Хаҥаласка даҕаны дьон бааллар ээ, кыһаллан уонна болҕойон ахтан-санаан ааһар буоллахха. Холобурдаан эттэххэ үс ини-бии Киприяновтар өрөспүүбүлүкэ интеллигенциятыгар бэйэлэрин кэмнэригэр киэҥник биллибит дьон этилэр.
Киприянов Данил Васильевич (1897-1976) Хачыкаат нэһилиэгэр «Труд», кэлин бөдөҥсүйбүт «Сталин» аатынан мөлүйүөннээх холхуоска 25 сыл холхуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн «Ленин» уордьанынан наҕараадаламмыта уонна 1954 с. ССРС Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутаатынан талыллан үлэлээбитэ.
Орто уол Дмитрий Васильевич Киприянов (1906-1965) бастакы үөрэҕинэн агроном-зоотехник диэн, ол кэмнэргэ үөрэх баар эбит. Улахан дуоһунастарга салайар үлэҕэ сылдьыбыт киһи.
Кыра уол Николай Васильевич Киприянов учуутал уонна дириэктэр быһыытынан Орто Халыма куоратыгар, Усуйаана Казачьетыгар, төрөөбүт оройуонугар Покровскайга, Булгунньахтаахха, Хачыкаакка уонна Мохсоҕоллооххо орто оскуолаларга дириэктэрдээбитэ. Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэр оройуоҥҥа аан бастакынан таас оскуола туттарбыт сүҥкэн улахан үтүөлээх киһинэн уонна педагогическай наука кандидата буолбут соҕотох дириэктэринэн биллэр этэ. Данил Васильевич кэнниттэн төрөөбүт Аграфена Васильевна, кэргэнинээн Семён Федорович Ксенофонтовтыын – биллиилээх кыраайы үөрэтээччилиин Дьокуускай куорат Полевая уулусса 12-гэр олордохторуна, кинилэргэ олус элбэх дьон сылдьан, хонон-өрөөн ааһаллара үһү. С.Ф.Ксенофонтов хомуйбут, суруйбут матырыйааллара, архыыпка элбэхтэрин билэр уонна туһаммыт дьон кэпсииллэр. Муус устар ыйга Данил Васильевич уонна Дмитрий Васильевич Киприяновтарга анаммыт диэн этэр соччо табыгаһа суоҕунан, бу үтүөкэннээх дьон олорон ааспыт олохторун билиһиннэрэр, сырдатар икки кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.
«Жизнь, посвященная служению» диэн кинигэни Дмитрий Васильевич улахан кыыһа 82 саастаах Лилия Васильевна хомуйан, суруйан таһаарбытын бэлэхтээбитин, сиһилии ааҕаммын «Туймаада» норуот хаһыатын ааҕааччыларыгар билиһиннэрэбин. Күлэ-күлэ күлбүтүн таптайар, күлүк баҕа санаалаах хапыталыыстарбыт, тороскуустарбыт биир сүдү соруктарын ситтилэр диэн сыаналыыбын. Тугу, ханныгы диэххит!
Мэтээл. Уордьан суолтатын сиргэ-буорга тэпсэри дьэ кыайыылаахтык-хотулаахтык тэрийдилэр, ыкка бырахтылар. Хааннарын тоҕон, чэгиэн бэйэлээх эттэринэн-сииннэринэн эмсэҕэлээн ылбыт фронтовиктар биир-икки наҕараадалара сымыйа мэтээл, уордьан быыһыгар киирэн иҥэн-сүтэн хаалла эбээт. Уонна күн бүгүнүгэр наҕарааданы өйдөөн-дьүүллээн көрөр-истэр, долоҕойугар тохтотор даҕаны киһи аҕыйаабыт курдук. Кумаар курдук биир күнүнэн (олорооһун буолбатах) олоруу кэллэ.

Д.В.Киприянов аан бастакы хомуурга хабыллан (1906-1918 сылллаахтары ыларга бирикээс тахсыбыта) сэриигэ аттаммыта. Үөрэхтээх, эрэллээх байыас быһыытынан Брянскайдааҕы байыаннай-политическай училищеҕа үөрэнэн офицер буолбута уонна батальон парторгунан ананан сэриигэ киирбитэ. 92-с гвардейскай стрелковай дивизия 280-с стрелковай полкатын састаабыгар киирэр батальоҥҥа парторг курдук кутталлаах, эппиэтинэстээх дуоһунаска сэриилэһэн Д.В.Киприянов Молдавияны, Румынияны, Болгарияны босхолоспута. Аны туран 39-с гвардейскай дивизия 107-с гвардейскай механизированнай полкатыгар киирэр батальоҥҥа парторгтаан Дьоппуон сэриитин түмүктээн дойдутугар 1946 сайыныгар төннөн кэлбитэ.
Манна киһи сөҕөрө баар, 5 төгүрүк сыл сэриигэ ол кэмнэрдээҕи коммунистар барыларын курдук инники кирбиигэ сылдьан сэриилэһэн, контузияланан госпитальга сытан эмтэнэн, дойдутугар биир мэтээлэ суох, эгэ уордьан кэлииһик дуо, эргиллэн кэлбит эбит. Дмитрий Васильевич фроннааҕы хаартыскаларын көрөммүн ити курдук түмүккэ кэллим. Сэрииттэн кэлэн баран, эйэлээх олоххо килбиэннээх үлэтин иһин «За трудовое отличие» мэтээлинэн (1947), ЯАССР Үрдүкү Сэбиэтин Почетнай Грамотанан (1952), Уордьан Знак Почета №280060 (1957) наҕараадаламмытын таһынан «За Победу над Германией», «За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 сс.» мэтээлинэн наҕараадаламмыт эбит. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 4-с уонна 5-с ыҥырыытыгар дьокутаатынан талылла сылдьыбыт. Дмитрий Васильевич Ийэ дойдутун көмүскэлигэр 5 сыл сэриилэспит бойобуой офицеры, тыа хаһаайыстыбатын исписиэлииһин өрөспүүбүлүкэ салалтата илиитин үрдүгэр түһэрэн ылан, эппиэттээх дуоһунастарга анаталаан үлэлэтэн барбыт.
Ол курдук Киприянов Д.В. Саха АССР тыа хаһаайыстыбатын миниистрин солбуйааччытынан анаммытын туоһулуур 1-041 нүөмэрдээх дастабырыанньа 1947 сылга бэриллибитэ кинигэҕэ киирбит.
Госбылаан бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан анаммытын бигэргэтэр дастабырыанньа Д.В.Киприянов аатыгар 1953 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр бэриллибит, нүөмэрэ 000014. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 4 уонна 5 ыҥырыытын дьокутаата буоларын туоһулуур икки дастабырыанньа кинигэҕэ киирбитин таһынан, Дмитрий Васильевич ССКП Саха сирнээҕи обкомун чилиэнинэн талыллыбытын, ол иһинэн ревизиялыыр кэмитиэт чилиэнин, обком чилиэнигэр кандидатын туоһулуур дастабырыанньалар хаартыскалара баар. Дьэ кырдьык улахан үлэлэргэ үлэлээбит салайааччы эбит Д.В.Киприянов. И.Е.Винокуровтыын үлэлээн, алтыһан ааспыт буолуохтарын сөп курдук дии санаатым. Күн бүгүнүгэр ону интириэһиргиир, сэҥээрэр киһи даҕаны суох ини оҥоробун.
Хаҥаласка кинигэҕэ үчүгэйэ диэн Дмитрий Васильевиһы кытта биир кэмҥэ үлэлээбит дьон ахтыылара киирбиттэрэ буолар. Холобурдаан эттэххэ Елена Ивановна Софронова, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ (1954 с.): “Таатта улууһун бандьыыттааһыҥҥа, национализмы күтүрээбит кэмнэригэр, партия райкомун бастакы сэкиритээрин Я.Д.Белолюбскайы кытта кэккэ салайар үлэһиттэр үлэлэриттэн туоратыллыбыттара. Улуус олохтоохторун бу саамай ыарахан кэмнэригэр 1954 с. партия райкомун бастакы сэкиритээринэн Д.В.Киприянов кэлбитэ. Чычымахха нэһилиэк актыыбын мустаран, оройуон үлэҕэ-хамнаска балаһыанньатын, соруктарын билиһиннэрэн чуолкай этиилэри оҥорбута, кэккэ сүбэлэри биэрбитэ. Дмитрий Васильевич экэниэмикэ боппуруостарын мындырдаан билэрин бары да сөхпүппүт, олус астыммыппыт. Улуус актыыбыгар ыытыллар семинардары баара-суоҕа илиис аҥаара кумааҕылаах туран, балтараалыы чаас лекция ааҕара. Киниттэн салайар, тэрийэр үлэҕэ, көрдөбүлү, хонтуруолу олохтооһун ньымаларыгар элбэххэ уһуйуллубуппут.
Кини биһиги улууспутугар биэс сыл үлэлээбитэ. Бу сылларга улуус экэниэмикэтин сайыннарыы, холхуостары бөдөҥсүтүү, МТС техникаларын холхуостарга атыылааһын, механизаторскай кадрдары холхуостарга олохсутуу, производствоҕа бастыҥ опыттары тарҕатыы, быыстапкалары тэрийии курдук киэҥ үлэлэр барбыттара. 1955 с. оройуоҥҥа ыытыллыбыт быыстапкаҕа 8 холхуос, 9 ферма уонна биригээдэ, 92 холхуостаах, 31 ыанньыксыт, 17 хонуу кыайыылаах үлэһитэ, 3 оҕуруотчут, 20 механизатор, 24 болуотунньук кыттыбыта. «Победа» холхуос 2-с сылгы иитэр биригээдэтэ (биригэдьиир К.Бабанов), сылгыһыттар Н.Колодезников, И.Петров, Е.Сысолятин, Е.Большаков 104 биэттэн 104 кулуну ылан ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Бу быыстапка дьону-сэргэни айымньылаах, күрэстэһиилээх үлэҕэ көҕүлүүр улахан төһүүнэн буолбута. Дмитрий Васильевичтыын үлэлээбит кырдьаҕас көлүөнэ дьон кинини боростуой, үтүө сүбэһит, болҕомтолоох салайааччы быҺыытынан өйдүүбүт.
Кини кэмигэр В.С.Луковцев, И.С.Иванов, Г.И.Антоев, Ф.И.Винокуров уо.д.а. оройуон партийнай-сэбиэскэй уорганнарыгар анаммыттара. Дмитрий Васильевич үлэлиир эрэ кэмиттэн саҕалаан, биһиги оройуонтан Красноярскай, Москва үрдүкү партийнай уонна Дьокуускайдааҕы сэбиэскэй-партийнай оскуолаларга үөрэттэрии саҕаламмыта. 1950 сыллар ортолоруттан саҕалаан үрдүкү партийнай оскуоланы П.Е.Табунанов, С.М.Аянитов, В.В.Бехтюев, А.А.Неустроев, В.В.Находкин – барыта 13 киһи, оттон сэбиэскэй-партийнай уонна орто звено кадрдары бэлэмниир оскуолалары Х.И.Кашкин, Е.П.Харитонова, Е.И.Луковцев, В.В.Наумов, В.Г.Вырдылин – барыта 40-ча киһи бүтэрбиттэрэ. Кинилэр кэлин улуус сүрүн кадрдара буолбуттара.
Дмитрий Васильевич тус бэйэбэр, инники дьылҕабар оҥорбут үтүөтүн отой умнубаппын, олоҕум устатыгар кинини эталон оҥостон кэллим, куруутун дириҥ махталынан саныыбын. Ол курдук 1954 с. Москваҕа Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкаҕа сылдьар дьолго тиксибитим. Ити оччолорго улахан чиэс этэ. 1956 с. кыра үөрэхтээх Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ райсэбиэт исполкомун чилиэнэ уонна сэкиритээрэ буолбутум. 1958 с. Дьокуускайдааҕы сэбиэскэй-партийнай оскуолаҕа үөрэттэрбитэ. Онтон кэлин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, 41 сыл устата улууспар тэрийэр үлэ бурҕалдьытын соһуспутум. Онон Д.В.Киприянов туһунан үтүө өйдөбүл умнуллубат”, – диэн суруйбут эбит. «50 сыл ааста да умнубаппын» диэн Елена Ивановна ахтыытыттан быһа тутан кылгатан киллэрдим. Киһи ылынар, киһи итэҕэйэр, киһи «сык» гына түһэр бэртээхэй ахтыыны суруйбут Елена Ивановна.
Аны иккис ахтыыны Анна Никандровна Кириллина, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ суруйбут. «Мин Д.В. Киприяновы тыа хаҺаайыстыбатын миниистрин солбуйааччытынан үлэлии олордоҕуна аан бастаан көрбүт эбиппин. Ити 1953 с. этэ. Механизатор мунньахтара Дьокуускайга буолбута, ол мунньахха мин Матвей Николаевич Ордаховтыын кыттар чиэскэ тиксибиппит. Дмитрий Васильевич дакылааттаабыта. Өйдөнүмтүө тылынан лоп-бааччы кэпсээбитин баччааҥҥа диэри өйдүү сылдьабын. Таатта МТС-гар бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар буоламмын, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутаатынан талылынным. МТС 200-кэ үлэҺиттээх улахан кэлэктиип этэ. Саха үөрэҕэ суох дьахтарыгар үрдүк чиэскэ тиксибит дьоллоохпун. Ити 1955 с. этэ. Бастакы сессияҕа Кыйыттан аатырбыт ыанньыксыт дьокутаат Мария Дмитриевна Кангаласовалыын, Д.В.Киприяновтыын бииргэ айаннаан тиийдибит. Дмитрий Васильевич сымнаҕас майгылааҕа, киҺи райком сэкиритээрэ диэн куттаммат киһитэ этэ, дьону мөҕө, ыга сылдьарын көрбөтөҕүм. Кини рекомендациятынан партияҕа киирбитим, бюро чилиэнинэн талыллыбытым. Дмитрий Васильевич бюро чилиэннэрин кытта биирдиилээн сүбэлэһэрэ, дьон этиитин ылынара, өйүүрэ. Тыа хаһаайыстыбатын миниистрин солбуйааччытынан үлэлээбит буолан бу салааны олус билэрэ. Кини кэмигэр этэ дии «Елочка» диэн ынаҕы ыыр аппараты аан бастаан туһаныы буолбута. Бастакынан Анна Афанасьевна Гуляева баҺылаабыта, үгүс ыанньыксыты үөрэппитэ. Кэлин «Ленин» уордьанынан наҕараадаланар чиэскэ тиксибитэ. Елена Трофимовна Чахова ССКП съеҺин делегатынан талыллар үрдүк итэҕэли сүкпүтэ.
Дмитрий Васильевич 8 дьахтары Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлэтэ таһаарбыта. Миигин – «Тракторга өр үлэлээтиҥ, аны Сэбиэт Аана буол» диэбитэ. Үөрэҕим кырата эрэйдээбитэ, тракторбын ахтаммын икки сыл буолаат таптыыр идэбэр үөрүүнэн төннүбүтүм. Дмитрий Васильевич кэргэнин Варвара Егоровнаны чугастык билэрим. Кыыстара Лия оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, кэлин үрдүк үөрэхтэнэн, биһиги оройуоммутугар райкомол иккис сэкиритээринэн үлэлии сылдьыбыта. Мин үлэһит уонна коммунист быһыытынан үүнүүбэр Дмитрий Васильевич өйөбүлэ, көмөтө улахан этэ. Ол иһин өрүү киниэхэ махтанабын. Райком бастакы сэкиритээрэ Д.В. Киприянов туҺунан үтүөкэн өйдөбүллээхпин, киһи да быһыытынан, билиитинэн-көрүүтүнэн да, дьону кытта сыһыанынан да ураты салайааччы этэ. Онон оройуон историятыгар дьоһун кылаатын киллэрбитэ. Кинини умнубаппын, ахта саныыбын, бар дьоммор кэпсиир ытык иэһим», – диэн суруйбут Таатта ытык олохтооҕо, тракторы олоҕун аргыһа оҥостубут чулуу механизатор А.Н. Кириллина.
Дьэ ити курдук амарахтык ахтан-санаан, Таатта талыы-талба дьахталлара суруйбуттарын үөрэ-көтө, астына-дуоһуйа аахпытым баара… Кинигэ сүрэхтэниитигэр Дмитрий Васильевич улахан кыыһа кэргэнинээн Слепцов Владимир Георгиевичтыын кэлэн кытыннылар, Лилия Васильевна төрөппүттэрин, аймахтарын туһунан ахтан-санаан уһуннук кэпсээтэ. Данил Васильевич икки Дмитрий Васильевич икки киэҥ аймахтарыттан элбэх киһи кэлэн бу үтүөкэннээх тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Мин кыра булгунньахпыттан көрөн куолулаатахпына Д.В.Киприянов курдук үрдүк таһымнаах билиилээх-көрүүлээх, дьиҥ култууралаах, киһини киһи курдук саныыр амарах дууһалаах салайааччы төрөөбүт дойдутугар Хаҥаласка кэлэн үлэлээбитэ эбитэ буоллар биһиги, хаҥаластар диэтэх дьон, сайдыыбыт биир тутум (условно) үрдүккэ тахсыбыт буолуохтаах этэ.
Д.В.Киприянов курдук улахан таһымнаах салайааччыны, улахан буукубаттан суруллар киһини аахайбат, аанньа ахтыбат буолуу буруйга, сааттаах быһыыга-майгыга тэҥнэниэхтээх.
Ермолай СКРЯБИН.
2021 с.
