Кононов Николай Васильевич туһунан

«ГИМНАСТЁРКАМ ХААНТАН ХАТАН ХААЛБЫТА…»

Мин эһэм Кононов Николай Васильевич Арҕаа фроҥҥа уоттаах сэриигэ сэриилэспит сырыыларын ахтан-санаан, дьон-сэргэ билиитигэр таһааран суруйабын.

Бүгүн ойуччу тутан эһэм Кононов Николай Васильевич туһунан киниттэн тугу истибиппин, сэрии кэмигэр хайдах сылдьан сэриилэспитин туһунан миэхэ, уопсайынан сиэннэригэр кэпсээбитин туох баарынан, тугу өйдөөн хаалбыппын бу сурукка тиһэн суруйабын.

Эһэм Ньукулай 18 саастааҕар Горнай оройуонун Кировскай нэһилиэгиттэн Аҕа дойду сэриитэ үгэннээн турдаҕына 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыт. Кини кэпсиирэ: ыраах «Харыйалаах» диэн учаастакка хотон тута сырыттахтарына сельсовет үлэһитэ кэлэн сэриигэ барар повестканы туттарбыт, кинини кытта үлэлии сылдьар уолаттарга эмиэ. Повестканы тутаат үлэлэрин тохтотон, ким күрдьэҕин, ким сүгэтин ол үлэлиир сирдэригэр хааллараат сатыы оройуон киинигэр Бэрдьигэстээххэ киирбиттэр.

Онно атын нэһилиэктэн кэлбит оройуон призывниктарын кытта Бэрдьигэстээх урукку соцкультура дьиэтигэр сарсыардаттан военком комиссията буолбут. Комиссия бүтэн, барыларын стройдатан сатыы Дьокуускай куоракка илпиттэр. Сүүрбэ көстөн тахса сири туос сатыы айаннаабыттар. Кини кэпсииринэн, кулууптарын дьиэтин таһыттан стройдаан Бэрдьигэстээхтэриттэн арахсыбыттар. Ити кэмҥэ тииһигэр диэри сэбилэммит өстөөх биһиги дойдубут үөһүгэр киирэн алдьатан-үлтүрүтэн эрэрин туһунан суостаах сурах күн аайы иһиллэрэ. Онон өлөр эбэтэр тыыннаах хаалар, иккиттэн биирэ быһаарыллар күннэрэ тирээн кэлбит.

– Биһигини бастаан Арҕаа фронт туһаайыытынан илдьибиттэрэ, тохсунньу-олунньу ыйдарга этэ. Онно айаннаан иһэн мэлдьи фроҥҥа эрэ тиийэ охсорбутун кэтэһэрбит. Өстөөх самолёттара буомбалаан ааһаллара, сороҕор паника тэрийэ сатаан буолуо, кураанах буочукалары дьөлүтэ охсон баран самолёттан тамныыр эбиттэр. Ол сиргэ түһэр тыаһа адьас буомба түһэн иһэрин курдук тыастаах-уустаах буолар. Киһи кулгааҕар куһаҕан да буолара, куйахата күүрэрэ. Оччоҕо «өстөөх диэни отой да көрбөккө өлөөрү гыннахпыт», – диэн араас омук дьонунаан муҥатыйарбыт, саҥарсарбыт. Элбэх умайбыт дэриэбинэлэри, сэрии хабыр хапсыһыылара буолан ааспыт сирдэри, онно-манна сэрии сэптэрин – умайбыт тааҥкалары, пушкалар сэмнэхтэрин ааһыталаан сэрии бара турар сирин чугаһыгар тохтообуппут. Командирдарбыт “тииҥи харахха ытан бултуур, тоҥор-хатар диэни билбэт Сибиир ыччаттара сэриилэһэ кэллилэр” диэн үөрэ көрсүбүттэрэ. Уопсайынан да биһигини сахалары барыбытын сибиряктар диэн ааттыыллара, ону маҥнай наһаа дьиктиргии саныыр этим, тоҕо инньэ диэн ааттыылларын. Саха сириттэн сылдьарбын быктаран этэн көрөрүм. Биһиэхэ халлаан наһаа тымныытын, тоҕус ыйдаах кыһыннаахпытын сэһэргиирим. Хаһан эмит тыын ылар бириэмэ кэллэҕинэ тыылга сынньата таһаараллара, онно да син биир сибиряккын диэн кэбиһэллэрэ, – диэн эһэм кэпсиирэ.

