Соторутааҕыта 70 сааһын туолбут суруйааччы Павел Петрович Фёдоров — Сомоҕо, саха литературатыгар таарылла илик сонун тиэмэҕэ «Саллаат уонна Таптал» диэн бэйэтэ ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар аармыйаҕа сулууспалаабыт кэмин сүрүн түгэннэриттэн сырдатан, ааҕааччыларыгар бэртээхэй сэһэни бэлэхтээтэ.
Сэһэн сонуна диэн аармыйа олоҕун, саллаат сулууспатын, буолаары буолан өссө кини тапталын туһунан сиһилии, уус-ураннык ойуулаабытын курдук урут ким даҕаны суруйа илигэ. Ол иһин буоллаҕа, сэһэни илиибэр ылаат, эрдэттэн туох эрэ саҥаны, күүтүүлээҕи кэтэһэ сылдьыбыт курдук, уһаппакка тута ааҕан кэбистим. Дьэ ол аахпыппын бу сыыйа-баайа ааҕааччыларбын кытта үллэстээри иминэн-хомунан, оҥостон олоробун.

Сэһэнтэн киһи урут үөйэн-ахтан көрбөтөҕүн билэрэ-көрөрө, үтүөнү-кэрэни, ордук ыччат дьоҥҥо, иҥэринэрэ элбэх. Айымньы ис хоһоонун, суолтатын сүрүннээн үс түһүмэххэ араарыахха сөп. Бастатан туран, киһи аймах түөрэ бүтүннүүтэ, биирдиилээн тус олоҕор көрсөр, таптал диэн хаһан да кимиэхэ да хатыламмат, ол иһин куруук умсугутуулаах, билэ-көрө охсорго угуйар абылаҥнаах бараммат барҕа иэйии. Иккиһинэн, аармыйа араас өрүттэрдээх уустук олоҕун дьиҥнээх сирэйэ. Үсүһүнэн, саха саллаатын бары күчүмэҕэйдэри туоруурга барытыгар бэлэмнээх, тулуурдаах көрсүө-көнө майгыта, булугас-толоругас өйө-санаата.
Дьэ ол иһин атаҕар саҥа туран эрэр, аармыйаҕа гражданскай иэһин төлүү барыахтаах саха эдэр ыччата бу кинигэни атыылаһа охсон хайаан да ааҕыахтаах, инники олоҕор уоппут, өйүгэр өй, күүһүгэр күүс эбиниэхтээх.
Сэһэни бэйэм ааҕан баран, 65 сыллааҕыта (1955 с.) мин эмиэ аармыйаҕа ыҥырыллан үс төгүрүк сыл устата Читаҕа сулууспалаабыппын эргитэ санаан ыллым. Оччотооҕу мин саллааттаабыт кэмим, өрөгөйдөөх кыайыынан түмүктэммит Аҕа дойду улуу сэриитэ бүппүтэ онус, Сталин өлбүтүн ааһа илик кутурҕана иккис эрэ сылыгар барбыт кэмэ эбит. Оччолорго дьон-сэргэ өйүн-санаатын күүһэ, быһыытын-майгытын сиэрдээх сигилитэ барыта сэрииттэн быста эмсэҕэлээбит, айгыраабыт олоҕу-дьаһаҕы өрө-тардыы, чөлүгэр түһэрии күнүстэри-түүннэри уҕараабат күүрээннээх үлэтигэр түмүллүбүт сыллара этэ. Хрущев Берияны сууһаран, былааска саҥа тахсан күннээн-күөнэхтээн сылдьара. Ол эрээри Сталины өссө саралыы илигэ.
Мин, Чурапчы орто оскуолатын саҥа бүтэрбит уол 19 сааспын туолан (оскуолаҕа тоҕустаахпар киирбитим), тута аармыйаҕа барарбын билэр этим. Тохсус кылаастан ыла допризывник буолан, Чурапчы военкома капитан Дмитрий Дьячковскай: «Эһиил хайаан да аармыйаҕа бараҕын», – диэн кытаанах учуокка ылбытынан, эрдэттэн бэлэм сылдьарым. Эмиэ Сомоҕо курдук, хата, атын сири-дойдуну көрүөм диэн бүөмчү санаалааҕым. Инньэ гынан саас эрдэттэн колхуоһу кытта, аармыйаҕа барарбынан сибээстээн, от үлэтиттэн босхолонор гына кэпсэтэн ол сайын дьонум борооскулаах ынахтарыгар оттуу, сыарҕалаах оҕуска малбытын-салбытын, өйүөбүтүн-тайаабытын тиэнэн ийэбиниин уонна кини дьүөгэтэ Бөдүөтэп Татыыналыын Бабаҕаҕа киирбиппит. Күһүн атырдьах ыйа бүтүүтэ, оруобуна үлэбит түмүктэниитэ, Чаах Көстөкүүн диэн колхуос пуоста таһааччыта ыҥыыр атынан киирэн аармыйаҕа барарым туһунан бэбиэскэ туттарбыта. Мин бу кылгас ахтыыбын урукку саллаат сулууспатын, кэнники көлүөнэлэр сулууспалааһыннарын кытта тэҥнии тутан көрдөрөөрү кэпсиибин.
Кэнники көлүөнэлэр саллааттарын уустугурбут сулууспалыыр усулуобуйалара, биллэрин курдук, аармыйа олоҕун уларыйыытыттан быһаччы сибээстээх. Биһиги саҕана, сэрии кэннинээҕи сулууспалыы тиийбит саллааттары, сэриигэ кыттыбыт дьиҥнээх каадырабай эписиэрдэр үөрэтэллэрэ, иитэллэрэ-такайаллара. Олор биллэн турар диссипилиинэни, устаабы тутуһууга, билиигэ-көрүүгэ, саллаат олоҕун бары ымпыгар-чымпыгар үөрэтиилэрэ, ирдэбиллэрэ туох да чэпчэтиитэ, сыҥалааһына суох байыаннайдыы, быһаччы, кытаанах буолара. Ол-бу бэрээдэги кэһии, самоволка, саллаат саллааты атаҕастааһына, дедовщина диэн өйдөбүллэр төрдүттэн суохтара. Кыра да алҕаһы, сыыһаны оҥордоххуна уочараты таһынан нэрээт, муоста сууйуута, куукунаҕа хортуоска ыраастааһына ханна барыай. Оччолорго хаһаарымалар муосталара кырааската суох буолан, тирээпкэнэн илитэн баран быһаҕынан устуруустаммыт курдук кылбаччы кыһыйан кэбиһэрбит. Остолобуойга аһыы барыыга-кэлиигэ наар строевойунан хааман, ырыанан анньан сылдьарбыт. Дьэ онно даҕаны сахалар, тыйыс дойду олохтоохторо үлэни-хамнаһы кыайа тута үөрэммит буоламмыт, саллаат чэпчэкитэ суох олоҕор түргэнник үөрэнэн, хайҕабылга сылдьарбыт.
Иккис сылбытыгар паартыйа 20-с сийиэһигэр Хрущев Сталин культун саралаан биһигини, кини кэмигэр төрөөн-үөскээн иитиллэн саҥардыы киһи-хара буолан эрэр дьону куппутун-сүрбүтүн улаханнык аймаабыта. Онтон ыла норуот олоҕо-дьаһаҕа уларыйан, аармыйа олоҕо эмиэ, кута-сүрэ тостон айгыраан барбыта. Сэрии кэминээҕи каадырдар сыыйа олохтон туораан, кытаанах фронтовой диссипилиинэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ күүһэ өһүллэн, Сомоҕо сулууспалаабыт кэмигэр диэри, сүүрбэччэ сыл устата, аармыйа балаһыанньата хайдах уларыйан кэлбитин кини сэһэниттэн билсиэххит.
Быганов Эрчим Петрович диэн тыа оскуолатыгар уруһуй, черчение учууталынан үлэлээбит эдэр киһи аармыйаҕа сулууспалыы барарга бэбиэскэ тутан, Чукуоккаҕа тиийэр. Ол иннинэ Хабаровскай куоракка педагогическай институт художественно-графическай факультетын икки куурсун бүтэрэн баран, кыраттан тэмтэрийэн оҥорбут алҕаһын иһин, онтун көннөттөрө дойдутугар ыыталлар. Майаҕа тиийэн Тыыллыма орто оскуолатыгар үлэҕэ ананар. Онно биир сыл үлэлээн үчүгэй характеристикалаах пединститутугар төнүннэҕинэ, салгыы үөрэниэхтээҕэ олоххо киирбэккэ хаалар.
Оскуоланы бүтэрбиттэрин үөрүүлээх биэчэригэр Биробиджаннааҕы култуура училишетын бүтэрбит ырыаһыт кэрэ кыыһы Эрчим аан бастаан сөбүлүү көрөн, бастакы симик таптал иэйиитигэр куустарар. Саха тыатын оччотооҕу эдэр ыччата олус килбик, симик, уолаттар кыыһы таҥара курдук көрөр буоланнар, айылҕаттан бэриллэр кэрэ иэйиини бэйэ-бэйэлэригэр билиниилэригэр олус кыбыстар, ыарырҕатар, куттанар даҕаны буолаллара. Бу «проблеманы» быһаарыыны суруйааччы Сомоҕо олус итэҕэтиилээхтик, кырдьыктаахтык ойуулуурун бары астына, итэҕэйэ ылыныаххыт.
Эдэр дьон килбик көрсүһүүлэрэ, үрдүк үөрэххэ киирэр хас да сыллаах эридьиэстээх түбүктэрэ, санаа-оноо эриирдээх түгэннэрин мучумааннарын кэмигэр уолга аармыйаҕа барар туһунан бэбиэскэ кэлэн, Эрчим баҕа өттүнэн, хата сири-дойдуну көрүөм диэн аармыйаҕа барарга үөрүүнэн тылланыыта айымньы ис хоһоонун сүрүн миэстэтинэн буолар. Ол баҕата кинини кыһыннары-сайыннары буурҕанан-силлиэнэн ытылла турар хаар-муус дойдутугар – Хотугу байҕал кытылыгар тиксэрэн биирдэ бабат дии түһэр.
Эргиччи халлааҥҥа харбаспыт хаардаах үрдүк хайаларынан тулаламмыт Провидение Буухтатын хомотугар Урелики диэн бөһүөлэккэ базаламмыт байыаннай чааска Эрчим полка худоһунньугунан сулууспатын саҕалыыр. Сопканы тула кэчигирээбит уһун субурҕа мас бараактарга маарынныыр хаһаарымалары, уҥуоргу кытылга куораттыы тутуулаах бөһүөлэк таас дьиэлэрэ дьэнтэһэллэрин уол сонургуу да, атыҥырыы да соҕус көрөр. Хомоҕо улахан баҕайы хараабыллар тураллара, кытыыга сөҕүмэр элбэх таһаҕас сүөкүүр кырааннар симсибиттэрэ, муора кытыла бүтүннүү быраҕыллыбыт буочукаларынан, эргэ хараабылынан, самолет кырамтатынан туолбута, киһи болҕомтотун тардар хараҕы халтарытар хартыыната, бу барыта – Дойду уһук хоту эҥээрин биир улахан муоратааҕы порта буоларын чуолкайдык кэрэһилиирэ.
Чукуоккаҕа Саха сириттэн балайда элбэх буолан тиийбиттэрин, ый устата карантиҥҥа «эдэр байыас куурсугар» үөрэтэн байыаннай присяганы ылбыттарын кэннэ, бөлөх-бөлөх араартаан, радиотехническэй чааска киирсэр арааһынай байыаннай туочукаларга ыыталыыллар. Сулууспалыыр кэмнэригэр радиотелеграфист, РЛС оператора, планшетист идэлэрин баһылыахтаахтара.
Присяга кэнниттэн Эрчим полковой кулууп начальнига Прозоров диэн капитан быһаччы дьаһалыгар киирэр. Прозоров салалтатынан кини Ленинскэй уонна Бойобуой Албан аат хосторун саҥардан уруһуйдаталаан киэргэтэн биэрэр. Хас бырааһынньык уонна календарь кыһыл сыыппараларынан бэлиэтэммит күннэрин аайы култуура дьиэлэрин араас лозуннарынан, плакаттарынан, кыһыл былаахтарынан оформляйдаан биэрэн иһэр. Ити дьарыгынан полка кулуубун эрэ киэргэтиинэн муҥурдаммат, байыаннай чаас Чукуокка киэҥ сирин араас муннуктарыгар сытар бойобуой туочукаларыгар быыһа суох командировкаларга сылдьан ленинскэй хостору оформляйдыыр, уруһуйдуур.
Сылдьыбыт бойобуой туочукаларын аайы саха саллааттарын элбэҕи көрсөр. Үксүлэригэр карантин кэмигэр бодоруспут бэйэтин призывын уолаттарын булан кэпсэтэн-ипсэтэн, хардарыта санааларын үллэстэн үөрэллэр-көтөллөр. Сир-сир аайы сахалар диссипилиинэлэринэн, үлэһиттэринэн, булугас-талыгас өйдөрүнэн, сатабылларынан командование састаабыгар хайҕалга-бочуокка сылдьалларынан бары даҕаны астыналлар. Куруук бэйэ-бэйэлэрин өйөһө, көмөлөсүһэ сылдьар буолан, аармыйа олоҕор кэлин бириэмэҕэ киэҥник тарҕаммыт дедовщина диэн сидьиҥ дьаллыкка бэриммэккэ этэҥҥэ сулууспалыылларын Эрчим командировкаҕа кэлэ-бара астына көрөр-истэр. Атаҕастаныы оннугар, хата, урут спордунан утумнаахтык дьарыктаммыт, тустууну, боксаны үчүгэйдик баһылаабыт саха уолаттара балаһыанньаны бэйэлэрин илиилэригэр ылан наһаалаабыт, киэбирбит «дедтэри», дембеллэри икки харахтарын өрө көрдөрбөккө миэстэлэрин кэбэҕэстик буллартыылларын Бөтүүнүскэй, Титигиирэп диэн хоту улуустартан сылдьар саха саллааттарын холобурдарыгар көрөбүт. Манан ааптар, эдэр саха ыччата эрдэттэн спортка болҕомтотун ууран, бэйэтин кыанар, ситиһиилээх, дьорҕоот буоларга бэлэнэннэҕинэ аармыйаҕа бэйэтин атаҕастаппаккка үчүгэйдик сулууспалаан кэлэригэр эрэлин биллэрэр.
Айымньыга тыйыс хахсаат айылҕалаах Муустаах муора эҥэринээҕи норуоттар чукчалар, эскимостар олохторун, дьарыктарын көдөрөрө кинигэҕэ балайда миэстэни ылар. Холобур киит курдук муора аарыма кыылын олохтоохтор байыаннайдардыын итэҕэйсиилээх доҕордуу дуогабар быһыытынан, ол иһигэр сатабыллаах саха саллаатыныын кыттыһан бултааһыннарын хартыыната ааҕааччы хараҕар чаҕылхайдык ойууланар.
«Саллаат уонна Таптал» кинигэ иккис түһүмэҕэр новатор суруйааччы Сомоҕо, Саха литературатыгар саҥаттан саҥа темалары арыйан, элбэх сонун айымньылары суруйбутун ырытар, санаа атастаһар атын суруйааччылар, суруналыыстар үгүс рецензиялара, сэҥээриилэрэ киирбиттэр. Ол иһигэр Петр Аввакумов, филологическай наука доктора Д.Е.Васильва рецензиялара, философскай наука кандидата Е.Г.Винокуров Сомоҕо олоҕун уонна айымньыларын сиһилии ырытар дьоһуннаах монографията ураты суолталаах миэстэни ылаллар.
Кинигэ кэннигэр, Саха Республикатын Суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ П.П.Федоров-Сомоҕо олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах библиографическай ыйынньык киирбитэ, ааҕааччыга кини туһунан толору билиини ыларыгар улахан көмөнү оҥорор кыахтаах.
«Сомоҕо түмсүүнү түстүүр аат», – диэн биллиилээх суруналыыс Татьяна Маркова бэргэнник этэн кэбиспитинии, суруйааччы П.П.Федоровы — Сомоҕону элбэх билэр дьонум, ордук суруйааччылар ортолоругар, кинини үгүстэртэн уратылаһар хаачыстыбатын олус биһирии, сөҕө көрөбүн. Бэйэбэр чугастык ылынар истиҥ доҕордуу сыһыаннаах сүбэһит-амаһыт киһим. Туох да эгилитэ-бугулута суох көнө сүрүннээх, дьэллэм-сайаҕас майгылаах, эппит тылыгар турумтуо, бар дьон иннигэр, төрөөбүт төрүт сиргэ бэриниилээх, наар атыттар тустарыгар кыһаллар-мөхсөр киһи. Суруйааччылар, биллэр-көстөр дьон ааттарын үйэтитиигэ бэйэтинэн сүүрэн дьону-сэргэни түмэн, сомоҕолоон элбэҕи оҥорбутун дойдутун дьоно-сэргэтэ олус биһирээн, махтанан ахталлар.
Суруйааччы Сомоҕону саҥалыы көрүүлээх новатор суруйааччы, дьону-сэргэни түмэр дьоҕурдаах биллиилээх общественник быһыытынан сыаналаан туран. Инники айар үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, аныгы көрдөбүлгэ эппиэттиир сонун айымньылары киэҥ ааҕааччыга бэлэхтиэҕэ диэн кэтэһэбит.
Василий Назарович
ЕГОРОВ-Тумарча,
саха норуодунай суруйааччыта.
2021 с.
