Аҕа дойду сэриитигэр сэбиэскэй норуот улуу кыайыыта, суолтата үрдээн истэҕин аайы, биһиги сэрии кыттыылаахтарын, кинилэр хорсун быһыыларын, ону тэҥэ тыылга харыстаммакка эдэрдиин-эмэнниин кыайыы туһугар үлэлээбит дьону аныгы үүнэн иһэр ыччакка кэпсиэх, билиһиннэриэх кэриҥнээхпит.
Сэрии иннинэ сэбиэскэй кэмҥэ күн сирин көрбүт көлүөнэ, мин санаабар, оҕолуу оонньооботох, эрэйи эҥэринэн тыырбыт дьон, саамай бэриниилээх, эппит тылларыгар турар, албына-көлдьүнэ суох чахчы да “көмүс көлүөнэ”.

Эппитим биир туоһута, бу күннэргэ лоп курдук 90 сааһын томточчу туолбут ытык-мааны Анастасия Романовна Рахлеева буолар. Кини 1930 cыллаахха Таатта Уолбатыгар төрөөбүтэ. Настя оҕо сааһыттан элбэх эрэйи-буруйу, ааһы-туору көрсүбүтэ. Өссө оскуолаҕа киириэн аҕай иннинэ аҕата Роман Семёнович Рахлеев – холкуос суоччута, нэһилиэк биир ытыктанар киһитэ 1937 с. сымыйа дьыалаҕа балыллан хаайыллыбыта. Хата сотору буруйа суоҕа дакаастанан босхоломмута эрээри, хомойуох иһин, доруобуйата хаайыыга алларыйан үйэтэ уһаабатаҕа, өлбүтэ. Онон кыра Настя эмискэ “норуот өстөөҕүн” кыыһа аатырбыта. Билигин ама да ааспытын иһин кэмигэр атаҕастабыллаах, сирэй-харах анньыылаах “дьаралык” этэ.
Сэрии саҕаламмыт сылыгар кыысчаан саҥардыы уончатын эрэ ааһан эрэрэ. Ол да буоллар уоттаах сэриигэ барбыттары солбуйан, холкуос араас үлэтигэр кыттан, улахан дьону кытта сайын хонуу үлэтигэр сарсыарда эрдэттэн им сүтүөр диэри тэҥҥэ үлэлиирэ. Биир эмит күн тохтуу түһэн сынньанар диэн мэлигир. Ас-таҥас да кэмчи. Тото аһыыр дьоро киэһэ ахсааннаах буолара. Хата кыайыы кэнниттэн, ити сыралаах үлэҕэ сэбиэскэй былаас суолта биэрэн үрдүктүк сыаналаабыта. Баара-суоҕа уон биэс саастаах чороччу улааппыт хатыҥыр Настя Рахлеева килбиэннээх үлэтин иһин Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Аймалҕаннаах кыргыһыы төһө да бүттэр, олох син биир ыарахан этэ, тута көнөн биэрбэтэҕэ. Эр дьон аҕыйаан биир кэм үлэһит илии тиийбэт үлүгэрэ. Холкуостаах ыал улахан оҕото Настя кыыс үөрэҕи эрэ ыллаҕына бу хабалаттан төлө көтөрүн тута өйдөөбүтэ. Кини Уолба сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрээт, үөрэххэ-сырдыкка тардыһар дьүөгэлэрин кытта куоракка аттаммыта. Киирээт Дьокуускайдааҕы акушер-фельдшердары бэлэмниир училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. 1952 сыллаахха үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, акушер-фельдшер идэтин ылан борбуйун көтөхпүт Уолбатыгар үлэлии кэлбитэ.
Дьэ мантан ыла Анастасия Романовна бу талан ылбыт идэтинэн түөрт уонтан тахса сыл тохтобула суох Уолбанан, Үөһээ Бүлүүнэн, Баайаҕанан тахсыылаахтык үлэлээн, дьон-сэргэ махталын ылыан ылла. Кини өр сыллаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан 1977 сылга ССРС доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна бэлиэнэн, 1965 сылга СР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Итини таһынан XXVIII уобаластааҕы партийнай конференция уонна үс төгүл оройуон конференциятын делегатынан талыллан, норуот итэҕэлин бигэргэппитэ.
Билигин төһө да сааһырдар нэһилиэнньэ обшественнай олоҕор өрүү кыттыһар, кэнники кэмҥэ суруйуунан дьарыктанар. Кини ахтыылара, ыстатыйалара сотору-сотору “Таатта”, “Туймаада”, “Кыым”, “Забота-Арчы” хаһыаттарга тахсыталыыр. Ол түмүгэр1998 сылга – “Кыым”, 2013 сылга “Туймаада” аналлаах бэлиэ бириэмийэлэрин ылбыта.
Тус олоҕор да Анастасия Романовна бэйэтин көлүөнэтиттэн хаалсыбата. Айылҕаттан айыллыбыт иэһин чиэстээхтик төлөөн, биэс оҕону күн сирин көрдөрөн улаатыннаран, үөрэттэрэн олох киэҥ аартыгар киллэрдэ.
Түмүкпэр, бэйэм өттүбүттэн дууһаттан саҕыллар махтал тыллары этэр иэстээхпин. Ол мин айар үлэбэр олук уурбут сэдэх хаартыскаларынан, араас интэриэһинэй матырыйаалларынан көмөлөспүтүгэр махталым улахан! Киһи үөрүөх кини өрүү илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолааччы. Оннооҕор репрессияҕа түбэһэн сор суолламмыт кэргэнин убайын, офицер-сахаттан майнайгы разведчик идэлээх Георгий Андросов суруктарын миэхэ итэҕэйэн турар. Кини аймаҕын ыар дьылҕатын киэҥ ыырга таһааран чэпчэтиэ диэн эрэннэҕэ. Ити уустук боппуруос билигин да аһаҕас, онон эрэл сүппэт.
Уһун үйэлэн, ытыктабыллаах Анастасия Романовна!
Иван Гаврильевич НЕЛУНОВ.
Хаартыскаҕа: Поэт Макар-Хара үбүлүөйүгэр түмсүү. А.Р.Рахлеева –маҥнайгы эрээккэ хаҥастан бастакы, үһүс – поэт кыыһа З.М.Кузьмина.
2020 с.