Эһэм Николай Васильевич 1944 сыл олунньу ыйга бастакы Белорусскай фроҥҥа тиийбит. Онно төрдүс Пензенскэй дивизия иккис полкатын 3-с батальонун састаабыгар киирэн, бастакы уоттаах кыргыһыыга сүрэхтэниитин Ровно куорат иһин сэриилэһиигэ ылбыт.

– Сэриигэ киирдэхпит бастакы күн өстөөх утарсыыта олус күүстээх уонна кытаанах этэ, өйө-төйө суох оҥортообута. Онуоха сэриилэрэ диэн маннык буолар эбит диэн санаа киирбитэ. Ити кыргыһыыга бастакы кимэн киириибитигэр өстөөхтөр биһиги дьоммутун хотуурунан охсор курдук пулемётунан уонна миномётунан үлтү ытыалаан, туран истэхпитинэ охтортообуттара. Ол кэннэ командирдарбыт хас киһи хаалбытын ааҕан-суоттаан баран, иккис кимэн киириини саҕалыахтарын иннинэ артиллерийскай уоту астарбыттара. Хантан эрэ боруоста үрдүбүтүнэн биһиги дьоммут снарядтара иһиирэн ааһаллара киһи куйаҕатын күүрдэллэрэ, өстөөх инники кирбиитин тоҕута ытыалаабыттара. Дьэ ол кэннэ хантан эрэ биһиги тааҥкаларбыт кэлэн иннилэрин хоту ааспыттара. Ол кэнниттэн «ураа» хаһыынан үөгүлээт командирдар саллааттары атаакаҕа киллэрбиттэрэ. Мин сытыам дуо, эмиэ ураа хаһыынан окуопаттан ойон туран инним диэки атаакаҕа сүүрбүтүм. Туох эрэ диэн хаһыытыыр этим, санаабар өлүмээри хаһыытыырым буолуо. Инньэ гынан Ровно диэн куорат кытыытыгар тиийбиппит номнуо киэһэ буолбут этэ. Ол дойдуга киэһэ олус хараҥа буолар эбит. Сорох батальоннар куорат тас өттүгэр сылдьаллар диэн командирдар саҥарсаллара, кэпсэтэллэрэ. Биһиги батальоммут куорат иһигэр киирэн уһуннук, үс түүннээх күн сэриилэһэн уонна улахан сүтүктээх куораты босхолообуппут…

Эһэм оҕонньор кэпсиирэ: уопсайынан куорат иһигэр, нэһилиэнньэлээх пууннарга сэриилэһэр наһаа уустук этэ. Эйигин өстөөх хантан саһан туран ытыа биллибэт, тааҥкалары өстөөхтөр «фауст» диэн сэриилэрин сэбинэн отой тоҕо ытан кэбиһэллэрэ, дьиэлэр истэригэр саһа сылдьан. Ону тэҥэ ордук снайпердар үлэлэрэ тахсара быһыылааҕа: хас дьиэ, сарай аайы саһан олорон уопсайынан офицердары, снайпердары бултаһаллара.

– Сэрии диэн алдьархайдаах быһыы-майгы буоллаҕа дии, киһи кыайан тылынан кэпсээбэт. Онно баар үлэ диэн ыарахана, барыта илии хара үлэтэ. Саллаат эрэйдээх кыра да уоскуйар бириэмэ буллар сынньанар, утуйар баҕалаах буолааччы, – диэн сэһэргиирэ эһэм.

Ити Ровно куоракка тиийиэр диэри элбэх нэһилиэнньэлээх пууннары, дэриэбинэлэри, куораттары босхолоспута, кыыллыйбыт фашистартан көмүскээбитэ.

– Туриска диэн куораты босхолуур иһин алдьархайдаах сэриигэ өстөөхтөрү кытта хабыр-хапсыһыы бириэмэтигэр ыккабар снаряд тэлби тэппитэ. Түөспэр араанньы буолбут этим, өйбүн сүтэрэн сытарбын көрөн санитардар кыргыһыы хонуутуттан соһон таһаарбыт этилэр. Онтон өйдөнөн кэлбитим бүдүк-бадык уоттаах палатка иһигэр сытарым, түөһүм иһэ уотунан аһыйара. Онтон өйдөнөн илиибин уонна атахпын хамсатан көрбүтүм – барыта хамсыыр, баар курдуктар. Санаабар тыыннаах эбиппин диэн хайдах эрэ үөрэ санаатым. Ол да гыннар түөһүм иһэ быһаҕынан хайыта быһар курдук уотунан аһыйан ыалдьар. Гимнастёркам хаан буолан хаппыт быһыылааҕа, сүлүллэн баран тоҥмут торбуйах тириитин курдук хатан хаалбыт этэ. Ол кэннэ миигин ыҥырар курдук “красноармеец Кононов!” диэн саҥаны истибитим. Икки киһи кэлэн наһыылкаҕа көтөҕөн илдьэ барбыттара уонна сан. пууҥҥа киллэрбиттэрэ. Кэлин өйдөөтөхпүнэ миигин операциялаары уочаракка атын палаткаҕа сытыарбыт эбиттэр. Ол кэннэ операциялаан, түөспэр түспүт снаряд оскуолкатын ылбыттара уонна госпитальга ыыппыттара. Онно түөрт ый эмтэнэн үтүөрэн баран иккистээн стройга киирэн, бэйэм дивизиябын сырсан Польша сиригэр сэриигэ иккистээн киирбитим…

Онно өстөөх улахан обороната Старая Висла өрүһү устатын тухары быһыылааҕа диирэ, итиннэ эһэм автоматчик быһыытынан пөхотаҕа сылдьыбыт. Ону тэҥэ разведкаҕа эмиэ сылдьыбыт эбит. Биирдэ разведкаттан төннөн иһэн хайысхаларын уларытан, төннүөхтээх сирдэринэн барбакка халыйан атын сиринэн, инники кирбиини туораан бэйэлэрин дьонноругар кэлэн, ол гынан баран атын полкаҕа тиийэн кэлбиттэр.

Ол полка «особистара» кинилэри диверсаннаргыт диэн олуйсан сааларын-сэптэрин былдьаталаан ылбыттар уонна туох да бокуойа суох кырбыы-кырбыы доппуруостуу сатаабыттар. Ону биһиги советскайдарбыт, разведкаттан иһэбит, атын полка дьонноробут дииллэрин отой итэҕэйбэт үһүлэр. Онтон хантан эрэ улахан чыыннаах офицер кэлэн биһиги полкабытын кытта сибээстэһэн, иннин-кэннин быһаарсан баран дьэ киһилии кэпсэппиттэр уонна аһатан баран ыыппыттар. Эһэм “чахчы онно өлөрө сыспыттара, бэйэбит дьоммут” диэн хараастара.

Сэриигэ да, сэриилэһэ да сылдьан “хаптаҕай” сирэйдээхтэри оннук да наһаа үчүгэйдик көрбөт этилэр, “налтыыс” диэн үөҕэн саҥараллара диэн ахтан аһарара. Эһэм оҕонньор бу Висла өрүһү өстөөҕү самнаран, күһүн Кыһыл Армия туораабыта диэбитэ уонна Варшава туһаайыытынан сэриигэ кыттыбытын кэпсээбитэ. Советскай кыраныыссаны туораат, онно дьон-сэргэ олорор олоҕо отой таһыччы атын, баай-тот эбит. Дьиэлэрэ-уоттара биһиги сирбит курдук буолбатаҕа диирэ.

– Мин эрэ оннук саныыр буолбатах этим, бары саллааттар оннук кэпсэтэллэрэ. Польша сиригэр өстөөх улахан утарсыыны оҥорбута: утуйар ууларын умнан туран хас биирдии дэриэбинэ, кыра куораттар ахсын отой харса суох сэриилэһэллэрэ. Биир улахан нэһилиэнньэлээх пууну ылаары, ити Польша сиригэр этэ, улахан кимэн киирии буолбута. Биһигини сарсыардаттан атаакаҕа киллэрбиттэрэ, чахчы этэргэ дылы 200 грамм «наркомовскайдарын» – чыыстай испиири биэрбиттэрэ. Офицердарбыт наһаа элбэҕи аһаамаҥ дииллэрэ, саҥа кэлбит пополнение эдэр саллааттарыгар. Ону биһиги эрдэ сэриини билбит кырдьаҕас саллааттар өйдүүрбүт – искэ табыллар түбэлтэҕэр операция тот сылдьар саллаакка наһаа ыараханнык барарын. Улахан киирсии, сэриилэһии кэннэ ол нэһилиэнньэлээх пууну ылбыппыт. Улахан сүтүктэнэн, бүтүн биир батальонтан баара-суоҕа 12 эрэ буолан хаалбыт этибит. Дьэ онно мин санаабытым: бу улуу нуучча норуота эһиннэ диэн. Хас наступление аайы барыта маннык хатылана турара. Ол кэннэ биһигини сынньата диэн тыылга таһаараллара уонна онно эмиэ саҥа пополнение кэлэрэ – батальон, полк, дивизия саҥа састаабынан туола түһэрэ. Хантан бу маннык элбэх дьон кэлэрин сөҕө саныырым, – диэн эһэм оҕонньор сонньуйан олорон кэпсиирэ. – Ити курдук сэриилэһэн Польша столицатыгар Варшаваҕа тиийбитим. Онно улахан хаан тохтуулаах, элбэх киһи сүтүктээх кыргыһыы буолбута. Өстөөх утарсыыта олус күүстээҕэ, куораты биэримээри баар-суох күүһүн бырахпыт этэ. Төһө эмит танковай чаастара, пехотата, чугуйар диэни билбэккэ барыны быһаарарга суоттаммыт авантюристическай утарсыы оҥорор уонна кимэн киирэргэ бэлиэтэммит күүһүн маҥнайгы уоҕун харыарар уот холорук кутаанан көрсүбүппүт. Биһиги артиллерияларбыт, катюшаларбыт тоҕута ытыалаан өстөөх күүһүн өһүлбүттэрэ, булгуруппуттара…

Ити Варшава куораты ылбыттарын кэннэ эһэбэр И.В.Сталин илии баттааһыннаах «Махтал суругун» туттарбыттар. Ол кэннэ ССРС Верховнай Советын Ыйааҕынан «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадалаабыттар. Эһэм пиджагар анньылла сылдьар мэтээлэ уонна удостоверениета ону туоһулууллара.

– Польша сирин босхолооһуҥҥа элбэхтик сэриилэспитим. Элбэх дэриэбинэлэри, куораттары босхолообуппут, сэрии диэн дьэ кытаанах буолар эбит. Киһи сылгытыйан хаалар, кэппит таҥаскын кэппитинэн сылдьан окуопаҕа нуктаан ылаҕын. Окуопаны, траншеяны саллаат кыра күрдьэҕинэн хаһаҕын. Траншея иһигэр өссө хороон курдук иһирдьэ хастан кыра сынньанар сир оҥосторбут уонна онно утуйан ылар этибит, кыра түүҥҥү бириэмэҕэ. Ити таһынан команднай пуун баар сирдэригэр бэрэбинэнэн блиндажтары тутарбыт. Ол барыта сүгэ-эрбии, сүгүү-көтөҕүү үлэтэ буолара. Автоматчик буоламмын өрүүтүн инники кирбиигэ сылдьарым. Оннук сэриилэһэн Одер өрүскэ тиийбитим. Ол Одеры туорааһыҥҥа улахан кыргыһыы буолбута, өлүү-сүтүү тахсыбыта. Халлаан көстүбэт хара буруо, ханна эрэ самолёттар көтөллөр, буомбалар ууга түһэн эстэр тыастара, дьон хаһыыта – киһи киһиэхэ кыайан кэпсээбэт түгэннэрэ этэ.

Ити олунньу ыйга этэ, ол гынан баран ол дойдуга отой ичигэс кэм – биһиги Сахабыт сиригэр холоотоххо. Өстөөх отой бэриммэт санаалаах, туох баар күүһүн Одер өрүс нөҥүө биэрэгэр оборуоната таһыччы күүстээҕэ. Дьэ онно ый бүтүүтүгэр биһиги армиябыт тоҕо көтөн киирбитэ. Ити наступлениеҕа этэҥҥэ тыыннаах хаалбытым. Оттон бэрт элбэх доҕотторум, оннооҕор сэриини бииргэ саҕалаабыт молдаван уолум онно суорума суолламмыта… Кини Берлиҥҥэ тиийэн Гитлери билиэн тутуом диэн ыра санаалааҕа, – диэн эһэм оҕонньор кэпсиирэ. – Сэриигэ саллаат куттанан сүүрүөҕүн сүүрбэккэ, ыстаныаҕын ыстаммакка, ыстаныахтаах окуопатыгар ситэ ойбокко чугуруҥнуу, кэтэмэҕэйдии сылдьан өстөөх буулдьатыгар, снарядыгар табыллар. Ол иһин харса суох инниҥ диэки баран иһиэхтээххин. Атаака бириэмэтигэр мин снаряд түһэн эстибит сиригэр ыстанан тиийэн сытар этим, онно сир наһаа итии буолара. Иккистээн ол сиргэ снаряд түспэт.

Өстөөх бэйэтин сиригэр чахчы улахан утарсыыны оҥорбута. Биһиги турар армиябыт туһаайыытынан алта төгүл төхтүрүйэн улахан атааканы оҥорбута. Онно баара хабыр хапсыһыы диэн: эт киһи элэйэр, сыа киһи сындалыйар кэмнэрэ. Өлүү-сүтүү да элбэҕэ, пополнение кэлэн быстыбата… Ол да гыннар Советскай Армия кэннин диэки чугуйбатаҕа, ону барытын умса охсон утарсыыны хам баттаабыта. Германия сиригэр салгыы сэриилэһиибэр Кутна, Познань куораттары, элбэх дэриэбинэлэри босхолоспутум. Оттон Промгосбург куораты ылар иһин сэриилэһиигэ 700 немец саллааттарын уонна офицердарын билиэн ылыыга кыттыбытым.

Ол кэннэ гитлеровскай Германия «Панскай двор» диэн хайа үрдүгэр турар кириэппэһин ылыыга миэхэ командирым садаачча туруорбута – миномётунан кириэппэс иһигэр снарядтары түһэртээ диэн. Расчётун этэн биэрбитэ, ону командир эппитин курдук толорбутум – ыппыт снарядтарым кириэппэс иһигэр түһэн тоҕута барыталаабыттара быһыылааҕа. Командирым стерео-турбанан көрөн туран хамаандалыыра уонна расчёт барыта туолбутун кэннэ миигин “молодец, эйигин уордьаҥҥа түһэрэбин” диэбитэ. Ол кэннэ атаакаҕа киирэн кириэппэһи штурмалаан 27-тэ немец саллааттарын уонна хас да офицердарын билиэн ылбыппыт.

Эһэм түмүктээһиннээх улахан кыргыһыы кэмигэр өстөөх арҕаҕар Берлиҥҥэ аҕыс көс тиийбэккэ сиһигэр улахан араанньы ылан, стройтан туораан түөрт төгүл госпиталларга уларыйа сылдьан эмтэммит. Түөрт төгүл улахан операция оҥорбуттар.

– Госпитальга эмтэнэ сыттахпына хорсун саллаат, үчүгэй сэрииһиккин диэн махтал курдук командирым «Бостон» диэн көстүүм таҥаһын биэрбитин сыттыгым анныгар укта сыппытым. Аны араанам наһаа сүрдээҕэ, ыалдьарым да бэрдэ. “Бу таҥаһынан мин тугу гыныахпыный, өлөр-тиллэр ыккардыгар сытан”, – дии саныыр этим. Ол иһин биир сарсыарда эмтиир бырааһым, нуучча кыыһа киирэн миигин көрө турдаҕына илиибинэн сыттыгым анныттан хостоон көстүүмүм таҥаһын эйиэхэ бэлэхтиибин диэн илиитигэр туттарбытым. Ону быраас кыыһым кууһан ылбыта уонна үөрэн ол таҥаһы кууһа сылдьан палаата иһигэр үҥкүүлээн ылбыта, – диэн сэһэргээбитэ эһэм оҕонньор. – Дьэ ол кэннэ ити быраас нуучча кыыһа мин аттыбыттан отой арахпат, куруутун күҥҥэ иккитэ киирэн көрөн-истэн тахсара уонна бэрэбээскибин сотору-сотору уларыттарара. Онтон ыла дьэ арыый үчүгэй буолан барбытым. Кэнники атахпар туран, таһырдьа балтыһаҕынан өйөнөн тахсан табахтыыр, сибиэһэй салгынынан тыынар буолбутум. Ол кэннэ 1946 сыллаахха байыаннай комиссия көрөн баран, 2-с группалаах сэрии инбэлиитэ оҥорон миигин демобилизациялаабыттара, – диэн эһэм сэһэнин бүтэрбитэ.

Эһэм Николай Васильевич, эмиэ атын сэрииттэн тыыннаах эргиллибит саллааттар курдук, дойдутун олоҕун чөлүгэр түһэрэргэ үлэлээбитинэн барбыта. Эһэм төрөөбүт Кировскайын сиригэр үлэ үөһүгэр түспүтэ.

Эһэм оҕонньор мааныга кэтэр пиджагын түөһүн 1-кы уонна 2-с степеннээх Аҕа дойду сэриитин уордьаннара, «Варшаваны босхолооһун», икки «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» уонна «Германияны кыайыы иһин» бойобуой мэтээллэр, ону тэҥэ араас юбилейнай знактар уонна мэтээллэр киэргэтэллэр.

Эһэм Николай Васильевич элбэх оҕо амарах аҕата уонна эһэтэ этэ. Горнай оройуонугар улахан биллэр тимир уонна мас ууһа, кини туппут дьиэлэрэ билигин да Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр тураллар. Эһэм уоттаах сэрии уонна үлэ ветерана этэ. Олоҕун билигин оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар.

Олох салҕанар, сэрии кыһалҕата хаһан да умнуллубат. Эһэбит туруулаһан сэриилэспит, бу дьоллоох олоҕу аҕалсыбыт олоҕор бу билигин олордохпут дии, өр сыл тухары.

Онон биһиги ветераннары өрө тутуохтаахпыт, кинилэри үйэтитэ сатыахтаахпыт – кинилэр баар буолан биһиги баарбыт. Ол иһин оҕолоро уонна сиэннэрэ эһэм олорбут дьиэтин таһыгар – Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр Кыайыы 70 сылыгар хара мрамор тааска эһэм хаартыскатын, аатын-суолун уонна наҕараадаларын суруйан түһэттэрэн улахан обелиск туруорбуппут.

Мин бэйэм сэрии алдьархайын эмиэ эппинэн-хааммынан билэбин. Чечня сэриитигэр армияҕа сулууспалыы сырыттахпына ыыппыттара, онно балтараа сыл сылдьан сулууспалаабытым. Бииргэ сулууспалыыр уолаттарым ол дойдуга сорохторо суорума суолламмыттара, араанньы да буолбуттара. Онон сэрии хаһан да буолбатын, өрүүтүн эйэлээх олох турдун!

Ахтыыны суруйда

Роман СТЕПАНОВ,

Николай Васильевич сиэнэ,

«ветеран боевых действий».

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *