Ноговицын Гаврил Егорович туһунан

«Я ЗНАЛ, ЧТО ТЫ СПАСЁШЬ НАС!»

Ноговицын Гаврил Егорович сэриигэ сылдьан бултаабытын туһунан кэпсээбитин балта Варвара Егоровна ахтыытыттан.

Ньиэмэстэр сэриини эмискэччи саҕалаан, билэрбит курдук, сөмөлүөттэринэн харса суох буомбалаан, тааҥкаларынан тоҕута кэстэрэн, сэбиэскэй аармыйа фронун тоҕута көтөн илин диэки түргэнник дьулуруйбуттарын билэбит. Ол түмүгэр элбэх байыаннай чаастарбыт фронт кэтэҕэр хаалан, төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэрэ. Сэриилэһэр сэптэрин, астарын-таҥастарын өстөөх тыылыгар булар кыахтара суох буолан, сорохтор сэриилэһэр кыахтара да суоҕа.

Хабырыыстаах полкалара эмиэ оннук төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн, быстарбыттар. Биирдэ командира Хабырыыһы ыҥыран ылан эппит: “Ты якут. Якуты все охотники. В лесу видели лосей. Добудь мяса”.

Бирикээс толоруллуохтаах. Хабырыыс трехлинейкатын сүгэн баран, улахан сис ойуур чуумпу сирин кэрийэн тайах суолун булан батыспыт. Балачча батыһан уулаах сиргэ тиийбит. Сэрии тыаһа иһиллибэт. Салгына тайах барбыт сирин диэкиттэн буоларын курдук суоллаабыт. Тайах сытаары эргийбит сиригэр тиийэн тыаһаабакка, үөмэн киирбитэ мас быыһынан биир кыыл уун-утары көрөн турар эбит. Булчутун хаана киирэн сүрэҕэ битигирии түспүт. Куоттарар табыллыбат. Хайаан да табыахтаахпын диэн аҕылыырын туттунан, саатын маска өйөөн баран кыҥаабыт. Кыылын төбөтө уонна кэннэ үчүгэйдик көстөр.

Бүөлээн турар маһы кыһарыйа кыҥаан баран чыыбыһын төлө тардан кэбиһэр. Кыыла иннин диэки ойон кэбиһэр да, мас быыһыгар мэлис гынан хаалар. Сүүрэн тиийэн тайах турбут сирин көрбүтэ биир балачча суон маһы буулдьата курдары ааспыт. Тайаҕа суох. Ыксыыр. Суоллуур. Сүүсчэкэ миэтэрэни бараатын кытта хата тайаҕа бу түөһүллэ сытар. Сүрэххэ таптаран ойбут уонна охтубут.

Үөрүү бөҕө буолар. Булчут киһи быһыытынан хабарҕатын кынчаалынан хайа сотор, иһин тэлэҥкэлээн кэбиһэр да дьонугар ойор. Командира үөрэн өлө сыспыт: “Молодец, якут. Я знал, что ты спасёшь нас. Молодец!” – дии-дии саннын таптайбыт.

Варвара Егоровна кэпсээниттэн суруйдум

Степан Спиридонович СКРЫБЫКИН.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *