Алексеева Екатерина Гаврильевна туһунан

САХА ДЬАХТАРА – ОРТО ДОЙДУ ААННЬАЛА. Ийэбит көрүҥэр «боруодата» биллэр этэ.

Быйыл Саҥа дьыл бырааһынньыгын кэнниттэн, 2020 сыл олунньу ыйга ватсапка тахсыбыт төрөөбүт сахабыт тыла аан дойду тылларыттан биир саамай баайдарын, сүдүлэрин, кэрэтин туһунан сонун сурах буолан Сахабыт сирин тилийэ көттөҕө буолуо. Оннук диэн Турцияҕа «быһаарбыттар» курдук. Бу үтүө биллэрии-иһиттиннэрии хас биирдии саха киһитин, ону ааһан бэйэтин дойдумсахпын (патриоппун) дэнэр ханнык баҕарар Саха сирин олохтооҕун сүрэҕин манньыттаҕа чуолкай.

Дьэ, ол гынан баран, түҥ былыргы өбүгэлэрбит, кимнээх да буоллун, саха тылын айалларыгар биири кыайбатахтар дии санаатым. Биир аат тылы үчүгэйдик чочуйан, иэйэн, сүрэхтэрин сылааһын биэрэн туран толкуйдаабатах, сатаабатах эбиттэр. Ол ханнык тылый?

«Дьахтар». Бу тыл мин, тус санаабар, кэрэ аҥаардарбыт туһунан улуу өйдөбүлү тиэрдэригэр, биэрэригэр кулгааххар модорооннук, сатаҕайдык иһиллэр. Кинилэр, биһиги аанньалларбыт, итиннээҕэр кэрэтик, нарыннык-намчытык, иэйиилээхтик, поэтичнайдык ааттаныах этилэрэ буолбаат?..

Дьахтар муҥура биллибэт Улуу Таптал иэйиитэ буолар. Сир үрдүгэр аан дойду улуу айар талааннаахтара – суруйааччылар, поэттар, ырыаһыттар, худуоһунньуктар кэрэ аҥаардары төһөлөөх хайҕаабыттара, мэҥэ халлааҥҥа тиэрдэ сатаабыттара буолуоҕай?

Дьэ, ол да буоллар, ханнык да улуу ырыаһыт хоһуйан ыллаан дьахтар кэрэтин көрдөрөр саамай үрдүк чыпчаалыгар тиийбэтэҕэ буолуо… Аан дойду саамай улуу худуоһунньуга да кэрэ аҥаарбыт илэ номоҕон кыраһыабайын, нарынын-намчытын хартыынатыгар хатылаабатаҕа буолуо… Хайа да бэйэлээх суруйааччы эбэтэр поэт дьахтарга таптал умсулҕанын, имэҥин өйгөр-санааҕар, сүрэххэр муҥутуурдук тиэрдибэтэҕэ буолуо…

Сахалар кыраһыабай, нарын-кэрэ дьахталлардаах омуктарга киирсэр быһыылаахпыт. Ол туһунан сахалары аан бастаан көрбүт араас үрүҥ омук дьонун айанньыттарыттан саҕалаан билиҥҥи блогердарга тиийэ уу иһэ-иһэ хайгыыр курдуктар. Истэргэ-ааҕарга үчүгэй. Азия омуктарыгар үчүгэйдэргэ киирсэрбит кырдьык буолуон сөп.

Урут, өрдөөҕүтэ, 30-тан тахса сыллааҕыта Дьокуускай куоракка ийэбит дьүөгэтигэр түһэн хоно сыттахпытына, киэһэ хойут Владивостоктан соҕотох уоллара (куоракка улааппыт, кэлин өлбүтэ) морфлотка сулууспалаан баран, үргүлдьү өссө «мореманныы» хаалбыт киһи уоппускатыгар кэллэ. Эргиэн флотугар матростуу, 10-тан тахса сыл муораларынан, акыйааннарынан устан аан дойдуну барытын өҥөйбүт киһиттэн мин ыйытааччы буоллум: «Хайа дойду дьахталлара ордук кыраһыабай эбиттэрий?». Онуоха уолум, олуттаҕас да буоллар сахалыы саҥара сатыыра, «Азияҕа саха кыргыттарыттан ордук нарын кэрэ аҥаардар суохтар» диэн соһуппута… Баҕар дьахталларбыт Европа, Кавказ уонна нуучча омуктар үрдүк түөстээх, уһун толору атахтаах, дьылыгыр көнө уҥуохтаах, чочуллубут быһыылаах-таһаалаах, чаҕылхай кыраһыабай дьахталларыгар омос көрүүгэ тиийбэтэхтэрин да иһин, саха кыыһа нарынынан-намчытынан, номоҕон ис киирбэх дьүһүнүнэн кинилэргэ баһыйтарбата чахчы. Онтон өй-суобас чааһынан этэ да барыллыбат…

Ханнык баҕарар саха эр киһитэ, уолана бэйэтин кэргэнигэр-аанньалыгар, сэгэригэр-туртаһыгар, доҕоругар-туллугар, кэрэ-мааны кыталыгар туох эрэ кэрэни-дьиктини, кистэлэҥи, таайыллыбат таабырыны, хайа да бэйэлээх кыраһыабай атын дьахтарга суоҕу булуоҕа, тайаныаҕа. Оннук саха дьахтара, кыыһа улуу, хайа да омук аҥаарыгар бэриллибэт күндү киһи.

Былыр Тааттаҕа кыраһыабай кэрэ дьахтары «хаамар көмүс» диэн ааттыыр эбиттэр. Саха тылын кэрэтиппиттэринэн, нарылаабыттарынан кимиэхэ да иннилэрин биэрбэтэх дьон – таатталар наһаа да табатык, уратытык эппиттэр!..

Ханнык баҕарар киһи ийэттэн төрүүр. Биһиги ийэбит Екатерина Гаврильевна Алексеева (Моисеева) Амма Эбэ орто сүүрүгүн хаҥас өттүнээҕи Бэрэ үрэҕэр куула алаастарыгар – Суулбут уонна Улар алааһа, үөскээн-тэнийэн, «Улар аймах» дуо дэппит аҕа ууһугар 1930 с. тохсунньу 17 күнүгэр күн сирин көрбүт. Онон быйыл төрөөбүтэ 90 сааһын туолла. Бу «Улар аймах» – Моисеевтар урукку кэмнэргэ Боотурускай улууһугар Тойон ууһунан биллибит-көстүбүт, Чакыр баайтан түҥ былыргыта саҕаламмыт, Ат Күһэҥэй, Одьулуун, Дэлгэһэ баай (биһиги төрдүбүт), Сааргыыр, Уоҕалаах Логлойо, Кыпчытыын, Уйбаан Ыстаарыһын, Григорий Старостин (Уот Ыстаараһын) сыдьааннаах эбиттэр.

Ийэбит көрүҥэр «боруодата» биллэр этэ. Толкуйдаан көрдөххө, Улар аймах дьахталлара – кэрэ аҥаардара арыы саһыл хааннаах, нууччатыҥы сэбэрэлээх эбиттэр. Ол курдук биһиги ийэбит Кээтэ Соморсуҥҥа харахха быраҕыллар бааһынайдыҥы үчүгэй дьүһүннээҕэ, эдьиийэ Маайа эмиэ. Онтон Мэҥэҕэ, Хочоҕо кэргэн тахсан олохсуйбут Улахан Кэтириис (бииргэ төрөөбүттэр үһүө этилэр: Улахан Кэтириис, кэргэнинэн Кириллина, Маайа, кэргэнинэн Анисимова уонна биһиги ийэбит, кэргэнинэн Алексеева) адьас да киинэҕэ көстөр индеецтэр курдук этэ. Хара бараан синньигэс сирэйдээҕэ, киэҥ хара саһархай харахтааҕа, хотойдуу муруннааҕа.

Сахаҕа үрдүк уҥуохтааҕа, хааман-сиимэн баһырхайданан, сэрии кэмигэр эр дьоннооҕор быдан кыахтаахтык хамсанара-имсэнэрэ эбитэ үһү…

Маайа улахан кыргыттарыттан биирдэстэрэ, эдьиийим Шура Неустроева (Сулҕаччыга Мирон Неустроев кэргэнэ) наһаа да үчүгэй дьүһүннээҕэ, таҥара табатын курдуга, туох да кырааската-ирээскэтэ суох олус кэрэ-нарын көрүҥнээҕэ, Туйаарыма Куо курдуга…

Биһиги ийэбит Алексеева Екатерина Гаврильевна олорбут олоҕо судургута суоҕа, таҥара таалата олоххо олорботоҕо. 8 сааһыттан төгүрүк тулаайах хаалан, Дьокуускай куоракка эдьиийигэр (аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт) Спиридонова (Моисеева) Софья Филипповнаҕа иитиллэр. 2-с оскуолаҕа үөрэнэр. 1942 с. сайын дьонун кытта хоту Булуҥҥа тиийэр. Аһаҕас баржаҕа финнэри, литовецтары, украинецтары уо.д.а. кытары эрэй-муҥ көрсөн айанныыр. Муус болгуо дойдуга Булуҥҥа 6 сыл олорор. Кумах Сурт, Тиит Арыы диэн сирдэргэ оскуолаҕа үөрэнэр, балыкка сылдьыһар.

Оскуолаҕа үөрэнээри, дьоно наар балык айдааныгар сылдьар буолан, араас дьоҥҥо-ыалга олорор. Ол быыҺыгар 2 сыл Алёхин Виктор Семёнович диэн нуучча үтүөкэн дьонугар олорор. Алёхин оскуола дириэктэрэ. Ийэбит Яна диэн кыыстарын кытта табаарыстаһар. Ол Яна кэлин Саха аатырбыт суруйааччыта Далан кэргэнэ буолар. Ийэбит: «Наһаа үчүгэй дьон этэ, миэхэ наһаа көмөлөспүттэрэ», – диэн Алёхиннааҕы кэлин ахтыытыгар суруйбута баар.

Биир кэмҥэ Булуҥҥа оскуолаҕа Юрий Иванович Шамшуриҥҥа, бэйэтин кэмигэр биллибит суруйааччыга, үөрэммит. Оҕолор наҺаа сөбүлүүр этилэр диэбит… Ол да иһин буоллаҕа буолуо, ийэбит хара өлүөр, бу олохтон 2001 с. барыар диэри нууччалары наһаа үрдүктүк тутара, сүгүрүйэрэ.

Ийэбит дойдутугар Соморсуҥҥа нэһилиэк биир бастакы учууталларыттан биирдэстэригэр Алексеев Гаврил Федотовичка кэргэн тахсан, 6 оҕону төрөтөн улаатыннаран, үөрэхтээн дьон оҥортоон билигин сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Лондоҥҥа, Англияҕа тиийэ бааллар… Көмүс унуоҕа төрөөбүт дойдутугар Соморсуҥҥа сытар.

Ийэм миэхэ биэрбитэ

Күөхтүүр дьолуо халлааны,

Аламай күнүм сырдыгын.

Ийэм миэхэ иҥэрбитэ

Сырдык ыра санаалары,

Дьоҥҥо үтүө сыһыаны.

Кини биэрбит майгыта

Эппит өйдөөх тыллара,

Олохпор куруук көмөлөһөр.

Ийэм итии сүрэҕэ

Кини көнө суобаһа

Барыбытыгар тиксибит

Ийэм хорсун санаата

Кини күүстээх дьулуура

Оҕолорбор күүс эптин!

Олоҕум кэрэ кэмнэрин

Иэйии дьоллоох түгэнин

Ийэм уунар буолуохтаах.

Уос номоҕор кэпсэнэн,

Сүрэхпэр сөҥмүт сүппэттии

Ийэм кэрэ мөссүөнэ…

Кэргэн сылаас илиитэ

Кини миигин таптыыра

Куруук өйүүр сыһыана

Ийэбиттэн кэллэҕэ…

Улар МОИСЕЕВ.

Покровскай к.

2020 с.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *