Биhиги аҕабыт, мин кэргэним Виктор Семёнович Иванов, 1951 сыллаахха бэс ыйын 10 күнүгэр Саха АССР Ньурба оройуонун Маалыкай бөhүөлэгэр төрөөбүтэ.

Ийэтэ Аана эдэркээн бэйэлээх сылдьан күн сириттэн күрэммит. Аҕата Иванов Семён Иванович үлэ бэтэрээнэ, колхоз (кэлин – совхоз) чэчирииригэр элбэх көлөhүнүн тохпут туруу үлэhит.
Кэргэнэ күн сириттэн барарыгар Сэмэн Иванович икки кыра оҕолоох огдообо хаалар. Улахана Бииктэр үс эрэ саастаах этэ. Инньэ гынан, Бииктэртэн балтараа сыл балыс балта Вералыын кыра эрдэхтэриттэн эhэлээх эбээтэ – Иван Никитич уонна Мария Ивановна Ивановтар көмөлөрүнэн иитиллибиттэр.
Кэлин биhиги ыал буолан олордохпутуна Филиппов Сидор Афанасьевич (Саха сиригэр биллэр государственнай үлэhит), бэйэтэ Үөhээ Бүлүүттэн төрүттээх киhи, кэпсээн турардаах:
– Кыра оҕо сырыттахпына биир ааттаах кураан сайын Ньурбаттан субай сүөhүнү мэччитэ аҕалбыт бостууктартан биирдэстэрэ – Иванов Сэмэн, мин аймаҕым кыыhы Аананы – Бииктэр ийэтин сүгүннэрэн барбыта. Күһүн, кинилэри атаарар киэhэҕэ чэйдии олордохторуна, оhох кэннигэр туран ол эдэркээн дьон кыраhыабайдарын-кэрэлэрин сөҕө-махтайа көрбүппүн билиҥҥэ диэри илдьэ сылдьабын эбээт…
Биhиги альбоммутугар Бииктэр төрөппүттэрин биир эрэ хаартыскалара баар. Онно Сэмэннээх Аана Бииктэри (арааhа, биирин эрэ ааспыт оҕону) түhэхтэригэр көтөҕөн олороллор. Кырдьык да сэргэх сирэй-харах, киhи астынар сэбэрэтэ.
Семён Иванович кэлин ыал буолан, оҕо төрөтөн, Бииктэрдээх сэттэ аҕас- балыстар. Бииктэр саамай аҕалара, балыстара-бырааттара бары дьоhуннаах ыал, киhи киэнэ мааныта дьон.
Окко түспүт оҥоhуу, сиргэ түспүт сэрэбиэй үөhэттэн суруллан түhэр дииллэрэ чахчы. Бииктэр биhикки ыал буолар дьылҕабыт тардан, иккиэн биир үөрэх кыhатыгар – Якутскайдааҕы финансовай-кредитнэй техникумҥа 1975 сыллаахха үөрэнэ киирбиппит. Ол сыл күһүн, оччолорго өрүү буоларын курдук, саҥардыы үөрэххэ киирбит оҕолор Покровскай Булгунньахтааҕар совхозка көмө оҥоро хортуоска хостооhунугар тахсыбыппыт. Онно тиийэн икки аҥы арахсан сорохпут Булгунньахтаахха, сорохпут Еланка арыытыгар барбыппыт. Инники тиийбит оҕолор Еланкаҕа барбыт этилэр. Биhиги, арыый хойутаабыттар, Булгунньахтаахха хаалбыппыт.
Арай үлэлээн бүтэн, куораттыыр чааспыт тиийэн кэлбитэ. Сарсыардаттан «Еланкаҕа барбыт оҕолор үксүлэрэ уолаттар үһү» диэн сурах баран, кыргыттар бары сэргэхсийэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан киэhэни кэтэстибит. Сып-сап аhыы охсон, иhити-хомуоhу хомуйан, хас биирдиибит уп-уhун ыскамыайкаҕа остуол кыйа миэстэ булунан, аан утары уолаттары көрөөрү кэчигирэччи олорунан кэбистибит. Арай: «Кэллилээр!» – диэн хаhыы иhиллээтин кытта аан аhылла түстэ да, дьиэ иhигэр уол бөҕө «адаарыс» гына түстүлэр.
Оҕолор ортолоругар уурбут-туппут курдук быhыылаах-таhаалаах, сырдык хааннаах, оробуочай да буоллар ып-ыраас, «тып» курдук олоро сылдьар таҥастаах, аныгылыы бүрүчүөскэлээх хойуу баттаҕын кэннин диэки анньыммыт уол баарын тута бэлиэтии көртүм.
Ол – биhиги аҕабыт, олоҕум аргыhа, кэргэним-доҕорум Бииктэрим этэ! Ол кэмтэн мин сүрэхпэр, өйбөр-санаабар Кини, Кини эрэ… Сорох дьүөгэлэрим сирдээҕи аналларын булбакка эрэйдэнэллэр. Ити чааhыгар миэхэ дьылҕа хаан тойон эрэйдээбэккэ анаабыт күндү бэлэҕэ – Бииктэрим барахсан!
Бииктэри кытта отучча сыл ыал буолан дьоллоох олоҕу олорбуппут. Кыhамньылаах, испэт-аhаабат, таптыыр-сөбүлүүр киhигин кытта оҕо төрөтөн, ыал буолан олорортон ордук туох дьол баар буолуой?
Бииктэр курдук дьахтарга үчүгэй, сымнаҕас сыhыаннаах киhи ахсааннаах буолуо, бука. Таайа, Гуляев Степан Васильевич күлэ-күлэ этэр буолара: «Ээ, ити Тыыкаптар (Бииктэр дьонун Маалыкайга Тыыкаптарынан билэллэр) – дьахтар таҥаралаах дьон», – диэн.
Оннук да эбит этэ. Мин кийиит буолан Маалыкайга үстэ бара сылдьыбытым. Бииктэр дьоно сэргэтэ үөрэ-көтө көрсөн, маанылаан, настарыанньалаан, сүргэбитин көтөҕөн ааттаахтык сынньанан кэлэр буоларбыт. Ол онно көрдөхпүнэ кинилэр дьаhанан-тэринэн олорор олохторо барыта лоп-бааччы, уурбут-туппут курдук эбит этэ. Сарсыарда ааттаах эрдэ тураллар. Дьахтар, эр киhи үлэтэ диэн араарыы суох. Бииктэр абаҕалара бары боппуруоhу кэргэннэрин кытта сүбэлэhэн, үксүн кинилэр этэллэрин ылынан, эйэлээх-иллээх баҕайытык олорор этилэр. Син өр буолар этибит. Хаhан да айдааран, бэйэ-бэйэлэрин сэмэлэhэн эрэллэрин истибэтэҕим.
Биhиги дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ «бу – эн үлэҥ, бу – мин үлэм» диэн араарсыы отой суоҕа. Ким эрдэ кэлбит көрөн турбакка түбүгүрэн киирэн барара. Бииктэр оҕолорун детсадтан ылан кэлэригэр ас-астаан, остуол тардан тоhуйарым. Ону киhиргэтэн: «Оо, ас сыта ыраахтан аҥылыс гынна, аам!» – диирэ. Наҕылыччы астына аhаан бараммыт мин иhит сууйабын, дьиэ-уот хомуйабын, кини оҕолорун таҥастарын сууйар, атах таҥаhын бэрийэр. Иккиэн бииргэ үлэбитин үмүрүтэн баран оҕолорбутун утутабыт, хаhыат ааҕабыт, сарсыҥҥы күҥҥэ бэлэмнэнэбит.
Сороҕор киэhэ массыынанан айаннаан истэхпитинэ, суолу быhа сүүрэн дьахталлар ойон таҕыстахтарына Бииктэр этэр буолара: «Ээ, бу эрэйдээх дьиэтигэр ас астаары ыксаан, тобус-толору суумкалаах массыынаҕа киирэн биэрээри гынна, чэ, аас!» – диирэ.
Иккиэн бииргэ сырыттахпытына эмискэ дьээбэлэнэн кэлэр идэлээх этэ. Арай Монголияҕа экскурсияҕа тэбиэннээх монголлар олохторун-дьаhахтарын көрдөрө илтилэр. Бииктэр таптыыр дьарыга хаартыска этэ. Араас үчүгэй түгэннэри түhэрбитэ билигин да туоhу буолан сылдьаллар. Мин биир үчүгэй баҕайы тэбиэн турарын «ээ, барахсаны!» диэн имэрийэн истэхпинэ Бииктэрим «силлээри гынна-а-а!» диэбитигэр ойдум ээ! «Киhи сирэйин күүгэн баҕайынан силлээтэҕинэ, сирэйиҥ сараччы үллэн тахсар уонна отой эрэйинэн суунуллар үһү» диэн кэпсээбитэ ол иннинэ. Куттанан ойон испит түгэммин хаартыскаҕа түhэрбитин бэчээттээн баран, иккиэн көрө-көрө күлүс да күлүс. Тэбиэн силлиириттэн быыhанаары туруммут сирэйим-хараҕым сүрдээх. Ол кадры устаары эрдэттэн «режиссёрдаабыт» эбит.
Бииктэр наhаа сайаҕас, кимиэхэ барытыгар көмөлөhө-кыhана сылдьар идэлээх этэ. Инньэ гынан доҕоро-атаhа үгүс буолара. Кырдьаҕаhы кытта – кырдьаҕас, эдэри кытта – эдэр; ханнык баҕарар киhини кытта уопсай тылы булан табаарыстаспыта эрэ баар буолар этэ. Ыал буолан олордохпутуна ханна барда да эбэhээт улахан суумкалаах, тутуурдаах-таhаҕастаах сылдьара. Аны кини булан аҕалара хайдах эрэ барыта наhаа наадалаах, суолталаах буолара.
Дьонугар барарыгар эбэhээт хас биирдиилэрин сурунан, тус кэhии була сатыыра. Оннооҕор Монголияҕа тахса сылдьан туох эрэ хотуур эҥин хомуhан кэлбитэ. Отой ис сүрэҕиттэн кыhалларын-мүhэллэрин көрөн, мин эмиэ көмөлөhө сатыырым. Барыан иннинээҕи киэhэтигэр суумкатын иккиэн бииргэ сааhылаан баран, дьэ астына-дуоhуйа чэйдиир буоларбыт. Сороҕор ылбыт кэhиилэрбитин көрө-көрө, үөрэ-көтө кэпсэтэн, бэйэбит кэhии туппут дьон курдук сананарбыт. Үгүс дьоно баҕар саныыллара буолуо: өҥнөөх телевизор, мотоцикл арааhа – барыта тиийэр этэ. Сороҕун бэйэтэ сүгэн-көтөҕөн, сороҕун дьону ааттаhан. Ол саҕана барыта босхо, харчыга илдьии- аҕалыы диэн суох дьыалата этэ. Киhиэхэ сыhыан эрэ быhаарара. Доҕотторо наhаа убаастыыллара, инньэ тылын быhа гыммакка, оннооҕор Ленскэй курдук сиртэн Ньурбаҕа вертолётунан көтүтэр этилэр.
Олохпут улахан аҥаара былыргы Мухтуйаҕа – билиҥҥи Ленскэйгэ ааспыта. Онно Бииктэр райфинотделга государственнай дохуоту хомуйар салааҕа үлэлээбитэ. Кэлин ол салаа налоговай инспекцияҕа кубулуйбута. Кини отделыгар соҕотох эр киhи буолан нолуок сулууспатын саамай ыарахан учаастактарыгар сылдьара. Дисциплиналаах, истигэн, толоругас, испэт-аhаабат буолан наhаа ытыктанара. Кини эппиэтинэстээх, кэлиэх кэмигэр лоп курдук баар буоларын туhунан эмиэ туспа номохтор бааллар.
Арай биирдэ үлэлии олордохпутуна Бииктэр киирэн кэллэ. Кыргыттар бары тура эккирээн, таҥнан киирэн бардылар. «Хайа, өссө да чаас аҥаара баар дии», – диибин. «Да? А Виктор Семёнович ровно в 18-00 заходит же!» – диэн күлсүү буолла. Биир коллегата кыыс дьиэтин таhынан сарсыарда аайы оҕолорун детсадка илдьэр. Кыыс түннүк таhыгар остуолга чэйдии олорон чаhыыны көрдөҕүнэ оруобуна лоп курдук 7 ч. 45 мүн. буолар. «Кэлин үлэҕэ хомунарбын Виктор Семёнович ааhарынан кэмнэнэр буолбутум», – диэн кэпсиирэ. Ол коллегата билигин Үп миниистирин солбуйааччыта.
Хаhаайыстыбаннайын чааhынан этэ да барыллыбат. Биhиги үөрэнэр сылларбытыгар ас-таҥас кырыымчыга «дефицит» диэн ааттанан эрэйдээбитэ. Тыаҕа туох да суох, куоракка уҥуох тостор уочарата. Инньэ гынан биhиэхэ – куоракка үөрэнэ сылдьар оҕолорго – сакаас толорооhуна туспа түбүктээх үлэ буолара. Биhигиттэн барыбытыттан ордук Бииктэр ноҕоруускаланара. Инньэ муоста кырааскатыттан, остуол сабар клеёнкатыттан эмигэр-томугар тиийэ уочараттаан-анньыhан, атыылаhан сүүрэр-көтөр буолара. Биhиэхэ кыргыттарга, били нууччалыы эттэххэ «дай только повод зубами блеснуть, косой пошевелить» диэбиккэ дылы, күлэргэ-оонньуурга төрүөт эрэ наада. «Завхоз, завхоз», – диэн элэктээн биэрэрбит.
Ол саҕана сүүрбэччэлээх, орой-мэник оҕолор ону-маны анааран өйдүүр үһүбүт дуо? Бииктэр дьоно-сэргэтэ кини толоругаhын эрэнэн-итэҕэйэн, үбү-харчыны дэбиэрийэлээн, көрдөhүүлэрин сиргэ-буорга бырахпатын билэн соруhалларын?
Кини «анараа» дойдуга бартын кэннэ чугас ыалларбыт, аҕалара эҥин суох дьон кэриэстээн, саас аайы даачаҕа тахсарга эбэhээт Бииктэри ахтан- санаан ааhаллар. Урут миигиттэн «киhиэхэ барытыгар бэрт буолан түһэҥҥин» диэн куруук сэмэлэнэр этэ. Ол иhин буолуо, кистээн эбит, сааhырбыт ыаллара сайылыктарыгар – даачаҕа тахсалларыгар оhохторун оттон, ууларын-хаардарын бэлэмнээн кэбиhэр идэлээх эбит. Инньэ гынан баччааҥҥа диэри дьоно наhаа суохтууллар. Ону миэхэ махтаннахтарына кыбыста да, үөрэ да саныыбын.
Киhиэхэ ис култуура баарын Бииктэргэ көрөрүм. 30-ча сыл бииргэ олорбуппут да биирдэ күргүйдээн, хаҕыстык сыhыаннаhан хомоппутун отой өйдөөбөппүн. Хата мин буоларга-буолбакка кыҥкыйдыыр быhыылааҕым. Оччоҕо саамай «хоппута»: «Чэ, ийэбит киирэрэ киирбит», – диэн буолара.
Сайын буолла да өрөбүл аайы мин дьиэ хомуйар, сууйар-сотор бириэмэбэр, урут мотоцикл үрдүгэр түhэн, кэлин массыынанан сибэкки үргээн кэлэр этэ. Онтун киирээт: «Доҕоччуок, бу эйиэхэ», – диирэ. Куруук кэhиилээх, туох эрэ тутуурдаах сылдьар этэ. Миигин үлэбиттэн ыла кэлэригэр ардыгар астаабыт аhылыгын массыынатыгар уган, тута Чочур Мырааҥҥа илдьэрэ. «Доҕоччуок, күн киирэн эрэрин көрө-көрө чэйдиэхпит», – диэн.
Доҕорум анараа дойдуга бартын кэннэ, өр баҕайы аҕалбыт массыынабар таhаҕаспын умнан кэбиhэн эрэйдэнэр этим. Кэллим да, тахсан баран хаалабын. Урут Бииктэрим суумканы-сиэккэни соhор буоллаҕа. Хаhан да ону-маны таспатах бэйэм билигин куруук таhаҕастаах сылдьабын.
Тиhэх суолугар атаарарга дьиэ иhэ баппат киhи этэ. Төhө да мутук тостор тымныыта буоллун, төhө да куорат таhа – даача буоллун. Ол кэмҥэ доруобуйата мөлтөөн үлэлээбэтэҕэ балачча буолбута. Ол үрдүнэн итиччэ элбэх киhи кэлэн доҕорбун атаарбыттарыгар кырдьык убаастыылларын, сыаналыылларын билбитим.
Сэгэрим күн сиригэр кэлэн кубулуйбута икки кыыhа бааллар. Улахаммыт Виолетта – тиис бырааhа. Специальноhа аҕатын баҕатынан буолта. Киhи киhини батар да буолар эбит: үкчү аҕатын курдук буолан сүрэхпин уйадыта сылытар. Кырабыт – Екатерина. Икки үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, билигин суот- учуот эйгэтигэр үлэлиир. Биир сиэннээхпит.
Бииктэрбин кэриэстээн, кини туппут дьиэтигэр куорат таhыгар олоробун. Ытыктанан-маанылатан олорбут буолан, сүрэҕим күн бүгүнүгэр диэри Бииктэрбинэн толору, ньүөл сылдьар. Оннук буолар эбит, далбардаах олох суоhа. Доҕорум биhигиттэн барбыта быйыл 13 сылыгар барда. Сарсыарда хаартыскаттан мичээрдээн уhуктарбын көрсөр, киэhэ – сымнаҕас намыын көрүҥүнэн уоскутан күммүн түмүктүүр. Куруук аттыбар баар курдук. Дьикти. Үтүө-кэрэ сыhыаны бэлэхтээн сирдээҕи олохпун киэргэппитигэр, кини мөссүөнүгэр дириҥниик-дириҥник сүгүрүйэбин, ботугураан махтал тылларын этэбин.
Махтанабын тапталлаах төрөөбүт дойдутугар – Маалыкай Эбэ Хотуҥҥа; махтанабын уруу-аймах дьонугар; махтанабын биhиги аҕабыт Виктор Семёнович Ивановтыын алтыспыт, кинини өйдүүр-саныыр доҕотторугар, коллегаларыгар! Бука бары этэҥҥэ буолуҥ!
Аҕабыт баара буоллар быйыл бэс ыйын 10 күнүгэр 70 сааhын туолуохтаах этэ…
Аҕынна, уйадыйа санаата
кэргэнэ Иванова
Надежда Васильевна.
2021 сыл, Дьокуускай к.
