө, сылдьыаҕа диэбиттэр.

3 ый эмтэнэн үтүөрэн салгыы сэриилэһэ ыыталлар. Бу сырыыга автоматчик буойун буолан атын чааска түбэһэн Венгриянан, Австриянан сэриилэһэн кыайыыны Чехословакияҕа көрсөр. Буойун түөһүн Аҕа дойду 1 степеннаах орденнара, Кыһыл сулус, Венгрия, Австрия, Чехословакия о.д.а. медаллар киэргэтэллэрэ. 1945 с. от ыйыгар тыһыынчанан буойуттар бүтэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн, Советскай дойду кыраныыссатыгар поездка симиллэн киирэллэр.

Союзка киирэн хайа эрэ куорат станциятыгар барыларын түһэрэн стройдатан туран, дивизия командира генерал фуражкатын устан туран барыларыгар махталын ийэ дойдуга ытык иэһи чиэстээхтик, элбэх хааны, сүтүгү көрсөн толордугут диэбитэ долгутуулаах этэ. Маннык таҥаһынан-сабынан, кирдээх дойдугутугар бараргыт табыгаһа суох, онон үс суукканы суунаргытыгар-тараанаргытыгар, көрүнэргитигэр көҥүллүүбүн, эһигини олохтоохтор кэтэһэллэр диэн түмүк оҥорбута. Миэхэ кэлэн икки эдэр баҕайы балыстыы кыргыттар кэпсэтэр бокуойа суох илдьэ бардылар.

Куорат кытыытыгар соҕус олбуордаах, соломо сарайдаах дьиэҕэ киллэрэн үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар. Ып-ыраас таҥас-сап, иһит-хомуос, сабыы эҥин хас даҕаны сыл уоттаах сэриигэ, өлүү-сүтүү ортотугар сылдьан, дьиэттэн-уоттан тэйэн киһи туохха үөрэммэтэҕэ баарай? Сылгытыйан, кыыллыйан хаалара баар суол. Кыратык олорон чээйдэтэн баран баанньыктара бэлэм эбит, таҥаспытын барытын ньылбы тутан ылан биир кыыс сууйа илтэ. Биирдэрэ бэйэм суунуом диирим үрдүнэн, араастаан эргитэ сылдьан сэбирдэҕинэн үлтү таһыйан суунуу кытаанаҕа. Барыта түүл-бит курдук, ыраас баҕайы таҥаһы таҥыннаран кээстэ. Биирдэрэ түүҥҥү сменаҕа, атына күнүскү сменаҕа үлэлиир эбиттэр. Аһылык туох улахан кэлээхтиэй, оҕуруот аһа уонна мин саллаатым аһа ол-бу кэнсиэрбэ.

Киэһээ эн манна утуйаҕын диэн бэйэлэрин ороннорун туран биэрдилэр. Түһээтэххэ түүлгэ да суох ыраас, сымнаҕас ороҥҥо сытан дуоһуйуу кэмэ суох. Бу ырааһын, сымнаҕаһын, сыта-сымара үчүгэйин, аны чуумпута…

– Мин да оччолорго 25-26-лаах уол буоллаҕым. Үс суукка төһө буолуой, буолан баран орто дойдуга уол оҕо буолан төрөөн олох кытаанах эндирдэрин ааһан, бу үс суукка үйэлээх сааспар умнуллубат сырдык, сылаас өйдөбүл буолан сырыттаҕа, – диэн оҕонньор сиргэ сылдьан сэһэргиирэ. – Атаарыыга иккиэн ытаһа хаалбыттара. Биирдэрин кытары олус истиҥник таптаһан арахсыбыппыт. Дойдубар кэлэн баран ыҥырыам диэн баран, устунан хаалбыта, ыҥырбатаҕым. Доҕоор, Илларион, баҕар оҕо хаалбыта буолуо, – киһим мүчүк гынан баран, баҕар буолуон сөп диэччи. Олох диэн оннук…

Кыайыы 20 сылыгар Ф.Охлопков Герой буолбут Улуу Кыайыы 20 сылыгар Якутскайга кыайыы үөрүүлээх парадыгар оройуон аайыттан 10-лыы сэрии активнай кыттыылаахтарын ыҥырбыттара. Онно старшай сержант Омукчанов И.Л. түбэһэн, кэлэн кытта сылдьан Г.Д.Прододьяконовын көрсүһүүтэ улахан долгутуулаах дьыала буолар. Ол иннигэр билсибэттэр даҕаны, керсүбэтэх да эбиттэр. Биһиги киһибит сураҕын баҕар истэрэ буолуо баарын, анараа киһи кинини өлбүтүнэн ааҕа сырыттаҕа, били дьонугар биллэрии ыыппытынан.

– 9-с маай 1965 сыл ыраас, ичигэс баҕайы күн буолан Ленин площадыгар парадтаан, сылайан ыскамыайкаҕа олордохпуна Ф.М.Охлопковы түөрт эдэрчи нуучча уолаттара көтөҕөн аастылар. Бэйэтэ кыра-куйа киһи эбит, эҕэрдэ бөҕө, ураа хаһыы ньиргийэн олорор.

Арай аттыбынан кылгас сайыҥҥылыы ырбаахылаах, икки өттүгэр кыра уолаттары сиэтэн төрөлкөй киһи киҥинэйэн ыллыы-ыллыы ааһан иһэр. Мин сүрэҕим бар гынан, үөһээ көрбүтүм Гаврош илэ бэйэтинэн ааһан эрэр эбит. “Сержант Гаврош!” – диэн хаһыытаатым олорон эрэн. Киһим үөһээнэн эргийэн кыайан көрбөтө, ону биир уола ыйда. Дьэ көрөн өр турбалаата, онтон тэмтээкэйдээн ылла, үрдүбэр саба түһэн иккиэн сиргэ сууллан түстүбүт! Киһим ыллыыра да ытыыра да биллибэт, мин даҕаны дэлби уйадыйдым… “Тохтоо, тохтоо, уоскуй!” – диибин. Киһим: “Бу эн дуо?” – дии-дии сирэйбин, түөспүн кымаахтыыр. Дьэ уоскуйан, өр олорон ытастыбыт, сэһэргэстибит, чуолкайдастыбыт. Үөрүү кэмэ суох.

Куоракка дьиэ ылан элбэх оҕолонон, нуучча кыыһа кэргэннэнэн олорор эбит. Дьэ уол да уол. Аҕыйах хонукка обкомунан, совминынан сиэтэ сылдьан тойотторго киирэн, приёмнай эҥин диэни билиммэт, бу табаарыска булгуччу дьиэ биэриэхтээххит диэн айдаан бөҕө. Миигин бэйэтин дьиэтигэр пропискалатан кээстэ уонна дойдулаа диэн эттэ. Алта ыйынан куоракка дьиэ ылар дьолго тиксибитим. Онон табаарыһым улаханнык абыраан турар, – диэн сэһэнин түмүктээбитэ.

Сэрииттэн этэҥҥэ кэлэн ыал-күүс буолан, детдомҥа үлэлээн оҕо-уруу төрөтөн олоххо кэлбит ытык иэһин толорбут кырдьаҕас этэ. Дьэ итинник сэһэннээх улуу сэрии бэтэрээннэрэ үлэһиттэрдээх, атастардаах этим. Барахсаттар урут-хойут олоҕу олорон, оҕо-уруу төрөтөн, үлэ бөҕөнү үлэлээн, кимиэхэ даҕаны үҥсэргээбэккэ, тойон-хотун диэн ньылаҥнаспакка, саха боростуой олоҕунан олорон, оччону-баччаны кыайбыппыт диэбэккэ, тыаһа-ууһа суох олохтон бараахтаабыттара. Билигин кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.

Ахтыыны суруйда

Дмитрий Прокопьевич ИННОКЕНТЬЕВ,

үлэ бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото,

Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Омукчанов Илларион Леонтьевич туһунан: 1 комментарий

  1. Туймаада.ру

    Ахтыыны манна комментарийдыахха сөп.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *